Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Сиэр-майгы. Сигили [4]
Муусука [55]
Наука [17]
Култуура [5]
Искуустуба [13]
Литирэтиирэ [1]
История [0]
Main » Articles » Култуура » Искуустуба

Уус Сүөдэр

Ф.Г. Александров аҕата Г.И.Александров Бүлүү Кыргыдайыттан төрүттээх, уоттаах сэрии кыттыылааҕа, үйэтин тухары эргиэҥҥэ үлэлээн хотугу, Бүлүү, Амма улуустарынан олорон үлэлээн ааспыт киһи. Ийэтэ Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатыттан төрүттээх М. П. Романова үйэтин сааһын тухары акушерканан үлэлээбит. Бииргэ төрүөбүттэр алтыалар. Сүөдэр Чокурдаахха төрүүр. Үөһээ Бүлүүгэ онуһу бүтэрэр. Онно бииргэ үөрэммит уолаттара, үөлээннээхтэрэ чулуу музыкааттар, ыраһыттар Чолбон Сааска, Бахлай Юрка, аатырбыт дальнебойщик Алик Федоров уо.д.а кытта алтыһан улааппыта.

Сүөдэр оччолортон уһанара. Чаачар саалары, арбалеттары, араас сэрии сэбин маһы кыччайан оҥороро.

-Армияҕа тийбиппэр уруһуйдуугун дуо диэн ыйыппакка да :”Штаб пойдешь, рисовать будешь”-диэн кэбистилэр. Тийбитим Тартыев диэн саха уола уруһуйдуу олорор эбит. “Дембельгэ барабын, эн миигин солбуйуоҥ”- диэн буолла.
Оннук штабка худуоһунньук буолан хааллым. Мастан араас кыыллары кыһан оҥоробун көрөн, чааһым хамандыыра:
-Ленин бьюһун оҥорор кыахтааххын дуо диэн ыйытта. Мин оҥороуохпун сөп диэтим. Онтон фарфоровай заводтан туой ылан оҥордум. Ону заводка уматан (обжиктаан) фарфоровай Ленин бьюһа буолан таҕыста. Улаханнык хайҕаммытым. Ити бастакы улахан суолталаах оҥоһугум этэ.
Армияттан үчүгэй харектеристикалаах кэлэн худ. Училищеҕа биэрдим. Үөрэххэ тута ылбыттара. Үчүгэй үөрэнээччи аатыран Москваҕа иккис курстан үөрэнэ көһөр. И.Л.Серегин Таганкатааҕы худ. Мастерскойугар скульптор идэтигэр үөрэнэн ситиһиилээхтик бүтэрбитим.

