News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2012 » Сэтинньи » 8 » Өскөтүн омугумсуйууну күөртээһини булар түгэммитигэр, кимнээх итинэн дьарыктаналларын бэркэ диэн билэбит, ааттарынан кытары билэбит» – диэн
Өскөтүн омугумсуйууну күөртээһини булар түгэммитигэр, кимнээх итинэн дьарыктаналларын бэркэ диэн билэбит, ааттарынан кытары билэбит» – диэн | 09:14 |
ОМУК АРААС – СОКУОН БИИР. "Омугумсуйууну ким күөртүүрүй: суруналыыстар уонна полициялар?" Среда, 07 Ноября 2012 13:49 Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги республикабытыгар 120-тан тахса араас омук олорор. РФ Юстицияҕа министерствотын Саха сиринээҕи управлениетын дааннайынан, 103 община, 39 национальнай-культурнай түмсүү, 10 биир дойдулаахтар түмсүүлэрэ, 9 национальнай ассоциация, ассамблея, сойуус уонна 5 национальнай фонда баар. Төһө да маннык араас үгэстээх, абыычайдаах норуоттар бары биир сиргэ-уокка түмсэн олордорбут да, икки ардыбытыгар сыһыан этэҥҥэ диэн үрдүк трибунаттан отчуоттууллар. Ити бигэргэтии төһө оруннааҕый?
Баппаттар бааллар Итинник этии, улаханынан ыллахха, оруннаах буолуон сөп эрээри, быһыыны-майгыны сытыырхатан, тыҥааһыннатан ылар быһылааннар кэмиттэн кэмигэр биһиэхэ да тахсыталыыллар. Хайа да омукка уолугунан тыыммыт, уһугунан дугуммут, оройунан оонньообут, баардара батарбат дьон баар бөҕө буоллаҕа. Бу – олох кырдьыга, мантан ханна да куоппаккын-саспаккын. Маннык дьон общественнай бэрээдэги кэһэр, бөлөҕүнэн иирсээни таһаарар, күлүгээнниир. Быйылгы, уон ый иһинээҕи быһыыны-майгыны ылан көрдөххө, республикаҕа омук дьоно 69 буруйу оҥорбут (былырыыҥҥы 10 ыйга 52 этэ), оттон кинилэргэ туһуламмыт 45 буруй оҥоһуллубут (28 этэ). Бу кураанах куолу курдук көстүбэтин наадатыгар, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибит дьыалалартан санатан аһарыам. Ол курдук, бу дьыл бэс ыйын 10 күнүгэр, Дьокуускай куорат таһыгар, Маҕанныыр суолга, азербайджанецтар иирсибиттэр, төрүөтэ – бэйэ-бэйэни абааһы көрүүттэн диэн. 42 киһи тутуллан, административнай эппиэккэ тардыллыбыт. Ити сарсыныгар, бэс ыйын 11 күнүгэр, Дьокуускай куоракка, «Европа» аралдьытар-саататар түүҥҥү кулууп таһыгар, эмиэ бэйэ-бэйэни сөбүлээбэт буолууттан иирсээн тахсыбыт. Иирсээн кэмигэр биир киһи бэйэни көмүскэнэргэ туттуллар бэстилиэтинэн түөрт киһини дэҥнээбит. Бу дьон улаханнык эмсэҕэлээбэтэх да буоллаллар, холуобунай дьыала тэриллибит. Омуктара ыйыллыбатах. Анны, от ыйын 21 күнүгэр Алдан куоракка Орто Азияттан төрүттээх урдустар буолан-хаалан турбуттар. Эмиэ бэйэлэрин икки ардыгар. Эмиэ бэстилиэт туттуулаах. Ол түмүгэр, үс киһи бааһырбыт. Холуобунай дьыала тэриллибит. Атырдьах ыйыгар Нерюнгри куоракка мусульманнар олохтоох религиознай тэрилтэлэрин лидерин уонна кини утарсааччыларын икки ардыгар иирсээн тахсыбыт. Нерюнгри куоракка мечети тутуу боппуруоһугар тыл тылга киирсибэтэхтэр. Онно тутатына СР ИДьМ-тын Экстремизмы утары охсуһар киинин салалтата тиийбит. Балаһыанньа билигин этэҥҥэ, хонтуруолга сылдьар дииллэр. Уонна бу соторутааҕыта, балаҕан ыйын 17 