ДетСАТ сонуннара уонна ыаһахтара (Күө-дьаа, көр кэпсээн)
Биир үтүө күн эдэр артыыс атастарым ыалдьыттаатылар. Саҥа-иҥэ, кэпсэл-сонун бөҕө. -Дьэ убайкаа, биһиги ДетСАТ ( Дети Саха Академического Театра) диэн айар бөлөх тэриннибит, ону-маны шоулаан көрдөрүөхпүт. Барыта быһаарылынна, сотору иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ иһинэн таһынан барытынан тахсыахпыт, короче брат, кнешно старшай, смысле брат, биһиэхэ көмөлөс, тылла, сонунна, политическай эҥин, үгэтэ-хоһоонно, типа памфлет, хорошо, эн ону баҕас сатыаҥ, эйигин кэрэспэндиэнинэн ылабыт- диэн буолла. -Детсааккыт сахалыы "САТА" (Саха Академическай Театрын Артыыстара) диэн иһитиннэрэр-биллэрэр салааланнын ээ- диэн сөбүлэҥмин биэрдим. Сонно тута сахалыы үгэ хоһооннору аахтаран көрдүм, тылы сатаан сахалыы саҥарбаккыт, өйдөбүллээхтик аахпаккыт, саҥарар тылгыт суолтата таскытыгар көстүбэт эҥин диэн дэлби мөҕүтэлээтим, дьоннорум сөбүлээбэккэ, сорохторо сырайдара хаанньары барда... - Биһиэхэ дириҥ өйдөбүллээх, дьиҥнээх сахалыы тыл наадата суох, ону билиҥҥи ыччат өйдөөбөт да, ылыммат да, онон билиҥҥи ыччат маргынаал тылынан, күннээҕи өйдөбүлүнэн, нууччалыы-сахалыы буккуйан, шоуобразнайдаан чэпчэкини суруйарыҥ наада -диэтилэр. - Дьэ ону мин сатаабатым буолуо,кырдьаҕастаар, кырдьыгын эттэххэ оннук суруйуохпун да баҕарбаппын – диэтим. - Чэ көрүөхпүт, бэйэҥ бил, бэйэбит да булан саҥараа инибит дэһэн тахсан бардылар. Онтон ыла быга иликтэр. Мин таах хаалыаҕынааҕар, кинилэргэ анаан манныгы бэлэмнээн кэбиспитим баар, суруллубут суоруллубат, таах хаалыаҕынааҕар ааҕыҥ: Кылаабынай эрэдээктэр сыанаҕа тахсар: -Биһиги детсааппытыгар "САТА" диэн диэн ааттаах медиа- бөлөҕү, иһитиннэр биллэрэр сириэстибэни тэрийдибит. (САТА - Саха Акадыамыычаскай Тыйаатырын Артыыстара) Тылынан ыаһахтаан, ыстаан оҥоһулар хаһыаттаах. Тэлэбиисэргэ уонна араадьымаҕа эмиэ тахсаары дуогабар түһэрсэ, пэрэгобуор ыыта, бырагыраама оҥостуна, бырайыагын быһаарса, былаан ылына, тосхол толкуйдуу, барылын бааралыы, кэнсиэпсийэтин кэнэйдии, биизнэһин билсиһэ, ырыынагын ырытыһа сылдьабыт. Кумааҕы, барайыак үйэтэ буоллаҕа. Бэрт боростойо суох үлэ… Биэс уон биэс сиргэ бэрэбиэркэни, кэмэ суох кэтэбили ааһан, сэттэ сиргэ силиэстийэни сиирэ түһэн, алта уон аҕыс сиргэ ааттаһан илии баттатан, үс киһиэхэ сыҥаахха оҕустаран, биэс киһини таас кулгаахха дайбаан, элбэх киһиттэн эттээх сиргэ тэбиллэн, хотун дьонтон хохуоска ылан, тойон дьонтон тото үөҕүллэн, уон киһилиин уолуктаһан, биэс киһиэхэ бэчээт уурдаран, биэс уон киһиэхэ бэрик бэрсэн, көҥүл ылан иһитиннэрэр-билиһиннэрэр кыахтанныбыт, бу биһиги улахан ситиһиибит буолар. Онон "САТА"-ны көрүөхтээх уонна истиэхтээх дьон аатыттан бу,биһигини эҕэрдэлиэҕиҥ! (ытыстарын таһыналлар) Онно кылаабынай эрэдээктэр (КЫЛ.