Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [223]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [376]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [41]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [122]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Балаҕан ыйа » 1 » СР Ил Дарханыгар кандидат Э.Б.Березкины көрсөн, кэпсэтэн атырдьах ыйын 21 күнүттэн киниэхэ дэбиэринэй сирэй буоллум.
СР Ил Дарханыгар кандидат Э.Б.Березкины көрсөн, кэпсэтэн атырдьах ыйын 21 күнүттэн киниэхэ дэбиэринэй сирэй буоллум.
20:53
Оо, дьэ аныгы быыбардар
Балаҕан ыйын 14 күнүгэр буолуохтаах Ил Дархан быыбарыгар күрэстэҺии салҕанар.

Мин бу күннэргэ диэри тус бэйэм көҥүл санаабынан быыбар кылаабынай лиидэрдэрэ Э.Б.Березкин уонна Е.А.Борисов туһунан уонтан тахса ыстатыйаны суруйдум. Е.А.Борисов кэлин отучча сыл устата республика салайар уорганнарыгар үлэлээтэ эрээри дьоһуннаах уларытыылары киллэрбэтэҕин бэлиэтээтим. РФ конституциятыгар 9 ыст. бастакы чааһыгар маннык этиллэр: “Российскай Федерация регионнарга баар айылҕа баайын, айылҕаны ол регион бас билэр уонна дьаһайар”—диэн ырылыччы сурулла сылдьар. Онтон биһиги республикабыт салалтата бу этиигэ сөп түбэһэр сокуоннары оҥорууга туруулаһарын оннугар, СР бюджетын оҥорор СР бас билэр бары сирбит баайын, тэрилтэлэрбитин атыылаабыттарын туһунан, уубутун, тыабытын бас билэртэн, суверенитеппытыттан аккаастаммыппыт туһунан дьоммор-сэргэбэр өйдөтөн бу кэлин икки-үс сыл суруйдум.

СР Судаарыстыбаннай мунньаҕар баар сыыһалар-алҕастар туһунан ааспыт Ил Түмэн быыбарыгар кириитикэлээбитим. Онно кыттыгастаах Биир Ньыгыл Россия партия “бөдөҥ көһөҥө” депутааттарын кириитикэлээн уһун сааһы сайыны быһа силиэстийэ уорганнарыгар уонна сууттарга үлэбэр сылдьар курдук соһуллубутум туһунан урут суруйбутум. Бу да быыбарга олохпутугар сайдыыны түргэтэтэр, байылыат олохтуур баһылыгы таба талар туһуттан,--диэн дьоммор-сэргэбэр анаан ити боппуруостары таарыйдым. Тоҕо оннук гынным. Биһиги дьоммут хаһыакка суруллубуту үс, түөрт сылынан биирдэ өйдөөн этэ-тыына туруорса сылдьар буолаллар. Онон бу быыбарга дьон салалтабытыгар баар итинник куруубай сыыһаларга чуолкай өйдөбүллэрдээх буолалларыгар ааҕааччы уонна боростуой быыбардааччы быһыытынан баҕарбытым.

Быыбар кэмигэр Ил Дархаммыт Е.А.Борисов эппит тылыгар турбатын, олоҕо суох эрэннэриилэри оҥорорун дьон-сэргэ дьэҥкэтик өйдөөтө. Ол курдук быыбар иннинэ Россия президенэ В.Путин укааһын толорон: “Чиэһинэй быыбар иһин, мин админстративнай ресурсалар быыбарга кыттыа суохтаахтарын туһунан дьаһал ыллым”,-- диэн араадьыйанан, телевизорынан тыл эппитэ. Эппит тылын дорҕооно симэлийиэн иннинэ атырдьах ыйын 20 күннэриттэн саҕалаан туох баар правительство аппараатын уонна Ил Түмэн депутаттарын улуустарынан бэйэтин агитациялата ыыталаабыта. Биһиги өс киирбэх кыра-хара норуот ол эппитин итэҕэйбиппит тиэрэ буолан таҕыста. Хата ону РФ киин быыбардыыр хамыыһыйатын уурааҕынан кириэмил сорунуулаахтык бопто.

