Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Кэпсээн [8]
Сиэркилэ [4]
Сэһэн [0]
Ырытыы [0]
Кириитикэ [1]
Үгэ [1]
Хоһооннор [30]
Остуоруйа [0]
Анаарыылар [6]
Үтүө дьон [4]
Санаа буолардаах, буолбаттах [16]
Main » Articles » Анаарыы » Хоһооннор

Уххан. "Туймаада"

хааттыскалар

ТУЙМААДА

(В. Ксенофонтов мелодията)

Эн, Айгыр һилик айылҕаҕар
Аан тыл, Алгыс, Аман өс һиттэ
Эн, Айыы домноох аартыккар
Аал Луук аарыгыра үүммүтэ!

Туругура тур!
Ыллыыр ырам Ытык Хочото,
Тойон һүрэҕим тобуллар тойуга.
Тунал хаар тулааһыннаах
Туймаада Хотун Эбэккэм!

Эн, һылаас, һымнаҕас хоойгор
Һырдык ыра биһиктэммитэ,
Эн, уйан уйгу хонноххор
Һaxa һаргыта тустэммитэ!

Туругура тур!
Ыллыыр ырам Ытык Хочото,
Тойон һүрэҕим тобуллар тойуга
Тунал хаар тулааһыннаах
Туймаада Хотун Эбэккэм!

Эн, хонууҥ килбэйэр киэҥ иэнэ
Киһи-һаха киининэн буолла.
Эн, мындааҥ, кэтит арҕаһыҥ
Айыы Хаан аймаҕынан туолла!

Туругура тур!
Ыллыыр ырам Ытык Хочото,
Тойон һүрэҕим тобуллар тойуга,
Тунал хаар тулааһыннаах
Туймаада Хотун Эбэккэм!

ТУЙМААДА

2- с т ө г ү л э
(А. Егоров мелодията)

Эн, айгыр-һилик айылҕаҕар
Аан тыл, алгыс һилигэ һиттэ.
Эн, айыы домноох аартыккар
Аал Кудук Мас аатыра үүннэҕэ!

Туругура, тур, Ыллыыр ырам
Ытык хочото Туругура тур
Дьоһун дьолум уйата Дьокуускайыам,
Тунал кэрэ тулааһыннаах Туймаада.
Туймаада, Туймаада, Хотун эбэккэм!

Эн, улуу хочоҥ туонатыгар
Айыы дьоно олоҕу айда.
Эн, кэлэр кэмиҥ кэскилин
Аар Баҕах айхаллыы туруоҕа!

Эн, сыһыыҥ-хонууҥ киллэмигэр
Һаха омук көҥүлүн булла,
Эн, мыраан-мындаа арҕаскар
Ил-Эйэ түмүллэн тэнийдэ!

1997 с. ахсынньы ый 22 к.

Category: Хоһооннор | Added by: uhhan (2008-05-02)
Views: 2901 | Comments: 1 | Rating: 5.0/2 |
Total comments: 1
1 Ульяна Захарова  
Санаттан сана сагылаах хосооннору куутэбит

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 4
Ыалдьыттар (гостей): 4
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024