News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2019 » Сэтинньи » 27 » Арассыыйаҕа хамнас тоҕо олус намыһаҕый?
Арассыыйаҕа хамнас тоҕо олус намыһаҕый? | 12:22 |
Арассыыйаҕа хамнас тоҕо олус намыһаҕый?
Манна кэккэ биричиинэлэр бааллар. Олортон сорохторун ырытан көрүөҕүҥ.
1. Нолуок олус элбэх. Хамнастан 13 %-ны эрэ туталлар дии саныыбыт эрээри дьиҥэр, холобур, хамнас 20000 солк. буоллаҕына үлэһит бэйэтэ онтон 13 %-ын НДФЛ-ы төлүүр. Ити 2600 солк. буолар. Оттон үлэ биэрээччи үлэһитин оннугар ОМС Фондатыгар 5,1 %-ын – 1020 солк. төлүүр. Ону таһынан ПФР-га 22 % төлөнөр, ити 4400 солк. ФОСС-ка 2,9 % төлөнөр, ити 580 солк. Итини таһынан 0,2 %-тан 8,5 %-ҥа диэри үлэ биэрээччи "травматизм" иһин төлүүр. Саамай кыра ставканан эбэбит 40 солкуобайы. Инньэ гынан нолуокка барыта 8640 солк. тутулунна. Эбэтэр 43,2 %. Итиннэ эбии эбэһээтэлинэй төлөбүрдэр киирэллэр. Түмүгэр хас биирдии үлэһит хамнаһыттан 55 %-на нолуокка тутуллар.
Мантан көстөрүнэн үлэ биэрээччи хас биирдии үлэһитин аайыттан судаарыстыбаҕа 42 %-нын төлүүр. Бу элбэх төлөбүр. Ол иһин сорох үлэ биэрээччи үлэһитигэр хамнаһын кэмбиэргэ уган биэрэр, онтугар нолуок төлөөбөт. Үлэһит учуоттаммытынан аҕыйах тыһыынча хамнаһы аахсар курдук, онтуттан бэрт кыра нолуогу төлүүр. Үлэ биэрээччи итини таһынан барыыс киллэрбититтэн, онтон да атын нолуоктары төлүүр. Нолуок аһара улаханын суотугар үлэ биэрээччи үбэ-харчыта үксэ төлөбүрдэргэ баран тэрилтэтин кыаҕырдарга кыаҕа тиийбэт, инньэ гынан үлэлии сатаан баран эстэн хаалар. Сыл аайы кыра уонна орто предпринимателлэр 4 %- нара сабыллаллар диэн Росстат отчуоттуур.
Быйыл өссө кырдьаҕастары көрөргө-истэргэ предпринимателлэртэн 1 % эбии төлөбүрү ылаары гыналлар. Кырдьаҕастары көрүү-истии, биллэн турар, наадалаах дьыала эбитэ буолуо да, ити эбии төлөбүр чааһынай биисинэһинэн дьарыгыра сатыыр дьону эбии мөлтөтөрө буолуо. Дьиҥэр ити дьыалаҕа атын да суолларынан кырдьаҕастары көрүөххэ-истиэххэ сөп эбитэ буолуо. Бюджет профицита (туттуллубакка хаалар үп) быйылгы 2019 сыл бастакы аҥаарыгар 2 трлн. солк. буолбут. Итини таһынан нация барҕарыытын Фондатыгар 8 трлн. солк. мунньуллубут. Итилэри туттуохха сөп этэ да тоҕо эрэ үөһээ чөмчөкөлөрбүт ол туһунан санаабаттар. Дьэ, дьээбэ!
2. Олус үрдүк инфляция. Сыл аайы сыана харыыта суох үрдүү турар. Сыана бастаан оттукка үрдүүр, онтон сылтаан бары-барыта ыарыыр. Аан дойдуга оттук саппааһынан Арассыыйа бастакы миэстэлэргэ сылдьар курдук эрээри, оттукпут сыаната тоҕо мэлдьи үрдүү турара букатын өйдөммөт. Ньиэптэ, гаас баайдаах дойдулар оттуктарын сыаната дойдуларын иһигэр букатын кыратын туһунан бары көрө-истэ сылдьабыт эрээри Арассыыйаҕа төттөрү хартыына. Сыана олус үрдээн туох баар төлөбүрдэр эмиэ үрдүү тураллар.