СР Ил Дарханыгар кандидат Э.Б.Березкины көрсөн, кэпсэтэн атырдьах ыйын 21 күнүттэн киниэхэ дэбиэринэй сирэй буоллум. Ааспыт нэдиэлэҕэ илин эҥэр улуустары кэрийдибит. Дьэ, буолар да эбит. СР Ил Дарханыгар кандидат Е.А.Борисов ыстааба эбитэ дуу, Ил Дархаҥҥа бэриниилээх Биир Ньыгыллар эбитэ дуу? Э.Б.Березкины нэһилиэнньэни кытта көрсүүтүгэр анаан-минээн семинардаан Э.Б. Березкин программатын билсиһиннэрэн тыл эппитин кэннэ хас нэһилиэнньэлээх пуун аайы 4-5 бэлэмнэммит дьон Э.Б.Березкин программатын нэһилиэнньэҕэ киртитэргэ анаан бу
маладьыастарыҥ барыта үүт-үкчү боппуруостары бэрдилэр.

Бадаҕа кинилэргэ бэриниилээх үлэлэрин иһин балачча төлөөбүттэр. Ол боппуруостарын биэрэргэ үөрэтэр продюсердара диирим дуу, учууталлара эбитэ дуу? хара пиарщиктарын аһара бэлэмнээн кэбиспиттэр. Боппуруос биэрээччилэр арыт аһара түһүүлээхтик ыһыытаан-хаһыытаан хата бэйэлэрэ нэһилиэнньэни төттөрү түһэрэн Э.Б.Березкиҥҥа көмөлөстүлэр. Бэйэлэрин кандидаттарын түһэн биэрдилэр, Сорохтор бу киэҥ улахан билиилээх эргиччи өттүнэн Ил Дархан буоларга улахан бэлэми барбыт дьоһун киһини түһэрэ сатыы туралларын тута өйдөөн, онтон саатан бэйэлэрэ саалаттан тахсан куоттулар.

Ол эрээри технолоктара ити оҥорбут алҕастарын билиммэтилэр. Сценарийдарын салгыы толорон кыайбыт-хоппут дьон буолан кыратык да кытаран көрбөккө телевизорынан балачча баһа соҕус сүрүн утарылаһааччы кандидаты оҥостон туран түһэрэн кэпсээтилэр-ипсээтилэр. Урукку ССРС саҕанааҕы туоратар киһилэрин холуннарар методикаларын туһана сатаатылар да сатаммата. Итини тоҕо эттим. Мин хас нэһилиэнньэлээх пууннары аастаҕым аайы билэр дьонум телефонум нүөмэрин булан кэпсииллэриттэн, биһигини уоскуталларыттан уонна Э.Б.Березкиҥҥа ситиһиилэри, дьоһуннаах кыайыыны баҕаралларыттан чуолкай биллим.

Нэһилиэнньэ ордук сир баайын уонна Саха сирэ бас билэр улахан тэрилтэлэрин атыылааһынтан бюджекка харчы нолуогунан киирбэт буолан салайар үлэһиттэр, учууталлар, быраастар, култуура, быраабы харыстыыр уорганнар үлэһиттэрэ билиҥҥи хамнастара өссө икки-үс бүк үрдүк буолуохтааҕа хаалбытын саҥа өйдөөн, билэн айманнылар.

Кырдьык промышленноска үлэлиир дьон хамнастара 200-400 тыһыынча буолар. Аны бу дьон нолуоктара атын регионнарга киирэрин үгүстэр саҥа биллилэр. Биһиэхэ арай Ил Түмэҥҥэ комитеттары салайар депутаттар, министрдэр хамнастара итиннэ арыый да чугас. Онтон нэһилиэк баһылыктара, учууталлар, быраастар хамнастара баара суоҕа 20-40 тыһыынча. Министерстволар чиновниктара 20-30 тыһыынча хамнастаахтар. Кинилэр урут министрдэртэн 35% -ан кыра хамнаһы ылар дьон туохтан быстар кыра хамнастаммыттарын дьэ өйдөөтүлэр. Дьиҥэр бюджет үлэһиттэрин алын хамнаһа республика орто хамнаһыгар тэҥнэһиэхтээх. Ол аата Е.А.Борисов орто хамнас 45 тыһыынча диир буоллаҕына, Россия президенэ В Путин ыйааҕынан бюджет үлэһитин саамай кыра хамнаһа 45 000 буолуохтаах эбит. Э.Б.Березкин Саха сиригэр үлэлиир хампаанньалары регистрацияларын манна көһөттөрөн, сир баайын хостуур олохтоох хампаанньалары тэрийэн, манна үлэлии кэлэр хампаанньалартан өлүү чаас туруорсан, нолуок төлөтөн Республика хааһынатын байытыам,--диирин дьон улаханнык сэҥээрэ иһиттэ.

