Киһи бу орто дойдуга уларсык кэлэр. Хаһан эрэ орто дойдуга олоҕуҥ бүтэр уһуга тириир. Айыы киһитэ, буор куттаах бороҥ урааҥхай айбыттарын дьүүлүгэр төннөр, атын дойдуга аттанар түгэнэ тийэн кэлэр. Саха туспа айыы итэҕэллээх, тыллаах-өстөөх, өйдөбүллээх кырдьаҕас омук быһыытынан , бу орто дойдуга Ахтар Айыыһыт арыаллаах, Эдьээн Иэйиэхсит эҥээрдээх кэлиэҕиттэн барыар диэри олохсуйбут, үгэс буолбут сиэри-туому тутуһара. Тиһэх айан эмиэ бэйэтэ туспа сиэрдээх-туомнаах, өспөт өйдөбүллэрдээх. Түҥ былыр өлбүтү, саха майгытынан уматаллара, араҥаска да көмөллөрө. Кэлин хоролуу майгы баһыйан хорооҥҥо хоруоптаан кистиир буолбуттара. Баһылыыр омук нуучча итэҕэлэ биһиэхэ хото киириэҕиттэн, хомуньуус итэҕэлэ буккуйуоҕуттан сахалар, төрүүллэригэр да өлөллөрүгэр да ханнык итэҕэл үгэһин тутуһалларын сиһилии билбэт буолбуттара. Ордук куораттарга. Дьокуускайга итэҕэллэринэн арахсан былыр-былыргыттан татаардар (ислам), дьэбириэйдэр (иудаизм), нууччалар (провославнайдар) көмүллэр сирдэрэ диэн тус- туһунан баар. Буолумуна, көмүү үгэһин майгыта, сиэрэ-туома, өйдөбүллэрэ тус-туһунан буоллаҕа. Сахалар нууччалары кытта буккуһа көмүллэбит. Оттон биһиэхэ соторутааҥҥа диэри сахалыы сиэринэн тиһэх атаарыы тутуһуллара эбээт. Миэхэ Дьокуускаай к. "Ритуальные услуги” ИП директора Михаил Иннокентьевич Иванов кэлэн, сахалары сахалыы сиэринэн, майгыннан көмүүнү сайыннарыахпын, онно идэтийиэхпин баҕарабын, атын омуктар бары бэйэлэрин сиэрдэрин тутуһаллар, сүбэлээ диэн кэлэ сырытта. Куоракка өлбүтү харайыыга сыһыаннаах 12 тэрилтэ баарыттан, сахалартан кини соҕотох. Дьарыктаммыта 10-ча сыл буолла. Хайа баҕарар омукка өлбүтү көмүү сиэрэ-туома ураты суолталаах буолар. Олох олоруу атын туругар көһүү курдук өлүүнү ылыныы сахаларга былыр-былыргыттн баар. Айыы сиэринэн олорор киһи өлөртөн куттаммат. Былыргы үгэһи өбүгэ кэриэһин курдук өйдөөн туран, билиҥҥи көмүү үгэстэрин сыыйа киллэрэн иһиэхэ сөп буоллаҕа. Ол эрэн түҥ былыргы сиэри- туому хостоон сөргүтэн киллэрии аныгы үйэҕэ табыла суох, ол иһин кэлиҥҥи олохсуйбут, сахатыйбыт сиэринэн маннык буолуон сөп диэн, этии быһыытынан киллэрэбин. Өлүү да араастаах. Өлүү төрдүн сахалар 44 ааҕаллар, ол иһигэр хотугу өлүү төрдүн үс төгүл тоҕус - 27 дииллэр. Ону ырыта барбаппыт. Абааһылары аахпаппыт. Киһи олоҕо үөһээ айыылартан бэриллибит күүс көмөтүнэн, уһуннаах-кылгастаах, кэмнээх-кэрдиилээх буолар. Сиппэтэх олох, наһаа уһуннук олоруу омсолоох өрүттэрдээх буолар. Туох-ханнык олорбутуҥ, хайдах өлбүтүҥ, туох идэлээҕиҥ сиэргэ-туомҥа уратылары киллэрэр. Атаарыы тылын-өһүн, сиэрин хайысхатын быһаарарга анаан, судургутан, өлүүнү түөрт көрүҥҥэ араарыахха сөп. Бастатан туран айыы сааһын (70) ситэн, айыы сиэринэн олорон киһилии өлбүт киһини атын олоххо атаарыы майгытын сиэринэн көмүллэр. Иккиһинэн, оҕолор. Сиппэтэх айыы. Курутуйуулаах. Үсүһүһүнэн, айыы сааһын сиппэккэ быстахха, быһымахха эрдэлээбит дьон. Кутурҕаннаах, курутуйуулаах. Туолбатах айыы