Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Олунньу » 7 » Мииринэй да, Ньурба да ХБКта буоллун, бастаан тиийиэхтээх сириҥ – ОТиЗ (Үлэ отдела).
Мииринэй да, Ньурба да ХБКта буоллун, бастаан тиийиэхтээх сириҥ – ОТиЗ (Үлэ отдела).
13:00
Мииринэйгэ үлэлиэн баҕалаах дьоҥҥо сүбэлэр
07.02.2013 10:50 | Автор: Станислав Алексеев
Кыым. Мииринэйгэ хамнастаах үлэ боппуруоhа уустугурдар-уустугуран иhэр. Алмааска, ньиэпкэ-гааска сыhыаннаах үлэҕэ Арассыыйа, КГТ араас түөлбэтиттэн кэлии дьон былдьаhа-былдьаhа кииритэлээтилэр. Үлэнэн хааччыйааччылартан сүрүннэрэ – "АЛРОСА” АХ, ЗЭС ("Якутскэнерго”), "АЛРОСА-Гаас”, ЗЯГРЭ ("Западно-Якутская геологоразведочная экспедиция), "Иирэлээх-ньиэп”. Үлэ 45 %-нын АЛРОСА хааччыйар. Күн бүгүн дьону Ньурбатааҕы ХБК эрэ үгүөрүтүк ылар. Мииринэй ХБКтын каадырга отделыгар ханнык да бакаансыйа суох. "Мир” рудникка, РССУга (шахта силиэсэрдэрэ) эрэ үлэhиттэр ирдэнэллэр.

АЛРОСА улахан хамнастааҕын туhунан суруйдум ини, суруйбатым ини. Манна кэмигэр үлэҕэ киирбит оробуочай идэлээх дьон табылыннылар. Ону ааhан, чугас дьонноругар, урууларыгар үлэ тэбэн биэрдилэр. Ыраах дойдулартан кэлэр дьон хамнастарын дойдуларыгар ыыталлар.

Бурятияттан уонча сылллааҕыта соҕотох чымадааннаах кэлбит билэр киhим Улан Удэ куоракка эт-халбаhы лааппытын, атыы-эргиэн икки туочукатын аста. Иркутскайга олорор уолугар массыына атыылаhан биэрдэ. Бэйэтэ Мииринэйгэ олорор. Урууларын уолаттара, кыргыттара эмиэ манна олохсуйдулар. Уоллуун-кыыстыын бары сыаналаах массыыналаахтар. Бу киhи бастаан кэлэригэр сылы-сылынан кураанах турбут даачаны атыылаhан, эпсиэйдээн, уот киллэрэн, автономнай ититии, сиэптик оҥорон, "быр” курдук сылаас дьиэ гыммыта. Ити курдук, манна хамнастаах үлэҕэ сылдьыбыт киhи, сатаан тутуннаҕына, байар кыахтаах.

Кэнники сылларга оробуочай идэтэ ордук былдьаhык. Онно Киргизияттан, Иркутскайтан, Новосибирскайтан, Украинаттан, Азербайджантан, Арменияттан кэлбит "ыалдьыттар” тарбачыhаллара быhаччы сабыдыаллаабытын билэ олоробун.

Биһиги улууспут хас эмэ уонунан сыл тухары атын дойду дьонун иитэн-аhатан кэллэ. Хайыаххыный, олохтоох дьон нэстэрин, тимир үлэтиттэн, шахтаттан, тиэхиньикэттэн дьалты тутталларын тухары... Омуктары ордугурҕаабакка, кинилэртэн үөрэниэх тустаахпыт. Түптээн үлэ булбакка сылдьар, тиэхиньикэҕэ, тимиргэ тыыппалаах саха дьонун Мииринэйгэ үлэлии кэлэллэригэр ыҥырбытым ыраатта. Сулбуччу кэлбит сытыы-хотуу дьон билигин биир ыйга 70-130 тыhыынчаны ылаллар. Саарбахтаабыт эрэйдээхтэр – 15-20 тыhыынчаларын кууһан баран олороохтууллар. Итинтэн ситимнээн, биhиги диэки үлэҕэ хайдах киириэххэ сөбүн туһунан өссө биирдэ кэпсиим.

