“Мэгэдьэккэ ат сүүрдүүтэ” диэн бастакы номох сэһэн “Кыым” хаһыакка 2008 сыллаахха ахсынньы 11 күнүгэр бэчээттэнэн тахсыбыта, Кутукаай диэн автордаах. Оччолорго Петр Дмитриевич Винокуров – Өкөстөөн Бүөтүрүн уола Саха республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, өр сылларга нэһилиэгэр управляющайынан, сэбиэтинэн, Үөһээ-Бүлүү совхоз кииннэммит сылгы базатын салайааччытынан үтүө суобастаахтык үлэлээбит Николай Петрович Винокуров баар кэмэ этэ. Ол ыстатыйаны ааҕан баран сүрдээҕин долгуйбута, сөҥ түспүтэ. “Оҕо сааспыттан олох кыһарҕанын өйбүнэн-санаабынан, эппинэн-хааммынан билэн улааппытым. Сор хааммын сордообуттара, баай, кыанар ыал оҕото диэн. Ол да курдук орто оскуола кэннэ салгыы үөрэммэтэҕим, “хаарчахтанан”. Билиҥҥэ диэри ааһан, араҕан биэрбэттэр эбит”, – диэбитэ. Сүрэҕэр-быарыгар сөҥөн хаалбыт ааспыт кэмин санаан уйадыйан ылбыта. Кэлин да олоҕор элбэх “аһыыны” көрсүбүт, чэпчэкитэ суох олоҕу олорбут аҕа табаарыспын аһына көрбүтүм. “Чэ, хайыахпытый, суруллубут суоруллубат, аны биирдэ суруйдахтарына Тоһуонньабыт туһунан суруйаар эрэ”, – диэбитэ. Кырдьыктаах олоҕу олорон ааспыт оччотооҕу кырдьаҕастар кэпсэтэллэрин оҕо сылдьан истээччибин. “Уолбут Куола Мөнөкүүрэп мааны ыччат, төрүт дьон төрүөхтэрэ”, – диэн.
Быйыл кыһын ахсынньы 12 күнүгэр 2017 сыл аны “Туймаада” хаһыакка Мэгэдьэккэ аттар сүүрүүлэрэ иккистээн өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ сөбүлээн ааҕар хаһыатыгар таҕыста. Саныы биэрдим, аҕа табаарыһым Николай Петрович көрдөһүүтүн иккистээн суруйдахтарына “Тоһуонньабыт туһунан суруйаар” диэбитин. Ол иннинэ, Винокуровтар диэн кимнээҕий? Аан бастаан онтон саҕалыам дуу. Дьон-сэргэ интэриэһиргиир буолуохтаах.
Биһиги нэһилиэк төрүт дьоннорунан Балаҕан аҕатын уустара Винокуровтар этилэр. Нэһилиэги төрүттээбит аҕа уустара. Былыр-былыргыттан этэллэр, үтүө төрүттээх удьуору “ытык дьон ыччаттара, төрүт дьон төрүөхтэрэ” диэн. Ити мээнэҕэ буолбатаҕын олох холобурдара көрдөрөллөр. Балаҕан аҕатын ууһугар төрүт киһилэрэ Бэкэй кинээс сэттэ уоллаах Сааба, Саабыс Олооһук, Хаччы Хаата, Тэҥэнньи, Боруонньа, Дэлиһиэй. Бу уолаттартан үс уол улуус кулубаларынан талыллан, өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээн аһарбыттар.
Савва Винокуров – Сааба кулуба 1834, 1836, 1838, 1840.
Василий Винокуров – Хаччы Хаата 1860, 1866.
Елисей Винокуров – Дэлиһиэй кулуба 1848, 1850 сылларга.
Кулубалыыр кэмнэригэр Станиславскай лиэнтэннэн, ыраахтааҕыттан үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыттар. Кыаммат дьоҥҥо дьаһаахтарын, ис түһээннэрин бэйэлэрэ төлүүллэр эбит.
