Ороһу санаалар. 1997 сыллаахха этэ, быһыыта Саха туой-аатыра тэрилтэ Өксөкүлээх Өлөксөй «Ойуун түүлэ» диэн айымньытын туруорарыгар үлэҕэ ыҥырбыттарыгар кэлэн, үлэлэспиттээхпин. Онно Баһылай Куомуну кытары саҥа билсиһэн сылдьабыт. Киэһэлик испэхтээх эрчиллиитигэр аргыстаһан барабыт. Онно автовокзал таһыгар кэлэн киһим, тоҕо эрэ тохтоон хаалан хаалар. Ону тэйэн иһэн эргийэн көрөн кэтэһэбин. Кэлбитигэр тоҕо тохтуу сылдьыбытын ыйытабын. Ону: - Ардыгар итинник тыыным хаайтаран ылар идэлээхпин. Оһуобанна, маннык тымныыга. Туохтан эбитэ буолла?- диэн этэр. Онтон салгыы хаамабыт. Ол кэмтэн Баһылай Куомуну билсэн кэнники уон сылга ыкса табаарыстаһан сылдьыбыппыт. Ол туххары көрсө эрэ түстэрбит кэпсэтэр кэпсэтиибит айдаан киэҥ, саҥарар саҥабыт салаҥ элбэх, күө-дьаа буолара. Киһи туһунан сиэрэ суох элбэҕи этиэххэ сөп. Буолары-буолбаты аҕыннахха оннук тахсар. Оннук буолуон баҕарбаппын. Туһааннааҕы уонна туһалааҕы суруйуох баҕа баһаам. Төһө кыаллыан билбэппин. Ороһу Баһылай туһунан ороһуйуута суох санаалар кып-кылгастык манныктар. Элбэххэ тарҕаммаппын. Б. Куомун туһунан биир эрэ туһааны этэр баҕалаахпын. Кини айар-тутар үлэтин туһунан. Биир майгы биһигини тулхадыйбат гына ситимниир этэ. Хоһуйар уонна айар майгы эйгэтэ. Көрсүһэр үөрүү онтон тахсара. Айар киһи санаата аттаах-оҕустаах буолбат биир биилээх, домноох бэргэн этиини, суос-соҕотох сытыы тылы салгыҥҥа сылдьарын булан ылар үөрүүтэ диэн туспа эйгэ баар. Ол үөрүүтүн үллэстэн, хоһоон хоһуйан тыл дьүөрэтин булан аттаран айбытын кэпсии-ипсии үөрэ-көтө олороро, бу баарга дылы. Биһиги уонча сыллаах бодоруһуубут судургу ис-хаамын баллыра маннык. Бастакы уопсай тылы булуубут – саха ырыата-тойуга диэн хайысха. Б. Куомун сахалыы ырыа эйгэтигэр муҥура суох бэриниилээх этэ. Сахалыы ырыа-тойук хоһуйуутун, тылын-өһүн, матыыбын, оҥкулун, барыытын муҥура суох дириҥник ырытар этэ. Бу ырытыыта мээнэ буолбат этэ. Ким эрэ тойугар, ырыатыгар сыһыаран ырытара. Хоһоон буоллаҕына чопчу хоһоонньуту, тойук буоллаҕына чопчу тойуксуту. Ырыа, тыл нөҥүө бу киһи ис дьиҥин хостоон таһааран остуолга ууран биэрэр сыымайдыыр ураты дьоҕурдааҕа. Оннук дьоҕурдаах киһи баарын аны көрбөппүн. Бары иһинэн-таһынан, үрдүнэн-аннынан сылдьаллар. Итинник ырыта-ырыта сахалыы ырыаны-тойугу бэйэтигэр оҥостон иҥэринэр, үлэтигэр туһанар тулхадыйбат баҕалааҕа. Тойук араас барыыларын барытын ырытар буоларбыт. Олору кини туспа наардаан сарсыҥҥытыгар иһигэр буһаран аҕалан киһини сөхтөрөрө. Хайа итини хаһан толкуйдаан буһара охсубутун ыйыттахха. - Түүн 2-3 чааска уһуктан туран кэлэбин уонна сарсыарда 7 чааска дылы тугу гыныамый? Ону-маны сыымайдыыбын - диирэ. Дьэ, уонна саҥа