News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Олунньу » 8 » «Ойуун түүлэ»«Кыһыл Ойуун»«Чолбон» бөлөх
«Ойуун түүлэ»«Кыһыл Ойуун»«Чолбон» бөлөх | 22:44 |
Өркөн өй, Илбис тыл уонна Добун дорҕоон алтыһыыта эбэтэр БИҺИГИ
Пятница, 08 Февраля 2013 13:36
Биһиги… Ити былыргы үйэлэр түгэхтэриттэн сүппэккэ күн бүгүҥҥүгэ тиийэн кэлбит үгэс. Ол аата «Мин, ытык өбүгэлэрим сыдьааннара уонна иннибэр-кэннибэр сылдьар араҥаччылааччыларым диэн». Ол иһин өрө күүрүүлээх ураты түгэннэргэ, андаҕар биэрэргэ, алгыс этэргэ дьөрү соҕотоҕун да сылдьан булгу «биһиги» дэниллиэхтээх… Н.Лугинов «Улуу Хууннар»
Биһиги былыргыттан үс сыыппараҕа сүгүрүйэбит. Биһиги үс куттаахпыт: ийэ, салгын, буор. Биһиги былыргы дьыллар мындааларыттан кэлбит «Үс кырыы хаан» ытык өйдөбүлүн сүрэхпитигэр сөҥөрөн илдьэ сылдьабыт. Биһиги улуу олоҥхобутугар «Уол оҕо саадаҕын үстэ курданар». Биһиги улуу бөлүһүөкпүт Өксөкүлээх Өлөксөй «Ойуун түүлүн» айымньытын түмүгэр үөһээлэртэн көрдөспүтэ: «Тоноҕостоох бэйэм нүсхайдым, Бүлгүннээх бэйэм бүгүрүйдүм, Сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйдүм, Үс сырдык күлүккүтүгэр Үгүрү-сүгүрүк буоллун». Биһиги илбистээх тыллаах улуу поэппыт Ойуунускай инникини өтө көрбүтэ: «Үс саха төрүөҕэр Үөрүүлээх күнүгэр Мин ырыам ылланыа Мин аатым ааттаныа…»., Биһиги номоххо киирбит «Чолбон» бөлөх аатырар «Уһуктуу» айымньытыгар: «Олоҥхо дойдутун оҕото буолан Олоҕум омуннаах олоҥхо курдук Үс Дойду үрдүнэн көҥүллүк сылдьан Үс саха тылынан санаабын этиэм», - диэбитэ. "Үс” диэн сахаларга сакральнай сыыппара. Ол эдэр режиссер Руслан Тараховскай Саха театрыгар туруорбут Өксөкүлээх Өлөксөй «Ойуун түүлэ» айымньы испиктээкилин кытары ситимнээххэ дылы. Испэктээкилгэ үс улахан күүс алтыста. Улуу бөлүһүөкпүт Өксөкүлээх Өлөксөй «Ойуун түүлэ», улуу суруйааччыбыт Былатыан Ойуунускай «Кыһыл Ойуун» айымньылара уонна аныгы музыка номоҕо буолбут - «Чолбон» бөлөх аатырбыт «Уһуктуу» композицията. Испэктээкилгэ режиссер Тараховскай үс тылынан: сахалыы, нууччалыы, английскайдыы эдэр геройдарын саҥарта. Ону таһынан испиктээкил ырыа, тойук, кутуруу таһымынан барда. Кылаабынай геройдартан үһүөннэрэ Борисовтар. Ньургун - Александр Борисов, Ойуун - Василий Борисов, Кутурҕан Куо - Степанида Борисова. Испэктээкил Андрей Саввич аҕата Савва Борисов кинигэтинэн туруоруллубута эмиэ биир туспа дьикти. «Ойуун түүлэ» Орто дойду быйаҥнаах дойдуларыттан үтүрүллэн дуу, өлүү дэгиэ тыҥыраҕыттан быстахха былдьанымаары тыыммытын тэскилэтэн дуу, бу чыҥыраан тымныы дойдуну итэҕэл оностубут - биһиги. Муус кыаһаан