Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Сиэр-майгы. Сигили [4]
Муусука [55]
Наука [17]
Култуура [5]
Искуустуба [13]
Литирэтиирэ [1]
История [0]
Main » Articles » Култуура » Искуустуба

БАСтыҥ хатыыта, эбэтэр, Күлүмнүүр баһын хатыыта…

Киһи уһуйуллар. Улуу уһаарыллар.Чулуу чочуллуулаах. Чулуу өллөҕүнэ улуу буолар. Бастыҥ батыһыылаах. Оттон бастыҥ хатыыта – өлүү!
Быстыам быатыгар саха тыйаатырын таһыгар олоробун. “Бастыҥ хатыыта” диэн Харысхал суруйуутугар “ким эрэ баһын хатарбыттарын”туһунан испэктээкил буолар диэбиттэригэр, килиэп ыла таарыйа биллэриилэрин баран көрдүм. Бастаан, саха киһитин сиэринэн “ ким эрэ баһын хатарбыт буоллахтарына дэтэктиип буолуохтаах”- диэн санаа киирэ сырытта. Аатын наһаа муодарҕаатым. “Бастыҥ хатыыта” диэн тугуй дуу, кимий дуу диэн өйдөбүлү, араастаан бары эргитэн өйдүү сатаатым. Бэйэм кыайан ыстаан ыйыстыбакка дьонтон ыйыталаһан эмиэ көрдүм. Күлүмнүүр туһунан диэтилэр. Оструобускай суруйуутугар “Ыстаал хайдах хатарыллыбытай” диэбит курдук биһиги бастыҥ киһибит Күлүмнүүр П.Корчагин курдук буспутун-хаппытын туһунан бааһынайдыы этии буолуо дэһэллэр, сорохторо…Сорохтор “…тыҥ хатыыта” диэн быһаарыыга охтоллор.
БАСтыҥ хатыыта диэн афишаларыгар суруйбуттар.
“БАС” диэн улаханыттан, онно “тыҥ” диэни кыраттан сыһыаран туох эрэ саҥа тылы үөскэппиттэр. (Борисов Андрей Саввич?)
БАС+тыҥ буоллаҕына “первый, лучший, глава, головной хатыыта” буолар. Сатамньыта суох. БАС-тыҥ+хатыыта. Тыҥ хатыытын кытта ситимнээн БАС диэбит буоллахтарына “первый, лучший тыҥ хатыыта” буолар дуо? Дьэ муокас быһаарыы буолаары гынна… А.С.Борисов айымньыларыгар икки-саары икки ардынан иэрэҥ-саараҥ быһаарыылар, муокас өйдөбүллэр мэлдьи бааллар. Ол кини бэйэтин ис дьиҥэ оннук. Кини оннукка оонньуур. Дьону саарбахха илдьэн муннаран “сиэтэлиир” идэлээх. Бу да сырыыга үчүгэйи баҕаран оҥоро сатаабыттара Черномырдинныы “ хотели как лучше, получилось как всегда” буолбут быһылаах.
“Нууччалыыны туруору тылбаастаамаҥ, саха тылын сыыһырдымаҥ”- диэн ити Дапсылаах этэн энэлийэ да сатыыллар. Тоҥ эккэ эппит курдук…
Тыҥ хатыыта диэн айылҕаҕа баар. Сарсыада эбэтэр киэһэ хараҥа сырдык тэҥнэһэн ылар кэмин ым-тым, ыҥ-тыҥ кэмэ дииллэр. Онтон бу тэҥнэһиини сырдык эбэтэр хараҥа хотон барар кэмин Тыҥ хатыыта дииллэр. Ол аата тыҥааһан хотуута. Хатааһына, хатылааһына хотуута. Бу хотуу сырдык өттүгэр салгыы баран истэҕинэ сарааһын саҕаланар. Халлаан сарыыта, сарыал тыган барыыта. Хараҥа хотуута салгыы барарын им сүтүүтэ диибит, онтон хараҥа халыйар.
Хараҥа –халыйар, сырдык-сарыыр. Саһарҕа оонньуур, сарыал кыыһар о.д.а. салгыы бара турар өйдөбүллэргэ иитиллэн, олоххо туттан, дьүһүйэн да кэллэхпит.
Хатыыта –дөлүһүөн угун хатыыта, туох эрэ инчэйэн баран хатыыта, тыҥ хатыыта. Ыстаал хаппат, хатарыллар. Киһи майгытын-сигилитин олох ханнык эмэ күүрээннээх кэмигэр “буһан-хатан” таҕыста диэххэ сөп. Иҥиир сабы хатыахха, өтүүнү өрүөххэ сөп.
