|
Күннэй. "Буйустай Куо"
Күннэй
«Өр кэмнээх тууйуллуу, муҥатыйыы кэрэһитэ буолан, кини аһыы дабаххай амтанын билэр – бу үрдүк айыылар анаан-өлүүлээн бэрсибит быычыкаайык дьоллорун чоруун сүмэһинэ дуу, биитэр күннээххэ көөчүктэнэ оонньуур көлдьүн үөрүү кубулҕата дуу?!!»
Буйустай Куо(Дьүһүйүү-номох)
Ийэ кутум биһигэр Симиктик бигэтэн Иэнигэриэ биһириир Иһирэх иэйиим Иэмминэн иһиллээн Ийэм үүтүн эппэр-хааммар Иҥэринэн иитиллэн улаатан Иэйэхсит алгыстаах абылаҥа Сөҕүрүйбэт дьикти күүс буолан Уйулҕам улгум кулутун Уйгуурда уһугуннаран Өр кэмҥэ куутуйуланан Ыанньыйбыт тылларым Салгыҥҥа кутуллан Көҥүлгэ таластылар Сырдыкка дайдылар…
Урукку сулумах, араҥа үйэлэри уҥуордаан, сул кураанах куйаарга уйаланан, улуу күтүр уодаһыннаах уорҕаларын өҥөйөн көрдөххө, анараа аргыардаах ааспыт дьыллар-хонуктар кыраман ардайдарын быыстарын арыйан анаардахха, аламай маҥан күн анныгар, чээлэй күөх халлаан халҕаһатын ньууругар быыстала суох, үтүмэн үгүс тырымнас, дьэрэкээн уоттаах бачымах сулустар дьэрэлиһэн тахсыахтарыттан, кэмэ биллибэт суо-дьураан түмүллэр оҥхойдорун солоон, эндирдээх кэмнэр, быһылааннар дьайҕаран ааспыттар эбит. Ол кэм туоһута, былыргы олох кэрэгэй-тыйыс ыйааҕа – уйыын-уйан тыыннаах, үтүө алыптаах номоххо кубулуйан, курус таптал кыыма саҕыллан иһэн, хаһыҥҥа баттаппыт намчы ньургуһуннуу уота өспүтэ. Онтон Сир Ийэ быйаҥнаах илгэтиттэн саҥалыы тыын салҕанан, силис тардан, чэчирээн, таптаһар сүрэхтэри бүгүҥҥү күҥҥэ үүт-үрүмэ түһүлгэтигэр сирдээн аҕаллахтара.
Оҕуурдаах туппатах Уу-туҥуй оҕо сааһым Кэрэкийэ кэмнэрин Ахта-саныы барбатах Сандаҕалаах сахтарын, Анааран ааспатах Күндүл көмүс күннэрин Курас санньыар тылынан Ахтан ааһыам дуу… Айыыһыт алтыспыт маанылаах халдьаайыгар айыы сигилитэ чэлгийдин, өлбөт мэҥэ уутунуу тускула улааттын! Иэйэхсит эҥэрдэспит Добун Сэргэ түһүлгэҕэр уйгулаах олох кэриитэ эркээйилэннин! Киэҥ Киэлимэн кэтит иэннээх килэрийбит киэбин эһиэкэй этэр кэриигэ тэҥнээх, эридьиэстээн эттэрбин эриэхсит, Уордаах Уораайы уоругун булларбат муҥур уһугун уларыйбат уорҕалаах, уостубат ойбон күөллэрдээх, суллугуруу устар куруҥнардаах, оһуокай дуорайар түһүлгэтигэр кубулуттарбын баҕаһын! Аан чэлбэр Айылҕа Хотун барахсан ситэн, томтойо туолан, алын-чаҕаан, толуу көстүүтэ ис-иһиттэн хос-хос кэрэлэнэн, биир кэм ыҥыра-угуйа, сир-дойду тупса, күөх мөһүүрэ, солко симэҕинэн киэркэйэ түспүтэ. Алаас саҕатыгар ыйыллан үүммүт эҥинэ бэйэлээх өҥнөрдөөх оҕуруо сибэккилэр, долгуһуйа