"Киһи олоҕун суолун тоҕойдоругар көрсүбүт дьонун сэһэннэрин сэргээн, үгүһү билэн-көрөн, атыннык анааран толкуйдуурга үөрэнэр. Өйдөөх, муударай киһини кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтэр түгэн тосхойоро – туспа «дьол». Күүстээх, кыахтаах киһи ситиһиитин кистэлэҥин кэпсээтэҕинэ, барытын дөбөҥнүк өйдүүр курдуккун. Ыл да сурун, бу сүбэлэри туһан. Ол эрээри, ити саныырга эрэ чэпчэки буоллаҕа. Төһөлөөх үлэттэн, сыраттан тахсыбыта буолуой?
«Урбаан, эмиэ спорт курдук, бэйэни тургутан көрүү» диэн этиини кытта бүгүҥҥү сэһэргэһээччим толору сөбүлэһэр. Кини ситиһиитин, кыайыытын-хотуутун, үтүө дьыалатын, кимиэхэ хайдах көмөлөспүтүн барытын суруйан кэчигирэттэххэ, уһун буолуо. Саха омук дьолугар төрөөбүт урбаанньыт Руслан Федотов аатын илин эҥэр улуус олохтоохторо эрэ буолбакка, Саха сирин нэһилиэнньэтин баһыйар өттө убаастыы, ытыгылыы ааттыыр. Сахалар маннык үлэһит, мындыр өйдөөх, инникини өтө көрөр киһилээх буоламмыт, олохпут уйгута тупсар.
Хаалтыһа суох кэпсэтии
«Хайа дойдуттан сылдьар суруналыыскыный?» -- көрсө түһээт, Руслан Еремеевич ыйыта охсор. «Мин төрдүм Таатта, ол эрэн төрөөбүт, улааппыт дойдум Үөһээ Бүлүү», - диэн хап-сабар эппиэттиибин. «Ок-сиэ, ол аата аймахтыы эбиппит. Биһиги соторутааҕыта эн дойдугар филиалбытын арыйдыбыт», - диэн тута үөрүүлээх сонунун үллэстэр.
Чэйдээтибит. Ону-маны кэпсиирин быыһыгар «бу суруналыыска толору итэҕэйиэххэ сөп дуу, суох дуу» диэх курдук, сэрэммиттии көрөр-истэр. Оттон мин биллиилээх урбаанньыт толору арыллан кэпсэтэрин ситиһэр сыаллаах буоламмын, өссө наҕылыйан уонна холкутуйан биэрэбин.
Руслан Еремеевич дьүһүн кубулуммакка, мааска кэппэккэ хайдах баарынан, чиэһинэйдик, аһаҕастык уонна дьоһуннук кэпсэтэн, нуучча улуу суруйааччыта Лев Толстой «Күүстээх дьон мэлдьи судургу буолар» диэн этиитин өссө төгүл бэйэтинэн бигэргэтэр. Кини «хаалтыһа суох кэпсэтии» түмүгэр урбаан, харчы, төрөөбүт дойду, бэлиитикэ, билиҥҥи ыччат, олох курдук уустук тиэмэлэргэ санаатын үллэстэр. Ол онтон чочуллан тахсыбыт кэпсэтиини эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт. XXI үйэ биир бастыҥ саха саарына сыаналаах санааларын «ҮЙЭ» сурунаалга үйэтитэр.
Федотов Руслан Еремеевич уон улахан маҕаһыыны тэрийэн-салайан үлэлэтэр. Аммаҕа, Аллараа Бэстээххэ, Чурапчыга, Үөһээ Бүлүүгэ, Дьокуускайга арыллыбыт маҕаһыыннарга – массыына, тыраахтар саппаас чаастарын, тыа хаһаайыстыбатыгар наадалаах табаардары, тиэхиникэни, ону тэҥэ тутуу матырыйаалларын, миэбэли тиэйтэрэн аҕалан нэһилиэнньэҕэ, хаһаайыстыбаларга хамаҕатык атыылыыр. Белоруссия, Россия элбэх куораттарын бөдөҥ собуоттара, быһа холоон, 100-тэн тахса тэрилтэ, Руслан Еремеевиһы соҕотох дилер оҥостон, бүгүҥҥү күҥҥэ диэри үлэлэһэн кэллилэр.