ЭР) бу мин ээ, демокраатыйа кистэлэҥ быыбарын аастым, быһа үөһэттэн анааһын буолбатах, кылаасынас үйэтэ буоллаҕа, Өндүрэй Саабыс солото суох буолан миэхэ куоластыырын барыларыгар сэрэтэн эрдэ эппитэ, ол үрдүнэн эрэллээхтик кыайдым. Кылаабынайга майгынныыбын буолбат дуо? Ү-һэ-һэ-һэ (үтүөмсүйэн ылар). Чэ уонна солбуйааччыларым, көтөрбөр кырбый кынаттарым, хаамарбар кытыгырас атахтарым, көрөрбөр кыраҕы харахтарым, истэрбэр даллаҕар кулгаахтарым, ытырарбар ыстыыр тиистэрим, ыйыстырбар…, ээ-ээ, суох, ыйыстарын баҕас бэйэм ыйыстабын,- билсиҥ: 1.Омуо Омунабыс Эҕэлиирэп, (ООЭ) 2.Эридьиэс Суустуурабыс Ыаһахтыырап (ЭСЫА) 3.Демократина Гласьевна Плюариализмова! (ДГП, эбэтэр ДЕМГЛАПЛЮ) 4. Харытыан Хаппытыанабыс Хардаҕаасап (ХА-ХА-ХАР) Ытыскытын, ытыскытын кытаатыҥ! (ытыс таһынар), атаххытын, атаххытын кытаатыҥ (атаҕынан тиҥилэхтиир) Субуннук, саманнык, буо, маладьыастар! Детсаат сонуннарын булар талар, бэлэмниир сурук-анал-ыыспыт, (суруналыыспыт) көрө- истэр-диэммит (көрө-истэр-диэммит ) Уххан Уйбаан диэн киһи, билэр буолуохтааххыт, кинини биһиги бэҕэһээ дойду тэбэр сүрэҕэр, токкуйдуур төбөтүгэр Мас Кубаҕа хомандиир-уоппускаҕа ыыппыппыт. Кини дойду айаҕынан киирэн, куолайынан кутуллан, дойду буһарар куртаҕынан ааһан, суон очоҕоһун үҥуордаан биһиэхэ сибиэһэй сонуннары аҕалыахтаах. Дьэ итинник, истиҥ Детсаат ыаһахтарын! (көнө санаалаах көнө сонуннары көнөтөк олорон истиҥ. Токуччу туттан олордоххутуна көнө сонун токуруйан тийиэн сөп. Кэтэх санаалаах ыаһахтары кэтэххитинэн истиҥ. Үгэни-хоһоону үөрэ көтө олорон истиҥ.) Тыл барар ООЭ-кэ! О.О.Э- (Олдьу хоһоон 131 стр. 1кы түһүмэх."Санаа буолардаах буолбаттаах" кинигэттэн) Тыл барар ЭСЫА -ка! Э.С.ЫА -(о.х 131 стр. 2-с т.) Тыл барар ДГП -ҕа! Салгыы түҺүмэхтэринэн талан ааҕан бара тураллар. Биир эбэтэр хас даҕаны истээчч оруолун толорор дьоннор фон буолан тураллар. "олбохторго олоруҥ" диэҥҥэ олороллор. "Хоттуустаргытын устуҥ…,үтүлүккүтүн устуҥ, олооччуларгытын устуҥ, кэтиинчэлэргитин устуҥ, сыалдьаларгытын, ыстааннаргытын, туруусуккутун о. д.а диэн дииктэрдэр этэн истэхтэрин аайы устан иһэллэр. (оонньоон көрдөрөллөр) Тыл барар Кыл.Эр-гэ! Аны Детсаат соторутааҕу сонуннарын истиҥ: (искитинэн истэҕит, куртахха, быарга, ноорго синньигэс, һуон уонна минньигэс оһоҕоско аналлаах сонуннар) Эт сыаната үрдээбит, сэлээркэ сыаната сэтэрээбит. Хоттуосканы , хаппыыстаны судаарыстыба тутар сыаната чэпчээбит, Сайсары ырыыынакка сыаната үрдээбит. Сайыны быһа саха сиригэр үлэлээбит 20 тыһыынча хаачыктар 40 тыһыынча олохтоох дьахталлар, кыргыттар оһоҕосторун минньиппиттэр, онтон 5 эрэ тыһ. дьахтар оһоҕостоммут, 2 тыһ. дьахтар эриттэн ойоҕостоммут. О.О.Э уонна Э.Э.