Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Кэпсээн [8]
Сиэркилэ [4]
Сэһэн [0]
Ырытыы [0]
Кириитикэ [1]
Үгэ [1]
Хоһооннор [30]
Остуоруйа [0]
Анаарыылар [6]
Үтүө дьон [4]
Санаа буолардаах, буолбаттах [16]
Main » Articles » Анаарыы » Хоһооннор

Василий Михайлович Фомин (Ороһу Баһылай) хоһоонноруттан.

Василий Михайлович Фомин (Ороһу Баһылай) хоһоонноруттан.

Ороһу

Орто дойдуну
Ороһулаан булбутум,
Балаҕан ыйыгар
Баар буолбутум.

Оҕо эрдэхпинэ,
Оччугуйум бэрдиттэн
Кырабынан, харабынан
Кыһарыйар этилэр.

Ол эрээри,
Ороһулаан улаатан,
Орто уҥуохтаах
Урааҥхай буолбутум.

Оскуолаҕа сылдьыахпыттан,
Уоран-кистээн
Хоһоон суруйарга
Хоһулайар этим.

Хатаччы ылларан, арыт,
Хам аччык да сырыттарбын
Үрдүк үөрэххэ үөрэммит
Үтүө, дьоллоох сылларбар,
Хас даҕаны биллэр-көстөр
Бэйиэт бэйэлээхтэрим,
Остуол тула олорон,
Ойум-сайым көрө-көрө
«Эчи доҕор,
Эдэр-сэнэх эрдэххинэ
Бэчээттэтэн кэбис!» - диэн
Сүбэлээн эппиттэрин
Сөбүлэспэтэх үөдэммин.

Ону баара, дьэ кэлэн
Кырдьар саас кыһарыйан
Ыарыы ыксалатан,
Ороһулаан быһаарынан,
Киһи барыта
Кинигэ таһаарар
Киһи соччо өйдөөбөт
Кэмэ кэлбитин туһанан,
Көҕөн көттөҕүнэ-
Көппөх өндөйөр,
Ат сүүрдэҕинэ-
Ыт сүүрэр диэн,
Ыраҥалыы санааммын
Баҕар, эһиэхэ
Барбахтык көстүөхтэрэ да буоллар,
Сирэйбин буорга анньан,
Синэ биир диэммин
Ороһу хоһооннорбун
Утары уунан эрэбин.
Ону, бука диэн, көрдөһөбүн:
Омнуолуу санаамаҥ дуу
Ороһу сордооҕу!..

Үрэх хааһыгар.

Үрэх хааһыгар
Хатыҥ мас турар.
Хаарыаннаах кэрэ бэйэтэ кэхтэн.
Алтан сэбирдэхтэр
Үрэх дьэҥкэрэр
Сүүрүгэр сөҥмүттэр.
Хатыҥ мас күнтэн
Маппыт курдук, хардаҥ
Сиртэн оргууй-оргууй
Күһүҥҥү күн тоҥуй
Сырдыгар бардам
Сүүрүгү өҥөйөр,
Хараҕын уута
Долгуҥҥа сөҥөр...
Мин эдэр дууһам
Кэрэ ыралара
Алтан сэбирдэхтэр
Буолумаҥ! Сүрэхпэр
Санаам хатыҥа
Хагдарыйыма!

Таҥалай былыттар.

Ол көстөр таҥалай былыттар
Ийэ сир диэкки тардыспыттар.
Оргууй утум-ситим субуруһан
Илин саҕахха тайаммыттар.

Хайдах эрэ ыра санааларым
Сити таҥалай былыттар курдук
Хаһан да ситтэрбэт саҕахтары
Ситээри эстилэр күүспүн-уохпун.

Ситиспэтэх сырдык ыраларбар
Син биир хаһан эрэ барҕа баай
Аһара өҥ Ийэ буор дойдубар
Ардах буолан түһэр баҕа баар.

Ол баҕа туолбата биллэр суол –
Саҕаҕы сиппит диэн адьас суох.
Ол эрээри ыра санааларбын
Саһарҕа кынаттыы сатыыбын.

Өйдөөтүм - дууһабын эрчийэн
Өрүүтүн ситтэрбэт кый ыраах
Мичээрэ угуйар күөх саҕах
Мин ырабын кэҥэтэн биэрэрин.

Ол иһин киэҥ халлаан киэлитин
Мин ырам таҥалай былыта
Мэлдьитин симээтин киэргэттин,
О, көтүүй кый үөһээ, мин ырам.

Сарсыардааҥҥы сииги кэһэн

Сарсыардааҥҥы сииги кэһэн
Атахтарбын илитэн
Үөр сүөһүнү үүрэммин
Саппарыйа сүүрэрим.
Күөх сирэмҥэ килбэчийэр
Хара баһаам таммахтары
Хайдах эрэ үөрүүттэн
Сиргэ көмүс мөһүүрэ
Буолан түспүт харах уутун
Курдук санаан куруутун
Сүөһү үүрэн тэбистэрэн
Онно эбии бэйэм тэпсэн
Халыҥ аньыыны оҥостуммут
Кэриэтэ хомойорум.

