Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Сиэр-майгы. Сигили [4]
Муусука [55]
Наука [17]
Култуура [5]
Искуустуба [13]
Литирэтиирэ [1]
История [0]
Main » Articles » Култуура » Искуустуба

Кындыл театра

Бу күннэргэ саха биир чулуу суруйааччыта Иван Гоголев ­ Кындыл 75 сааһын көрсө , республика былаһынан киэҥ тэрээһиннээх Кындыл күннэрэ кэрэхсэбиллээхтик ыытылыннылар. Мин Иван Гоголевтыын 90­с сылларга, сахалыы өй­ санаа уһуктар кэмнэригэр элбэхтик алтыһа сылдьыбытым.
Оччолорго “Эдэр коммунистан“ саҕалаан “Сахаадаҕа“ тийэ “Хомус“ республиканскай литературнай тумсүүнү салайарым, эдэр автордар айымньыларын аҕа суруйааччыларга ырыттаран, ырытан хаһыакка бэчээттэтэрим. Ол саҕана “Саха литератора“ ассоциацияны тэрийбиппит. “Саха суруйааччыта“ диэн аат олохтообуппут. Бастакы “Өлүөнэ сарсыадата“ диэн литературнай хаһыаты таһаарбыппыт. Бу хаһыат кыл. редакторынан Иван Гоголевы оҥорбуппут, мин солбуйаччы этим. “Аргыс“ уонна Айсберг“ сурунааллар тахсыбыттара. Элбэх мунньахтар сьезтэр ыытыллыбыттара.
Айар лаборатория үлэлиирэ. Айар ньымаҕа, саха литературатын теориятын, суруйааччылар айымньыларын саҥалыы көрөөһүн, сыаналааһын кэмнэрэ кэлбиттэрэ. Элбэх мөккүөрдэр турбуттара. Быһата өй­ санаа уларыйар, саха ­ сахалыытын диэкки эргиллэр күүрээннээх кэмнэрэ этилэр. Иван Михайлович миигин мөхпүтэ­ эппитэ да баара . Суруйааччылар сойуустара икки аҥыы хайдан аҥаардара биһиэхэ кэлбитэ.
Иван Михайлович 1988 с. “Уус уран литература­ норуот суобаһа“ диэн “Эдэр коммунист“ хаһыакка интервью биэрбитэ “Сиэркилэ“ кинигэбэр киирбитэ. Кини онно:
­“.… суобас сүүрүктээх уу курдук хамсыыр, иннин диэкки дьулуһар буоллаҕына ыраас­ чэбдик буолар. Улугуруу кэмэ диэн­ бу суобас ыарыыта­ диэн бэйэтин кэмин сыаналаабыта.
­“Уус уран тылбыт культуратын таһымын үрдэттэххэ эрэ бэйэбит төрөөбүт ийэ культурабытын үрдэтэр кыахтаахпыт. Онон тыл дьылҕата, норуот дьылҕатын кытта арахсыспат ситимнээх…“ ­ диэн эппитэ.
­ Айылҕатын туһунан :“..айылҕаны харыстаабакка эрэ бэйэбит кэскилбитин, бэйэбит олохпутун харыстыыр кыахпыт суох. Биһиги бэйэбит эмиэ тыыннаах айылҕабыт эбээт!“ ­ диэн айылҕаҕа сыһыаммыт хаҕыһыттан, сир дойду алдьанарыттан хараастар санааларын эппитэ.
Эдэр суруйааччыларга айарга тутарга үчүгэй, көҥүл кэмнэр кэллилэр диэн үөрэрэ. Быһата кини уларыта тутуу кэмнэрин өртөн көһүппүт кэминии көрсүбүтэ. Ол да иһин биһиги саҕалааһыннарбытыгар кыттыспыта. Биллэн турар көлүөнэлэр мөккүөрдэрэ, айар ньымалар атааннаһыылара баар этилэр. Оннук да буолуохтаах этэ.
