Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Олоҥхо

Олоҥхо кубулуйуута

Күдэҥҥэ көтөр көбүөх баҕалар
Күл-көмөр санаа күдэригэ
Күдээринэ көйгүөр күүркэлэ
Күлүҥкээр тыл күөдьүйүүтэ.

Кубулҕат олоҥхо куудьуйуута
Ис дьиҥэ суох ииспэрэй
Тас көстүүлээх татым өй
Күппүлүү барар күүгэн күүрээн.

Сахаттан салыйбыт салааһын
Матан, бүтэн эрэргэ малааһын
Маргынаал, бааһынай баһылааһын
Манньытан, манньалаан ылааһын.

Быйыл күһүн, 74 дойдуттан, Иордания принцессата Басма Бинт Талал баһылыктаах дойдулар икки ардыларынааҕы жюри дьүүлүгэр, харыстабыл ахсааныгар киириэхтээх щедеврдарга 107 бырайыак киирбит. Олортон 43-һэ ааспыт. Ол иһигэр олоҥхо бырайыага. Биһиэхэ олоҥхо ассоциациятын 1999 с. бастакы бирисидиэн М.Е.Николаев салайбыта. СР. ЮНЕСКО -ҕа сопредсэдээтэлэ Е.А.Сидорова олоҥхону бу дьүүлгэ киллэрии бары хара үлэтин тэрийбитэ, оҥорбута. ГЧИ бырайыагы оҥорон киллэрбитин кэннэ РФ үгүс үрдүк өһүөлээхтэрин өйөбүллээх илии баттааһыннарын М.Е.Николаев тус бэйэтинэн сылдьан ситиспитэ. Бу икки киһи үтүөтэ сыаналаммакка, умнулунна бадахтаах.
ЮНЕСКО материальнайа суох киһи аймах култуураҕа сыаннастара суураллан, сүтэн, өлөн, симэлийэн иһэллэриттэн ыксаан 2003 с. харыстыырга аналлаах Конвенция ылыммыта. Быһата “кыһыл кинигэ” олохтообута. Харчы көрбүтэ. 2001, 2003, 2005 сс. маннык испиэһэктээһин буолла. Бу үһүс, бүтэһик испиэһэк.

Олоҥхо. Ол+оҥ+хо. “Олох оҥоһуутун хоһуй” дииллэр. Инньэ гынан, аан дойду материальнайа суох сүтэр кутталламмыт сиэдэрэй сыаннастарын ахсааныгар, эпостартан биһиги олоҥхобут,Филиппиин арыыларын Марао норуотун даранген диэн эпостарын кытта киирдэ.
ЮНЕСКО, олоҥхону “кыһыл кинигэҕэ” киллэрбит. Өлөн эрэри өрүһүйэргэ харчы көрбүт. Тылбытын өлөн эрэр тыллар ахсааннарыгар бу ЮНЕСКО эмиэ киллэрбитэ. Итэҕэлбитин олох да өлөн бүппүтүнэн 100% бырабысылаабынайдарынан аахпыттара быданнаата.
Тыл , Итэҕэл, Олоҥхо – бу омукпут ис дьиҥэ, ис чиҥэ, айыллыытын төрдө, бу – көхсүттэн көнтөстөөх, арҕаһыттан тэһииннээх Айыы хаан аймаҕын, Күн өркөн ууһун бороҥ урааҥхайын омук буолар, айыы киһитэ аатырар төрүтэ. Тыла, итэҕэлэ, олоҥхото өллөҕүнэ саха омук, омук быһыытынан өлөр. Өлөн эрэҕит диэбиттэригэр үөрүү бөҕө. Өлүүттэн ас таһаарынаары “остуоллааһын” үлүгэрэ үрдүбүтүгэр үлүгүнэйдэ. Бырааһынньык курдук.