Федор Александров Дойдутугар кэлэн, музыкальнай театрга худуоһунньугунан үлэлиир. Онтон Алексей Романов Москваҕа кинорежиссер үөрэҕин бүтэрэн кэлэн киинэ студиятын тэрийиэххэ диэн этэр. Иккиэн сүүрэн-көтөн “Север- фильм” диэн тэрилтэ тэрийэллэр. Сүөдэр үһанар мастерской тэринэр. “Орто дойду” диэн киинэни устуутугар анаан оҥороору, сахалар былыргы сэриилэрин-сэптэрин, куйахтарын, ойууттар кумуларын, дүҥүрдэрин, таҥнар таҥастарын, саха былыргы оҥоһуктарын музейдары кэрийэ сылдьан үөрэтэр. Саха сэриитин сэбин чинчийбит учуонай Федор Васильевтыын табаарыстаһан, сүбэлэтэн аан бастаан, хатырык, таҥалай тимир куйахтары, ох саалары, батастары, батыйалары, саха быһахтарын, ойуун тэриллэрин; кумулары, дүҥүрдэри, былаайахтары оҥорон киирэн барар. Уус туттар тэрилин, күөрдүн, кыстыгын, балтатын былыргылыы тэринэр.
Бу мастерскойга олорон, скульптор идэлээҕэ “тыытан”, буоска суох буолан мастикаттан ойууну оҥорор. Салгыы киинэҕэ оҥорбут ойууннарын, буойун, аҕабыыт таҥастарыгар, буоска дьону оҥорон кэтэрдитэлээн кэбиһэр. Маны дьоҥҥо тоҕо көрдөрбөккүн диэн эппиттэригэр саха сиригэр бастакыннан буоска 7 фигууратын Никольскай церьековка туруоран, 1992 с. быыстапка тэрийэр. Дьон улаханнык сэҥээрэр. Американецтар, японецтар, Москва киин ТВ-та кэлэн устан барбыта. Киин ТВ көстүбүтэ. “Маяк” радио интервью ылбыта. Сахалар маннык куйахтаахтарын, ойуун маннык таҥастааҕын илэ көрөн үгүс киһи сөҕөрө-махтайара.
Онтон сэргээн Уус Ылдьааны, И.Избековы, артыыстар А. Васильевы, А.Федоровы, В.А.Кондакову, А.С.Алексеева уонна бэйэтин табаарыстарын буоска фигураларын оҥорон, сахалыы таҥыннаттаан иккис быыстапкатын “Мир” кинотеатрга тэрийэр. Мин онно Турция делегациятын аҕалан сырытыннарбытым. Омук дьоно саха сиригэр кэлэн улаханнык сөхпүт- махтайбыт суоллара бу этэ.
Бу быыстапка улахан сэҥээриини ылбыта, киһи бөҕөтө сылдьыбыта. Быыстапкаҕын сайыннар, анал мастарыскыайда тэрин диэн дьон баҕа санаатын эппитэ. Сүөдэр онно-манна өйөбүл көрдөөн сүүрэ сатыыр да өйүүр киһи көстүбэтэҕэ. Оччолорго туризм да сайда илигэ. “Мир” кинотеатар сноска барар. Фигураларгын харай диэн буолар. Олорор да дьиэтэ суох Сүөдэр, ханна батарыай, 20-чэ толору тахастаах, сэптээх-сэбиргэллээх фигуралары музейдарга бэртэлээн кэбиһэр. Ол курдук, кини үлэлэрин сороҕун аахтахха:
Майа музейыгар- Манчаары Баһылай, Күөх Кэтириинэ, Уустарабыс, Лааһар Сергучев, Сэмэн оператор, А.С.Алексеева, Герой Попов, Г.Колесов бүтүн фигуралара барбыттара. Олор билигин, ситэ хараллыбакка, сөргүтүллүбэккэ, алдьанан-кээһэнэн тураллар.
Горнай улууһугар; Уус Ылдьаа, косторез Георгий Родионов уонна Балыксыт фигурата барбыттара.
Сунтаарга: Аан Алахчын, Ньургун Боотур, Туйаарыма куо, Үрүҥ уолан, Саха саарына хотунунаан , С.А.Зверев фигуралара барбыттара.
Куоракка Ярославскай музейыгар ойууттар, араас дьоннор фигуралара, Саха театрыгар боотурдар таҥастара, Сахафильмҥа элбэх оҥорбут таҥастара о.д.а сирдэргэ, тэрилтэлэргэ, биирдиилээн дьоҥҥо Сүөдэр оҥорбут оҥоһуктара, тикпит таҥастара тарҕаммыттара. Ханна туох барбытын музей үлэһитэ Вильям Федоров үчүгэйдик билэр буолуохтаах. Сүөдэргэ үлэтигэр эппиэттээбэт бытархайы тиксэрбиттэрэ.
Саха таҥаһа-саба, туттар тэрилэ, сэриилэһэр сэбэ-сэбиргэлэ, бултуур- алтыыр тэрилэ барыта мунньуллан, туспа музей буолан, фигураҕа көһүннэҕинэ дэлэлээх үчүгэй буолуо да этэ.
Сүөдэр саха тематыгар буоска фигуралар музейдарын оҥорбут киһи диэн ыра-баҕа санаата туолар кыаҕа суох.
“Сатаан тэрийбэтим. Көнө санааннан тэрийэн, көмөлөһөн да биэрии кыаллыбата. Саха чулуу, улуу дьонун үйэтитиэххэ сөптөөҕө, саха былыргытын көрдөрүөххэ баара. Былыргы буойуттар, ойууттар, олоҥхо геройдарын, тоҥустары, дьүкээгирдэри, эбэҥкилэри, быһата бу хотугу дойду төрүт олохтоохторун көрдөрүөххэ сөптөөҕө”- диэн туолбатах ыра-баҕа санаатын этэр. Биллэн турар кини соҕотоҕун ону кыайбат дьыалата буоларын өйдүүр.
-“Былыргы саха тимир уустарын үгэстэрин сөргүтүү, ньымаларын туһаныы, ону үөрүйэх оҥостон аныгы техника көмөтүнэн сайыннарыы барыахтаах. Мин билигин былыргы тимир уустара тимири тимиргэ сыһыарар ньымаларын сатаан туһанар буоллум. Былыргы буойуттар куйахтарын, таҥастарын, сэптэрин-сэбиргэллэрин оҥорууга балачча дьарыгырдым. Билигин ити Үөһээ Бүлүү Кэнтигэр Чап уустарын сыдьааннара тимири уһанар дьиэ тэрийэн эрэллэрэ иһиллэр. Табаҕа диэки эмиэ тугу эрэ тэрийэллэрэ иһиллэр. Мин куоракка уус дьиэтэ, буоска фигуралар музейдара баар буолуон баҕарабын. Олоҥхону сөргүтүү баран эрэр. Онно хайаан да таҥас-сап, сэп-сэбиргэл оҥоһуута наада. Ону көрдөрүөххэ эмиэ наада.
Билигин миэхэ биирдиилээн дьон кэлэн ойуун кумутун, дүҥүрүн, тыйаатырдар араас буойун таҥаһын, куйаҕын, ох саалары, музейдар буоска фигуралары, сорох дьон быһах батас оҕустараллар, оҥоттороллор. Сорохтор сахалыы сарыы таҥас, сэлиэччик тиктэрэллэр. Барыта тийбэт тирии, таппат тараһа буолар, туох баарынан, бэйэлэрин матырыйаалларынан оҥоробун. Элбэх мааскалары, сахалыы куукулалары эмиэ оҥоробун. Кыах суох, база суох, инуструмент суох, барыта илииннэн оҥоруу.
Буоска олох да суох, мастика буллахха онон оҥоробун. Дьиҥинэн барытын маны атаҕар туруоруохха сөптөөҕө, өскөтүн, саха омук маннык төрүт дьарыга сөргүйэрэ буоллар диэн государство өйүүрэ эбитэ буоллар. Биһиги сахалар саарыннарбыт, үрдүкү салайааччыларбыт, бирисидиэннэрбит, бэлиитиктэрбит, учуонайдарбыт, .чулуу спортсменнарбыт, айар үлэһиттэрбит буоска фигууралара таҥнан-саптан олорор музейдара баара буоллар, кэлэр көлүөнэлэр да көрө сылдьыа этилэр. Туристарга да көрүнньүк буолуо этэ.”

