News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2016 » От ыйа » 29 » Аграрнай норуодунай фронт лиидэринээн сэлэһии
Аграрнай норуодунай фронт лиидэринээн сэлэһии | 22:23 |
Аграрнай норуодунай фронт лиидэринээн сэлэһии
2016 сыл от ыйын 27 күнүгэр Муус хайаҕа аграрнай норуодунай фронт форума ыытыллыахтаах. Онон сибээстээн Манреаллааҕы Олимпиада вице чемпиона, СР аграрнай норуодунай фронун салайааччы Улуу Пехлеван-Александр Иванову көрсөн кэпсэттим.
Корр: Александр Николаевич ССРС ыһыллаатын оччотооҕу салалтаҕа олорбут хомуньуустар, хомсомуоллар былааска кэлэн админстративнай ресурса күүһүн бэйэлэрин туһаларыгар түмэн күн бүгүнүгэр диэри судаарыстыба баайын, бүтсүөт үбүн сүүлүктүү, уора олороллор, диэн норуот айманар буолла. Маны хайдах сыаналыыгын?
И.А.Н. – ССРС “Былааһы норуокка”, “Барытын дьон норуот туһатыгар”, “Былааһы сэбиэккэ”, “Дойдум дьонум-сэргэм туһугар”, “Оройуонум республикам чиэһэ”—диэн чуолкай патриотическай идеологиялаах этибит. Ааспыт үйэ тоҕус уонус сылларыгар “Былааһы сэбиэккэ”,-- диэн буолбута. Оччолорго ССРС-һы салайа олорбут хомуньуустар туох баар аллараа нэһилиэк таһымыгар тиийэ уларыйбакка аны сэбиэттэри салайан киирэн барбыттара. Оттон 1990 сыл ССРС эстээтин аны ити дьоммут көҥүл ырыынакка киирэн туох баар салалта аппараатын сабардаан көһөн дьаһалта баһылыктарын дуоһунаһыгар, губернатордарынан кэлэллэр. Дьэ уонна араас ОАО-лары ААО-ры арыйа-арыйа судаарыстыба баайын бэйэлэригэр приватизациялаан баран судаарыстыба, бюджет үбүн сүүлүктээһининэн уонна уоруунан норуоттаахтарын умнан туран дьарыктаннылар. Ама бу сөп дуо?
Холобура биһиэхэ В.А.Штыров уонна ил дархаммыт Е.А.Борисов Саха сирэ ССРС саҕана 73 сыл муспут баайын уонна бастакы президеммит М.Е.Николаев тугу оҥорбутун тэрийбитин олоччу атыылаан, батаран кэллэ. Ол түмүгэр СР бүтсүөт оҥорор тэрилэлэрэ суох хаалан СР-та бүтсүөппүт аҥаарыттан ордугун кириэмилтэн РФ бүтсүөтүттэн умналаан олоробут. СР бүтсүөтэ дириҥ иэс оборчотугар түстэ. Саха сирин олохтоохторо сүүс уон биир аҥаар миллиард кирэдьиитинэй иэс хабалатыгар киирдилэр. Норуот олоҕо тыа сиригэр күн-түүн эстэн мөлтөөн иһэр норуот ол иһин чахчы маны сөбүлээбэтэ. Ол икки сыллааҕыта ыытыллыбыт ил дархан быыбарыгар норуот санаата дьэҥкэтик көстүбүтэ.
Норуот олоҕу тутар айар бэйэтэ туһунан идеялаах саҥа лиидэргэ наадыйара көстүбүтэ. Билиҥҥи аһара уһуннук олорон хал буолбут ил дархан Е.А.Борисов кандидатуратын норуот сорунуулаахтык утарбыта уонна олоҕу салгыы саҥардан сайыннарар идеялаах дьоҥҥо наадыйара көстүбүтэ. Аҥаардас бу манна көстөр норуот хараҕа аһыллан, өйдөнөн эрэрэ. Ол эрээри Егор Афанасьевич РФ быыбар туһунан сокуонун хайдах курдук аҕаар кырыы кэһэн, атыылаһан, албыннаан, куттаан, боротокуоллары көннөрөн дьиҥэр хотторон баран кыайбыт курдук буолан салалтаҕа кэлбитин норуот билигин өйдүүр билэр.