Республика социальнай-экономическай сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин «Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ», «СР тыа хаһаайыстыбатын туйгуна», «СР эргиэнин бочуоттаах үлэһитэ», «Амма улууһун бочуоттаах мецената» ааттар иҥэриллибиттэрэ.
“Биир спортивнай суумкалаах кэлбитим...”
- Кыра эрдэхпинэ, киинэҕэ сылдьаары аҕам сиэбиттэн харчы ылбытым. Төннөн кэлээт, бастакы уочарат харчым ордугун тута укпутум. Дьонум бары арбы-сарбы сирэйдээхтэр этэ, ким да саҥарбат, хайдах эрэ кэри-куру. Эбэм барахсан харчы сүппүтүн билэн, барыларын мөхпүт этэ. Соҕотох олордоҕуна киирэммин: «Киинэҕэ сылдьаары мин ити харчыны ылбытым, ордугун аҕалбытым», - диэн билиммиппэр, эбэм эмээхсин: «Хаһан даҕаны атын киһи харчытын тыыппат, ылбат буол. Итинтэн сылтаан атыттары мөхтүм дии, бу сааты», - диэн миигиттэн хоргуппутун умнубаппын. Ол киэһэ дьоммутун кытта бииргэ аһаабакка, иккиэн куустуһан сытан ытаспыппыт. Аны ким да харчытын ылыа суох буолбутум…
Баҕар, ол да иһин буолуо, судаарыстыбаттан биир кэпиэйкэ ылбакка, көмө көрдөөбөккө, соҕурууҥҥу собуоттарга тиийэн кэпсэтэн, дуогабар түһэрсэн тиэхиникэ, сапчаас аҕалан, ону барытын манна батаран, харчыларын собуоттарга төнүннэрэн, ыарахаттартан толлубакка кэлэн-баран, үлэлээн-хамсаан, бэйэм харым күүһүнэн, өйүм тобулуутунан оҥорон таһаарбыт тэрилтэм буолар. Аллараа Бэстээххэ биир спортивнай суумкалаах кэлбитим. Хас да сыл устата ыра санаа, сорук оҥостубут баҕабын толорорго күүскэ ылсан үлэлээбитим. Чааһынай дьонтон сирдэрин атыылаһан ылан, бу бэйэм харчыбар туттарбыт дьиэлэрим, ыскылааттарым, маҕаһыыннарым.
- Хас биирдии киһи ымыы оҥостубут ыра санаата туоларыгар, сырдык сулустуу олох суолун булларбыт кэминэн оҕо саас буолар. Дьонуҥ эйиэхэ хайдах сыһыаннаһан улаатыннарбыттарай? Өй-санаа сатарыйар кэмигэр ситиһиилээх, сайдыылаах ыччаты хайдах иитэн таһаарабыт?
- Мин санаабар, оҕону кыра эрдэҕиттэн «бу оҕо үчүгэй киһи буолуо» диэн иитиэххэ наада. Оҕо «мин үчүгэйбин» диэн сананан, бэйэтин сэнэммэккэ улаатыахтаах. Бэйэтин үчүгэй киһинэн ааҕынар буоллаҕына, ханнык баҕарар таһымҥа, ханнык баҕарар омугу, киһини кытта тэҥҥэ аахсар, быһаарсар, кэпсэтэр буолар. Онтон кыра эрдэҕиттэн буруйдана, мөҕүллэ сылдьыбыт оҕо кэнники улаатан да баран, дук-дах туттар, бэйэтин күүһүгэр эрэммэт, улахан дьыалаҕа сатаан ылсыбат. Бэйэбэр сыһыаран эттэхпинэ, эбэм барахсан: «Уолгутун харыстааҥ, үчүгэйдик көрүҥ. Улааттаҕына эһигини көрөр-истэр киһигит кини буолуо», - диэн туох эрэ уратылаахпын бэлиэтии көрөн, дьоммор итинник этэр эбит.
