Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Сиэр-майгы. Сигили [4]
Муусука [55]
Наука [17]
Култуура [5]
Искуустуба [13]
Литирэтиирэ [1]
История [0]
Main » Articles » Култуура » Сиэр-майгы. Сигили

Саха майгыта Убаарыскай ахтыыларыгар

“…Бу мин күн анныгар олоҕум  майгыта!
    Кини быһыытыгар эн булуоҥ суоҕа  биир да киһини аатырдыах улахан суолу, булуллубут саҥа дойдуну, саҥа дьону. Бу  мин ыйаахпар суоҕа. Бу туһуттан бэйэм туһун бүтэрэн, тылбын биэрбит хуолубунан  төһө эмиэ тылы Дьокуускай сирин дьонун туһунан этиэм…”
    “…Саха олорор майгытын хуолутунан бары дьонтон атын,  санаата майгыта хас үйэ устатыгар аҕыйах уларыйыылаах, хуолута көҥүлэ ураты…”
    “… хаһан эмэ бу сурук Сахалы ааҕар киһиэхэ түбэстэҕинэ,  мин түктэри эппит туох эмэ тылбын хоһууга уурумуоҕун,  оол туһуттан; Саха тылынан суруллубут сурук сир дойду үөскүөҕүттэн  бу маҥнайгыта…”               
     Убарыскай.

 Саха бастакы айымньылаах суругун суруйбут  А.Я. Уваровскай (1800-1867 сс) ахтар кэмиттэн ыла икки үйэ кэриҥэ ааста. Бу  икки үйэ устата саха олоҕун тутула хаста да төрдүттэн уларыйда. Икки үйэ анараа  өттүгэр биһиги хайдах этибитий, билигин хайдахпытый?
  Оччотооҕу саха олоҕо,  майгыта-сигилитэ кини ахтыытыгар сотуллубат бастакы кэрэһит буолан хаалан  хаалбытын ааҕабын. Ааҕабын уонна билиҥҥи “сайдыылаах” саха сиэрин,  майгытын-сигилитин кытта тэҥниибин. Угэс майгыларбыт киирии майгыларга төһө  суураллыбыттарын ыраҥалаан көрөбүн. Оччотооҕу сиэр-майгы хайдахтаах курдук ырааһын,  киһилиитин, тыытыллыбатах тыйыс-кэрэ айылҕалыын дьүөрэлэһэн олоруу майгыта саха  уратылаах ис дьиҥэ буоларын бу ахтыы туоһулуур.
  Убарыскай бэйэтэ этэринэн “саха олорор майгытын хуолутун уһуннук суруйуоҕун, суругун киэбэ  буойбут”. “Сахалар олорор сирдэрэ кэмэ суоҕун, тыалара бараммат күндү түүлээҕинэн,  уулара ааттаах үтүө балыгынан баайдарын, итиитэ тымныыта кэмэ суох күүстээҕин,  ото-маһа үүнэр күүһэ холобура суоҕун барытын бичигилии суруйдаҕына хас да халыҥ  кинигэ буолуоҕун “-этэр.
  Аҕата исправник, нуучча, ийэтэ саха. Кини төрөөбүт  Эдьигээнин сирин үтүөтэ эгэлгэтэ суоҕун этэр. Хотугу дьон хайдах эрэйдээхтик  олороллорун, 200-түү көстөн тахса сири эргийэ хаар байҕалы кэһэн сылдьан  бултуулларын, балыктыылларын кэпсиир. Билиҥҥи техника да үйэтигэр 2-3 тыһ. км.  сири эргийэ сылдьан бултуур дьон баара буолуо диэбэппин. Оччолорго  булт, балык сүрүн дьарык буолан, олох сүрүн  майгытын биэрэрин этэр.
  Эдьигээн, бэрт аптааҕынан аатырбыт Өгрөпөнө диэн дьон  итэҕэлигэр киирбит дьахтар эппит тыла “айыы  дойдутуттан этиллибит курдук иһиллэрэ”-диир. Айыыбыт итэҕэлэ оччолорго  сыанабыл, айыы сиэринэн барарын этэр. Төрөөбүт дойду буора эмтээх буоларын, “чүҥкүйэр күммэр ууга буккуйан иһиэм”- диэн биир хабах буору Эдьигээнтэн араҕарыгар илдьэ барбытын кэпсиир.
