ХОТУГУ ЧЭЛГИЭРИЙЭ
СУРУГА
Сахалар, нууччалар кэлбиттэрин эрэ кэннэ суруктаммыттара- бичиктэммиттэрэ диэнтэн саҕалаан, аата- суола, дьаһабыла, дьаһааҕа суох сылдьыбыт (дьиикэй) омугу нуучча хаһаактара, аҕабыыттара , кэлэн сыһытан киһитиппиттэрин курдук өйдөбүлгэ иитиллэн кэллэхпит. Билигин да аҕа баһылыктарбыт төрөөбүт төрүт тыла, бэйэ туспа итэҕэлэ суох курдук туттан, баһылыыр итэҕэл, баһылыыр култуура диэкки хаанньары таттаран, бэйэлэрин итэҕэстэрин онон саптынан олороллоро баар суол. Урукку өттүгэр, билигин даҕаны тыл, сурук –бичик үөскээһинэ, сайдыыта, кэхтиитэ барыта омуктар олохторун остуоруйатын, дьылҕатын суолун омоонун кытта арааттыспат. Омук тылын, суругун-бичигин, итэҕэлин дьылҕата, төлкөтө - бу омук кимин тугун ырылхайдык көрдөрөр. Үйэлэр кирбиилэригэр, мөһүлгэлэр алтыһыыларыгар олоробут. Киһи үөйбэтэх- ахтыбатах быһыыта- таһаата, көрүүтэ- истиитэ буолар кэмнэрэ. Аҕыйах хонуктааҕыта, эдэр тюрколог ф.н.к. Г.Г.Левин муус устар 12 к. дьикти сонуну иһитиннэрдэ. Чурапчы Арыылааҕар былыргы саха сытыары охсуулаах дьиэтин истиэнэтигэр рунаҕа майгынныыр суругу булбуттар онно кыра экспедицията тэрий , тахса сылдьыахха диэн буолла. Ыҥырдаҕым, тэрийдэҕим дии. Суругу булбут киһи, ол дойду төрүт олохтооҕо, биологическай наука кандидаата Семен Романович Попов- Сиэдэрэй Сэмэн диэн сааһыгар сөбө суох сыыдам сырыылаах, элэккэй, хоһуун киһи бэрдэ эбит. Киһи барыта 70-нун ааһан баран итинник чэмэлгэн, үлэлии-хамныы сылдьара буоллар диэх курдук. Бу Сиэдэрэй Сэмэммит кырдьык да дьонум-сэргэм, дойдум- уотум, төрөөбүт Арыылааҕым, Чурапчым туһа диэн үтүө кыһамньыннан чахчы сиэдэрэй эбит. Дойдутун остуоруйатын хаһыспыта ырааппыт, билэрэ-көрөрө да элбэх, улахан кинигэ бэлэмнии сылдьар эбит. Дьэ ол умсулҕаннаах үлэ үхханыгар ыллара сылдьан быһайын, 2000 сыл атырдьах ыйын 20 күнүгэр Хоту Чэлгиэрийэ диэн Баайаҕа үрэҕин тардыытыгар турар сайылыкка баар эргэ дьиэ сытыары истиэнэтигэр дьикти быһа баттаан оҥуу, рунаҕа майгылыыр суруктары булар. Дьиэ быһа барыллаан 1700 с.диэкки тутуллубут. Дьон бөҕө олорбут, сылдьыбыт, кэлбит барбыт сирэ эрээри тоҕо эрэ биир да киһи ити бичиги болҕойботох. Баҕар кэмэ кэлэ илигэ буолуо. С.Р.Попов булбут суругун бэйэтэ ааҕа сатыыр да кыайтарбат. Онтон уһуннук толкуйдаан баран сурук баарын биллэрэр, биһиги көрсүһэбит. Мин маннык дьыалалары тута өйүүр кыахтаах киһи ким баарый дии санаатаҕым. Урут эмиэ Лена кытылыгар баар руна суруктары көрдөрө тахса сылдьааһыны киэҥник тэрийбит Ил-Түмэн депутаата, Хоһуун хамсааһын түһэ В.С.Поскачиҥҥа эттим. Киһим тута сөбүлэһэн мыссыына көрдөһөн булан, айаммыт ороскуотун уйунан бэртээхэй сырыыны сылдьан кэллибит. Инньэ гынан С.Р.Попов, Г.Г.Левин, В.С. Поскачин, А.И.Кривошапкин-Айыҥа, кинохроника режиссера Эльвира Егорова уонна мин буолан, олохтоох дьаһалта баһылыга С.С.Морфунов, сурук көстүбүт диэтигэр төрөөбүт киһи Е.Е. Сыромятников уо.д.