Олоҥхо тыынын сэбиэскэй кэм быспыта. Билигин олоҥхобут тыыннаах диирбит сыыһа буолуо. Үтүктүү, үөрэтии олоҥхо уонна чинчийии ханан эмэ баар. Олоҥхону тыынныыр эйгэтэ да, утума да, үгэһэ да билигин суох. Олоҥхо- омукпут уратылаах үрдүк тыына. Ол уһун тыына кылгаабыт.
Туох ааттаах олоҥхо күүрээнэ буолла, мамыыҥката дуу, малааһына дуу диэн болҕойон көрбүтүм, “олоҥхо” диэн ааттаах ботуччу харчы чөмөҕүн тула “олоҥхо быраастара” мустан мунньах бөҕөтө буола турар эбит. Дыйаагынас туруораллар быһылаах. Бары “олоҥхо щоу-бырайыага” диэн бакыаттаахтар, харчы сүгэргэ кууллаахтар. Бакыаттарын биэрэллэр уонна куулларыгар харчы хаалыыллар эбит. Түргэнник да кыаллыах дьыала чаардаан сыппыт эбит дии санаатым. Ити үлүгэр харчынан “искуустубаннай дыхаанньа” оҥороннор олоҥхону тилиннэриэхпит дэһэллэр. Өссө олоҥхо саха буолара наадата суох, нуучча, дьоппуон, кытай, туурак, ангылычаан, испаан, ньиэмэс о.д.а аан дойду омугун араас тылынан тыыннанан, нууччаны кытта-нуучча, дьоппуону кытта- дьоппуон буолуо диэн этэллэр эбит. Интэрнассынаалынай олоҥхону, өлөн эрэр саха олоҥхотун иһиттэн хостуу сылдьаллар эбит бу дьонуҥ. Кута –сүрэ, баҕар тыына да суох буоллун, күлүгэ, омооно, бодото баар буолла да сөп диэн буолбут. Харчы бүтүөр диэри “шоулаан” да тулуһуохпут дииллэр эбит. Архыыпка 160 олоҥхо сыккырыыр тыынын күлүгэ сытар диэн “мэлдьи мичээр, куруук мааны“ дьоннор эппиттэрэ. Ол тула абына-табына, саарбахтаабыт уонна саараабыт дьон санньыһан тураахтыыллар эбит…
ЮНЕСКО 10 сылга, олоҥхону “реанимациялыыр” сыалга 2 мөл $ көрбүт. Биһиги бэйэбит оччоттон итэҕэһэ суоҕу көрүөхтээхпит. Холбоон 4 мөл. $ . Бирисидиэн, бырабыыталыстыба олоҥхо хаартытын илиилэригэр туттулар. А.К.Акимов быһаччы үлэни иилиир-саҕалыыр буолла.

Чиэски майгылар

Саха литературата, поэзията, чинчийиитэ, искуустубата, тыйаатыра, муусуката, култуура тэрилтэлэрэ, үөрэҕирии, наука быһата духуобунай эйгэ барыта турунна. Духуобунас эйгэтигэр национальнай бырагыраама оҥоһуллан эрэр курдук.
Боппуруос хайдах уонна туох хайысханан саҕаланан эрэр диэҥҥэ сытар. Өрт уота оту-маһы араарбакка сииринии, сиир иһин сэтэрээн, аһыыр иһин абыланан маннык күдээринэ күүрээн оргуйда. Үлэлэрэ дьон үтүөтүн умнууттан саҕаланна. Сүүс да бырагыраамма ылынныннар. Ахсаанынан кыайбаккын, кытай буола иликпит.