олоҥхо, тойук ньымаларын салгыы оҥоро, таһаара сатаан күн-дьыл баранар буолара. Оннукка кини хоһулайбыт, кыһамньылаах, сүрэхтээх, үлэһит этэ. Б. Куомуҥҥа этигэр-сиинигэр айылҕаттан удьуордаан бэриллибит сахалыы баҕайы өҥнөөх куолас баара. Биллэн турар кыайан туруоруллубатах, эдэр эрдэҕинэ дьарыктаныллыбатах көһөҥө көмүс куолас. Ол да үрдүнэн кылыһах арааһа күөмэйигэр сороҕо чуордук, сороҕо сөҥө соҕус, сороҕо бүтэҥи кылыгыраһа, бэбигирэһэ сылдьаллара. Өссө итинник араас кылыһах айылҕаттан бэриллэ сылдьарын истэ иликпин. Сорохторго отой да суох буолааччы. Ыллыырыгар-туойарыгар мэһэй баара. Тыына кылгас этэ. - Ээ, эдэр саас эрчимэ баппакка муннум тостуулаах, онон айахпынан үксүн тыына үөрэнэн хаалбыппын - диирэ. Бастаан дорҕоону кыайан арааран истиитэ тутахтыҥы этэ. Онон туонун туппакка мээнэ туойан барара. Ураты үчүгэй куолас уонна чуора суох кулгаах, кылгас айаҕынан тыыныы бииргэ олоруулара утары харсааҕы үөскэтэн олоҕор улаханнык туойбакка хаалбытын киниэхэ эппиппэр. Онтун бэйэтэ да билэр быһыылааҕа. Истэр майгыны сайыннарыыны ыйыппыта. Онтон ыла аны истэр майгыны, тэтими ырытыһыы саҕаламмыта. Истэр майгыны бэйэҕэ сайыннарыы сүрдээх судургу. Атын дьон сыыһа барыыларын истэ үөрэнии, ол сыыһаны тылынан таба этэн булан таһаарыы киһиэхэ сыыһа барыы өйдөөһүнүн биэрэр. Оччоҕо киһи бэйэтин ыллыырыгар-туойарыгар билэр сыыһатын оҥорбот, арааран билэр буола үөрэнэр. Сөпкө барыыны истии, тугунан умсугутарын булуу уонна өйдөөһүн эмиэ ураты умсулҕаны үөскэтэр. Ону үтүктэ, оҥосто сатааһын буолан барар. Оннукка араас ырыалары истэ-истэ ырыаны ырытыы, тус-туспа наардаан араарыы, дьүүллэһии буолар. Оччоҕо киһи тугу да барытын арааран истэр буолар. Ону олоҕурдан киһи бэйэтигэр оҥоһуннаҕына сыыһа ыллаабат, туону тутар буолар. Б. Куомун оннук иҥэн-тоҥон истэ үөрэммитэ. Саҥа дорҕоонуттан, ырыа дорҕоонугар тиийэ. Бэйэтэ ыллыырыгар сыыһа барбат буолбута. Онно-манна ыҥырыкка эҥин дьону сэргэтэр гына ыллыыра. Икки төгүл доҕуһуоллаах ансамбльга кэнсиэркэ ыллаабыта. Уһуллубута билигин диискэҕэ бааллар. Тоҕо саха дорҕоон үөрэҕин дьаныһарын ыйыттахха, сахалыы саҥа, тойук дорҕооннорун, оҥкулларын туһунан кинигэ суруйан хааларар баҕалааҕын этэрэ. Ким да саха тыйаатырыгар итинэн дьарыктамматын, бу эйгэ туга да суох хаалан эрэрин, кэнэҕэс умнуллар туруктааҕын кэпсиирэ. Хаста да тэлэбииһэргэ тахсан кэпсээн сылдьыбыта. Бу эйгэни үлэтигэр-хамнаһыгар сүрүн хайысха гынан туһанар этэ. Баҕа санаалара баһаамнара. Кимиэхэ да оннук. Баҕа баһаам да, барҕа аҕыйах, диэбиккэ дылы буоллаҕа өрүү. Урукку өттүгэр хаһан да сааһын туолуутун малааһыннаабатаҕын, арай 70 сааһа туоларын малааһынныан баҕарарын хаста да