Былааска саҥалыы көрүүлээх дьон кэлэрэ уолдьаста
Чурапчы улууһун фермердэрин ыҥырыыта
Күндү биир дойдулаахтарбыт! Кэлээри турар республикабыт Ил Дарханын быыбарын көрсө санаабытын үллэстээри,
аһаҕас кэпсэтиигэ ыҥыраары суруйан эрэбит.
Быһаччы эттэххэ, биһиги Эрнст Березкины өйүүбүт.
Онтон тоҕо биир дойдулаахпыт Е.А.Борисов диэки буолбаппытый? Ону аһаҕастык этэри наадалааҕынан ааҕабыт. Егор Афанасьевичка тус бэйэтигэр туох да хом санаабыт суох. Кинини тулаайах аҥаардаах, аҕыс оҕолоох остуорас ийэҕэ, тиийиммэт-түгэммэт олоххо иитиллэн, сэбиэскэй былаас көмөтүнэн уонна аҥаардас бэйэтин дьулуурунан, кыаҕынан үрдүкү дуоһунаска тахсыбыт киһинэн сыаналыыбыт. Кини республикабыт туһугар күнү-түүнү, бириэмэни аахсыбакка туруулаһар олус үлэһит киһи. Үрдүкү салалтаҕа сүүрбэччэ сыл үлэлээн кэллэ.
Олох хаамыытын сиэринэн сайдыы син барда. Олус эһиннибит-быһынныбыт диир кыах суох.
Ол эрээри былааска ким даҕаны олорбутун иһин, сайдыы син биир барыахтаах этэ. Оттон Егор Афанасьевич сүүрбэччэ сыл үрдүкү дуоһунастарга олорон, республика сайдыытыгар, бэйэтин сахатын омугун туһугар туох эрэ саҥаны, тосту уларыйыыны киллэрдэ, улахан хамсааһыны, өйгө хаалары оҥордо диэн этэргэ күчүмэҕэй.
Кини үлэтин-хамнаһын толору ырытар сорукпут суох. Биири чопчу этэбит: үрдүкү дуоһунаска тахсан баран тыа сирин, ордук тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улаханы оҥорбото, таҥнары түһүүгэ тиэртэ.
Биһигини бүгүҥҥү олохпут маннык көстүүлэрэ олус хомотоллор.
- Республикабыт төрүт сокуонугар суруллубутун курдук, норуот талбыт депутаттара хантан-кимтэн да тутулуга суох буолуулара күөмчүлэннэ.
- Эмиэ төрүт сокуоммутугар баар эрээри, бэйэбит территориябытыгар хостонор сир баайыттан олохтоох норуоттарга тиксэр өлүүбүт суоҕун кэриэтэ.
- Билиҥҥи туругунан маннык “баай ” ааттаах республика тас иэһэ 24 миллиард, бюджеппыт итэҕэһэ 14 миллиард солкуобай, моҥкуруут баран, бэйэбитин сотору кыайан дьаһаммат, тастан салаллар регион буолаары олоробут.
- Үлэ Кыһыл Знамята, Бочуот знага уордьаннар, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ кавалердара, Саха сиригэр киэҥник биллибит хаһаайыстыбаннай үлэһит, салайааччы, көҥүл тустууга спорт бастакы маастардарыттан биирдэстэрэ Максим Николаевич Сибиряков этэригэр биһиги, тыа хаһаайыстыбатыгар быһаччы үлэлии сылдьар дьон быһыытынан, толору сөбүлэһэбит: “Тыа хаһаайыстыбата төрүт эһиннэ. Ону көрө сылдьабын. Дьон үлэлииртэн аккаастанар буолан эрэллэр. Тоҕо? Оҥорон таһаарар эттэрин-үүттэрин олус намыһах сыанаҕа туталлар”.
- Ынах сүөһүбүт 53%, сылгыбыт 40-тан эрэ тахса бырыһыана хаалла. Атын салаалары киһи этэ да барбат.
- Сокуоҥҥа суруллубут сорох балаһыанньалар соруйан да туолбаттар. Ол курдук, хаһаайыстыбалар барыстаахтык үлэлээһиннэрин, биһиги бородууксуйабыт норуот хаһаайыстыбатын атын салааларын бородууксуйатын кытта паритетын тутуһуннарыыга судаарыстыба көмөтө, о.д.а. атын ирдэбиллэр туолбаттар, оннооҕор ирдэниллибэттэр даҕаны. Оннооҕор бу буолаары турар норуот быыбарыгар сокуону куруубайдык кэһии чахчылара тахса тураллар.