Кыайар суолбут кэннибитигэр, тэпсэн ааспыппытыгар сытар. Ол үгэһи, ньыманы тилиннэриибит, эйгэни олоҕурдуубут. Онно култуура, оскуола национальнай бырагырааммаларын оҥорон испиппит. Сэһэн түмсүүнү, Айыы итэҕэлин киинин тэрийэргэ холоммуппут. Саҕалааһын баара дии. Удьуор утумун, ыал тиһигин үөрэтэн, билгэни, таҥханы билэн, иччини, айыыны арааран сиэргэ-туомҥа сыстыахча буолан испиппит баара…
Духуобунай эйгэҕэ, төрүт угэс култуураҕа төннөр буоллахха, оскуолаҕа чаастарбытын урукку курдук 8 ч. төннүөҕүҥ. Штаттары урукку оннугар түһэрэн, эбии үп-харчы көрөн, олоҥхо утумун сыдьаанын көрдүөҕүҥ. “Удьуор көтүппэт” диэн уос домоҕун батыһыаҕыҥ. Үлүбээй, күппүлээй шоу, мэрэппэрийээтийэ майгылаах ис дьиҥэ, ис хоһооно суох үлэлэри, сымыйа чинчийиилэри, бырайыактары тохтотуоҕуҥ.. Бырайыактааччылары, үөрэтээччилэри, уһуйааччылары сыымайдыаҕыҥ. Чопчулаан, хайысхалаан, тымырдаан-сыдьааннаан үлэлиэҕиҥ. Тыыннаах, өлбүт, өлөн эрэр, күлүк-сүлүк, үтүктээйи майгылары, атыыры-тыһыны, саханы-хорону араара үөрэниэҕиҥ. Омукпут тыынын уһатыаххытын баҕарар буоллаххытына бэйбитин албынанымыаҕыҥ.
Бэйэбит олоҥхолорбут сахалыы бэчээттэнэн ситэ тахса да, туруорулла да иликтэринэ, тоҕо ити олоҥхону нууччалыы, дьоппуоннуу, ангылычаанныы о.д.а чиэски омук тылынан туруора, таһаара сатыылларын өйдөөбөппүн. Ону тылбаастыахха наада, харчы бөҕө кутан таһааттарыахха наада. Бу олоҥхобут, Уйбаан, Маарыйа диэн ааттаах суруйааччылар суруктарабуолбатах ээ. Саха омук өйүгэр санаатыгар, этигэр-хааныгар иҥмит ытык өйдөбүллээх этиттэриилээх майгы эбээт. Удьуорунан утумнуур, хаанынан бэриллэр, кини инники айанын суола - үгэс! Үгэс эрэ! Кини үгэскэ олоҕурбут Айыыбыт итэҕэлин курдук. Олоҥхоҕо – Айыы итэҕэлин ис хоһооно баар. Айыы итэҕэлин өйдөөбөт, ылыммат киһи олоҥхону өйдүүрүгэр да, ылынарыгар да, үөрэтэригэр да итэҕэйиэххэ сатаммат! Барыта сымыйа, албын, үтүктээйи төрүттээх, кимиэхэ эрэ сөп түбэһэ сатыыр – шоу буолар.
Биһиги төрөөбүт тылбытыгар, төрүт итэҕэлбитигэр, олоҥхобутугар кэмиттэн кэмигэр күүрээннээх хамсааһыннары оҥорон кэлбиппит. 90-с сыллартан ис-дьиҥнээх үлэ саҕаланан иһэн тохтоото. Ол барыта үрдүк саламтабыт, саха кута-сүрэ туохтан-кимтэн тутулуктааҕын өйдөөбөтүттэн, баһылааччы дууһатыгар ымманыйарыттан, онно сөп буоларга ыытар бэлиитикэтиттэн тутулуктаммыта. Хоролуу, бааһынайдыы барааһын.
Бэлиитикэттэн тутулуга суох иитиллэр, сахалыы сайдар үгэспит суох буолбут. Үөһэ туох диэтилэр да ону үтүктүү. Сыл-хонук аастаҕын аайы сахалыыбыт кэбирээн суураллан иһэр. Бу кэмҥэ олоҥхонон саха кутун бөҕөргөтүүгэ, ис күүһүн таһаарыыга, үгэспитин, итэҕэлбитин сөргүтүүгэ, олохсутууга кыах бэриллибитин өйдүөхтээхпит. Атыылааһыҥҥа буолбатах.