Мииринэйгэ хайдах тиийэллэрий?

Бастатан туран, Мииринэйгэ барар киһи ботуччу харчылаах буолуохтаах. Билбэт дойдугутугар хаhан үлэҕэ киирэн, хамнастанан барыаххыт биллибэт. Манна биир хостоох таас дьиэ куортама – 12-15 тыh. солк. Куораттан тэйиччи Заречнай, Верхнэй микрооройуоннарга, Газовикка, аэропорт аттыгар дьиэ куортамын сыаната арыый удамыр. Мас дьиэ, уопсай хос сыаната чэпчэки. Дьиэни эрдэттэн кэпсэтэн буларгыт ордук. Сайын даачаны да уларсан олоруохха сөп. Оннук дьиэлэр куорат адьас ыксатыгар бааллар. Интэриниэтинэн ыйыталаһыҥ. Кыбартыыра-көстүүнэйдэр бааллар эрээри, сыаналара олус ыарахан (биир хонукка – 1 500 солк.).

Страховка полиһын, медицинскэй карточканы, флюрографияны, анаалыстары умнумаҥ. Бастатан туран, олорор сиргит наркологыттан, психиатртан "бу киhи туох да кэhиллиитэ суох” диэн ыспыраапкалаах буолуохтааххыт. Маны сэргэ учаастактааҕы быраас ыспыраапкатын ылар наада. Дьон Мииринэйгэ кэлэн баран, дьэ биирдэ факсынан ирдэhэ сатааччылар. Эрдэттэн бэлэм докумуоннаах буоллахха, хамыыhыйа барарыҥ чэпчиир, кылгыыр.

Силиэсэр, сантехник, туокар, взрывник, медник, суоппар, монтажник, сыбаарсык, бульдозерист, геолог, энергетик, о.д.а. дастабырыанньалаах буоллаххытына, булгуччу илдьэ кэллэххитинэ сатанар.

Дьокуускайтан Мииринэйдиир сөмөлүөт сыаната – 14 000 солк. Бу сиэрэ суох ыарахан. Бүлүү улуустарын устун мэлдьи сылдьар эрэллээх таксилары булуохха наада. Таксистар 5 тыh. солкуобайга Дьокуускайтан Мииринэйгэ тиэрдэллэр. Суукка устата айанныыгын.

Тургутууну ааhыы

ХБКларга, атын тэрилтэлэргэ туох бакаансыйа баарын эрдэттэн Интэриниэттэн булуҥ. Холобур, Ньурба ХБКтыгар киирэр баҕалаах буоллаххытына, каадыр отделыгар төлөпүөннээн, ханнык идэҕэ киириэххит сөбүн билсиҥ. "Килиэптээх” үлэ хаhан да уhуннук турбат, онон тиэтэйэр булгуччулаах.

Мииринэй да, Ньурба да ХБКта буоллун, бастаан тиийиэхтээх сириҥ – ОТиЗ (Үлэ отдела). Кинилэр тиэхиньикэҕэ куттала суох буолуутун хааччыйар инженергэ утаараллар. Маны сэргэ, Мииринэй полициятыгар булгуччу аҥкыата толорторуохтара. Алмаас бырамыысыланнаhа – дойдуга улахан суолталаах. Полиция да, судаарыстыбаҕа куттал суох буолуутун уорганнара да барытын хонтуруоллуур эбээhинэстээхтэр. Онон биография чааhыгар дьиэктээх буоллаххытына, "сынньаталлар”.

