Үчүгэйиэн
Үчүгэйиэн, үрүмэ түүл һассыарда Һиик һимэлийэ көтүүтэ Үчүгэйиэн, ыраах тыа һаҕатыттан күн күөрэйэ тэмтэйэ таххыыта.
Үчүгэйиэн, һанаам һаҥалыы уһуктуута Күүтүүлээх күнүм күлүмүрдүү тыгыыта.
Үчүгэйиэн, олоҕу һалҕыыр бу күнүм иһирэх иэйииннэн туолуута Үчүгэйиэн, бу һырдыктай эрэлим аламаҕай һыһыаҥҥа алтыһыыта
Үчүгэйиэн һанаам һаҥалыы дайыыта Һаҥаттан һаҥа һаҕыллан иһиитэ
Үчүгэйиэн, нуһараҥ киэһэ кэлиитэ күнү түмүктүү түбүк бүтүүтэ Үчүгэйиэн, һарыал кыыһа күн киириитэ бүгүнүм бүтэһик кэрэ көстүүтэ.
Үчүгэйиэн, һанаа туолара, баҕа ханара Һүрэҕиҥ көҥүлэ олохтуун дьүөрэлиитэ
Үчүгэйиэн, һарсыҥҥыны һаныы һаныы һүрэх быар һылаанньыйыыта Үчүгэйиэн, утуйар уу минньийэ нухарыта түүлэй түүнүм түүлэ һаҕаланыыта. Ґчµгэйиэн, ґанаа буоларынан олорууҐірµµІ µµнэн µчµгэйгэ тийиитэ.
2005 с
|