Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Олунньу » 23 » МАКРОН, МАКАРОН УОННА ОМИКРОН БИЛБИТ - КӨРБҮТ”
МАКРОН, МАКАРОН УОННА ОМИКРОН БИЛБИТ - КӨРБҮТ”
17:55

МАКРОН, МАКАРОН УОННА ОМИКРОН

Быһылаан үөһэ быһылаан... Ис-тас политика, сэриинэн ииригирии, сыана ыарааһына, дьаҥ-дьаһах дойдубутун тилийэ сүүрдэ. Кыра-хара араҥа хайдах буолабыт, хайдах дьаһанабыт? Итиннэ чопчу хоруй, этии суоҕун курдук суох. Политиктар, политологтар аҥы-аҥы куолулара абырыа, өрүһүйүө дуо? Мин эмиэ куолулуу түһүүм.

Макрон

Олунньу 7 күнүгэр Франция баһылыга Эммануэль Макрон Москваҕа кэлэн анаан-минээн В.Путины кытта көрүстэ. Эмиэ Украина айдаана, хайдах маны уҕарытабыт, киһилии кэпсэтэбит, эйэ дэмнээхтик олоробут диэн. Бэрт тулуурдаах, холку, эдэр баһылыктаахтар эбит французтар. Көрдөххө, биһиги баһылыкпыт суоһурҕанар эрэ. Киһилии истиҥник кэпсэппэт эрээри тоҕо да ыҥырбытай диэх айылаах. Атын бары да судаарыстыбалар баһылыктара эйэлээх быһыыга-майгыга ыҥырар, онно дьулуһар курдуктар ээ. Макрон бэйэтэ салайар Франциятыгар да проблема суох буолуо дуо, син атыттарга курдук баар аҕай буоллаҕа. Ону ол диэбэккэ кэлэн кэпсэтэ сатыыр кини эрэ буолбатаҕын билэбит. Наһаа куһаҕан майгылаах Лукашенкаттан уратылар сыаллара биир курдук: Украина бэйэтэ туспа тутулуга суох судаарыстыба, олордун, дьаһаннын, кыыллаамыахха, тура-тура үөҕүмүөххэ, ол оннугар бэйэни көрүнүөххэ диэн. Суох, биһиги кими да истибэппит. Украина НАТОҕа киириэ диэн куттанабыт. Ол түмсүүгэ баар 30 судаарыстыба бэйэлэригэр эрэллээхтэр, көмүскэллээхтэр, кинилэргэ ким да суудайбат, суоһаабат. Хата бэйэбит онно киирэн баран эйэ дэмнээхтик ис олохпутун, экономикабытын тупсарыыга турунарбыт тоҕо сатаммата буолла? Араас санкциялар, ыстарааптар уурайаллара, сэрии сэбин оҥостууга ороскуот аҕыйыыра, эргиэн элбиирэ, эйэлээх быһыы эргиллэрэ норуот дьоло буолуох этэ буоллаҕа. Франция эдэр баһылыга Эммануэль Макрон кэлэн барыыта, кини үтүө дьулуһуута туох да түмүгү биэрбэтэ диэн политиктар айманаллар эбит.

Макарон

Аска-таҥаска сыана үрдүүр дииллэрин аахайбат да курдук буолан бардыбыт эрээри бу быһыы бэйэтин биллэрэн эрэр. Биһиги кырдьаҕастар “фирменнай” аһылыкпыт макарон сыаната үрдүү охсубутуттан дьэ эрэ ону

өйдөөбүт курдук буоллубут. Макаронтан сылтаан атыттары көрбүтүм бары ас барыта ыараабыт. Биллибэккэ-көстүбэккэ, “саҥата-иҥэтэ” суох, сэмээр, уоран кэриэтэ оҥоһуллар эбит бу сыана ыарааһына. Биир бэйэм оннук санаатым. Тастан кэлэр аһы аахсыбакка туран, бэл бэйэбит оҥорон таһаарар бородууктабыт эмиэ харса суох ыарыыр. И.Пономарев былырыын сэрэппитэ хайы-үйэҕэ кэллэ, олохтоох арыы сыаната “үллэ” түстэ. Сыана наһаа үүнэ-тэһиинэ суох үрдүүрүттэн Бааһынай рыногар ас атыыга барбакка салгын сиир, буорту буолар куттала кэллэ. Ону ханнык да тохтотор күүс суох, биһиги дойдуга сыананы хонтуруоллуур, дьаһайар уорган да, туох да буруйа суох атыыһыттарга көмө буолар тэрээһин да суох. Борустуой макаронтан сэдиптээн итинник курус түмүккэ кэллим. Аһыыр ас эрэ туһунан эттэххэ итинник, манна сымыйа, ханнык да үлүннэрии суох.

