Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Ыһыах

Ыһыах туһунан ыатарыы

Ыһыах. Орто дойдуга омук буолбуппут аатыгар сокуонунан көрүллүбүт национальнай бырааһынньыкпыт. Дьиҥинэн, ыһыах – итэҕэлбит “бырааһынньыга” – Ытык Той. Арҕаһыттан тэһииннээх, көхсүттэн көнтөстөөх Айыы Хаан аймаҕа, Күн Өркөн ууһа дэнэн баччааҥҥа тиийэн кэллэхпит. Тоҕо арҕаспытыттан тэһииннэммипитий?, тоҕо көхсүбүтүттэн көнтөстөммүппүтүй?, тоҕо Айыы Хаан аймахтарабытый, тоҕо Күн Өркөн уустарабытый? Бу тоҕолор хоруйдара биһиги киммитин, туохпутун, итэҕэлбит ис дьиҥин, сиэрбит-туоммут түгэхтээх, халбаҥнаабат өйдөбүллэрин (каноннарын) барытын быһаарар. Бу биһиги омук быһыытынан уратылаах аан дойдуну анаарыыбыт, үчүгэйи-куһаҕаны араарыыбыт, итэҕэспитин толорунар итэҕэлбит.
Айыы дьоно, Айыы киһитэ, Айыы суола, Айыы быһыы, Айыы санаа барыта,- Айыы үөрэҕэр баар. Ону мэлдьэһэн да төһөнү мэлдьэһиэхпитий, хааҥҥа баары. Дьиҥ кырдьык –хааҥҥа буоллаҕа. Ол дьиҥ кырдьыкпыт үгэспитигэр, үгэскэ олоҕурбут итэҕэлбитигэр сылдьар. Үгэс итэҕэл үрдүүр өрөгөйө, кут-сүр күүс-сэниэ ылар, арчыланар, алгыһынан иитиллэр кэмэ Ытык Той – Ыһыах. Күн таҥара сиргэ саамай чугаһыыр кэмэ. Бэс ыйын 21 к. былыр-былыргыттан аан дойду үрдүнэн бу күн, күҥҥэ сүгүрүйээччилэр Ытык күннэрэ. Бу күнү ханнык да траур, үбүлүөй, сирдээҕи тойон дьаһала тохтотор, көһөрөр кыаҕа суох. Бу күн саха омугун сокуонунан көрүллүбүт национальнай бырааһынньыга. Бу эрэ күн сахалыы саҥа, ырыа-тойук, көр-нар, сахалыы ас-таҥас, күрэх-түҺүлгэ, оһуохай-олоҥхо, сиэр-туом силигэ ситэ сириэдийэр, омук тыына ырылыччы көстөр Ытык күнэ – ыһыах буолар. Ыһыах –саха ааттаах киэнимсийэр киэн туттуута, дьоһумсуйар дьоһууна, үрдүүр өрөгөйө. Ыһыахха кутун туттарбатах, сүрэ сүүдүйбэтэх саха, сахаттан тэйэн эрэрэ өтө көстөр.
Түҥ былыргыттан күҥҥэ, уокка сүгүрүйбүт омуктарбыт. Итэҕэл төрдө буолар итэҕэл. Үрдүк Айбыт Айыыларга, сирдээҕи иччилэргэ сүгүрүйүү күн бүгүҥҥэ дылы төһө эмэ чөлүнэн баччааҥҥа диэри тиийэн кэлбитэ, биһиги, кырдьаҕас омук быһыытынан тыыннаахпыт туоһута. Үгүс омуктар баһылыыр аныгы итэҕэллэргэ көһөн атын анаарыылаах, үчүгэйи-куһаҕаны араарыылаах омуктарга кубулуйбуттара. Тылларын-өстөрүн, сиэрдэрин-туомнарын умнубуттара, элбэх омук да суураллан симэлийбитэ.
Уруулуу түүр омуктар үгүстэрэ билигин ислам буолан олороллор. Ол эрэн биһиги язычниктар этибит, таҥараҕа итэҕэйэрбит дэһэллэр. Оннооҕор нууччалар эмиэ язычниктарбыт этэ дииллэр. Элбэх кинигэлэри суруйдулар. Омуктар историялара буккуллубута, төрүтү-ууһу умнуу, итэҕэлгэ буккуллуу хара баһаам. Оннооҕор биһиги сахалар, Омоҕой, Эллэй, Улуу Хоро, Тыгын саҕанааҕыттан киммитин туохпутун буккуйабыт. Тыгын аҕатын аата Дойдууһа Дархан диэн. Тоҕо Дойдууһа буолбутай? Ааспыкка ахтан аһарбытым курдук үөһээ Намана, Сиинэ, Ботомоойу, Кэппэндээйи бастарыгар Дойду Ууһа диэн төрүттэрбит, өбүгэлэрбит түһүргэннэрэ баар. Онтон түспүппүт. Бу үчүгэйдик чинчийиллэ илик дойду. Онно аакка-суолга киирбит ортотуттан күн тахсар Дойду Ууһа диэн өбүгэлэрбит түһүргэннэрэ баар. Дойду Ходуһа диэн ортотуттан күн ойон тахсар көнө сирэ, куду хайалар, онно олох оҥоһуута хоһуллубут олоҥхо дойдута. Сахалар төрүт дойдубут киинэ -онно, дойду сирэ - онно. Дойду Ууһа Дархан онтон.