а. арыалдьыттанан Хотугу Чэлгиэрийэҕэ тахсан, муус устар 15 к. бастакы научнай чинчийиини оҥордубут. Сурук бэлиэлэрэ (бүтэй дорҕоонноро) үксэ Енисейдээҕи рунаҕа майгылыыр, сороҕо (аһаҕас дорҕоонноро) өйдөммөт, наҕылыччы тэҥнээн көрөн ааҕыллыа диэн буолла . Түмүктээх санаа кэлин тахсара өйдөнөр суол. Сурук сороҕо истиэнэ быыһыгар киирэн хаалбыт ,ону көтөҕөөрү гынан баран суруга хоҥнон алдьаныа диэн тохтоотубут. Суругу олохтоохтук чинчийэ , аныһайын улахан экспедиция тэрийиэххэ, омук учуонайдарын экперт быһыытынан кытыннарыахха, араас мөккүөр, куолу тахсыан сөп диэн сүбэлэстибит. Бу эргин маннык суруктар эбии көстүөхтэрин эмиэ сөп. Өскөтүн сахалар бэйэлэрэ уруккуттан суруктаахтарын , кэлиҥҥэ дылы тутта сылдьыбыттарын бу көстүү өссө төгүл кэрэһилээтэҕинэ үөрүү улахан буолуо этэ. Урут Маак, Барашков бэлиэтээн тураллар.Маска маннык уһун, кэлиҥҥи сурук көстүбүтэ суох.Хайа да буолтун иһин бу Хотугу Чэлгиэрийэ суруга салгыы үөрэтиини, чинчийиини эрэйэр. Олохтоох дьаһалта эрэ буолбакка олохтоохтор бары бэйэлэрин ытык сирдэрин харыстыахтара, харайыахтара, сурукка сокуоҥҥа киллэриэхтэрэ диэн эрэнэбит. Хотугу Чэлгиэрийэ Ытык Сир буоларынан, бу диэкки былыргы тутуулар элбэхтэринэн, манна мэҥэ өйдөбүнньүк көрүнньүктэрин тэрийиэххэ сөп. Ол наадатыгар Хотугу Чэлгиэрийэ фондатын тэрийэр сөп этэ. Бу дьыаланы С.Р.Попов иилиирэ-саҕалыыра оруннаах. Сиэдэрэй Сэмэммит Чэлгиэрийэ эргинээҕи былыргы тутуулар тустарынан элбэҕи кэпсээтэ, дьикти оҥоһуулаах, суруктаах-бичиктээх сэргэлэри, ампаар охсуулаах, нууччалыы тутуулаах дьиэлэри, алталыы, аҕыстыы кырыылаах бабаарыналары, титииктэри, балаҕаннары элбэҕи көрдүбүт. Бу диэкки Пекарскайдаах, Кулаковскайдаах курдук саха киэн туттар дьоно элбэхтик сылдьыбыт сирдэрэ эбит. Киэһэ нэһилиэнньэни кытта көрсөн ирэ-хоро кэпсэттибит. Сурук туһунан бу маннык эбит диэн быһатык , бигэтик этэр табыллыбат, наука туох диэн түмүк оҥорорун кэтэһэрбитигэр тийэбит. Ол эрэн, Чурапчы алаастарыгар баар өбүгэлэрбит өтөхтөрүн омооно, сууллан эрэр сэргэлэрэ дьиҥ кырдьык- хааҥҥа баарын, хаан хантана, киин кимтэнэ туохха барытыгар төрүт уонна төрүөт буоларын кэпсии, кэрэһэлии, бигэргэтэ туралларын өссө төгүл итэҕэйдибит. Манна даҕатан Олгуйдаах сирдэр (Ыгыатта баһа, Туобуйа...) уонна Өлүү Чөркүчэх кистэлэҥнэрин арыйыы кэмэ кэлэн эрэр быһылаах, , олгуйдар ханан баалларын ким тугу билэр, баҕар, чопчу билэр дьон о.д.а биһиэхэ суруйаргытыгар көрдөһөбүн.) Түмүкпэр, бу сайылык аата да үчүгэйиттэн үөрдүм.Хайдах эрэ бу көстүү инникилээх, кэскиллээх буолуоҕун түстүүр курдук аат. ХОТУГУ ЧЭЛГИЭРИЙЭ. Хотугу чэл-гиэр. чэл,чээл, чээлэй.(күөх) Чэл-гиэн.(салгын) Чэл-гийэ.(сайдар) Чэл-гиэрийэ(тур). Иэрийэ?. Чэл, чөл буолуон эмиэ сөп. Чөл турар иэннээх ийэ дойдуну санатар. Чэл-гиэр-Ийэ, Чөл-Иэн-Ийэ. Хотугу Чэлгиэрийэ култуурата дьэ тугу биһиэхэ кэпсээн таһаарар?
Уххан суруйуута , С.Р Попов түһэриитэ. 2001-04-16.
|