күнүгэр, Дьокуускайга, Чернышевскай уулуссатыгар турар «Умед» кафе таһыгар, бөлөҕүнэн (омуктара ыйыллыбатах) общественнай бэрээдэги кэһэн, сэби-сэбиргэли туттан, ити кафеҕа кэлбит биэс киһини эчэппиттэр, икки массыынаны алдьаппыттар. Бу чахчынан холуобунай дьыала тэриллэн силиэстийэлэнэр. Бу – полицияҕа биллибит быһылааннар. Оттон күннээҕи олоххо-дьаһахха биллибэтинэн төһө «бытархай» түбэлтэ тахсара буолуой? «Күөртээччилэр – суруналыыстар уонна полиция» Маннык соһуччу буруйдааһыны соторутааҕыта Ис дьыала министерствотыгар буолбут «төгүрүк остуолга» иһиттибит. Тиэмэтэ – «Буруйу оҥорууну сэрэтиигэ ис дьыала уорганнара уонна национальнай общиналар бииргэ үлэлээһиннэрэ» диэн. Ханнык да кэмҥэ ураты болҕомтоҕо сылдьар боппуруос. Ол иһин бэркэ сэргээн, интэриэһиргээн тиийбитим. Дьэ, хайдах-туох кэпсэтии тахсар эбитий диэн. Министр Виктор Кошелев биһиэхэ, суруналыыстарга туһаайан: «Бу омуктар икки ардыларыгар сыһыан сытыырхайбытыттан дуу, тыҥаабытыттан дуу үөскээбит тэрээһин буолбатах, көннөрү, былааннаах үлэбит» – диэн бэлиэтээбитэ. Уонна «төгүрүк остуол» кыттыылаахтарын күһэйиинэн буолбакка, санааларын көҥүллүк этэллэригэр, аһаҕас кэпсэтиигэ ыҥырбыта. Ити курдук бастаан министр, онтон СР ИДьМ-тын Общественнай сэбиэтин председателэ Александр Ким-Кимэн, СР ИДьМ-тын Экстремизмы утары охсуһар киинин начальнига, подполковник Сергей Пономарев, РФ Миграционнай федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын начальнигын эбээһинэһин толорооччу Сергей Букин тыл эппиттэрин кэнниттэн, кэпсэтии арыгылааһын, ыччат буруйу оҥоруутун, суруналыыстары кириитикэлээһин диэки «халыйан» барбыта. Оттон национальнай общиналарбыт салайааччылара ууну омурдубут курдук саҥата суох олорбуттара. Хайдах эрэ тугу эрэ кэтэммит курдук. Балтараа чаас ааспытын да кэннэ, итинник балаһыанньа уларыйбатаҕыттан бэркиһээн, илиибин уунан, тыл көрдөөн, национальнай общиналарга туһаайан ыйытыы биэрбитим: «Төгүрүк остуол» тиэмэтиттэн туора «халыйан», суруналыыстары эрэ кириитикэлээһиҥҥэ кубулутан, дьиҥ тиэмэнэн кэпсэтии тахсымаары гынна. Эһиги, общиналар, омуктар икки ардыларыгар иирсээннэр тахсыбаттарын, буруйу оҥорууну, бэрээдэги кэһиини сэрэтиигэ бэйэҕит дьоҥҥутугар, кэлэр ыччаттаргытыгар туох үлэни ыытаҕытый, ханнык миэрэлэри ылаҕытый?» диэн. Дьэ, ити ыйытыыга хоруй быһыытынан «Отчизна» диэн ааттаах чеченнэр-ингуштар общественнай тэрилтэлэрин салайааччыта Руслан Мутаев «тыыллан-хабыллан» турбута: «Омугумсуйууну дьиҥнээх күөртээччилэр – эһиги, суруналыыстар уонна полиция!». Ити этиитин бигэргэтэн, олохтон икки холобуру аҕалбыта. Суруналыыстар ыстатыйаларыгар киһи омугун ыйалларын, полицейскайдар харчы түүрэйдииллэрин туһунан. Онуоха министр кытааппыт куолаһынан: «Мин бастакы сүбэм – харчыны биэримэҥ, бэйэҕит. Үҥсүҥ, биллэриҥ. Хас биирдии итинник чахчынан сулууспанан бэрэбиэркэ ыытабыт. Кыра да кыымтан төлөн саҕыллыан сөп, бары уопсай соруктаахпыт» – диэн быһаарбыта. Мутаев бэриммэтэҕэ: «Сокуону бары тутуһуохтаахпыт – эһиги, суруналыыстар уонна полиция эмиэ!». Кинини армяннар