Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » От ыйа » 12 » Ньурба баайдара МУЗЕЙ ДРУЖБЫ НАРОДОВ ИМ. К.Д. УТКИНА
Ньурба баайдара МУЗЕЙ ДРУЖБЫ НАРОДОВ ИМ. К.Д. УТКИНА
08:23
Ньурба баайдара
 МУЗЕЙ ДРУЖБЫ НАРОДОВ ИМ. К.Д. УТКИНА

 
Ханнык баҕарар омукка бу орто туруу дойдуга айыллыахтарыттан баайга-баакка тардыһыылаах, бар дьонтон чорбойон, аакка-суолга дьулуһуулаах дьон баар буолаллар. Айылҕабыт оҥоһуута оннук буоллаҕа.

Саха тыйыс айылҕалаах сиргэ үөскээбит, олорбут буолан былыргы үйэлэртэн уорааннаах тымныыны кытта охсуһан, айаҕын ииттинэн, кэнчээри ыччатын ууһатан кэллэҕэ. Онно даҕаны бар дьонноруттан тутум үрдүктүк санаммыт, сүөһүнэн-сылгынан байбыт халыҥ уустар, аймахтар үөскээн-ууһаан, аатыран-суолуран олордохторо. ХVII-ХVIII үйэлэрдээҕи сахалар көмүүлэриттэн сүрдээх баай таҥастаах-саптаах, иһиттээх-хомуостаах, сэптээх-сэбиргэллээх дьон уҥуохтара көстөллөр. Холобур, 1967 с. археолог И.В. Константинов ХVIII үйэ бастакы аҥаарынааҕы түөрт аттаах көмүүнү Чаппанда Ынах Сыһыыта диэн сиригэр хаһан, чинчийэн турар. Онно өлүөхсүккэ (дьон кэпсээнинэн Баай Хаптаанньа) аннараа дойдуга тиийэн туттарыгар диэн алтан чаанньыгар тиийэ иһиттээн-хомуостаан, оһуордаах-мандардаах, алтан киэргэтиилээх сэптээн-сэбиргэллээн тэрийбиттэр этэ. Аны туран бу киһиттэн кытай солкото халаат көстүбүтэ. Онтон солко (торҕо) оччолорго аан дойду үрдүнэн эргийэр күндү мал (валюта) этэ. Өссө биири бэлиэтээн аастахха Саха сирин үрдүнэн күн бүгүҥҥэ диэри түөрт аты кытта көмүллүбүт киһи көстө илик. Онон Ньурба сиригэр-уотугар былыр-былыргыттан халыҥ харчылаах, үөгүлүүр үптээх баай дьон үөскээн, төрөөн-ууһаан ааспыттара.

Бу суруйуубутугар биһиги Ньурба улууһугар ханнык-туох баайдар олорон-үөскээн ааспыттарын туһунан сырдатыахпыт. Онуоха ол кэмнэртэн баччаҕа диэри нэһилиэктэр ааттара-суоллара, кыраныыссалара даҕаны элбэхтик уларыйбыт буолан, биһиги сүрүннээн билиҥҥи баар нэһилиэктэринэн ыйдаран суруйуохпут. Барытын хабар сыал турбат. Онон көтүтүүлэр да баар буолуохтарын сөп.

Акана

Акана – Ньурба улууһун биир былыргы нэһилиэгэ. Аканаҕа тоҕустуу ойохтоох икки улахан баайдаахтар. Нэһилиэктэрин төрүтэ Акана улахан уола Мойуһуой уонна Дьокуускай диэкиттэн кэлбит Саалаах баай. Иккиэн 17-18 үйэ дьонноро. Бу дьон тоҕустуу ойохтоохторун туһунан архыып докумуоннара бигэргэтэллэр. Ордук элбэх номох, үһүйээн Саалаах туһунан хаалбыт. Кини Арҕаа эбэҕэ Үөр Аһаппыт диэн сиргэ байан-тайан олорбут. Ойохторо Күбэйиҥдэҕэ, Бөргөмдөҕө, Толооҥҥо, Арҕаа Эбэҕэ, Чкалов Муоһаанытыгар, Хоро эбэтигэр (Үҥкүр), Сахса Сымалыырыгар, Акана Сататыгар Дьугудьаан диэн сиргэ, Саалгакка олохсуйан олортор. Дьугудьаан күөлүн анныгар уонна Сымалыырга Саалаах хотонун тобохторо, баҕаналар, муоста мастара хойукка дылы тахсаллара үһү. Саалаах сүөһүтүн ахсаанын билбэт гына элбэхтик байан, Күбэйиҥдэ күөлүн уутун үүт күөл оҥоро сатаабыт. Үһүйээннэргэ, номохторго кэпсэнэринэн олус байбыт эрэ дьон оннук гынар эбит. Биир сайыны быһа куттарбыта ол күөлэ күһүнүгэр тураах хараҕын үрүҥүн курдук туттайбыта үһү. Саалаах кэмигэр улахан муус сут эргийбит (хаар ууллан баран мууһуран хаалыыта). Ону олус байаммын сэтим-сэлээним таайдаҕа диэн үстэ тоҕус төгүл биир өҥнөөх-түүлээх сылгылары талан муус ураҕаһынан ″кыйдаппыт″ (үс төгүл 81-дии сылгыны). Сылгылара Сээйэ үрэҕин умнаһын бата бары сутаан өлбүттэр. Онтон уута ол уҥуохтары биир сиргэ аҕалан даргыллаабытын хойукка дылы дьон көрөр эбит (В.Н. Николаев-Куххата ″Акана нэһилиэгин кылгас историята. 1986 сыл. Илиинэн суруйуу”). Онон Саалаах бэйэтин үйэтин биир муҥутуур баайынан буолар. Ону туоһулуур – тоҕус кэргэннээҕэ, үүт көлүйэ куттара сатааһына уонна “кыйдааһын” туомун оҥоруута.