Сурах таһымыгар холобур баар. Мааман төбөтүн көрдөрөн, аан дойдуга аатыран, республикаҕа 20 эрэ тыһ.$ киирбит. Киирии төлөбүрүн 50 $ көрдөрбүттэр. Хас эмэ мөлүйүөн киһи көрбүт. Үс мөлүйүөн киһи көрбүт буоллаҕына 150 мөл.$ киирбит буолуон сөптөөҕө. Олоҥхоҕо 4 мөл. көрүллүбүтүн санааҥ. Ол мөлүйүөннэр ханна тийбиттэрин, ким хармааныгар киирбитин ким да билбэт. Мааман муоһун кыырпаҕын, мааман түүтүн атыылаан бэркэ туһаммыттар дииллэр. Салгыы барар бырайыактарын дьоппуоннар уонна французтар 50-нуу % үллэстибиттэр, сахаларга тииһиннэрбэтэхтэр диэн сир-буор аннынан кэпсэтии бөҕө тарҕанна. Төһөтө сымыйатын, төһөтө кырдьыгын айбыт таҥара билэн эрдэҕэ…Ити мааман төбөтүн манна “коммерсааннар” ким баҕалаахха атыылыы сатыы сылдьыбыттарын көрөн, биир биолог бырабыыталыстыба атыылаһарыгар сыыттаабыт, онтулара харчыта суох буола быста дьадайан, манна күүлэйдии кэлэ сылдьар француус киһититтэн харчы иэһээн ылан атыыласпыттар диэн үһүктүүллэр. Олоҥхо бырайыага маннык “үһү” буолуо суоҕа дуо?…
Олоҥхо эпос майгытын сүтэрэр суолун тутумуоҕуҥ. 10 сылга 10 хайысхалаах бырагырааммалар оҥоһулла охсубуттар. Туох барыта саҕаланыытыгар сытар. Олоҥхону ааһа араас чиэски майгыларынан дьахтары симиир курдук симээн кэбистэхпитинэ кыаллыа суоҕа.
Олоҥхо дьахтар (тыһы) эйгэ буолбатах. Олоҥхо, айар (атыыр) эйгэ.
Былыыр-былыргыттан саха олоҕор олоҥхо биир тулхадыйбат суоллаах этэ, ол- олоҥхо эр киһи майгыта! Ырыа-дьахтар, тойук-эр киһи майгыта буоларын курдук. Ол дьахтарга таҥара айар майгыттан матарбытын курдук. Кини айыллыбыты төрөтөр. Эр киһи төрөөбөт. Биология да өттүнэн сатаммат. Иккиэннэригэр маппыт аҥаар баар. Баҕар, хаһан эрэ дьахтар оҕо уллуругун айан оҥорор буоллаҕына этиттэрэн олоҥхолуоҕа…Эр киһилии куттаах дьахталлар баар буолааччылар.
Олоҥхо – таҥара тардыыта (тяга), олоҥхо ситимэ - айыы быата. Дьиҥин көрдүүр буоллаххытына атыны булуоххут суоҕа. Айыы сиэриттэн, айыы майгытыттан тэйдигит да сымыйа, албын, үтүктээйи үрдүгэр түһүөххүт. Шоулаан баран көрбүккүт, күүгэн уостарыныы барыта сүтэн хаалыаҕа…
Олоҥхо тойук майгытынан толоруллар. Олоҥхо тойугун майгыта - таба тайанар айан майгыта, суол хайытан тахсыы. Нойосуустааһын, өйгө үөрэтии манна суох. Тута айан дойҕохтоон түһүү (импровизация). Ырыа майгытынан үтүктэн өйгө үөрэтэн толоруохха син. Ол үтүктүү таһыма.