Сувернитет биллэрии саҕана ыһыахтар сөргүтүллэн, Айыы сиэринэн торумнанан, сыл ханнык айыыга саха итэҕэлинэн сөп түбэһэринэн көрөн ыытыллар буолбуттара. Ыһыахтар утумнара олохсуйбута. Сэбиэскэй кэмҥэ итэҕэли баардыылаабат кэмҥэ сүнньүнэн Сунтаарга ыһыах бүттэлээх халбыта, үгэһин, утумун, эйгэтин сүтэрбэтэҕэ. Ол да Кыыл Уола – Сэргэй Сибиэрэп ыһыах кутун тэниппититтэн. Сэбиэскэй кэм коммунизм итэҕэлиттэн атыны билиммэт этэ. Хомуньууһурбут, нууччатыйбыт улуустар ыһыах үгэһин төрүкү умнубуттара. Ыһыахтары күлээҥкэҕэ, дьаарбаҥкаҕа, спартакиадаҕа, ким эрэ үбүлүөйүгэр кубулуппуттара. Сиэр-туом оннугар тойоттор тыл этэн чоргуйаллара, дьон кинилэргэ сүгүрүйэрэ. Ыһыах майгыта кытта нууччатыйбыта, нууччалыы ыһыаҕы ыытар буолбуттара. Билигин да оннук баар. Ыһыах нууччатыйыыта, шоуга, ырыынакка кубулуйуута саха кутун салыппыта.
Дьэ ити иһин, култуураҕа, олоҥхоҕо, ыһыахха, итэҕэлгэ киириэм иннэ Үс Хорону, Үс Саханы, Бааһынайы, Маргынаалы анааран суруйан испитим. Бааһынайым тахса илик, син биир ханан эмэ тахсыаҕа. Онно култуурабыт билиҥҥи туруга ырытыллыбыта.
Ыһыаҕы суруйаары Илин, Бүлүү эҥээрдэр ыһыахтарын сиэрдэрин- туомнарын көрөн истэн кэллим. Барыта 7 сиэри-туому көрдүм-иһиттим. Олору ааттарын ааттаталаабакка эрэ кылгастык ырытыам.
Үгэс. Утум. Эйгэ. Иччилэр. Айыылар. Күн. Уот. Тойон сэргэ, Аар баҕах. Уһаайах. Холумтан. Сиэр. Туом. Сэлэ. Чэчир. Салама. Сүгүрүйүү. Алгыс. Оһуохай. Олоҥхо. Көр-нар. Күүлэй. Оонньуу. Ырыа. Тойук. Хорчуоппа. Сылгы. Кымыс.Таҥас-сап. Үҥкүү. о.д.а ыһыах көтөҕүллэн турар төһүү баҕаналара буолаллар, өһүөлэринэн - ытык өйдөбүллэр буолаллар. Хамсатар күүһэ - Көх. Балартан туга эмэ итэҕэс-быһаҕас буоллаҕына ыһыах табыллыбат. Бу туһунан элбэхтик суруллубута, үөрэтиллибитэ эрээри хотуну- соҕурууну, айыыны- абааһыны да араарбат дьон ыһыах тэрийээччилэринэн, алгысчыттарынан буолалларын көрөн, истэн сөрү диэн сөхтүм, буолар да эбит дии санаатым. Илэ көрбөтөҕүм буоллар итэҕэйиэ суох эбиппин. Олохсуйбут, үгэс буолбут итэҕэл халбаҥнаабат өдөбүллэрин (каноннарын) кэһии ыһыахтарга тахсарын, таҥнары домнонуу буола турарын, сиэри туому сыыһа оҥоро туралларын, иччилэрин, айыыларын буккуйалларын, эбэтэр барытын шоуга, күлээҥкэҕэ кубулута сатыылларын көрөр-истэр сүөргү, хомолтолоох, кэлэйиилээх да буолар буоллаҕа. Саамай киһи дьиксинэрэ үгүс дьон ону өйдөөбөтө, өйдөөбүтүн да иһин баардыылаабата буолар. Билиҥҥи кырдьаҕастарбыт да урукку, абааһыны-айыыны итэҕэйбэт коммунист итэҕэллээх көлүөнэлэр.
Үгүс сиргэ ыһыах сценарийа, тыла-өһө, сиэрэ-туома ырытыыга, сыанабылга турбат эбит. Ким көстөрүнэн, хайдах барарынан. Тэрийээччилэр, баһылыктар ыһыах сиэригэр-туомугар сүрүн болҕомтону уурбаттар эбит. Бу култуурабыт, духуобунаспыт министиэристибэтин үлэтин биир омсолоох өрүтэ диэн быһаччы этиэххэ наада.
Ыһыах куорат, дэриэбинэ иһигэр, стадиоҥҥа, кулуупка ыытыллара төрүкү сыыһа. Ыһыах ыһар сир туспа, анал буолуохтаах. Билигин үгүс улуустарга, нэһилиэктэргэ ол баар буолла. Дьокуускай куорат ыһыахтыыр сирдэммитэ, ол сыл аайы саҥардыллан, тупсарыллан иһэрэ, онно анаан үп-харчы көрүллэрэ үчүгэй кэскиллээх быһыы. Майалар ыһыахтыыр анал Ураһалаах алаастара бэртээхэй. Аммалар үлуустарын ыһыаҕын уочаратынан араас нэһилиэккэ түмсэн, онно күүһү түмэн тутуу ыытан бэркэ дьаһаналлар. Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, атын үгүс улуустар, нэһилиэктэр стадионнарыгар ыһыахтыыллар, ол олох мөлтөх, табыллыбат быһыы, уонча сыллааҕыта ол туһунан эмиэ суруйан турабын. Ньурба Сунтаар пааркаларыгар ыыталлар. Кэм да айылҕалаах. Сунтаар паарката ордук, табыгастаах, өссө кэҥээн тупсан иһиэх кэриҥнээх. Ыһыахтыыр сири талыы бастыыр улахан суолталаах. Табыллыа эрэ табыллымыа эрэ. Бары өттүнэн көрөн сыаналаан, билгэлээн талаллар. Табыллыбат буоллаҕына көһөрөллөр.