устар толомон хонуулар, дьэдьэн уктаах ырааһыйалар үөрүүлэриттэн киһи сирэйин таба көрбөт буола дьолломмут кыталык кыргыттар курдук арыый cуугунаһан, сибигинэһэ, сиккиэр хоту хоҥкулдьуһа-сэгэлдьиһэ турбуттара. Сибэккилэр, муннуну кычыгалатар, минньигэс дыргыл сытынан аҥалыйан, сыһыы муҥунан бэйэ-бэйэлэрин ыҥырсан, үрүҥ тунах ыһыаҕы ыһан эрэллэр эбит ээ. Уот харахха да этиллибит – Кэрэ диэн – таптыыр-таптатар сүрэх чопчутун кылааныгар, хайгыыр хара чүөмпэ харах чаҕыллар сыдьаайыгар! Оҕо буолан, атах сыгынньах сүүрүөхпүттэн ыла муҥура суох таптыыбын: бу сай тыала да суохха үөрүнньэҥнэрэ бэрт буолан, тэлибирии мөхсөр сэбирдэхтээх эмдэй-сэмдэй үүммүт, ырыа буолан хоһуллубут оҕо тэтиҥнэри, нап-наҥнаҕар бэйэлээх, дьылыгырас таһаалаах кыыс-маҥан хатыҥнары, буойуннуу туттан үүммүт төрөлкөй, суон тииттэри. Кэрэмэн-мичил дойдукам үүт-тураан сайаҕас салгынын, куугунас суугунун ымсыыра көрөр, таптыыр, кинилэргэ дьүөрэлии ыраас-сырдык санаалары саныыр буоламмын, ол да иһин миэхэ ураты ис кэрэнэн илгийэллэр. Тыа саҕатыттан сарсыардааҥы саҥа түспүт туманы кэһэн, чөмчүүк таастыы, халлаан дьэрэкээн кустугун оонньотуохпун саныыбын. Ис-испиттэн уҥуох-уҥуоҕум кыйыттан, хаһыытыы-тэлэмээттэнэ сүүрүөх баҕам күүһүрэн кэлэр. Ахтабын олуһун, бу тулалыыр от-мас тыаһын-ууһун, киэһээҥи саҕах күөгэйэ нусхайыытын, харгыс-хааччах диэни билиммэт эккэр-хааҥҥар Хотун Хаан Айылҕа анаан айан бэрсэр эрчимнээх күүс-уох иҥэмтиэтин – чэбдик-чэгиэн сүмэһин эккэр нүөлүйэ тарҕаныытын. Ол иһин даҕаны талба-мааны Аан Алахчын Далбар Хотун бэйэтинэн имэрийэ-имии көрөн, олох ситимин арчылаан, Тойон Сэргэҕэ салама ыйаан, чэчир анньан, алҕаан хааллардаҕа. Хаҥыл уохтаах эдэр саас итии төлөнүрэр чачата күүркэтэр, угуйа-умсугутар маҥнайгы кэнэн таптал баҕардар, тууһугурдар дьайыҥнаах имэҥин саҥа амсайан, икки таптаһар –амаҕаччылаһар сүрэхтэр сир-дойду киэркэйэ тупсуутун уруйдуу, бэйэлэрин эрэ бүөмчү-бүччүм дьоллоругар талбаарса-тайаара турбуттара. Ол курдук кинилэр киэҥ-нэлэмэн сир ньуурун сымнаҕас-ньээкэ урсунугар куустаран, айыы-махтал аргыстаспыт абылаҥнаах хочолорго кыһыл оҕолуу бүөбэйдээн, бу имэҥнээх уот-кутаа таптаһыыларыттан тыллыбыт сардаҥа дорҕооннору ырыаһыт чыычаахтар хабан ылан, окко-маска тиһэннэр, дьырыбынаһа туойбуттара. Күөх Мэҥэ халлаан урсунугар хатааста-харбаспыт хара дьулааҥыр, хатан-чаҥыйа таастыы сис хайалар: «Эһиги эрэ дьолгут одурууннаах муҥ-сор оҥкулламмыт будулҕан туманыгар мумматын» – диэбиттии Сир