News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Ыам ыйа » 23 » Бу сокуон «Сургутнефтегаз», «Ирелях-нефть» барыстарыттан төлүөхтээх нолуоктарын ставкатын 4,5 % кыччатан тураллар
Бу сокуон «Сургутнефтегаз», «Ирелях-нефть» барыстарыттан төлүөхтээх нолуоктарын ставкатын 4,5 % кыччатан тураллар | 09:24 |
Ольга САРГЫДАЕВА: хатайданыы уонна дьүһүн кубулунуу туһунан
23.05.2013 «Биир ньыгыл Арассыыйаттан» тахса сатаабыт диэн, араас фроҥҥа, түмсүүгэ, холбоһукка көһө оонньообут диэн, бу күннэргэ политика эйгэтигэр биир кэм хатайданыы бөҕөтө, кыра өйдөөх киһи мэйиитэ эргийиэҕин курдук. Ити түгэни быһааран биэрэригэр Российскай Федерация Государственнай Думатын депутата Федот ТУМУСОВ көмөлөһөөччүтэ, Киин быыбардыыр хамыыһыйа чилиэнэ, Саха Республикатын Аграрнай фронун сопредседателэ Ольга Николаевна САРГЫДАЕВАТТАН көрдөстүм. - 2008 сыллааҕы Ил Түмэн быыбарын түмүгүн анаалыстаан көрөн баран, бүгүҥҥү балаһыанньаны кытары тэҥнээн көрөр буоллахха, биһиги дьоммутун-сэргэбитин ааспыт сырыыга албыннаабыттарын курдук билигин эмиэ оннук балаһыанньаны үөскэтэ олороллор. Ааспыт сырыыга биһиги Аграрнай партия тыа дьонун интэриэһин көмүскүө диэн эрэнэммит куоластаабыт эбит буоллахпытына, Аграрнай партия «Биир ньыгыл Арассыыйаҕа» холбоспута. Боростуой киһи өйдөөн көрдөҕүнэ, салаа, кинилэргэ кынат буоллубут диэн эппиттэрэ. Аграрнай партиялар тыа сирин боппуруостарын, бэйэлэрин программаларын 2008 сыллаахха «Биир ньыгыл Арассыыйа» нөҥүө туруорсуохпут диэбиттэрэ. Олоххо кэлэн атын буолла. Тыа сирин олохтооҕун интэриэһин көмүскүүр сокуоннар оннуларыгар наар былаас дьонун интэриэһин көмүскүүр эрэ сокуоннары ылыннылар. Холобура, 2012 сыл ахсынньы ый 15 кунугэр Ил Тумэн XXXIX уочараттаах мунньаҕар сокуон ылынан турар. Дакылааты норуот депутата А.И. Поисеева оҥорбута - «О проекте закона Республики Саха (Якутия) «О внесении изменений в Закон Республики Саха (Якутия) «О пенсии за выслугу лет лицам, замещавшим муниципальные должности и должности муниципальной службы в Республике Саха (Якутия)» и статью 5 Закона Республики Саха (Якутия) «О гарантиях осуществления полномочий депутата, члена выборного органа местного самоуправления, выборного должностного лица местного самоуправления в Республике Саха (Якутия)». Бу ылыллыбыт сокуон этэринэн биһиги депуттаттарбыт биэнсийэлэрин кээмэйин хамнастарын 95 % тиийэ ылалларын хааччыйар. Иккиhинэн, тастан кэлэр дьон интэриэстэрин көмүскүүллэрэ ырылхайдык көстөр. Ол курдук 2011 сыллаахха кулун тутар 1 күнүгэр Ил Түмэммит 25 уочараттаах мунньаҕар «О внесении изменений в статью 1 Закона Республики Саха (Якутия) «О налоговой политике Республики Саха (Якутия)» сокуон ылынан тураллар. Бу сокуон «Сургутнефтегаз», «Ирелях-нефть» барыстарыттан төлүөхтээх нолуоктарын ставкатын 4,5 % кыччатан тураллар. Экспердэр этэллэринэн, бу сокуон нуормата ылыллыбытыгар биһиги бюджеппытыгар киириэхтээх үп балтараа миллиард солкуобайынан кыччаан биэрбитэ. Билигин Ил Түмэҥҥэ наар промышленность эйгэтин көмүскүүр депутаттар олороллор диэн быһаччы этиэххэ наада. Депуттарбыт дьон-норуот туһугар буолбакка, бэйэлэрин тус олохторун тупсарар, инники нус-хас олохторун хааччынар эрэ туһугар үлэлии-хамныы олороллорун ити икки сокуону ылыныылара ырылхайдык көрдөрөр дии саныыбын. «Общероссийскай народнай фронт» Саха сиринээҕи салаатыгар Александр Ким-Кимэн салайааччы буолла. Ким-Кимэн - биһиги республикабыт профсоюһун салайааччыта. Боростуой үлэһит киһи туруктаах, хамнастаах, үлэлиир усулуобуйата тупсарын туһугар туруулаһар, үлэһит быраабын көмүскүүр тэрилтэ салайааччытынан буолар. Тыа сирин олохтооҕун хамнаһа үрдээбэт. Ким хамнаһа билигин үрдүгүй уонна үрдүү турарый? Оннук статистика «Якутск вечерний» хаһыат ыам ыйын 16 күнүнээҕи нүөмэригэр бэчээттэннэ. Онтон 2010, 2011, 2012 сылларга биһиги тойотторбут хамнастара хайдах курдук үрдээбитин көрөн итэҕэйиэххэ сөп. Кинилэр сыллааҕы дохуоттара үс сыл иһинэн үс төгүл үрдүүр. Ол кэмҥэ тыа сирин үлэлээн иитиллээччитин хамнаһа харыс да халбарыйбат. Ол тойон-хотун хамнаһа кыраай барарын суотугар, били отчуоттуур 40 тыһыынча орто хамнастара тахсан кэлэр. Биэнсийэни эбэбит диэн сотору-сотору отчуоттууллар. Ол аатыгар эрэ эбиллии – биирдии-иккилии мөһөөгүнэн. Улахан хамнас үрдээһинэ мөлүйүөнүнэн буолар, кыра хамнас, биэнсийэ мөһөөгүнэн үрдүүр. Ким-Кимэн тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлиир дьоннор хамнастарын үрдэттэрэр туһугар үлэлээбэккэ гынан баран, хайа сирэйинэн «Общероссийскай народнай фрону» салайаары гынарый диэн ыйытык туруорабын. Сүдү улахан хамнаһы ылар дьону уонна боростуой үлэһит хамнаһын арда аччыырын туһугар үлэлиэхтээх этэ буоллаҕа. Ити курдук «Биир ньыгыл Арассыыйа» дьоҥҥо-сэргэҕэ аптарытыата түспүтүнэн, онно сигэнэ сылдьыбыт дьон былаастарын сүтэримээри хатайданаллар. Дьон иккистээн-үһүстээн итинник албыҥҥа киирэн биэрбэтэр ханнык. Кинилэр угаайыларыгар киирэн, ити дьону эмиэ талар түгэҥҥитигэр, биэс сылы быһа кинилэр олохторун эрэ оҥорон биэрэбит. Дьоҥҥо туһалыыр туһунан толкуйдуулларын ааһан, итинник төттөрү-таары хатайданаллар, дьүһүн эрэ кубулуналлар. Венера ПЕТРОВА. Источник: yktnews.ru
|
Category: Экономика и СЭР |
Views: 1295 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 76 Ыалдьыттар (гостей): 76 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|