Омикрон

Бу дьаҥ аан дойдуну аймаабытын көрөн олоробут. Кинини утары тугу эрэ айабыт, идэбитинэн атыттары кытта бэрт былдьаһабыт, биһиги эрэ ваксинабыт үчүгэйин кэпсиибит, модьуйан туран быһыы оҥоробут. Биһиэнэ барыта киһиттэн таһынан. Быраастарбыт барахсаттар сылайдылар, эттэрэ –тириилэрэ баранна, сылбалара быһынна. Ковидтан, омикронтан атын ыарыы умнулунна, онуоха күүс да тиийбэт үлүгэрэ быһыылаах. Төрүт ыарыылаахтар эмтэммэккэ өлүү айаҕар анньылыннылар, ону ким да ааҕан, ырытан көрбөт быһыылаах. Дьаҥ эрэ айдааныгар сылдьыы буолла. Тыалар тулуһа сатаан баран дьаҥҥа маассабайдык тииһэнэн эрэллэрэ иһиллэр. Хайыай, медпуун дуомнаахтара оптимизация “көмөтүнэн” сабыллан, сарбыллан олордохторо. Дьаҥтан быһыыны ылыы туһунан. Бу дьаҥнар кэлиилэрэ эмискэччитэ, кубулҕата бэрт буолан учуонайдары булкуйан кээспитэ быһыылааҕа. Иккиһин ыалдьыбаккын, быһыы ылбыт киһи дьаҥҥа хаптарбат диэн буолбута сыыһата көстөн тахсыбыта. Дьону быыһыы сатыыр тоҕо кыаллыбатый, соруйан киһи ахсаанын сарбыйыы барар диэччилэр кытта көстүбүттэрэ. Туох билиэ баарай да, итини итэҕэйэр бэйэҕэр эрэ куһаҕаны аҕалара буолуо. Мин быһыыны ылан олоробун. Миэхэ доктор Геббельс пропагандатын курдук агитация наадата суох, ыларым ылбатым бэйэм көҥүлүм. Баҕар боптохторуна да ылыам этэ. Путин маҥнай “барыта көҥүл өттүнэн буолуохтаах” диэн баран төттөрү чугуйбута, тылын төттөрү ыларга күһэллибитэ. Быһыыны ылары наһаа күүскэ модьуйаннар, үлэттэн үүрүүнү кытта таһаараннар дьон төттөрү хайыспыта. Медиктэрбит, учууталларбыт улахан агитацията да суох быһыыны ылыах этилэр, тус санааларыгар, үлэлииллэригэр да көмө буолуо турдаҕа.

Дьаҥ маҥнай тарҕаныытыгар сыыһа дьаһал ылыныыта, сыыһа-халты туттуу баар этэ. Билбэттэн, ситэ сыаналаабаттан да буолуон сөп, ол саҕана ким тугу билбитэ баарай. Ол эрээри “бырастыы гыныллыбат” алҕастар эмиэ бааллара. Холобур, дьаҥ Дькуускайга бастаан биллиитигэр хайа эрэ тойон дуу, хотун дуу дьаһалынан автобус сырыытын аччаппыттара дьиибэ этэ. Дьон остановкаҕа тоҕуоруһуу, автобуска симсии бөҕөтө буолбута. Автобус сырыытын элбэтэр, дьон ыксаласпатын ситиһэр оннугар итинник этэ, ыарыы сонно өрө барбыта, ол көстөн олороро. Ону хайа тойоҥҥо этэҥҥин истиэҕэй, сэҥээриэҕэй? Иккиһинэн, мээр быыбарын иннигэр студеннары уопсайдарга симэннэр ыарыыны күөдьүппүттэрин туһунан суруйбуттара. Мээр туһугар куоластатаары диэбиттэрин киһи итэҕэйэр, уруккаттан биллэр ньыма. Ол гынан баран маннык уодаһыннаах ыарыы кэлэн турдаҕына туттуллуо суохтаах ньыма этэ, төһө да сыалы ситиһиигэ толук наадатын иһин. Түмүккэ этэбин: биһиги көлүөнэ кырдьаҕастары аччатарга аналлаах дьаҥнары айдылар дииллэр да, биһиги өссө оҕо эрдэхпитинэ айылҕа наардааһынын (естественный отбор) ааспыт дьоммут. Омикронтан тыыннаах хааллахпытына наардааһыны иккиһин аастыбыт дэниэхтээхпит уонна өссө уһуннук олорорго дьулуһуохтаахпыт. Эдэрдэр тулуһуохтара, кырдьаҕастар харыстаныаххайыҥ, күн сирэ күндү, дьаҥҥа кыайтарымыаххайыҥ!

Иван БУРЦЕВ 12.02.2022 с.