Акана сирэ-уота кыараҕас буолан ол Саалаахтан ураты олус муҥутуу байбыт дьон суох. Орто баайдар син элбэхтэр. Х1Х үйэ бүтүүтэ нэһилиэккэ кинээстээбит Куонаан Николаев (Иннокентьев) орто баайынан ааҕыллара, отучча, түөрт уонча сүөһүлээҕэ. Бу киһи наар Акана сирин-уотун кэҥэтэ сатыыр мөккүөрдээх эбит. Ол курдук күөллэри хордоро-хордоро, ол сирдэрин үҥсэн ылар эбит. Уопсайа сүүрбэ сэттэ ходуһаны аттынааҕы нэһилиэктэртэн үҥсэн ылбыт. Ол ылбыт сирдэригэр аймахтарын олохтоон испит. Онон Куонаан кинээс Акана сирэ-уота кэҥииригэр улахан өҥөлөөх.

Мойуһуой аҕатын ууһуттан Орбоодьо диэн киһи (1831 с. төрүөх) Сатаҕа Харбалаах диэн күөлү үрэххэ хордорбут. Уолба буолтун кэннэ ол Харбалаахтан дэһээтинэттэн биирдии от үүммүт (13 туонна). Орбоодьо ходуһаттан хорсубут аймахтарыгар чиэппэрдиитин бэрсибит. Аҥаарын бэйэтэ бас билбит. Итинтэн кэлин Сордоҥноох диэн күөлү хордорбут. Отун атыыһыттаан байан барбыт. Сүүсчэкэ сүөһүлэммит. Ол эрэн олус дьэллэм киһи эбит, ким төһөнү тиэнэринэн биир көлөҕө биэрэн испит. Онтон Аканаттан арыгылаах тахсар буолбуттар. Итирдэн баран отун сааскы ириэнэххэ 5-6 көлөҕө ыгыччы тиэнэн барар буолбуттар. Ходуһата кэлин үүнүүтэ мөлтөөбүт. Онтон сылтаан дьадайан барбыт. Онон аны да5аны, былыр да5аны “харчы аа5ыыны сөбүлүүр” диэн мээнэҕэ эппэттэр.

Акана биир орто баайа — Малҕата Соппуруон. Кини сүөһүнэн байбыт. Сүөһүтүн Улахан Сээйэнэн эҥин кыстатар эбит. Онно баар хотоно олус улахан кээмэйдээҕин – колхуос ферматын хотонун саҕа этэ диэн көрбүт дьон кэпсииллэр. Ньурба кырдьаҕаһа Мартынов Н.Н. Улахан Сээйэҕэ икки 6-7 м. усталаах хоруудалар сыталларын көрбүтүн этэр. Малҕата Соппуруон байан да баран дьону баттаабатах киһи. Ол да быһыытынан кини ыччаттара дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр, ытыктанар дьон буолан улааппыттара: Михаил Софронович уонна Петр Софронович Егоровтар. Иккиэн аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтара, биллэр-көстөр үтүөлээх үлэһиттэр. Кинилэртэн удьуор ыччат элбэх.

Чкалов сиригэр-уотугар Муоһааны түбэтигэр улахан баай Василий Антонов – Сарыак олорбут. Биэс сүүстэн тахса сүөһүлэммит. Онтун колхуостааһын саҕана аймахтарынан түҥэтэн, Үөһээ Бүлүүнэн эҥин куоттаран кулаактамматаҕа үһү. Онон эмиэ өлбөт, эстибэт туһугар улахан тургутууну, кыһалҕаны ааспыт киһи.

Антоновка. Тыалыкы.

Бу Ньурба биир улахан түөлбэтигэр былыргы баайдарынан төрүттэрэ Тыалыкы буолар. Кини Улуу Омолдоон оччугуй уола, уон төрдүс оҕо. Аҕалара өлбүтүн кэннэ, Омолдоон баайын үксүн улахан уол Саалтааны Асхар Даадар апчырынар. Ону Тыалыкы аан чанчыгар уон сэттэ бэдэр тириититтэн тигиллибит саҥыйах ыйанан турарын харбаан ылан, онон сапсынан Саалтааны мэччийэ сылдьар сылгыларыттан үс атыыр үөрүн үүрэн ылбытын туһунан үһүйээн баар. Ол үөрүн хаҥатан сүрдээҕин байбыта үһү. Кини уола Бэкэй Анайбах өссө ордук байбыт. Сүрүн баайа сыспай сиэллээх үһү. Сэттэ сүүскэ тиийэр сылгыламмыт. Кини өрүс уҥуор Мэҥэдьэк күөлүн эргин олорбут. Бу сир, күөл буолуон иннинэ, улахан курааҥҥа уот сиэн, көрдүгэннээн умайан күл буолбут. Ол онно Бэкэй сылгылара киирэн сүүрэкэлээтэхтэринэ өрүс уҥуортан көрдөхтөрүнэ – күл оргуйан былыт тахсан турарын курдук буолара үһү. Бэкэйтэн Айгыр төрүүр. Киниэхэ аҕатыттан хаалбыт сылгыта аһара үөскээбит, муҥаат баай диэн аатырбыт. Ол аата сылгыта тыһыынчаны таһынан барбыт. Сахаҕа муҥаат баай диэн – байыы саамай чыпчаала, онтон ордук суох. Билиҥҥигэ кубулутан миллиардердары оннук ааттыахха сөп буолуо.

Айгыр үс төгүл сылгытын кыйдаппыта үһү. Сырыы аайы үстүү тоҕус сылгыны Куонхаары өрө үүрдэрбит. Бу Айгыртан хойукку тымыра-сыдьаана Баай Тураах төрүүр. Киниттэн Федоровтар тэнийэннэр билигин ычччаттара элбэх.

Дьаархан

Дьаархан – Ньурба улууһун саамай былыргы, ийэ нэһилиэгэ. 1640-с сыллартан сурукка ахтыллар. Биир докумуоҥҥа “1675-1676 сс. Үөһээ Бүлүү симиэбийэтигэр бас бэринэр Дьаархан буолаһын киһитэ Болтуҥа Тимиреев 141 сылгылаах, 100 ынах сүөһүлээх” диэн үҥсүү дьыалатыгар суруллубут. Болтуҥа үһүйээҥҥэ да, нуучча докумуоннарыгар да элбэхтэ киирбит киһи, аҕа ууһун баһылыга. Кини нууччаларга бэриммэккэ бүтэһигэр дылы сэриилэспитинэн биллэр. Онуоха Быркынаа уолун Таркаайыны, Тойук Булгудах уолун Түбэйи, Ала Кырсын уолун Бүлүүһүтү эйэлээх кэпсэтиигэ ыыппыттарын туһунан нуучча докумуоннарыгар баар.