Админстративнай ресурса бу араҥата ити атыылааһыннартан улаханнык оҕустаран олороллорун хойутаан да буоллар өйдөөбүттэриттэн хата мин сүргэм көтөҕүлүннэ. Ити хамнастарыгар Е.А.Борисов ыытар политикатынан сүүйтэрэн олорор араҥа Е.А.Борисовка куоластыа суоҕа. Оччотугар Е.А.Борисов кыайыылаах тахсара саарбах. Онтон нэһилиэктэргэ дьон аҥаарыттан ордуга ханна да үлэлээбэт хамнаһа, дохуота суох. Онон 12 сыл устата салалтабыт ити атыылааһыннарынан бюджеппытын кураанахтаан, кэнэҕэски сиэннэрбитигэр тиийэ дириҥ иэскэ киллэрбитэ хас биирдиибитин
охсубутун нэһилиэнньэ чуолкай өйдөөтө. Дьон билиҥҥи салалта үлэтиттэн астымматын биллэрдэ. Мантан быыбар хампаанньата сүрүн сыалын ситистэ уонна Э.Б.Березкин кыайыылаах тахсарыгар эрэлим бүтэһиктээхтик күүһүрдэ.

Биһиги республикабытыгар 940 000 киһи олорор. Ол аата быһа холуйан 615 000 быыбардааччы баар. Мантан отут биэс бырыһыана админстративнай ресурса дьоно. Ол аата куоластыахтаах 308 000 куоластан 220 000 куолаһы Е.А.Борисов сиэбигэр уктан олорбута. Ол эрээри киниэхэ куоластыахтаах админстративнай ресурса улахан аҥаардара республика бюджетын толорууга үлэни ыытан кинилэр хамнастарын үрдэтиэхтээх Э.Б.Березкин кандидатуратын өйүөхтэрэ. Өскөтүн быыбардааччы 50 бырыһыана кэллэҕинэ 61 бырыһыаны ылан кыайыылаах тахсыам,- диэн суоттанар Е.А.Борисов бу күннэргэ балаһыанньата мөлтөөбүтүн хайы-үйэ өйдөөбүт. Ол иһин админстративнай ресурса күүһүн муҥутуурдук туһанан РФ президенэ В.Путин укааһын кэрээнэ суох кэһэрэ хайдах түмүктэнэрэ буолла?

Эппитим курдук чиэһинэй быыбар иһин диэн ыҥырыылаах Ил Дархаммыт сыыһа-халты туттара элбээтэ. Онно эбии нэһилиэнньэ кини доруобуйатын туруга быстар мөлтөҕүттэн төттөрү түһэрэ үксээтэ. Эминэн, укуолунан уйуттан сылдьар киһи үрдүк таһымнаахтык үлэлииригэр, олох да охтон хаалар туруктааҕыттан ытырыктатааччы элбээбит.

Дьон-сэргэ Е.А.Борисов Э.Б.Березкины утары нууччалыы, сахалыы тылынан теледебакка тахсарын модьуйар. Е.А.Борисов туох айыылаах-харалаах буолан дьэ тоҕо Э.Б.Березкинтан куотарый?


Хара пиар туһунан
Е.А.Борисов билигин саамай куттанар кандидатынан Э.Б.Березкин буолла. Кинини утары балачча улахан хамнаска Е.А. Борисов политтехнологтара арааһы толкуйдууллар. Хара пиар,--диэн ааттаан араас олоҕо суох холуннарыылаах, куһаҕан сурахтары айан тарҕаталлар. Дьэ буолар да эбит. Ол телевизорынан, батсаабынан, хаһыатынан тарҕанар Э.Б.Березкин туһунан дьааттаах сурахтартан аҕыйаҕы сырдатыым.