Күлүмнүүр күн суоһуттан
Симэлийэр сиик таммаҕын
Оҕо тулаайах сылдьаммын,
Силэйэ сүүрбүт буоламмын
Сиргэ таптал утаҕын
Иөэринэн улааттаҕым!

Көмүс биһилэх

Көмүс биһилэҕи
Күндү бэйэлээҕим
Кэргэннии буолбут ааппытыгар
Кэтэппитиҥ аата суох тарбахпар.

Көмүс дьэбинирбэт
Ол иһин бу сиргэ
Көмүс өрүүтүн
Ханна да күндү.

Тарбахпын буолбатах –
Ардыгар тулаайах
Санааҕа ылларар дууһабын
Сандаархай уот көмүс курдаабытыҥ

Көмүс дьэбинирбэт
Ол иһин бу сиргэ
Көмүс өрүүтүн
Сыаната үрдүк.

Ханнык да күн үүннүн
Хаар, ардах да түстүн
Дууһам чаҕыл көмүс биһилэҕэ,
Доҕоччуок, өһүө суоҕа, итэҕэй!

Көмүс дьэбинирбэт
Ол иһин бу сиргэ
Көмүс өрүүтүн
Суолтата сүдү.

Эт сүрэхтэргэ
Эриэкэсчэй иэйии
Истиҥ утаҕынан оһуор анньар
Иһирэхчэй таптал - ыраас аанньал.

Күндү сэбэрэтэ
Көмүс биһилэхтэн
Миэхэ, эйиэхэ
Мичээрдин өрүү!

Кустук

Эн биһи холбостохпут утаа
Буолбут дьикти түгэни
Букатын умнубаппын.
Эн даҕаны өйдүүр инигин.
Дьоммут сайылыга турар
Дьоҕус томтордорун
Куула күөх ньуурдаах саҕатыгар
Кустук дуҕата дугуммута.

Олох курас сиккиэриттэн
Симэлийэн ыллар да
Ол кустук уу нуурал эйгэтэ
Син биир дууһабар дугунар.

Эмискэ сүллэр этиҥ эппитэ
Элэс гвнан куотан хаалардыы
Ахсым ардах астыбыта
Арылла биэрбитэ киэҥ халлаан.
« Ааһан хаалбакка турар дии,
Аата кэрэтин!» - дии-диигин
Кустук дугуммут сиригэр
Курбалдьыйа сүүрбүтүҥ.

Олох курас сиккиэриттэн
Симэлийэн ыллар даҕаны
Ол кустук уу нуурал эйгэтэ
Син биир куппун-сүрбүн угуйар.

Миигин аттыгар тиийэрбэр
Мичээрдии көрсүбүтүҥ –
Сэттэ өҥүнэн дьиримниир
Сиэдэрэй эйгэ иһиттэн.
Санаабар, Сир Ийэм нарыннык
Хаарыаннаах бу кустук кэриэтэ:
«Салгынтан саҕыллар тапталы
Харыстааҥ!» - диэн алгыыр курдуга.

Олох курас сиккиэриттэн
Симэлийэн ыллар даҕаны
Ол кустук уу нуурал эйгэтэ
Син биир миигин угуйар.

Сааһырыы санныгар бырахпыт
Саһархай былаатын киэр илгиэх,
Онтон мин маҥхайбыт баттахпын
Олох да хап-хара диэн өйдүөх,
Оччоҕо халлааммыт аһаҕас,
Санаабыт мэлдьитин сайаҕас,
Кэрэҕэ эрэлбит кэхтибэт
Кэскиллээх буолуоҕа көмүһүөм.

Арылхай сэттэ өҥ иһиттэн
Алыптаах дьиримҥэ бигэтэн
Эн миэхэ өрүүтүн мичээрдээ,
Мин өрүү эйиэхэ мичээрдиим!

Хара долгун суһуохтааҕым

Тыал күһүн көмүс симэҕин
Сап-саһархай сэбирдэҕи
Салгыбакка уулуссаҕа
Кµнµ быһа ыста аҕай.

Хара долгун суһуохтааҕым
Мин эйигин суохтааммын
Сиртэн халлааҥҥа диэри
Биллим ахтылҕан сиккиэрин.

Ол сиккиэр сүрэхпэр сөҥөн,
Дархан иэйии кынаттанан,
Олус диэн долгуйа сөҕө,
Дайдым таптал халлааныгар.

Киһиттэн үөрүү алыбын
Килибиэннээх саһарҕатын
Утаҕынан дууһабар
Суруннум эн үтүө ааккын

Ол иһин, сэгэттэйиэм,
Олох бары мэһэйдэрин
Син биир туоруом эн тускар,
Син биир баар буолуом аттыгар.

Хара долгун суһуохтааҕым
Мин эйигин суохтааммын
Сиртэн халлааҥҥа диэри
Биллим ахтылҕан сиккиэрин!

Умайбыттар эбит

Тыал тымтык уотун
Кэбэҕэстик саба үрэр,
Онтон өрт уотун
Ордук күүрдэн биэрэр.
Арахсыы тыал эбит.
Эн сүрэххэр тымтык уота,
Мин сүрэхпэр өрт уота
Умайбыттар эбит.

Category: Хоһооннор | Added by: uhhan (2008-03-20)
Views: 3349 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 10
Ыалдьыттар (гостей): 10
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024