Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Бэс ыйа » 3 » Чиэһинэй быыбардар иһин
Чиэһинэй быыбардар иһин
14:36
Чиэһинэй быыбардар иһин

Ааспыт Ил Дархаммыт быыбарын кирин-хоҕун ырытыы күн бүгүнүгэр диэри дьон уоһуттан түспэт. Ааспыт күннэргэ интернет сайтыгар Д.Д.Иванов таһаарбыт матырыйаалынан олус да элбэх ыйытыы, боппуруос киирдэ. Аҥаардас квартирабар үс киһи тус-туһунан чаастарга ЯВ хаһыат ыам ыйын 22 күнүнээҕи нүөмэрин тутан киирэн боппуруос бөҕөтүн симтилэр. Телефонунан өссө элбэх. Уулуссаҕа таҕыстахха биир иэдээн. Оттон дьиҥэр мин ханнык да итиннэ сыһыаннаах боппуруоһу быһаарар дуоһунаһа, туох да солотуута суох көннөрү пенсионер, дьиэ бөҕө, дьыбаан киэргэлэ буолбут оҕонньорбун. Ол да гыннар ааҕааччыларбар санаабын этэргэ күһэлинним.

Е.А.Борисов республика бүгүҥҥү туругун уонна биһиги олохпут инники дьылҕатын быһаарар улахан салайааччы. Ол быһыытынан кини хас хамсаныыта, үлэтин-хамнаһын истиилэ, СР-ын олохтоохторун инники дьылҕатын быһаарыыга үлэтин-хамнаһын былаана олоччу ырыллыах, хонтуруолланыах тустаах. Онно ханнык да ньыла түһэн бэрт буола сатаан арбааһын, тупсара сатааһын сатамматын бэркэ өйдүүбүн. Барыта олоххо баарынан чиэһинэйдик ыраас мууска ууруллуохтаах. Дьон бэйэтин санаатын, кыһалҕатын былааска аһаҕастык этиэхтээх. Оттон былаас дьон норуот санаатын истэн, олох араас кыһалҕаларын быһаарарыгар онон көрөн салаллыахтаах. Кини ол иһин норуотугар итини тутуһуох буолан андаҕар биэрбитэ.

Ол инниттэн киниэхэ үлэни-хамнаһы, дьон норуот олоҕун тэрийэригэр анаан норуот нолуогунан муспут үбүн суотугар олохторун бары кыһалҕата быһаарыллан иирбит улахан хамнастаммыт улахан салайар аппарааттаах. Итиннэ норуотун олоҕун сатаан тэрийбэтэх, мөлтөҕүн көрдөрбүт киһи былаастан быыбарга талан ылыы күрэстэһиитигэр туоратыллыахтаах. Е.А.Борисов быыбар иннинэ программатын тугу да эппэтэҕэ. Быыбар кэнниттэн дьонун-норуотун, төрөөбүт айылҕатын биир тыла суох быһар идэмэрдээх иэдээни соһон аҕалар бырайыагын химическэй собуоттары туттарабын, диэн СР правительствотынан туруорсан саайда. Холобура итинник сөп дуо?

Ол да иһин сайдыылаах судаарыстыбаларга президеннэр икки болдьохтон уһуннук талыллыбаттар. Ону да бастакы болдьоххо бэйэтин үлэтин-хамнаһын бырайыагын норуота биһирээтэҕинэ иккис болдьоххо улахан сыранан бэрт аҕыйах куолас атыылаах ыраас, чиэһинэй быыбарга кыайыа. Сайдыылаах дьон олох-дьаһах боппуруоһун эргиччи өттүнэн дьиҥнээхтик ырытан, салалтаны олохторун сайдыытыгар чахчы туһанар гына талаллар. Биһиэхэ курдук аҕа ууһунан, улууһунан, нэһилиэгинэн, үбүнэн-харчытынан эбэтэр балаһыанньатынан көрөн быһаарбаттар.