сойуустарын бас-көс киһитин солбуйааччы Андраник Навоян, кыргызтар тэрилтэлэрин салайааччыта Эсен Сайдыкулов өйөөбүттэрэ. «Буруйу оҥоруу омуга суох, буруйу оҥорооччулар хайа баҕарар омукка бааллар» диэн бу «төгүрүк остуолга» элбэхтик иһиллибит, бэркэ биллэр этиини санаппыттара. Навоян да, атыттар да, сүрүннээн, «Якутск вечерний» хаһыакка тааллара кырыыламмытын, биһигинэн, бу кэпсэтиигэ кэлбит суруналыыстарынан, таһаарбыттара. «Олохтоох киһи буоллаҕына, кини омуга ыйыллыбат, оттон атын буруйдааҕы хайаан да омугун ыйаллар! Суруналыыстар сахсырҕаттан слон оҥороҕут! Наар куһаҕанын талан суруйаҕыт, үчүгэйи оҥорбуппутун суруйбаккыт!» диэн умайыктаммыта Навоян. Дьиҥэр, ити буруйдааһыннара оруннаах соҕус диэн билиниэххэ наада. Бу боппуруоска ыстатыйам бүтүүтүгэр өссө тохтуоҕум. *** Навоян да, Сайдыкулов да бэйэлэрин ыччаттарын кытта үлэлииллэрин, кэпсэтэллэрин эппиттэрэ. «Биһиги манна уонунан сылларга үчүгэй өйдөбүлү үөскэтэргэ үлэлиибит, ону биир мүнүүтэ иһигэр түһэрэн кэбиһэр, сотон кэбиһэр дьон кэлэр. Кинилэри кытта бэйэбит да «похлеще» быһаарсан кэбиһиэхпитин сөп эрээри, сокуон аата сокуон» диэн Эсен Какелеевич санаатын үллэстибитэ. Баҕар, өйдөтөр-сэрэтэр үлэни чахчы ыыталлара буолуо да, бу «төгүрүк остуолга» иһиллибитинэн, кэлии омуктартан буруйу элбэхтик оҥорооччуларынан армяннар уонна кыргызтар буолаллар. Министр бу чахчыны кинилэр ахсааннара элбэҕинэн быһаарбыта. Кинилэргэ кыттыһан курдук, аны бэйэбит киһибит, Дьокуускай куорат Гордуматын депутата, «Оһуохай» общество председателэ Александр Данилов суруналыыстары утары тэриллибит холуобунай дьыалалар баалларын-суоҕун Экстремизмы утары охсуһар киин начальнигыттан ыйыппыта. Манна министр бэйэтэ: «СМИ-лэри, интернети суукканы супту, барытын көрө-ааҕа, истэ-үөрэтэ олоробут – бу биһиги сибэтиэй эбээһинэспит. Өскөтүн омугумсуйууну күөртээһини булар түгэммитигэр, кимнээх итинэн дьарыктаналларын бэркэ диэн билэбит, ааттарынан кытары билэбит» – диэн хоруйдаабыта. Итинник сытыырхайан ылбыт түгэннэри сымнатан курдук, «Сомониен» диэн таджиктар общиналарыттан Абдужабор Рахматов уонна «Якташ» диэн татардар-башкирдар общиналарыттан Анатолий Рахматулин санааларын эппиттэрэ. Рахматов: «Биһиги тутабыт-өрөмүөннүүбүт, ол эрэн, биһиги сүрүн сыалбыт харчы «өлөрүүтэ» буолбатах, – дьоҥҥо дьолу аҕалыы. Дьон саҥа дьиэҕэ киирэригэр үөрэрин-көтөрүн көрөр – дьол. Титульнай нация диэн паспорга суруллубутунан буолбакка, Россияҕа, Саха сиригэр төһө элбэҕи оҥорбутунан буолуохтаах» – диэбитэ. Онтон Рахматулин: «Полиция норуокка чугас буолуохтаах, участковайдар биһигини, общиналары кытары ыкса үлэлэһэллэрэ буоллар. Күннээҕи олоххо-дьаһахха тахсар иирсээннэри бииргэ быһаарыа этибит. Суруналыыстарга туһаайан эттэхпинэ, үчүгэй тэрээһиннэри киэҥник, улаханнык сырдатаргыт буоллар, кып-кыра гына, хаһыат муннугар буолбакка. Уонна арыгылааһыны, табахтааһыны утары социальнай рекламалары оҥортуургут буоллар» – диэн баҕа санаатын тиэрдибитэ. «Төгүрүк остуол» бүппүтүн кэнниттэн бары кыттааччылар эйэ-дэмнээхтик уопсай хаартыскаҕа