дойдуну итии тыыннаабыт - биһиги. Аан дойдуга суох Хотугу цивилизацияны онорбут - биһиги. Испиктээкил эдэр ыччакка анаммыт буолан, уларыйа турар көстүүлэртэн таҥыллан, онно сөп түбэһэр доҕуһуол тэтиминэн барда. Сүрүн геройу - "Ньургуну” оонньообут Александр Борисов көрөөччү дууһатын таарыйан дохсун ытыс тыаһынан махталы ылыан ылла. Оттон Наталья Слепцова "Айыына” оруолун толордо. Ордук кини энэлийии тэтиминэн толорбут быраһаайдаһар ырыата киһи куйахатын күүртэ. Ис-иһиттэн энэлийэн тахсар тойук киһи этин сааһынан киирэр диэн итини этэн эрдэхтэрэ... Айыы Намыһын ойуун (Г.Васильев), Кутурҕан Куо (С.Борисова), Баай (И.Дакаяров) иккис сүһүөх оруоллара холкутук, ыһыыта-хаһыыта суох оонньоммута – режиссура табыллыыта диэн сыаналаатым. Сүрүн герой төһөнөн муҥнанан, экспрессияҕа киирэн ыһыытаан-хаһыытаан, кэлэн иһэр алдьархайы өйүнэн эрэ буолбакка, этинэн-хаанынан билэн эрэйдэнэр да, соччонон олоххо элбэҕи билбит аҕа саастаах геройдар өссө чиҥээн, өссө дьиппинийэн иһэр курдуктар. "Туох ыччаты иитэн таһаардыбыт, кэнэҕэс тугу күүтэбит?” - диэн көмүлүөк оһох иннигэр оллоонноон олорон Кыһьыл Ойуун, Айыы Намыһын Ойуун уонна Кутурҕан Куо оҕолорун кэтээн көрөллөрө-истэллэрэ эмиэ атын дириҥ санааҕа тириэрдэр. Улуу убайбыт Өксөкүлээх Өлөксөй эппит этиилэрэ, сэрэппит сэрэтиилэрэ билиҥҥи ыччакка төһө тиийдэ? Онтон харыстанар, көмүскэнэр суоллары барытын тобуллубут дуо? Ону ыччаппытыгар тиэртибит дуо? - диэн ыйытыы барыбытыгар сыһыаннаах. «Биһигини – хабараан тымныы Хаарыйан-хаарыйан хатан харахтаабыта, Уордаах тымныы мускуйан-мускуйан Уһаарыылаах уҥуохтаабыта. Ол буоллаҕына, Хоту Муустаах муора Холугурас муус хоойугар Хорҕойо сытаммыт Аны биирдэ дьүһүк кубулунан, Быста-быста салҕанан, Тимирэ-тимирэ күөрэйэн Өлө-өлө тиллэн көрүөҕүҥ…». Ипсиктээкил сүрүн санаата буолбут Өксөкүлээх тылларын истэ-көрө олорон В.Н.Протодьяконов түмүк санаатын санаан кэлэҕин: «Ойуун түүлүн» сүрүн темата - улахан омук батталын утарыы, ол батталтан-кыһарҕантан тахсар суолу көрдөөһүн». Сцена ортотугар турар ноутбук курдук аһыллар үрдэл экраныгар көстөр киһи-аймах Сир ийэтигэр оҥорбут алдьархайын санатыы - Өксөкүлээх айымньытын өссө күүһүрдэр, тыҥааһыннаах оҥорор. Виртуальнай олоххо олорор аныгы ыччаты олох "хара” уонна "үрүҥ” өрүттэрэ – Кырдьык уонна Сымыйа, Эйэ уонна Сэрии, Эрэл уонна Таҥнарыы, Дьол уонна Сор арыаллыыллара «Эрэл» уонна «Гулун» ансаамбыл үҥкүүһүттэрин хамсаныыларыгар көһүннэ. «Кыһыл Ойуун» Кыыдааннаах кыһыммытын сахалыы сиэдэрэй тылынан сымнаппыт, өҥүрүк куйааспытын илбистээх тылынан сөрүүкэппит