Дьон хамнаһа кыратыттан сылтаан уонна сыана тохтоло суох үрдүү турарын кыһалҕатыттан кирэдиит хабалатыгар киирэрэ олус элбээтэ дииллэр. Урут кирэдиити улахан атыылаһыыга (дьиэ-уот, массыына эҥин) анаан ылар эбит буоллахтарына, кэнники кэмҥэ күннээҕи аһылыкка анаан ылааһын элбээбит курдук. Хамнас кырата бэрдиттэн кирэдиити кэмигэр төлөөбөт дьон ахсаана кэнники кэмҥэ олус элбээн эрэр диэн Киин Баан статистиката көрдөрөр. 50 мөл. кирэдииттээх дьонтон 12-13 мөл. дьон кирэдииттэрин 2-3 ыйы быһа кыайан төлөөбөт эбиттэр. Итиннэ МФО-лары (микрофинансовые организации) утары эҥин-араас сокуоннар ылыллаллар да олор үлэлэрэ тохтообот.
Хамнас кыратын кыһалҕатыттан коммунальнай төлөбүрдэр (электроэнергия, бөх-сыыс хомуура о.д. а.) төлөммөт буолуулара кэлин олус элбээбит курдук. Кэнники бириэмэҕэ мэктиэтигэр араадьыйаҕа уотуҥ харчытын кэлэн төлөөтөххүнэ киэргэл ыларгар сертификат биэриэхпит диир реклама тахсар идэлэннэ. Киһи да сөҕөр: аһыыр харчыта суох киһи күндү металтан оҥоһуллубут киэргэли ылар харчылааҕа буолуо дуо?
Бырабыыталыстыба вице-премьерэ Ольга Голодец этэринэн үлэлээх эрээри олус дьадаҥы 5 мөл. дьон Арассыыйаҕа бааллар. Бу дьон 2016 сыллаахха МРОТ (минимальный размер оплаты труда) 10678 солкуобайын үрдүнэн ыйдааҕы хамнастара 7,5 тыһ. солк. буолбут. Арассыыйаҕа орто хамнас син ботуччу курдук (2018 сыл бэс ыйыгар 45840 солк.) көрдөрүллэр эрээри итини үгүс экспердэр сымыйа дииллэр. А.Навальнай этэринэн Арассыыйаҕа орто хамнас 15000-18000 солк.
85 субъектан орто хамнастан намыһах хамнастаах 69 субъект баар (итиннэ Кавказ субъектара, Дагестан эҥин киирэллэр), 16 эрэ субъект хамнаһа ортоттон үрдүк. Итиннэ Москва, Петербург курдук бөдөҥ куораттар киирэллэр.
Быйыл Арассыыйаҕа өлүү ахсаана төрөөһүннээҕэр хас да сүүс тыһыынчанан элбээтэ дииллэр. Ити чааһыгар аҕыйах хонуктааҕыта Д.Медведев субъектар салайааччыларын (губернатордары) сэрэттэ: өлүү ахсаанын олус элбэх курдук көрдөрдөххүтүнэ сэрэниҥ – миэрэҕэ тардыллыаххыт. Дьиҥнээх статистика Арассыыйаҕа суох.
Дьон хамнаһа үлэ баар буоллаҕына үрдүө эбитэ буолуо. Ол наадатыгар экономика сайдыахтаах. Итиннэ Арассыыйа көрдөрүүлэрэ букатын мөлтөхтөр. Аан дойду таһымынан ырыттахха Арассыыйа үрдүкү технологиялаах бородууксуйатын экспорда нэһиилэ 0,3 % эрэ буолар эбит. Ити көрдөрүүтүнэн Арассыыйа Аан дойдуга 30-с миэстэлээх. Былырыын этиллибит 5-с миэстэ туһунан баҕа санаа утопия быһыылаах. Дойдуга оҥоһуллар бородууксуйа Аан дойдуга ханна да атыыга барбат: хаачыстыбата мөлтөҕө бэрт. Аһылык өттүгэр ылан көрдөххө албын аһылык элбэҕэ бэрт эбит. Холобур, пальмовай арыылаах (дьаат) аһылык олус элбээбит: ынах арыыта эҥин.
Онуоха эбии кэнники Арассыыйаны утары санкциялар сайдыыны улаханнык атахтыыллар. Дойду иһигэр да туттуллар бородууксуйа букатын оҥоһуллубатын кэриэтэ: дьон үлэлээбэт буолбута ыраатта. Ыччат оскуола кэнниттэн үрдүк үөрэххэ эрэ киирэ сатыыр. Онтун бүтэрэн да баран үлэ булбат. Үлэ да суоҕа бэрт уонна үлэлиэн да баҕарбата сүрдээх. Үрдүк үөрэх кыһаларын 40 %-рын сабыахха дииллэр эбит элбэх ырытааччылар. Билигин үрдүк да үөрэҕи бүтэрбит ыччат билиҥҥи саҥа ирдэбиллэрдээх үлэҕэ үлэлиир кыаҕа суох: билигин даҕаны былыр үйэҕэ производствоттан тахсыбыт оборудованиеҕа, техникаҕа, ирдэбиллэргэ ыччаты үөрэтэ сатыыллар.