1776 с. докумуоннарга Боччуйар Архантин диэн Дьаархан кинээһэ ахтыллар. Кини нэһилиэк бас-көс киһитэ буолан нэһилиэк баар-суох киэҥ уонна үүнүүлээх ходуһаларын бас билэн олорбут: биир көс усталаах Суптурҕаны, алаас мааныта Бээкимдэни о.д.а. 1770 с. Үөһээ Бүлүү улууһа тэриллибитигэр маҥнайгы кулубанан Боччуйар уолун Боччуйаарап Байаны талаллар. Кини уола Петр Слепцов 1805-1806 сс. уонна 1815 с. Дьаархаҥҥа кинээстээбит. Онтон 1824 с. Марха улууһун туруорсан тэрийсибитэ уонна улуус бастакы кулубатынан буолбута.

Нууччалар Саха сиригэр кэлиэхтэриттэн сахаларга сири ким төһө кииһи, саһылы туттарбытынан көрөн түҥэтэллэрэ. Ити бэрээдэк 1835 с. дылы тутуһуллубута. Архыыпка харалла сытар 22 ф.-10 п.230 дьыалаҕа Дьаархаҥҥа I кылааска киирэр, ол аата кииһинэн дьаһаах төлүүр 35 киһи, II кылаас (саһылынан төлүүр) – 84 киһи, III кылаас – 104 киһи уонна IV кылаас – 273 киһи баара ыйыллар.

Куочай. Ньурба.

1824 сыллаахха Ньурба улуу күөлүн хорон түһэриэхтэриттэн Ньурба кыралаан кэҥээн, улаатан барбыта биллэр. 1848 сылга Куочайга нуучча бааһынайдарын көһөртөөн аҕалан икки дэриэбинэнэн олохтууллар. Олортон Габышев Яков-Маскайаан диэн киһи сүөһүнэн, сылгынан аһара байбыта үһү. Ордук хото сылгыны үөскэппит. Онуоха үһүйээн курдук хаалбыт: Маскайаан сылгыта сэттэ сүүскэ хайдах да тиийбэтэ үһү, алта сүүс тоҕус уон тоҕус буолар, онтон биир сылгыта булгуччу өлөн иһэрэ үһү. Олорбут сирэ Куочайтан тахсан трасса устун бардахха хаҥас диэки өтөҕө баар, арыый да бардахха Маскайаан маара диэн баар. Уола улуус суруксута буолбут, кыыһа Сунтаар сис баайа Саппыгыр уола Самсонов Никитаҕа эргэ барбыт. Ол кыыһыттан Самсоновтар: Парфений, Георгий Никитичтаах тарҕаммыттар.

Маны тэҥэ Куочайга хас даҕаны атыыһыт баар: Андриан Санников, Гаврил Габышев-Харах, Иван Габышев – Уйгур уола, Таракаан атыыһыт о.д.а. Харах атыыһыт маҕаһыынын дьиэтэ эргэ милииссийэ дьиэтин оннугар турбут (билигин “Бизнес-инкубатор” дьиэтэ), ол утары суол нөҥүө иккис дьиэтэ турбут – сэрии сылларын саҕана военкомат этэ.

Ньурбаҕа эмиэ элбэх атыыһыт баара. Саамай биллэллэрэ бырааттыы Чөрөкө уонна Саппайылла Насыровтар. Сахалар Огдуустар диэн ааттыыллара үһү. Кинилэр Сунтаар Мачыыс диэн сириттэн кэлбиттэр. Сунтаарга Насыровтар диэн билигин да бааллар. Кинилэр дьиэлэрэ ити көтүрүллүбүт музей уонна киинэ тыйаатырын оннугар турбут. Туох да уһун, элбэх хостоох дьиэ үһү. Онно оскуола кытта аһылла сылдьыбыт. Хойут, 1960-с сылларга дылы ол дьиэҕэ амбулатория үлэлээбит. Өссө биир дьиэлэрэ билиҥҥи остолобуой оннугар турбут. Ону СУ “Холбос” диэн тэрилтэ АТК диэки үрэх уҥуор көһөрөн оҕо дьыссаата эҥин буола сылдьыбыт, онтон бытовой комбинат буолбут. Бу Насыровтар бэйэлэрин кэмнэригэр Алексеев С.П.-Боһууту кытары бэрт былдьаһар олус баай, кыахтаах дьоннор үһү. Сэбиэскэй былаас буолбутун кэннэ көмүстэрин илдьэ күрээбиттэр. Оттон кыайан илдьэ барбатах баайдарын – түүлээхтэрин, чэйдэрин-табаахтарын Хоруу Төрдүн хооҥкутугар кистээбиттэр. Ону Мохтуйа диэн үлэһиттэрэ киһи бэйэтигэр ылан, хойут сүрдээҕин байбыта үһү. Бу Мохтуйа дьиэтэ билигин “Эргиэн” атыы дьиэтэ буолан турар.

Насыровтар дьиэлэрэ. Билиҥҥи “Юнион” киинэ тыйаатырын оннугар турбут. 1960-с сс. дылы бу дьиэҕэ амбулатория үлэлээбит.

