|
Байды Өлөксөй. "Чучунаа суола"
Атырдьах
ыйын эргэтигэр, от-мас онон-манан бэлиэтэнэн сарт кутуруга буолуута Хабыйыыт
оттуур сирэ бүтэн, Кубалаах диэн атын сыһыыга көспүтэ. Кини Индигир эбэни
өҥөйбүтүнэн сытар үрдүк биэрэккэ олохсуйбута. Бу былыр- былыргыттан кустаан,
балыктаан эбинэргэ табыгастаах миэстэ буолан, дьон манна түһээччилэр.
Хабыйыыт
отуутун оҥостон, оллоон атаҕа быста турдаҕына, хомо устун бэрт алларанан үөр
кус көтөн куһугураан ааста.
Онуоха
бултуох санаата көтөн, биэрэк үрдүгэр олорон, кустар ханна тиийэн түһэллэрин
көрөөрү биноклун ылан кыҥастаста. Ол көрө олордоҕуна, биноклугар туох эрэ
эмискэ барыс гыммыта: киһи диэҕи киһиттэн атын, абааһы да буолбатах, бүтүннүү
түү баҕайы элэс гынан ааспыта. «Тыый, туох баҕайыный?» диэн мунаарбыта, эт-этэ
аһыллан, тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буолла, куйахата бүрүтэ тыытта.
«Өйүм баайылынна дуу?» диэх курдук санаан истэҕинэ, дьирикини эккирэтэн барбыт
ыта, арҕаһьш түүтүн ыдьырытан, ырдьыгыныы-ырдьыгыныы, тииһин килэппитинэн
үрдүгэр түһэн истэҕинэ, оллоонун атаҕынан дьарыйан нэһиилэ тохтоппута: «Бу ыт
хайаата, иирдэ дуу, хайдах дуу?» — диэн аймаммыта. Ыта куттанан, кутуругун
кумуччу туттан балааккатын арҕаатыгар сытынан кэбистэ. Хабыйыыт уоскуйаары,
сыгынах үрдүгэр олорон балай эмэ табахтаабыта. «Бээ-эрэ, ити туох кыыла эбитэй?
Кумахха суола хаалбыта буолаарай», — дии санаан сыыр анныгар кытыл кумаҕын
көрбүтэ — атыннаахай бэйэлээх, туохха да маарыннаабат суоллар кумахха
олортолоон хаалбыттар эбит. Отууга тахсан быраҕыллыбыт эргэ дьааһыктары көтөҕөн
аҕалан, дьоҥҥо көрдөрөөрү, ардах-хаар суурайыа диэн кумахха олорон хаалбыт
суоллары дьааһыктарынан сабыта уурталаан кэбистэ.
Сол
киэһэ Хабыйыыт мотуорканан бөһүөлэккэ баран, сэбиэккэ тугу көрбүтүн кэпсээн
биэрбитэ. Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ уонна оройуонтан сылдьар боломуочунай, хас да
киһи буоланнар икки мотуорканан Хабыйыыт көрбүт кыылын суолун көрө барбыттар.
Кырдьык, үөһэттэн аллара «Хапчаҕай» диэки үстэ-түөртэ атыллаабыт суола кумахха
олорон хаалбытын көрбүттэрэ уонна кэмнээбиттэрэ: хардыытын икки арда икки
улахан атыл, уллуҥаҕын устата отут сэнтимиэтир эбит. Дьэ, дьикти суол!
Бу
дьикти суолу «чучунаа суола» буоллаҕа диэн сабаҕалаабыттара. Кырдьык, ити күһүн
булчуттар онно- манна суолун даҕаны, бэйэтин даҕаны элэс көрбүттэр үһү диэн
сурах тарҕаммыта.
http://www.sakhasire.com/edersaas/es.php?itemid=1789title=
|
Category: Дьикти-дьиибэ | Added by: uhhan (2008-03-31)
|
Views: 3063 | Comments: 1
| Rating: 4.7/3 |
|
Total comments: 1 | |
1
Меркурий
(2008-12-11 15:24)
бука, элбэх киьи еороро буолуо, ону маны дьиктини, барыта сэттээх, сэлээннээх, ол иьин куттанан кэпсээбэттэр, мин дда кэпсиэм суо5а этэ
|
|
|
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 34 Ыалдьыттар (гостей): 34 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|