Бастыҥ киһини хайдах хатарыахха сөбүй? “Баскын хатарыам!”- диэн суоһурҕаныы, сааныы баар. Быһата өлөрүөм диэн. Бастыҥ киһи өйдөбүлэ инчэҕэй ыстаан курдук хайдах хатыаҕай, эбэтэр ыстаал курдук хайдах хатарыллыаҕай? Харысхал саха тылын харыстыырын оннугар урусхаллаабыт.
Үһү кэпсээн быһыытынан Харысхал бу сценарийын “Кыым саҕыллыыта” диэн ааттаабыт, ону А.С.Борисов “баһын хатарбыт” диэн этэллэр. Ити оонньуулара буолар кэмэ оруобуна “Кыым” хаһыат 85 сыла туолуута саха театрыгар бэлиэтэнэр кэмэ этэ… Сөп да түбэһиэхтээҕэ хаалаахтаабыт…
“Ыстаал хайдах хатарыллыбытын” курдук испэктээкили Чаалбаанап диэн үөлээннээхпинээн баран көрдүбүт…
Бастыҥ хатыыта”…- ”окошканнан посмотрилаабыт” курдук баайса сылдьар бааһынайдыы барыы. Итинник тыл сахаҕа туттуллубат. Ким эмэ өйдүөн да билбэтим. Саха театра хайдах бааһынайдыыр буолтун туһунан “Ил Түмэн” хаһыат” 2006 с.атырдьах ыйын 11 к. 31-с ньүөмэригэр “Саха – хоро - бааһынай” диэн ыстатыйабар суруйан турабын, ону булан ааҕыҥ, оччоҕо бу да аат үөскээн тахсыбыта олохтооҕун өйдүөххүт.
-Далааһыннаах обшественной политическай диэйэтэл Күлүмнүүр кэскилэ суох бытовой олоҕун драмата уонна Саха омугун кэскилэ.
-Саха норуотун көҥүлэ уонна Манчаары түөкүн көҥүлэ. Кинилэр бэйэлэрин кэмнэригэр уонна билиҥҥи кэмҥэ суолталара?
-Саха бастакы интелегенцията сахалыыны нууччатытыыга оруола, нуучча былааһын иннигэр кулуттуйууну тэрийбиттэр, киллэрбиттэр уонна онтон босхолоно сатаабыттар кимнээхтэрий? о.д.а темалары устудьуоннарга ырыттара биэриэххэ сөп эбит диэн санатыалыы олордум.
-Бастакы уонна бастыҥ Саха интелегенцията диэни көрдөрө сатааһын дуо? Кырдьык барыларын кэриэтэ былаас “бастарын хатартаабыта”, история кинилэр тустарынан өйдөбүлү “мумификациялаабыта”. Харысхаллаах Саабыс ону хайыылларый?
Урут, Харысхал “Эргиллиэм хайаан да” диэнин көрөн баран бу туруоруу саатар 90- сыллар саҕаланыыларыгар турбута буоллар бэйэтин “историческай суолтатын” оонньуо да эбит диэн кэпсэппипитин өйдүүбүн. Туох барыта кэмнээх- кэрдиилээх. Били “хаһан эрэ автобуска сахалыы да саҥарар кутталлаах этэ…” дииллэригэр дылы.
Манчаарыны бэлиэтээһиҥҥэ 100-тэн тахса мөлүйүөн үп көрүллүбүт үһү. Аата суола Күлүмнүүрдээҕэр уон бүк үйэтитиллэн, ытыктанан турар. Күлүмнүүрү бэлиэтиэхтэрэ 3-4 хонук иннинэ ыйаах таһааран бэрт сэмэйдик бэлиэтээбиттэр. Клеорина, Доосо Күлүмнүүр олоҕун ис дьиҥин дөкүмүөннэргэ олоҕуран сырдаппыттара. Харысхал онтон быһыта тыытан, архыыптан хоро-таһа хомуйан Күлүмнүүр 140 с. бэлиэтииргэ күнньүктүүрэҕэ сөп түбэһиннэрэн сценарий суруйбутун А.Саабыс “бастыын хатарбыт” уонна көрүнньүктүүрэ оҥорбут. Руслан Тараховскай диэн эдэр артыыс уолу хаттык туттубут.