Хоту сир иччилэрэ - биһиги. Норуот кутун-сүрүн, өйүн-санаатын быстыспат сорҕото буолбут, кылыс курдук кырдьыгы өрө туппут улуу поэттары, суруйааччылары төрөппүт-үөскэппит – биһиги. Киһи-аймах бүттүүнүн сыаннаһа диэн ааттаммыт, саха уус-уран тылын күүһүн, алыбын иҥэриммит улуу Олонхолоох - биһиги. Өссө үйэ анараа өттүгэр Брокгауз уонна Эфрон суруйбуттара: «Разговорный якутский язык меток, звучен и живописен. Якуты любят остроумныө обороты, каламбуры, красные словца, прибаутки и сравнение. Красноречие у них в большом почете.» Ойуунускай «Кыһыл Ойуун» олоҥхо-тойугун ааҕааччыларыгар Тыл Илбиһэ диэни билбитин туһунан анаан маннык суруйбута: «… Онно билбитим тыл илбиһэ күүстээҕин… Туүүнэри-күнүстэри суруйар этим… Айар тыл абыгар ылларбыт, этигэр-хааныгар илбистээх хомуһун иҥмит киһи бу сир үрдүгэр бэйэтин дьоллооҕунан ааҕыныах тустаах». Билиҥҥи ыччат урукку дьонтон атын. "Телевизор, интернет, сотовай телефоннар уо.д.а. технология сайдан, ыччат олоҕу бүтүннүү буолбакка быстах көстүүлэринэн (фрагментарнайдык) эрэ көрөр буолла” дииллэр. Сетевой уопсастыба диэн үөскээн дьон бэйэ-бэйэлэрин тыыннаахтыы буолбакка, Экран нөҥүө эрэ билсэр буолбуттара киһи-аймаҕы долгутар. Массыына – Икки Атах бэйэ икки ардынааҕы тыыннаах сыһыанын ситимнээччитэ буолан өтөн киирдэ. Ол – олох кырдьыга. Норуоппутун долгутар ыйытыылары ыччакка, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдээри аныгы технологиялары туттуу – бу режиссер Тараховскай сүрүн ситиһиитэ. Режиссер бүтүн киһи-аймаҕы долгутар ыйытыыларга, Өксөкүлээх аан дойду таһымыгар аҕыйах ахсааннаах омук дьылҕатын туһунан бөлүһүөктээһинин сэргэ улуу поэт Ойуунускай үлэтин туттубута мээнэҕэ буолбатаҕа биллэр. «Кыһыл Ойуун» драма «Эрэн, итэҕэй Икки Атахтаах Эрэйэ-буруйа өлөрүн Өлөртөн өлбөт өйүн, Өйүнэн өлбөт бэйэтин» диэн сүрүн идеята – киһи аймах көҥүл олоххо, өлбөт аналга тиийэр кэмэ хаһан эмэ кэлиэхтээҕэр итэҕэйэрбитин, бу испиктээкил күүһүрдэн биэрдэ. Ол эрээри испиктээкилгэ В.Борисов Кыһыл Ойуун оруолун толордо эрээри, эдэр киһи Кыһыл Ойуун тылын илбиһин, иччитин бу киэһэ көрөөччүгэ ситэри тиэрпэтэ дии санаатым. «Чолбон» музыката суоҕа буоллар, Ойуунускай илбистээх тыла-өһө көрөөччүгэ тиийиэ эбитэ буолуо дуо... Улуу бөлүһүөкпүт Өксөкүлээх Өлөксөй айымньытыгар аҕыйах ахсааннаах омукпут хайдах эрэйтэн-муҥтан быыһанарын туһунан эппитин улуу поэппыт Ойуунускай алгыһа сытыылаан, чиҥэтэн биэрэр. Босхо бастаах бороҥ урааҥхай эрэ дьылҕата буолбакка, бүтүн киһи аймах бэйэтин өйүнэн өлөр дьылҕаттан быыһанарын этэр Ойуунускай Былатыан