Дьон олорор сирэ (трибуна) хайа диэкки хайыһан турарыттан алгыстар хайысхалара сыыһа-халты барар эбит. Ол хайдаҕый?. Биллэрин курдук алгыстаах илин халлаан аһаҕас. Айыыларбыт хайысхалара –хотугулуу илинтэн соҕуруулуу илиҥҥэ тиийэр. 90 кыраадыс. Алгыс ханна да буоллун, дьиэ иһигэр да тур, илин хайысхаҕа туһуланар. Ити мөккүөрэ суох биллэр суол. Арҕаа диэкки – өлүү төрдүгэр хайыһан алҕааһын, төттөрү домнонууга тэҥнээх. Сиэр туом толорооччулар арҕааттан илин киирэн, илин диэкки хайыһан алгыс, сиэр туом оҥороллор. Хайдах илинтэн арҕаа киириэххиний?…. Дьэ киирэллэр эбит, арҕаа диэки хайыһан туран сиэр-туом оҥорор, алгыыр эбиттэр. Икки улахан ыһыахха оннук буолла. Биир эмэ хотуну-соҕурууну араарар киһи көстүбэтэҕин сөҕөбүн. Ол эрэн сыыһаларын сүрүн төрүөтүнэн дьон олорор сирэ арҕаа турар буоллаҕына, дьон, тойотторун диэки хайыһа үөрэнэн хаалбыттар эбит. Онон арҕаа өттүгэр дьону олордор сыыһа быһыыны үөскэтэр эбит. Илин өттүн бүөлээбэккин. Хоту, соҕурүү эҥээрдэринэн олордор табыгастаах. Итинник улахан аньыы буолар алҕаһы баҕас билэллэрэ буолуо дии санаабытым. Илини арҕааны араарбат киһини сахалар тийиммэт, киһи аахсыбат да киһитигэр холууллара… Ыһыахтыыр сири тутарга, хайысха, тутуу сүрүн тускулун биэрэр, барыта хайысхаттан тутулуктаах.
Ыһыах аһыллыытын сиэрэ-туома төһө табыллара, хайдах барара сүрүн суолталаах. Кэлиҥҥи кэмҥэ син суолталыыр буолан эрэллэр. Ис хоһоонугар буккуллуу элбэх. Икки сиргэ “үһү” диэн “алгыылларын” иһиттим. Ол тугуй? Ол, алгысчыт кэнсэир ыытааччы оруолун ылар эбит.
-“Дьэ былыр-былыргыттан сахалар диэн омуктар бааллара үһү, Эллэй диэн киһилээхтэрэ үһү, алгыс оҥороллоро үһү, маннык, оннук дииллэрэ үҺү, маннык гыналлара үһү…”-диэн кэпсиир курдук хабааннаахтык быһыыланаллар. Фольклору үтүктэн, ордук быйыл олоҥхоттон быһа тардан артыыстаан көрдөрүү курдук. Арҕаа хайыһыы, “Үһү алгыс” билбэттэн, сатаабаттан, ньүдьү-балай буолууттан тахсар. Култуура үлэһиттэрэ билиэхтэрин да сөптөөҕө. Нэһилиэктэр, улуустар баһылыктара хайдах ыһыаҕы ыыталлара сиэртэн-туомтан тутулуктааҕын бигэтик өйдөөн, болҕомто биэрэн дьоһуннаахтык сыһыаннаҺыахтаахтар.
Быйыл улуустарга “Олоҥхо ыһыаҕын ыытыҥ” диэн дьаһал барбыт. Дьэ олҥхону ханан хайдах киллэрэбит диэн токкуй бөҕөтүгэр түспүттэр. Сиэргэ туомҥа, ыһыах аһыллыытыгар абааһылары илэ сүүрдэ сылдьааччылар, нэһилиэктэр парааттарыгар абааһы буолан киирбиттэр кытта бааллар. Испэктээкил режиссердэрэ испэктээкил майгылаах шоу турора сатаабыттар, сорохтор көннөрү олоҥхоһуту олордон баран, олоҥхо кэпсэлин оонньоон көрдөрдүлэр. Биһиэнэ барыта өмүрэх саҥарбытын курдук. Элбэх семинардар, конференциялар буолбуттара. Олор практическай көрдөрүүтэ, үөрэтиитэ, ырытыыта, дьүүллэһиитэ суох буолаллар. Учуонайдарбыт дэнээччилэр хойгур дакылааттарынан бүтээччи. Идэлээх дьону мунньан эдэрдэри үөрэппэттэр, уһуйааннар аҕыйахтар.
Ыһыах култуурата ураты, дириҥ өйдөбүллээх, үгэһи, итэҕэли кытта ыкса ситимнээх. Дьылыҥ кээмэйэ ыйыахтан ыһыахха дылы. Ыһыахха, ыһыахтан ураты үрдүк таһымҥа турар ханнык да мэрэппэрийээтийэ, үбүлүөй, спортка күрэхтэһии суох. Ыһыах оонньууларыгар, кини далааһыныгар эрэ киириэхтэрин сөп. Илин эҥээргэ ыһыаҕы спартакиада, үбүлүөй тыыннаан ыытааччылар. Ыһыах тыына, көҕө суох буолааччы.
