Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Кэпсээн [8]
Сиэркилэ [4]
Сэһэн [0]
Ырытыы [0]
Кириитикэ [1]
Үгэ [1]
Хоһооннор [30]
Остуоруйа [0]
Анаарыылар [6]
Үтүө дьон [4]
Санаа буолардаах, буолбаттах [16]
Main » Articles » Анаарыы » Хоһооннор

Хайдах туох буолабыт?

Хайдах туох буолабыт?

Khajdakh_buolabt

  Бу буоллун ­ хааллын сыһыаннаах
                     бутуур  ­ ытыыр кэмҥэ
  Бу, мэлэкэ ­ тэлэкэ  майгылаах
                 мэлдьэх  мээнэ тутулга
  Бу атыыланар албын
                  аҥаах ­ муҥаах турукка
  Хайдах, туох буолабыт
                  хайа айан суолун тутабыт
  Хайа харам хараан                       
                 хаһаас  сүбэтин булабыт?

 

  Мөҕүллэ­  этиллэ, мөрөйдөнөр
                 мөлтөх­ мөкү түгэннэргэ
  Мөһүлгэ мөккүөрэ  мөҥүрээтэ
                 көлүөнэ өлүөрэ көҕүрээтэ.
  Ким кимэ,  туох туга
                 туокката ­ суолтата тутахсыйда
  Тулаайах­  илээйэх санааҕа
                 тус  туһа эрэ туругурда.
  Дойдулаах, төрүт  олохтоох
                 дьоһун суолтата түстэ
  Омук  уратыта, дьиктитэ
                 уталыйбакка эмиэ бүктэ.

  Хаһыырар  харчылаах харалтата
                 үөгүлүүр үптээх салалтата
  Баһылыыр көһүлүүр  балыыра
                 баламат бардам сабардама.
  Эппитиҥ  эппиэтэ иһиллибэт
                 саҥарбытыҥ да тиһиллибэт
  Үөһээ көнө  былааска
                 үөтэн тийбэккин ол ыраахха.
  Бэйэҕин бэйэҥ  дьаһанаргар
                 бэрсибиттэрэ кыракатын
  Санааҕын  сайа салайынаргар
                 сатамньыта суоҕун эбитин

  Түүлээн  тордоон сиэрилэр
                 түүтэх сокуону суруйаллар
  Барытын баһылаан  бараннар
                 балыырдаах олоҕу түстүүллэр
  Биири биэс  кынар оннугар
                 бииртэн сэттэтин ылаллар
  Олохпун  оннук дэһэ­ дэһэлэр
                 онон­ манан олуйаллар ыгаллар.
  Оһорунар,  эмтэнэр кыах биэрбэккэ
                 сүһүрдэн сэтэритэн иһэллэр.

    Бу буоллун ­ хааллын сыһыаннаах
                   бутуур  ­ ытыыр кэмҥэ
    Бу, мэлэкэ ­ тэлэкэ  майгылаах
                   мэлдьэх  мээнэ тутулга
    Бу атыыланар албын
                    аҥаах ­ муҥаах турукка
    Хайдах, туох буолабыт
                    хайа айан суолун тутабыт
    Хайа харам хараан                       
                   хаһаас сүбэтин булабыт?

 

Эһиги  бэйэлээхтэр

  Эһиги  бэйэлээхтэр,
                 халбаҥ эйэлээхтэр,
  Соло  солотуулаахтар,
                 харчы хаххалаахтар,
  Бүгүн  былааска,
                 сылааска олорооччулар,
  Кииринньэҥ  өйдөөхөр,
                 атыыламмыт ааттаахтар!
  Төһө  да,
                 айар сүрэҕим көҥүлэ
                                күөмчүлэммитин  иннигэр,
  Төһө  да,
                 санаам буолардааҕа
                                сарбыллыбытын туһугар,
  Төһө  да, 
                 ыралаах баҕаларым
                                ырааппыттарын  аатыгар,

Мин  ис чиҥим иччитэ
                 илэ таска тахсан
                                иэйэ­ куойа ирдэһэ
  Иҥэр­  тэнийэр иитиилээх ,
                 сайар ­ дьайар саҕыылаах
                                сата салгыннаах  буолуоҕа!

    Туох  да
                   диэбиккит иннигэр;
    Тылы  кытары
                   тыыннаах буолуоҕум,
    Дорҕоон  буолан
                   дуораһыйа сылдьыаҕым,
    Тэтимҥэ  тиһиллэн
                    тиллэн кэлиэҕим,
    Өйдөбүл  курдук
                   өлбөт сүбэлэниэҕим,
    Санаа  буолан
                   сандаара тыгыаҕым!

Сэтинньи  25 к. 2004 с.