- Дьону бэйэ дьонугар уонна туора дьоҥҥо араарыы көстүүлэрэ кэнники кэмҥэ олус күүһүрдэ. Ыытыллар мунньахтар санаа атастаһыытыгар, баар ыарахаттары дьүүллэһиигэ туһуламмакка, кэлтэйдии биир бөлөх интэриэһин эрэ соҥнооһуҥҥа кубулуйдулар. Норуот уонна былаас икки арда кэҥээн иһэр.
- Былаас бэйэтин норуотун үлэһитэ суох, наар бэлэмҥэ эрэ бэрт буолаҕыт диирин кэлии омуктар хатылыыр буолбуттара киһини дьиксиннэрэр. Урут Чурапчы райкомун секретара И.П.Листиков “Үлэһит дьонноохпут” диэн дорҕонноохтук этэр этэ. Норуот өһүн хоһооно баар дии: “Сүөһү кэйэр сүөһүтүн сүөһү барыта кэйэр” диэн.
Биһиги, дьиҥ чахчы Сахабыт сирин патриоттара буолан туран сахабыт дьоно улууһуттан, нэһилиэгиттэн уонна тойонуттан-хотунуттан, боростуой үлэһититтэн тутулуга суох республика хайа баҕарар муннугар төбөтүн дьоһуннаахтык өрө көтөҕөн, холкутук тыынан сылдьыахтарын баҕарабыт.
Оттон биһиги Э.Березкины өйүүр быһаарыныыны ылбыппыт төрүөтэ судургу. Эрнст Борисович эдэр, эрчимнээх, киэҥ билиилээх, эдэр сааһыттан үрдүк дуоһунастарга үлэлээн буспут-хаппыт, олох “аһыытын-ньулуунун” билбит, республикатын туһугар, норуотун интэриэһин көмүскээн элбэхтик мөҕүллүбүт-этиллибит, туоратыллыбыт киһи. Үрдүк эппиэттээх үлэҕэ улахан уопуттаах, дьиҥ сахалыы өйдөөх-санаалаах, ол-бу “хараҥа” дьыалаларга сутуллубатах, чиэһинэй, кэскиллээх. Кини республикабыт сирин баайыттан өлүүлэһиэхтээхпит диэн туруорсуутун ордук сөбүлүүбүт. Тыа хаһаайыстыбатыгар, ордук олохтоох омуктар төрүт дьарыкпытыгар - ынах, сылгы, таба иитиитигэр улахан суолта биэрэрин биһириибит.
Ытыктабыллаах быыбардааччылар!
Бу буолаары турар республикабыт Ил Дарханын быыбарыгар илин-арҕаа улуустар, эбээн-саха диэн арахсыбакка, тыа дьонун быһыытынан дьоммут-сэргэбит чөл олохтоох, төрүт дьарыктаах, омук быһыытынан эстибэт-быстыбат туһугар бары көхтөөхтүк кыттыаҕыҥ уонна кандидат Эрнст Борисович Березкин иһин куоластыаҕыҥ диэн ыҥырабыт!
Константин Семенович Макаров, СР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, 1991 сылтан “Үөкүйэ” бааһынай хаһаайыстыба баһылыга.
Роман Степанович Барашков, СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, республика президенин Гранын үс төгүллээх хаһаайына, 1992 сылтан “Төҥүргэстээх” бааһынай хаһаайыстыба баһылыга.
Максим Семенович Седалищев, Саха сирин бастакы фермердэриттэн биирдэстэрэ (1990), 1990-1995 сс. “АККОР” Сэбиэтин чилиэнэ, “Кулаада” бааһынай хаһаайыстыба баһылыга
ЭРЭЛБИТ - ЭРНСТ!
21.08.2014
Россия баһылыкпытын бэйэбит талынар бырааппытын төннөрдө. Билигин дьон-сэргэ бэйэтин ис санаатынан, сөбүлүүрүнэн былааһы талар буолла. Онон буолаары турар быыбарга хас биирдиибит куолаһа хаһааҥҥытааҕар да суолталанна.
Мин бэйэм куоласпын ЭРНСТ БЕРЕЗКИҤҤЭ биэрэргэ быһаарынным. Тоҕо?