тыллара үгүс көрөөччу сүрэҕин-быарын долгутта. «Чолбон» бөлөх Төһө да муус кыаһаан дойдуга олордорбут Кэрэни кэрэхсиир майгылаах – биһиги. Айылҕа эҥин сиэдэрэй ойуутун-бичигин, тыаьын-ууһун ырыа гынан ыллаан, тойук оҥорон туойан, элбэх эриирдээх-мускуурдаах, тоҕойдордоох олохпутун дорҕоон гынан дирбийбит – биһиги. Былыргы дьыллар мындааларыттан кэлбит эгэлгэ дорҕоону таһаарар араас охсор, сахсыйар, үрэр уонна кыллаах музыкальнай тэриллэрдээх – биһиги. Орто дойдуну бастаан дорҕоон тыыннаабыта дииллэр. Саха дириҥ силистээх дорҕоонун, киһиэхэ дьайар дьикти күүһүн, төрөөбүт-үөскээбит эйгэбит үйэлэргэ иҥэриммит, киһи кулгааҕар дэбигис иһиллибэт, хараҕар көстүбэт куүстэрин тыыннарыгар олоҕурбут, эмиэ да энэлгэн, эмиэ да өрөгөй тойуктара улаҕата көстүбэт халлаан куйаарыттан дьиикэй кыыллар, аатырар адьырҕалар ууһаабыт-тэнийбит ыырдарынан сиккиэр тыалга, ала холорукка сүктэрэн кэлбит дорҕооннорун дьуөрэлээбит, сахалыы тыыннаабыт «Чолбон» бөлөх бу испиктээкили доҕуһуоллаабыта мээнэҕэ буолбатах. Ол да иһин суруналыыс Борис Павлов суруйдаҕа «…цивилизацияттан ыраах бүгэн сыппыт кыра-хара норуокка дөрүн-дөрүн аан дойду дьонун соһутар, киһи аймаҕы долгутар улахан айымньылар, күүстээх иэйиилэр, өй-санаа күлүмэхтэрэ уһуктан сөхтөрөллөр… Оннук феноменнартан биирдэстэрэ - «Чолбон» бөлөҕу кытары сибээстээх.» Испиктээкили көрө олорон, «Чолбон» бөлөх Америка, Голландия радиостанцияларын истээччилэрин, Сицилия, Финляндия, Франция көрөөччүлэрин долгуппут «Уһуктуу» композициялара, атын ырыалара-тойуктара улуу бөлүһүөк Өксөкүлээх Өлөксөй, улуу суруйааччы Былатыан Ойуунускай айымньылара аныгы көрөөччу сүрэҕэр күүскэ иҥэригэр оруола улаханын сөҕөҕун эрэ. Өркөн өй, Илбис тыл уонна Добун дорҕоон алтыһыыта диэн маны этэн эрдэхтэрэ. "Чолбоннор” оонньууларыгар – олорон кэлбит олохторо, тулалыыр эйгэ туһунан хас да бүк түгэхтээх санаалара-оноолоро Александр Ильин – Мондо Сааска гитаратын, Александр Иванов – Грузин охсор-тэбэр тэриллэрин уонна Юрий Васильев-Бахлай бүтүн сааланы туруорар ырыатын-тойугун нөҥүө иһиллэргэ, биллэргэ дылы. Этэргэ дылы, биэстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт - дьикти! Санаа түмүгэ Түҥ өбүгэлэрбит уйгу-быйаҥ сирдэриттэн үтүрүллэн кэлбиттэр – биһиги. Төһө да кыһарыллыбыппыт иһин Орто туруу баран дойду дьоллоох уйгу-быйаҥ олоҕуттан туоруон баҕарбат омук – биһиги. Улуу бөлүһүөкпүт эппитинии, мас курдук олорон хаалбакка, бараныахпытыгар диэри барсыһар, тобоҕолонуохпутугар диэри муҥнаһар, бүтүөхпүтүгэр диэри мөккүһэр үгэстээх – биһиги. «Чолбону» кытта киһи куйахата күүрэр, сиһин иэнэ кэдэҥниир гына ыллаабыт-туойбут Степанида Борисова, ону сэргэ эдэр артыыс Н.