этиммитэ. Онно анаан-минээн хоһооннорун хомуурунньугун кинигэтин, уонна оонньуу сахалыы тылын-өһүн майгыларын, ыйаахтарын, тускуларын туһунан кинигэ суруйан таһаарар, ону таһынан, бэйэтэ суруйбут сценарийдарын, испэхтээхтэрин хомуурунньугун, итини сэргэ 10 бэйэтин хоһоонноругар ырыалары ыллаан, тойук туойан диискэ суруйан таһаарар баҕалаах этэ. Маны кыайан баттаһан толороохтообото. Бэйэтин ааттанар майгытын булуммута. «Ороһу Баһылай» диэн ааттанарга букатын быһаарынан бүппүт этэ. - Мин тугум барыта ороһу (ол аата хойутаан) майгыланан таҕыста. Онон Ороһу Баһылай буоларым сөрү сөп - диэн этэн соһуппута. Ол туһунан суруйбут хоһоонун ааҕан иһитиннэрбитэ. Миигиннэн бэйэтин хоһоонноругар 10 ырыаны суруйтарбыта. «Көмүс биһилэх», «Бартыалааҕым, барахсан», «Кустук» эҥин диэннэри. Ол ырыалары бэйэтэ наллаан үөрэтэ бөҕө сылдьыбыта. Барыларын кэриэтэ үөрэтэн чочуйа сылдьара. Артыыстарга толорон иһитиннэрэрин этэрэ. Сороҕор таба, сороҕор сыыһа соҕус тахсыбытын кэпсиирэ. Ол сымыйата буолбатах. Ардыгар, киһи сөҕүөн курдук, таба туойан ыллаан кэбиһэрэ. «Ити кэннэ ыллаан да диэн» диэххэ айылаах. Ол таба туппута ханна эрэ баран хаалара. Ол кыһыйыыта буолара. Ыалдьа сылдьар киһи хайыай? Былыттаах халлаан курдук, буоллаҕа. Дьайҕаран ыларыгар сырдык тыгар, былыта саба бүрүйдэ да лүҥкүрэн хаалар. Б. Куомун хоһоонноро иһирэх баҕайы барыылаах хоһооннор. Кини суруйуута оннуктаах. Хоһоонноро баҕар, наһаа элбэҕэ суохтара буолуо. Мин билэрбинэн сүүс иһинэн-таһынан этэ. Инньэ 60-с сыллартан саҕалаан суруйар эбит этэ. Онтуларын хомуйан бэчээттэтэ сылдьара. Хоһооннорун туһунан биири этэбин. Туспа кимиэхэ да майгыннаабат ураты хоһоон хоһуйар дьоҕур киниэхэ баара. Тоҕо урут хоһооннорун таһаарбатаҕын туһунан ыйыттахха, киһигэр кыбыстыы, саарбахтааһын майгыта баарын этэрэ. - Урукку улуулары кытары барыларын кэриэтэ алтыспытым. Туох диэн кинилэрдиин тэҥнэһэн хоһооннорбун өрө тута сылдьыамый? Көннөрү онно-манна ааҕар эрэ этим. Сирбэт этилэр. Буолан баран, суруйааччы буолар талаан баар эрээри, дьылҕата бэриллибэтэх, быһыылаах. Ол иһин сайдыбатаҕа - диирэ. Оттон хоһоонноро сэдэх көстүү хоһооннор. Суруйан барыытын уратыта уобарастаах, харахха көстөр көстүүлээх этиилэринэн олуйталаан суруйар этэ. Кини этэр уобарастаах этиилэрэ сатаан булан холбоһон көстүүнү оҥорон таһаарар этилэр. Онон киһини сөхтөрөрө. Хоһоонноро ырыа буоларыгар баҕарара. Былырыын саас Л. Иванов устуу-дьиэтигэр баран биир-икки тойуктуҥу барыылаах ырыалары доҕуһуола суох ыллаан көрбүтэ. Устуута баар. Ыараханнык ыалдьа сылдьара ыллыырыгар биллэр. Ыалдьа-ыалдьа тоҕо дьарыктана сатыырын туоһуластахха, кыыһырар этэ. - Оччоҕо, барытын быраҕан