Дөкүмүөҥҥэ баар чахчылары историческай документальнай жанр ситиминэн таҥан, чуҥкугун суох гынаары хааттыскалары көмпүүтэргэ инсталяция ситиминэн ситэрэн сыанаҕа тыктаран көрдөрөн, “саҥаны киллэрдибит” диэни иһиттим. Бу дьыала инньэ 60-с сылларга арҕаа киирбитэ. “Хаптаһын”- көмпүүтэргэ оҥоһуллубут бэлэм доҕуһуол, куолас, фонограмма эстрадаҕа киирэн, ырыаһыттар айахтарын эрэ хамсатан “ыллыылларын” курдук, аны театрга хартыынаттан, хааттыскаттан, ойууттан монтажтаммыт сценографиялаах инциноровкалары, иллюстрациялары, артыыстар эрдэ саҥаран магнитофоҥҥа устан баран көннөрү айахтарын эрэ хамсата сылдьар оонньууларын көрөрбүт буолуо. Барыта ис дьиҥэ суох шоу майгы үйэтэ кэлэн турдаҕа дии…
Күлүмнүүр олоҕун аныгы кэмтэн, кини ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн үтүктэн көрдөрүү. Кини аатынан баҕа санааҕа, нууччатытыыны, ньымааттаһыыны сайыннарыыны көрдөрөллөрүн курдук санаа эмиэ кииртэлиир. Ис күүһү көрдөрбөт иһитиннэрии -көрдөрүү буолла. Киинэ да, испэктээкил да буолбатах. Дорҕооно да өҥө да мөлтөх, ньулук-ньалык курдук саҥа-иҥэ.
А.Борисов :“Олоҥхо тыйаатырын оҥоробун, ол диэкки баран иһэбит”- диэн бу соторутааҕыта эмиэ саҥарбыта. Ол, сахатыйыы диэкки хамсааһын тыына баара тыйаатырга көстүбэт.
“Бастыҥ хатыытын” историческай драма, испэктээкил диэхпин тылым барбат. Инстляция, Иллюстрация, Эклектика, Эффект-монтаж-испэктээкил буккааһа. Жанр быһыытынан чопчу өйдөбүлэ суох.
Испэктээкил диэн уустук-уранннык уобарастаан быһаарыылаах буолуохтааҕа өйдөнөр. Түрмэҕэ сытар Күлүмнүүр өйө-санаата уонна надзирателлэр нөҥүө былаас өйө-санаата утарсыылара, сөпсөспөт өрүттэрэ – конфликт быһаарыллыыта, туох түмүктээх буолан таҕыста?
Хаайыыга сытар киһи санаата. Самсааһыннар киһи өйүттэн-санаатыттан логическай сибээстэрэ суох. Быста-быста салҕанар. Күлүмнүүр олоҕун түгэннэрин самсыы сатаабыттара драматургия сокуонугар сөп түбэспэт. Уобарас сүнньүнэн көстүбэт.
Күлүмнүүр курдук историческай личность тус олоҕун, ойоҕуттан арахсыытын, эдэр кыыһы таптааһынын историческай трагедия кэмин, саха туһа санаа самнар эбэтэр сайдар өргөһүн кытта тэҥҥэ туруоруу Күлүмнүүрү “түһэрэр”, историзмы мөлтөтөр. Манна Күлүмнүүр бытовой олоҕо турбат эбээт! Аны биир сүрүн суолу умнуу баар, событияларбыт буола турар кэмнэрин күүрээнэ, тыына хайдах этэй? Ол тыына тиллэн ситэ көстүбэтэ
Драматическай исскуство сүрүн сыала хас биирдии персонаж уобараһын айыыга сытар. Мин көрдөхпүнэ персонажтарга куттуун-сүрдүүн кыттыһыы суох, ойоҕоһуттан ааҕан биэрии курдук. Кэпсэтии тыла. Бааһынайдыы саҥа.. Артыыстар оонньууларыгар актерскай исскуство мөлтөөбүтүн туоһулуур. Арай, Кырбаһаапкын атыыһыты оонньообут Герасим Васильевка аһара түһүүлээх да буоллар оонньуу көһүннэ. Эдэр артыыс Илья Стручков оонньуур кыра персонааһын уобараһын чаҕылхайдык арыйталаата.
Олох сүмэлээх майгыларын булан, бэйэ туһун диэки эргитэн туһаныы, кэм ирдэбилигэр сөп түбэһэ охсуу, ис-хоһоону суох оҥоруу, ол оннугар “икки саары икки ардыгар “ илдьэн кэбиһии, саха домноох майгылара кэһиллиитигэр, суураллыыга тийэрдэр.
Дьиҥинэн ырыта сорунар киһи ырытыһыан, мөккүһүөн сөп буолуо эбитэ буолуо. Ону баара комплементарнай, хайҕабыл хампаанньаттан атын биһиэхэ суох буолбута ыраатта. Кириитикэни тулуйан да истибэттэр. Хайҕаныахтарын эрэ баҕараллар. Тоҕо биһиэхэ исскуство, литература, култуура, духуобунас, тыйаатыр эйгэтигэр ырытыыһыы, кириитикэ имиччи эһиннэ? Туох ааттаах улугуруута бүрүүкээтэ!?