Ньурба биир бөдөҥ уонна олоҕо-дьаһаҕа ситэ үөрэтиллэ илик баайынан Верещагин атыыһыт буолар. Кини дьиэтэ Ньурба киҥкиниир киинигэр, военкомат таһыгар хойукка дылы турбута. Бу дьиэ түннүктэрэ бары халыҥ хаптаһын ыстаабыннаахтара, онтулара маҕаһыын аанын курдук иһирдьэнэн олуллар тимир курдааһыннаахтара. Өһүөтүн аарыма модьу маһы үс өттүнэн суораннар оҥорбуттар этэ, ол гынан өһүөнү икки өттүнэн куоһаахтааннар дьиэ үрүт маһа батарын курдук онорон баран биир сиринэн маһы уган сыыйа анньаллар эбит. Ити аата дьиэҕэ үөһээнэн түөкүн киирэ сатаабатын диэн оҥороллор. Архыыпка харалла сытар “Бүлүү-Ньурба-Сунтаар-Хочо телеграф ситимин тутууга харчы хомуурун лииһэ” диэн докумуоҥҥа Верещагин Зиновий Власьевич сүүрбэ биэс киһиттэн саамай үгүөрү 100 солк. харчынан сиэртибэлээбитин туһунан сурулла сылдьар. Верещагин З.В. атыыһыт Ньурбаттан 1919 с. барбыт.

Дулҕа атыыһыт диэн киһи дьиэтэ Лермонтов, Ст. Васильев уонна Горькай уулуссалар быһа охсуһууларыгар муннукка турбут. Хойукка дылы мясомолпром кэмбинээтин хонтуората этэ.

Алексеев С.П.-БоҺуут маҕаһыына (сорохтор Боһуут уола – Куола киэнэ дииллэр) билиҥҥи “Кооператор” маҕаһыын оннугар турбут. Ол дьиэ 1947 с. умайан хаалбыт.

Онон урут Ньурба киинэ барыта атыыһыттар тутууларынан дьэндэйэн турбута. Билигин урукку атыыһыттарбыт ыскылааттара “Кооператор” маҕаһыын тиэргэнигэр ордон тураллар.

Таркаайы

1867-1870 сс. улуус кулубата Федор Павлович Мордовской мэҥэтин тааһа. Ат Уоппут алаас.

Таркаайы – Омолдоон улахан уола, норуот үһүйээнигэр бэрт элбэх хамсыыр баайдаах, уус идэлээх аҕа ууһун баһылыгынан киирбит. Кини олоҕо – Ат Уоппут. Бу сиргэ былыр былыргаттан ааттаах-суоллаах, удьуор харылы төрүт дьон үөскээн-олорон ааспыттара. Ол туоһутунан буолар – урут турбут уонна суулла сытар уонча сэргэлэр, араас тутуулар оннулара, ампаар атахтара. Ньурба улууһугар 2007-2008 сылларга үлэлээбит саха-француз археологическай экспедицията мантан XVII-XVIII үйэтээҕи киһи уҥуоҕун булан турар. Бу киһи куорчаҕа (хоруоба) алтан киэргэллэринэн киллэһиктээх уонна өлүк бүтүннүү солко таҥастаах эбит. Былыр халаммыт гынан баран сүрдээх баай көмүү буолан биэрбит. Бу алааска былыр-былыргаттан Кулуба аҕатын ууһа дэммит Мордовскойдар аймахтар олорбуттар. Кинилэр удьуордара Мандар Байбал хас да сүүс сүөһүлэнэ сылдьыбыт улахан баай. Мордовскойдар бары даҕаны кыанар ыаллар ахсааннарыгар киирэннэр нэһилиэги, улууһу салайа сырыттахтара.

Омолдоон удьуора Суон Мөөчүкэ уола Ноговицын Аким Алексеевич – Акыым кулуба бэйэтин кэмигэр аатырбыт-суолурбут ахан киһи. Бөргөмдөҕө олорбут, үс сүүс сүөһүлэммитэ үһү. Саһаан үрдүктээх, чиэппэр күүстээх, суостаах киһи. Ол эрээри хамначчыттарыгар, үлэһиттэригэр аһылыктарын-таҥастарын бэркэ харайарынан биллибит. Күүлэй тэрийдэҕинэ эргин ыалларыттан бары кэлэллэрэ үһү. Тоҕо диэтэххэ күүлэйигэр кырата икки сүөһүнү өлөрөрө, ону кэлбит дьон истэрэ төһө ыларынан сиэн дуунайдыыллара. Күүлэйгэ бастаабыт киһи боточчу манньаланара. Онон Акыым кулуба күүлэйин улахан күүтүү буолара үһү.

Чаппанда

Алексеев С.П.- Боһуут уонна Г. Габышев-Харах атыыһыт

Чаппанда урукката Омолдоон, Арҕаа Бэстээх, Аллараа Бэстээх нэһилиэктэриттэн холбоһон үөскээбитэ. Саамай биллэр баайдарынан Алексеев С.П.-Боһуут буолар. Кини гильдиялаах атыыһыт. Сорох докумуоннарга 1-кы гильдиялаах, сороххо 2-с дэнэр. Бочуоттаах инородец уонна бочуоттаах мировой судьуйа. Ыраахтааҕыттан үс кыһыл көмүс, икки үрүҥ көмүс уонна биир боруонса мэтээллэрдээх. Кини аҕата Бууска Борокуоппай сэниэ, баай киһи, нэһилиэгэр отучча сыл кинээстээбит. Уолун Боһууту 1877 с. улууска аан бастаан аһыллыбыт оскуолаҕа үөрэттэрэ киллэрбит. Боһуут оскуоланы бүтэрэн, салгыы үөрэнэн бэйэтин кэмин биир үөрэхтээх, билиилээх киһитинэн буолбута. Кини сүөһүнэн буолбакка, атыынан-эргиэнинэн байбыта. Саха сирин үрдүнэн Таймылыырга тиийэ уон үс маҕаһыыннааҕа. Сылга харчынан эргитиитэ 80 тыһ. солк. кыһыл көмүһүнэн, ол эбэтэр 800 тыһ. кумаахы харчынан, ол кэмнээҕи куурсунан 4-5 млн. дуолларга тэҥнэһэрэ. Боһуут өлөрүгэр уолаттарыгар 7500 кыһыл көмүс империалы, 30 тыһ. кумаахы харчынан элбэх баайы-дуолу хаалларбыт. Кинини Чаппанда таҥара дьиэтин олбуоругар көмпүттэр. Онно Оттоохтон аҕалалларыгар суол устун сиитэһи тэлгэппиттэрин, ону кэлин дьон-сэргэ бэйэлэригэр ылан, таҥас-сап тиктэн абыраммыттарын туһунан номох хаалбыт. Боһуут уҥуоҕар уолаттара соҕурууттан мрамор бааматынньык сакаастаан аҕалан туруорбуттар.