Ыһыах - Ытык Той. (священный национальный праздник). Ыһыах сиэринэн- туомунан үспүкүлээссийэлээһин, шоуга кубулутуу, харчылаах оонньууга, төлөбүрдээх көргө-нарга кубулутуу кэлиҥҥи кэмҥэ олустаата. Ыһыах көрө-нара, үҥкүүтэ, күрэхтэһиитэ төлөбүрэ суох буолуохтаах. Биһиги култуурабыт министиэристибэтэ бүтүн норуот маассабай култууратын, ыһыах, саҥа дьыл, маай, дьахтар күнүн курдук норуот бүттүүн сынньанар, үөрэр көтөр бырааһынньыктарын төлөбүрдээх ырыынакка кубулутта. Сыаналара өссө үрдээн биэрэр. Саамай кырата 500 солк. суох саҥа дьылга эн ханнык да кулуупка куоракка киирэр кыаҕыҥ суох. Киһи барыта миниистир Андрей Борисов курдук уонча сиртэн хамнастанар үлэтэ суох. Аны ыһыахтарга кытта төлөбүрдээх үҥкүүлэр, концертар буолаллар. Туох да сиэргэ баппат быһыы. Ама ыһыахпытыгар төлөбүрэ суох көрү-нары тэрийэр кыахпыт суох дуо? Иҥсэ, обот. Дьон ытык өйдөбүлүнэн сүүлүктээһин. Ити харчы кимнээххэ киирэрэ бэркэ биллэр.

Сурахтаах Сунтаарга

Холобур Сунтаар быйылгы ыһыаҕар үҥкүүлэрин, Бартыһаан кулуубун тиэргэнигэр 100, 200 солк. киллэрэн ыыттылар. Атын сынньалаҥ кииннэрэ эмиэ төлөбүрдээх ыыттылар. Ыһыах түһүлгэтигэр пааркаҕа оһуохай уонна байааҥҥа күрэхтэһээччилэр эрэ хааллылар. Инньэ гынан ыһыах дьонун тарҕатан, ыһан кэбистилэр. Онтулара оһуохайга эмиэ оҕуста. Аны кэлэргэ барарга-ырааҕа. Урут дьону атын сиргэ тарҕаппакка пааркаҕа барытын тэрийэн ыыталлара. Миэстэ элбэх, саҥа үҥкүүлүүр түһүлгэни тутуохха да сөптөөҕө. Барыта ыһыах дьонун харчытын суймуурдуур иҥсэлээх санаа итинник оҥорор.
Сунтаар аатырбыт хорчуоппата роспотребнадзордар бобууларынан аһа үөлэ быстар мөлтөх. Сыаналара да үрдүгэ бэрт. Биэс тоорохой буспут эттэрэ “шашлык” диэн ааттанан 100 солк. тахса.100 грамм баар эрэ суох эрэ. Иккитэ ылан сиэн көрөн баран аккаастанным . Истэрин миинэ, бырпах кыра баара эмиэ мөлтөх. Сунтаар хорчуоппата маннык ньүдьүрээбитин үйэбэр бастакы көрүүм. Тойоттор бэйэлэрэ туспа аһыы сылдьар буолан, боростой ыһыах дьонугар кыһамматахтар. Сунтаар уопсайынан атын улуустарга холоотоххо сыаната үрдээбит. Хоту улуустар сыаналарыгар тэҥнэһэригэр тийбит. Дохуоттара таһыччы улаатта дииллэрин эмиэ истибэтим. Мирнэй дьайыыта дииллэр. Кымыһы, үтэһэлээх эти көрбөтүбүт. Кымыһы бобооччулар Ньурба надзордара дииллэр, хата ньурбалар кымыс аҕалан атыылаабыттарын сураҕын эрэ истэн хааллыбыт. Аһаҕас сиргэ астааһыны Россияттан бобуллубут диэтилэр. Ыһыахпыт аһын кыайан дьаһаммат турукка тийэ тутулуктаммыппыт өтө көһүннэ.
Сунтаар килбэйэр киинигэр “Мария” диэн кэтэх маҕаһыын күннэри түүннэри арыгыны атыылыы турда. Төһө эмэ эрдэттэн арыгы атыытын боппуттарын үрдүнэн. Иккис күнүгэр арыгы атыытын күүстэринэн нэһиилэ тохтоппуттарын эттилэр. Ол үрдүнэн биибэни көҥүл атыылыы турда. Дьэ кыайтарбатах “Маарыйа” буолан биэрдэ. Сунтаар саламтата хаста да сууттаһан “Маарыйаҕа” кыайтарбыттар дииллэр. Мирнэй диэккиттэн кэлбит “Мария” Сунтаардар арыгылыыр ойбонноругар кубулуйбута ырааппытын сөбүлээбэт үгүс эбит эрээри, кыайан боччуйбатахтар. Улуу Арассыыйа арыгыны атыылыыр сокуона олохтоох дьаһалта да, республика да ханнык да дьаһалыгар бас бэриммэтин чаҕылхайдык туоһулаата.
Бу роспотребнадзордарбыт Дьокуускайтан Сунтаарга тийэ кыайардыы бары “Чайнойдары” сабан кэбиспиттэр. “Маарыйаны” кинилэр кыайбаттар үһү. (кымыһы кыайаллар эбит). Айан дьоно аччыктаан бэркэ эрэйдэннэ.
Суол ситэ илик. Сорох сиргэ буорун саҥа кута сылдьаллар. Бу күһүн суол аһыллыытын бэлиэтээн бөҕө буолбуттара, үтүөлээх аат, уордьан, мэтээл үллэстэн үллэҥнэппиттэрэ. Быйыл да, эһиил да суолу өссө төгүл “бүтэрэн” хос-хос бырааһынньыктыыһыктар, эбии мэтээл бэчээттииһиктэр. Самыыр түстэ да иэдэйииһик этэ. Хата халлаан туран биэрдэ. Паромнар үлэлии сатаатылар. Марха үрэҕин парома барыларыттан сыаналаах. Настырыанньаларыттан көрөн сыаналара үларыйа сылдьар эбит. Сунтаар, Ньурба аннынан Бүлүүнү 130 с. туораан кэлбиппит. Марха кэтэх парома бастаан 160 с. диэтилэр. Онтон 200 с. диэтилэр. Чиэкпин аҕалыҥ диэбиппэр 240 с. диэтилэр. Өссө төһө баҕарар үрдэтэ туруох чинчилээхтэр.Онтон чиэк охсор массыынабыт “аһалыга бүтэн хаалбыт” онон түһүҥ диэн буолла. Нэһиилэ эриһэн илииннэн “чиэк” дуома суруттаран таҕыстыбыт.