Елисей Винокуров уола нэһилиэк кинээһэ Иван Елисеевич Винокуров 1913 сыллаахха биэс хостоох дьиэтин оскуола астараары сиэртибэлиир. Бүлүү эбэ хаҥас биэрэгин тоҕус нэһилиэгэр анаан. Сааба кулубаҕа 1856 сыллаахха ньиэмэс учуонайа Р.К.Маак сылдьан ыалдьыттаан барбыт. Ол саҕана кулуба соҕурууттан 40-ча барааны аҕалан иитэ сылдьар кэмэ эбит. Соҕуруу дойду бэһин уунан собуостаан аҕалан, дьиэ туттан олорбут сайдыылаах, аныгылыы көрүүлэрдээҕин Р.К.Маак сөхпүт, астыммыт үһү диэччилэр (ол дьиэтэ билигин да турар). Ол арыллыбыт оскуола бастакы үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ Винокуровтар сиэн бырааттара Николай Егорович Винокуров (аҕата Тоҕойута Дьөгүөссэтэ) 1922 сыллаахха Хохочойдооҕу трагедияҕа бандьыыттар тоһуурдарыгар 17-тэ эрэ саастаах уол Советскай былаас туһугар олоҕун толук уурбута.
Василий Винокуров–Хаччы Хаата, түөрт уолланар Өкөстөөн, Мотоой, Елисей, Миисэ. Өкөстөөнтөн Бүөтүр, Түмэпий, Сиимэн, Ася төрүүллэр. “Мэгэдьэккэ аттар сүүрүүлэрэ” диэн сэһэни суруйууга Бүөтүр, Түмэпий Винокуровтар ахтыллан ааһаллар. Василий Винокуров–Хаччы Хаата уола Винокуров Дмитрий Васильевич – Өкөстөөн 1883, 1886, 1898, 1901 сылларга улуус кулубатыгар туруоруна сылдьыбыт (быыбарынай).
2008 сыллааҕы “Кыым” хаһыакка тахсыбыт суруйууга Николай Петрович биири маннык бэлиэтээн аһарбыта. Дьоммун-сэргэбин бэркэ билэр киһи курдук суруйбут эрээри, Тоһуонньаны туура сыыһа өҥүн, дьүһүнүн ойуулаабыт, ити сылгы төрөөһүнэ уус-уран суруйуу диэбитэ.
Биһиги нэһилиэккэ Тоһуонньа сүүрүк, САССР хапсаҕайга бастакы абсолютнай чемпиона Степанов Василий Иннокентьевич – Буучугурас бөҕө үрдүк ааттарыгар аатырар сүүрүк аттар, биллиилээх бөҕөстөр кэлэн элбэхтик күрэс былдьаспыт дойдулара буолабыт. Ол да курдук бу ааттары кырабытыттан истэ, билэ улааппыппыт, оччотооҕу дьоммут дьиҥ сэһэннэриттэн. Сурук автора иккис суруйуутугар Тоһуонньа диэн биирдэ эрэ суруйан ылар, уоннааҕыта Тоһуунньа диэн. Түгэнинэн туһанан, Тоһуонньа сүүрүк туһунан тугу истибиппин, билбиппин бар дьоммор билиһиннэриэм.
Тоһуонньа сүүрүк Үөһээ Бүлүү улууһугар Мэйик нэһилиэгэр үөскээбит үтүөкэннээх сылгы. Нэһилиэги төрүттээбит Балаҕан аҕатын ууһун төрүт уус Винокуровтар сыдьааннарыттан нэһилиэккэ өр сылларга кинээстээбит кулуба дуоһунаһыгар туруна сылдьыбыт (быыбарынай) Винокуров Петр Дмитриевич (Өкөстөөн уола) “ат баайар” дьарыктаах киһи Маайга олохтоох (Мэйик учаастага) Тоһукай аҕатын ууһун киһитэ Тоһуонньа диэн дьадаҥы киһиттэн биир соноҕоһу сонургуу көрөр, икки уулаах биэҕэ атастаһар. Тоһуонньа төһө да соһуйдар сөбүлэһэр (1927 с. биэс хостоох дьиэтин үүнэр көлүөнэ үөрэхтээх буоллун диэн оскуола астарар, Винокуровтар икки төгүллээн дьиэлэрин сиэртибэлииллэр).
