Клавдия Ильнична Максимова – Сайыына 1989 с. бэйэни салайыныы, чэбдигирдинии, сайыннарыныы хайысхатыгар бэйэтин тус кыһалҕатыттан кэлбитэ. Киһи бэйэтин хам баттана сылдьыбыт ис кы ахтарын бэйэтин туһугар аһан туһанан, онно атын дьоҥҥо көмөлөһөр кыахтааҕын билбитэ. Онтон ыла, киһи бэйэтин кыаҕын билэн, билинэн дьалкытан таһааран тус кыһалҕатын, сатамматах, табыллыбатах өрүттэрин кыайарыгар үөрэтэргэ уһуйаан тэриммитэ. Стиһиилээхтик үлэлээбитэ, үлэтин түмүктэрэ көстөн барбыта. 1997 с. Дьокуускай куорат култууратын салаатын иһинэн духуобунаска үлэлиир анал киин буолбута. Сайыына уһуйааныгар барыта биэс тыһыынчаттан тахса киһи сылдьан бэйэтин ис кыаҕын туһанарга уһуллубута. Онтон сорохторо бэйэлэриттэн соһуйуохтарыгар дылы тосту уларыйбыттара. Уларыйбыта олоҕу көрүүлэрэ, үчүгэйи, куһаҕаны сыаналааһыннара, чугас дьонноругар, бар дьоҥҥо, омуктарыгар сыһыаннара. Сахалара уһуктан сахатыйан барбыттар да үгүстэр. 70 –чалаах эмээхситтэр шпагат биэрэллэрин, бары күрүгүөмүнэн өстүөкүлэннэн хаамалларын, ыллыыр, туойар, үҥкүүлүүр, иистэнэр буолбуттары, олохторун ис хоһоонун тупсарыммыттары, дьүһүннүүн-бодолуун уларыйбыттары, бэйэ киэннэрин өрө тардыммыттары, арыгыттан аккаастаммыттары, табахтарын бырахпыттары, доруобуйаларын көннөрүнэн чөл олохтоммуттары элбэҕи мин да илэ көрбүтүм.
Сайыына уһуйаанын сүрүн тосхоллорунан: 1. Бэйэни салайыныы 2. Бэйэни чэбигирдинии 3. Бэйэни сайыннарыы -диэн этиэххэ сөп. Бу куурустары ааспыттар салгыы, бэйэлэрин ис кыахтарын дьоҕурдарын, талааннарын салгыы дьалкытан таһаарага, сатаан туһанарга үөрэнэллэр. Кимиэхэ туох баарынан, удьуордара уһуктан араас хайысхаҕа уһуйуллаллар. Тус бэйэни чэбдигирдэн, сайыннарынан, бэйэни салайынар буолан бардахтарына куту кытта үлэ саҕаланар. Уһуйаан сүнньүнэн киһи кутугар-сүрүгэр, кини ис дьиҥэр, ис кэрэтигэр, ис кыаҕар киһи сүрүн, тыынын бөҕөргөтөргө, уһатарга туһаайыылаахтык үлэлиир. Саха төрүт билиилэригэр, бэйэни сөргүтүнэр, ис кыаҕын таһаарынар, туһанар ньымаларыгар олоҕуран киһи бэйэтин бэйэтэ оҥостунарын ситиһэр. Салайыныыга киһи бэйэтин өйүн-санаатын, кутун –сүрүн сааһыланар үлэтэ киирэр. Чэбдигириигэ –чэгиэн-чэбдик, чэнчис-чэбэр, чөл буолуу, сатаан тыыныы, аһааһын, хамсаныы, ыраастаныы үлэтэ киирэр. Сайыннарыыга – саха итэҕэлэ, сиэрэ-туома, майгыта-сигилитэ, билиитэ, онтон сиэттэрэн бэйэ ис кыаҕын таһаарыы, бэйэни билии, өтө көрүү (интуиция) билинии киирэр. -Бу үс суол сөптөөҕүн ааспыт сыллар бигэргэттилэр, Ону үлэм түмүктэрэ көрдөрөллөр, уһуйааҥҥа сылдьыбыттар, доруобуйалара, майгылара-сигилилэрэ, дьиэ-кэргэннэригэр , тапталга сыһыаннара тупсара көһүннэ. Олоҕу