Корр: Дьон кырдьык итини өйдөөтө. Ол эрээри салалта былаас күүһэ бэрт, диэн абарар, саллар. Сорохтор паникалыыллар. Сорохтор сөбүлэспэт эрээри күннээҕи-хамнас, дуоһунас туһугар салалтаны өйүүллэр. Аны ил дархаммыт дьонун норуотун олоҕун тупсарар судаарыстыбаннай боппуруостарынан дьарыктанарын оннугар аҥаардас дуоһунаһыгар эрэ хаалар туһуттан бары соругун сыалын быыбардар эрэ тустарыгар ууран үлэлиирин эмиэ норуот өйдөөтө. Салалтабыт сокуон үлэһиттэригэр тиийэ олоччу судаарыстыбаннай структуралары атыылаһан хоруупсуйа буолан олороллор. Бэл диэтэр туох баар докумеҥҥа көстөр эрээри ааспыт ил дархан быыбара күн бүгүнүгэр диэри суутунан кыайан быһаарыллыбакка дьыала төттөрү-таары чиновниктар кэбиниэттэрин кэрийэр.
Салалта киһитэ суруйааччы, духуобунаспыт лиидэрэ Н. Лугинов, редактор Е.Грипчатов киһини өлөрүүлээх абаарыйаларыгар Эдиинэй Арассыыйа чилиэттэрэ буоланнар эппиэтинэскэ тардыллыбатылар. Билигин телевидениябыт тойоно Андросов Ил Түмэҥҥэ киһини кырбаан баран ханнык да эппиэтинэскэ тардыллыбата. Оттон салалтаны Едиинэй Россия партияны утарбыт дьону кимиттэн тутулуга суох угунньалара оронуор диэри хоруотууллар. Эһиги тэрийбит аграрнай норуодунай фроҥҥут манныктары утары туох үлэни ыытаый?
И.А.Н. -- Дьэ, ол иһин биһиги бастакы соругунан билигин үлэлии олорор салалта уларыйыахтаах. Ону уларытарга норуот конституционнай быраабын туһанан быыбары туһаныахтаах. Быыбар соҕотох быыбар эрэ быһаарар. Ол инниттэн бу РФ СД быыбарыгар тахсан норуот түмсэн бэйэтин санаатын түмсүүлээхтик ким туһугар куоластыырын биллэрэрэ наада. Салалтаҕа норуот олоҕун тупсарар идеялаах саҥа дьон кэлиэхтээх, диибит.
2015 сыл Алмазы Анабара генеральнай директор М.Н.Евсеев көҕүлээһининэн СР агарнай партияны тэрийэн, дьон сэҥээрэн биһиги тула түмсэн истэҕинэ Егор Афанасьевич :“Саха норуота түмсүө”,-диэн куттанан Москванан эргитэн сүүрэн-көтөн РФ аграрнай партиятын киин сэбиэтин салайааччыта Башмачникованан дьаһал бэрдэрэн хаттаан конференция ыыттаран хам баттатан ыһан турар. Салалтаны бэйэтин киһитигэр А. Васильевка биэрбитэ. Бу аграрнай партия билигин тыа сирин кытары үлэлээбэт. Ол иһин биһиги аграрнай партия урукку исполкомун сорох чилиэттэрэ онтон да атын активистар, аграрнай партия чилиэттэрэ, тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ түмсэн аграрнай норуодунай фронт, диэни тэрийдибит.
Балачча элбэхтик сүбэлэһэн, мунньахтаан, ырытан баран тыа сирин сайыннарыыга үчүгэй идеялаах, программалаах киһини өйөөн РФ ГД-ар кандидакка турбут дьонтон, таллыбыт сүүмэрдээтибит.