Бүөтүр Винокуров урукку өттүгэр Өкөстөөн Харата диэн сүүрүк сылгылана сылдьыбыт. Ол сүүрүк сылгыта сааһырбытын кэннэ солбуйтараары сылгылары сыымайдыы сылдьан бу соноҕоһу истэн, көрбүт. Тоһуонньа сүүрүк дьүһүнүнэн отой бүрэ, мөлтөх көрүҥнээх илин өттө намыһах кэлин өттө үрдүк, ураты сылгы эбит. Ыҥыырыгар, сыарҕатыгар да туос сэлиинэн, атара бөтөрөҥүнэн сылдьар эбит. Иччитин аатын батыһыннаран Тоһуонньа диэн ааттаабыттар. Оччолорго ат сүүрдүүтэ, тустуу улаханнык баардыланар кэмнэрэ этэ. Нэһилиэк, улуус туруга быһаарыллар күөн күрэх быһыытынан сыаналанара, аны да оннук. Түөрт Бүлүү улууһугар түөрт түөрэм туйахтааҕы иннигэр түһэрбэтэх сыспай сиэллээх дьөһөгөй оҕото эбит. Аат ааттаан Өлүөхүмэттэн кытта тиийэ күөн көрсөн күрэхтэһэн барбыттара иһиллэр. Саамай улаханнык, алдьатыылаахтык сүүрүүтэ Ньурба Мэгэдьэгэр буолбут. Икки өттүттэн олус улахан уксуулар буолбуттар. Икки өттүттэн аттарыгар эрэллэрэ күүстээх буолан балысхан отуордаах сүүрдүү буолан билиҥҥэ диэри уос номоҕор хаалан, сурукка-бичиккэ киирдэҕэ.
Бу ат биир дьоһуннаах үтүө хаачыстыбата от бытыгыраата да, көҥүл босхо сылдьан сүүрэр, ол эбэтэр олорор эбэтин киһитэ суох бэйэтэ эрэ үстэ эргийэрэ үһү. Интэриэһинэйэ икки илин атахтарынан өрө тэбэ-тэбэ сүүрэрин көрөн иччитэ Бүөтүр бүтэйдии үөрэр эрэ эбит. “Атым бааллыыта этэҥҥэ, дьэ, хайаһабыт”. Чинчийэн көрдөххө икки илин атаҕын өрө тэбиитэ, икки кэлин атаҕар олоруута эрчиллиитин ситиитэ эбит. Сүүрүк ат үчүгэйдик баалыннаҕына түүнүн иккитэ-үстэ эрэ саахтыахтаах. Онон бааллыытын сөбүн быһаараллар эбит. Ол, эрэн, наһаа өр баайыллыбыт аты эһиэ суохтаах эбиккин, сөбүнэн аһатыахтааххын. Аты иһин көрөн тамах астарар курдук уулатыллыахтаах, эбиэһи сиэбит ат күүһүн сүтэрбэт диэн.
Өкөстөөн Бүөтүрэ Тоһуонньа – соноҕос сырыттаҕына көрүүтүгэр, сыарҕатыгар хайдахтаах да таһаҕаһы билиммэккэ тоҥуу хаарынан быһыта көтүөлээн сырыыларын атаҕын ылыыларын киһи ылбычча өйдөөн көрбөт ити үчүгэй сүүрүк ат бэлиэтэ диэн сэһэргиирэ үһү.
Дьон-сэргэ билиитинэн Өкөстөөн Бүөтүрэ Бүлүүлэр аттарыгар лаппа ымсыыра сылдьыбыттаах үһү. Тылгыныттан Солоҕооноп сүүсчэ киилэлээх ойоҕун мэҥэстэн Түүкээни харбатан тахсаат нөҥүө күнүгэр сүүрдэн ата иккистиир. Онно ыраах айантан сылаарҕаан кэлбит ат иккиһинэн кэлбитигэр сөҕөн, хайҕаан атыылааҥ диэн хаайбыт дииллэр. (Тоһуонньаны булунуон иннинэ) Винокуровтар ат баайыытынан, сүүрдүүтүнэн улаханнык дьарыгырбыт дьоннор эбит. Аттар туйахтарын хайа үктүөхтэрэ, оһоллуохтара диэн саас аайы сүүрдэр сирдэрин күүстээх дьоннорунан төгүрүччү холодуускалаталлар, сирин дэхсилээн. Сир кырса лаппа куурбутун кэннэ сүүрдүүнү оҥоттороллор эбит.
