Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Алтынньы » 31 » УОТУНАН ООННЬООҺУН
УОТУНАН ООННЬООҺУН
16:46
УОТУНАН   ООННЬООҺУН

Ааспыт сылга таһаарбыт “Якутия радиоактивная” диэн кинигэм бүтүүтүгэр маннык тыллары суруйбутум:  “Наконец, я убежден в том, что ядерной войны не будет, особенно учитывая то, что инициатором создания МАГАТЭ при ООН в 1957 г. выступил президент США Д.Эйзенхауэр. Профессор Д.Пирс из Мичиганского университета доказал, что “любое, даже одностороннее применение ядерного оружия в итоге скажется на самом государстве, которое нанесет удар”.                                                           
Ити суруйуум сыл да ааһа илигинэ “иирэн” турдулар, сэриилэһэ сатаан баран ядернай сэрии сэбин араас көрүҥүнэн куттаһыы аһаҕастык ыытыллан эрэр. Ити киин телевиденияҕа уонна бэчээккэ көстөр. Батсаап, Интернет
диэни билбэппин, онно тугу суруйалларын соччо итэҕэйбэппин. Мин суоруллубат гына суруллубуту ордоробун.
                                    
   Запорожьетааҕы АЭС тула айдаан.                                                                 
           Маҥнай Запорожьетааҕы АЭС куттаабыта, ытыалыыллар диэн буолбута. Суоһурҕаныы курдук санаабытым, ким ытара чуолкайа суоҕа, бэйэ бэйэҕэ түһэрсии баара. МАГАТЭ специалистара кэлэн көрөн-истэн барбыттара да,
тугу чуолкай быһаарбыттарын биһиэннэрэ иһитиннэрбэтилэр. Билигин эмиэ кэлэн өссө икки АЭС-ны көрүөхтээхтэр үһү. Айылааҕын оннук эрэ буоллун.                          Өскөтүн Европаҕа саамай улахан Запорожьетааҕы АЭС тоҕо
тэптэрилиннэҕинэ туох буолуоҕун “Комсомольскай правда” (Алтынньы 12-19 күннэрэ, №41) специалистары кытта кэпсэтэн быһаара сатаата. Снаряд  бу станция аҥаардас тобоҕу харайар сиригэр эрэ да түстэҕинэ 130 км радиуска
туох барыта радиацияттан сүһүрэр. Мелитополь уонна Днепр куораттар эмсэҕэлииллэр, салгыы Днепр өрүс киртийэр, радиация Хара муораҕа киирэр. Оттон снаряд станция үлэлии турар реакторыгар түстэҕинэ Европа
киинигэр ядернай буомба эстиитигэр тэҥнээх. 100 км иһинэн туох да хаалбат үһү, оттон 300 км – кэмигэр саспыт, охсор долгунун (ударная волна) уонна саамай улахан сүһүрүүнү тулуйбут тыыннаах хаалар, хаһааҥҥа эрэ диэри.

Өссө реакторы сойутар уустук систиэмэ эмсэҕэлиир, оччотугар иэдээн өссө дириҥиир: Украина олоччу (Киевтиин), ону таһынан Молдова, Румыния, Болгария, Турция эмсэҕэлииллэр. Саамай куһаҕана – Днепр туох баар кири
Хара муораҕа киллэрэр, сүһүрбүт уу Грецияҕа, Италияҕа, Туниска, Ливаҥҥа тиийэ барар. Арассыыйа кыратык эрэ эмсэҕэлиэ үһү. Маннык түбэлтэҕэ Украина бэйэтин бэйэтэ өлөрүнүө дуо?  Суох ини.        
                                                    
           Хаһыакка итини таһынан Игорь Якунин “Посейдон” – гроза побережий” диэн кылгас суруйуута баар. Ядернай боеголовкалаах уу анныгар сылдьар беспилотник үһү. “Чудо-оружие” ханнык баҕарар сыалы суох оҥорор, наада
буоллаҕына искусственнай цунамины үөскэтэн сири-уоту тимирдэр эбит.  