2018 сыл түмүгүнэн дойдуга 18,9 мөл. дьадаҥы баар эбит, эбэтэр нэһилиэнньэ 12,9 %-на. Бу прожиточнай минимумтан аҕыйах дохуоттаах ыаллар. Путин бу дьон ахсаанын саатар аҥаарын аҕыйатыахха диир даҕаны, итинник быһыы-майгы өтөрүнэн көнөр кыаҕа суох диэн кэккэ экспертэр этэллэр. Оҕолоох ыаллар дьадаҥы буолар эбиттэр. Судаарыстыба өттүттэн дьадаҥыларга көмө диэн баар курдук. Ол эрээри ити көмө дьону күлүү гыммыт курдук букатын кыра буолар. Холобур, Нижегородскай уобаласка хат дьахтарга аһыырыгар диэн ыйга 600 солк., кыра оҕоҕо 100 солк., аҥаардас ийэҕэ 200 солк., инбэлиит оҕоҕо 1000 солк. ыйга көрүллэр.
Ону таһынан сорох регионнарга ЖКХ төлөбүрдэрин аҥаарын былаастар уйуналлар. Татарстаҥҥа кыаммат ыаллар 3 саастарын туола илик оҕолоругар сылга 10000 солк. эмп ылалларыгар көмөлөһөллөр. Дьокуускай куоракка элбэх оҕолоох ыаллар оҕолорун автобуска быйылгыттан босхо тиэйэр буоллулар. Итини таһынан социальнай контракт диэн өйдөбүл кэлин баар буолан эрэр. Ол быһыытынан судаарыстыба ханнык эмэ көмөнү (100 тыһ. солк иһинэн-таһынан) дьон бэйэлэрин биисинэстэрин тэринэллэригэр оҥорорго былааннанан эрэр. Дьиҥэр, көмө былаас өттүттэн урут да оҥоһуллар этэ эрээри ол көмө эффегэ букатын намыһах этэ дииллэр.
Дьон олоҕо тосту көнөрүн наадатыгар экономика уларыйыан наада диэн экспертэр мэлдьи этэллэр. Үөрэҕириигэ, медицинаҕа тосту уларытыылары киллэриллиэхтээх эбит. Итинник ирдэбиллэр бааллара биһиэхэ, боростуой дьоҥҥо, олус өйдөнөллөр эрээри үрдүкү былаастар ити хайысхаҕа тугу да хамсатыахтарын баҕарбаттара былаас чөмчөкөлөрө тиийигэннээбэт эрэйдээхтэр дуу диэх айылаахтар. Дьэ, сүрдээх!
3. Хапытаал харыыта суох таска тахса туруута тохтуур чинчитэ суох. Дойду иһигэр оҥорон таһаарыы түмүгэр үөскээбит үп-харчы барыта кэриэтэ тас дойдуларга тахса турар биричиинэтэ биллэр: Арассыыйаҕа баар бөдөҥ тэрилтэлэр бары омук дьонун бас билиилэрэ эбит. Бэйэлэрэ үлэлээн булбут үптэрин-харчыларын бэйэлэрэ ылбакка тоҕо Арассыыйаҕа хаалларыахтаахтарый? Ааспыт сыл түмүгүнэн 70 млрд. доллар үп кыраныысса таһыгар куоттарыллыбыт. Ити Арассыыйа оборонатыгар туттар сыллааҕы үбэ. Дьэ, ыарахан!
Вадим Шарф (Ютуб телеканал блогера) этэринэн, нууччалыы ааттаах табаардар (холобур, "Балтика" биибэ, "Коркунов" сакалаат, "Петр Первый" сигэриэтэ онтон да атын табаардар) бары омук дьонун бас билиилэрэ эбиттэр. Үп-харчы харыыта суох кыраныысса таһыгар куотарын (офшордарга куотар дииллэр) утаран Путин амнистия биллэрэбин, харчыгытын төттөрү киллэрдэххитинэ эҥин-араас чэпчэтиилэри оҥоруохпут диэбитэ хас да сыл буолла да, туох да хамсааһын билиҥҥитэ тахса илик.