майгыта. Дириҥ кутурҕаннаах, кута хамсаабыт Айыы дьиэтигэр анал сиэргэ-туомҥа сылдьыан наада. Куту илдьэ барыан сөп. Төрдүһүнэн, куһаҕаннык өлбүт дьон. (Бэйэлэригэр тийиммиттэр, киһи өлөрбүт дьоно, киһи тыыныгар турбут дьон эҥин). Балары туспа атын майгылаахтык харайаллар. Үөр буолуон сөп. Көмүскэнии, харыстаныы, майгылаах. Анал сиэргэ-туомҥа сылдыллар. Кут араарыы, үөрү үтэйии эмиэ анал сиэр-туом. Ойууттары, удаҕаттары, идэлээх дьону көмүү сиэрэ-туома уустук, ону бэйэлэрэ билэллэр. Өлбүтү харайыы үгэһин этнографтар, историктар чинчийбиттэрэ, фольклористар хомуйбут матырыйааллара үгүс. Г.В.Ксенофонтов, С.И.Боло, И.Д.Новгородов, И.В.Константинов, А.И.Гоголев, Р.И.Бравина, Л.А.Афанасьев, Тумус Мэхээлэ о.д.а үлэлэрэ, суруйуулара элбэҕи кэпсиир. Оҕонньоттор да кэпсээннэрэ элбэх. Дьокуускай к. анал сир биэрэн Бар Туом дьиэтин туттарыахха. Манна анал киибэсчиттэри, иин хаһааччылары, аһылыгын тэрийээччилэри, анал маҕаһыыннаан, уҥуоҕун, эргиирин тутар мастарыскыайдаан, сиэр- туом толорооччулары үлэҕэ ылан, үөрэтэн киһини моргтан ылан тийэх атаарыытынгар тийэ харайар, анал сахалыы сиэрдээх сулууспаны тэрийиэххэ сөп. М.И.Иванов маны тэрийэргэ ылсар. Оччотугар биһиги сахалар айыы итэҕэлинэн өлбүттэри харайар майгыбыт олохсуйуо этэ. Өлбүтү анараа дойдуга атаарыы, харайан бүтэһиктээх олоҕун булларыы бары сиэрэ- туома өлбүттээхтэри харыстыырга, өлбүт кута аналлаах сиригэр эрэйэ суох айанныырыгар туһуланар. Бу омук - омук буоларыгар, кини минигэр, сиэрдээх буолуутугар (духуобунаһыгар) туһаттан атыны аҕалыа суоҕа диибин. Киибэс. Өлбүтү киибэсчиттэр эбэтэр саастаах дьоно сууйаллар. Былыр сууйалларыгар оҕус хабаҕын кэтэллэрэ үһү. Билигин перчатка арааһа элбэх. Киибэсчиттэринэн оҕото-уруута суох дьон буолаллар. Иини ким баҕарар хаһар, эбэһээт төлөбүрдээх буолар. Хоруобун – ийэ маһын, тэбиэҕин – аҕа маһын идэтийбит дьоҥҥо үксүн бэлэмнэттэрэллэр. Бэс эбэтэр тиит буолар. Көөбүлүнэн сыттык бэлэмнииллэр. Таҥаһа. Бэйэлэрэ эрдэттэн бэлэмнэммит өлүнньук таҥастаах буолаллар. Урут ыраах айаныырга анаан сонун, бэргэһэтин эҥин кэтэрдэллэрэ. Туттар малыттан-салыттан, өйүөлээн угаллара. Билигин көстүүм эрэ кэтэрдэр буолтар. Манна элбэх ымпык-чымпык баар ону тутуһар дьон тутуһар. Атаҕын таҥаһа маҕан буолуохтаах диэн баара. Таҥаһын сороҕун уоттууллар. Кыһыл көмүһү, сыаналаах тааһы көмпөттөр. Арчы. Өлбүттээх дьон дьиэлэригэр кытыан уматан буруо, сыт таһаараллар. Этиҥ эппит маһын, талаҕы булаллар. Бар Туому ыытааччы арчылыыр, сиэрин туомун толорор. Көмүү кэнниттэн дьон дьиэ таһыгар уот оттон, кытыан уматан арчыланаллар, талаҕынан көхсүлэрин арчы, арчы, арчы –дии-дии охсоллор. Киирэр ааҥҥа кыра уот оҕото оттон баран үрдүнэн атыллаан ааһаллар. Этиҥ эппит маһын эмиэ уматаллар да, талах оннугар арчылыырга да тутталлар. АҺалыга. Саха аска өһө суох. Чараас алаадьы, атын ас арааһа. Уокка ас биэрбэттэр. Былыр "көҥсүө түлэһэ ас” диэн хоолдьуга сүөһүнү өлөрөн баран аҺааһыны