Алексеев С.П.-Боһуут ыскылаата. Хатыҥ Сыһыы.

Чаппанда кыахтаах, баай дьоннорун ахсааныгар Мухоплев Сүөдэр-Хоҥхо киирэр. Кини эмиэ атыыһыттаан, эргинэн байбыт. Бодойбоҕо түөрт уон сыарҕалаах атынан бэдэрээт көтөҕөр киһи. Аны күүһүнэн биллибит. Бодойболуур суолга утары көрсөөччүлэр бары туораан биэрэллэрэ үһү.

Испирдиэн Гуляев-Айах – орто баай, сүөһүнэн байбыт, нэһилиэгэр кинээстээбит. Уола Григорий Гуляев 1970-с сылларга 100 сааһын ааһан баран өлбүт. Бу киһи олоҕор иккитэ кулаактаммыт. НЭП саҕана бурдук үүннэрэн, сүөһү ииттэн сүрдээҕин байбыт. Ону үҥсэн кулаак гыммыттар, хаайыыга ыыппыттар. Онтон тахсан баран эмиэ сэниэлэнэн кыахтаахтык олорбут. Иккистээн түбэһиннэрэннэр Дьокуускай хаайыытыгар суруйааччы В. Яковлевы-Даланы кытта олорбут. Онно Далан суруйан турар: “Григорий Спиридонович атын кэмңэ төрөөн үөрэх ылбыта буоллар, мин этиэм этэ, биһиги соччо билбэт эйгэбитигэр норуот чэгиэн энергиятын, дьолго-баакка талаһар күүһүн илдьэ сылдьар чахчы саха биир чаҕылхай киһитэ тахсара хаалбыт быһыылааҕа.”

Гуляев Григорий Спиридонович

Чаппанда биир орто баайынан Дьэриэм баай буолар. Кини Дьиикимдэ эбэтин атаҕын үрдүгэр Тумуһах диэн сиргэ кэрэх ыйаппытынан биллэр. Бу кэрэхтээх тиити 1982 с. от ыйын 29 күн түүнүгэр буурҕа суулларбыт. Дьэриэм баайтан Еремеев диэн саха тыла үөрэхтээх Чаппанда сиригэр бастакы билим кандидата баара. Дьэриэм баай эмээхсинин ылтаһын бүрүөлээх уҥуоҕа Чаппанда таҥаратын дьиэтин таһыгар хойукка диэри турбут.

Маалыкай

Төлүөн Ойуун хос-хос сиэнэ Дьалаҕай Киилээн Маалыкайтан соҕуруу биир көстөөх Ыылаах диэн сиргэ хаппахчылаах дьиэлэнэн, киэҥ тэлгэһэлэнэн, дал үөһэ далланан, кыбыы үөһээ кыбыыланан байан-тайан олорбута үһү. Бу киһи күүһүнэн-уоҕунан биллибит. Кини биир сайын Туймаадаҕа тиийэн Маһары ыһыаҕар ол эргин аатырбыт бөҕөһү тустан охторбутун туһунан номох баар.

Маалыкайга 1895 с. аҕабытынан кэлбит Габышев Степан Николаевич сэниэтик олорбутунан биллэр. Кини 27 сылгылааҕа, 50-ча ынахтааҕа. Уон аҕыс дэһээтинэ ыһыы сирдээх, онно эбии нэчимэн, оруос ыһар. Түөрт дэһээтинэ сиргэ хортуоскалаах. Отут алта дэһээтинэ ходуһалааҕа. Итини тэҥэ аҕабыт атын дьоннортон сири түүлэһэн оттоторо. Ат сүүрдүүтүнэн, сүүрүк аттары мэнэйдэһиинэн умсугуйан дьарыктанар эбит. Маны тэҥэ атыыһыт, эргиэмсик бэрдэ. Ардыгар үүрбэ сүөһүнү, ардыгар уонча сыарҕалаах атынан элбэх киһилээх тоҥус сиринэн — Дьэһиэйинэн, Өлөөнүнэн муораҕа тиийэ эргинэн кэлэрэ үһү. Былыргы дьон итинник иҥнигэһэ-тоҥнугаһа суохтара, сири-сибиири курдаттыы кэриэтэ сылдьалларын туһунан истэн сөҕөҕүн эрэ.

Маалыкай биир биллэр баайа – Попов Николай Прокопьевич-Уһун Боппуок. Кини илиитин күүһүнэн күөллэри хордорон, ходуһа таһааран онон байбыт киһи. Уһун Боппуок Улахан Күөлгэ тахсан олохсуйуон иннинэ Маалыкайга Түүрэҥдэни, Айдаҕа Ыылааҕы хордорон ходуһа оҥорбута биллэр. Онтон Улахан Күөл уутун өрүскэ түһэрбит, ол сыла Сиэн Төрдүгэр Клим Кытылын үрдүгэр суон тииккэ 1898 диэн суруллубутун сайын отчуттар булан көрбүттэр. Улахан Күөл уолбатыттан муҥутаан 80 оту (биир от – 16 туонна) оттууллара үһү. Уһун Боппуок Сүгдьээргэ соболоон, онтун атыылаан эмиэ эбинэрэ үһү. Онон харытын күүһүнэн, сатабылынан байбыт киһинэн буолар. Сэбиэскэй былаас саҕана кулаактаммыт.

Малдьаҕар

Донской Николай Семенович, 1901-1906 сс. Марха улууһун кулубата

Саамай былыргы Малдьаҕар сис баайа — Тоһуукай. Кини Малдьаҕардар төрүттэрэ Хайааччы уола. Нэһилиэгэр кинээстээбит. Улаатан баран Хаҥаластан Амтаннаах диэн кыыһы ойох ылбыт. Ол олорон кини хас саас аайы кэргэнин дьонугар аҕыстыы үөрдээх атыыры үүрэн илдьэн ыһыах ыһар идэлээх эбит. Ол курдук тоҕус сыл тухары ыһыах ыспыт. Онус сылыгар айаннаан иһэн кэргэнэ чыкыйалаан (оҕо куотан) төннүбүт. Бу Тоһуукай удьуордара бары кэриэтэ баайдык, сэниэтик олорбут дьоннор: Баттайыылар, Тоҕой киһи о.д.а.