Ийэ булгуруйбат модун-киппэ бэйэлээх киэп туттар улууканнаах чыпчаала буолан, түү-ньуолах ааһа-устар былыттары сабардаан, аламай күн күрэнэ куотар ытыстыбат хаппахчыта буола суодайа-барыйан турар эбиэт! Кут-сүр иэтэр-туотар угуттуур уйгутун түстээн, хара сир албаҕалаах ахсым-татай арыалдьыттара олоххо тардыһыы уот-чупчуур умсулҕаннаах күүһүн сөҕө-махтайа одуулаһаллар эбит. Аан Айгыр Силик Айылҕа туналыйар кэрэ мөссүөнүгэр өйөтөн, Тойон Ньургун сүрэх ытатар-ыллатар, төрөтөн оҕону төлкөлүүр, иэримэ дьиэни иччилиир айгыраабат ытык аналын үөскэтэн аастахтара. Ол да иһин, Аан Уххан уот кутаа буолан, эттэрин сааһынан салаан киирэн, эбии күөдьүйэн, суоһаан, эт-эккэ ыбылыта сыстыһар, имэҥирдэр, күлүм-чаҕыл күндээрэ ыһыллыбыт алыптаах сирэ эбит, сэгэрдээр! Үүт-туналы, кэрэчээн ньуурдаах Буйустай Куо барахсан, киирэн эрэр күннүү, өрө кыыспыт имэ кытара кэйэн «бу сир үрдүгэр уруйдуубун үйэлээх уйаҕас тапталы, айыылаах буолуу ситэри силигин. Күндүчэй саҕах кытара кыыһар сардаҥатыгар сууланан, Тойон Сэргэ аттыгар бултуу бараары күлэ-үөрэ, кэрэ-номоҕон бэйэҥ сырдыы-чаҕылыйа тураргын олус да умсугуйа одуулаатым…» Көрдөһөбүн доҕоруом, соһуйа диэн истимэ, - биир эдэркээн бэйэлээх кыыс оҕо эйигин уҥа-таала, туймаара таптаан, сүрэҕин ооккото түөһүн иһигэр биир кэм тохтоло суох битигирии мөхсөрүн… Куттаныма, сэгээр, бу саҥа арыллыбыт сардаана сибэккилии ыраас, килбик тапталым эмискэ ыар, куһаҕан быһыы содулланыа диэн. Итэҕэй – мин эйиэхэ тапталым муҥура суох эрэллээҕэр, бааллырар байҕаллыы эрчимирдэр күүстээҕэр. Иһит дуу – сүлүҥүй сүрэхтэн саҕыллар сэмэй билиниибин – олуһун да сөбүлүү-хайгыы көрдүм олоҥхо бухатыырыныы кэтит-киппэ бэйэҕин, үрүмэччи маҥан атынан сай-ньаассын былыты быыһынан көтүтэн иһэргин. Сааскы тупсаҕай быһыылаах ньургуһуннуу саҥардыы аҕай уһуктубут маҥнайгы, муҥутах иэйиибин кэҕиннэрэн, сиргэ-буорга тэпсиэхтэрин курдук көтүмэхтик санаан, оо, наһаа да долгуйа-харааста куттанабын. Ороһуйа куттанабын – туора үрдүк кырыктаах хараҕыттан, бу өр кэмҥэ иитиэхтээбит эмньик ырабын туох эрэ кирдээх дьэбир тылынан аһааҕырдан, быһа этиэхтэрэ диэн…
Кыыс-кындыа дьылҕам Килбик сайаҕас тыынын Кыыда-кырыа кыһын Кырпай-сыа хаарын Кырсынан сылытабын Кыталык кыыллыы Кынтаҕар бэйэлээх Кыраһыабай таһаабын Кынчарыйа көрөр Кыыбаҕалаах харахтары Кыйа хаамтардар даа?! Кыларыйбат кылааннаах Кылыс-сата тылынан Кырбастаан эрэллэрин Кылыһахтаах ырыабар Кырыымпалыы кытыаран Кыйыһыттаҕым буолуохтун!!!