Түмүгэр “ыал экономиката”,-диэн бэртээхэй программалаах РФ ГД норуодунай депудакка кандидат Ф.С.Тумусовы өйүүргэ уонна киниэхэ накаас биэрэн РФ таһымыгар өйөбүллээх буоларга сүбэлэстибит. Судаарыстыба биллэн турар хайдах таһымнаах ыаллааҕый да кини күүһэ, олоҕун, култууратын таһыма ол төһө үрдүгүнэн сайдыытын таһыма сыаналанар. Онон бу ыал экономиката программаҕа бааһынай Р.С.Барашков тыа сирин сайыннарыы программатын холбуу тутан от ыйын 27 күнүгэр норуот дьүүлүгэр таһаарар бастакы форуммутун Дьокуускай куоракка “Муус хайаҕа” ыытыахпыт. Онно биллэн туран Федот Семеновиһы ыҥыран кини бу программатын уонна бэйэбититтэн Р.С.Барашков программатын тула кэпсэтиэхпит уонна бу икки программаны холбоон СР Справедливай Россия политическай партияҕа салаа буолан РФ СД норуодунай депутаттан политическай өйөбүл ылан бииргэ үлэлииргэ уураах ылынар санаалаахпыт. Дьыала саамай төрдө үлэһит киһи кыһалҕатын табатык быһаардахпытына, ыал экономикатын бөҕөрҕөттөхпүтүнэ барыта мантан тутулуктаах.
Үлэһит киһи ыал буолла да оҕолоох оскуола наада. Үлэһит киһи ыалдьар, сааһырар балыыһа наада. Үлэһит киһи друобай буоларын наадатыгар спордунан дьарыктаныахтаах оччотугар үчүгэй спортсаалалар, стадионнар наадалар. Ыччат культурнай олоҕун сайыннарыыга кулууптар наадалар. Маннык олоҕу тэрийиигэ Ф.С.Тумусов уонна Р.С.Барашков программаларын бүтсүөккэ туруорсан киллэрдэхпитинэ тыа сиригэр дьон олоҕо эргиччи өттүнэн сайдыа. Оттон биһиги бүтсүөппүт маны уйунар кыахтаах. Үптээх астаах ыал төрүт дьарыгынан дьарыктанан спортивнай, культурнай таһымын үрдэтиэ. “Гении рождаются в селе умирают в Париже”,--диэн кынаттаах этии баар.
Онтон билигин биһиэхэ хайдаҕый? Салалтабыт республикаҕа үлэни-хамнаһы тэрийэрин оннугар баара үчүгэй эрээри аһара ырыанан, үҥкүүнэн, олоҥхонон, ыһыаҕынан норуот хараҕын баайан баран аҥаардас быыбарынан дьарыктанан админстративнай ресурсаны аһара күүскэ бөҕөргөтүүгэ үлэлээтэ. Правительствобыт Дьокуускайга элбэх этээстээх уонча дьиэлэннэ. ССРС саҕана баара суоҕа үс этээстээх соҕотох обкуом сөп оҥороро. Бу дьиэлэри хааччыйыыга манна үлэлиир дьону хамнастааһыҥҥа, транспордааһыҥҥа, ол-бу чиновниктар араас элбэх чэпчэтиилэригэр, пенсияларыгар бүтсүөттэн наһаа улахан харчы үп олох кураанахха ороскуоттанар. Ол түмүгэр идэни баһылааһыҥҥа буолбакка тойоҥҥо хаптаҥныыр, тойон баҕатын эрэ толорор исписэлиистэри бэлэмниибит.