  5 саастааҕар Киллэмҥэ кэлэн баран  бу дойду сир кэрэтин сөҕөн суруйбутун киһи хараҕар көрөн кэлэр, уонна билиҥҥи  Киллэми кытта холуур майгы үөскүүр. Онтон сирбит-уоппут хайдах буолбута, хайдах  буолан иһиэхпит омооно көстөр. Дьэ  хайдах эбитий оччолорго, Киллэм?
  -“Мин харахпар аһыллыбыта, көстөн  ордук туоралаах, хас да көс усталаах күөх унаар бэйэлээх уу үрдүн курдук тэҥ  ыраас хонуу. Эҥин диэн дьүһүннээх, аахсыыта суох элбэх отун төбөтө күөх биэтэр  саһархай торҕону тэлгэппит курдук буолан көстүбүтэ. Онно-манна хойуу титирик  биэтэр хатыҥ ойдор уус киһи илиитинэн олорпутун курдук үүнэн тураллар. Хонуу  хара ортотунан хара сыырдаах киэҥ үрэх ыраас кумаҕын устун кирэ суох сүүрүктээх  уу элэҕэччийэ турара. Бу үрэх уҥуоргу өттө үрдүк хойуу аһалыктаах охсуллар  отунан үүнэн турара. Бу сирдэргэ сүүһүнэн аахсыылаах дьон оту охсо турар  хатыырдара күн уотуттан үрүҥ көмүс курдук килэбэччийэ турбуттара. Хонуу киэбин  устатыгар аахсыыта суох сылгы ынах сүөһү туохтан да куттанымна көҥүл дьаарбайан  аһыы сылдьаллара.
                 Бу  хонууга уоннуу биэстии үрүҥ буор сыбахтаах Саха дьиэлэрэ, биэтэр килбэҕир маҕан  моҕол ураһа дьиэлэрэ суруллубут курдук көстөллөрө. Балаҕаттар сүлүдэ биэтэр  таас түннүктэрэ ыраахтан күндүү таас курдук күн уотуттан кылабаччыйа тураллара.  Уһугар, бу хонуу үрдүк томторугар биһиги дьиэбит үрдүк булгунньах курдук  томтоллон турбута.
  Бу барыта кыттыһан мин харахпар  тылынан этиллибэт үчүгэйинэн, уһуга суох киэҥинэн көстүбүтэ.
  - Бу сир күөллэрэ сайын устата  эгин кус ууһунан, учугас ойдоро, тыалара куобаҕынан, уларынан, бочугураһынан,  хабыйаханынан толору буолара. Саас буус устуута, күһүн, бу бары көтөр оҕотун көтүтэн  баран төттөрү ичигэс сирдэргэ көтөрүн сааҕына, хаас, кус, куба, туруйа, кыталык  игин ааттаах кыра көтөр саҥатыттан киһи утуйарыттан ааһара”.
  Дьэ хайдах эбитий? Остуоруйа, олоҥхо дойдута кэпсэнэр дии.  Билиҥҥи Киллэмҥэ киирэн туран бу хартыынаны ойуулаан көрүҥ ээт. Туох ханнык  санаа кэлэр эбит…
  Киллэмҥэ кэлэн аҕата өлөр. Кини олохтоох сахалары кытта  ыкса билсэр. “Бу сахалар мийигин төрүөбүттэрин курдук таптаабыттара, мин кинилэри сүрэхпинэн  таптаабытым. Оол гурдук киннэри таптаан мин киннэр тылларыгар ситэ үөрэммитим,  олорор олохторун, санааларын майгытын ситэ билбитим, олоҥхолорун, ырыаларын,  таабырыҥнарын, былыргы сурах тылларын баҕаран, таптаан истэрим, ыһыахтарыгар,  урууларын, курумнарыгар, дьоннорун мунньахтарыгар баҕабынан сылдьарым, сайын  ойнуур ойнууларыгар кыттыҺарым. Инньэ гынан бэйэм даҕаны кинилэр идэлэригэр  ситэ үөрэммитим: быһыйбынан даҕаны, чэмчэкэбинэн даҕаны ханнык да боҕдочон  Сахаттан хаалбатым. Саха да, үрэр да саанан ытарбынан ааттаах баарым, халан аты  миинэн киэҥ хонуу киэбинэн тыал курдук сылдьарбын хайҕалга уураллара, ат  бэлиэтинэн күүһүн, аллааҕын, эрин алҕаһа суох билэрим, ынах сүөһүнү көрөөт үтүөтүн  куһаҕанын чинчитэ суох билэрим. Маннык бары кыра суолу анньа ахтарбыттан эр киһитээҕэр  буолуох, бары Саха эмээхсинэ, эдэр йахтара, оҕото мийигин киһи итэҕэйиэ суоҕун  курдук таптыыллара. Оол гурдук Сахаҕа таптатан, итэҕэлигэр киирэн баран, мин  киннэр санааларыттан туораны оҥоруохпун түктэрии баара, бу суолга дьоҕурдааҕым  да, баҕалааҕым да буоллар. 