тэрийэллэрэ үһү. Билигин хоолдьуганы туттубаттар да оччолоох араас аһылыгы тэрийэллэр. Өлбүт хомойботун курдук. Көмүү кэнниттэн атаарыы аһалыгар аймахтара-уруулара, атастара-доҕотторо мустан аһыыллар. Тиһэх малааһын – поминка дииллэр. Үс хонук. Өлбүтү үһүс хонугун киэһэтигэр түүн үөһэ буолуон иннинэ аҕа саастаах дьон хоруобар угаллар. Кута дьиҥнээхтик араҕыстаҕына өлбүт мэҥэ тахсар. Өлбүт кута бу үс күн устата аттыгар сылдьар. Дьон тугу саҥаралларын, тугу гыналларын барытын көрө-истэ сылдьар. Ол иһин мэнээк тыаһаабаттар-ууһаабаттар. Киирбит дьону аһатан, кэпсэтэн ыыталлар. Тоҕус хонук. Кэриим. Өлбүт кута аймахтарын урууларын, чугаһынааҕылары кэрийэр. Тоҕус хонугун дьиэлэригэр бэлиэтииллэр. Өлбүккэ анаан ас тэрийэллэр. Барыта тэҥ ахсаан. Үчүгэйдик ахталлар саныыллар. Көмүгэр тахса сылдьаллар. 40 хонук. Орто дойдуга кэриимэ бүтэр. Быралыйыы бараана диэн, бу орто дойдуттан арахсар аһалыга, куту атаарыы. Көмүгэр тахса сылдьаллар. Көмөр сир. Төрөөбүт буор сымнаҕас буолар. Былыр-былыргыттан өлбүтү үрдүк хотоол сиргэ, халдьаайыларга, тумул арыылар кытыыларыгар, мырааннар урдэллэригэр, эниэлэригэр көмөллөрө. Үрдүк сир буора, сылаас, сымнаҕас буоларыттан. Уонна Күн Айыы аймаҕа өлөн да баран күнү көрсө, күнү көрө сыт диэн өйдөбүлтэн буоллаҕа. Арай куһаҕаннык өлбүт дьону, ойууттары, удаҕаттары күн көрбөт, мэнээк киһи сылдьыбат сиригэр тыа быыһыгар эҥин көмөллөрө. Өлбүт эрдэттэн үлэспит сиригэр көмөллөр, эбэтэр урууларын таһыгар. Саҥа сиргэ көмүү аньыы. Саҥа сиргэ төрдө-ууһа суох, эбэтэр кэлии омук киһитин көмөн "суол астараллар”. КырыҺы алдьаталларыгар, хаан, үүт таммалаталлар. Туспа сиэрдээх-туомнаах буолар. Көмүү. Урут чычаас буолара үһү. 1м 80см.-2 м. кэриҥэ гыналлар. Сорохтор ирбэт тоҥҥо киллэрэллэр. Дьиэттэн атаҕынан бастатан таһаараллар. Хоруобунан боруогун охсоллор. Ииҥҥэ күн оройугар 12 ч. кэлэллэр. Күн намтаан барыытыгар түөртүүргэ диэри харайаллар. Иин таһыгар анал туорай маска хоруобу уураллар. ТиҺэх тыл этэллэр. Бырастыылаһаллар. Бүтэһик аһылык уураллар. Тэҥ ахсаан куһуок. Ааһа ытыыр табыллыбат. Хоруобу түөрт сиринэн хараҕалыыллар, ситэри охсубаттар. Быаннан хоруобу түһэрэллэр. Тэбиэхчит, ким баҕарар киириэн сөп. Сахалар күн эргииринэн эргийэллэр, ытыс буор быраҕаллар. Чугас дьоно бастыыр. Көмөн ортолоон иһэн атах маһы туруораллар. Сиртэн икки миэтэрэ буоларын курдук. Буорун томточчу куталлар, таптайан кэбиһэллэр. Туттубут малларын чөмөхтүүллэр ас тобоҕун уураллар. Кириэс, былаах туруораллар. Ситэри сааллыбат. Дьиэтигэр аттанар аҺылыкка баралларыгар, дьиэҕэ киирэллэригэр арчыланаллар. Сүнньүнэн кытыан, кии туттуллар. Хайысхата. Сахаҕа, кини итэҕэлин да быһыытынан хайысха суолтата тутаах буолар. Өйдөбүллэри төрүттүүр, сиэри-туому сирдиир. Иини арҕааттан илин хайысхалаан хаһаллар, уҥуоҕун ааннаах буоллаҕына илин аанныыллар. Өлбүтү төбөтүн арҕаа, атаҕын илин хайыһыннараллар. Ол эрэн сир оҥоһуутун хайысхатынан халдьаайыны батыһыннара, өрүс, үрэх