ӨТТҮК ХАРАТА
(Кусчут таайбар Ыстапааҥҥа аныыбын)
Кус көҥүлүн күнэ Күүттэрэн, дьэ үүннэ, Кусчут күөлүгэр ыксаата, Утуйар уута сымсаата.
Ыстаппаан эмиэ хомунна – Ботуруону хото ылынна, Рюкзакка өйүө симиннэ, Эбии ылыан, баппакка иҥиннэ.
Букатын барардыы тэриннэ, Хостон хоспоххо тиргилиннэ, Дьиэ иһэ үлтү сүргэлиннэ. Элбэх сүбэ-ама этилиннэ.
Барыларын кытта бакааласта
Элбэ±и кытта эйэлэстэ Байанай эмиэ ахтылынна, Дьэ арааһа, барыта табылынна,
Симиннэ, тэриннэ, хомунна Мото-сылгы эһиннэ, Тирэнэ-тирэнэ тэбиннэ. Битигирии бирилэттэ, Булчуту күөлгэ тириэртэ.
Оту маһы сөрөөн, Онно-манна бөрөөн Дурда дуомун оҥоһунна, Олох булан олорунна.
Киэһэ хараҥаран барыыта, Барык-сарык буолуута, Кынат тыаһа хойдуута Ыстаппаан сыыһара элбээтэ.
Кыһыйа-кыһыйа халбыйда, Батарантаас биллэ хапсыйда. Киэһээҥи чуумпу налыйда, Байанай тоҕо эрэ наҕылыйда, Өттүк харата мэлийдэ.
Сүтэ-сүтэ көстөн, Сүр түргэнник көтөн Ааһан иһэр куһу «Автомааттаан» субурутта, Арааһа, бэсиһигэр тапта...
Окко охтубут куһун Омурҕан устата көрдөөтө, От хойуутун сөхтө, Отчуттары иһигэр мөхтө.
Көтөн иһэрэ улахана Көрүөххэ, түспүтэ кэрэтэ,
Кі±ін киэнэ атыыра этэ Көстүмүнэ, дьэ, эрэйдээтэ.
Кынат кылбайа сытарын Кытыы диэки көрдө, Сүрэҕэ сµр күүскэ тэптэ, Сүүрэн тиийэн сөһүргэстээтэ...
Үөхсэр сана иһилиннэ. Хатыҥ туоһа ибили тэпсилиннэ, Кыһыы-аба өссө эбилиннэ, Көрдөөһүн эмиэ салҕанна.
Эриһэн, буларга сананна Һук: бу тугуй?!Сымнаҕас, Тутан көрдө - сылаас! Хойомуун буолбут чыккыйы Хомуйа тутан таһаарда.
«Хор, көстөр күннээх эбит! Көр, хата, эмис да эмис! – Ырыган көҕөҥҥө бэриллибэт!» - Ыстаппаан үөрүүтэ этиллибэт.
Ай-даа, Ыстаппааммыт Өттүк харалаах буолбут, - Уостар уоска ыпсыбаттар, Атын эрэйдэр аахсыллыбаттар.
Тэҥнээҕэ суох туспа иэйии, Кыраттан даҕаны астыныы Булчут санаатын өйүү Угуйар, абылыыр өрүү!
1985 с. Ньурба
|