Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Кэпсээн [8]
Сиэркилэ [4]
Сэһэн [0]
Ырытыы [0]
Кириитикэ [1]
Үгэ [1]
Хоһооннор [30]
Остуоруйа [0]
Анаарыылар [6]
Үтүө дьон [4]
Санаа буолардаах, буолбаттах [16]
Main » Articles » Анаарыы » Хоһооннор

Уххан "Айхаллыахха уруйдуохха!"
Уххан
Айхаллыахха уруйдуохха!
 
Урааҥхайдыыр сахалар
Уунан тийбэт уйгуга
Уһаан төрөөн иһиэххэ
Уруу-аймах тэнитиэххэ!

Саха буолбут аатыгар
Саргылардаах олоххо
Сайдан үүнэн иһиэххэ
Санаалары салайыахха!

Айыы аймах дьонноро
Айбыт халлаан аналын
Айымньылаах үлэннэн
Айхаллыахха уруйдуохха!

Күннүүр ууһа дэнэммт
Күнүн аайы тупсаммыт
Күргүөмүнэн сылдьаммыт
Күүтэр кэскили уһаныахха!

Киһи буолбут аатыгар
Килбиэннээхтик туттуохха
Киэннээх ааппыт суолугар
Кимэн киирсэн иһиэххэ!

Сирдээх уоттаах буоламмыт
Силигилээммит ситэммит
Симэлийбэт туһугар
Сириэдийэн тахсыахха!

Өлбөт сүппэт туһугар
Өйтөн сүбэ буламмыт
Өйдөөн дьүүллээн тураммыт
Өрөгөйгө тийиэххэ!
Category: Хоһооннор | Added by: uhhan2 (2011-02-16)
Views: 2631 | Rating: 4.0/1 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 2
Ыалдьыттар (гостей): 2
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024