Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Ыам ыйа » 7 » Саха омуга бэйэтин быраабын туруулаһар ыччаттардаах буолуохтаах, баайын дьаһайар идэлээх дьонноох буолуохтаах. Мин саҥа олоҕу атыннык көрөб
Саха омуга бэйэтин быраабын туруулаһар ыччаттардаах буолуохтаах, баайын дьаһайар идэлээх дьонноох буолуохтаах. Мин саҥа олоҕу атыннык көрөб
09:00
 Турунуоххайыҥ!

Билигин глобализация үйэтэ. Сайдыы, өрө тахсыы, байыы, кэлии-барыы хайаан даҕаны баар буолуоҕа, онтон куотуммаккын. Саха омуга былыр былыргыттан тыа сиригэр тарҕанан олорбута, тыа сирэ саха омук ытык уйата. Ол эрэн билигин киин былаастарбыт бу уйабытын эһэр баҕа санааланнылар, ытык сирбитин тэпсэргэ сананнылар. Ол кимнээҕий? Москуба "үөрэхтээхтэрэ”, биһиги "өйдөөхтөрбүт”. Москуба "үөрэхтээхтэрэ” үөрэҕи баһылаабыт аатыран тыа сирэ эстиннэҕинэ эрэ дьиҥнээх сайдыы баар буолуоҕа диэн санаммыттар, биһиги "өйдөөхтөрбүт” "үөрэхтээхтэр” сөпкө этэллэр диэн өйөөбүт аатыраары карьерист буолан биэрдилэр. Тыа сирин сыла диэн баран оскуолалары кииҥниир баҕа санааттан бытарытарга туруннулар, туруктарын намтаттылар. Оскуолалар аҕыйах оҕолоох буруйдарыгар намтыырга күһэллэллэр, ол эрэн биһиги курдук киэҥ дойдуга ол хайдах даҕаны табыллыбат дьыала буолбатах дуо? Хайдах Саха Сирин курдук аҕыйах дьонноох-сэргэлээх дойду бу "сайдыы” биир көстүүтүн тулуйар? Саха Сирэ онто да суох элбэх сирэ-уота туһаҕа тахсыбакка сытар, онтон бу курдук оскуолалар туруктарын намтатыы салҕанар түмүгэр бу статистика көрдөрүүтэ өссө мөлтөх туруктаммат дуо?

Хайа ыал оҕотун үөрэҕэ суох хаалларыан баҕарыай? Биллэн турар бу курдук көстүүлэр саха омугун киин сиргэ күүс өттүнэн көһөрүү курдук ааҕыллыахтаах. Өссө биир оскуолалары эһии бэлиэтэ оскуолалары НСОТ диэҥҥэ көһөрүүлэрэ, учууталлар хамнастарын үөрэтэр оҕолорун ахсаанынан ылыылара буолар. Саха Сирин тыатыгар биллэн турар элбэх оҕо үөрэммэт, онно эбии бу курдук ыччат куоракка көһөн бара туруута да улахан оруолу оонньуур. Аны оскуоланнан муҥурдаммакка балыыһаларбытын намтатарга туруннулар. Бу кэмнэргэ Саха Сирин тыата хайдах тыыннаах хаалар, эстэр суолга киирбэтий? Биир сүрүн кыһалҕаннан буолар тыа сиригэр үлэ тиийбэтэ. Ыччат "престижнай” идэтинэн тыа сиригэр кочегар үлэтэ буолар, онтуҥ даҕаны хамнаһа кырата, үлэтэ ыарахана ыччаты күүскэ баттыыр. Билигин тыа сирэ барыта үүт туттарыытынан олорор, этиҥ барыһа суох курдук сыаналанар. Онтон бу күөх экраны барыыр АЛРОСА-ларын харчыта ханна мунан хаалла? Дьэ кырдьык-хордьук тыа сирин сайыннарар сыалтан дотация бөҕөтө көрөллөр, ол эрэн ол дотацияннан муҥурдаммакка бу Туймаада-лизинг нөҥүө араас техниканы биэрэ олороллоро биһирэбиллээх. Ол эрэн тоҕо тыабыт сирэ сайдыбатый? Иннэ арааһа рынок үйэтэ кэлэн күүстээх харгыстары уурталыыр буолуохтаах, ол эрэн рынок аата рынок, капитализм аата капитализм. Рынок политиката күрэхтэһэр кыахтаах буолуу диэн, ол эбэтэр конкурентноспособнай буолуу. Биһиги тыабыт сирэ бу соҕуруу дойду сухой үүтүн кытта күрэхтэһэр кыахтаах дуо? Билиҥҥи туругунан суох, онно сүрүн төрүөтүнэн буолар Саха Сирин дьоно, олохтоохторо чэпчэки сыаналааҕы көрдүү сатыыра.