Өкөстөөн Бүөтүрэ Тоһуонньа сүүрүгү булунуон иннинэ сүүрүк аттарыгар табыллыбакка баайын-дуолун ыһан хотторо сылдьар кэмигэр Сунтаар дьахтара Сиидэстээн удаҕан Далырга балтыгар кэлэ сылдьан Өкөстөөн Бүөтүргэ хонон ааспыт. Ол киэһэ көрүүлэммит. “Ити, кыбыыга бааллан турар икки үрүҥ сылгыттан бииригэр сиэлин анныгар мэҥ бэлиэлээх, ол ат ааккын ааттатыах дьөһөгөй оҕото”, – диэбит. Өкөстөөн Бүөтүрэ иһиттим-истибэтим диэбиттии ойон тахсан бастаан бэйэтин атын сиэлин арыйан көрбүтэ туох да суох, Тоһуонньаттан атастаспыт сылгытын сиэлин арыйан көрбүтэ мэҥ бэлиэлээх сылгы ол буолан соһуппут.
Тоһуонньа көстөр көрүҥүнэн, киһи таһыттан көрөн ымсыырбат дьүдэх көстүүлээх сылгыта үһү. Утуктаабыт курдук уһун ньолоҕор сырайынан сири сыллыы сылдьар, дьон-сэргэ мыына көрөр сылгыта. “Ама, бу ат сүүрүө дуо?” диэн. Оо, онтон сүүрдэҕинэ дьөһөгөй оҕото түһэр үһү, сиэлэ туран, кутуруга субуллан, дьэ ат талыыта кини буолар эбит. Тоһуонньа сүүрсэр атын кытта, тэҥҥэ ыган айанныырын сөбүлүүр эбит. Түмүк биэтэк отой чугаһын эргин дьэ, түһүүлэрин көрдөртүүрэ үһү. Хара маҥнайгыттан соҕотоҕун түһүнэн кэбиспэт идэлээх буолан, Мэгэдьэккэ да сүүрдүүтүгэр тэҥҥэ ыган айаннастаҕа, онон Уйбаанча сүүрүгү халтарыттаҕа. Ыктарбыт ат ыксаан, атаҕын ылыытын буккуйдаҕа. Хайдахтаах да сүүрүк аты, Тоһуонньа ыган иннин ылара үһү. Тоһуонньа сүүрүк түөрт Бүлүү улууһугар аҥардастыы аатыра сылдьыбыт сылгы буолар, муҥутаан сүүрүүтүн дэмин, кыаҕын дьигинэн көрдөрбөтөх. Ол курдук лаппа кыахтаах сылгы кэлэн барбыт эбит.
Тоһуонньа сүүрүк күннээн сүүрэ сырыттаҕына дойдутугар Мэйик сайылыгар Мунду Күөлгэ Ньурбалар сүүрүк аттара кэлэн күөн көрсүбүттэр. Үлэ, тыыл ветерана Иванов Василий Николаевич бу сүүрдүүнү истибитин кэпсээччи. Олорор күөлү күөх кэриитинэн сыаллаан Ураһа диэн күөл аартыгыттан үстэ эргиппиттэр. Быһа холоон көс курдук. Оччотооҕу дьоннор сэһэннэригэр олоҕуран эттэххэ. Ньурбалар сылгылара көстөр көрүҥүнэн быһыы-тутуу мааны, биир сиргэ таба турбат, сүүрээри бугуһуйа сылдьара эбитэ үһү. Үөрүйэх аттар тэҥҥэ түспүттэр. Үһүс эргииргэ диэри хардары-таары кулгаах куотуһан испиттэр. Бүтэһик биэтэккэ тиийиигэ Ньурба ата бүдүрүйэн атаҕын буккуйуутугар ыган испит дойдулаах ат кыайыыны ылар. Сир, дойду баата, байанайа биэрдэ диэн буолбут. “Аара айаммытыгар да сылайыы-элэйии кэлэр, аны эһиги биһиэхэ кэлиҥ”, – диэн. Ити болдьоһуунан Мэгэдьэккэ ыҥырсыы буолбут. Хайа да өттүттэн оҥостуу, туттуу сэрэнии, сэрбэнии буолбута мэлдьэҕэ суох. Аттары да харыстаан көрүү, били “татаар тыллаах таба эппэтин” диэбит курдук. “Айылҕалаах баардаах” да дьоннор бука кыттыстахтара, дьон быһа этиэ диэн, Сунтаарга Тоһуонньаны сүүрдэ барыыга Хаччагаев Никиитэ диэн кыра уҥуохтаах, бэйэтин лаппа кыанар бөдөҥ саҥалаах киһини харабылынан илдьэ сылдьыбыттар. Кыайан-хотон эргиллиилэригэр аара суолга кэтэнэн, мананан айаннаан кэлбиттэр. Манньатын тарбыйахтаах, ынах ылбыт. Күргүйэ улахан буолан кими да айахтаах оҥорбот үһү. Киһи салыбырыар диэри күргүйдээҕинэн биллибит. Эҥэнтэй Хоппоосоп этэрэ үһү (Күүстээх Хоппоосоп): “Кыһыл оҕону бүөбэйдиир курдук көрөр-истэр этибит. Дьон араас буоллаҕа, муокастыы сатыыр да түгэннэр баар буолааччылар”. Тоһуонньа сүүрүгү Лэскэйээн диэн Винокуровтар иитиэх уол гына сылдьар уоллара сүүрдэрэ үһү.