Уопсайынан арыгы атыылыыр кэтэх маҕаһыыннаах, кэтэх паромнаах буоллаххына туохха да кыайтарбат, кимиэхэ да бэриммэт эбиккин. Кыра үрэхтэргэ пантоннары туруорбуттара олус үчүгэй эбит. Киһи барыта бу пантоннар салгыы туруохтара дуо диэн ыйыталаһар. Абыраллаах тэрил эбит.
Сунтаар ыһыаҕын аһыллыыта, сиэрэ-туома тэҥнээҕэ суох. Ааттаах-суоллаах алгысчыт Н.Е.Тимофеев алҕаата. 500-600-чэ үҥкүүһүттээх. Ыытааччы Сайа, тыл-өс мааны.
Сибиэрэп “Алгыс түстэниитин” бэркэ туруорбуттар. Сиэргэ-туомҥа аналлаах үҥкүү буоллаҕа. “Оһуорун” үҥкүүтүн тарҕатан кэбиспиттэр дии санаатым. Биир оһуор көстүү табыллыбата курдук. Баҕар наһаа инники олорбуппуттан буолуо. 2000 с. Сибиэрэп ыһыаҕар ордук табыллан тахсыбыта. Туох да диэбит иһин, хас биирдии хамсаныылара сахалыы астык хамсаныылаах, киһи сүрэҕин минньитэр, хараҕын манньытар кэрэ көстүүнү тэнитэр үҥкүүлэр. “Оһуору” ханна баҕарар туруораллар. Мэлдьи саҥаттан көрөҕүн, балар хайдах туруорбуттар диэн Сунтаардарга тэҥнии олорор буолаҕын. Манна таҥас-сап дьүөрэлэһиитэ оһуор сүрүн өҥүн оонньуутун биэрэр, ону таба тутууну, сатаан мандарын аттарыыны эрэйэр, үҥкүүнү туруорааччы А.Ермолаевка махтал.
Алгыс түмүгэр саламалар сүүрэн тахсыылара астык, алгыс чахчы тийбитин ситэрэн- симээн кэрэһилээтэ. Мэлдьи буоларын курдук ыһыах аһыллыыта табылынна, үчүгэйтэн, астыныыттан атыны истибэтим. Ыһыах сүрүн үчүгэй сыанабылын, көх күүрээнин ыһыах аһыллыыта биэрдэ.
Оттон спартакиада аһыллыыта уонна сабыллыыта туспа кэпсээн.
Сунтаарга, тутуу улахан ыксалынан барбыт. Харчы кыайан түспэккэ харгыстаата дииллэр. Кэлин уһукка биирдэ харчы хамсаабыт. Улахан тутуулар дьалхааннарыгар кыра сиппэтэх-хоппотох элбэх. Киэргэтии мөлтөх. Саатар киин уулуссаларын өрөмүөннээбэтэхтэр. Сунтаар сиин бэлиэтэ буолбут сэргэлэрин сирэйин соппотохтор, харааран аҕай турар, илиилэрэ тийбэтэх. “Олоҥхо” дьиэтэ тутуллубут, тас көстүү тугу быһаарыай, үлэтин ис хоһооно көрдөрүө турдаҕа. Куоракка аҕыс айдаанынан “Арчы” дьэтэ тутуллан баран, ис хоһооно кулууп буолан турара баар дии.
Стелла диэн кимэ-туга биллибэт, көннөрү “нуучча-саха доҕордоһуута” диэн быһаарыллар 14 хас миэтэрэ үрдүктээх алтан бүрүөһүннээх туохха да майгыннаабат сыаналаах тутуу баар. Элбэх киһиттэн ыйытан көрдүм да ким да бу диэн чопчу быһаарбата. Сорох “хомус” диир, сорох “илии тутуспуттар” диир, сорох “эр киһи сэбигэр” холуур. Ортотугар болчуохалаах икки тимир алараатынан “сир шара” кыбыллыбыт быһылаах, үөһээ өттүнэн аламаас таас кыбыллыбыт. Уопсайынан аламаас тиэмэтэ Сунтаарга кыайа-хото баһылаабыт. Мин иэмин-дьаамын кыайан булан тойоннооботум. Тутуспут дьонтон ыйыппыппын: - “Эһиги өйдөөбөт да, сыаналаабат да дьыалаҕыт, исскуствоведтар билиэхтэрэ, сыаналыахтара”-диэн буолла. Республикабытыгар аҥаар илии тарбаҕар ааҕыллар исскуствовед баар буолуохтаах, кинилэргэ эрэ анаатахтара буолуо оччоҕо… Баҕар сэкириэтинэй, кэлин хаһан эрэ эмискэ өйдөнөн кэлэр өйдөбүллээх тутуу буолуо…
Спартакида аһыллыытын да, сабыллыытын да көрөн баран өйдөөбөтүм өссө эбилиннэ. Сорох-сорох түгэннэрэ тириим таһынан киирдэ. С. Потапов туруорууларын көрөн баран урут суруйбутум тахса илик. Онно кинини маргинальнай өйдөөх-санаалаах эффектант, спектаклларыгар китч (куһаҕаны хостооҺун) майгытын тутуҺар, соруйан тиэрэтин-сүөргүтүн булан көрүүннэн соһутар-өмүрдэр, абстракциялыыр, абра-кадабра оҥорон таһаарар режиссер-шоумен диэбитим. Ол санаабар өссө эбии итэҕэйдим. Космополит-маргинал олоҥхоһут, сахсырҕаны дуу, кумаары дуу дыыгынаппытынан ыйыстан кэбиһэр, онто куолайыгар дыыгынаабытынан киирэн тойук буолан тахсар. Ханнык эрэ мултифильмҥа дуу, омук оҕо киинэтигэр дуу итинниги көрөн турабын. Дыыгынаппытынан ыйыстан кэбиһэллэрин. Хаос, сир дойду айыллыыта, , паравоз тыаһа, мохсоҕол аламаас тааһы көтөҕөн таһаарар, онтун сиргэ мүлчү тутан кэбиһэр, (Сутаар Соколинайын диэкки быһылаах), ол дэлби тэбиититтэн сир-дойду олоҕун булла бадахтаах. Халлааҥҥа кииттэр дуу, делфиннэр дуу көтөн таҕыстылар, Аал Луук мас, Аан Алахчын, пластиковай сылгы ортотунан аҥаардаммытыттан бухатыыр оҕону хостууллар. Ол олоҥхо оҕото бухатыыр буолар. Орто дойду олоҕо туругурар. Били космополит олоҥхоһут кыыс сырайын мааскатын аһан баран бэлэсиппиэтинэн тыкаарда турар. Таах сылдьыбатах быһылаах, спартакиада сабыллыытыгар бэрт элбэх бэлисиппиэттээх оҕо сүүрдэ сылдьара. Ону били “сэбиримиэннэй олоҥхоһуппут оҕолоро” сылдьаллар дэһэллэр.