Улуу полководец Александр Македонскай салайан олорбут кэмигэр гректэр оҕо иитиитигэр сүрүн болҕомтону уураллара. Уолу кыра эрдэҕиттэн дипломатияҕа, бэлиитикэҕэ сыһыараллара. Кини буойун, гражданин быһыытынан буһан-хатан тахсарыгар туһааннаах араас үөрэҕи ааһара. Кыргыттар эмиэ туспа олох оскуолатыгар үөрэнэллэрэ. Син эмиэ ити курдук, саха оҕотун таптаан, чопчу бириэмэнэн быһыллыбыт сиэри тутуһарга үөрэтэн, үлэҕэ сыһыаран иитиэн наада.
Тэрилтэбэр 150 үлэһиттээхпин. Араас улуустан ыччат кэлэн үлэлиир, ол курдук Мэҥэ Хаҥаластан, Амматтан, Тааттаттан, Чурапчыттан, Сунтаартан тиийэ кэлэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Үлэһиттэр бары уопсай дьиэнэн уонна күҥҥэ 4 төгүл босхо аһынан хааччыллаллар. Хамнастарын ыйга үстэ абаансанан ылаллар. Сайын дуогабарынан үлэ лааҕырыгар устудьуоннары уонна оскуола оҕолорун үлэлэтэбин. Сарсыарда 7 ч. туран, эрчиллэн, суунан-тараанан, аһаан баран, үлэлэригэр умса түһэллэр. Режими кытаанахтык тутуһуннарар буолан, ыччат сайын бүтүүтэ үлэһит бэрдэ буолан тахсар. Биллэн турар, араас иитиилээх, санаалаах, үлэҕэ уонна бэрээдэккэ сыһыаннаах ыччат кэлэр. Кинилэр манна дьиҥнээх буһуу-хатыы оскуолатын ааһаллар. Ким сөбүлээн, салгыы үлэлиэн баҕалаах хаалар. Бэйэм арыгы испэппин, табах тардыбаппын. Үлэһиттэрбиттэн үлэлиир кэмнэригэр эмиэ ону ирдиибин. Тэрилтэ ыытар тэрээһиннэрэ, бырааһынньыктара “аһыы утаҕа” суох бараллар. Бэрээдэк баар эрэ буоллаҕына үлэ тахсыылаах буолар.
Мин сүүрбэ сааспын ааһан баран, оҕо дьиэтиттэн тулаайах кыыһы ылан ииппитим. Билигин кини куораттааҕы маҕаһыыммар үлэлиир, үс оҕо ийэтэ, кыра сиэним мин ааппынан. Биир эмэ саха уола оҕо дьиэтиттэн кырачаан киһини иитэ ыллаҕына, кини иннигэр тобуктаан олорон махтаныахпын сөп. Бу дьиҥнээх эр киһилии быһыы.
“Кириисис кэллэ” диэн быар куустан олорбокко
- Күн-түүн олохпут уустугуран иһэр. Сотору кэминэн нэһилиэнньэ курун бобо тардынан, ону-маны атыыласпат буолуо диэн сабаҕалыыллар. Оччотугар хайдах бэлиитикэни ыытыаххыный?
- Холбоһуктаах уонна чааһынай хаһаайыстыбалар балаһыанньалара олус уустугурда. Тыа сирин олохтооҕо хаһаайыстыбатын эстэҕинэ, мин үлэм эмиэ мөлтүүр. Ол тахсыбатын инниттэн илин эҥэр олорор дьоҥҥо-сэргэҕэ наадыйар сапчаастарын, тиэхиникэни бырыһыана суох иэс биэрэбин. Этэҥҥэ оттоон, сүөһүтүн элбээтиннэрэн, этин, үүтүн туттаран, санаата көтөҕүллэн, кэлин син биир харчытын аахсыа буоллаҕа. Оттон мин «кириисис кэллэ, евро үрдээтэ, олохпут ыараата» дии-дии сыанабын үрдэттэхпинэ, сорох маҕаһыыннарбын саптахпына, тыа хаһаайыстыбата эстэр. Мин баарым, үлэлиирим тухары дьоммун маннык өйүү, өйдүү олоруом.