Бүлүү народнай театрын тэрээһинин туһунан урут суруйбутум “Сиэркилэ“ кинигэбэр эмиэ киирэн турар.
Бүлүү народнай театра Иван Михайлович тыыннааҕар режиссер Маргарита Соколова кимиэллээхтик киирсиитинэн 1995 с. кини аатын ылбыта. “Тыыннаах киһиэхэ ааты бэриллибэт“­ диэн буолбутугар Соколова ол “бэриллибэт диэн сокуоҥҥутун“ көрдөрүҥ диир киһи буолан биэрбит. Театр ол да инниттэн Иван Гоголев айымнньыларын үгүстүк туруоран, туһанан Кындылынан кынаттанар кэмнэрэ этилэр. Режиссер Иван Михайловиһы ытыктыыра бэрдиттэн, айымньылара театр айар олоҕор сотуллубат суолу хаалларбытыттан итинник сөптөөх санааҕа кэллэҕэ.
“Кыталыктар кырдаллара“, “Аал уот“, “Эр дьону харыстааҥ“, Наара суох­1“, “Наара суох­ 2­ таҥараны көрдөөҥ“, “Таптал хатыҥа“, “Кудай Бахсы“, “Хара кыталык“, “Тимир үйэ тэҥсигэ“ диэн Кындыл айымньылара ситиһиилээхтик туруоруллубуттара. Поэзиятын сценаҕа ааҕыы, араас көстүүлэргэ туһаныы киһи ааҕан сиппэт. Иван Гоголев театр үлэтигэр бүппэт кэрэ кылаатынан , уус уран айымньы уурумньутунан буолбута.
М. Соколова кэпсиир:
­“Мин бастаан санаабын директорбар Н.Ылаховаҕа, улуус саламтатыгар эппитим. А.С Борисовка эппиппин үөрэ истибитэ. Эһиги бэйэҕит быһаараҕыт, үтүө дьыала диэбитэ. Улуус депутааттара анал быһаарыы таһаарбыттара. Иван Гоголевка саҥа дьиэҕэ көһөөрү олордохторуна дьиэтигэр тийэн , театрга эн ааккын иҥэрэн эрэбит диэн эппитим. Наһаа үөрбүтэ. Тохтоо, уоскуй олоро түһэн кэпсэтиэххэ диэн буолбута. Аатын иҥэрэн киэҥник бэлиэтээбиппит. Онно кэлэ сылдьан:­
­“ тукаам наһаа быһаччы эр киһилии туруору майгылааххын, олоххор эрэйдэнэриҥ буолуо, хотун ­хаан быһыытынан аргыый наллаан сылдьыахха, дьону кытта аһаҕас сылдьарыҥ үчүгэй, бэйэҕин харыстаан сырыт. Айымньылары туруораргар барыта кинигэннэн бара сатаама, бэйэҥ көрүүлэргин, айымньы сүнньүн алдьаппакка эрэ киллэрэн биэрэн ис “­. диэбитэ. Кындыл аатын ылыы үөрүүлээҕин таһынан улахан эппиэтинэһи сүкпүппүтүн өйдөөбүппүт.“
Кини аатын сүгэн баран театр биллэр көстөр ситиһиилэммитэ. Ол курдук 2002 с. Өксөкүлээх юблейыгар ыытыллыбыт ресаублика театрдарын көрүүгэ Гран­при хаһаайына буолбуттара. 2003 с. Бүтүн Россиятааҕы Сибиир омуктарын театрдарын көрүүгэ “Гран­ при“ ылбыттара. Театр художнига Михаил Иванов бастыҥ декорация бирииһин ылбыта. Кини уола Марик Иванов анал номинация ылбыта. Режиссер Соколова “Честь и достоинство“ номинация кыайыылааҕа буолбута. Бу туох баар ситиһиибитигэр , бу күннэри ыытыыбытыгар Кындыл сырдык тыына көмөлөһөр диэн режиссер этэр.