 Билигин Саха Сирин олохтоохторо олох олорор иһин олорор, Саха эрэ Сирэ буолуо дуо, бүтүн Россия эбэ хотун оннук турукка олорор. Ол эрэн Саха Сирин тыатын хаһаайыстыбата саҥа таһымҥа тахсыахтаах, соҕуруу дойдулары кытта күрэстэһэр кыахтаныахтаах! Онно бастакы уонна сүрүн хардыыннан буолуоҕа биһиги тыабыт сирин техникатын саҥардыы. Саха Сирэ 21 үйэ бастакы чиэппэригэр саах хотоннооҕо биллэн турар улахан хаалыы баарын бэлиэтэ буолар. Биһиги эбээлэрбит, эһээлэрбит саах хотоҥҥо илиилэринэн ыы сатыы сылдьар кэмнэригэр Дьобуруопа мааны дьахталлара ынаҕы, омуннаатахха, харахтаабакка да сылдьан эрэ биһиги дьоннорбутунааҕар хас да төгүл элбэх ынаҕы ыыллар, ити баар биһиги тыабыт сирэ күрэстэһэр кыаҕа суоҕун бэлиэтэ. Онон ити өттүгэр күүстээх инникигэ хардыы барыахтаах, саах хотоннору көтөрөн саҥа, билиҥҥи технологияннан толору хааччыллыбыт 21 үйэ хотоннорун тутар оруннаах уонна барыстаах буолуо этэ. Үбүлээһинин билиҥҥи кэмҥэ республика эрэ уйунар кыахтаах. Россия сэбилэнииннэн

аһара үлүһүйбэккэ бу тыа сирин, онтон да атын кырдьыктыы сайдыыга сирдиир кыахтаах өрүттэрин үбүлүөхтээх этэ буоллаҕа, ол эрэн биһиги дьоммут ми- ни по- ҕа уларытан, хамнастарын хас да бүк үрдэтэн, саҥа сэрии сэбинэн хаһаанан Россиябыт бюджетын ыһар кутталга киллэрэн эрэллэр, бэрт Россия урукку үбүн миниистирэ айманар. Көрдөххө-иһиттэххэ Тыа Сирин сайыннарыыга анаан харчы бөҕө көрөллөр быһылаах, ол эрэн бу аттынааҕы ыалларбар саах хотон көтөрүллэн эрэрэ көстүбэт. Иннэ мин санаам бу курдук: ынахтаах дьоннору муһан ылан кооперативтары тэрийэри түргэтэтии. Холобурга хампаанньалары ылам этэ, хас биирдии ААУо(Аһаҕас акционернай уопсастыба), ХЭУо(хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба) о.д.а. диэннэргэ арахсар. Биһиги тыабыт сирин ынахтаах дьонун барытын тэҥ бырааптаах биир хампаанньа нөҥүө муһуу, киһи хас ынахтаах, соччо куоластаах диэбит курдук. Холобур мин 15 ынахтаахпын, ким эрэ 50, ким эрэ 20, ким эрэ 5 ынахтаах. Бу 50 ынахтаах киһим тойон, салайар киһи, саҥата, эппит санаата ыараан биэрэр, о.э. бу киһи бу хампаанньаҕа улахан ыйааһыннаах буолар. Ол эбэтэр бу ынахтаахтар бары "совет директоров” диэбит курдукка киирэллэр.