С солбуһа ааҕаллар: "Баһылыктар балыыҥкалара, тойоттор токур токкуйдара, салайааччылар сатаҕайдара " -диэн анал биэрии кылгас сонуннара: -Туустаах, тумалаах санаабыт тумсута туурата буолбут Тумууһап диэн һаха тойоно, өссө улахан тойон буолаары туруулаһарын саҕана "Ыал, Сыал, Тыал - өрүү баар буол!"- диэн бырагыраама оҥорбута. Ону тумсун туура охсон бараннар бырагыраамматын былдьаан ылан кистэнэн кэбиспиттэрэ. Киһилэрэ, ийэм, аҕам, төрүттэрим ньоҕой сахалар этилэр, кинилэр оҕолоро өссө ньоҕойбун диэн баран, ньоҕуруол курдук ньоҕойдоспутунан барбыт. Бырагыраамматын "Мать твоя…" диэн баартыйаҕа киирээри Муостуурап диэн ньуучча омугумсук бэлиитигэр бэрик курдук биэрбит. Ону, Муостуурап наһаа омугумсугуйбутун иһин муоһун тоҺутан, үлэтиттэн устаары гыммыттарыгар, "Биир Эһэ" диэн баартыйа тойоно, бирисидиэн Буучун Эһэлиирэп диэн чугас эрэллээх киһитигэр били Тумууһап "Ыал, Сыал, Тыал - өрүү баар буол!"- диэн бырагыраамматын бэлэх биэрэн айахтарын бүөлээбит. Дьэ ол онтон "Нассынаалынай начаалынай бырагыраамма" диэни оҥорон үлүгэрдээх үбү хамсаппыттар, бэлэс бэлиитикэ саҕаламмыт. Ысталыыссабыт киин болуоссатыгар Элиэнньин бааматынньыгын чугаһыгар "Кэлэр кэскилбит- Буучун нассынаалынай бырагырааммата!" – диэн суруйан ыйаабыттар. Онно үөрэн эккэлэһэ сырыттахпытына Арассыыйалар сирбит баайын ситэ ылбатахпыт диэн, баҕаны, чохуну, мундуну, хаахынайы, турааҕы, күтэри, кутуйаҕы уонна чиэрбэни биһиэххэ хаалларын баран барытын бэйэлэрин анныларыгар сурунан кэбиспиттэр. Онон булчуттар, балыксыттар үрүҥ балыгы, тайаҕы, бөрөнү бултуоххутун баҕардаххытына Москубаттан көҥүл ыллаххытына эрэ бултуур буолбуккут. Эҕэрдэ эһиэхэ, байанайдаах булчуттарга! Сэрэнэ сылдьыҥ. Ойуур иһэ, күөл, өрүс, чалбах, бадараан кытыыта барыта бурааскалаах, богуоннаах уонна киниискэлээх дьонунан туолбут үһү. Эһэ-тайах, хатыыс-собо, куба-тураах уонна чоху-баҕа анал тойотторо, Арассыыйа уонна Саха сирин надзуордара диэннэр хамсыыр харамайдардааҕар элбээбиттэр. Нассынаалынай бырагырааммаҕа биһиги насынаалынай сүөһүлэрбит киирбэтэхтэрин, биһиги дьоммут Хортуойап диэн Арассыыйа миниистирин ыҥыран ылан саха сылгытын хаһатынан, уонна таба тылынан эмсэхтэппиттэр. Киһилэрэ хоту тийэн моҥкурдаан хаалбыт. Инньэ гынан саха ынаҕын, саха ытын көрдөрбөккө хаалбыттар. Онон сылгыбыт, табабыт эрэ бырагыраамаҕа киирбит. Ынахпытын уонна ыппытын дьокуут туһа дьокутааттарбыт дьонуннаахтык ылсыахтара диэн эрэнэрбитигэр тийэбит. Үрдүк өһүө сонуннара: Ыстыыр тыырар санаабытын ыстыык үөһүгэр ылааччы, ыра-баҕа санаабытын ырыынакка ыгааччы, ыччат кэскилин иннигэр ыстаана суох хаалларааччы Ыыстыырап тойон , биһиэхэ таптала сойон, Буучун эппитин буолунай толорон, буор ийэ дойдубут буотарагын хостоон, оһоҕоһун омук сиригэр тийэ тардан, сүмэтин оботторор сүбэни туругурдан, оборуулаах сиргэ көһөр үһү диэн сураҕы суруйаллара элбээтэ. Аакый-маакый санааларбытын атаҕар туруоран хаамтарааччы Аакымап тойон алаҕар-тэтэгэр