  Ийэтин, саха дьахтарын туһунан бу  курдук этэр:
  -Ийэм суругу  билбэтэ, санаатынан бэрт көрсүө баара, өйүн бэрдэ холобура суоҕа: кини барытын  ахтара түөртээх сааһыттан, соччоттон сэттэ уона туолуоҕар диэри тугу истибитин  хаһан да умнубатаҕа, хайа таҥара күнэ хайа  күн буоларын санаамына эрэн этэрэ, хайа бойободо тойон сүүс сыл  урут хас сыл олорбутун  алҕаһа суохтук кэпсиирэ, төһө да элбэх харчы  аахсыыта түмүктэнэнрин, биэтэр үллэһиллэрин санаат алҕаһа суохтук этэрэ. Оол  гурдук өйүттэн туох былыргы өрдөөҕү суолу умнубут дьон киниэхэ кэлэн мөккүннэрин  сүөрэллэрэ.  
  Дьон былыргыттан олоҥхотун,  ырыаларын, таабырыҥын барытын кини билэрэ, йахтар иистэнэр үлэтэ, былыргы тойон  таҥнар таҥаһын кырыйыыта, тигиитэ туох да кини илиитин ууһуттан тахсыбата. Бэрд  таҥараһыт баара, өлбүт күнүгэр диэри биир да сымыйа тылы эппэтэҕэ, биир эмэ  аччык киһи кини дьиэтиттэн тотумуна эрэ кини дьиэтиттэн тахсыбата, дьадьаҥыы  дьоҥҥо көмө буоларыттан кини дьиэтигэр биир мөһөөк харчы бүтүн турбат баара,  дьыл улахан таҥарата кэлэр кэмигэр аһынан толору хоспохторун аҥардара хаалара.  Бу туһуттан кини үтүө сүрэхтээх, килбэҕир кирдьиктээх хотунунан ааҕыллара. Иэс  биэрбит киһи киниэхэ иэһин ахтыаҕын саатара, кинини туох эмэ үчүгэй суолунан ,  биэтэр үлэтинэн үөрппүт киһи бэйэтин оол күн дьоллооҕунан ааҕынара. Ийэм мин  санаабын салайара таҥараны таптыырга, ыраахтааҕыны ытыктыырга, дьадьаҥыны  харайарга, сымнаҕас санааҕа, киһини атаҕастаабакка биир тылынан оол үтүө  майгыга. Мин ийэбин холобура суох таптыырбыттан бэйэм да төрөөбүт майгыбыттан  бу, кини эппит тылларын биирдэрин да түһэриминэ истэрим.
  -Дьэ хайдаҕый,  маннык үтүө майгыбыт билигин төһө уларыйда?
  Ийэтэ, кини 14 саастааҕар өлөр.  Икки төгүрүк сыл ийэтэ ыалдьыбытыгар уола  хайдах харайбыта бу баар:
  -“…бу сыппытын  устатыгар биир да түүнү хаһан даҕаны биир да киһиэхэ кинини көрөрү, харайары  итэҕэйбэтэҕим: эми биэрэри, аһынан аһатары, тэллэххэ эргитэри барытын бэйэм  илиибинэн гынарым, кини аттыгар олорон эрэн утуйарым, улахан аҥарын утуйумуна  суруйар сирбэр (үлэбэр) барарым. Тоҕүс түүннээх күнү өлүөҕүн иннинэ, мин ханна  да тахсымына, утуйумуна да эрэн кинини оҕолообутум.