Бэҕэһээ били аатырдар олоҥхо фестиваалын тэлэбиисэргэ көрдөрдүлэр. 90%-на кыыс оҕо. Ханна да бар оннук. Эр киһи, бухатыыр тойугун кыыс оҕо көҥкөтөн ыллыы сатыы турара көрүөххэ, истиэххэ чиэски. Билигин эр дьон дьахтар оруолун толорон кэбилэнэр сүөргү майгылара элбээбитин курдук. Тойук тыһытыйда. Тэрийээччилэр, салайааччылар, үөрэтээччилэр, “уһуйааччылар” бары дьахталлар. Олор бэйэлэрин майгыларыттан тахсыбаттара өйдөнөр. Хайыахтарай. Кус хоролуу барыылаах исскуственнай кыыс-дьахтар олоҥхолоро тахсыахтара. Хоролор сэргиэхтэрэ. Ол сахалыы буолбат. Дьиҥинэн ыллыах-туойуох уол оҕо элбэх буоллаҕа. Онтон атыны этэр кыах суох. Итэҕэйбэт буоллаххытына тула өттүгүтүн көрүнүҥ ээ.
Чахчы, дьиҥнээх сахалыы олоҥхо үгэһин тилиннэрэргэ биир суол баар.Ол киһи хаан дьонотугар (геныгар), удьуор талааныгар эрэнии. Төрдү-ууһу, утумнааһыны үөрэтии. Кэбиһиилээх окко инньэни көрдөөһүн үлэтэ барыахтаах. Олоҥхо – айыллыы. Кини баар эбэтэр суох. Таҥара биэриитэ билэр. 77 акадыамыйыҕа үөрэтэн ону ситиспэккин. Олоҥхоһуттар удьуордарын ырытан олор сыдьааннарын көрдөөн, талан чопчу анаан уһуйуоҕуҥ. Бииргэ эмэ булгу таба тайаныахпыт. Биир баар буоллаҕына биэс баар буолуо. Ол тирэх, төрүт буолар. Урут оройуоттарга 30-40, 80-90-нуу олоҥхоһут баара биллэр. Олортон син биир биирэ эмэ айылҕалаах, таҥараттан тардыылаах буолар.
Олоҥхо үс мутугар үс дойду киирэр. Орто дойду таһыма. Баар, буола турар олох таһыма. Үөһээ, аллараа дойдулар, этиттэриилээх, үөтүүлээх таһымнар. Били этэр урукку 80-90 олоҥхоһуппутуттан 1-2-тэ эрэ ити этиттэриилээх, үөтүүлээх таһымынан олоҥхолуура. Ол иэстэбиллээх буолара. Оҕолорун, урууларын тоҕо туойаллара, сулумах, соҕотох хаалаллара о.д.а.
Сэбиэскэй кэмҥэ “иччилээх ырыаһыттар” диэннэр бааллара. Олор олохторун санаан да көрүҥ…
Орто дойду таһымаолоҥхо орто дойду сигиэтинэн сылдьар. “Коллективнай” , “группанан” олоҥхолор баар этилэр дииллэр. Бааллара, оҕонньоттор чопчу араараллара, бу орто дойду тойуга, бу үөһээ дойду, бу аллараа дойду тойуга диэн. Олоҥхоһуттар муһуннахтарына ким хайа дойду ыратын-тойугун ордук толорорунан көрөн үллэстэн олоҥхолууллара үһү диэни истэрим. Ол киһи ол тойугу толорбута диэн кэпсээччилэр. Ити барыта олохсубут утумнаах үгэстэр, ньымалар этилэр. Билигин оннооҕор тойук хаалла. Тойугун кыайбакка хайдах олоҥхолуоххунуй?