түспүттэрэ. Ол эрэн, таһырдьа, тарҕаһаары туран, көннөрү кэпсэтиигэ биир бэрэстэбиитэл «бу «төгүрүк остуол» тугу эмит уларытыа дии саныыгын дуо? Суох буоллаҕа дии» диэн эмиэ да өһөстүк, эмиэ да курустук көрөн кэбиспитэ. Баҕар, төрдүттэн уларыппатаҕын иһин, кэм хайа да өттүттэн санааны истиһии таҕыстаҕа, уопсай хартыына омооно ойууланнаҕа. Омугунан буолбакка, сокуонунан Сонуннары киэҥник тарҕатар ситимнэргэ буруйу оҥорууга уорбаланааччы, буруйданааччы, сууттанааччы омугун ыйыы омугумсуйууну күөртүүр, омуктар икки ардыларыгар абааһы көрүүнү, иирсээни үөскэтэр диэн санааҕа эмиэ да сөбүлэһиэххэ сөп. Ылан көрдөххө, биһиги, сахалар, буруйу оҥорбот үһүбүт дуо? Саха саханы кырбыыр, күүһүлүүр, өлөрөр, саха сахаттан уорар-талыыр. Ол эрэн, омук киһитэ саха киһитин атаҕастааһынын, биһиэхэ туһуламмыт буруйу оҥоруутун олус ыарыылаахтык ылынабыт. Итинтэн сиэттэрэн, чахчыта даҕаны «испиискэ уотуттан кутаа уоту» үөскэтиэхпитин сөп. Холобур быһыытынан, били иллэрээ сыллааҕы, Саҥа дьыл түүн саха кыыһын күүһүлээбит Нерсисян дьыалатын да аҕаллахха. Бу киһини хаайымаары гыннылар диэн, Ленин болуоссатыгар, көҥүлэ суох «стихийнэй» миитиҥҥэ сүүһүнэн ыччат тахсыбыта дии. Ол да кэнниттэн «Нерсисян хаайыыга барбатах, уулусса устун хаама сылдьар» диэн интернеккэ сымыйа сураҕы тарҕатааччылар, ол аата күөртээччилэр бааллар этэ. Суох, бу киһи Үөһээ Бэстээх холуонньатыгар билигин да хаайыллан олорор. Итиниэхэ майгынныыр «оргуйууну» бэйэм матырыйаалбынан эмиэ биллим диэн чиэһинэйдик билинэбин. Били бу күһүөрү сайын ОВО полицейскайдарыгар эдэр армян уолаттара саба түспүт дьыалаларынан (бу дьыалаҕа туочука өссө да тура илик). Итинтэн уонна да атын дьыалалартан сиэттэрэн, интернеккэ «харалары» тутан биэрэр биирдиилээн ыҥырыылар бааллар этэ. Онон, омугу ыйыы бөрүкүтэ суох дьайыыларга тиэрдиэн сөп диэн этии оруннаах буоларыгар тиийэр. Итинник балаһыанньаны өйдөөн, билигин РФ Госдуматыгар сокуон барыла киирэн сытар буолуохтаах. Сонуннары киэҥник тарҕатар ситимнэргэ омугу ыйыыны бобор туһунан сокуон. Көҕүлээччинэн «Биир ньыгыл Россия» депутата Шамсаил Саралиев буолбут, кинини Хотугу Кавказ республикаларын 82 %-на өйөөбүт. Депутаттар ити сокуону өйүүр, ылынар түгэннэригэр, «СМИ туһунан» федеральнай сокуоҥҥа уларытыы киирэрэ сабаҕаланар. Ити үөһэ ахтыллыбыт «төгүрүк остуолга» СР ИДьМ-тын Общественнай сэбиэтин председателин солбуйааччы Екатерина Иванова «оҕонньор-эмээхсин охсуспат, ыччаты кытта үлэлиэххэ» диэн этиитэ сөптөөх эрээри, чопчу хайдах үлэлиэххэ нааданый? Буруйу, сүрүннээн, эдэр дьон оҥороро биллэр суол. Ол эрэн, лиэксийэни, «нотацияны», сүбэни-аманы, үөрэтиини-такайыыны тулуйан истэр, өйдүүр, ылынар ыччат билигиҥҥи кэмҥэ соччо элбэҕэ суох курдук көрөбүн. Оччотугар бэйэни убаастанар буоллахха эрэ, атын омук да убаастыаҕа диэн өйү-санааны ыччаппытыгар хайдах тиэрдэбит? Вера МАКАРОВА, "Саха сирэ".
|
Category: Нац. вопрос |
Views: 1512 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 95 Ыалдьыттар (гостей): 95 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|