үрдүгэр кини сүүрүгүн хайысхатынан эмиэ көмөллөр. Ол айаныгар табыгастаах буоллун диэн санааттан буолуо оҥоробун. Бар Туом (өлбүтү атаарыы сиэрэ-туома) толорулларыгар түөрт хайысха тыла-өһө, хайысхаларга кимнээх олороллоруттан, кут төрдүн хайысхатыттан тутулуктанар. Ахсаан. Бар туомҥа барытыгар тэҥ тыһы ахсаан туттуллар. Ордуктаах эр ахсаан туттуллубат. Ол ордуктаах ахсаан сэтэрийиини, сайдан элбээн иһиини, тэҥ ахсаан бүтүүнү, тохтооһуну, түмүктээһини кэрэһэлиирэ саха итэҕэлигэр киирбититтэн. Оннооҕор көмүүгэ сылдьар дьон ахсаана тэҥ буоларын тутуһаллара. Бар Туом (барыы туомун) дьиэтэ. Киһи барыта сиэри-туому билэр, тутуһар буолбатах. Ол эрэн баҕа баар. Олох ирдиир. Манна идэтийии наада. Сотору кытай ааҥнаатаҕына, аны олохпут кытай майгытыгар көһүө дииллэр. Бэйэбит туохха да бэлэмэ суох, баарбытын мэлдьэһэ олордохпутуна оннук да буолуон сөп. Бар Туом дьиэтин тутарга киһи уҥуоҕун былыр-былыргыттан кэлбит майгытыгар олоҕуруохха диибин. Онно таларга кыах элбэх. Киһи уҥуоҕун – өлбүттээҕи дьиэтин маһынан тутуу алта көрүҥэ баарын билэбин. Киһи уҥуоҕун тутуубут биһиги олорор дьиэбитин тутуубут киэбин батынан иһэр кэриҥнээх. - Чардаат көрүҥэ
- Балаҕан көрүҥэ
- Ампаар көрүҥэ
- Алта муннуктаах бабаарына киэптээх
- Элбэх муннуктаах чардаат сарайдаах, тэҥ кириэстээх.
- Аҕыс кырыылаах, чочуобунньа майгылаах, тэҥ кириэстээх.
Тэҥ кириэс – САХ- күн таҥара бэлиэтэ. Бу түҥ былыргыттан сахаларга баар өйдөбүл. Сах үйэтэ, Сах таҥара, сах сиэтин, сах билэр... уо.д.а. Сах – күн таҥаралаах омук, САХ-а, сахабын дэммитэ саарбаҕа суох. Тэҥ кириэһи сахалар билигин да харысхал бэлиэтин быһыытынан, түҥ былыргы таҥарабын харыһыйдын диэн тутта сылдьабыт. Онон саха кириэһэ тэҥ буолар. Үгүстэр өйдөөбөккө православие кириэһин туруораллар. Бар Туом дьиэтэ хайдах буолуохтааҕа биллэр, киэбэ-майгыта баар. Манна сулууспа хайдах барыахтааҕый? Үлэһиттэри Айыы дьэтин кытта (Тэрис киэнэ), "Кут –сүр” кыһаны кытта кыттыһан талан, үөрэтэн, бииргэ үлэлиэххэ. Сулууспа туох өҥөнү оҥорор кыахтааҕын ырытан анал бизнес-былаан оҥоруохха. Манна эппитим курдук моргтан саҕалаан, уҥуоҕун, эргиирин, мэҥэтин, сэргэтин, күрүөтүн, кириэһин оҥорон тутууга тийэ ылыахха сөп. Сүнньүнэн Бар Туом дьэтигэр тиһэх атаарыыны тэрийии, көмүү сиэрэ-туома буолуон сөп. Тийиммэт-түгэммэт, быстыбыт-ойдубут саха дьонун харайыыны государство эбии көмөтүнэн киллэриэххэ сөп. Киибэстэр, сиэр-туом ыытааччылар анал таҥастаах, чопчу бигэргэтиллибит эбээһинэстээх, хамнастаах буолуохтаахтар. Быһата туспа, анал тэрилтэ буолар. Бар-туомҥа ханнык сиэр-туом оҥоһуллара, туох ханнык тыл этиллэрэ сүнньүнэн барыта биллэр. Элбэх мөккүөрү күөртүүр наадата суох. Бырыайыак оҥорон, кредит, сир ылан үлэлиэххэ эрэ. Улуустарга эмиэ тэрийиэххэ наада. Кылгастык эттэххэ итинник. Манна биллэн турар тэрээһинигэр, мээрийэ, анал тэрилтэлэр өттүлэриттэн көмө-өйөбүл эрэйиллэр. Киһи диэн-киһи, киһилии хараллыахтаах. Өлөртөн куоппут суох.
|