                                    Тактическай ядернай сэрии сэбэ
            “Комсомолка” өссө биир саллыылаах кэпсэтиини ыыппытын суруйда. Тиэмэтэ – “Если завтра война. Атомная...”.  Москваны ядернай сэрии сэбин туттарга күһэйдэхтэринэ туох буолуой (?) диэн ыйытыгы туруорбут. Онуоха ХНТ сэрии сэбиттэн босхолонор хамыыһыйатын урукку чилиэнэ уонна ХНТ генеральнай дириэктэрин сэкэритээрэ буола сылдьыбыт Игорь Никулин хоруй биэрбит. Улахан специалист этиилэриттэн түмүк оҥордоххо куттал олус улахан, уопсай балаһыанньа маннык эбит:  аан дойду үрдүнэн уопсайа 12 700 ядернай боеголовка баар, ол иһигэр Арассыыйаҕа – 6000, Эмиэрикэҕэ – 5400, онон - тэҥнэһии (паритет);  1968 сылга ХНТ иһинэн ядернай сэрии сэбин тарҕаппат туһунан дуогабар оҥоһуллубута. Онно ядернай сэрии сэбэ суох государствоҕа ядернай сэрии сэптээх государство саба түһүү оҥордоҕуна ХНТ Куттал суох буолуутун ядернай сэрии сэптээх бастайааннай чилиэннэрэ харда биэрэр, агрессияны тохтотор бырааптаахтар; Украина ядернай сэриитин сэбэ
суох.  Арассыыйа субьектарыгар (ДНР, ЛНР, Херсон, Запорожье уобаластара) суоһуур буоллаҕына Москва, ядернай доктринатын туһанан, ядернай сэрии сэбин туттар бырааптаах үһү;

1968 сыллаах дуогабар суолтата суох курдук, 6000 ядернай боеголовкабытыттан куттаналлар эбит;  түөрүйэ быһыытынан Киев куоракка ядернай боеголовка түһэриллиэн сөп. Өстөөх бэриммэт буоллаҕына, кини суох оҥоһуллар;  манна стратегическай  ядернай сэрии сэбэ (күүстээх атомнай буомба эҥин) туттуллубат курдук. Тактическай ядернай сэрии сэбэ (биир-икки килотонналаах артиллерийскай снарядтар, авиационнай буомбалар, ракеталар) туттуллаллар. Дьайыыларын радиуһа
аҕыйах биэрэстэ да буоллар онно баар дьону өлөрүөхтээх эбит.                    
                                           
           Ветеран-ракетчик, астаапкаҕа олорор полковник Михаил Тимошенко   тактическай ядернай сэрии сэбин туттуу туһунан хаһыакка эбии сырдаппыт. Бу сэрии сэбин туттуу туохха нааданый диэн ыйытыыга: “Чтобы подавить или уничтожить взводные опорные пункты. Тактический ядерный заряд позволяет его подавить. За счет ударной волны в основном. Световое излучение там не настолько мощное. Народ его в укрытиях переживет. Если на земле разрыв – идет сейсмическая волна. Не очень мощная. Но что-то может развалить. Действия локальные. Но радиация в месте взрыва, конечно, повышена”.  Оттон бу сэрии сэбэ көннөрү нэһилиэнньэни тыыппат,
кимэн киирэр байыаннайдары эрэ өлөрөр дуо диэн ыйытыыга:

”Гражданскому населению надо поступать по принципу “кто не спрятался – я
не виноват”.                                                                                                              
            Салгыы корреспондент Игорь Емельянов икки ыйытыытын уонна онно
хоруйдары хайдах суруллубутунан аҕалабын.                                                                                                                     
 – Тактический ядерный удар остановит любое наступление?                              
   - Это вопрос. Надели противогазы и костюмы химзащиты – и вперед.
Броня, в общем, тоже защищает в некоторой мере от радиоактивного
заражения, от жесткого излучения рентгеновского. Дальше будет зависеть от
того, что внутри брони – есть противорадиационный подвой или нет.                          
 – То есть если даже мы шарахнем тактическим ядерным оружием, не
факт, что украинцы остановятся?                                                                                               
 - Все зависит от масштаба применения. Притом надо четко понимать:
первое применение ядерного заряда возможно только по решению
Верховного главнокомандующего. А вот дальше все командиры на местах
могут действовать самостоятельно.                                                                                          
                                               Байыаннайдар балаһыанньалара        
Байыаннайдарбыт өйдөрө-санаалара, тыллара-өстөрө итинник. Муҥур
уһукка кэллэххэ тугу баҕарар оҥорор, туттар дьон буолаллара көстөргө дылы.
Мин суруйуум киириитигэр “ядернай сэрии буолбат” диэн быһаччы этиим
саарбахтанар, ол оннугар“Комсомолка” суруйуулара олохтоох буолан тахсар.
Бу хаһыат мээнэ тылласпата, кураанаҕы суруйбата уруккаттан биллэр, хас
биирдии тылыгар эппиэтинэһи сүгэн эрдэҕэ, ол да иһин аныаха диэри
сабыллыбакка кэллэҕэ.                                                                                                    
         Тактическай ядернай сэрии сэбэ биһиэхэ элбэх, сөп буолар баар дииллэр
дьоммут. Арай күүстэрэ 1,5-2,0 килотонн эрэ диэн уоскуталлар.  1,7 килотонн
кыамталаах оҥоһугу (атомщиктар “изделие” дииллэр) Удачнай аттыгар 1974
сыллаахха эспиттэрэ, былыта Хоту муустаах акыйаан Лаптевтар муораларын
Ляхов арыытыгар тиийбитин отчуоттарыгар суруйбуттара. 98 м дириҥҥэ эһии
радионуклидтара маҥнай алмааһы хостуур карьерга, онтон дириҥ шахтаҕа,
киирэллэрин учуонайдар дакаастаан тураллар.                                        
           Байыаннайдар “кирдээх буомба” урана буортулааҕын мэлдьэспэттэр,
Америка бу тэрили Югославияҕа, Иракка туттубута. Сербияҕа билигин да
радиация фона улаханын, искэннээх ыарыы элбэҕин суруйбуттар. Америка
туттубута, биһиги да тоҕо хаалыахтаахпытый дииллэр, байыаннайдарбыт                                                           
 Уопсайынан, тактическай сэрии сэбин Путин көҥүл биэрдэ да тутталлар
эбит. Ол түбэлтэҕэ украинецтар эрэ сүһүрбэттэрин, бэйэбит оҕолорбут да
онтон куоппаттарын, сүһүрбүт сирдэри атахтарынан кэһэн, илиилэринэн
тутан сэриилэһиэхтэрин туһунан эппэттэр. Арай итинник сэрии сэбэ
туттуллубут сиригэр хас да ый устата сөтүөлээбэккин, ханнык да оҕуруот аһын
сиэбэккин. Өлүөххүн баҕарбат буоллаххына... Итини аһаҕастык суруйбуттар.         
            Манна өссө 6000 боеголовкалаах, Посейдоннаах, атомнай буомбалаах
Арассыыйаҕа ханнык да өстөөх суоһаабат диэн эбэн этиэххэ сөп.                         
                                      Республикабытыгар  балаһыанньабыт                   
            “Кыым” (20.10.22 с.) “Иккистээн төннөр былааным суох!” диэн
төбөлөөх Марат Шишигин кэпсээнин таһаарбыта саллыылаах. Манна туох да
аармыйаны баһааҕырдыы суох, тыыннаах эрэ эргиллибит сүүрбэтиттэн саҥа
тахсан эрэ уолчаан кырдьыктаах кэпсээнэ. Төрөөбүт Сахатын сиригэр үлэ
булбакка ыйга 200-кэ тыһыынча солкуобайы ылаары хантараакка киирэн өлө
сыһаахтаабыт, ньиэрбэ бөҕөтүн баратан, эмсэҕирэн нэһиилэ төннөөхтөөбүт.