- Тыа сиригэр бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйалаах буоллахпытына, кириисиһи тумнуохпут диэн санаалар эмиэ бааллар. Дойду үрдүнэн биллэриллибит санкциялар эн үлэҕэр хайдах дьайыахтарай?
- Санкция туох да үчүгэйи аҕалбат. Дохуотуттан, дуоһунаһыттан тутулуга суох кимиэхэ баҕарар биирдик дьайар. Евро, юань үрдээн, табаар ыараан кэлэр. Оҥорон таһаарбыт тэрилтэ барыстанар. Кинини биһиги аһатан-таҥыннаран, иитэн олорорбут суотугар кыһалҕата суох, кыахтаахтык олорор. Ньиэп, гаас хачайдыыбыт, атыылыыбыт, ол харчыбытын төттөрү ылбакка, илиибитин соттобут…
Саха сиригэр хостонор баай - гаас, ньиэп, алмаас барыс киллэрэрэ буоллар. Атыыламмыт ньиэп сууматыгар бырыһыан үрдэтэн дойдубутугар биэрдиннэр? Эбэтэр ити хостонор баай барыта республикабыт бас билиитэ буоллун? Холобур, атыыламмыт алмаас акциятыттан 51 %-на биһиэхэ, дойдубутугар хааллын. Дьэ, оччоҕо манна улахан бырайыактары туттарыахпыт этэ. Оччотугар олохпут тосту уларыйара саарбахтаммат. Германия собуоттарыгар барыта робот, аптамаат үлэлиир, бырагырааманы туруоран кэбистилэр да бүттэ. Швайцарияҕа сүөһү тутар хотонноро ып-ыраас… Биһиги эмиэ итинник дьаһанан олоруохпутун сөп этэ. Маныаха элбэх үбүлээһин, дьоһун угуу наада. Сибилигин ким сүүһүнэн миллиардаах харчыны ууран, аныгы автоматизированнай технологиялаах собуоттары, фабрикалары тутуой? Хаачыстыбалаах, аныгы тиэхиникэлээх эрэ буоллахпытына, атын таһымҥа тахсыахпыт. Оттон биһиэхэ хаһаайыстыбалар үүт туттаран баран, ороскуоттара элбэҕиттэн кыайан дохуот киллэриммэттэр.
Белоруссия республиката - иккис Кытай буолары ситистэ. Александр Лукашенко дойдутун бас билиитин дьоһуннук харайан, дьонун кытаанахтык тутан, туох да сир баайа хостоммот, ньамахтаах, уулаах маарга олорон эрэ күүскэ сайынна, өрө таҕыста. Билигин Европаттан хаалсыбат дойду буолары ситистэ. Төһө да бадарааннаах, маардаах сир үрдүгэр олордор, сүөһү иитэн, Россияны үрүҥ аһынан хааччыйар. Россия ону атыылаһарыгар эрэ тиийэр. Аатырбыт 40-60 тонналаах чох хостуур «Белаһы», «МАЗ»-тары, «Белорус» тыраахтардары, сахалар сөбүлүүр «Минск» матассыыкылбытын, кыттыгас тэлэбиисэрдэри, спутниктары, сэкириэтинэй аппаратураны, снайпер бинтиэпкэлэрин, миэбэли, оптическай прибордаах саалары – барытын Белоруссия бэйэтэ оҥорон таһаарар. Оттон биһиги фабрикаларбытын, собуоттарбытын барытын саптыбыт.
Манна даҕатан эттэххэ, балаҕан ыйыгар сыл аайы Аммаҕа "Лээги кубогар" ат сүүрдүүтүн тэрийэбин. Быйыл уонунан сыллар тухары бииргэ үлэлиир тэрилтэлэрбит бары салайааччыларын ыҥырдыбыт. Билиҥҥи туругунан, 10 дириэктэр Сахабыт сиригэр ат сүүрдүүтүн көрө кэлэрэ чопчу билиннэ. Бириис уопсай суумата – 2 мөл. солк. Ол курдук, Ульяновскайтан партнербут «УАЗ-микроавтобус», Новосибирскайтан «Тайга» уонна «Кедр» тэрилтэлэр биирдии пилорама туруораллар. Барыта 6 дистанцияҕа 9 сүүрүү буолуоҕа. Лотереяҕа «АнтСиб» хампаанньа (Новосибирск) квадроцикл, «АвтоАльянс» ААУо (Москва) массыына сапчааһын тэрилтэтэ 400-ҕ00 тыһ. суумалаах бириис, Белоруссия филиалыттан, «Белагро» хампаанньа бөлөҕүттэн сыаналаах бириистэр оонньонуохтара.