  Ийэтэ кэриэһин этэригэр: “… мин санаам майгытын хуолутун эн толору билэҕин; мин майгыбыттан эн  тахсыма. Бу майгы, төһө да сор буулаатаҕына, эн сүрэххин үөрдүөҕэ. Умнума киһиэхэ  үпкүнэн, сүбэҕинэн, эрэйгинэн көмө буоларгын; киһи оннук буолуох тустаах.”
  -Дьэ итинник  элбэҕи, хаһан өлөрүн, уола тугу гыныахтааҕын, ханна барыахтааҕын, кэлэр олоҕун  майгытын кытта  этэн баран уолун  илиитигэр өлөр.
  “Кини сыппыт  майгытыгар биир даҕаны өлөн эрэр киһи быһыыта суоҕа, сырайыгар биир да сурааһын  кубулуйбатаҕа, кини өлбүтэ сылайбыт киһи чычас нурайыытыттан атына суох баара.  Оол гынан мунньустубут түөрд уонча киһиттэн биир да киһини, биир да оҕону  куттаабатаҕа. Бу дьон төһө да куттанымна эрэн көрбүттэрэ кини үөрүү күлүм  гыммыт майгытын, хайтах айыыта суох киһи, тыыннаах иччитэ ыалдьан өлөр этиттэн  тахсарын сааҕына, үрдүк айыы дойдутун сырдык сиригэр бэлэмнэммит олоҕун көрөн үөрбүтүн  курдук. Оннук баара кин өлбүт майгыта!

Айыы киһитин анараа дойдуга аттанар майгытын түгэнэ итинник  эбитэ…

Саха дьахтарын майгытын маннык  диир:
    -Саха йахтарыгар үчүгэй сырайдаах  элбэх. Киннэр эр киһитээҕэр сэбэрдэр. Киэргэниини, симэҕи бары йахтар  хуолутунан бэрккэ таптыыллар. Эр киһини баҕардыах майгыттан оҥоруу киннэри  да матарбатах. Бу майгыларын хайдах да  кистиэхтэрин баҕардаллар, киннэргэ кэлбит киһи сотору бэлиэтиэҕэ. Эрдэриттэн  ордук атын киһини таптыыр санааларын үөтүк кистииллэр; хайҕал тылы, түс ааты  бэйэлэригэр тохтотоллорун аакка уураллар. Бу гэннэ киннэри куһаҕан кирдээх  суоллаах, чэпчэки санаалаах йахтар ууһугар кытыарыахха түктэри.
    Түс майгылаах йахтар биир тылынан  эрин баһа. Эрэ сүөһүтүн, үбүн, хамначчытын барытын киниэхэ туттарар. Кини бары  дьиэ салайыытын тутар, эрэ таһырдьатааҕы үлэни, оттуур, мастыыр, сылгылыыр үлэни  салайар, биэтэр булду бултуур, атыыны атыылыыр. Оол гурдук сытыы йахтар сүүрбэ,  отут сүөһүтүнэн дьиэтиттэн толору кытыйаны оҥорор; аас тийбэт тутуу киниэхэ хаһан  да кыттыспат. Маннык Саха йахтарын ыраах улахан аҥарын майгыта.
    - Саха уҥуоҕун үрдүгүнэн орто, оол  да гыннар томуруон дьонунан ааттаныах тустаах. Сырайдарын быһыыта хаптаҕайдыҥы,  муннулара сэб улахан, харахтара саһархай, биэтэр хара, астара хара көнө, хойуу,  бытык хаһан да үүммэт, эттэрин өҥүн хара да, үрүҥ да диэхтэн түктэри, ;дьүһүннэрэ  сылга үстэ-түөртэ уларыйар…
    - Кими да гытта сэриилэһимнэ сымнаҕас  олохторун майгытыттан киннэр хоһуун эрэттэринэн ааттаныахтарыгар түктэри; оол  да гыннар сымсаҕай, сытыы хамнаныыларыттан, эйэҕэс тылларыттан майгыларыттан  киннэр сир үрдүгэр үтүө дьон бииһин ууһугар кытарыллыах тустаахтар. Онтон эбии  киниэхэ бу хайҕал тиксэр; Саха бары бэрд көрсүө дьон. Киннэр киһини кытта  кэпсэтээт сотору билэллэр, бу кэпсэппит киһилэрин санаатын, майгытын көрсүөтүн,  үрдүк тыл күүһүн эрэйэ суох өйдүүллэр, тыл маҥнайгы олоҕуттан кэпсэтиллиэх  суолу тоһуйа таайаллар, аҕыйах кубулҕаттаах Нучча көстүөҕэ арыттаах тыа Сахатын  түөкэйдиэх.