Ыһыах уонна спартакиада сабыллыыта бииргэ буолла. Сабыллыытыгар, күөл кытыытыгар даача көстөр. Даача тэлгэһэтигэр, олбуору үрдүнэн уоруйахтар киирэн үүнээйилэрин уораллар. Күөллэригэр биир браконьер киирэн хомус быыһыттан кустары ытыалыыр. Сценарийы суруйбут Сайаны кытта режиссер Потапов ол күөл таһыгар дьиҥнээхтик олорор ыалга сылдьан, чаайдарын иһэн баран толкуйдаан таһаарбыт сценарийдара диэн телевизорга кэпсээбиттэрэ. Кырдьык, аныгы үйэҕэ Сунтаарга да, үүнээйилэрин уоран, куһу да ытан эрдэхтэрэ. Дьиэттэн биир сүрэҕэлдьээбит көрүҥнээх киһи тахсан сыҥааҕырдыы-сыҥааҕырдыы мас хайыттаҕа буолар, онтон хараҕа суох кыыһы сиэтэн таһааран ыскамыайкаҕа олодоллор. Онтон иэмэ-дьаама биллибэт, өйдөммөт самсааһыннар, сыбааһыннар, нууччалыы-сахалыы текс ааҕыылар саҕаланаллар. Джиптээх дьоннор, хараҕа суох кыыспытын биир уол кэлэн эриссибитигэр, кыыспыт харахтанан кэллэ, чэмэлийии бөҕөтө, үөрүү-көтүү…Оһуохай, сээдьэ аҥаардаах оһуохайынан түмүктэнии. Сабыллыы баҕас олох мөлтөх.
Тыһыынчанан үҥкүүһүт оҕону кытыннарбыттар. Туох эрэ мааскалаахтар бааллар, онтулара түһэн төкүнүйэ сылдьаллар. Сор хааннарын сордообуттар быһылаах, ыйынан бэлэмнэммит сурахтаахтара. Дьокуускай куораттан С. Котаков диэн үҥкүүһүтү ыҥыран туруортарбыттар үһү. Кытайдар, корейдар массовай шоу-туруорууларыгар, былааҕы, араас өҥнөөх үҥкүүһүттэри хамсатан эффектээх көстүүнү биэриэллэрин үтүктэ сатаабыттар быһылаах. Олох сатамматах, табыллыбатах шоу буолла. Маассабай көстүүлээх, хамсаныы табыллыбата, сатаан туруорбатылар. Манныкка А.Борисов маастар буолара. Бэйэтэ баар диэбиттэрэ, кыттыспатах баҕайыта дуу. Киһи үксэ сөбүлээбэтэх да, өйдөөбөтөх да. Шоулуур сирдэрин эрдэ ууннан ыстара да түһүөхтэрин сөптөөҕө, быыл бөҕөтө оргуйан олорор. Аны икки ыт баар, анал оруоллаахтар быһылаах, түһүлгэ икки өттүнэн үҥкүүһүттэри кытта сүүрүү-көтүү бөҕө. Түбэһиэх ыт стадиоҥҥа киириэн табыллыбат, барыта бүөлээх. Босхо кими да аһардыбаттар, харабыл-манабыл хаамыы аайы. Потапов анаан киллэрбит буоллаҕына көҥүлэ дии санаатым, төһө да айыырҕаатарбын.
Дириҥ өйдөбүллээх, сиэрдээх-туомнаах, айыы санаалаах айыы дьоно этибит буоллаҕа, биһиги, сахалар. Оннооҕор отуу туттахха сиэрдээх, оллоон хайысхалаах. Бу үлүгэрдээх тутуу, стадион аһыллыыта сахалыы ис хоһоонноох, олохсуйбут сиэри- туому кэспэккэ, өйдөбүллэри тэпсибэккэ, өйдөнөр ис хоһоонноон оҥоһуллуон сөптөөҕө. Аан дойдуну сабардаабыт шоу култуура тыына Сунтаарга тийдэ. Сахалыыбыт уурайан эрдэҕэ.
