|
АРЫГЫҺЫТ СУЛАНЫЫТА
АРЫГЫҺЫТ
СУЛАНЫЫТААрыгы
адьыната – Өлөр
өлүү адьырҕата. Дууһаҕын, санааҕын тууйуо, Өйгүн-төйгүн
сүүйүө, Куһаҕан олоҕу түүйүө. Арыгы
куһаҕан, аһыы Түмүгэ
кутурҕан,
аһыы Ааспат
арахпат ыарыы, Атаххын
тэҥниэ, сытыары!
Арыгыһыт
дэлэй олоҕор Алдьархайдаах
кэмнэр Ааҥнаабыттарын
туһунан Ааспат
арахпат Аргыс
гынаммын Анааран
эрэбин. Амырыын
аһынан Айах
тутар Ампаалыктаах
олоҕум Арыгы
испэккэ Айдаана
намыраан Атастаар
иэдэйдим. Күҥҥэ
тэҥниир Күндү
аспын Күлүүс
хаайыылаан Көмүһүм
оҕотун Көрдөрбөт
буоллулар. Ыт оҕотун Албыннаабыкка
дылы Ыйга
биирдэ Ымсыырдан
ымсыырдан Ыйыктар
толуоннара Ырбыт
баҕабын Ырааҕынан тоторбот. Онуоха
эбии Сыаната
үрдээн Ырыаһыт
финансам Тобуктаан
олорон Романс
толорон Дууһалары
долгутара Араастаан
олуйара Адьаһын
элбээтэ. Оо, дьэ
хайдах буолабын, тугу
тобулабын?! Утаппыт
дууһабын Уоскутуохпун
баҕаран
Универмаакка
тиийэммин, Одьукулуон
ыламмын Буотаракпын
аҕаан Буорту
буоллум. Алдьаммыппын
кээһэммиппин Араас
силиминэн Абырахтыы
сатаатым, Адьаһын
туһалаабата Алдьархай
буолуоҕун Арааһа «химия»
быыһаата... Эрэйээксийэ
ааһыыта, Силимнэммит
хоннуута, Одьукулуон
сыта көтүүтэ Куһаҕаннаттым быһыыта. Куртаҕым,
быарым Кутум
сүрүм Кууччата
барыта Өйдүүн,
санаалыын Өлбөөдүйэ
өһөн Өлөр
күнүм Өнөйдө
бадахтаах. Арыгынан
аҕаммын Атааннаах
мөҥүөннээх Айдааннаах
олохпуттан, Аата
билигин Арахсан
эрэрим Абатын
эбитин. Кыһылынан
кыаһыыланан Кыччыгый
ыраламмыт Кыараҕас ыырдаммыт Кыһалҕалаах олохпуттан Кыһарыллан
холдьоҕуллан Кыйданан
эрэрим Кыһыыкатын
эбитин. Үрүҥүнэн
үлүһүйэн Үтүөкэннээх
баҕаларбын Үрүүмкэлии
үлтүрүтэн Ыччат
эрдэхпиттэн Ыстакааннаах
арыгыга Ытаччалыы
ылларан Ырааппатах
эбиппин. Кэмэлдьи
куһаҕаныттан Кэргэн
уруу Кэлэйэр
буолбута Кэһэйэн
сиргэнэн Араҕан барбыта. Үлэни үөрэҕи Үрүүмкэттэн
ордорон Үлүһүйбэтэх
бэдикпин. Сириллэн,
үүрүллэн «Сибэтиэй»
уубуттан Сирдээҕи дьолбун Ситиһэр
этим. Оччоҕуна эрэ Сиппит
өйдөөх Сиэдэрэй
олохтоох, Тэҥнээҕэ суох Тэбэнэттээх
бэрдэ Аан Ийэ
дойдуну Аймыыр
кыахтаах, Аарыма
күүстээх Абааһы
уола буолан Ааһар
дьону Араастаан
үөҕэрим Арахсыбакка
эрэйдиирим. Бу да
буоллар Бокуой
булан Санаан
көрдөххө, Буор
иһээччи буолан Буорайбыппын
биллим. Арыгыһыт
аатыран Абырахтанан
абыранан Итирэн,
кутуран, Иирэ-иирэ
өйдөнөн Иэдээн
эҥэрдэнэн Иин
түгэҕин Иччитэ
буоларым Илэ-бааччы,
тиийэн кэлбит...
Ньурба,
1986 с.
|
Category: Хоһооннор | Added by: uhhan (2008-01-09)
|
Views: 3166 | Comments: 2
| Rating: 5.0/2 |
|
Total comments: 2 | |
2
uolchaan
(2008-11-18 13:58)
оЬуобай хоЬоон эбит ди так держать!
|
Бу маннык хоьооннор дьон киэц аа5ыытыгар хаьыаттарга тахсаллара буоллар быдан туьалаах буолуо этэ дуу
|
|
|
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 11 Ыалдьыттар (гостей): 11 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|