Слепцова энэлгэн аҥаардаах ырыалара-тойуктара тоҕо саха кутун-сүрүн таарыйаллара, этин сааһа аһыллыар диэри аймыыллара буолла?” - диэн ыйытар санаа арахпат. Ол эппиэтин бу испэктээкил кэнниттэн өссө чиҥэтэн өйдөөтүм: «Уруккута биһиги, Бу да буолларбыт, Өбүгэлэрбит үйэлэриттэн ыла Үтүрүллүбүппүт иннигэр өлөн биэрбэт үөстээх Үөдэттэр этибит. Омоҕой баай оҕонньортон ыла Сойуолаппыппыт иһин Охтон биэрбэт оҥоһуулаах Омукчаан оҕото этибит. Эр соҕотох Эллэй Эһэбит саҕаттан ыла Эккирэтиллибиппит иннигэр Эмсэҕэлээн биэрбэт Эрэйдээхтэр этибит….». 1. Айыы Тойон Таҥара кытаанах ыйааҕынан омук быһыытынан үйэлэртэн үйэлэргэ Үтүрүллүбүппүт ыарыыта хааммытыгар баар эбит. Онтубут улуу убайбытыгар Өксөкүлээх Өлөксөйгө үйэлэргэ суураллыбат Өркөн өй, Ытык сүбэ буолан тыыннаах хааларбытыгар төлкөлөөх түөрэх буолбут. 2. Дьылҕа Тойон Үөһээ мэҥэ Халлаанҥа суруйуутунан, өрүү тыын былдьаһыгар сылдьар олохпут сүрэхпитигэр сөҥөн куппут-сүрбүт ыарыыта, дууһабыт кыланыыта буолан улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай дириҥ силистээх Илбистээх, Иччилээх тылыгар кубулуйбут. 3. Өндөл Маҥан Халлаан хабыр дьаһалынан, киһи-сүөһү ылбычча олорбот дойдутун киһи аймахха суох цивилизацияҕа кубулутар санаабыт-онообут энэлгэнэ, ама киһи тулуйбат айылҕалаах сири-уоту кытары мөккүһүүбүтт аанай-туонай абата-сатата «Чолбон» бөлөх Добун дорҕоонунан тахсыбыт. Онон бу саха омукка улахан санааны эппит «Ойуун түүлэ», «Кыһыл Ойуун» уонна «Уһуктуу» айымньылар биир тэтимҥэ киирэннэр, испэктээкил буолбуттара төрөөбут норуоппут дьылҕатыгар улахан оруоллаах. Омук быһыытынан өлбөт-суппэт оҥоһуубутун чиҥэтии суолларын хайар туһунан ытык ыйытыы эдэр режиссер хараҕынан көрөн, кулгааҕынан иһмллэн, аныгы олох ирдэбилинэн ыччакка, көрөөччүгэ тиэрдибитэ - театр эйгэтигэр сонун көстуүү буолара саарбаҕа суох. Онуоха аттыбар олорбут саастаах көрөөччу испэктээкил кэнниттэн «Кырдьык да этиэхтэрин эппиттэр. Дьикти күүстээх эбит» диэбитэ бу санааларбын өссө ытаһалаан биэрдэ. *** Тоҕус (3*3) киэһэ устата Саха театрыгар тобус-толору сааланы муспут «Ойуун түүлэ» испэктээкил тохсүс (3*3) киэһэтигэр алтыс (3+3) эрээт 24 (2+4=6, 6=3+3) миэстэтигэр олорон киэһэ 6 (3+3) чаастан көрбүппүн кытары үллэһинним Надежда Ильина. Аартык.ру
|
Category: Култуура, итэҕэл, искусство |
Views: 2936 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 1 Ыалдьыттар (гостей): 1 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|