    - Төлөбүрэ суох ас үөл арай Сахаҕа  баар. Манна Саха үтүө сүрэҕэ күлүгэ суох көстөр. Саха балаҕаныгар киир; кини  туох аһа баарынан эйигин күндүлүөҕэ; уон да хонукка олор, бир да ый олор;  мэлдьи тот буолуоҥ бэйэҥ даҕаны, атыҥ даҕаны. Бу иһин кини тугу эмэ төлөбүр көрдүөҕүн  сааттан ордук улахан айыыга уурар. Кини этэр; ”аһы үөлү таҥара биэрэр, бары киһи  аһаатын диэн; миэхэ баар, киниэхэ суох; бу туһуттан мин таҥара биэрбититтэн  бэрсиэх тустаахпын”. Саха балаҕаныгар ыарый: бары кэргэн уларыһа эн тулаҕар  буолуоҕа, бары кыһалҕаҕан күүһэ тириэриэҕинэн толоруоҕа.
    - Саха сирдьиттэргэ кирдик хайҕал  бэриллиэх тустаах, бу хас атыллыы аайы көрсөр бэрд эрэйи биир да куһаҕан  уордаах хааннарын көрдөрүмнэ тулуйалларын иһин, соҕотох барбах эрэйдэрин аҥардарыгар  да тийбэт хамнас иһин.
    - Кырдьаҕас оҕонньордорун бэркэ  ытыктыыллар: кинилэр сүбэлэриттэн тахсыбаттар, киннэри атаҕастыыры,  хоргутуннарары буруйга, айыыга уураллар.
  - Саха баайын сүөһүтүн элбэҕинэн ааҕар;  бу туһуттан сүөһүнү үөскэтэр кини маҥнайгы санаата, маҥнайгы баҕата. Бу  санаатын дьоллоохтук ситэн баран кини атын сэби, харчыны мунньар. Арыгыга,  табаахха бэрд баҕалаахтар.
  - Саха кыһалҕаны кытаатан уйара  холобура суох; икки, үс күнү аһаамна эрэн күчүмэҕэй үлэни үлэлиирэ киниэхэ  барбах. Саха өһүөмньү санаатын кимнэҕэр даҕаны чэпчэкитик умнар, атаҕастаабыт  киһи буруйун билинэн баһын эрэ биэрдэр.
  - Саха кинэстэрэ былыргы  хуолуларынан уоруйаҕы тутаат мунньах ортотугар таһыырынан буруйдууллар. Бутаһыллыбыт  киһи өлүөҕэр диэри хара суоллаах киһи аатыттан тахсыбат: кинини кэрэһиккэ  ылбаттар, дьон сүбэлэһэр мунньаҕар кини тылын ылбаттар, кинини кинэскэ да,  старсынаҕа да талбаттар. Бу саха хуолута эмиэ көрдөрөр уоруу кини идэтэ буолбатаҕын. Уоруйах киһи буруйданарыттан ордук өлүөҕүн  устатыгар диэри үтүө киһи аатынан ааттаммат.
  - Уус эрэ буолуоҕун баҕарбыт Саха  илиититтэн туох да тахсыбат: бииргэ көмүс ууһа, алтан ууһа, тимир ууһа, мас ууһа.  Кини сааны да абырахтыаҕа, муоһу да быһыаҕа; баҕардар эрэ, үтүө ыарахан  атыылаах сэби көрөн олорон, кини аҕыйахтык үөрэнээт соол курдугу оҥоруоҕа. Саа  маһын оҥороро, муос тарааҕы дьөлө быһан ойуулуура уустук үрдүнэн бэрд.
  -   Бэлиэтэниэх тустаах: оҕус тириититтэн оҥоһуллубут иһиттэрэ,  уон да сылы мэлдьи убаҕас аһынан туолан турдахтарына сытыйары билбэттэр. Ат хоҥхочоҕун  тириититтэн тикпит саары диэн этэрбэс ууну иҥэриэхтээҕэр, түөрд, биэс күнү  мэлдьи ууну да кэһэн сырыттаххына, атаххын быыкаан да сиигитиэҕэ суоҕа.