Бу туһунан кэмэ суох элбэхтик суруйдулар. Мин да маппатым, санаабын этэ сатаатым. Ол да гыннар быыбарбыт араллааннара күн бүгүнүгэр диэри бүппэккэ, ситэ быһаарыллыбакка турар түгэнэ элбэх. Э.Б.Березкин: “Ыраас чиэһинэй быыбардар иһин”, - диэн быыбар хаамыытын астыммакка өссө быыбар кэмигэр суукка сайабылыанньа биэрбитэ. Бу сайабылыанньаҕа саҥаттан саҥа дакаастабыллар арыллан СР Үрдүкү Суутугар
элбэхтэ көрүллэн аккааһы ылан испитэ. Суут өттүттэн була сатаан баар дакаастабыллары ситэтэ суох, диэн билиммэккэ, көмүскэнэр адвокаттар уонна прокуратура өттүттэн буруйдуур өрүтү көрбөт буола сатааһын чахчылара тахсан аккаастаан испитэ. Сайабылыанньа РФ Үрдүкү Суутугар тиийбитэ. Онно Үрдүкү Суут көрөр күнүгэр СР Үрдүкү Суутугар өссө биир дьыала көрүллэр гына мэһэй оҥороннор Э.Б.Березкин юриһа Н.И.Седалищев маннааҕы суукка кыттыыны ылан кыайан барбатаҕа. Онон юрист бэйэтинэн тиийэн дакаастабыллары дьыала ис хоһоонун арыйбакка РФ Үрдүкү Суута СР Үрдүкү Суутун уурааҕын бакаа оннунан хаалларбыта.

Билигин Д.Д.Иванов туруорсар финансовай кэһиилэргэ дакаастабыллара тиийэн саҥа дакаастабыл өрүт быһыытынан тиһиллэн РФ Үрдүкү Суутугар дьыала салгыы көрүллэрэ күүтүллэр. РФ Үрдүкү Суута, биллэн турар, хайдах, ханнык уурааҕы ылынара билигин кимиэхэ да биллибэт.
Ол гынан баран РФ Генеральнай прокуратуратын ирдээһининэн СР прокуратуратын прокурорун бастакы солбуйааччы Б.М.Самойленко СР Следственнэй кэмитиэтин салайааччытыгар О.А.Мезриҥҥэ маннык ис хоһоонноох 72-2/652-07 нүөмэрдээх суругу 13. 05. 2015 сыл ыыппыт.

Уважаемый Олег Александрович!

В соответствии с п. 1.2 приказа Генерального прокурора РФ от 27. 12. 2007 номером 212 “О порядке учета и рассмотрения в органах прокуратуры Российской Федерации сообщений о преступлениях” для организации проверки в порядке ст. ст. 144-145 УПК РФ направляю заявление Седалищева Н.И. о возбуждении уголовного дела по ст. 141.1 Уголовного кодекса Российской Федерации, зарегисрированное в КРСП прокуратуры республики за номером 21.
О результатах расмотрения обращения прошу информировать заявителя и сообщить в прокуратуру республики в установленный законом срок.
Заявителю сообщается для сведения.

Приложения на 8 листах в первый адрес.

Буруй састааба чахчы баар, диэн прокуратура сурунаалыгар регистрацияламмыт 21 нүөмэрдээх докумуон иһигэр туох ханнык финансовай кэһиилэр ыйыллыбыттарый? Е.А.Борисов быыбарын ыстаабын үлэтигэр 39 535 000 солкуобайдаах үбү тутуннум, диэн отчуоттаабыт. Манна 32 тэрилтэ уонна чааһынай дьон харчы уган агитационнай үлэҕэ кыттыбыт. Отчуотугар 40 мөлүйүөннээх сокуон ирдэбилинэн оҥоһуллубут кээмэйи Е.А.Борисов отчуотугар кэспэтэх курдук. Ол эрээри бу тэрилтэлэр үгүстэрэ бюджеттан көмөнү ылбыт эбэтэр судаарыстыбаннай сакааһы толорооччу үксэ кэлии тэрилтэлэр эбит. Быыбар сокуонугар: “Бюджеттан көмө ылбыт тэрилтэ кандидакка харчы укпут буоллаҕына, кандидат быыбартан уһуллар”, - диэн быыбар туһунан РФ ФС-гар этиллэр. Силиэстийэ манна дьыала хайдах баарынан ылан оҥоһуллубут буруй састаабын ыйар түгэнигэр быыбар хаттаан иккис түһүмэҕэ ыытыллар быһаарыыта суукка тахсыан сөп. Эбиитин Е.А.Борисовка бюджет үбүн сокуоннайа суох тус бэйэ интэриэһигэр туһаныы иһин уонна быыбар ыстаабын салайааччытыгар кандидат докумуоннарын эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан бэрэбиэркэни ыыппатаҕын иһин ЦИК бэрэссэдээтэлэ А.Кривошапкиҥҥа холуобунай эппиэтинэс