Малдьаҕар биллэр баайынан Уот Бааһынай удьуора Николай Донской буолар. Кини аҕата Мыппыгый булдунан, сүөһү иитиитинэн, ходуһа сирин оҥоруунан дьарыктаммыт, нэһилиэгэр кинээстээбит. Кини Кулуһуннаах күөлүн уутун хоруу хорон Марха өрүскэ түһэрбитинэн биллэр. Иккис уолун Николайы үөрэттэрбит. Ол уол улаатан 1901-1906 сс. улууска кулубалаабыт, оскуола туттарбыт. Улахан үтүөлэрин иһин Владимирскай лиэнтэлээх үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Кини аатырбыт бырааттыы Донскойдар аҕалара.

Мэҥэдьэк

Мэҥэдьэк улахан баайынан аҥардастыы аатырбыт, соҕотохтуу сураҕырбыт Дайыыла Гоголев (1811-1874) буолар. Кини бас билиитигэр 500 дэһээтинэ кэриҥэ сир, ол иһигэр сүүрбэттэн тахса оттонор сир, 700-кэ ынах сүөһү баара. Кини Мэҥэдьэк түбэтигэр бастакынан бурдугу ыһыынан дьарыктаммыт, мэлииһэ туппут, хортуоска олордубут киһинэн буолар. 1851 с. Лондон куоракка буолбут бастакы аан дойдутааҕы быыстапкаҕа Дайыыла Гоголев саха дьахтарын сонун ыыппытын туһунан архыып докумуона баар.

Чуукаар

Чуукаар биллэр-көстөр баайа — Давыдов Алексей. Төкөөнө аҕатын ууһун киһитэ, нэһилиэгэр кинээстээбит. Кини элбэх сылгы-ынах сүөһүлээҕэ, сир үтүөтүн бас билэрэ. Балыкка 40-ча илимнээх уонна кыһын, сайын муҥхалыыр муҥхалааҕа үһү. Былыргыга муҥха чахчы кыанар дьоҥҥо эрэ баар буолара. Тоҕо диэтэххэ муҥханы оҥоруу үлэтин-хамнаһын төлөһөр эрэ киһи кыайара – нэһилиэк барыта үлэлээтэҕинэ эрэ итиччэ улахан тэрили оҥорон таһаарар кыахтааҕа. Алексей бэйэтэ Ньурба атыыһыттарыттан Харахтан, Чөрөкөттөн, кэлин Ырыыһайтан чэй, табах иэс ылан чугастааҕы нэһилиэктэринэн, тоҥус сиринэн эргинэн түүлээҕи хомуйара. Алексей Давыдов 1925-26 сс. кулаактаммыт. Дьиҥэр улаханнык киһини баттаабатах, атыыһыттаан эргинэн, ынах, сылгы ииттэн байбыт, үтүө санаалаах кырдьаҕас этэ диэн ахталлар.

Маны таһынан Чуукаар баай дьонунан Дуойаҕас кинээһи, Андайбыттан Мэниги, Дьэппэһин Ыстапааны о.д.а. ааттыыллар.

Өҥөлдьө

Өҥөлдьөҕө аат ааттыыр баайдарынан Яковлев Федор Иванович – Быыпсай кинээс буолар. Кини нэһилиэккэ 1898-1901 сс. кинээстээбит. Бас билиитигэр сүүсчэкэ сүөһүлээҕэ. Номоххо хаалбыта диэн түөрт уончалаах сылдьан Сүлэ сис баайа Ордьоҥхо Сөдүөтүн уон тоҕустаах кыыһын күрэтэн илдьэн ыал буолбута буолар. Онно улахан уруу буолбутун туһунан норуот сэһэнигэр хаалбыт. Быыпсай кинээс өлбүтүн кэннэ чугуунай уҥуох туруорбуттара билигин да баар дииллэр.

Хаҥалас

Хаҥаласка суон сураҕыран, байан-тайан халың аймах Бэрииhэптэр бэрт элбэх алаастарынан тайаан олорон ааспыттара. 1895 с. Бэрииhэптэр сэттэ улахан алааска тарҕанан олорбуттарын архыып суруктара туоhулууллар. Кинилэртэн Байбал Бэрииhэп 46 сааhыгар 1917 с. II гильдиялаах атыыhыт буолбут. Хаhаайыстыбатыгар 22 сылгылааҕа, 37 сүөhүлээҕэ, ол иhигэр 15 ыанар ынах. Бурдук тардар миэлиңсэлээҕэ уонна лааппылааҕа. Эргинэр табаарын таhынан, көмүhүнэн эмиэ эргинэр эбит. Таhаҕаhын уурарыгар улахан ыскылаат туттарбыт. Табаар сиигирбэтин диэн үөhэ уурарга анаан этээстэппит. Оччотооҕу кэмңэ сүрдээх улахан олорор дьиэ туттарбыт, аңаарын атыылыыр лааппы гыммыт. Сэбиэскэй буолбутун кэннэ Байбал Бэрииhэп олорор дьиэтин оскуола гыммыттар, ыскылааттарын “рабкооп” диэҥҥэ биэрбиттэр, 2012 с. диэри туттуллан баран, билигин кураанах турар. 1942 с. күhүн олорор дьиэтин көтүрэн аҕалан Хаңаласка учууталлар олорор уопсай дьиэлэрэ гыммыттар. Бу дьиэ кэлин балыыhа буолан 2001 с. диэри үлэлээбит, билигин да турар. Байбал Бэрииhэп, олус сойуоласпыттарын иhин, Бүлүү куоракка көспүт. Онно, кыhалҕаттан, Сосновкаҕа, араңнаахтар балыыhаларын территориятыгар, дьиэ туттан кэргэнинээн хара өлүөр диэри олорбуттар. Кэргэнэ Клавдия уhуннук олорон 1970-с сылларга олохтон барбыт.