“ДП -1 дьиэтин күүлэтигэр андаатары Э.Б.Березкин дьоно бырахтылар”,-- диэбит айымньылара хаартыскаҕа түһэриллибит андаатар саһархай кырааскалаах суол бэлиэтигэр сытарынан сылыктаатахха олох да атын региоҥҥа өлө сытар андаатар хаартыскатын туһаммыттар уонна туох да буруйа суох киһини онон хараардыбыттар. Саха сирин суолларыгар суолу сотор бэлиэлэр олоччу маҥан кыраасканан сотуллаллар. Ону киһи барыта билэр.

“Э.Б.Березкин бурят ойохтоох онон Доржиев два буолар кутталлаах”,-- диэбиттэрэ. Березкина Любовь Георгиевна ийэтэ Чурапчы Мэлдьэхсититтэн Пестеревтэр аҕа уустарыттан төрүттээх уу саха, аҕата Нам Партизанын сахата. Дьэ, ону хайдах бурятка оҥордулар?
Э.Б.Березкины муниципальнай сиидэни аһарбаппыт диэбиттэрэ. Киһилэрэ саамай бастакынан сиидэни ааһан уолуппута.

Э.Б.Березкины билигин бэчээт ханнык да уорганнарыгар, араадьыйаҕа, телевизорга таһаарбат буоллулар. СМИ кинини кэлтэй киртитэр эрэ матырыйааллары туһанар буолла. Соҕотох дьон санаатын кырдьыгы суруйар хаһыаты “Туймааданы” олоҕо суох ыстарааптаабыт сурахтара иһилиннэ. Онно мин суруйбут матырыйаалым төрүөт буолбут үһү. Ити ыстатыйалары суруйарбар быыбар хампаанньатыгар ыстаапка үлэлии киирэ илигим. Боростуой ааҕааччы уонна быыбардааччы быһыытынан уонча сыллааҕыттан саҕалаабыт тус бэйэм санааларбын суруйбутум ыстараап төрүөтүнэн буолбут. Дьэ, сууппут төһө чиэһинэй эбитий?

Э.Б.Березкины Гражданскай платформаттан турда диэн хараардаллар. Эрнст Борисович партията суох. Кини партия өйөбүлүгэр эрэ наадыйан бу партияттан турда. Кини Ил Дархан буолар түгэнигэр бары партияларга олоччутугар тэҥ сыһыаны олохтуом диир. Оччотугар кинини партияннан хараарда сатыырга төрүөт баар дуо? Бу партия национальнай республикалары ыһар туһунан туруорсар,--диэн өһүргэнээччилэр республикабыт бары сирин баайын, улахан тэрилтэлэрин атыылаан банкроттатан кэнэҕэс кэлиэхтээх сиэннэрбитигэр тиийэ СР хаһынатын дириҥ иэс дьааматыгар киллэрбит Е.А.Борисовка ханнык сыанабылы биэрэллэрин тоҕо эрэ эппэттэр?

Ытыктабыллаах бар дьонум, Э.Б.Березкин аадырыһыгар бэчээккэ, телевиденияҕа тахсар олоҕо суох холуннарыылаах сонуннары итэҕэйбэккитигэр сүбэлиибин.

Е.А.Борисов ЕР ПП праймериһынан уонна толорор үлэтинэн сирэйдэнэн бу сааскыттан кэлтэй соҕотоҕун агитацияланан “сибэтиэй” буолара чугаһаата. Киниэхэ быыбар сокуона диэн ханнык да араамкаҕа баппат агитацията админстративнай ресурсанан тохтоло суох ыытыллар эрээри дьон киниттэн наһаа салгыбыт, тэйбит, сылайбыт.

