Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Сиэр-майгы. Сигили [4]
Муусука [55]
Наука [17]
Култуура [5]
Искуустуба [13]
Литирэтиирэ [1]
История [0]
Main » Articles » Култуура » Искуустуба

Алтын симэх

Бу соторутааҕыта, СР бырабыыталыстыбатын, СР Комдрагмет-тын тэрээһининэн сыаналаах таастартан, бриллиантан, көмүстэн, үрүҥ көмүстэн, платинаттан, муостан киэргэл, симэх оҥоһуктарга анал государственнай тэрилтэлэр, кэтэх, биирдиилээн уустар оҥоһуктарын 7-с төгүлүн, “Северное сияние” (Дьүкээбил) диэн ааттаах быыстапка-дьаарбаҥкаҕа көрүү буолан ааста. Бу көрүү үтүө түмүктэрдээх үгэскэ кубулуйда.
Манна кыттыбыт 27 тэрилтэттэн биирдиилээн уустарга, көмүстэн сахалыы оҥоһуктарга бастакы уонна иккис миэстэни ылбыт уустары, кинилэр оҥоһуктарын туһунан ахтан аһарыахпын баҕарабын.
Бастакы миэстэлээх Сергей Игнатьев Мэҥэ Хаҥалас Лоомтукатыттан төрүттээх. Анал үөрэҕэ суох айылҕаттан талааннаах удьуор уус. Хос эһэтэ Тимир Байбал диэн аатырбыт тимир ууһа эбитэ үһү . Тимир Сиэн  –Сэргэй Кынаачыйап билиҥҥи кэм ааттаах-суоллаах ууһа буолбутун, кини ситиһиилэрэ кэрэһэлииллэр..
Сергей Игнатьев бу “Северное сияние” быыстапка – дьаарбаҥкаҕа, сахалыы матыыптаах үрүҥ, кыһыл көмүстэн оҥоһуктар номинацияларыгар алтыс төгүлүн бастаата. Кини оҥоһуктара киэҥ эйгэҕэ биллибиттэрэ ыраатта. Ол курдук СР ГОХРАН-гар 5 киилэ үрүҥ көмүстэн киэргэллээх сүктэр кыыс атын толору тэрилэ, былыргы дьахтар толору симэҕэ, үрүҥ көмүс киэргэтиилээх былыргы саа тэрилэ, саха быһаҕа, былыргы хамса, дэйбиир, кыһыл көмүстэн сыаналаах таастардаах дьахтар симэхтэрэ о.д.а үлэлэрэ чулуу оҥоһуктар быһыытынан харалла сыталлар.
Кини оҥоһуктара СР, РФ бырабыыталыстыбатын үрдүк сололоох үлэһиттэригэр, бирисидиэннэригэр тийэ бэлэхтэммиттэрэ.
Сергей Игнатьев “Кудай Бахсы “ тэрилтэҕэ 11 сыл үлэлэлээбитин тухары сахалыы оҥоһуктары төһөнү-хаччаны оҥорбутун киһи ааҕан да сиппэт.
Билигин “Уран Саха” тэрилтэҕэ үлэлиир.
Сергей Игнатьев саҥа уран оҥоһуктары, симэхтэри тупсарар, айар дьоҕурдаах, ураты уустук оҥоһуктаах сакаастары оҥорор кыахтаах дэгиттэр уус. Кини иҥэн-тоҥон айар-тутар, үлэлиир-хамныыр үгэнигэр сылдьар.