 Рынок үйэтигэр бэйэбит рынокпыт быраабылатын олохтуоххайыҥ. Манна анаан туспа сокуон таһаарыаххайыҥ, холобур Россияҕа "закон об акционерных обществах” диэн сокуон баар, биһиэхэ "закон об фермерских обществах” диэн сокуон айыахха, ол сокуоҥҥа барытын чопчу суруйуохха, бу хампаанньа ынахтарын барытын бииргэ холбоотоххо хас тахсарын, олортон хас бырыһыан ынахтаах киһи төһө бырааптаах буоларын барытын. Биһиги фермердэрбит, бу ынахтаах дьоннорбут баайдарын түмтэхтэринэ эрэ саҥа олох таһымыгар тахсыахтара. Аны судаарыстыба өттүттэн бу хампаанньаларга харчыны бырыһыана суох кредит биэриэххэ, ол бэриллибит кредит дуогабарыгар чопчу суруйуоххайыҥ, бу харчы туохха барыахтааҕа, холобур саҥа хотон тутууга, бары билэбит бу хотоннор хас эмэ мөлүйүөнүнэн сууммалаахтар, онон биирдии ыал кыайбата биллэр, онон бу холбоһуктарга эрэ бачча элбэх харчыны эрэниэххэ сөп, тыраахтыры, тыраахтыра суох от хаалар, перерабатывающай игин араас тэриллэри, үүттэн сүөгэйи, арыыны о.д.а. оҥорорго саҥа олох ньыматын туттар олох ирдэбилэ, о.д.а. Бу холбоһуктарбыт аны бары аан-дойду рыногар тахсар буола улаатыахтаахтар, саатар Россиябыт рыногын баһылыаххайыҥ. Билигин Россия куораттарыгар кымыһы көрбөтүҥ буолуо, ону биһиги көрдөрүөххэйиҥ, сүөгэйбитин, арыыбытын рынокка бэриммэккэ удамыр сыанаҕа батаран иһиэххэйиҥ.

 Барыс киллэринии биһиги сүрүн сыалбытынан буолуохтаах. Билигин биһиги бэйэбит да иһинээҕи рынокпытын толорбокка сылдьабыт, ити куһаҕан, тыабыт сирэ мөлтөх сайдыылааҕын бэлиэтэ. Биһиги Россия рыногар саҥа киллэриилэри оҥоруохтаахпыт, ол курдук кымыспытын бу Кока-Колаларынааҕар үчүгэйдик рекламалаан имидж курдук оҥостуохха. Кыратык доруоһалыы түһэн баран пиибэлэрин оннугар бэйэбит "пиибэбитин” батарыаххайыҥ, бары өттүнэн биһиги барыс эрэ ыларга дьулуһуохтаахпыт. Кытай омуга эмиэ барыс эрэ ылбыт киһи диэн санааннан бачча ыраахха дылы кэлэ-кэлэ атыылыы сырыттахтара, түмүгэр бэйэбитинээҕэр баай буоллулар. Ол кэмҥэ Россия эрэ ниэбин хостооһунунан, сэриитин сэбин хаҥатыыннан үлүһүйэ олороохтоотоҕо. Биһиги Россия эбэ хотун хаһан биһиги диэки болҕомтотун ууран олохпутун сайыннарарын күүппэккэ сайдарга турунуоххайыҥ! Аны биир сөҕөрүм диэн саха сылгыта улахан көмөнү көрсүбэт, барыһы суох диэн эбитэ дуу? Дьиҥэр саха ата даҕаны саха буоллаҕа, тоҕо барахсаны туораттылар? Сылгыга туох даҕаны дотация диэбит курдук көрүллүбэт, болҕомто ууруллубат. Дьиҥэр сылга этэ буоллаҕа, саха омук сүгүрүйэр ытык дьөһөгөйүн оҕото. Сылгыттан барыс диэн этэр буоллахха баһаам, ол кымыһыҥ, бу кылыҥ, бу кутуругуҥ. Ама кымыһы ылан Москубаҕа ду, Санкт-Петербурга ду ылан атыылыыр кыаллыбат дуо? Ама кыл бэргэһэтин ылан ону-маны оҥорон тас дойдуга, республика таһыгар таһааран атыылаан Саха Сирин таҥаһа диэн билиһиннэрэр кыаллыбат дуо? Дэйбиири

