Түүлтэн төрүттээх санаа
Күммүт күлэрэ уһаата Ийэ сир иэдэһин убураата, Дьыбардар сыһыйдылар, Киэһэлэр налыйдылар,
Харалдьыкпыт таҕыста, Ньургуһуммут нуоҕайда.
Ґін-кійµµр тилиннэ
Кус-хаас кэлэн хойунна.
Сыккыс уута тыкта
Күөх оппут быкта.
Чалбах тахсан чаалыйда.
Хонуу уута муґунна.
Санаам барыта сааскыга - Күлүм чаҕыл ылааҥыга. Күнүс күлбүтүнэн сылдьабын Түүнүн түһээн тахсабын:
-Арай, тура эккирээн биирдэ, Дурдабар киэһэ кус кэлиитэ Олордум ытыалаан иһиирдэ, Сибиньиэс ардаҕы тибиирдэ.
Кыптый кынаттааҕы букатын Үрдүбүнэн дуостал аһарбатым, Элбэх да куһу өлөрдүм, Көтөр кынаттааҕы суоһардым.
Ол олорон, саабын арбыыбын, Бэйэбин эмиэ хайҕанабын. Тоҕо бэрдэй ытарым! "Сиимсэним" симиэрт эбит.
Ылар сирэ ырааҕыката, Биэрэстэ кэриҥэ, арааһата!
Байанай барахсан кµндµлээтэ
Јлгімнµк да ілµµлээтэ.
Ол курдук астынан, дуоһуйан Кустарбын өрөһөлүү чохчолооон Хаһын, ханна түҥэтэрбин, Кимиэхэ кэһии илдьэрбин Ырыта санаан бардым
Уонна бу курдук быһаардым: Аймахтарбар аҕыстыыны, Биссиилээхтэрбэр биэстиини
Кіссµµлээхтэрбэр кµістµµнµ
Өйүүр дьоммор өлүүлээтим, Наадалаахтарга наардаатым, Атастарбар анаталаатым. Иэйиилээхтэрбэр ирээттээтим.
Дьэ уонна кимиэхэ илдьэбин Өлгөм булпуттан бэрсэбин. Ээ, ыаллыыларбын умнубуппун Үөҕүллэр киһи буолбуппун!
Мэктиэтигэр кус миинин сыта Биллэн ааһарга дылы гынна... Кустарбын симитэлээри Куулларбын хостотолуубун,
Онтум баара кустарым Оо, эмис барахсаттарым, Куччаан, куччаан бардылар Кулакы, быт саҕа буоллулар, Сүтэн симэлийэн хааллылар...
Соһуйуу бөҕөтүн соһуйдум, Санаабар сири хаһан көрдүм. Дьэ, онтон сэрэйдим – Түһүү сытарбын биллим!
Оо, ол иһин даҕаны, Хайаан итинник буолуой! Түүлбүттэн төрүөттээн Төттөрүтүн санаатым:
Бу, киһи диэн, хаһан тотуой? Биир баар буоллаҕына - биэһи Биэс баар буоллаҕына - уону... Кэм кэрдии тутуһуллубат, Кэлэр эрэ буоллун тохтонуллубат.
Омун буолбатах, куһаҕан – Олох көннөрү сылдьарбыт. Аһаралаан, наһаалаан барарбыт, Атастарыам, алдьатыыта улахан.
1987 с, Ньурба
|