ХБК каадырга үлэһиттэрэ доруобуйаны тургута ыыталлар. Мииринэй поликлиникатыгар кэлээт, "Отдел профессиональных осмотров” регистратуратыгар сарсыарда 8 чаастан уочараттыыгыт. Бу бэрэбиэркэ төлөбүрдээх. Тиийиэхтээх быраастарыҥ, анаалыс туттарар хосторуҥ сурулла сылдьаллар. Саахарыҥ үрдүк эбэтэр дабылыанньаҥ халбаҥныыр түгэнигэр балаhыанньа кытаатар. Ол иhин бэрэбиэркэ бара сылдьан, арыгы, пиибэ иhэр, олус элбэхтик табахтыыр, ньиэрбинэйдиир-долгуйар, поликлиника уонна ХБК икки ардыгар сүүрүүнэн сылдьар наадата суох. Сүрэхтэрэ битигирии сылдьан ЭКГ-га сыыйыллыбыт дьон эмиэ бааллар. Идэтийии бэрэбиэркэтин, элбэх ньиэрбэни барыыр тургутуулары хайаан да тулуйуохтааххыт.

Үлэ сырсыытыгар сылдьар киhи эмчиттэр бэрэбиэркэлэрин ардыгар ый курдук барыан сөп. Ыарахан үлэлээх "АЛРОСА” хампаанньаҕа ыарыhах, доруобуйатыгар кыра да кэhиллиилээх киһи наадата суох.

УКК


Бэрэбиэркэ кэнниттэн УККҕа тиийэҕит. ХБК үс күн устата үөрэтэр кэмбинээккэ (УКК) үлэ миэстэтигэр куттал суох буоларыгар аналлаах куурустары ыытар. Манна буолар лиэксийэлэргэ хойутаабаккытыгар сүбэлиэм этэ. Ким күдээринэ сыhыаннаспыт – манна чаардаан хаалааччы. Истээччи тугу суруммутун, билбитин преподаватель булгуччу бэрэбиэркэлиир. Бу эрэ кэнниттэн ОТиЗка уонна ТБ инженеригэр бэлиэтэнээт, аны ХБК дириэктэрин бирикээhин күүтэҕит.

Бырамыысыланнас үлэhитэ буоллуҥ да...

Бирикээс тахсыбыт күнүттэн ыла АЛРОСА үлэhитэ буолаҕыт. Үлэ киниискэтин сэргэ "срочнай” дуу, "бессрочнай” дуу дуогабардаах буолуохтааххыт. Бастайааннай үлэhит буоллаххытына, АЛРОСА үлэhитин бары далбарын – "подъемнайы”, 13-с, 14-с хамнаһы ылар кыахтанаҕыт. Металлург, Шахтер күннэригэр – бириэмийэ. Икки сылга салгын суолугар айан боруостанар, буор-босхо спорт саалата, бассыайын, босхо кэриэтэ санаторий-профилакторий, куруорт, эмиэ босхо үүт. Саха сиригэр АЛРОСАттан ордук соцбакыат ханна да суох.

Дьокуускайтан эбэтэр Бүлүү улуустарыттан таксинан кэлбит билиэти бырахпат ордук. Такси билиэттэринэн айаны төлөтөрү "Профалмаас” ситиhэн турар. Салайааччылар үлэ туох баар эрэдээктээх боппуруостарын быhаарар эбээhинэстээхтэр. Холобур, испиэс-таҥас, саппыкы, хаатыҥка, үлэлиир тэрил...

Үлэҕэ киирдигит да, ирдэбил кытаанах буолуо. Арыгыны амсайар киhи, табахсыт манна эрэйдэнэр. Холобур, буор табахсыт шахтаҕа киирдэҕинэ эрэйи тэлэрэ биллэр суол. Биир кыымтан метан дэлби тэбэн, бүтүн кирбии сир анныгар хаалар кутталланар.

