хааттыскалар
САХА КЭСКИЛЭ
Сахам омугун сарсыҥҥытын санаатахпына, Саппаҕырбыт санаам тарҕана дьайҕарар...
Бүгүннү халбархай турук салҕаныа суоҕа куруук, Ил-эйэ суола туругуруох курдук.
Оол, ол омооно көстөр сааныылаах саҕахха Үүт тумарык, үрүҥ салгын үмүөрүйэ устар,
Ол аата - үрүҥ санаа, Үрүҥ Айыы тыына үрүлүйэр... Ол айыы суолугар, саха сүрэҕэ сайан тийиэ, Тийиэ, бигэ, булгуруйбат буулаҕа буолууга, Уҕараабат уоҕунан, уостубат дьулуурунан
туолууга. Тэмтэрийбэт тирэхтэнии, иэҕиллибэт итэҕэллэнии, Көнө сүрүннэнии, эстибэт эрэллэнии – Саха кэскилин саргылаах күнүгэр сирдиэ! Дьылҕа Хаан, - - Саха Дьолун-Соргутун ирдиэ! Сахам омугун сарсыҥҥытын санаатахпына Саппаҕырбыт санаам тарҕана дьайҕарар, Мин толук сүрэҕим саха самныбат кэскилин баҕарар.
|