сувенир курдук оҥорон тас дойдуга атыылаатахха хайдаҕый? Ити өттүгэр этэн киһи бүгүн бүппэт, сарсын игин бүтэрэ буолуо. Аны Саха Сирин билиҥҥи кэмҥэ биир киэн туттуута, нууччалыы эрэ английскайдыы эрэ эттэххэ бренда, буолар алмааспыт субу илиибититтэн ойон хаалар турукка киирдэ. Биһиги республика буоларбыт быһыытынан улахан нолуогу бэйэбит бюджеппытыгар күүскэ тыыран ылыах баара. Бу субу-субу игин араас ниэби дьалаҕай быһыыттан тоҕуу тахса турар ди, ити аайы төһөлөөх куһаҕан дьайыы тахса турара буолуой? Бу промышленностан сылтаан Саха Сирэ улахан куһаҕан дьайыылары көрүстэ ээ, онно топпокко аны "үөһээҥҥи убайдарбыт” игин араас ракеталарын ыыта-ыыта тобохторун биһиэхэ ылан быраҕаллар ээ, ол аайы биһиги дьоммут ыалдьаллар. Биһиги бары алдьархайдарбыт иһин улахан нолуогу, харчыны, компенсацияны ылыахтаахпыт, эппиккэ дылы алдьархайтан ас тахсар, доруобуйабытын көннөрөргө харчы хайаан да көрүллүөхтээх. Билигин инвестиционнай турукпутун көннөрөбүт диэн үлэ бөҕө ыытар курдуктар даҕаны биһиэхэ саҥа технология өттүгэр үлэлэһэр хампаанньа көстүбэккэ дылы ди, арай ол "LG” хампаанньа кэлэн дьэрэкээн дьиэни тутан бюджеппытын күүскэ ыстаан ылбыт Ыстыырап аатын үтүөҕэ кубулута сыыстаҕа, онтубут даҕаны сир баайын үөрэтиигэ үлэлэһэр быһылаах ди. Ини-бии Уһуунускайдар эрэ программирования өттүн баһылаан саха омук ыччата бу программирования курдукка таһаарыылаахтык үлэлиир кыахтааҕын дахаастаатылар да, интернет сыаната ыарахана бэрдиттэн ыарахаттары көрсөллөр үһү диэн сурах тарҕаммыта. Кырдьык даҕаны, киһи интернекка олох туох эрэ улахан наадалаах эрэ буоллаҕына киирэр алдьархайа, орто хамнастаах киһи астына киирэ сылдьан астына хамнаһын аҥарын ууран биэрэригэр тиийэр.

Мегабайтыҥ унциянан сыаналар курдук. Иннэ дьиҥэр Ростелеком тоһун ылбыт регионнар бааллар эбит ээ, биһиэттэрэ туохтан толлон тураахтыыллара буолла? Ханты-Мансийскай автономнай уокуруга ылла да Ростелекому ылан дьыала тэрийэр, монополиялаатыҥ диэн буруйдуур. Биһиэттэрэ миитиҥҥэ таҕыс, премьер-министир иннигэр да этин, туох да дьаһал ылыллыбат, арай Президеммыт аччыа диэн уоскуппута, хайдах эрэ киһи эрэммэт. Дьиҥэр интернет сайдыыта, сыаната чэпчээһинэ эмиэ олоххо улахан оруолу оонньуур ээ, бу сайдыылаах Америкаҥ интернетынан 99.9% хааччыллан турар, биһиэнэ хайдах эбитэ буоллар. Америкаҕа видео көрүөххүн баҕардыҥ да көрөҕүн, телевизорынан көрдөххө, биһиги дьиҥ олохпут тутула барыта күүтүүгэ. Баттаатыҥ, харан олох да холбоммотоҕуна, мүнүүтэ кэриҥэ күүтэн баран дьэ киһилии көрөҕүн. Бытаанын, киһи олоҕун аҥаарын аҥаардас интернеккар видеоны көрө сатаан барыах курдук. Онон ити өттүгэр биһиги былаастарбыт дьиҥнээхтик үлэлэһэллэрэ буоллар, тылынан эрэ кэнниттэн ботугураабакка дьиҥнээх дьаһаллары ылан түргэн соҕустук туораталлара буоллан биир Россия киирэ сатыыр инновационнай экономикатын сайдыытыгар улахан төһүү күүс буолуо этэ.