Ол иһин уон сыллаах олоҥхо бырагырааматыгар үгэһи сөргүтэн, эйгэни үөскэтэн, утуму салҕааһыҥҥа үп-харчы көрүллүөхтээх. Шоунан үлүһүйүү тохтуохтаах. Бэйэбит испитигэр үлэ барыахтаах. Хайысхаларынан көрөн биирдиилээн хайысхаларга дьоҕурдаах дьоҥҥо уһуйааннары тэрийтэлиэххэ. “Субуотунньуктаан” кыаллыбат үлэ.
Холобур олоҥхо муусукатын, “Чолбон”, “Ай Тал”, “Чороон”, ”Дапсы” бөлөхтөр Тумус салалтатынан мустан оҥорор кыахтаахтар. Кинилэр муусукаҕа уһуйаан буолуохтарын сөп. Ол курдук таҥаска-сапка, тылга- өскө, үҥкүүтүгэр, хамсаныытыгар-имсэниитигэр, өйдөбүллэригэр о.д.а араас хайысханан үлэ барыахтаах. Сахалыы дорҕоону, куолаһырыыны эмиэ туруоруохха сөп. Олоҥхо анал сэһэн сүбэтинэн үлэ ис хоһооно сүрүннэниэхтээх. Чиновниктарынан, тойотторунан буолбатах. Тойоттор үбүлээһин өттүн быһаарыахтаахтар.
Салгын кут салыйыан иннинэ, кут аһаҕас кэмигэр эр киһи олоҥхотун кэмэ этэ, олоҥхо сахалыы майгылааҕа. Сэбиэскэй кэмтэн олоҥхо эпос таһымыттан көһөрүллэн фольклор таһымыгар түспүтэ. Өссө кэлин нууччатыйыы, бааһынайдааһын көмөтүнэн сахаттан тэйбитэ. Самодеятельность таһымнаммыта. Тылын-өһүн өйдөөн ыланар да киһи ахсааннаммыта. Атын итэҕэллэр, атын таҥаралар атыны “этиттэрэллэрэ”.
Ыллыыр –туойар, хоһооннур ньыма эмиэ үларыйбыта. Сурук элбээн тута айан дьүһүйэн түһүү хаалбыта. Суруллубуттан үөрэтэн өйгө ааҕан үтүктэр ньыма сайдыбыта. Саха үгэһиттэн тэйии барбыта, ааһа баран үгэһи хаалынньаҥ быһыытынан аахпыттара. Итэҕэл, сиэр- туом тыллара тылдьыттартан быраҕыллыбыттара. Олоҥхо умнуллубута. Хоһооҥҥо, ырыаҕа-тойукка сахалыы ньыма, истиил сүппүтэ. Саҥарар, дорҕооннуур да ньымабыт уларыйда.
90-с с. сахалыы барыылаах хоһооннуур ньыманы, истиили “Турук поэзията” диэн ырыта сылдьыбытым, сэҥээриллибэтэҕэ, хата элбэхтик үөҕүллүбүтүм. Мин онно сахалыы уонна хоролуу барыылаах олоҥхолор, алгыстар, кыырыылар поэзиялара уратылара туоххатын көрбүтүм. Тылыгар-өһүгэр, олуктара таҥыллыытыгар, түһүмнэр, түһүмэхтэр түһэн иһиилэрэ сааһыланыытыгар, ситимнэниитигэр, оҥкүлүгар, барааныгар, туруутугар. Биллэн турар анаарыыта биирдэрэ төрөөбүт (тыһы), иккиһэ айбыт (атыыр) туругуттан, эбэтэр буккаас буолара.
Билиҥҥи олоххо, сахалыы айбыттан олоҥхо – өлбүт майгы. Оннооҕор тойук тыына сүттэ. Ол барыта сахалыы хоһуйуунан, дойҕохтоон түһүүннэн сахалыы дьарыктаныы майгыта быраҕыллыбытыттан. Атын түөрүйэҕэ, атын ньымаларга, атын омук сыанабылларыгар, атын анаарыыларга көспүппүт, (көһөрбүттэрэ). Нууччаны үтүктүү сыанаҕа турбута. Билиҥҥи үөрэх барыта хоролуу. Нууччалыы барыыга ананар.