Федор Александров диэн ураты талааннаах, дьоһун дьоҕурдаах киһи, үлэтигэр табыллымына сылдьарын, быстах сакаастарынан дьарыктанарын, кини үлэтинэн “туһанааччы туһанарын, харчы да оҥорорун” элбэх киһи билэр буолуохтаах. Омугар улахан туһаны, туспа суолу-ииһи хаалларыахтаах киһи айылҕаттан кыаҕа сатаан таба туһаныллыбакка сылдьар диэн мин быһаччы этэбин. Маннык ураты талааннаах төһө эмэ дьон бэйэлэригэр бүгэ, муннукка-ханныкка сылдьалларын эмиэ билэбин.

Искэ баар кыах, дьоҕур, талаан олоххо тахсыытын кыайан булбатаҕына, бу киһи тус олоҕор улаханнык охсорун эмиэ билэбин. Ырыынак үйэтигэр кэмигэр киирсэн, үүтү-хайаҕаһы булан, тэрилтэ тэринэн, үп-харчы көрүүтүн ситиһэн бэйэтэ тахсарын тэрийэргэ, бэйэтигэр туспа дьоҕур наада. Ол киһиэхэ эрэ барытыгар кыаллыбат. Хаатты тахсыбатын курдук кинилэр олохторо, айар үлэлэрэ тахсан биэрбэтэ баар. Үксэ бэйэлэриттэн тутулуктаах диэххэ сөп эрээри, талааннаах-дьоҕурдаах дьону анаан өйөөн, тэрийэн-салайан биэрии, омугун туһун саныыр государствоҕа баар буолуохтаах этэ

Уус Сүөдэр буоскаҕа, тимиргэ оҥоһуктарын хаартыскалара
Category: Искуустуба | Added by: uhhan (2007-09-18)
Views: 2906 | Comments: 1 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 1
1 Сэмэн Архыыпап  
Уххан туругур! Саамай сепке суруйбуккун Суедэр туЬунан. Бу олох суду талааннаах уол. Дьонугар-сэргэтигэр дьессе да элбэ5и, утуени, кэрэни оцорор кыахтаах УУС. Онон тугу эмит эбии оцорон хаалларар ини диэн эрэнэбин.

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 14
Ыалдьыттар (гостей): 14
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024