Билигин хас телевизор аайы ыччаты промышленноска да промышленноска диэн саҥа-иҥэ бөҕө буола сылдьаахтыыллар, биир өттүнэн биһирэбиллээх, ыччат үлэм суох дии-дии кэтэх тарбана олорбокко манна баран үлэлиэ этэ буоллаҕа. Ол эрэн мин биир бэйэм бу этиилэрин наһаа биһирээбэппин, тоҕо биһиги бачча айылаах көхтөөх, инникигэ эрэллээх эдэр испэсэлиистэрбитин промышленность дьааттаах үлэтигэр сыһыара сатыыбытый? Ол ханнык эрэ 50 кыраадыстаах тымныыга сир түгэҕэр сытан эрэ алмаас, чох хостуу сытар киһи олоҕун халтаайга ыытааһын буолбатах дуо? Ол оннугар бу юрист буоллуннар, экономист буоллуннар, туох куһаҕаннааҕый? Иккиэн олоххо туһалаах идэлэр. Баҕар хайдах эрэ уруккуну төнүннэрэ сатыыр киһи курдук көстөрүм буолуо, ол эрэн мин санаабар Саха Сирэ бу билиҥҥи үйэҕэ бу эрэ идэлэри баһылаатаҕына киһи буолуоҕа. Саха омуга бэйэтин быраабын туруулаһар ыччаттардаах буолуохтаах, баайын дьаһайар идэлээх дьонноох буолуохтаах. Мин саҥа олоҕу атыннык көрөбүн, Саха Сирин сайдыытын алдьархайдаах алдьатыылаах айылҕабытын сордуур

промышленноһы кытта дьүөрэлэспэппин, саҥа олох сиэринэр финанс уонна атыы-эргиэн өттүгэр сайдыыны көрөбүн. Саха омук кэлэр кэнчээри ыччатын үчүгэйдик үөрэттэххэ, сүрэҕэлдьээн конспект туттаран, харчы харыстаан халбархай дуоскаҕа суруттаран, самнархай оскуолаҕа үөрэттэрэн буолбакка, төттөрүтүн элбэҕи кэпсээн бэҕэһээҥҥи "акаары” сэргэхсийэн, иэйэн туран истэрин ситиһэн, элбэх харчыны харыстаабакка кутан интерактивнай, оннук-маннык дуоскаларынан хааччыйан, оҕолортон уруучукаларын, тэтэрээттэрин былдьаан ылар саҥа планшеттарга көһөрөн, килбэйэ турар оскуолаҕа үөрэттэрэн бэҕэһээҥҥи сордуур холуонньаны бүгүҥҥү дьоллоох иккис дьиэҕэ кубулутан оҕону үөрэххэ, саҥаны билиигэ, саҥаны баһылааһыҥҥа сирдээһиҥҥэ олоҕурар. Мин санаабар сир үрдүгэр акаары оҕо диэн суох, оннуктар акаарылар балыыһаларыгар сыталлар.

Ханнык баҕар оҕоҕо биир тылы буллахха, тугу сэргиирин биллэххэ бу оҕоттон миллионеры, миллиардеры, учуонайы иитэн таһаарыахха сөп. Билигин аан-дойдуга саамай сыаналаах хампаанньаны, Apple, Стив Пол Джобс тэрийбитэ, мин билэрбинэн кини еврей буолбатах, үс бастакы баайдар бары американестар, еврей хааннара суох. Онон мин дьэ туохтан да толлубакка этэр кыахтаахпын: оҕо хаана улахан оруолу оонньообот, оҕоҕо иитии сүрүн оруолу оонньуур. Оҕону ииппэккэ эрээри элбэҕи ирдиир сыыһа. Дьэ ити курдук, сайды көнө суолугар үчүгэй иитэр систиэмэни тэринэн сайдыы суолугар турунуоххайыҥ!

Сайдархан
Дьааҥы
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка | Views: 1527 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ыам ыйа 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 39
Ыалдьыттар (гостей): 39
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024