Хамнас

 Бырамыысыланнас улахан тэрилтэтин сиэринэн, АЛРОСА бириэмийэтэ, бонуhа улахан. Бу суотугар харчы мунньунуохха сөп. АЛРОСА үрдүнэн орто хамнас 70-ча тыhыынча буолла. Тута оччону ылыахпыт диэн саараамаҥ. 50-60 тыhыынча – бастаан утаа бэртээхэй хамнас. Барыта кыраттан саҕаланар. АЛРОСАҕа хамнас сылга хаста да үрдүүр.

Дьэ, уонна кэллэ-кэлээт, быраабы хачайдыыр, "былааhы ыла сатыыр” эмиэ табыллыбат. Кытаанах эрэсиимнээх тэрилтэ киэлитигэр киирэн баран, сокуон-быраап чэрчитинэн сылдьар ордук.

Хайа муҥун тулуйан, бэйэни албыннанан, иэскэ-кирэдьииккэ олоруохха сөбүй?! Түксү! Бырамыысыланнаска сыстыҥ. Баахтанан үлэлээн, хамнас, харчы дэлэгэй сирдэрин була тардыҥ. Ким да эhигини Мииринэйгэ сааскытын барааҥ диэн ыҥырбат. Быстах да кэмҥэ кэлэн үлэлиир үчүгэй. Дьокуускайга, Ньурбаҕа, Бүлүүгэ дьиэлээх-уоттаах буоллаххытына, нус бааччы олоруҥ. 15 хонук. Атын 15 хонукка баахта ньыматынан үлэлээҥ.

Оттон Мииринэйгэ олохсуйан нам-нум үлэлиэх дьону дьиэ боппуруоhа атахтыыр. 2009-2011 сс. Мииринэйгэ 1 хостоох "малосемейка” 700 тыh. эрэ этэ. Билигин 1 мөл. 400 тыh. буолла. Светлэйгэ, Алмазнайга дьиэ билигин да букатын чэпчэки. Светлэйгэ итии-тымныы уулаах, туалеттаах 1 хостоох таас дьиэ 2011 с. диэри 300 тыh.  эрэ этэ. Билигин – 600 тыh. Сэрэтэбин: Мииринэйтэн – 70 биэрэстэ, күҥҥэ иккитэ улахан оптуобус сылдьар.

Билигин этэ-сиинэ чэгиэн киhи Накыын уруудалаах сиригэр, Эдьигээҥҥэ Арктика эспэдииссийэтигэр, "Анаабыр алмаастарыгар” үлэлииригэр суол аhаҕас. Олорго кыбартыыра наадата суох. Мииринэй ХБК-тыгар, Ботуобуйа, МГРЭ эспэдииссийэлэригэр үлэлии кэллэххэ, Мииринэй куоракка быстах кэмҥэ дьиэ булуохха наада.

Алмаас эйгэтин, уустук үлэни, омуктар олорор эйгэлэрин кытары эйэлээхтик алтыспыт дьон манна оннуларын булуохча буоллулар. Биир билэр дьонум ыччата Мииринэй ХБК-тыгар сэттэ эрэ сыл үлэлээтэ. Новосибирскайга биир хостоох таас дьиэни ипотеканан ылла. Урут аҥаардастыы Бүлүү сүнньүн, Мииринэй уонна Ленскэй ыччаттара Мииринэйи талар эбит буоллахтарына, билигин киин улуустартан, Дьокуускайтан сылдьар дьон лаппа элбээтэ. Мин билэрбинэн, холобур, Накыыҥҥа Дьокуускайтан, Сунтаартан, Үөһээ Бүлүүттэн, Бүлүүттэн, Кэбээйиттэн кытары сылдьан үлэлииллэр.

Үчүгэй хамнаска ботуччу мунньунан, сэниэлэнэн баран, уурунуу харчылаах, массыыналаах, дьэ, дойду сирдэргэ нус бааччы олоро тиийиэххэ сөп. Онон, эдэр дьон, барыта эhигиттэн тутулуктаах.

 
Category: АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. | Views: 1484 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 120
Ыалдьыттар (гостей): 120
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024