Аны Арассыыйа быыбарын киин хамыыһыйатын уурааҕынан админстративнай ресурса чиновниктарын уонна депутааттары Е.А.Борисов туһатыгар үлэлииллэрин бобор РФ киин быыбардыыр хамыыһыйатын 22.08.2014 сыллааҕы 07-13/4071 нүөмэрдээх уурааҕа Москуба куораттан, кириэмилтэн тигинээн тиийэн кэллэ. Бу уурааҕынан СР Судаарыстыбаннай мунньаҕа (Ил Түмэн) 12 норуодунай депутаттарын Е.А.Борисовка дэбиэринэй сирэй буолбуттарын устубуттар. Ити курдук РФ президенэ В.В.Путин быыбардарга админстративнай ресурсалары туһанары бобор туһунан уурааҕын толорууга кытаанах дьаһаллар ылыллан эрэллэр.

Онон олохтоох нэһилиэк, улуус дьаһалталарын баһылыктара, судаарыстыбаннай чиновниктар Е.А.Борисов туһатыгар нэһилиэнньэни түүрэйдииллэрэ бобуллубут. Өссө күүстээх кытаанах дьаһаллар салгыы ылыллан иһиэхтэрэ. Онон эбээһинэс толорон үлэлии олорор аҕа баһылыкпыт Е.А.Борисов дьаһалларын ис эриэннэрэ күн-түүн арыллан норуотун иннигэр аптарытыата түһэн киһибит балаһыанньата олох да буорайан иһэр.
Аны дуоһунаһынан саптынан сотору-сотору илии баттааһыннартан саҕалаан ыарахан сыаналаах вертолетунан хоту соҕоруу көтөр. Бу быыбарга туттуохтаах түөрт уон мөлүйүөн харчытын суотугар буолуо дуо?-- диэн боппуруос үөскүүр. Аҥаардас баннердара, агитационнай материаллара, хамнас төлүүр политтехнологтара, агитатордара бу элбэҕин.

Нэһилиэктэри кэрийэ сылдьан СР правительствотынан олоххо киллэриллиэхтээх Российскай программалар сүнньүлэринэн Е.А.Борисов араас тэрээһиннэргэ итини- маны оҥоруом,--диэн ханнык да баһылык кэллэҕинэ толоруллуохтаах үлэлэринэн эрэннэрэр.

Ону дьоно: “Отучча сыл салалтаҕа сырытта, тоҕо баччааҥҥа диэри тугу да үлэлээбэккэ сылдьыбытай? Быйыл кыһыҥҥыттан быыбарданаары үлэ-хамнас бөҕөтө буолбут,--диэн Егор Афанасьевич туһунан кэпсэтэр буолбуттар. Ити аата быыбартан быыбарга диэри олоробут дуу?”—дэһэллэр. Ээ, кырдьык даҕаны норуоту албыннаабаккын.

Нэһилиэнньэ ортотугар Егор Афанасьевич туһунан кэпсэтии бөҕө элбээбит: “Ити туох кыһалҕатыгар доруобуйатын туругунан нэһиилэ сылдьан баһылык буола сатаата. Арай алҕаска кыайан кэбистин, кини хайдах үлэлиир. Доруобуйата эппиэттээбэт түгэнигэр кини оннугар ким кэлэр? Ол киһи тугунан дьарыктанар? ВРИО-нан кириэмил ханнык эрэ омугу, нууччаны дуу биһиги ис олохпутун олох да билбэт киһини ыытаннар “тупсарбыт” дьэ кэлэрэ буолуо. Эбэтэр тус бэйэтин эрэллээх доҕорун А.Н.Жиркову анатан быыбар кэнниттэн Е.А.Борисовы утары барбыт дьону хас улуус, нэһилиэк аайы үлэлэриттэн устар, идэмэрдээхтик эккирэтиһэр бэйэлээх бэйэлэрин норуоттарын бүтэһиктээхтик эһэр, репрессиялыыр үлэлэрин салгыыллара дуу?