атыгар олорон, мааманнары дьаһайан, омукпут оонньууларын оннун булларан, олоҥхону олоҕурдан, ыһыахтары ыһан, ыалдьыттары ыҥыртаан, шоу бөҕөтүн суоһарбыт, суоҕу бөҕөтүн буһарбыт, сурахпыт-садьыкпыт сонообут. Биэрэр-ситэрэр санаабыт, биэтэһэ-тимэҕэ буолбут Биэрииһэп тойоммут биэр-да биэр буолбут, биэрэрин иһин бириис, бириэмийэ бөҕөтө хомуйбут, биссиилээхтэрин бэлиитикэҕэ биһирэмнээбит, көссүүлээхтэрин көҥүл бэчээккэ көнүллээбит. ыларым аччаата диэн ытыы- ытыы хомойбут. Мэхэлээх-ихэлээх санаабыт мээритэ-мэлдьэһигэ буолбут Мэхээльчуут, хаайылла сыспыт чуут. Солбуйааччыларын солуок туттубут уонна ытыһын соттубут. Куппут- сүрбүт туллар туурата, духуобунаспыт дууһата Саабыс Өндөрүүскэ Саха сиригэр көстөрө ахсааннаммыт, көмүспүт хаччытыгар көөчүк киинэ, алмааспыт харчытыгар аатырар аартык тэлэ, моҕоллор истиэптэригэр, түүрдэри түмэ барбыт. Уоскары ылабын диэн уордайбыт, Холоонноох сирбэр Холлубуукка холлоох бууппун уурабын диэбит. Д.Г.П : Даннай времяга, современнай развитай ситуацияга, Российскай бедерациоҥ собственнай внутреннай власнай структуратыгар весьма крутой реформалары внедряйдаан эрэр. Несколько лет назадттаахха, Россияга национальность диэн графаны пасапортан ликивидациялаан кэбиспиттэрэ. Онон биһиги омукпут названията "руссиянин" диэн буолбута. Хотя негрбын да дэниэххин сөп. Ити мин коллегаларым оглошайдаабыттарын курдук, биһиги алмаазпытыгар, золотобытыгар, нефпитигэр, газпытыгар, водаларбытыгар, лестарбытыгар, рыбаларбытыгар, птичкаларбытыгар, зверьдарбатыгар, разнай мелкопитающайдарбытыгар, безвоночниктарбытыгар уонна безхребетниктарбытыгар российскай паспордары выдавайдаатылар. Российскай паспортизация уонна нумерация биһиги странаабытыгар успешно проходиттыыр. ИТАР РУСЬ-МАТЬ-ТВОЯ и МОЯ информацмоннай агенство сообщаайдыырынан Русь империятын тэрийэргэ , самоуправленияттан начинайдаан самодержавияга тийэн , вместо президента Монарх –Царь учереждайдыырга аналлаах "Русская доктрина", "Русское чудо" ден весьма важнай докуменнар апробация стадиятыгар внедряйданна. Уважаемай, Дальне-восточной округ, якутскай провинциятын, ленскай партриярхиятын резервациятын Резерваннара! Бары якуттар уонна якутяниннар! "Единай Медь-ведь" партия вокруг сплотись гыныаҕыҥ, самоголосууйдуогуҥ! Старшай браттар религияларын, языктарын, культураларын, самосознанияларын душабытыгар, сердцебытыгар уонна почкабытыгар тийэ принимайдыагыҥ. Тогда бисиги великай государствообразующай русь нация севернай члена буоламмыт, онно растворись гынаммыт якутскай пословица точно говориттиирыныы "Пальтобут уһуо, дымокпут соответственно тоже уһуо" Уһун пальто билигин моднай, далее современнайын ааһан своевременнай. Сегодняшнай новостиларбытын на этом радостном тоне кончайдыыбыт. Покаларыҥ уонна досвиданияларыҥ! 04.22.2007.
|