Иккис миэстэлээх Ньургун Колесов.
Ийэтэ- Розалия Барашкова, Мэҥэ-хаҥалас Төҥүлүтүттэн төрүттээх- хуж. училищены аатырбыт ырыаһыппыт Иван Степановтааҕы кытта үөрэнэн бүтэрбит, муосчут идэлээх, учууталлаабыт.
Аҕата Иннокентий Колесов –Эбээн-Бытантайтан төрүттээх эмиэ худ. училищены бүтэрбит муосчут идэлээх киһи эбитэ үһү.
Ньургун эмиэ төрөппүттэрин “туйахтарын хатаран” худ. училищены бүтэрэн муосчут идэтин баһылаабыт. 1994 с. “Киэргэ” фирмаҕа үлэлиир, “Туймаада Даймонд” АК ювелирнай сыаҕар икки сыл техническэй дириэктэринэн үлэлиир. Ити сылларга кини муостан, көмүстэн оҥоһуктарынан, Хабаровскайга, Москваҕа быыстапкаҕа кыттар. Саха омук көмүстэн оҥоһук бары киэргэллэрин арааһын барытын кэриэтэ оҥорбут киһи. Маны таһынан, муоска, тааска идэтийэн үлэлээбитэ. Эмиэ талааннаах дэгиттэр уус.
Бу билигин бэйэтэ “Алтын Симэх” диэн саҥа кэтэх тэрилтэ тэринэн бастакы улахан көрүүгэ кыттыыта буолар. Тэрилтэтин аатын ис хоһоонун киэргэл, симэх ойуутун оһуорун бичигин өйдөбүллэриттэн быһаардахха маннык:

Былыргы орхон тылыгар: алтун-золото, көмөс. көмөш – сребро,
алтай: алтын.-золото, көмөш- көмөс-сребро.
хакас: алтын.-золото, көмөш- көмөс-сребро
тува: алдун- золото. хүмүш-сребро.
билиҥҥи саха : алтан-медь.медный, көмүс-золото.
(алтан – алтан, кыһыл көмүс, үрүҥ көмүс)

Пекарскай тылдьытыгар Симэх быһаарыыта:
Симэх- ( симээ+х) украшение, убранство, прикраса.(чимэк, шимэк бур. чимег- монг.
1.Украшение, убор, наряд; украшение из разных металлов, наряд из золота, сребра, а также из разных коральков, стекляруса.
Ожерелье сродни кылдьыы.
Кылдьыы симэх- моой симэҕэ.
Күөгү симэх- украшение в виде длинного цилиндра.
Орой симэх- верхушечное украшение женской шапки (туоһахта)
2. Хоро чопчу симэх- коралловые и жемчужные украшения.
Абааһы симэҕэ- украшения на спине шаманского кафтана,
необходимые для снисхождения в переисподнюю.
Эр киһи симэҕэ- мужкой наряд
Дьахтар симэҕэ- женский наряд (убор).
Иһирик ойуур симэҕэ- краса поросли.
Сир симэҕэ-вообще цветок
Моой симэҕэ; сребряный женский ошейник, ожерелье,
Мойнох симэҕэ- кисть из конского волоса, рузукрашенная бисером (пришеваетс лошади на шею);
Хабырҕа симэҕэ –шейные украшения. ряд сребряных цепей, спускающихся от шейного кольца (кылдьыы) по спине
Бөҕөх (бүлүү сахалара)-женское шейное украшение из сребристой меди, шириною около вершка, с тремя поперечными обручеобразными полосами, с разными вырезками между ними;
Өттүк симэҕэ- украшения из сребра и бисера, пришивается к женской одежде у бедер;