Күлүмнүүр диэн ким этэй? Күлүмнүүргэ улуу Өксөкүлээх бэргэһэтин устан чугаһыыр киһитэ этэ. Оннук үөрэхтээх, сайдыылаах, саха туһа суолталаах, ытыктанар киһи. Уол оҕо сылдьан Странден, Юрасов, Сипович, Побельскай о.д.а үөрэхтээх сыылынайдарга уһуйуллан, бэйэтэ күүскэ дьарыктанан эрдэ сайдар, Чернышевскайы көмүскэһиигэ кыттар, сир боппуруоһунан, бурдук ыһыытынан, эмтээһининэн дьарыктанан, саха сайдарын туһугар 14-15 саастааҕыттан өйүн тутан туруммут киһи. 19 саастааҕар бэйэни салайыныыга "О положении инородческих якутов"суруйан ыраахтааҕы кыһыл көмүс мэтээлин ылар.
Саха бастакы айымньылаах холобурун “Түөкүн манчаарыны” суруйан сахаҕа литератураны төрүттүүр. 1840 с. сыылынайдар төрүттээбит “литература, музыка обществота” диэн баара. Онно сахалары киллэрбэт этилэр. Ону ыраахтааҕы цензорыгар туруорсан саха киирэрин ситиһэр уонна аан бастакынан тылбааһы олохтуур. Чеховы, Горькайы тылбаастыыр. Сахалар бэйэлэрэ драмкуруһуоктанан испэктээкил туруоралларын эмиэ көҥүл ылан ситиһэн, саха бастакы тыйаатырын төрдүн оҥорор. Сахаҕа бастакыннан Охлопков – Наара суох “Бэрт киһи Боотур Бэргэн ” диэн олоҥхотун сыанаҕа туруорар. (“Хотугу сулус” З.Тюнгюрязов).
Бэчээккэ “положение об издательском деле”, “о положении музейного, публичного, библиотечного дела” о.д.а нэһилиэктэр олохторугар, түүлээх дьыалатыгар тийэ төрдүн оҥорор. Музейнай дьыаланан ситимнээн, саха сирин научнайдык үөрэтиини саҕалыыр уо.д.а. Саханы сайыннарыыга, култуураны киллэриигэ төрүт буолар майгылары оҥорор, олохтуур. Күн бүгүн биһиги бастакыларынан, төрүттээччилэринэн атын ааттары билинэбит. Сэбиэскэй история токурутууларын көннөрөр кэм кэлбэтэҕэ буолуо дуо, ама?
1905 с. “Саха сойууһун” тэрийэн госдумаҕа сахалартан депутатствоны туруорсар, уо.д.а саха омук бу орто дойдуга бэйэтин дьаһанар тутуллаах, үөрэхтээх, сайдыылаах буоларыгар олоҕун анаабыта.
Кини мөккүөрдээх уонна мөҥүөннээх олоҕун историческай драма быһыытынан театрга, киинэҕэ уустаан-ураннаан көрдөрүү, аатын өлбөөдүйбэт гына үйэтитии соруга турар. Оттон кини сахаҕа аан бастаан суруйбут, “Түөкүн Манчаарыта” кинигэлэргэ тахсыбыта, саха бастакы испэктээкилэ буолан сыанаҕа турбута, сахалыы бастакы хаһыат аата буолан тахсыбыта , кэлин киинэ буолбута ыраатта…
Барытыгар бастакы. Бастакыны батыспыттара. Бастакыны балыйбыттара. Бастыҥы баттаабыттара. Оннооҕор билигин “баһын хатараллар”. Ыраахтааҕы да, сэбиэскэй да былаас кэмигэр кыларыйан турар кырдьыгы өрө туппут, бэйэтин кэмигэр саха омугун суобаһа буолбут киһи билиҥҥэ дылы кырдьыга тахса илик.
Күлүмнүүр саха бастакы уонна бастыҥ үөрэхтээх интелегенциятын, чулуу бирэстэбиитэлэ, кырдьык, көҥүл уонна кэскил диэни өрө туппут саха улуу байаана этэ.
Күлүмнүүр аата үйэлэргэ күлүмүрдүөхтүн!

Category: Искуустуба | Added by: uhhan (2007-09-16)
Views: 5515 | Rating: 5.0/2 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 22
Ыалдьыттар (гостей): 22
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024