Төрдө Далыр Күүлэтин Ынахсыт күөл олохтоохторо этэ. Лэскэйээн ийэтин алах, былах өйдүүбүн диэн билигин сэһэргиир үлэ, тыыл ветерана Иванов Василий Константинович.
90-с сылларга аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа Яковлев Иван Яковлевичтыын кэпсэтиигэ Лэскэйээнинэн эрэ билэр эбитин, “Винокуровтарга үрдүттэн иитиэх уол этэ. Дьэ, кыанар киһи этэ, биир улахан сүүрдүүгэ утары күрэхтэһээччилэрин дьонноро буоллаҕа, тумулга кэтэһэн туран үөл тоһоҕону төбөлөөн баран Тоһуонньалаах, Лэскэйээни туһулаан бырахпыттар, бука хайаларыгар да анаатахтара, Лэскэйээн ону хаптас гынан аһаран, сүүрэн иһэр атын күөнүнэн эргийэн тахсан салгыы сүүрдэн кыайбыта”. Ити түбэлтэни Иванов Василий Константинович билигин бигэргэтэр. Тоһуонньаны биир кэмҥэ сүүрдэ сылдьыбыт Мэйик төрүт олохтооҕо Тарасов Иван Иннокентьевич–Сылыбыр сүүрдэн иһэр ата оҕуттаҕына, тэҥҥэ туран сиэлиттэн тардыһан тахсан сүүрдэрэ диэн кырдьаҕастар сөҕөн сэһэргээччилэр. Акка лаппа сыстаҕас, кыанар да дьоннор төрөөн-үөскээн ааспыттар эбит. Билиҥҥи көлүөнэ истиитигэр омуннааһын, остуоруйалааһын курдук буолуо да, бааллар этэ дьон сытыылара, дьорҕоотторо, хардааччылара.
Биһиги нэһилиэк улахан бөҕө дьонноро Степанов Василий Иннокентьевич – Буучугурас, Донской Никита Гаврильевич – Бөҕө Бөтөҕө аттар сүүрүүлэрин көрө, харабыл да курдук барсаллар эбит. Ардыгар көр курдук тустуулар буолаллар үһү. Биһиги дьоммутугар киирэр киһи суох буолара диэччилэр.
Мэгэдьэккэ сүүрдүүгэ Сэмэнэп таҥара кэмэ балаҕан ыйын 14-дэ, сайыны санатар ылааҥы ичигэс кэмнэр буолааччылар. Дэлэҕэ былыргы дьахталлар сайыҥҥы үлэлэрин үмүрүтэн көрүнэр, истинэр дьаһанар кэмнэрэ диэхтэрэ дуо? Боккуоп туһунан эттэххэ былыргы сырыы, дьаам аттара Өлүөхүмэнэн, Бодойбонон, Алданынан сылдьар буоланнар баарды гыммыт тэриллэрэ. Онно, дьыл араас кэмигэр сырыттахтара. Ол сүүрдүүгэ боккуоп кэтиллиэр диэри улахан тоҥоруулар түстэхтэрэ? Дьыл кэлиитэ араас буоллаҕа. Ол Уйбаача Сүүрүк, Тоһуонньа Сүүрүк Бүлүү эҥээригэр өтөрүнэн үөскээбэтэх үөһэттэн айдарыылаах үтүөкэннээх сылгылар кэлэн аастахтара. Ханнык баҕарар күрэххэ кыах, баат диэн баар. Ол кыах, баат быһаарыыта Тоһуонньа Сүүрүккэ түбэстэҕэ, кыайдаҕа. 1976 сыллаахха армияттан сулууспалаан кэлбит кыһыммар, бииргэ сылдьыбыт табаарыспар Иван Саввиновы көрсөөрү Өкөстөөн Бүөтүрүн уола Винокуров Николай Петровичтаахха Тоһуонньа Сүүрүк иччитин кытта турар хаартыскатын көрбүтүм. Онно Иван эбэн эппитэ “аатырар Тоһуонньа турар, оҕонньор өлөрүн саҕана үһү” диэн. Онно кырдьык иннэ намыһах да буолан буоллаҕа умса соҕус туттан турара. Бүөтүр атын сиэтэн турара, бириэмэтэ саас хаар быһыта сиэһэн эрэр кэмэ этэ. Кэлин ол хаартысканы ирдэһэн көртүм да булбатаҕым, сүппүт этэ. Баҕар, ханыы хаартыската ханна эрэ, кимиэхэ эрэ баара буолуо.