Украинаҕа кэтэхтэриттэн, Белоруссия сириттэн киирбиттэр, 1.5 тыһыынча
киһиттэн аҕыйах бырыһыаннара орпут, үлтү сынньыллыбыттар. Киевы үс
күнүнэн ылабыт, украиналар сэриилэрэ суох диэн туспа судаарыстыба киин
куоратыгар дураһыйбыттара табыллыбатах. Чеченнэр армиялара бастакы
кирбиигэ буолбакка, иккис эрээккэ сылдьаллар үһү. “Вагнер” диэннэригэр
хаайыылаахтары ылан эрэллэр эбит. Манна даҕатан эттэххэ, телевизорга
кэлин кэпсээбиттэринэн, чеченнэртэн 23 киһи өлбүт, элбэх бааһырбыт,
олортон иккитэ ыарахан туруктаах. Чеченнэр хааччыллыылара ураты буолуо.
Эргэ бронежилеты, тэһэ ытыллыбыт каасканы кэппэтэхтэрэ чахчы. Наһаа хаан
тохтуулаах, ыар, үгүс сиэртибэлээх сэрии бара турара көстөр.                                                        
 “Кыым ” онтон кэлин нүөмэрин (27.10.22.№42) көрдөххө 20-тэн тахса
оҕобут номнуо өлбүт, сураҕа суох сүппүт төһөтө биллибэт. Бааһырбыттар
Москва, Санкт-Петербург, Кавказ, Ростов, Астрахань, Адыгея, Саратов, о.д.а.
сирдэр госпиталларыгар эмтэнэллэр эбит. Итинтэн көстөрүнэн наһаа да элбэх
оҕобут эчэйбит, илиитэ-атаҕа быһылыннаҕа. Ньиэрбэ ыарыыланыы, өйүгэр
оҕустаран утуйбат, кэлэҕэй буолуу иэдээнэ. Маны барытын 200 тыһыынча
солкуобай хамнастара, эрэннэрэр 5-7 мөлүйүөннэрэ толуйар дуо? Киһи
олоҕо харчыга турбат, ол да иһин ийэлэр долгуйан эрдэхтэрэ,
оһуохайдаабыттарын саба баттаабыттар, хаайбыттар, ыстарааптаабыттар. Ити
барыта хаһыакка сурулла сылдьар.                                                                  
                                         Кэмигэр сатаан дьаһамматыбыт
           Куруук суруйулларын курдук, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 40 тыһыынча
бастыҥ дьоммут охтубуттара. Бу – 40 тыһыынча аҕа ууһун төрүттүөхтээх дьон!
Хас биирдиилэрэ 3-түү оҕону төрөттөхтөрүнэ саха ахсаана мөлүйүөнтэн
тахсыах этэ. Оттон олор оҕолоро үстүү оҕолоннун! Билигин төһө буолуохпут
этэй? Ити иэдээннээх сэрии содулуттан билигин да босхолоно иликпит, сэрии
тулаайахтара, сэрии сылын оҕолоро аатыра сылдьабыт, льгота көрдүүбүт.
Дьэ өрүттүөхпүтүн саҥа саҕаламмыт сэрии ханна тиэрдэр?
Агитациялыыллара, уоскуталлара үксэ бэрт, Күлүмнүүр курдук киһи төрүү
илигэ хомолтолоох. Билиҥҥи эр дьонтон, үрдүкү салалтаттан туһа суох,
общественник дьахталлар эрэ тугу эмэ оҥоруохтарын сөптөөҕө. Урукку
суоһарыылаах сэриилэр аҕалбыт иэдээннээх хоромньуларын ахтан туран
Арассыыйа үрдүкү салалтатыгар туруорсары, модьуйсары, көрдьөһөрү-
ааттаһары да дьахталлар сатыах этилэр. Урукку өтттүгэр саллааттар уонна
мотуруостар ийэлэрин сомоҕолуур түмсүү Чечня сэриитигэр олус бэккэ
үлэлээбитэ. Кини биир салайааччыта Александра Николаевна Маедо баара
буоллар кэмигэр өйдөөн, эрдэ, сэрии саҕаланыан биир-икки сыл инниттэн,
дьаһаныахтара хааллаҕа.  Дьокутаат Е.Голомарева бэйэтин омугун
быыһыы сатыыра үтүө быһыы. Кинини өйүөххэ баара, баҕар билигин да туох
эмэ кыаллаарай.                                                                                                 
 “Талбан” биир биэриитигэр барыта агитация, биһирээһин,  мэтээли
көрүү-истии.  Софрон Пономарев диэн 45 саастаах киһи 5 оҕотун соҕотох
ойоҕор хаалларан тылланан сэриилэһэ барбыт. Илиитигэр бааһыран кэлбит.
Сэрии аата сэрии, арай өлөн хааллын, 5 оҕону ким иитэр? Соҕотох дьахтар?
Биэриигэ күлэ-үөрэ олордулар да, киһи үөрүөҕэ суох курдуга. Ол 7 мөлүйүөн
кумааҕы харчы киниэхэ тиксэр эрэ, тиксибэт эрэ. Тиксэр да түбэлтэтигэр ол
кумааҕы сотору бүтэр. Софрон Пономарев тапталлаах кэргэнин, бэртээхэй
оҕолорун тулаайах хааллартыы сыспыт. Чугас дьон иннигэр эппиэттээх
буолуу хайаан да баар буолуохтаах этэ ини.               
                                                                        
                                Иван БУРЦЕВ                                        27.10.2022 с.
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1538 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 22
Ыалдьыттар (гостей): 22
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024