сытынан кэбиһэбин дуо? Ыарыым эмтэммэт быһыылааҕын сэрэйэр буоллум. Сыппатарбын ордук этэ. Санаабын олох түһэрбэппин. Киһи санаа күүһүнэн сылдьар. Манан тыыным арыый уһаан, санаам аралдьыйан сылдьабын. Ыҥырдахпына, быыс булан кэлэ түһэн барар буол. Кэпсэтэр киһи наада, - диир этэ. Былырыын, Үөһээ Бүлүүттэн дойдубар сайылаан баран кыһын кэлбитим. Ыҥырбытыгар тиийдим. Киһим бэттэх соҕус. Көрдөрүнэ сылдьар эбит. «Химия» диэни бара сылдьарын, Москуба бырааһын кытары кэпсэппитин, көрдөбүтүн кэпсиир. Ол быыһыгар быһайын Уххан Уйбаан ыстыйата хаһыакка тахсыбытын туһунан этэр. - "Саха тыйаатыра" диэн ааттаах тыйаатыр бэйэтэ ураты үгэһи олоҕурдубата. Сахалыы ис дьиҥи алдьатыы, куорҕаллааһын диэкки турунна, диэн ис хоһоонноох ыстатыйа. Ыарахан соҕус этиилэрдээх суруйуу буолбут. - Бастаан, бэйэм эмиэ буруйдаах буолан, өһүргэнэн баран сыымайдаан көрдүм уонна кырдьык суруллубутун тыыттараммын өһүргэммиппин билинним. Сүнньүнэн сөбү суруйбут. Саха тыйаатыра бэйэлээх бэйэтин үгэстэрэ диэн суох. Аны баар да буолара биллибэт. Ол кырдьык. Сахалыы тыл-өс, хамсаныы, туруоруу олуктарын үгэстэрин олоҕурдуохха, диэтэххэ бары «куҥ» курдуктар. «Шоулуохха» диэтэххэ бары үөрэ түһэллэр. Сахалыыга ким да наадыйбат. Онон сахалыы үгэһэ суох «Саха тыйаатыра» буоллубут, - диэтэ. Хаһыатын ыйыппыппын көрдөөн булан биэрдэ. Ону аахпытым. Уххан Уйбаан кырдьыгы уонна сөпкө суруйбут этэ. Суруйумуна. Суруйан баран кэлээр, диэбит киһилэрэ буоллаҕа. Ол ыстатыйа сүнньүнэн туох да хардыы кэлин оҥоһуллубатаҕа. Буоларын курдук, ууга-уокка түһэн көмүскэнээри араас мунньахтары тэрийбиттэр үһү. Ыстатыйалар тахсыбыттар. Ол онон туох да буолбатаҕын курдук, ааһа туруу буолбута. Кырдьыгы тумна хаамыы аныгы олоххо сонун буолбатах. Оҕо-дьахтар майгыта баһылаабыт, тыһы майгыта түбүлээбит, буккуур майгыта буулаабыт олоҕор онтон атын туох кэлиэй? Оонньуу талааны эрэйэр. Б. Куомун айар талаана бэйэтин идэтинэн артыыстарга, тыйаатырга сытара. Дьэ, артыыстары кытары үлэлээн-үлэлиир киһи этэ. Туох диэҥий? Артыыстар бэйэлэрэ билэн эрдэхтэрэ. - Оруолу, оонньууну артыыс оҥорор. Тыйаатыр сүрүн баайа – артыыс. Туох да оонньуу буоллун артыыс оруолун аһар буолла даҕаны испэхтээх баар. Ону туох да солбуйбат. Испэхтээҕи хайдах да өрө-таҥнары тутан туруор, тугунан да киһини сөхтөрө сатаа, артыыс оонньуута суох буолла да барыта таах сибиэ буолар. Оттон олох да испэхтээҕэ суох соҕотох артыыс оруолу арыйан көрдөрдө даҕаны оонньуу баар буола түһэр. Аныгы үйэҕэ бу сүтэн эрэр. Былыр Ү. Нохсооробу көрөөрү киһи саалаҕа баппат, «лыык» курдук мустар этэ. Онно Үстүүн Нохсоороп олоҥхолуур, кэпсиир, туойар. Тугу баҕарар гынар. Өйүгэр көтөн түһэрин