“Бэлиитикэҕэ дьулуспаппын”
- Билиҥҥи бэлиитикэҕэ тус бэйэҥ сыһыаныҥ. Миниистир, депутат буолар санаа биирдэ эмэ элэс гынан ааспатаҕа дуо?
- Россия билигин киһи ымсыырбат балаһыанньатыгар олорор. Мин Украинаҕа элбэхтэ сылдьабын, тугун-ханныгын иһиттэн билэбин. Уонунан сыллар усталарыгар ыытыллыбыт бэлиитикэ түмүгэр итинник буолла. Дьиҥэ, Россия Украинаны бэйэтин эппиэтинэһигэр, көрүүтүгэр-истиитигэр ылыахтаах этэ: кыратык хайҕаан, сороҕор оройго биэрэн. Эдьиийин дуу, балтын дуу курдук илдьэ сылдьыахтаах этэ буоллаҕа. Оттон билигин хайалара да бырастыы гынар санаата суох турукка тиийбиттэрэ хомолтолоох.
Билиҥҥи туругунан, судаарыстыба ыһыллыбакка олороругар биһиэхэ саамай тутаах киһибит – Владимир Путин. Кини былааһы тутан олорор, саамай сөпкө дьаһанар. Чопчу бу бириэмэҕэ кини наада, онтон кэлин Россия өссө күүскэ сайыннаҕына, Путин кэмэ ааһыаҕа.
Саха сирэ болҕомтону бэйэтигэр соччо тардыбакка, ордук хоһу саҥарбакка, былаас былдьаспакка, бигэ туруктаахтык олоруон наада.
Норуотунан талыллыбыт, сокуонунан бигэргэтиллибит Ил Дарханнаахпыт - кини үлэлээтин, олордун. Былааска ол-бу тосту уларыта тутуу буолбатар ханнык.
Миниистир эбэтэр депутат дуоһунаһыгар таласпаппын. Аллараа Бэстээххэ олорон эрэ республикабар ордук элбэх туһаны аҕалабын дии саныыбын.
Бачча үлэни оҥорон, олох араас очурдарын ааһан баран, үлэһиттэрбиттэн, дьоммуттан-сэргэбиттэн тиэрэ хайыһан, онно барыам дуо? Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыытыгар анаан-минээн дьарыктамматахпына, дьоммор көмөлөспөтөхпүнэ, ким уонна үлэлиэй-хамсыай? Тус олоҕу умнан туран, өрөбүлэ суох, күн аайы сарсыарда сэттэттэн түүн уон биир чааска диэри ким дьаһайыай, салайыай?
Арай, миэхэ билигин судаарыстыба эттин: «Руслан Еремеевич, Сахабыт сиригэр ыарахан кэмнэр кэллилэр, ол иһин бизнескин, баайгын-дуолгун, базаларгын биһиэхэ биэр, национальнай таһымҥа таһаарыах». Мин дуогабардаһан баран, биэриэхпин сөп. Киһи бэйэтин эрэ интэриэһигэр олоруо суохтаах. Сорох урбаанньыттар нолуоктан куоталлар, албынныыллар, баайдарын күрэтэр кыһалҕаҕа түһэллэр. Миэнэ барыта - дьэҥкэ.
«Дойдуга таптал дьиҥ дьыаланан эрэ кэмнэнэр”
- Эйигин Лээги туһугар тугун да кэрэйбэт патриот-урбаанньыт диэн этэллэр. Ким бэйэтин холобурунан дойдуну таптыырга, бэриниилээх буоларга үөрэппитэй?