 

Ону биллибит…

  Ис дьиҥэ суохтан  бэри-бэркиһээн
  Иһирэхпит, истиҥмит  илэ-илэһийэн
                 итээбит
  Иэримэ дьиэттэн,  уоттан тэйэн
  Ийэ куппут иһийбит  курдук дии,
                 ону биллибит…
  Сатабыла, табыла  суохтан саатан
  Салыйбыт эбит  салгын куппут.
                 ону биллибит…
  Буортулаах сутуйар  астан аһааҕыран
  Буомурар буолбут  буор куппут.
                 ону эмиэ биллибит…
  Киһилии сыһыаммыт  киэр хайыһан
  Айыы майгы сигили  маратыйан
                 уларыйбыппыт.
  Албын­ түөкэй,  сымыйа­ сиикэй кыттан
  Киэммит дьоһууммут  киртийбит
                 ону  биллибит…
  Эрэйбитин  энчирэтэр эрэлбит элэйэн
  Этэр тылга, саныыр  санааҕа эрэммэт
                 үлүгэрин  биллибит..
  Итэҕэһи толорор итэҕэлбит  итээн
  Айыы сыһыан аҕыйаабыт  да эбит
                 ону эмиэ биллибит…
  Атын билии, үөрэх,  сатарытар сайдыы
  Саха тыллаах, хоро өйдөбүллээх  хоторо
                 биһиэхэ  тиллибит.
  Кырдьыгынан сылдьар  кыһалҕата элбиир
  Суобастаах киһи  суолтан туоруур
                 ону биллибит…
  Сөп түбэһэ, сүбэлэспэккэ  сөбүлэтэн
  Албыннаһа, кэтэнэ-манана  сылдьар
                 табыгаһын биллибит дии..
  Барытын өйдүү  сылдьар наадата суоҕун
  Көрбөтөх-истибэтэх,  билбэтэх ордугун
                 ону эмиэ  биллибит…
  Быры барыта, бэйэҥ да атыыга тураргын
  Түмүгэр албын-түөкэй, сымыйа кыайарын
                 көрдүбүт, биллибит..
  Сириҥ симэһинэ, баайа олохтооҕор ордугун
  Омук, дойду туһа, отой кыра суолталааҕын
                 ону эмиэ биллибит…
  Бээ-эрэ, туохпут эрэ, тоҕо эрэ тыллыбыт
  Ханна тийэри, туох буолары сибиэркээн
                 сэрэйэн биллибит…        

Билбитиҥ-биилээххэ, санаабытыҥ –саалаахха,
Тылгын-өскүн –тылбыйыахтара, санааҕын-онооҕун
Cарбыйыахтара…ноһуораҕын көннөрүөхтэрэ!
Саҥарыма, саҥарба! Билбиттээх баҕастаах…
Эн баҕас! Чут!  Киэр буол! Туораан биэр! «Дьоннор иһэллэр»…

2004 с.

 

Ити тоҕо итиннигий?

  Тойон буолла да торҕон
  Тойорҕоотоҕуна эрэ-
                 тото  туолар.
  Баһылык буолла да  бардам
  Бардамсыйдаҕына  эрэ-
                  баардыы  сананар.

Ити тоҕо итиннигий?

  Салайааччы буолла  да
  Сабырыйдаҕына эрэ
                   сатана саатанар.
  Күүстээх буолла да
  Күөмчүлээтэҕинэ эрэ
                    таба табыллар.

Ити тоҕо итиннигий?

Category: Хоһооннор | Added by: uhhan (2007-12-16)
Views: 2539 | Comments: 3 | Rating: 5.0/2 |
Total comments: 3
3 Макаров Сергей Пантелеймонович  
Маны таьынан хаьыакка суруйан дьону сэргэни кэпсэтиигэ ынырар щрдук буолуо этэ. Кырдьыга да олох сайдыыта дохсуннук барда, биьиги сахалар олорон биэрбэтэххэ табыллар. Мин санаабар элбэх чулуу дьоммут улэлэрин киэнник уорэтиэххэ наада уонна сурун кыьалганан уунэн эрэр ыччаты сахалыы тыынна, тыл сумэьинигэр уорэтиэххэ, ама Кулаковскай, Ойуунускай, Алампа, Неустроев, тылларын ханнык багарар саха куттаах киьи ылыммае буолуой? Ону таьынан улуу дьоммут Кулумнуур, Павел Ксенофонтов, Новгородов, Авксентий Мординов, Георгий Башарин о. д. а. улэлэрэ билигин да суолталара улаханын бэйэн бэккэ билэн олорорун буолуо. Баай-дуол барыта атыыланан бутэн эрдэгинэ саха омуга туох быьыыга-майгыга тиийэн-тугэнэн иьэрин, хайдах олох биьигини куутэрин туьунан киэн кэпсэтии тахсар кэмэ кэллэ дии саныыбын. Бу интернеттан ордук трибуна Кыым хаьыат сирэйэ буолуо этэ. Бэйэбин сэнээрбит буоллаххына тел. 89142261036

2 cHREK  
ХОСООН КОНЕЧНО УЧУГЭЙ ОЛ ЭРЭЭРИ ЫСТАТЫЙА НААДА

1 Ф Колесов  
Элбэхтэ суруйан дьонно таьааран иьэр сеп этэ. Тыл барахсан баары ырылыччы хостоон таьаарар кууьэ учугэйин

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 6
Ыалдьыттар (гостей): 6
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024