Театр “Мин кэлиэҕим эһиэхэ..“ диэн уус уран түөрт түһүмэхтээх дьүһүйүү спектаклын Саха театрын сценатыгар туруорда. Көрөөччүлэри долгутта, дьон харахтара ууланан уйадыйа сэргээтилэр. Кындыл айар тылын күүһүн, кыаҕын, кини айымньытын уобарастарын бэркэ ситимнээн, астыктык дьүөрэлээн дьүһүйбүттэр. Хоһоонунан айымньыны, поэт олоҕун сценаҕа туруоран көрдөрүүгэ чаҕылхай, ылыннарыылаах, ситимнээх туруоруу диэн тус бэйэм сыаналаатым.
Бүлүүлэр биир дойдулаахтара аатырбыт артыыс Герасим Васильев спектакл саха театрыгар туруутун чочуйууга көмөлөспүтүн махталлар.
“Кыталыктар кырдаллара“ СР к.ү.ү. С.Е Зинурова туруорбут уҥкүү дьүһүйүүтүнэн спекткл саҕаланна. Манна Аан Алахчын Хотун оруолун Матрена Кириллина, СР к.т. Лена Ылахова салайааччылаах “Үрүччэ“ образцовай оҕо үҥкүү ансамла сир симэхтэрин бэркэ табыллан үҥкүүлээтилэр.
“Таптал чуумпу кытыла“ Кындыл араас кэминээҕи хоһооннорунан дьүһүйүү эдэр артистар ; Христина Буслаева уонна Иван Тимофеев, Натали Сергеева уонна Николай Харлампьев, Валентина Алексеева уонна Прокопий Митясов, Сардаана Егорова уонна Марик Иванов /4­ кылаас үөрэнээччилэрэ/, И. Гоголев кэргэнинээн уобарастарын Жанна Колтовская уонна СР к.т. Иван Богочанов бэрт итэҕэтиилээхтик көрдөрдүлэр.
“Мин сүрэҕим­ толуу чороон“ диэн түһүмэххэ поэт сиппит­ хоппут кэмнэринээҕи айымньылара турда. Онно Людмила Леонтьева , Иван Семенов, Иван Тимофеев, Павел Романов толоруулара бэрт долгутуулаахтык ааста.
“Сахам сирэ барахсан“ түһүмэххэ драматическай айымньылартан быһа тардыыларга, “Хара кыталыктан“: СР к.т.Галина Алексеева­ Хараанай эмээхсин, Тилийэ луохтуур уобараһын Иван Семенов, Хоборооһү­ Христина Буслаева, Хабырыыһы­ Андрей Алексеев, Хамначчыт кыыһы­ Валентина Алексеева, Тойон киһини ­Степан Калачиков , Ордьоох Кэтирииһи­ СР к.т. Людмила Леонтьева, Тэллэрииһи­ Павел Романов чаҕылхайдык толордулар
“Таптал хатыҥа“ спектаклтан Күөрэгэйи­ Аня Тимофеева, Хомус уолу­ Александр Попов, Кырбый кинээһи­ Иван Семенов, Суор удаҕаны­ Акулина Иванова туохха да атыыламмат ыраас таптал араас көрүҥүн дириҥник арыйан көрдөрдүлэр.
“Наара суох“ . Кинини билбэт саха суоҕа буолуо оҥоробун. 21 үйэҕэ тиллэн кэлбит Күндү Күлүүк уонна Наара суох уобарастарын Анна Игнатьева, Никита Михайлов , Суон Суоппуйаны Маргарита Соколова бэрт итэҕэтиилээхтик толорон көрөөччүнү астыннара күллэрдилэр.