- Бэйэтин омугар, дойдутугар бэриниилээх Наполеон Бонапарт баар. Францияны Наполеон дойдутунан билинэбин. Кини фрацузтары француз дэппитэ, аан дойдуга Францияны аатырдыбыта. Хайдах курдук кинини биир дойдулаахтара таҥнараннар Сибэтиэй Елена арыытыгар англичаннар билиэннэригэр бырахпыттарай? Онно сытан бу орто дойдуттан суох буолбутун ааҕа-ааҕа аһынан ытыырым. Хаалла сытан иккистээн Францияны баһылыыр диэн сүрдээх дии. Өлөөрү да сытан: «Мин Франция уолабын, мин французпун», - диэн этэрэ миигин сөхтөрөр.
Киһи дойдутугар таптала кини оҥорор дьыалатыгар көстүөхтээх. Тылынан киһи тугу баҕарар этиэн сөп. Патриот буолан дойдутугар тугу гынна? Кини бириэмэтин, харчытын харыстаабакка, дойдутун иннигэр туох эрэ үйэлээҕи оҥоруохтаах буоллаҕа. Мин куоракка биир маҕаһыыммыттан ураты бас билэр тугум да суох. Эгэ, коттедж, дыбарыас, даача, яхта кэлиэ дуо? Ол оннугар дойдубар тахсан музей туттарабын, буойуннар пааматынньыктарын оҥотторобун, кырдьаҕастар уонна инбэлиит оҕолор доруобуйаларын чэбдигирдэр киинэргэ сытан эмтэнэллэрин ситиһэбин, дьону үлэнэн хааччыйабын, тиэхиникэ атыылаһан биэрэбин, кыаҕым баарынан итинник көмөлөһөбүн. Төрөөбүт дойдулаах киһи дойдутугар көмөлөһүөхтээх. Бу саха киһитин олоҕун суруллубатах сокуона.
- Үлэһиттэргин хайдах талаҕын, тургутан көрөҕүн? Хамаандаҕын хайдах оҥостоҕун? Салайааччы быһыытынан бэйэҕин хайдах сыаналыыгын?
- Биир дуоһунаска икки киһини үлэлэтэн көрөбүн. Таһымнаах, кыахтаах киһи бэйэтин син биир көрдөрөр. Ылсан үлэлиэх курдук буоллаҕына, бэйэм тус хонтуруолбар ылан, үөрэтэбин, тугун-ханныгын быһаарабын. Ол кэннэ туспа хайысха, салаа биэрэбин уонна хайдах дьаһанарын туораттан көрөбүн. Үрдүгэр олорон ык да ык, илиитин-атаҕын баайан баран, хабахха тыыннара-тыыннара үлэлэтэр хаһан баҕарар үчүгэй түмүктээх буолбат.
Мин ирдэбиллээх салайааччыбын, ол эрэн киһини хаһан да атаҕастаабаппын, сирэй-харах анньыбаппын. Киһини үлэтинэн сыаналыыбын. Күүстээх хамаанда дьыаланы оҥорор, кыайыылаах-хотуулаах буолар. Үчүгэй үлэһит - көмүскэ тэҥнээх. Кинини дьиэлиибин-уоттуубун, үрдүк хамнастыыбын, соҕуруу сынньата ыытабын, сорох кэккэ кыһалҕатын быһаарабын.
Билигин 150 киһини үлэнэн хааччыйан, хамнастаан олоророрум олус эппиэтинэстээх. Бүтүн бөһүөлэк саҕа киһи буоллаҕа.
“Үтүө аат үс үйэ тухары салҕанар...”
- Саха ыччата бу балысханнык сайдар олоххо муммут курдук буолбатах дуо? Кини тугунан этэн-тыынан олорор? Туохха дьулуһар? Кими холобур оҥостор?
- «Үлэ суох», «олох ыараан иһэр» дии саныыр ыччат ыраах-чугас тайаан сытар бөһүөлэктэри кэрийдин. Саха сирин дэриэбинэлэрин курдук уустук балаһыанньаҕа саамай дьадаҥы судаарыстыбалар олороллор. Киһи мантан кыбыстыахтаах, туох эмэ үчүгэйи, үйэлээҕи оҥорорго дьулуһуохтаах. Туох да тутуу суох сиригэр тахсан, үлэлээн-хамсаан, баран-кэлэн бүтүн бөһүөлэги тутан таһаардын ээ. Киһи кыһалҕаттан буһан-хатан тахсар. Ыарахаттары аастаҕына эрэ, сиһин этэ ситэр буоллаҕа. Национальнай герой бэйэтинэн ити сылдьар.