Уопсай тэрээһин, ордук ыһыах тэрээһинин урукку тыына, көҕө бэрт буолан ити өйдөммөт туруоруулар дьон санаатын түһэрбэтилэр. Ыһыах тыына баһыйда. Мэҥэҕэ сылдьарбар спартакиада тыына ыһыаҕы баһыйан кэбиспитэ.
Маннык улахан туруоруулар, сценарийдар идеялара, өйдөбүллэрэ бары өттүнэн көрөн күүскэ ырытыллыахтаах, дьүүллэниэхтээх этилэр буоллаҕа.
Ыһыахха, ордук алгысчыт, алгыһын хайдах көтөҕөрө, кимиэхэ, туохха хайыһара, хайысхата, хайдах туттара хаптара, тугу хайдах көрдөһөрө, битииһиттэрин хамсаныылара, саҥата, ырыата, тойуга, туох кэнниттэн туох кэлэр бэрээдэгэ о.д.а барыта сыаналанар. Табыллыбыт алгыска тиксээри, олоххо табыллыыны, сатаныыны, дьолу-соргуну баҕаран дьон ыһыахха кэлэр, сиэргэ-туомҥа хайаан да сылдьар. Ыһыах сиэригэр- туомугар сылдьыбакка, алгыска тииспэккэ, аҥардас күүлэйигэр сылдьан баран ыһыахтаатым диир сыыһа.
Ыһыах кутун иҥэринэ сылдьар алгысчыттар, ыһыах куттаах тэрийээччилэр, кырдьаҕастар баар буолаллар. Саҥа дьылга быйыл туох ханнык ыһыаҕы ханна, хайдах ыытарыҥ ороскуота ааҕыллан, харчыта көрүллэн бэлэм буолуохтаах. Кыһын ыһыах көҕүн иитии барар. Ол аата ыһыах туһунан, кини суолтатын кэпсэтии, таҥаһы-сабы, иһити-хомуоһу бэлэмнээһин, ырыаҕа-тойукка, үҥкүүгэ, оһуохайга, олоҥхоҕо, сиэргэ-туомҥа, тутууга бэлэмнэнии, ыһыах барылын, тосхолун дьүүллэһии барыахтаах. Хас биирдии киһи бу мин ыһыаҕым диэн дойдутун ыһыаҕын сыаналыахтаах, хас биирдии киһи ыһыахха кыттыһыахтаах, оччоҕо биирдэ көх баар буолар. Туораттан көрө-истэ, уопсай алгыска, көргө-нарга, оонньууга кыттыгаһа суох курдук сылдьыы суох буолуохтаах. Ыһыах көҕө үгүс улуустарга мөлтөх. Ыһыахтара аҕыйах хонук хаалбытын кэннэ саба тутан, тэрийэ хайыы сатыы сылдьар буолаллар, онтон туох үчүгэй тэрээһинэ тахсыай, төһө күттүөннээх көх үөскүөй.
Дьокуускайтан чугас биир нэһилиэккэ сырыттым. Ыһыахтыыр сирдэрэ туох да бэртээхэй. Киэргэтии бөҕө, кыһана сатаабыттар. Сиэрдэрэ-туомнара, самодеятельност кэнсиэрин көрүү курдук, “үһү алгыс”, оонньоон көрдөрүү. Хайдах эрэ кимнээх эрэ хаһан эрэ ыһыахтаабыттарын туһунан хобдох кэпсэл иһиллэн ааһар. Тыл- өс мөлтөх, олоҥхоттон этиилэр быһа тардан ыла-ыла кыайан самсаабатахтар, ситимнээбэтэхтэр.Тойоттор тахсан нууччалыы-сахалыы буккуйан саҥарыы бөҕө. Тута күрэхтэһии буолла, оһуохай 3-5 мүнүүтэ этиллэн иһэн тохтоото. Аһааһын кэнниттэн күнүс 2-3 ч. тарҕаһан хааллылар. Үҥкүүлэрэ кулуупка, спортсаалга түүн төлөбүрдээх буолар диэтилэр. Ыһыах көҕө ыһылыннаҕа ол.
Ыһыах бары тэрээһинэ ыһыахтыыр сиргэ, дьон көҕүн ыспакка биир сиргэ, хонор буоллахха хоно сытан ыытыллыахтаах. Биир сиргэ оһуохай түһүлгэтэ, иккискэ үҥкүү, үһүскэ оонньуу ол курдук арааран эргиччи барыахтаах. Оччоҕо дьон эргиччи кэрийэ сылдьан киириэхтээх. Ыһыах оонньуута, көрө-нара босхо буолуохтаах. Алгысчыкка, ыҥырыылаах ырыаһыттарга, үҥкүүһүттэргэ, тэрийээччилэргэ, ыытааччыларга төлөнүөхтээх. Ыһыахха харчы өлөрө сатаан, барытын ыһыахха кэлбит киһиэхэ төлөбүрдээх оҥорон ыһыах майгытын алдьаттылар. Ыһыах аһыллыыта, сабыллыыта, ат сүүрдүүтэ, ырыа тойук, күрэхтэһиини көрүү барыта төлөбүрдэннэҕинэ иэдэйэбит дии. Арыгы бобуллара сөп. Араас сүүлүктэр дьону албынныыр оонньууларын киллэримиэххэ наада. Атын омук аһа-таҥаһа, мала-сала, ырыата-муусуката, саҥата-иҥэтэ ыһыах күн тохтуохтаах. Барыта ыраас сахалыы барыахтаах.
Дьокуускай оһуокайын түһүлгэтин кытыыга таһааран кэбиспитэ куорат ыһыаҕын сүрүн итэҕэһэ буолар. Оһуокай – ыһыах тыына буоллаҕа дии. Ону хабахха тыыннарыы туох аанньа буолсу. Оһуохай тыына көрдөрбүтүнэн, тэрээһин мөлтөҕүттэн салыйыах курдук. Сунтаар быйылгы оһуохайа урукку Сибиэрэп ыһыаҕар ханан да тийбэтэ. Төһө эмэ республика үгүс этээччитэ кэлбитин үрдүнэн. Биричиинэтэ биир, ыһыах дьонун ыһан кэбистилэр. Бачча улахан ыһыах оһуохайын күрэҕэр улахан бириистэрэ кыра матаһыыкыл эрэ. Массыына да буолуон сөптөөҕө.