Түмүк

Түмүк сиригэр-уотугар төрөөн, олорон ааспыт баайдар хастар даҕаны. Олортон биирдэстэрэ Бэкээрийэ уола Егор Андреев нэһилиэгэр кинээстээбит. Кини сүүстэн тахса ынах сүөһүлээҕэ, биир итиччэ сылгылааҕа үһү. Сыл ахсын отучча ынах-сылгы сүөһүнү өлөрөн, этин Боһуут атыыһыкка атыылаан эргинэн, табаар, чэй, табах, арыгы ылан нэһилиэгин дьонугар иэс түҥэтэр идэлээҕэ. Ол суотугар дьонугар сүөһүтүн көрдөрөр эбит.

Нэһилиэк атын баайдарынан буолаллар: Никифор Антонов-Такыр, Бөкчөҥ уола Иванов Софрон, Васильев Ефим о.д.а.

Үөдэй

Бу нэһилиэк сирэ-уота, ойуура-тыата остуол ньуурун курдук көнөтүнэн, киэҥинэн биллэр. 1891 с. көрдөрүүнэн 1399 киһи олорор улахан нэһилиэгинэн буолара. Манна сүөһүнэн-сылгынан байбыт элбэх киһи төрөөн-үөскээн ааспыттара. Ол курдук ааттаталаатахха: Григорьев Дьарааһын-Тый уола, Антонов Хабырыыл-Нооноокоп, Самсонов Өлөксөөндүр-Чоломоон Хоноһо о.д.а. Самсоновтар – нэһилиэк сис баайдара, кинээстэр. Холобур, Самсонов Өлөксөөндүр-Чоломоон Хоноһо аҕата Бачыытал оҕонньор 300-чэ сүөһүлэнэ сылдьыбыт, ону таһынан хас эмэ атыыр үөрэ сылгылааҕа үһү. Оттон Улахан Самсонов диэн киһи 1500 тиийбит сүөһүлээҕин архыып докумуона туоһулуур. Кини 19 үйэ иккис аҥарыгар кинээстээбит киһи.

Петрова Варвара Андреевна төрүтэ Айаҕалыыр кинээс 18 үйэ маҥнайгы аҥаарыгар олорбут. Сэһэҥҥэ да, докумуоҥҥа да ахтылларынан кини аҕыс ойохтооҕо, аҕыс уоллааҕа үһү. Сыдьаана Бөдөк муҥутаан сүүсчэкэ сылгыламмыт, биэс уонча ынах сүөһүлэммит. Ону 1930-с сс. кулаактаабыттар.

Онон Үөдэйгэ Чиллэ үрэҕин батыытыттан саҕалаан хас эмэ тыһыынчанан сылгыны-ынаҕы ииттэн, аһаан-таҥнан, байан-тайан олорбут дьоннор үөскээн-төрөөн ааспыттара.

Ньурбачаан

Ньурбачаан нэһилиэгэ диэн 1981 с. ааттаммыта. Ол иннигэр 2 Бордоҥ, 1 Ньурба, Накаас нэһилиэгэ диэн ааттары сүгэ сылдьыбыта. Бу түөлбэҕэ Түүлээх Түҥүрдээх Түлүөн ойуун удьуордара ааттаах-суоллаах кинээстэр, араас баайдар олорон ааспыттара. ХVIII үйэ иккис аҥаарыгар Оҕуруоттаахтар диэн ийэ уулаах икки улахан эбэни бас билэн, Дьаарын диэн ойуун, кинээс киһи олорбут. Кини сүүһүнэн ынах-сылгы сүөһүлээҕэ үһү. Төлүөн Ойуун хос сиэнинэн уонна 1 Бордоҥ нэһилиэгин төрдүнэн буолар. Кини төрүтэ Захар Попов Ньурба нэһилиэгин старостата, 1891 с. Иркутскай куоракка ыраахтааҕы нэһилиэнньигэ Николайы көрсө Саха сирин делегациятыгар киирсэн бара сылдьыбыта. Уолаттара Петр уонна Алексей Захаров диэн араспаанньаланан кинээс, суруксут сололоммуттар. Алексей диэн уола баайы утарар, куолуһут эбит. Ону дакаастаары аҕатыттан хаалбыт баайы бүтүннүү эспит. Сүлэ баайдара Ордьоҥхолор күтүөт оҥосто сатаабыттарын буолбакка, ускул соҕус сылдьан өлбүт. Онон баайы утарааччынан кэпсэлгэ киирбит.

Онон нэһилиэк сис баайдарынан баай Поповтар буолаллар. Биир төрүттэрэ Григорий Попов-Харчыахаан 18 үйэ ортото Хочо ааттаах баайа Аллаҥа кыыһын Уочаха диэни сүгүннэрэн аһара байбыт, киниттэн удьуордаан туран баай Поповтар ууһаабыттар. Киргиэ уола Сэмэн Попов Бодойбоҕо сүөһү үүрэн эргинэн байбыт. Кэлин кулаак оҥорбуттар. Дьиэтэ Араҥастаах детдома буолбут, онто Күндээдэҕэ оскуола сорҕото буолан 1998 с. дылы турбут. Киргиэ уола атын уола Николай Попов 1894-1900 сс. Марха улууһун кулубата. 1898 сыллаахха улуус тыа хаһаайыстыбатыгар ситиһиилэрин иһин Станиславскай лиэнтэлээх үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Киргиэ өссө биир уола Гаврил Попов Бүлүү Тылгынытын ааттаах баайа И.И. Ивановка-Хандыыга күтүөт. Онон кыһын аайы кыттыгас, ахсаана биллибэт обуоһу Бодойбоҕо ыыталлара үһү.