Дьэ, уонна кими да өрө көрбөт буола ыбылы куттаммыт дьонтон тугу да ыйыппакка, куттаммакка, кыбыстыбакка билигин сэбиэскэй саҕана үөрэтиллибит, били кэпсиир сэттэ уон триллион сууммалаах сир баайын бэйэлэрин норуоттарын туһатыгар биир да солкуобайы киллэрбэккэ, тус бэйэлэрэ байалларын туһугар батарыахтара. Республикабытыгар даҕаны, Россияҕа даҕаны экология сокуона олох мөлтөх. Онон туһанан билиҥҥиттэн Саха сирэ ракета тобоҕо тохтор полигонунан буолла. Аны сир баайын бэрээдэгэ суох хостоон төрөөбүт төрүт айылҕабытын бүтэһиктээхтик алдьатан, дьаатынан сутуйан олохтоох омуктары имири эһэр соруктаннылар дуу?” Дьон бэйэ-бэйэлэриттэн итинник уонна итиннэ майгынныыр боппуруостары ыйыталаһара, сураһара, таайа сатыыра үксээбит. Оо, дьэ Егор Афанасьевич Борисов учуутала Далан тыыннааҕа эбитэ буоллар дьон бу кэпсэтиитигэр туох сыанабылы биэриэ эбитэ буолла. Саха норуотун туһугар турууласпыт М.Аммосов, И.Винокуров, П.Ойуунускай, А.Кулаковскай курдук дьон төһө эрэ кэлэйиэ, хомойуо эбиттэрэ буолла.

Э.Б.Березкин туһунан
Э.Б.Березкин программатын истэн баран дьон үлэ-хамнас, олох араас боппуруостарынан көмөн кэбиһэр. Хас биирдии боппуруоска дьоһуннаах астык эппиэттэри ылан нэһилиэнньэ кинини сэҥээрэрэ улаатан иһэр. Сир аайы истибит дьон саха норуотун хаалыыттан таһаарар улахан кэскиллээх программалаах, сырдык ыраас сыаллаах-соруктаах Эрнст Борисовиһы хайҕаан, сөҕөн, алҕаан уоттаах-күөстээх тыллары этэллэр. Кини билиитэ-көрүүтэ киэҥэ, араас үлэлэргэ үлэлээн буспута-хаппыта, киэҥэ-холкута, тыла-өһө олохтооҕо чахчы эргиччи өттүнэн улахан таһымнаах салайааччы буолбутун ылынан, өйдөөн сылдьыбыт сирдэригэр дьон киэҥ биһирэбилин ылла.

Э.Б.Березкин республикабытын салайар түбэлтэтигэр Саха сирин инники эдэр ыччаттарыгар, оҕолорбутугар, кэнэҕэс кэлиэхтээх сиэннэрбитигэр бигэ туруктаах баай дуол республиканы хаалларар акылааты уурарбытын бигэтик өйдөөтүбүт дэһэллэр.
Э.Б.Березкин ханнык да ыарахан боппуруостарга төрөөбүт түөлбэтин араҥаччылыыр, дьонун-сэргэтин интэриэһин туһугар туруулаһар кыахтааҕын көрсүһүүлэргэ сылдьыбыт дьон итэҕэйэн, харахтара уоттанан, инникигэ эрэллэрэ күүһүрэн иһэр.

Ытыктабыллаах Эрнст Борисович эн Саха сирин дьоһун мааны түөлбэлэрэ Мэҥэ- Хаҥалас, Муома, Эҥсиэли хочотун, Сунтаар улууһун, Чурапчы, Өлүөхүмэ эбэ хотуттар өҥ буордаах кырсыттан силис тардар төрүттэриҥ, төрүт уус удьуордарын кытаанах дабыдалларыттан куорсун анньынан, Саха сирин төрүт олохтоох норуоттарын өйөбүлүнэн норуоккун инникигэ, сырдыкка, үрдүккэ сирдиир сирдээҕи аналгар ситиһии эрэ сэтиилэн, кыайыы-хотуу эрэ кынаттан, -- диэн дьонуҥ-сэргэҥ эйиэхэ эппит алгыс тылларыгар холбоһон өбүгэлэрбит үгэстэринэн сахалыы тылларынан алҕаатаҕым буоллун. Дом, Дом, Дом!!!
Арамаан Дьөгүөрэп.
 
 
Category: Эрнст Березкин | Views: 2058 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 2
Ыалдьыттар (гостей): 2
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024