барытын. Биир да киһи хамнаабат. Тугу да гыннын көрөн баран олороллор. Табахтыы олорор. Ону кытта көрөллөр. Ол аата оонньуу диэн. Хор, артыыс киһи диэн оннук. Туох да испэхтээҕэ суох уһун киэһэни оонньоотоҕо ол. Испэхтээх диэн оонньуу тас куорумата, сүллүүтэ эрэ буоллаҕа. Ис дьиҥэ артыыс. Тас куоруманы хайдах да дьаабылаан туруор онтуҥ ис дьиҥи таарыйбат. Тас куорумаҕа охтуу артыыс оруолун тумнууга, умнууга тиэрдэр. Тыйаатырга сүдү артыыс суох буолла. Онно сытар иэдэйии. Ол тыл-өс умнуллуутуттан, тэпсиллиититтэн тахсар дьыала. Итинник куолуну киниттэн элбэхтик истэр этим. Б. Куомун үлэтин суохтаабыт артыыс элбэҕэ буолуо диэн таайабын. Бэйэтин этигэр-сиинигэр, кутугар-сүрүгэр сахалыы баҕайы оонньуу, сии-элэк, күлбэйэ майгы сүдү талаана саһан сылдьара. - Бээрэ, бу айылаах оонньуу күлбэйэ талаанын ис күүһүн тоҕо кыайан таска таһааран көрдөрбөтөҕөй? - диэн сыныйан көрдөххө. Кини иһигэр ити талаанын тахсар аанын аарыы, кыыс килбик, кыбыста саатар уонна куначардатар (ол аата симитиннэрэр) майгы бүөлээн сылдьар этэ. Көннөрү сылдьааран киһи уҥа-таала күлэрин курдук, көрдөрөр, биитэр ыллыыр. Онтон дьоҥҥо таҕыста да, сыанаҕа көрдөрүү буолла, микрофон уоһугар туһаайда даҕаны, уҥуоҕа халыр-босхо барыар диэри кыбыстыы, килбигийии күүрээнэ кинини үүйэ тутара. Ол күүрээн тахсыаҕы да тахсыбат оҥорон симитиннэрэн кэбиһэрэ. Ону бэйэтэ арылыччы билэрэ, өйдүүрэ. Ити килбигийиини хотон налыйа-хотойо барда да истээччилэри барыларын сэргэтэр ис күүс баарын, субу тутан турар курдук, билэрэ. Итини утары охсуһа сатааһын буолбута. Бастаан, килбигийии күүрээнэ наһаа сүрдээхтик киирэр этэ. Онтон арыый аматыйбыта да, син биир, баар этэ. Аарыма артыыс буолбатах төрүөтэ итиннэ сытарын киһи иһигэр өйдүүрэ. Туора киһи маны устан кэбиһэр кыаҕа суох. Бу эйгэ киһи бэйэлээх бэйэтин эйгэтэ. Уонна бэйэтэ бэйэтин хотон санаа буолатынан ис күүһүн таһаарынар майгыта. Куначар, килбик, сэмэй майгы баардаах киһиэхэ баар буолар. Оттон талаана, ис күүһэ суох киһи өрүү баламат, оруо маһы ортотунан, куруубай, сирэйэ-хараҕа суох анньыһа сылдьар буолар. Уонна өссө муҥура суох арбанарын, бэйэтин арбаныыны тэрийэрин сөбүлүүр. Оннуктаах. Ол арбаныы, баҕар, сөп буолуо. Олох ирдэбилэ. Онтуҥ уонна баран биир, суос-соҕотох кып-кыра итэҕэстээх. Ис дьиҥэ суох. Итэҕэһэ баара-суоҕа ол эрэ. Уоннааҕыта барыта сөп. Б. Куомун арбанарын сөбүлээбэт да сатаабат да этэ. Урукку кэм хатарыыта таайара. Ис дьиҥэ суоҕу арбааһыны ахсарбат этэ. Өссө биир айар майгы Б. Куомуҥҥа баара. Тыйаатыр оонньуутун сахалыы майгытын, ис хаамыытын, тылын өһүн туһаайыытыгар Б. Куомун айар талаана түмүллэ сылдьара. Испэхтээҕи бэйэтэ суруйар идэлээҕэ. Ол