Сүлэ

Ньурба күөлүн хорон түһэриини көҕүлээбит Савва Мөрсүөйэп саҕаттан Сүлэни туспа нэһилиэк гынарга туруорсуу түмүгэр Сүлэ нэһилиэгэ 1837 с. үөскээбитэ. Нэһилиэк сис баайдарынан Ордьоҥхолор буолаллар. Кинилэр түөрт бырааттыылар. Улаханнара Тураах, 300 сүөһүлээх, Быыкыга олорбут. Кэлин дьиэтигэр сэбиэскэй саҕана бастакы оскуола аһыллыбыт. Биир хоруобуйа көмүһүн Насыровтарга албыннаппытын туһунан кэпсээн баар. Иккис Ордьонхо – Сөдүөт. Сүлэттэн Дьиикимдэҕэ барыыга олорбут, 300 сүөһүлээх. Дьиикимдэ эбэтигэр Сүлэ нэһилиэгин сирин баһылаан оттуур эбит. Билиҥҥэ диэри Алексеев арыыта дэнэр. Үһүс уол – Муҥур Илии. Кини ордук байбыттара буолар, 500 сүөһүлээх. Уола аатырбыт сэһэнньит, сир түннүгэ Уйбаан Алексеев, Сүлэҕэ кинээстээбит. Төрдүс уол Ыстапаан. Кини убайдарын курдук байа сатаабатах. Кэлин Хорулаҕа тахсан олохсуйбут, ыччаттардаммыт.

Дьиикимдэ

Дьиикимдэ аан бастаан туспа нэһилиэк быһыытынан 1918 с. Колчак былааһын саҕана үөскээбитэ. Онно бастакы кинээһинэн Иванов Егор Айаннитович – Айанньыт Дьөгүөссэтэ буолбута. Айанньыттар нэһилиэк саамай сэниэ ыаллара этилэр. Кинилэр сир оҥоруутунан, бурдук ыһыытынан дьарыктаммыттар. Барыта ойууру солоон 55 га бурдук ыһар бааһына таһаарыммыттар. Оччотооҕу кэмҥэ итиччэ улахан бурдук ыһар сирдээх дьон сахаҕа баара биллибэт, баҕар, бааһынайдарга баара буолуо. Биэс бырааттыы Айанньыттар бэһиэн тус туһунан бааһыналаах, иккилии хостоох ампаар дьиэлээх, сарайдаах ампаардаах, айахтарыгар сөп буолар ынах сүөһүнү ииттэн олорбуттар. Улахан уол Дьөгүөссэ бурдук мэлийэр мэлииһэлээҕэ үһү. Бурдуктарын кирбэйдэр диэн табанан сылдьар дьон Өлүнүөктэн тиийэ кэлэн атыылаһаллар эбит. Онон харыларын күүһүнэн, сатабылларынан бурдук үүннэриитин баһылаан, кэҥэтэн, сайыннаран сэниэ ыаллар, баайдар дэппит Айанньыттар буолаллар.

Күндээдэ

Кугдаар сиригэр, уруккута Сунтаар улууһа, Мындай баай олорбут. Муҥаат баай дииллэрэ үһү. Сүөһүтүн-сылгытын ахсаанын чуоккайын да билбэтэ да үһү. Ол муҥаат диэн ааты ылбыта Кугдаар Суораттааҕыттан икки көс ыраах Кураҥ диэн сир баар. Онно кыстаабыт сүөһүтүн Суораттаахха үүрэллэригэр бастаан таһаарбыт сүөһүтэ Суораттаахха тиийэригэр сорох сүөһүтэ Кураҥтан хоҥно илик буолара үһү. Сылгытын төгүрүччү сүрдьүгэс күрүөлээх сыһыыга хаайан баран көрдөҕүнэ — сылгыта хойуутук көстөр буоллаҕына “чэ, син эбит” диэн астыммыттыы көхсүн этитэрэ үһү. Уола Эчиэкин аҕатыттан хаалбыт баайы өссө хаҥаппыт. Суораттаахха араҥаһа турбутун 1926 сыллаахха С.Е. Шрейдер салалталаах экспедиция үлэһиттэрэ соҕуруу илдьибиттэр, ол араҥас куорчаҕа (хоруоба) Казанскай соборга религия уонна атеизм музейыгар “Гробница якута из Кугдарского наслега” диэн суруктаах турбут.

Хорула

Хорула сирэ-уота кыараҕас буолан сүүһүнэн үөрдээх, тыһыынчанан сүөһүлээх баайдар үөскээбэтэхтэрэ. Ол эрэн онно даҕаны сатабылларынан, булугас өйдөрүнэн, сүрэхтэринэн-бэлэстэринэн сэниэлэммит, байбыт дьоннор бааллар. Холобур, Чохойо Саввинов. Кини сир оҥоһуутунан элбэхтик дьарыктаммыт. Чиллэ Дьаарханын күөлүн түһэрииттэн саҕалаан барыта 40-ча күөлү түһэрэн от ходуһаларын таһаарыммыт. Ойууру солоон бааһына сирэ таһаарынан, бурдук ыһыытынан дьарыктаммытын туһунан кэпсээннэр эмиэ бааллар. Кэлин элбэх оту оттоон, кураан сутун саҕана (1897-99) Марха улууһун атын нэһилиэктэригэр от атыылаан, байан, Харчылаах Саввинов (сороҕор Саввин) диэн ааттаммыт. Кини Хоруланы туһунан нэһилиэк гынар туһугар Таркаайыларга 40 күөллэринээҕи сирдэри төлөбүрэ суох биэрэн сөбүлэҥнэрин ылбыта диэн уос номоҕо баар. Хорула 1897 с. биэс сүүсчэкэ киһилээх, сэттэ уон тоҕус туруорбах дьиэлээх туһунан нэһилиэк буолбута. Маны таһынан Харчылаах Саввинов Таҥара дьиэтигэр (Таркаайыга?) 8 бууттаах куолакалы бэлэхтээбитин туһунан кэпсэл эмиэ баар.

Онон киэҥ Ньурбабытыгар тыйыс айылҕаны утары охсуһан, сүөһү ииттэн, күөлү түһэрэн ходуһа таһаарынан, атыыһыттаан-эргинэн, бурдук үүннэрэн халыҥ харчыламмыт, үөгүлүүр үптэммит, байбыт-тайбыт дьоммут аҕыйаҕа суохтар.

Борисов Б.Б.

227
Опубликован admin - 05.07.2019
 
 
Category: История, философия | Views: 1110 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  От ыйа 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 11
Ыалдьыттар (гостей): 11
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024