Бу аҥаардас быыбарга эрэ наада буолар дьону ханна кимиэхэ наадалаах гына иитэн таһаардыбыт? Тойон эрэ баҕатын этиитин толорор общественнай, партийнай тэрилтэлэри тэрийдибит. Бэл диэтэр Ил Түмэммит 51 депутата соҕотох салалта партиятын Эдиинэй Арассыыйа политическай партия дьоно. Онон эмиэ соҕотох Егор Афансьевич Ил Түмэммитин олоччу хармааныгар ылан уктан кэбистэ. Бу барыта соҕотох киһи интэриэһин толорууга эрэ туһуланна. Ону бука бары саҥарбакка көрөн баран олоробут сатаммат.
Тыа сиригэр дэриэбинэлэргэ ол оннугар үлэ суох. Умнаһыппыт элбии турар. Үлэһит киһи бэйэтин кыһалҕатын ханна да туруорсар, көмө ылар кыаҕа политическай өттүнэн тирэҕэ суох. Түмүгэр тыа сиригэр үлэ суох буолан ыччат тыаҕа тохтообот. Оҕо төрөөһүнэ дэриэбинэлэрбитигэр быста аччаата. Ол түмүгэр дэриэбинэлэргэ оскуолалар сабыллыылара саҕаланар кутталлаах. Улуустарга спорду сайыннарыыга стадион бөҕө тутулунна, диибит тоҕус ый үлэлээбэттэр. Эбэтэр олох да ыһыах ыһан сылга үс түөрт күн үлэлээн баран таах тураллар. Ол оннугар сылы эргиччи үлэллиир спортивнай комплекстар наадалар. Балыыһаларбыт быста ыарахан турукка киирдилэр. Духуобунас, төрүт култуура диибит. Кулууптарбыт ханна баалларый?
Тыа сиригэр тыа хаһаайыстыбатынан саха төрүт дьарыгынан дьарыктаммат буолла. Оннук буолла да ханнык сахалыы дуохубунас, төрүт култуура туһунан кэпсэтиллиэхтээҕий? Аны тыа сирин кулууптара уонна духуобунай иитии дэриэбинэҕэ олоччу ыһылынна, суох. Оннооҕор сахалыы тылбыт билигин аһара киртийдэ. Онон саха норуота дьиҥнээхтик баар буолуон баҕарар буоллаҕына саха төрүт дьарыгынан сүөһү иитиитинэн, балыктааһынынан, бултааһынан хайаан да күүскэ дьарыктанара наада. Маннык ыарахан хартыына тыа сиригэр, биһиги төрөөбүт түөлбэбитигэр күн бүгүн бүрүүкээтэ. Итинник көрүүлэрдээх буолан мин үлэлиир хамсыыр үлэһит киһи интэриэһин көрөн олоҕу сайыннар кыахтаах идеяны программаны тута сылдьар тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ бааһынайдар көрдөспүттэригэр бу аграрнай норуодунай фрону салайарга сөбүлэҥмин бу күннэргэ биэрдим.
Корр. Үгүстэр эйиигин бу Монреаллааҕы Олимпиада вице чемпиона, спорт киһитэ хайдах тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы боппуруоһунан дьарыктанар,--диэн сүрдээҕин сөхтүлэр соһуйдулар. Бу боппуруоһу ааҕааччыга баһаалыста быһааран биэр эрэ.
И.А.Н. – Билигин истэ билэ олороҕут. Аан дойдутааҕы Олимпийскай кэмитиэт Россия спортсменнарын наһаа допиннаналлар,-- диэн бырачыастаан бэл икки тыһыынча уон алта сыллааҕы Олимпийскай оонньууларга киллэримээри гыналлар. Бу төрдө туохханый? Киин Арассыыйаҕа тыа хаһаайыстыбата эһиннэ. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар сүүһүнэн тыһыынча дэриэбинэлэр киин Арассыыйаҕа киһитэ-сүөһүтэ суох кураанахтаннылар. Ол иһин Арассыыйа норуоттара бэйэлэрэ эттэригэр-хааннарыгар төрүт былыргаттан өбүгэлэрэ бэлэмнээбит, элбэх иҥэмтэлээх сибиэһэй бэйэлэрин доруобуйаларыгар барсар төрүт астарынан аһаабат буоллулар.