айар майгы. Хайа баҕарар кэпсээнтэн, сэһэнтэн туспа испэхтээх суруйан таһаарара. Холобурга, Суорун Омоллоон кэпсээннэринэн, Амма Аччыгыйын сэһэнинэн «Сааскы кэми» испэхтээх суруйтаан туруорбутун билэбин. Бу саамай кэнники «Мааппа» уонна «Макаар түүлэ» диэн айымньыларынан оонньуулары суруйбута. Балары ааҕан иһитиннэрбитэ. Миэхэ аахтара биэрбитэ. Доҕуһуол чааһынан тугу эрэ этэрбэр көрдөспүтэ. Хайатын туруорабын диэнтэн «Макаар түүлүгэр» тохтообута. - Быйылгы тыйаатыр сыла сабыллыар диэри туруоруохтаахпын, - диэн барытын бары таҥыммыта. Артыыстары кытары үлэтин саҕалаабыта. Ойууһутунан М. Егоровы булбут этэ. «Макаар түүлүн» ааҕан баран кэлэн санаабын эппитим. Доҕуһуолун чааһынан В. Пестряков таҥан оҥорууһу. Тыыннаах доҕуһуол сөбө суох соҕус эбит. Араас устаҥ тыастарынан доҕуһуол барсы. Испэхтээх иккис көстүүтэ ааҕа олордоххо түһэн хаалардаах, ону көрүү наадатын туһунан санаабын эппитим. Ону: - Арааһа ити кырдьык быһыылаах. Ойууһуппун кытары эмиэ дьүүллэстибит. Кини эмиэ эн этэргин миэхэ оруобуна этэр, - диэбитэ. Кэлин онтун тупсаран оҥоро охсубут этэ. «Макаар түүлүн» туруоран саҕалаан барбыта. Үлэ бөҕө буолбута. Онтон биирдэ кэлбитим. Киһим сөҥ түһэн олорор. Ону ыйыппыппар. «Макаар түүлүн» таһаарбат буоллум. Туох эрэ мунньаҕар таһаарбат гына уурдулар. Атын А. Чехов испэхтээҕэ турар буолбутун эппитэ. Тыйаатыр ис хойоҕун билбэппин. Тоҕо тохтоппуттарын да токкоолоспотоҕум. Көннөрү санаатын түһэрбэтин туһунан бөҕөргөтө сатаабытым. Лаппа хомойбут этэ. «Макаар түүлэ» испэхтээх тахсыбатын туһунан быһаарыы ис хойоҕун уонна тугу ситиһэрин Саха тыйаатырын салалтата билэрэ буолуо. Хомойуу – хомойуутугар, туолбатах – туолбатаҕар хааллаҕа. Аны кэлэн... диэбит курдук. Биһиги олохпут барыта оннук. Сахалыы сиэрэ, киһилии мөссүөнэ сүппүтэ ыраатта. Ону тутуһар хаачыстыбалаах, былыргы баайыылаах киһи ахсаата. Ахсыы да турар. Ол аайы киһи олоххо аахсыбат майгыта элбээн иһэр. Аахсыаххын баҕарбат майгыҥ үксүүр. «Ээ, аахсан да диэн...» диэбит курдук. Аныгы дьонтон туох сиэрдээҕи булан ылыаххыный? Ылбаккын. Көһөҥө көмүс талаан, түмүгэ тутах да соҕус буоллун, тиксэр тирээт кэрчик олоҕун олорон аастаҕа. Сорохтор талаана суох дьылҕаны эрэ арбаан «көһөҥө көмүс» буолаллар. Сахабыт, төрдүбүт диэкки хайыһарбыт туххары Б. Куомун айымньылара, туруорбут испэхтээхтэрэ, хоһуйбут хоһоонноро тиллэн кэлэн, Саха тыйаатырын классикатын быһыытынан туһалыы туруохтара. Сорох суоҕу «шоулаан» аат тэринэ сатаабыт дьоннор дьайыылара, күүгэн уостарын курдук, симэлийиэҕэ. Кукка-сүргэ суох оннук. Айар куттаах киһи анала - дууһаҕа туһаны аҕалыы. Оннуга суох киһиэхэ - кэннигэр оҕо хаалларыы. М. Тумус 19 марта 2008 г.
|