сыаналааһын, көрүү уларыйара, киһи бэйэтин бэйэтэ саҥаттан арыйара баар – диэн Клавдия Ильинична астына кэпсиир. Киһиэхэ сырдыкка, кэрэҕэ, чэгиэн, чэбдик, чөл олоххо тардыһыытын уһугуннарабын диир. Киһи бэйэтин бэйэтэ хам баттаан хараҥаҕа сылдьыбытын билэн, хараҥаттан сырдыкка тахсыытын харыстыыр, суолталыыр буолар. Сураҕын истэ-истэ, үгүстэр, Сайыына уһуйаанын судургу дьоҕуру, талааны эрэ арыйарга туһуламмыт үөрэх курдук өйдүүллэр. Ол сыыһа. Уһуйааҥҥа бастатан туран киһиэхэ тирэх билиини биэрэллэр. Кини бэйэтин бэйэтэ сатаан иһиллэнэр, истэр, толкуйун хамсатар буоларын ситиһии. Үлэ-хамнас, дьиэ-кэргэн күннээҕи түбүгэр баттатан, үп-харчы, үөрэх сырсыытыгар баттатан билиҥҥи дьон олох толкуйдаабат буолла. Комплекс, стереотип, сциальнай гипноз, хам хааччахтаныы. Ону өһүлүнүү - улахан ситиһии. 50-60 саастарыгар тийэн баран, саныыр санаабытын сатаан сахалыы сайа этэр кыахпыт суох диэн билинэр дьон хайдах бэйэлэрин сатаан салайыныахтарай?! Бу дьон санааларын сатаан сахалыы сайа этэр буолалларын бастаан ситиһиэххэ, дьону үтүктэн, дьон туох дииринэн олоруу омсотун өйдөөтөхтөрүнэ бэйэ кэриҥинэн, бэйэ таһымынан эппиэт кэлэр. Оччоҕо киһи бэйэтин убаастыыр, ытыктыыр буолар. Боруобаланан, холонон көрөн, аһыллан, арыллан истэҕин аайы иэйии-куойуу, айар дьоҕур уһуктуута кэлэр. Бүгүн олоҥхоҕо киирии туһунан кэпсэтиэхпит. Сайыына 1999 с. олоҥхо эйгэтигэр киириитин саҕалаабыта. Оччолорго, кини үөрэтии олоҥхо, уонна ийэ олоҥхо, ол аата үөрэнэн ааҕан, нойосуустаан олоҥхолооччулар (артыыстар курдук) уонна ийэ олоҥхоһуттар (этиттэрэн олоҥхолооччулар) диэн баалларын) билбитим уонна этиттэрии эйгэтигэр үлэлииргэ быһаарыммытым диэн этэр. -Бастаан 30 киһи дьарыктаммыта, олортон икки киһиэхэ олоҥхо тыла киирэр этэ. Сорох киһиэхэ удьуорунан олоҥхоһута (урукку олоҕор) чугас, сороҕо ыраах баарын, сороххо олох да кэлбэтин билэн, көрбүөччүтү кытта куту ыҥыран ылан, анаан кэпсэтэн, быһаарсан үлэлиир буолбутум диир. Сороххо суругунан, сорох туругар киирэн, олоҥхоһутун ыҥыран, тута ханнык олоҥхо төһөтө киирэринэн олоҥхолоон барар буолбуттар. Онтон бэйэлэрэ эбии дьарыгыран бу олоҥхолорун кэҥэттэр кэҥэтэн тупсаран испиттэр. Сороххо ырыа, үҥкүү о.д.а дьоҕура уһуктубут. Барыта 50-ча киһи олоҥхоҕо дьарыктаммыт. Олортон уонча киһи этиттэрэн олоҥхолооһуҥҥа чугаһаабыт. Бу уһуйааны ааспыт тирэх билиини ылбыт көннөрү дьиэ хаһаайкалара, ырыаттан тойуктан ыраах дьон, сорохторо сахалыы саҥа саҥаран эрэр куорат сахалара. Уһуйааҥҥа дорҕооҥҥо, хомуска, ырыаҕа, тойукка дьарыгы , айар - тутар майгыны өрө туталлар. Кимиэхэ туох-ханнык тахсарынан ону сайыннарыы, куту кытта дьарыктаныы барар. Мин уруккуттан билэбин “Көмүлүөккэ” ким 10-ча мүнүүтэ, ким 1-2 чаас этиттэрэн олоҥхолуулларын. Антонина Сухановаэтиттэрэн олоҥхо суруйбутун, ол олоҥхото бэчээккэ бэлэмнэнэн баран кыайан тахса илигин. Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук түмүктэр бааллар. Елена Дьячковская олоҥхотун эмиэ истибитим. Наталия Винокурова, Варвара Капитонова, Аида Платонова, Екатерина Заболоцкая, Татьяна Эврестова, Гурий Герасимов, Марина Ушницкая уо.д.а билигин этиттэрэн бэйэлэрин таһымнарынан хоп курдук олоҥхолууллар. Сорохторун, Тумус Мэхээлэлиин бу соторутааҕыта баран эмиэ иһиттибит, ырытыстыбыт. Кыра, орто, улахан таһымнаах, ким төһө баайыылаах олоҥхоһуттааҕынан тахсар эбит. Тыл үөрэҕэ суох, ырыаһыт, тойуксут буолбатах көннөрү дьоҥҥо тыл-өс этиттэрэн киириитэ бу тута истэ олордоххо сөхтөрөр. Иэтэр-иэппэт майгы баар. Ардыгар олох хааһахтан хостуур курдук киирэн барар эбит. Гурий Герасимов остуоруйа-олоҥхотугар ураты майгы баарын көрдөрдө. Олоҥхо тиллэр суола бу уһуйааҥҥа баар эбит диэн санааҕа кэллибит. Атын ханна да маннык удьуор утумунан үлэ баара биллибэт. Үөрэтэ, үтүктэ сатыыллар да барыта “артыыстааһын”. Ол туһунан, олоҥхоҕо сыһыан да туһунан, удьуор утумунан көрдөөһүн ыытан анал уһуйаанарда тэрийиэҕиҥ диэн “Олоҥхо кубулуйуута”- диэн Кыым 2006 с. от ыйын 13 к. 27–гэр ыстатыйа суруйан турабын. Онно санаабын аһаҕастык эппитим. Бастатан туран, көрбүөччүнү кытта уһуйааҥҥа сөп түбэһэр, сүнньүнэн уол оҕону (киһини) талыы ирдэнэр. Иккиһинэн тирэх билиини биэрии, үсүһүнэн дьоҕуру дьалкытан таһаарыы, төрдүһүнэн этиттэриигэ киирии, бэсиһинэн бэйэтин бэйэтэ дьарыктыыр кыаҕы биэрии. Мантан олоҥхону этиттэрэн, тута хоһуйан таһаарар оҕолор тахсыахтарын сөп. Түмүктээн эттэххэ, Сайыына уһуйааныгар кииннээн анал бырагыраамманан оҕолору да, улахан дьону да талан, сыымайдаан удьуор олоҥхо утумун салгыахха сөп, ол онно олоҥхо ассоциацията үлэтин былааныгар киллэрэн, үбүлээһинин көрөн күүстээх хамсааһыны ыытыан наада эбит. Бу уһуйааҥҥа ырыаҕа, тойукка, олоҥхоҕо туспа суоллаах иистээх дьону эбии түмэн кытыннарыахха. Тута хоһуйуу, хаалан эрэр тойук майгыта сөргүтүллүөн сөп. Туспа эйгэ үөскүөҕэ. Үгэс олохсуйуоҕа. Сайыына уһуйаанын бэйэлэрин таһымнарыттан көрөн сөбүлүүр, сөбүлээбэт, хайҕыыр хайҕаабат баар буолуон сөп. Ол эрэн кини олоҥхо арыллар биир уратылаах күлүүһүн тута сылдьар. Атын баарын билбэтим. К.И.Максимова-Сайыына төрүт уус, удьуор, айылҕаттан бэриллиилээх киһи. Кини саха былыргыттан ичээн, көрбүөччү ньыматын туһанар, уонунан сыллаах үлэтин түмүгэ, бу хайысха кэскиллээх буолуоҕун туоһулуур.
|