Аспыт барыта тас дойдулартан тиэллэн киирэр күлүмүрдээбит суулаах эрээри болдьоҕо ааһан эргэрбит мөлтөх хаачыстыбалаах астарынан оҕолорбут кыра эрдэхтэриттэн аһыыр буолан доруобуйалара наһаа мөлтөөтө. Спортсменнарбыт организмнарыгар сибиэһэй иҥэмтэлээх астары аһаабат буолан битэмииннэрэ тиийбэккэ араас биодобавкаларынан, битэмииннэринэн эбинэллэр. Ол допинговай хонтуруолу ааһалларыгар мөлтөх көрдөрүүлэри биэрэр. Уулуссаҕа хааман иһэн көр биһиги кэммит ыччатыгар холуйдахха ыччаппыт быдан хатыҥыр, дьүдьэх көрүҥнэннэ. Урут иһиллибэтэх биллибэтэх араас ыарыылар дэлэйдилэр. Ол төрүөтүнэн норуот төрүт былыргы өбүгэ саҕаттан төрүт аһылыга буолбут биһиги эппитигэр-хааммытыгар барар саха боруода ынаҕын, сылгытын эһии буолла.
Оттон ССРС саҕана биһиэхэ бэйэбит сибиэһэй төрөөбүт төрүт аспыт дэлэй буолан итинник кыһалҕалар, диэни билбэт этибит. Организмыт өрүү ыраас буолара. Допинговай хонтуруол биһиэхэ ханна да, хаһан да кутталы үөскэппэт буолара. Өбүгэлэрбит бэлэмнээн оҥорон биэрбит төрүт былыргаттан биһиги организыммытыгар барсар аһылыгы аһаабыт буолан хайдахтаах да улахан ыарахан ноҕуруускалары уйарбыт. Ол иһин итинник төрүттээх уустаах кыһалҕалар үөскээннэр мин биһиги өбүгэлэрбит былыр былыгаттан биһиги доруобуйабытыгар барсар аһы-үөлү бэлэмниир республикабыт тыатын хаһаайыстыбатын үлэтин кэтээн көрөр буолбутум ыраатта.
Тыа хаһаайыстыбатын үлэтинэн быһаччы дьарыктанар элбэх атастаахпын, доҕоттордоохпун. Мин тыа сиригэр улааппыт киһи быһыытынан, кырабыттан төрөппүттэрбин кытары оттоон—мастаан тыа сирин бары кыһалҕатын эппинэн-хааммынан билэн хара үлэни бүрүнэн улааппытым. Биһиги сүрүн сорукпут оҕолорбутун, сиэннэрбитин өбүгэлэрбит ииппит саха боруода ынаҕын, сылгытын иитэн киниттэн ылыллар бородууксуйанан аһатар туһугар кыһаллыах тустаахпыт. Хоту сиргэ таба иитиитин, балыктааһыны үчүгэйдик тэрийиэх, хааччыйыах тустаахпыт.
Оттон спортсмен хайдах тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар,-- диир буоллахха. Биһиги үрдүкү салалтабыт историгынан тыа хаһаайыстыбатын салайтарар, тутуу киһитинэн ис дьыала министерствотын салайтарар, физкультурнай үөрэхтээх киһинэн култуураны духуобунаһы салайтарар оттон мин кыра сааспыттан тыа хаһаайыстыбатын хара үлэтин бүрүнэн улааппыт киһи, тыа сирин оҕото тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарынан дьарыктанарым тоҕо сатамматый? Иккис курдук миигин ханнык эрэ үрдүкү дуоһунастаах киһи бу дуоһунаска анаабата. Тыа сирин хара үлэтин харыларын күүһүнэн тутан үлэлии-хамсыы сылдьар бааһынайдар, тыа хаһаайыстыбатын специалистара дьиҥнээх үлэһит норуот бэрэстэбиитэллэрэ куоластаан талан соһуппуттара. Онон кинилэргэ итэҕэллэрин иһин улахан махталбын тиэрдэрбин.