тардыллыан сөп. Манна дьиҥ иһигэр киирэн ырыппыт киһи бюджеттан көмөлтө иһин манньа курдук бэриллибит харчы суола-ииһэ хас да тэрилтэҕэ көстөр. Отчуот олус көтүмэхтик оҥоһуллубут эбэтэр араас кэһиилэр баалларын көрдөрөр чуолкайа суох түгэн элбэх. Холобурун Егор Афанасьевич бэчээккэ 19 мөлүйүөнү тутуннум, диэбит эрээри бэчээт уорганнарыгар барбыт счеттары көрдөххө 600 000 солкуобай бэчээккэ туттуллубутун туоһулуур докумуоннаах. Отчуокка итинник сөп түбэспэт араас түктэри түгэн үгүс.

Бу сыл Гайдаровскай форумҥа РФ правительствотын бэрэссэдээтэлэ Д.А.Медведев быыбарга бюджет харчытын туһаммыт губернатордарга оһуобай ыарахан миэрэлэри ылыахпыт, диэбитэ. Оттон РФ президенэ В.В.Путин быыбарга админстративнай ресурсаны туһаныы иһин кытаанах миэрэлэри туһаныахпыт, диэбитэ эмиэ умнулла илик. Онон борокуруору солбуйааччы Б.М.Самойленко Россия силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи салаатын салайааччытыгар О.А.Мезриҥҥэ барбыт сурукка силиэдэбэтэллэр харахтарын быһа симпэтэхтэринэ араас быһыы тахсыан сөп. Арааһа дьон, норуот сири-буору аннынан итини билэн-истэн айманар.

Ыам ыйын 22 күнүгэр “ЯВ” хаһыакка ДП-1 үлэһитэ Татьяна Тарасова ып-ыраастык: “Суутунан ханнык да миэрэлэр ылыллыбатахтара”, - диэн тойонун көмүскээн эппитин иннигэр, суруналыыс Сергей Сумченко суруйуутугар аҥаардас икки тэрилтэҕэ буруй састааба баарын туһунан ааҕааччыга чуолкай өйдөбүлү биэрдэ. Бастакыта “Туймаада нефть” чааһынай дуу, судаарыстыбаннай дуу диэн арааһа ааҕааччыны бутуйан дуу, автор бэйэтэ бутуллан дуу, балачча ырыппыт. Ити ырытыы бэйэтэ туһунан кэтэх ис хоһоонноох. Дьиҥэр, ЕГЮЛ-лы ырытыы бүгүҥҥү сүрүн сорук буолбатах. ЕГРЮ-ны иһигэр киирэн үөрэттэххэ өссө олох атын юридическай кэһиилэр баар буолуохтарын сөп. Ону ыйа быһаара сатаан быһаарбыт курдук өйдөөтүм. Иккис курдук ЕГРЮ-лы ырытыы бу тэрилтэ чааһынай буоларын дакаастыырга туһаммыт. Түмүгэр чааһынай тэрилтэ сиэртибэлээһини оҥорор бырааптаах, диэн ааҕааччыны бутуйбут. Тэрилтэ судаарыстыбаннай да, чааһынай да буоллаҕына, бюджеттан көмө харчы ылбыт буоллаҕына, кандидакка көмөлөһөр бырааба суоҕун туһунан быыбар сокуонугар быһаччы этиллэр.

Быыбар барбыт 2014 сылыгар 26.05.2015 с. Вести.ру интернет сайтыгар Туймаада нефть 60 мөлүйүөнү бюджеттан туһаммытын туһунан тэрилтэ отчуотун таһаарбыт. Оччотугар Туймаада нефть түөрт мөлүйүөнү Е.А.Борисов ыстаабыгар сиэртибэлиир бырааба суох буолар. Ити бюджеттан харчы ылан ол манньатын бэрик биэрии эбэтэр массыанньыктаан сиэртибэ оҥоруу курдук сокуоҥҥа көстөр. Ол иһин Туймаада нефть биэрбит түөрт мөлүйүөнүн иһин СР ЦИК-га бэрэссэдээтэл А.Кривошапкин бырачыас эбэтэр суукка үҥсүү суруйуохтааҕа.