“Мин кэлиэҕим эһиэхэ“ диэн поэт кэриэс тылларын арыйан аахпыттарыгар, поэт бэйэтэ илэ кэлэн турарыныы туруктаах түгэн саалаҕа тыҥаабыта. Түмүгэр аастыйбыт хаар маҕан баттахтаах толуу көрүҥнээх тоҥ нуучча Борис Михалев хатыҥ иннигэр чөҥөчөккө олорон уу сахалыы “Сахам сирэ барахсаны“ ыллаан ньиргиттэ. Бүтэһик күппүлүөккэ саала сүһүөҕэр көтөҕүллэн турда. Поэт кэргэнин Мария Алексеевнаны, кыргыттарын Ленаны, Аннаны сценаҕа ытыс хабыллар тыаһынан доҕуһуоллаан таһааран сибэкки дьорбөтүн туттаран, үөһэттэн сибэкки ардаҕын түһэрэн дьоро киэһэни бэрт долгутуулаахтык түмүктээтилэр. Сураһан истибитим Борис Михалев “Сахам сирэ барахсаны“ 34 сыл устата ыллаабыт эбит. Бу эмиэ ураты, саха куттаах барыта сэргиир , ытыктыыр түгэнэ буолар.
Кындыл аатынан Бүлүүтээҕи народнай театр ситиһиитэ аҥардас артыыстарынан, культуура үлэһиттэринэн буолбатаҕын, кинилэри мэлдьи өйдүүр уонна өрүү өйүүр улуус баһылыгын үтүө кыһамньытынан ситиһиллэрин бары бэлиэтииллэр. Мин Бүлүү куоратын күннэригэр да сылдьан, урут, хойут да алтыспыт кэмнэрбэр баһылык Н.С. Афанасьев культуратын үлэһиттэригэр ураты болҕомтолооҕун, духовнай эйгэни мэлдьи өрө тутарын хайгыы да астына да көрбүтүм. Мэр Н.С Хорунов театрга, культуура эйгэтигэр үтүө сыһыана Бүлүү күннэригэр арылхайдык көстүбүтэ. Режиссер улууһун, куоратын саламтатыгар махталын кэтэмэҕэйдээбэккэ булгуччулаахтык этэрин элбэхтик иһиттим. Ити үтүө дьайаан салгыы сайдан иһэригэр баҕарыаҕыҥ. Билиҥҥи кэмҥэ театр дьону сэргэни духовнай иитиигэ наадатын Кындыллар үтүө холобурдарынан кэрэһэлии, көрдөрө сылдьаллар.
Үлэ бөҕөтө үлэлэммит, театр кэлиҥҥи кэмҥэ хас сырыыта кэтэһиилээх, ситиһиилээх буолан иһэриттэн көрөөччүлэр үөрэллэрин, астыналларын этэллэр. Бу барыта үлэттэн, кыһамньыттан, тэрээһинтэн тахсар.
Режиссер СР к.ү.ү Маргарита Соколова, көмөлөһөөччүтэ СР к.т. Александра Протопопова, уус уран салайааччы ССРС к.т. Людмила Семенова, музыкальнай киэргэтиини бэлэмнээччи СР к.т. Иван Тулааһынап, художник Михаил Иванов, звукооператор Петр Ильинов, светооператор Николай Иванов, көстүүмнэри бэлэмнээччилэр СР к.ү.ү. Надежда Ылахова, СР к. т. Надежда Иванова кыттыһаннар театр Кындыл үтүө аатын дьоһууннаахтык уонна киэннээхтик илдьэ иһэрин Саха театрын сценатыгар ырылхайдык көрдөрдүлэр.
Поэт, суруйааччы И.М Гоголев аата суола кини аатын ылыммыт театрынан өссө үрдүккэ, дириҥҥэ, чиҥҥэ үктэннэ диэтэхпинэ омуо буолуо суоҕа.

Category: Искуустуба | Added by: uhhan (2007-09-16)
Views: 3653 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 10
Ыалдьыттар (гостей): 10
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024