Тоһуонньа сүүрүгү кэлин сүүрэрэ тохтообутун кэннэ ытык сылгыны ытыгылаан туттубуттар, сүгэлэммэтэхтэр үһү. Винокуровтар сиэрин-туомун, силигин ситэрэн астаабыттар, бэрбээкэйдэригэр уҥуох курдук быччыҥнааҕын быһаарбыттар, иҥиирэ суох эбит. Ол аата, анньар уҥуох былчыҥнаах. Онон бу сылгы айылҕа үөһэттэн түһэрбит дэҥҥэ көстөр сүдү бэлэҕэ эбит. Төбөтүн чөмчөкөтүн бырааттыы Винокуровтар уҥуохтарын чуолҕаныгар кэриэстээн ууран сытыараллар. Ол Винокуровтар уҥуохтарын Дьоодьо уус Далыр Таҥаратын дьиэтиттэн ордубут көмүс дуйдаах лииһинэн бүрүйбүтэ, саҥатыгар күн уотугар чаҕылыйан хойукка диэри сүрдээх этэ. (Томтор эниэтигэр таҥара дьиэтэ тутуллуохтааҕа хаалбыт, онон чочуобуна диэн ааттаммыт (часовня)).
Дьэ, итинник айылҕаттан айдарыылаах дьөһөгөй оҕото Бүлүү эҥээригэр тэҥнээҕин булбакка аатыран-суолуран Үөһээ Бүлүүтүн, Мэйигин Бучугурас Бөҕөнү кытта тэҥҥэ ааттаттаҕа. Тоһуонньа Сүүрүк кэнниттэн үүт үрүҥ өҥнөөх Молоһуок диэн сылгы үөскээн ааспыт. Нэһилиэк ыксаллаах соругар, ол атынан Бүлүүгэ бараллар эбит. Сыарҕатыгар дохсун, балысхан барыылаах үһү. Бүлүүттэн сөпкө эргиллэн кэлэрэ диэн сэһэргииллэр. Молоһуок айантан кэллэҕинэ, баайан кэбиспит аттарын сыарҕата туран эрэ дьигиҥнии турарын көрбүт эрэ сөҕөр эбит. Дьөһөгөй оҕото күүһэ-уоҕа (энергията) сыарҕатыгар бэрилиннэҕэ.
Биһиги нэһилиэк үһүйээннэргэ олоҕуран дьөһөгөй оҕото бэлиэлээхпит. Ол курдук уос номоҕор хаалбытынан былыр көмүс аттар үөһэттэн түһэн ааһаллара үһү.
Түмүкпэр санаа саҕан этиэхпин баҕарабын, Саха сиригэр биир улахан историческай суолталаах сүүрдүү Мэгэдьэк сиригэр буолбутун, өйдөөн-санаан туран, аныгы кэм ирдэбилинэн улахан бириистэрдээн, үөһэттэн айдарыылаах дьөһөгөй оҕолорун Тоһуонньа, Уйбаача Сүүрүк сырдык кэриэстэригэр Бүлүү эҥээригэр ат сүүрдүүтүн күрэҕэ тэриллэрэ буоллар.
Владимир ФЁДОРОВ,
РФ журналиһа.
Тоһуонньа Сүүрүгү, Лэскэйээни дьүһүйэн уруһуйдаата Игорь Яковлев.