Оҕотук, тоҥуй сүрэхпин ааһан-араҕан биэрбэт аһыы ахтылҕан муҥур уһугун булларбакка уккуйа буулаата. Сытыы кылыс чыпчаххай кэриэтэ быһа кымньыылаан, саппарах санааларым кый ыраахха, миигин, ыраахха үүрэ көтүттүлэр – харахтаах анаарбатах, кулгаахтаах истибэтэх, тыллаах чыычаах да көтөн тиийбэтэх, кылыһахтаах ылбаҕай ырыалаах, дорҕоон-сата тойук дуорааннанан иһиллэр, арыт дүҥүр тыаһа дөрүн-дөрүн лүҥсүйэр, кэрэгэй-илбис чэрчилэммит соҕотохсуйуу үлүгэр уораҕайыгар. Эйигин эрэ кэтэһэр, эйигин эрэ санаа аалыыта оҥостор, уһун күн сылаатын дабаххай амтанын амтаһыйан моруу буолбут уйулҕабын уоскута көнньүөрт даа?! Мичээр минньигэс долгураҥа уоста-сүтэн эрэр саппаҕырбыт сирэйин ооккото хаһан, үлүскэн үөрүү кыымынан киэркэйэр? Кытарар обуйук уостарым эн убурааһына суох тулам кураххай салгынын эҕирийэн, куура хаттылар… Хас күнүн ахсын, бэйэм да билбэппинэн, сүүс араас сүлүһүннээх сүмэһиннэр, тоҕус уон араас куонньардар кубулҕатынан амаҕаччылыыр уодаһыннаах санаалар чэгиэн бэйэбин супту уулаан, эпсэри ыллар-ылан иһэргэ дылылар. Өрүү соҕотохсуйуу ыар мэҥэһигиттэн кутум-сүрүм ыга баттанан, кыыс-кындыа, сэмэй бэйэкэм эбии тууйулларга дылыбын. Арай бу күүстээх татакай тапталтан муунтуйбут оҕочоос сүрэхпин кураахтаах саа эмискэ тардыллыбыт оҕунуу, үөһии үрдүккэ кыырайан тахсан, түү куорсун кынаттаах истиҥ тылларым эрэл кыымын саҕардыы, саарбах санньыар санааларбын эндиэ мэҥэ халлаан куйаар урсунунан, кый ыраахха кыйдаан, иһирэх чуумпуну сатыылатан, өрө уйуһуйбут куппун уоскутаа инилэр… Мин сирдээҕи уоланым, Дуолан хоһуунуом, олоһун да эйигин суохтаатым!!! Тулуйарбын аастым, кэлиий даа, дууһам бүөмчү, кистэлэҥ муннугар уйалаабыт нарын иэйиибин соҕотох эйигинниин эрэ халлааҥҥа харбаһыахтыы күлүбүрэйэ турар кутаа уокка кубулутуохпун баҕарабын.
Хоһуун уоламмын Хомоҕой хоһооммор Хорсун хотойго Холуйуом буоллаҕа, Холорук тыаллыы Хоруйан ааһар Хатан тапталтан Хараастыбыт хараҕын, Хараан киэһэҕэ Ханыылыы көрөр Хадаар-тыйыс санаам Хараҥаҕа кыйданнын, Харсаах хааннаах Харса-хабыра суох Хабараан алыбынан Хайгыы-сөҕө көрбүт Хара аламай харахтарын Халыан тапталга кубулутар Харыс саҕа дьолу анаатаргын!!! … ардыгар мэник санаам тэһитэ кэйиэлээн, араас аньыылаах, баламат быһыыга бугуһуйбут кутум дьулуһар…» Онтон доҕоор, бу сырдык – чэмэлийэ көстүүлээх, кэрэкээн дойду дьоллоох олоҕун аймаан, аллараа дойду амырыын ыарахан таһаатын айгыратан, кэр-дьэбэр, хаан олбох барчаламмыт, халыҥ хайыргастаах сөҥ болгуо күдэриги өрө бүрүммүтүнэн, хара бэкир, суодалба күлүк, киһи моһуоннаах, дьонтон түктэри сирэйдээх-бодолоох ынырык ыһыыттар сулукуччуһан тахсаннар, күн чэмэлкэй сырдыгыттан харахтара саатан, аҕылаһа-мэҥилэһэ турубуттара. Кинилэр дьиэтэх дьон, соруктанан кэлбит суоһар соруктара диэн бу орто дьаҕыл дойдуга олохтоох, кэр-дьэбэр төрүкү сыстыбатах, ыраас, сырдык санаа алтыспыт, айыы-чэлгиэн куттаах, сылаас айылгылаах, сөҕүрүйбэт Таптал Тыынын үйэлэргэ уоста-уҕараабат күүс гынан эбинэн, Ийэ сири сүгүнэ суох түбүлээтэхтэрэ… Оһол-соллоҥ оботтоох, сулланан түспүт халтаһалаах, хаан-чэлкэх аргыстаах Хара Дьай харахтара Буйустай Куо таптыыр Дуолан доҕорун суохтаан, таптал тыына саҕылла турарыгар хатана биэрбитэ… Эмискэ үлүгэр, аарт-татай оҕолоор, чэмэлкэй, былыта суох ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии, хатан кыланыы сири-сибиири тилийэ сүүрэн, төйүөрэ сатарыппыта… Барык-сарык халлаан ытык куйаара аас-туор айанньыттыы, салбаҕыран, улаҕата уорастыйан, барбатах балык миинин курдук килэдийэн-баладыйан, сир-дойду ынырыктаах кыһыы-аба, кырыыс астыйбыт аргыара ааҥнаан, ыар ынчык сэтиилээн, туох да иччитэ иэйбэтэх кураанах ой-дуораан ордууламмыт Тулаайах Тоҕой Түбэ сиригэр кубулуйбут курдуга.