  -Оҥорбут тимир быһахтара убугар  диэри өҕүллэр. Манан хамыйаҕы, кытыйаны хаһан оҥороллор. Оннук сымнаҕас аата,  уйан тимири хорҕолдьун курдук кыһар төһө да биитин сыппатамна.
  - Саха үрэр саанан ытара бэрд  мэргэн.
  - Атыыны атыылыырга кини дьоҕурдаах  да, бэрд да баҕалаах.
  - Сылгы, ынах сүөһү ыалдьарын  эмтиир Сахаҕа барбах. Киннэр хатылаабат гана эмтииллэр ыарыыны, ис ыалдьарын  игин, бааһы, ымынахтаах ыалдьаллары, харах ыарыыларын. Уҥуох тостубутун, ханнык  сиргэ да буоллар, киннэр биллибэт гына эмтииллэрэ холобура суох.
  - Бэлиэтэниэх тустаах: балаҕаннарын  аана мэлдьи илин диэкки хайыспыт буолар, оол туһугар, сарсын эрдэ туран  тахсалларын сааҕына тахсар күнү көрүөхтэрин, киниэхэ үҥүөхтэрин тосхоллоох  буоллун диэн. Бу майгылара биллэрэ: киннэр сүрэхтэнэ иликтэринэ былыр күҥҥэ үҥэр дьоннор бааллара.
  Буус устар ыйтан сайыҥҥы балаҕаннарыгар  киирэн, окко киириэхтэригэр диэри икки ый киннэр уйгул кэмнэрэ.
  Убарыскай ахтыытыгар, саха таҥаһын  сабын, киэргэлин, иһитин-хомуоһун, ыһыаҕын, оонньуутун-көрүн, дьиэлэниитин  (уруутун) о.д.а суруйар.
     Убарыскай бэйэтин үтүө майгытынан саха быры дьонугар таптаппыт киһи.  Ыраахтааҕа суолун оҥоро саха сирин илин арҕаа өттүн иилии кэрийбитэ. Элбэх  айаны айаннаабыта, сору-муҥу, эрэйи билбитэ, өлүүнү көрсүбүтэ, хаайылла да  сылдьыбыта. Үтүө майгыта, ыраас сүрэҕэ, айыы санаата кинини киһилии быһыы-майгы  үтүө холобурун быһыытынан күн бүгүн биһигини үөрэтэр, сөхтөрөр.
  Убарыскай, бу саха омук суругунан  бастакы ахтыытыгар Бөтөрбүрк куораттан арахсарын санаан сүрэҕин кытта кэпсэтэр:
  -“ … мин сүрэҕим куччугуй сааһыттан  сорунан, алдьархайынан баттаммытыттан баччааҥҥа диэри сынньана илик ду… Барахсан сүрэҕим! Оччоҕо эн босхотук  тэбэриҥ эмиэ астыаҕа, эн эмиэ ыгыллыаҥ. Тоҕо эн киэҥ уйулгуну таптыыр буола  айыллыбытыҥый? Тоҕо эн долгуйаҕыный соҕотох үрдүк оҥоруулаах айыыттан? Арай оол  туһугар дуо: соҕотох  миигин эрэйдиэҥ туһугар?
  Оҥоруу! Эн да буруйдааххын: ирбэт буус  ортотугар миигин айан баран эн тоҕо миэхэ долгуйбат тымныы сүрэҕи биэрбэтэҥий?  Оччоҕо мин төрүөбүт сирим учугас тулатыгар онноҕу дьон майгытынан куччугуйунан  дьоллонон олоруом этэ…”
  А.Я. Уваровскай саха баарын тухары мэҥэ өйдөбүлү хаалларбыт  киһибит буолар. Мин кини ахтыытыттан саха майгытыгар сыһыаннааҕын ылан, дьон  аахтын, бүгүҥҥү бэйэтин майгытыгар холоон көрөн туох эмэ туһалаах сүбэни ыллын  диэн бэчээттээтим. Убарыскай ахтыыларын ылан ааҕыҥ, оҕолоргутугар аахтарыҥ,  бэйэҕитин, омуккутун билэргит эбиллиэ.

Category: Сиэр-майгы. Сигили | Added by: uhhan (2007-09-16)
Views: 3420 | Rating: 5.0/2 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 13
Ыалдьыттар (гостей): 13
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024