Киһи хаан дьонотугар, удьуор талааныгар, бэриллиитигэр эрэнэн, төрдү ууһу көрүүнү сөргүтэн, “сувернитет кэминээҕи” үлэбитин сылытан (наһаа сойо илик буолуохтаах) олоҥхо хааһытын астаатахпытына киһи сиир аһа тахсыан сөп. Дьиҥнээх сахалыы эр киһи олоҥхотун үгэһин үөскэтиэҕиҥ.
Дьиҥнээх олоҥхо киһи уйулҕатын хам тутан бэйэтин кытта сиэтэн илдьэ барар, өйгө санааҕа бүтүннүү иҥэр, кутугар-сүрүгэр тийэр.
Өйү-санааны албынныахха сөп. Оттон куту-сүрү хаһан да албынныаҥ суоҕа. Эппитим курдук хоролуу быһыы – өйгө-санааҕа туһуланар, сахалыы быһыы - кукка-сүргэ туһуланар. Дьиҥнээх олоҥхо – кутү сүр оонньуута. Төһө да билигин кыыс-дьахтар барыта “олоҥхоһут, олоҥхо специалииһа” аатырдар, эр киһини дьахтарынан солбуйар кыаллыбат.
Дьүһүн кубулуйумтуо, санаа уларыйымтыа.
Билигин олоҥхо ханнаный диэбиппэр, бары ЮНЕСКО көрбүт харчытын ыйаллар. Олоҥхо диэн харчы чөмөҕө идэмирдээх иҥсэни төрөтө сытар. Харчы- билиҥҥи кэм, ырыынак таҥарата.
-Хайа бу Уххан хайдах буоллуҥ, бэҕэһээҥҥэ диэри “олоҥхо – таҥара бэлэҕэ, таҥара биэриитэ” – диэн чоргуйарыҥ дии, таҥара бэлэҕэ буолбакка бу тугуй? –дии-дии харчыларын диэкки эрэллээхтик, итэҕэйэрдии, мин диэки итэҕэйбэтэхтии көрбөхтүүллэр. Дьэ онон олоҥхо диэн- харчы эбит!
Билигин олоҥхону үөрэтээччилэр, чинчийээччилэр диэннэр бааллар. Балар үс-түүннээх күн олоҥхо туһунан суруллубуту, устан, сүһэн ылыллыбыты, үтүктүллүбүтү кэпсиэхтэрэ. Олоҥхолоон көрдөр эрэ диэтэххэ мэлийэҕин, ытыскын соттоҕун. Онон бу олоҥхону үөрэтээччилэр үллэстэр харчылара эбит.
Олоҥхо туһунан иһитиннэрии, биллэрии, щоулаан көрдөрүү, омук дойдуларын кэрийии-бу дьиҥнээх олоҥхо буолбатах. Бу олоҥхо тиэмэтигэр үспүкүлээссийэ.Олоҥхо үрдүгэр олоҥхо туһунан “үһү кэпсэл” ыттыыта – “баһырҕас быта баска ыттыыта” диэн буолар. Олоххо, тапталга, үөрэххэ, иитиигэ, суоҕу айыыга үгэһэ суох майгыны этэллэр, ол үспүкүлээссийэ, бэйэни да дьону да албыннааһын. Үгэскэ кубулуйдаҕына биирдэ этиэххэ.
Үгэһэ суох тыл суох. Үгэһэ суох итэҕэл суох. Үгэһэ суох - олоҥхо суох!
Үгэһи олоҕурдуохха, утуму салгыахха, эйгэни үөскэтиэххэ!

Бэс ыйын 6 к. 2006 с.

Category: Олоҥхо | Added by: uhhan (2007-09-16)
Views: 5572 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 19
Ыалдьыттар (гостей): 19
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024