Арай бу бүрүүкээн турар, тэһиирэ суох дьэбидийбит ыас чуумпуну уйгуурдан, мэнэрик эмээхсин иһилэхтэнэр, мэнэрийэ туойара иһиллэрэ:
Маҥай аллаах айыы дьонноруом? Истэ-көрө билгэлээҥ дуу, Иэрэҥ иччилээх иэйиим Иэтэр муҥ энэлгэнин… Сир Ийэ дойдукам Сириэдийэ сиппит симэҕинии Кийиит кыыс киэргэлин Кыаһааннарын тыаһыныы Кылыгырыы лыҥкыныыр Кылыһахтаах ырыаларым, Эдэр-эмньик күннэригим Эйээркэй-хатан күлүүтүнэн Эмсэхтэнэн улааппытым Эргийэр кэрэ кэмнэригим Үөн-көйүүр сэмнэҕэр кубулуйан, Кэрээнэ суох кэҕиннэрбит Кырыыс, дьай-сата иҥмит Кырыы харахтар Кылыс тыллаахтар Ыыстабыллара буолан, Эрэй эҥэрдээбиттэрин Муҥур олохтообуттарын Өлүү төлкөлөөбүттэрин, Дьэ билигин кэлэммин Абытай-айыка түһэрэммин Урааҥхайдыы улуйан, Сахалыы алкыйан Дьалыһыйдаҕым буоллун! Илиэһэй кыыһа сирэй -бодолонон, Иирэр өлүгү өһөхтөөн, Иҥсэ-мэнэгэй Илбис-мэнэрик тойугун Эймэнитэ эттэҕим баҕаһын даа… - диэн өй мэйдээх тулуйан истибэт, ынчык ыаһахтаах, ынырык тыллар куһаҕан өһөх туманныы, көй салгыҥҥа кутуллубуттара… Этигэн хомуска дьүөрэлээн, дьүһүйэ-дьүрүһүйэбин, кулун тутар ый кубулҕатырар күнүнүү суһумнуур аһыы харах уулаах тапталы, угуттуу, уһуйа туойабын, кустук өҥүнүү дьэрэлийэ оонньуур аптаах дьүһүлгэн тойугу курутуйа ыллыыбын, ийэм күөрчэҕинии, биир кэм ытыллан тахсар, эмиэ да үлүскэн үлүгэр холоруктуу өрө ыһыллар, иэмин-дьаамын биэрбэт айгырас-саймаархай санааларым сыккыстыыр ытабылын, муҥур иэйиитин!.. Өрдөөҕү өбүгэбит өспүт өтөхтөрүн төҥүргэстэрин кэриим ыттыы улуйа сүүрэр, аньыытын ситэ эппэтэх, ый ытыытын ытыыр, салыйбыт куттаах, дьоло суох тапталын суланар сур үөрдүү ханна да сылаас-нуоҕай уоскулаҥ булбакка, салгын суостаах дорҕооно буолан, сири-сиксигинэн кэрийэ-хаама сылдьар, ыас-курус, чымаан дьылҕаланан, былыргы умнуллан эрэр олох омоон суолунан оһон сүттэҕэ:
Соҕотохсуйуу солоҥо Сор суолланан, Сорсуйууттан ордук Одурууннаах олох Оборчотугар муннаҕа…
|
Category: Олоҥхо | Added by: uhhan (2008-10-02)
|
Views: 2666 | Comments: 1
| Rating: 5.0/1 |
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 27 Ыалдьыттар (гостей): 27 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|