1.РЕСПУБЛИКА киини кытта сыһыаныгар САҤА БЭЛИИТИКЭНИ ыытар баһылык талыллыахтаах. Россия Америка, Европа адьырҕаларын кытта күөнтэһэр судургута суох кэмҥэ үктэннэ. Онон үөһээ былаас регионнарга вертикала сымныыра күүтүллэр диэн аналитиктар этиилэрэ сөптөөх. Ол бастакы туоһутунан Путин бу быыбарга административнай ресурсаны туттары уонна кини тус бэйэтин аатын куоһур гынары боппута буолар. Ол аата кини норуокка дьиҥнээхтик тирэҕирэр лидеры кытта билигин үлэлиирим сөптөөх диэн быһаарбыт. Ол да үрдүнэн биһиги республикабытыгар Москубанан, Путинынан быыбардааччылары куттааһын сиэрэ суох бара турар. Дьиҥэ, ким да буоллун, элбэх куолаһы ылбыт салайааччыны кытта Кириэмил эйэ-дэмнээхтик үлэлиэҕэ. Дьэ бу тосхойбут кэми мүччү туппакка, республика салайааччыта атын регионнар баһылыктарын кытта сомоҕолоһон, сорох былдьаммыт бырааптарын туруулаһарга үлэлиэхтээх. Субу тугэннэ икки-үс болдьох устата толкуйа суох БИЭРЭРИН, АТЫЫЛЫЫРЫН, МАТАЙДЫЫРЫН эрэ билэ олорбут ЕГОР БОРИСОВ буолбакка, Эрнст БЕРЕЗКИН курдук таһымнаах салайааччы биһиэхэ кэлиэхтээх. Киниэхэ барыта баар: удьуор-утум, сөптөөх үөрэх-идэ, сытыы өй, сайдыылаах санаа, салалта5а үлэлээбит үөрүйэх, чаҕыйбакка санаатын туруорсар хорсун майгы, уонна киһи хараҕа үөрэ көрөр көстүүтэ, көрүҥэ даҕаны.
Норуот бэйэтэ төһө да үлэһит, кыахтаах, талааннаах буоллун – кинини ханна баҕарар баһылыгын таһымыттан сыаналыыллар, убаастыыллар, аахсаллар эбэтэр бэйэлэригэр тэҥнээбэттэр, сэнииллэр.
2. МӨКҮЛЭР түмсүүлэрэ буолбакка, КҮҮСТЭЭХТЭР түмсүүлэрэ буолуохтаах.
Егор Борисовы киэргэтэ сатаан оннооҕор 90-с сылларга кини баар буолан республиканы быыһаабытын курдук суруйан эрэллэр. 90-с сылларга Михаил Николаев хамаандата үлэлээбитин умна иликпит эбээт. Кини хаьан да Борисовы бэйэтин хамаандатын киһитинэн аа5ан ханна даҕаны ахта-суруйа илик. Егор Борисов ол саҕана тыа хаһаайыстыбатын салалтатыгар арыычча сыыгынаан олорбута. Бастакы Президент саха төрүт дьарыгын өрө тардаары программа арааһын толкуйдаан үп бөҕөтүн салайбыта да, барыта кумахха ууну куппут курдук сүппүтэ. Кэм сатабыллаах киһи бу салааны салайбыта буоллар, тыа хаһаайыстыбата улаханнык оҕустарыа суохтаах этэ.
Борисов тэҥнэһэр кыаҕа суох буолан, 90-с сылларга чаҕылыйбыт дьону бэйэтигэр чугаһаппат. Бастакы Президеммитин биирдэ эмэ киһи астынар гына чиэстээтэ дуо? Оннооҕор "Азия оҕолоро" оонньууга тыл биэрэн саҥардыбат буолбат дуо? Николаевы туһанаарылар эрэ уонна быыбар эрэ кэмигэр хостоон таһаарар буоллулар.
Егор Борисов кинини көрдөрбүтүнэн күлүктүүр кыахтаах Александр Акимовы тоҕо араас сылтаҕынан республика таһыгар үтүрүйэр? Национальнай концепцияны төрүттээбит Егор Жиркову тоҕо сүгүннээбэт? Базальтан үтүөкэн үлэни-хамнаһы толкуйдаан таһаарбыт киһибитин Егор Борисов тыл аҥарынан хайҕаата дуо? Бэл соторутааҕыта буолан ааспыт үбүлүөйүгэр кэлбэтэх, эҕэрдэлээбэтэх үһү. Ол оннугар сотору-сотору собуотун былдьыы сатыыра иһиллэр.
Александр Мигалкин, Георгий Яковлев өркөн өйдөрүн республика тоҕо ситэри туһаммата, ол дойдуга куоттартаата? Ханна баалларый 90-с сылларбыт дьоруойдара - Николаев хамаандата?