- Кыахтаах, биллиилээх дьон бэйэлэрин оннуларыгар хаалларар утумнааччыларын эрдэттэн бэлэмнээн, иитэн-үөрэтэн, илдьэ сылдьан урбааҥҥа, дипломатияҕа сыһыаннаах, тустаах сүбэлэри биэрэллэр. Оннук утумнааччылааххын дуо?
- Сүрдээх уустук ыйытыы. Бэйэҥ оннугар хаалларбыт киһиҥ эйигин син биир ааттатыахтаах. Хас эмэ сыллар тухары эҥсэн оҥорбут ааккын-суолгун түһэн биэриэ суохтаах. Утумнааччым бизнеһи, тыа хаһаайстыбатын өйөөһүнү, үтүөнү оҥорууну, уопсастыбаннай үлэни, спорду - барытын тэҥинэн тутуохтаах. Чопчу биир салааҕа охтумуон наада. Үбүн сөпкө аттаран туһаҕа таһаарары, эргинэри сатыыр буолуохтаах. Хара үлэни үлэлээн, барытын ааһан, дойдутугар тапталын дьыалатынан көрдөрөн чочуллан тахсар. Харчы, баай-дуол бүгүн баар, сарсын суох, оттон үтүө аат үс үйэ тухары ааттанар. Ону өйдөөн, Наполеон Бонапарды ааҕа-ааҕа ытыыр, ис сүрэҕиттэн норуотун туһугар сүүрэр-көтөр, олоҕун дьыалатынан оҥосторго бэлэм киһи наада.
- Инники былааннаргын үллэстэр, кини тылын быһа гыммат сүбэһиттээххин дуо?
- Улахан собуоттар салайааччыларын кытта кэпсэтэн, санаа атастаһан, сүбэ-ама ылабын. Бизнес чааһыгар былаан оҥостобут, бииргэ толкуйдуубут. Урбаан - кытаанах сокуоннардаах туспа эйгэ. Кэпсэтиини сатаан ыытар, толкуйгунан, өйүнэн-санааҕынан убаастабылы ылар буоллаххына сатанар. Саха сиригэр оннук сүбэһитим суох. Кэнники санаатахпына, кыра эрдэхпиттэн дьонтон туспа-туора, бэйэм бэйэбэр сылдьарбын сөбүлүүр интэриэһинэй өрүттээхпин. Тугум эмэ ыарыйдаҕына, санаам түстэҕинэ, ону киһи аайы кэпсээбэппин, кимиэхэ да биллэрбэппин, көрдөрбөппүн… Кыыл курдук саһан хаалабын. Ол оннугар мин үөрэ-көтө, кыайыылаах-хотуулаах инники күөҥҥэ сылдьарбын дьон көрдүн.
* * *
Урбаанньыт, меценат Руслан Федотов кэпсээнин түмүктүүр. «Кырдьаҕаһы хааһахха илдьэ сылдьан сүбэлэт» диэн өс хоһоонугар этиллэринии, кинини батыһа сылдьан, тугу этэрин барытын сурунуох санаа көтөн ааһар. Муударай салайааччылыын күннэтэ алтыһар дьоҥҥо ымсыыра, сайыһа хаалаҕын. Биир көрсүһүүттэн толкуйуҥ кэҥиир буоллаҕына, Руслан Еремеевич халыҥ хамаандатын өйө-санаата ханнык таһымҥа, кэрдиискэ тиийбитэ буолуой? Ол да иһин, кинилэр өссө да үгүс үтүөнү, үйэлээҕи оҥоруохтарыгар бүк эрэнэбин".
***
Оксана МАНЧУРИНА,
республикатааҕы «ҮЙЭ» сурунаал 2015 с. балаҕан ыйа-алтынньы №-тэн.