Саха омук ойуулуур-дьүһүннүүр дьарыгар, киэргэтэр тупсарар, симиир сатабылыгар, оһуора, дьарҕаата, мандара барыта бичик – сурук дэнэр. Ол аата кини хас биирдии киэргэлин, симэҕин, оһуорун- мандарын ойуута суолтата ааҕыллар, өйдөбүлэ өйдөнүллэр. Олоҥхоҕо, алгыска “Дьарҕаа бичик таҥастаах, оһуор бичик сонноох” – диэн таҥастарын-саптарын, киэргэллэрин, симэхтэрин ис хоһооно ситэри ааҕылла этиллэр.
Сахаҕа, таҥныы, киэргэнии – симэнии түҥ былыргыттан үгэһирбит уратылаах үөрүйэхтэрин каноннарын тутуһара. Ол саха омук киһи Айыллыбыт Аан Туомнарын – тыын сирдэрин (Богом данные узловые связки на теле человека) харыстыырга, ытыктыырга, суолталыырга, киэргэтэргэ, симииргэ ураты өйдөбүллээх сим- бэлиэлэрэ, сиин-бэлиэлэрэ , харыс бэлиэлэрэ, имнэрэ, дьаралыктара, тобуруолара ойуу-дьарҕаа, оһуор-бичик буолан киэргэлгэ, симэххэ, таҥныыга, саптыыга, туттар малларыгар, сэптэригэр-сэбиргэллэригэр киирбиттэрэ. Хас биирдии ойуу бэйэтэ туспа ааҕыллар өйдөбүллээх, туттуллар эйгэлээх, барсар - барсыбат барааннаах, дьүөрэлэһэр – дьүөрэлэспэт сөп түбэһиилээх.
Ойуу, Оһуор, Дьарҕаа, Мандар, Маас, Дьүһүн, Өҥ, Сураа , Сурук , Айгыр, Силик, Билик бичигин үөрэҕин суолтатын, өйдөбүллэрин иистэр, уустар, сэһэннэр билэллэрэ. Бу сахалыы үөрэхтэр, билиилэр билиҥҥитэ сааһылана, харалла иликтэр. Омуктан киирбит үөрэхтэринэн салайтарабыт. Сүнньүнэн үтүктүү. Үгүс уустар, иистэр, ойууһуттар үтүктэн оҥорор оһуордарын, ойууларын бичигин өйдөбүллэрин сатаан быһаарбаттара баар. Тыһытын атыырын, омугун буккуйуу элбэх. Дьүөрэлэспэти дьүөрэлии, сөп түбэспэти сөбүлэһиннэрэ сатааһын элбэх. Өйдөбүлүнэн ыллахха бутуйууну, тиэрэ-таары, түҥнэри-таҥнары тутууну сыаналаах киэргэлгэ, симэххэ, киэргэтиигэ үгүстүк көрөбүт. Ыһыаҕы, сиэри-туому шоуга кубулутар дьон, киэргэлгэ-симэххэ, оһуорга, ойууга, биэлиэлэргэ омукпут уратылаах өйдөбүллэрин ыһыктан эрэрбит көстөр.