Ити буруй дьайыытын Д.Д.Ивановы бэйэтэ толкуйдаан, айан таһаарбыт диэн ДП-1 хотуна Татьяна Тарасова барахсан күрүө намыһахтыы буруйдуура сыыһата бу да ыстатыйаҕа көстөр. Итини билигин силиэстийэ туох диирин кэтэһэбит: “Бука туох эрэ диэн матыыптаан силиэстийэбит да хата сабара буолуо”, - диэччи эмиэ элбэх. Кырдьык диэн биһиэхэ суох, биир тыһыынчалаах суотабай телефону табаарыһыттан мэниктээн былдьаабыт ыччат үс сыл хаайыыга олорон олоҕун алдьатыа. Оттон норуот көмүс
көлөһүнүнэн муспут харчытын бюджеттан мөлүйүөннэр
и лаппаакынан кыыратыһа олорор чиновниктарга суут силиэстийэ уорганнара харахтарын симэ олороллоро эмиэ көстөөөччү.
Иккиһинэн, Нидерланнар көмөлөрүн туһунан. Быыбар туһунан РФ ФС-ар өскөтүн омук сириттэн силистээх буоллаҕына тэрилтэ Россия быыбарыгар кыттыа суохтаах. ЯВ хаһыакка “Политическая коррупция” ыстатыйатыгар Нидерланды ООО “Геопромайнинг Холдинг” диэн тэрилтэтэ 100 бырыһыан уставной капиталын бас билэр “Геопромайнинг Верхнее Менкече” диэн бюджекка уонна үлэ иһин биэрэр иэстээх тэрилтэ Е.А.Борисов ыстаабыгар түөрт мөлүйүөнү сиэртибэ укпутун туһунан сиһилии ырыппыт. Манна суруналыыс Сергей Сумченко ити сиэртибэлээһин харчы атын омуктар фирмаларыттан сокуоннайа суох оҥоһуллубутун быһаарбыт.
Сергей Сумченко аҥаардас бу ыстатыйатыгар Е.А.Борисов быыбарга ы
стаабын үбэ сүүрбэ бырыһыана бюджет суотугар үбүлэммитин туһунан чуолкай өйдөбүлү биэрдэ. Итинник сокуоннайа суох бюджеттан харчы ылбыт атын тэрилтэлэр үбүлээһиннэрэ Е.А.Борисов быыбарын ыстаабыгар өссө да элбэх.
Маны таһынан төһөлөөх элбэх министр, депутат тыа сирин нолуогунан оҥоһуллубут бюджет суотугар тыа сирин кэрийбитэй? Дьону ыкпытай, түүрбүтэй? Кулууптары, гостиницалары арендаласпытай? Аҥаардас илии баттааһын хомуйуутугар сүүрбүт транспорт, вертолетунан көтүү, билбордар ороскуоттарын харчытын аахпыт киһи быыбар ороскуотун хас эмэ бүк сабар харчыны ааҕан таһаарыахха сөп. ЦИК итинник ороскуоттары тоҕо, туох санааттан хонтуруоллаабата?

СР ЦИК бэрэссэдээтэлэ Анатолий Кривошапкин бу ыстатыйаҕа: “Тут вижу, тут не вижу”, - диэн төбөлөөх лоскуйугар, биэс бырыһыаннаах финансовай кэһии баар буоллаҕына, кандидат быыбар хампаанньатыттан туоратылларын туһунан эппит. Эбиитин биир сыл иһинэн суука үҥсүлүннэҕинэ кандидат быыбартан уһулларын туһунан эмиэ санаппыт. Быыбар балаҕан ыйын 14 күнүгэр 2014 сыл ыытыллыбыта. Дьыала өссө быыбар буола турар кэмигэр суукка бэриллибитэ. Онон сыл иһинээҕи болдьоххо хапсан дьыала хайы-үйэ хамсаабыт. Ол эрээри дьыала хаһан түмүктэнэрэ быйыл дуу, икки-үс сылынан дуу? бакаа биллибэт.

Арай биири билэбит прокуратура холуобунай кэһии түгэннэрэ баарын көрөн регистрациялаата. Ол аата быһаарсыы үрдүкү таһымҥа тахсан холуобунай сокуон нуорматынан көрүллэн эрэр. Онон бу дьыала биһиги олохпутугар урукку өттүгэр политикаҕа буолбатах түктэри историческай түгэн курдук уоттанан-күөстэнэн эрэр. Дьон-сэргэ Ил Дархан быыбарга кыайыан инниттэн финансовай кэһиилэри оҥорон баран инаугурациятыгар сүрэҕин туттан туран норуотугар андаҕайбыт андаҕар тылларын саамай сөпкө сүөлүргүүр.

Арамаан Дьөгүөрэп
 
Category: Выборы | Views: 1391 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Бэс ыйа 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 95
Ыалдьыттар (гостей): 95
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024