БИЛБИТ - КӨРБҮТ”

Бу ый 14 күнүгэр “Талбан” диэн биэриини көрдүбүт. Саха сирин дьылҕатыгар улахан суолталаах түһүмэх кэми – автономияны ылбыппытын тула кэпсэтии барда. Бэрт аҕыйах ыйытыы киирдэ, үгүс истибиттэр ыйытан хоруй ылыахтарын соччо баҕарбатахтарыттан быһыылаах. Маннык улахан суолталаах дьыалаҕа саарбах хоруйу ылбат ордук диэбит да баара буолуо. “Историкпыт” – урукку лүөччүк В.Пестерев аҥар кырыы кэпсии сатаата, барытын быһаарбыт, орун-оннугар уурбут эбит. Пестерев автономия боппуруоһун аан бастаан Күлүмнүүр өссө 1908 с. көтөхпүтүн аахпатах дуу, умнубут дуу. 1921 с. П.Ойуунускай И.Бараховтыын партия 10-с съеһигэр Москваҕа сылдьан кэлээт: ”Биһиги Бараахаптыын аптаныамыйаны син биир туруорсуохпут” – диэбитин дьиҥнээх историктар суруйбуттара ахтыллыбата. Төттөрүтүн, Ойуунускайдаах Аммосов утара, саарбахтыы сылдьыбыттарын курдук кэпсээн, дьоҥҥо оннук өйдөбүлү соҥноото. Мөккүөр быстах кэмҥэ син баара буолуо да ити икки киһи биир түмүккэ кэлэннэр доҕотторун кытта республиканы олохтоотохторо дии. Мөккүөр оччоттон баччаҕа диэри баара, баар да буолара буолуо. Олунньутааҕы революция кэнниттэн учууталлара Ярославскай уонна Петровскай сылаас дойдуларыгар баран хаалбыттара. Үөрэппит эдэркээн уолаттара бу будулҕаҥҥа бэйэлэрэ эрэ хаалбыттар. Хата муммут кус оҕотун курдук буолбатахтар ээ, быһаарсан, көрөн, бар дьоннорун сөптөөх суолга туруора сатаахтаабыттар. Бэл билигин ким тугу да быһаарбат үлүгэрэ, оттон оччотооҕуга? Ким “Сиэрдээх”,ким “Ньыгыл” буолуон билбэт, буккуллар. Чурапчылар соторутааҕыта “Ньыгыллары” утары куоластаан баран, аҕыйах хоноот баһылык быыбарыгар “Ньыгыл” буола оҕустулар. Бараховка, Ойуунускайка, Аммосовка, Ксенофонтавтарга, Михайловка, Артемьевка, Боссоойкоҕо о.д.а. үгүстэргэ бука барыларыгар махтаныах эрэ тустаахпыт. Ээ-дээл буолбатахтарын, көрөн баран олорботохторун, дьон-норуот туһугар хайдах өйдүүллэринэн охсуспуттарын, Сахаларын сирин историятын оҥорсубуттарын иһин. Историк буолаары олус эппиэттээх соругу туруоруммут киһи архыыпка кумааҕы лоскуйун булаат мин барытын быһаардым, арыйдым диирэ, сымнатан эттэххэ, сатамньыта суох. Дьиҥнээх чахчыга хайа да бэйэлээх историк тиийэрэ саарбах, ол иһин улахан учуонайдар итинниккэ туттуна соҕус сыһыаннаһалларын бэлиэтии көрөбүн.

Ойуунускай уонна Аммосов буруйдарын билиммиттэр үһү. Сымыйанан хомуньуус буола сылдьыбыттарын, Японияҕа барар санаалаахтарын. Летчик-историк быһаччы инньэ диэтэ. Баҕар, атыннык этиэн баҕарбыта, сатаан саҥарбакка итинник тахсан хаалта буолуо. Бу икки киһи Москваҕа (Лубянкаҕа дуу, Лефортова дуу) сыппыттарын, хайдахтаах курдук кырбаммыттарын, накааһы көрбүттэрин туһунан Пестерев тоһоҕолоон бэлиэтиэхтээҕэ. Сорохтор тулуйаллара, сорохтор суох диир. Ким да тулуйбат накааһа этэ, ити туһунан суруйуу бөҕө баар. Мин тулуйбаппын уонна тугу суруйбуттарыгар илии баттыыбын, итини быһаччы этэбин. Арай Пестерев тулуйара буолуо. Тиһэх кэмҥэ Ойуунускай “суукка тиэрдэллэрэ буоллар” диэбитэ эмиэ баар ээ. Мин ити биэриигэ биири дьиктиргээтим. Соторутааҕыта Саха сирин историята үс туомунан таҕыста. Пестерев ону көрбөтөх. Историкпын дэнэр киһи сонно тута булан ааҕыахтаах этэ буоллаҕа, суруйбут ааптардары убаастаан да туран. Онно баар-суох историктарбыт сыралара бардаҕа буолуо.

Иван БУРЦЕВ 14.02.2022 с.

Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1957 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 4
Ыалдьыттар (гостей): 4
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024