Тоҕо сахалартан соҕотоҕун алмаас хостуур промышленноска ситиһиилээхтик үлэлии, саха дьонун хамнастыы сылдьар Матвей Евсеев ыччакка холобур быһыытынан ахтыллыбатый? Билиҥҥи былаас итинник дьоммутун харыстыырын, өрө тутарын оннугар кинилэри туоратан, государственнай бэчээт бары көрүҥнэригэр тахсалларын бобон, хара көлөһүннэринэн таһаарбыт үлэлэрин былдьаары ыган-түүрэн, аҥардастыы айбардаан олорор. Бу дьоммут айар-тутар үгүс сыралара салалта сирэйэ-хараҕа суох сыһыаныттан көмүскэнэ сатыырга барар. Ол оннугар былааска хаптаҥныырынан биллибит, Борисов тулатыгар илин-кэлин түһүтэлии сылдьар НВК «Саха» тойоно Иван Андросов курдук дьон чиэскэ-бочуокка сылдьаллара өйдөммөт. Итинник дьон бюджет харчытыгар үс этээстээх дьиэ үрдүгэр икки этээһи туппуттарын эрэ иһин норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин аатын ылаллар.
Биир мындыр этии баар ээ, доҕоттоор: өйдөөх салайааччы бэйэтин тула бэйэтиттэн ордуктары түмэн күүһүрэр, мөлтөх салайааччы мөлтөхтөрү мунньан өссө мөлтөөн иһэр диэн.
Эрнст БЕРЕЗКИН төрөөбүт дойдуларын сайыннарар кыахтаах дьону түмэн үлэлэтиэ диэн бигэ эрэнэбин.
3. Республика КЭСКИЛИН эрэллээх дьоҥҥо итэҕэйиэхтээхпит.
Матвей Евсеев 60-с, Эрнст Березкин 70-с сылларга төрөөбүт дьон. Кинилэр эдэр саастара дойду үрдүнэн дьалхааннаах, суут-сокуон суох кэмигэр түбэспитэ. Чахчы ис кыахтаах, бигэ сиэрдээх-майгылаах дьон буолан ол кэми сынтарыйбакка туораан, үлэ-хамнас, олох-дьаһах оргуйар үөһүгэр сылдьар, быһаарыылаах дьон буола үүннүлэр. Бу дьоммутун нөҥүөлээн муҥур тойоммут 80-90-с сыллардааҕы төрүөх, олох аһыытын-ньулуунун амсайбатах оҕолору былааска чугаһаталыыр буолла. Биллэн турар,туга да суох сылдьан эмискэ бартыбыалланан хаалбыт оҕолорго кини үҥэр таҥаралара буолар буоллаҕа дии! Егор Борисов холобурунан бэрт буолууга,сирэй көрбөххө ускайдаммыт дьоҥҥо республикабыт кэскилин итэҕэйэр дьулаан кэм кэлиэн баҕарбаппын!
4. ДЬИҤНЭЭХ КИИРСИИ - СӨПТӨӨХ ТАЛЫЫ.
"Быыбардар чиэһинэйдик барыахтаахтар", - диэбитэ Егор Борисов. Ол эрээри былаас, Биир Ньыгыл Россия өттүттэн хайдахтаах нэгэй быһыы, дьону аһаҕастык албыннааһын бара турарый? Праймеризка мөлтөхтөн мөлтөх дьону мунньан кыайан баран, Егор Борисов кыбыстыбакка, аны тыа депутаттарын ЛДПР туһугар куоластыылларыгар күһэйдэ. Ол курдук дьону-норуоту сэнээһин, ыраас ыраны ыһыы, сиэри-майгыны тэпсии тахса турар.
Кимиэхэ итэҕэйэбит: былаас туһугар ханнык да албынтан туттуммат тойооскуну дуу, Саха сирин кэрэ кэскилин туһугар тэҥэ суох киирсиигэ эрдээхтик туруммут Эр киһиэхэ дуу?
Күндү биир дойдулаахтарым, быыбардааччылар! Москуба билигин кэтээн көрөр: саха норуота өйдүүр өйдөөх, саныыр санаалаах, утары көрөр эрдээх ньуурдаах эбит дуу, суох дуу диэн. Бэйэбитин сэнэнимиэҕиҥ. Ама Барыыһаптан ордук Эр киһибит суох диэн аан дойду истиитигэр билинэбит, илиибитин бэринэбит дуо?
БААРЫ СУОХ ГЫНААЧЧЫНЫ БУОЛБАККА, СУОҔУ БААР ГЫНААЧЧЫНЫ ТАЛЫАХХА!
ЭРЭЛБИТИН БЕРЕЗКИҤҤЭ АНЫАХХА!
ЭР ДЬҮҺҮНҮГЭР КӨСТӨР- ЭРНСТ БЕРЕЗКИН ЭРИҺЭРЭ БИЛЛЭР!
Иван Попов
|