Бөҕөх

Көҕүөр ойуулаах үрүҥ көмүс бөҕөх

“Алтын- Симэх”– көмүстэн симэҕи, киэргэли оҥорууннан дьарыктанар кэтэх тэрилтэлээх уус Ньургун Колесов, эр киһи, дьахтар Аан Туом симэхтэрин, араас киэргэллэрин, сим, сиин-бэлиэлэри, дьаралыктары, тобуруолары оҥорууннан ситиһиилээхтик дьарыктанар.
Кини оҥорбут курдарын, быһахтарын, илин-кэлин кэбиһэрдэрин, бастыҥаларын, биһилэхтэрин, ытарҕаларын, мэтээллэри, значоктары уо.д.а туйгун оҥоһуктар дьоҥҥо сэргэҕэ атыыга баран тарҕаммыттара элбэх.
Бу быыстапкаҕа, уйгу-быйаҥ, илгэлээх олоҕу түстүүр Көҕүөр ойуулаах үрүҥ көмүстэн кутан оҥоһуллубут кыыс, дьахтар мааныга кэтэр бөҕөхтөрүн маннык моһуоннаан, ойуулаан – дьарҕаалаан көмүстэн кутан оҥоһуу сэдэх холобурун көрдөрдө.
Оҥоһуктара жюри улахан сыанабылын ылан көмүстэн сахалыы оҥоһуктарга иккис миэстэлэннэ. Оҥорбут оҥоһуктара кууһунан атыыга барар буолла, маны таһынан элбэх сакаастар киирдилэр. Бу көрүү күөн-күрэс уустарга туһата ол буоллаҕа.
Ньургун Колесов бөҕөхтөрүн оһуор ойуута –көҕүөр ойуу.
Көҕүөр ойуу (лировидный рисунок). Сылгы, ынах, хой дьарыктаах омуктарга тарҕаммыт оһуор-бичик көрүҥэ. Үрүҥ Илгэни, быйаҥы бэлиэтиир. Көҕүөр иһит диэн култаҕар куолайдаах симииртэн кыра истээх кымыс тирии иһитэ эмиэ ааттанара.
Түҥ былыргыта сир халлаан арыттарын тутан турар баҕа эбэтэр, таас баҕа - чэрии баҕа (черепаха) күлүгэ сир халлаан үөскээһинин көрдөрөрүн кытта ситимнээх ойуу диэн эмиэ быһаараллар. Сорохтор, хой , сылгы, ынах дииллэр, онтуларын дакаастаан элбэх үлэ суруйбуттар.
М.М.Носов Көҕүөрү “Көһүүр ойуу” диэн сыыһа ааттаабыт диэн эмиэ баар.
Көҕүөр аата үстэр:
Атыыр майгыта; таҥара майгыта үөһэтттэн үүрүллэн ортотунан сиргэ түҺүүтэ (көһүүтэ) - Көһүүр дэнэр. Көҕүөр ойуу ортото, көнө үөһэттэн түһүүтэ.
Көҕүөрэ- икки өттүнэн үөрдээн арахсан, көҕөрөн үөһээ иилэнэн иэҕиллэн тахсыыта . Онтон үөһээ үүнэн, үүйүллэн чугасаһан баран төттөрү тас өттүнэн эргийиитэ, көҕүйүүтэ- Көҕүй диэн ааттыыллар. Көһүүр-көҕүөр-көҕүй буолан тахсар. Атыыр халлаан тыһы сиргэ түһэн үүнэн үөскээн иилии эргийэ турар, Аал –Луук маска дьуөрэлии өйдөбүллээх ойуу.
Тыһы майгыта; туспа ааттаах –Иилиир диэн. (Лиир) Үүйэр майгы. Ол иһин лира, лировидный рисунок дииллэр. Ити буоллаҕына тыһы атыыр (+ -), таҥара уонна сирдээҕи майгылар бииргэ тэҥҥэ, ханыылаһа, дьүөрэ ии-саҕа буолан сылдьыыларын көрдөрөр. Майгы баар буолан үүнэр-үөскүүр көстүүтэ - Илгэ диэн ааттанар.Үүнүү- үүйүү- үйэ – Иилиир, Илгэ буолан тахсар.
Туох барыта баар буолан бу орто дойдуга үөскүөхтээх (буола илик) майгыта Илик дэнэр.
Бөҕө, Бөҕөх. (зарукавье, запястье браслет в роде манжет). Көҥдөй бохсуу. Киһи харытын, бэгэччэгин туора иҥиирин аата – бөҕөх иҥиир дэнэр. Бу сиин-бэлиэ харыс хаххатынан Бөҕөх диэн оҥоһугу кэтэллэрэ. Былыр да билигин да кылтан, тирииттэн муостан уонна чараас тимиртэн, алтантан, үрүҥ көмүстэн үс илии, сороҕо биир бөрсүөк кэтиттээх бөҕөх араас көрүҥнэрин тус- туспа суолталаан оҥостоллор.
Моонньуга кэтиллэр моонньох киэргэл, хабарҕа симэҕэ, моой симэҕэ, кылдьыы 2-2,5 илии (тарбах) кэтиттээх чараас оҥоһуктары, ойуу-бичиктээн эмиэ кэтэллэрэ. Ньургун Колесов бөҕөхтөрүн кытта ханыы, биир ойуулаах, оҥоһуктаах кутуу моонньохторо эмиэ тэҥҥэ сыаналаннылар.
Бөҕөх да моонньох, кылдьыы да былыр былыргыттан кыыс, дьахтар Аан Туом симэхтэрин ахсааныгар киирэр. Бэгэччэккэ, моойго кэтиллэр, харыстыыр киэргэл-симэх суолталаахтар.
Аныгы кэмҥэ бу оҥоһуктар, кыыс, дьахтар киэһээҥҥи былаачыйатыгар барсар көстүүтүн Айыы Куо муода театрын маникенщицалара Хатылаевтар доҕуһуолларынан итэҕэтиилээхтик көрдөрдүлэр.
Сергей Игнатьев, Ньургун Колесов сахалыы айымньылаах оҥоһуктарга республикаҕа инники күөҥҥэ сылдьалларын көрдөрдүлэр. Кинилэргэ, оһуор-ойуу, мандар –дьарҕаа дириҥ өйдөбүллээх уран оҥоһуктарын айа-тута уһанар үлэлэригэр-хамнастарыгар ситиһиилэри баҕарабын.

Category: Искуустуба | Added by: uhhan (2007-09-16)
Views: 2684 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 12
Ыалдьыттар (гостей): 12
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024