Аны туран омук дьоно бородууксуйаларын сыанатын чэпчэтээри, конкуренцияҕа инники күөҥҥэ сылдьаары Арассыыйа дьонугар кыра хамнаһы төлүүллэр. Атын дойду үлэһиттэригэр кыра хамнаһы төлөөтөхтөрүнэ онно улахан айдаан тахсар. Аан дойду сайдыылаах дойдуларыгар хамнас үрдүгэ сүүһүнэн сылларга үлэһиттэр забастовкаларын, бырачыастыыр дьайыыларын түмүгэр баар буолбута дииллэр. Онно профсоюзтар күүстээхтэр.
Арассыыйаҕа итинник көстүү суох. Арассыыйаҕа норуот букатын мөлтөх хаачыстыбалааҕа эрэ ордубут курдук. Чулуулара бары бу иннинээҕи алдьархайдарга: өрө туруулаах революцияларга, гражданскай сэриилэргэ, репрессияларга, Аҕа дойду сэриитигэр кыргыллан бүппүттэрэ. Билиҥҥи хаалбыт норуот сүнньүнэн быдло: арыгыһыт, сүрэҕэ суох уонна түөкүннүү майгылаах. Оннооҕор киһилии бырааптарын көмүскээн миитиннэргэ тахсар сүрэхтэрэ суох. Итинник мөлтөх хаачыстыбалаах дьоҥҥо кыра да хамнас сөп буолуо дииллэр, үлэ биэрээччи олигархтар.
4. Хамнас кыратыгар бөдөҥ холдиннар, трастар, омук хаһаайыттар улахан оруоллаахтар дииллэр.
5. Сиртэн хостонор баай, ойуур маһа олус чэпчэки сыанаҕа тас дойдуларга атыыга бара турар, олохтоох дьоҥҥо онтон туох да тиксибэт.
6. Экономическай зоналарга араарыы хамнас аччыырын эмиэ биир улахан биричиинэтэ.
7. Үүнэ-тэһиинэ суох бара турар коррупция. Коррупцияны утары үлэлиэхтээх быраабы араҥаччылыыр үрдүкү сололоох чиновниктар 10-лыы миллиард солкуобайы олорор дьиэлэрин хоһугар ыы-быччары сааһылаан сыталларын булаллар. Үбү-харчыны уорар дьон баайдарын-дуолларын конфискациялыыр туһунан сокуоннар ылыллыбаттар, тоҕо диэтэххэ депутаттар бэйэлэрэ ити дьыалаҕа эмиэ улахан сыһыаннаах быһыылаахтар. Дойду чөмчөкөлөрө бэйэлэрэ эмиэ ити дьыалаҕа (коррупцияҕа) хайдах сыһыаннаахтарын туһунан интернет толору. Көҕөн көттөҕүнэ көппөх өрүкүнэйэрин кэриэтэ дойду үрдүнэн чиновник бары араҥата итини көрө-көрө, бэйэ-бэйэлэриттэн үтүктүһэ-үтүктүһэ дойду үбүн-харчытын уҥа-хаҥас таһыы бөҕө буола олороллор. Уонна итиннэ туох да утарылаһыы суох курдук. Дойду эстэрэ чугаһаан эрэр быһыылаах!
8. Ханнык баҕарар таһымҥа, Арассыыйа бырабыыталыстыбатын таһымыгар тиийэ, билии-көрүү таһыма олус намыһах диир эбиттэр. Ол суотугар туох да кыаллыбат, биир да дьоһуннаах реформа олоххо кыайан киирбэт. Реформалар оҥоһуллар да буоллахтарына барыта киһини күлүү гыммыт курдук түмүктээх буолаллар. Үөрэҕирии реформаларын түмүгэр ыччат тугу да билбэт, өйдөөбөт буолла, оскуолалар сабылла тураллар. Ону "оптимизация" диэн ааттыыллар. Доруобуйа харыстабылыгар эмиэ "оптимизация" бара турар: балыыһалар сабыллаллар.
9. Бүтэһигинэн президент олус намыһах билиилээх-көрүүлээх дииллэр. Дойдутун сатаан салайбакка дойдутун эһэн эрэр, Аан дойду сайдыытыттан дойдутун улаханнык хаалларар суолга киллэрдэ, Сайдыылаах дойдулар санкцияларыгар норуотун, дойдутун анньан биэрдэ. "Арассыыйа нэһилиэнньэтин кыра хамнаһа – бу буолуохтаах быһыы-майгы, онон өһүргэнимэҥ" диир эбит муҥур дьаһалтабыт. Бырабыыталыстыбабыт баһылыга "Хамнаспыт кыра диир буоллаххытына биисинэһинэн дьарыгыра барыҥ" диэн учууталларга этэр
|
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения |
Views: 977 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 80 Ыалдьыттар (гостей): 80 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|