Түмүктээн эттэххэ ыһыахтарбыт тэрээһиннэрэ уопсайынан тупсан, сайдан иһэр курдук. Ол эрээри, ырыынак “купи-продай” диэн куту- сүрү ыгар ыар тыына ыһыах тыынын эмиэ ыкпыт. Ытык өйдөбүллээх, алгыска тиксэр баар-суох Ытык Тойбутун – ыһыаҕы ырыынакка, маргынаалларга, глобалистарга тэбистэримиэҕиҥ. Саха баарын тухары ыһыах сахалыытынан хаалара сөп диэн санаалаахпын.

Category: Ыһыах | Added by: uhhan (2007-09-18)
Views: 10341 | Comments: 3 | Rating: 4.7/3 |
Total comments: 3
3 Alla  
AFAIC that's the best asnwer so far!

2 Дьуэгэ дьахтар  
суруйар, бу манна, Уххан, оһуохай түһүлгэтэ олох ыһыах сирин улаҕатыгар, баҕата суох киһи хааман тиийбэт сиригэр кистэнэн турар. Аҕыйах саха саххынньахтанара ыраахтан көстөр. Былырыын барыахха диэн дьону көрдөһө сатаан баран соҕотоҕун тиийэн тыал - самыыр ортотугар икки конкурска этэр түһүлгэни истэн, кыратык үҥкүүлээн баран төннүбүтүм.
Киирэр аантан чугас буоллар, ким барыта көрүө да, истиэ да этэ!
Мин оҕо сылдьан истэр ыһыаҕым дуораана бэл билигин кулгаахпар дуорайарга дылы.
Ол курдук ыһыах өйгө-мэйиигэ иҥэр эбит, оһуохайа суох ыһыапх баар үһү дуо?
Дьиҥнээхтик сөргүттүбүт диир буоллаххытына, оһуохай түһүлгэтин бэттэх аҕалыҥ!!!!
Бэттэх нуучча-омук ырыата доргуйан олорор, улуус-нэһилиэк сири-уоту кэтэх өттүгэр да ыллын, хата киирэн иһэн баҕарбатахтарына да көрөн-истэн, баҕардахтарына үҥкүүлэһэн ааһыахтара этэ.
Уххан, Эн Ааттаах-суоллаах киһи быһыытынан, итини туруорус. Эн эрэ кыайарыҥ буолуо. Вильям Яковлев да буоллар кыайбатах, тугу санаан туран, күөл кэтэҕэр, муосталыы-муосталыы таһаартарбыта буолла? Оһуохайы уопсайынан да ахсарбат киһи ээ, бадаҕа.
Ойуунумсуйары, удаҕамсыйары ордорор быһыылаах. Ыһыах олох онтон атын, үөрүү-көтүү, дьол, ырыа-тойук, үҥкүү-битии, бэрт-бэрди былдьаһыыта, оонньуу-күрэх буолуохтаах.
Кини эрэ билээмсийэр, Ыһыах сирин Үс Хатыҥҥа оҥорторор ааттаах эбит этэ дии.
Онон оннук. Уххан кытаат, үлэлэс. Элбэх киһи итини баҕарар.

1 Альбина  
Итэ5эстэри-быhа5астары, баар кэстубут учугэйи да5аны аhара сэпкэ ыйан суруйбутуттан биир бэйэм уэрэбин эрэ. Сылга саатар биирдэ, бэйэбит угэспитин тутуhан, атын омук дьайыыларын тохтотон, иннибитин-кэннибитин энэйэн кэрэргэ то5оостоох кэм буолла5а. Уопсайынан да5аны, олохпут кун аайы суккуллар укулаата, бэйэбит да5аны ол ону утарарга эйбут-санаабыт улугурбута, бу билинни кэрэр олохпутугар тириэртэ5э.Дьэ, ол гынан баран, хас биирдии киhи, туох-баар кыа5ын барыта бэйэ5эр, бэйэлээх бэйэн тэбэ5эр, Айыылартан бэриллибит баскар-сурэххэр,кэлуэнэлэр тухары илдьэ кэлбит хааннар буолла5а курдук! Онон эрэнэбин, Итэ5элбит тэннуэ5э диэн!
Ыhыах аhылыгын туhунан этэр буоллахпына - ыhыах ыhааччы, тэрийээччи бэйэтэ суруннуэхтээх, ол аата улуус дьаhалтата, ыhыах биир сурун угэhиттэн туора туран хаалыа суохтаах, тэhэ да5аны ороскуоттаах суол буоллар, сахалыы эйу-санааны уhугуннарарга кэмэлээх буолуо этэ. Биир бэйэм, улуус бюджетыттан ыhыах босхо этигэр-кымыhыгар оччону-баччаны ороскуоттаатыбыт диэтэхтэринэ да5аны, бэйэм да сиэбэтэ5им-тииспэтэ5им иhин, омнуолуом суох курдук. Ол олонхоhут, ол оhуохайдьыт, ол ырыаhыт-ункууhут, ол о5о, ол кырдьа5ас баччаны-оччону маанылаттым, сиэтим-аhаатым, дьэ ыhыахтаатым диэтэ5инэ, миэхэ(ол аата нолуок тэлээччугэ - бюджеты онорсооччуга) ол онтон ордук астыныылаах суох курдук.

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 7
Ыалдьыттар (гостей): 7
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024