Корр. Александр Николаевич билигин ил дархаммыт олоччу былааһы соҕотоҕун илиитигэр ылла. Бэл диэтэр Ил Түмэммит сэттэ уон депудатыттан тус бэйэтигэр үчүгэй бэрэбиэркэни ааспыт бэриниилээх биэс уон биир депутаты Эдиинэй Россия партияҕа кинини утары барбат, истигэн дьону түмэн баран Ил Түмэн хонтуруоллуур, сокуону оҥорор, үбү тыырар бары сүрүн былааһын ылан сиэбигэр уктан баран көҥүл айбардыы олорор. Норуотуттан ыйыппакка, сүбэлэспэккэ, биллэрбэккэ даҕаны тугу баҕарбытын тус бэйэтин барсыгар атыылыыр, бэлэхтиир оннооҕор дьон доруобуйатыгар буортулаах араас химия собуоттарынан иирэн төрүт омуктарын имири эһэр турукка киирэн эрэр. Маны туох диигин?
И.А.Н. Саамай сөпкө бэлиэтиигин ол иһин үөһээ этэн турабын норуот бэйэтин конституционнай быраабын сөпкө быыбардаан эрэ көмүскэнэр. РФ СД-гар эмиэ үүт үкчү итинник балаһыанньа. Төрүөтэ Эдиинэй Арассыыйа политическай партия аһара баһыйар үгүс депутааттааҕа сыыһата олоххо көһүннэ. Оттон Америка курдук икки тэҥ партия утарыта турара буоллар бэйэ-бэйэлэрин партиялар хонтуруоллаһыылара, сокуону оҥорууга, үбү тыырыыга сиэрдээх быһыы-майгы баар буолуо этэ. Оччоҕо бэйэ-бэйэҕэ кытаанах хонтуруол, конструктивнай кириитикэ үөскээн салалта да норуоту кытары аахсыа, норуот санаатын истиэ этэ.
Оччоҕо дьон туруорсуута баҕата, салалтаҕа түргэнник тиийэр механизма үөскүөхтээх. Салалтаттан тутулуга суох партийнай, общественнай тэрилтэлэр дьон норуот кыһалҕатын толорууга үлэлиир сиэрдээх быһыылара майгылара үөскүөхтээх. Ол иһин мин бу сырыыга салалта бары сиэрдээх сиэрин туомун, барьердарын кэспит Эдиинэй Арассыыйаҕа куоластаабакка саха сирин норуоттара Справедливай Арассыыйа партия кандидаттарын туһугар үлэни ыытыам.
Биһиги көлүөнэ хайы-үйэ сааһырдыбыт онон оҕолорбут, сиэннэрбит туһугар тугу туһалааҕы оҥорон хаалардыбыт?,-- диэн боппуруос бэринэр кэммит кэллэ. Онон соҕотох Егор Афанасьевич дьолун-соргутун туһугар эрэ буолбакка оҕолорбут-сиэннэрбит туһугар хас биирдии киһи куттаммакка, сээбэҥнээбэккэ санаатын этиниэх тустаах.
Корр. Ытыктабыллаах Александр Николаевич бастатан туран аһаҕас чуолкай ис хоһоонноох кэпсэтииҥ уонна быһаарыыларыҥ иһин махтал. Эйиэхэ тус олоххор дьиэ кэргэҥҥэр оҕолоргор, сиэннэргэр дьоллоох соргулаах олоҕу баҕарабын. Дьонуҥ-сэргэҥ норуотун олоҕо сайдарын туһугар кэскиллээх саҥаттан саҥа идеялардаах соргулаах санааларыҥ үрдүкү айыыларынан араҥаччыланнын.
Арамаан Дьөгүөрэп
|
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 1244 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 86 Ыалдьыттар (гостей): 86 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|