Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Кэпсээн [8]
Сиэркилэ [4]
Сэһэн [0]
Ырытыы [0]
Кириитикэ [1]
Үгэ [1]
Хоһооннор [30]
Остуоруйа [0]
Анаарыылар [6]
Үтүө дьон [4]
Санаа буолардаах, буолбаттах [16]
Main » Articles » Анаарыы » Анаарыылар

Үс саха + үс хочо+ үс хоро = 9

Сиэркилэ Уххан

Особое геополитическое положение, огромный ресурсный потенциал и планетарное экологическое значение Арктики и Севера делают этот регион глобальным центром мирового развития (!!!) –Задача ближайшего времени “Үс хочо”

Үс саха + үс хочо+ үс хоро = 9

(Анаарыы)

Олох хайа баҕарар эйгэтигэр саҥаны этэ, айа-тута сатааччылар элбээтилэр. Олор бары ханнык эрэ анаарыыга олоҕураллар. Сорохтор санаалара хантан кэлэрин да билбэттэр. Бары ханнык эрэ таһымнаахтар. Судургутутан, сүнньүнэн үс таһымҥа араарыахха сөп. Кыыл-суөл таһыма – тыынаах эрэ буолар таһым. Киһилии таһым. Киһи таһымыттан тахсар таһым.
Анаарыы - омугуттан, тылыттан, итэҕэлиттэн, баһылаан, баһылатан олороруттан эбэтэр ханнык омуга биллибэт буола буккуллубутуттан тутулуктаах.
Билигин бутуурдаах кэм кэлэн турар. Өссө улахан хамсааһыннар буолаары тураллар.Аан дойду үс улахан религиялара христианство, ислам, буддизм анаарыы сүрүн хайысхаларын биэрэллэр. Конфуцианство (кытай), синтоизм (япония), иудаизм (израиль) курдук этническэй религиялар аан дойдуну анаарыыга, үчүгэйи куһаҕаны араарыыга бигэлэринэн, бэриниилээхтэринэн эмиэ биллэллэр. Саамай улахан религия Христианство (католиктар, православнайдар) анаарыылара күннээҕи олох, государственность, баһылыыр тутул, майгытыгар түһэн хаалла.
Аан дойдуга 310 омук аан дойду нэһилиэнньэтин 95% ылар.
Аан дойдуга 4 тыһ. тахса тыл баарыттан билигин 3 тыһ. кэриҥэ хаалбыт. Тыллар, омуктар көрүҥнэрэ хамсааһыннара, раасалар миграциялара аан дойдуга 30% буккаас (переходной) раасалар диэни үөскэппит. Аан дойду биэс гыммыт иккитэ европоиднай раасаҕа киирэр эбит. 13 славянскай тыллар аан дойду тылын үс гыммыт иккитин баһылаабыттар. 150 норуоту хабар индоевропейскай тылынан 2,5 млрд. киһи саҥарар эбит. Саамай элбэх ахсааннаах кытай онтон индия.
Государствоны билигин ким итэҕэйэрий.? Билиҥҥи государстволар, кыраныыссалара аһыллан, бөдөҥсүйэн атын таҥаралар баһылыыр, атын тутуллар үйэлэрэ иһэр. Ким баһылыай? Биллэн турар ким элбэх ахсааннаах эбэтэр күүстээх куомуннаахтар. Ким баһыйар, тыллаах, ким баһыйар итэҕэллээх. Төһө да аҕыйах ахсааннаахтары харыстыыбыт диэтэллэр, олох эйгэтин баһылааччылар ыарахан тыыннарынан симэлитэн, суурайан иһэллэр. Айылҕа сокуона оннук. Билигин сүтэн эрэр омуктары резервацияҕа эрэ олордон тыыннарын уһатыахха сөп диэн буолар.
Аан дойдуну «бэргэһэтинэн саба быраҕан» баҺыйар кыахтаах кимий? Ол кытай! Ону ким, туох туруктаахтык утары туруон сөбүй? Европа. Тугунан? Глобализацияннан уонна хоруупсуйаннан.
Оттон Арассыыйа соҕотох бэйэтэ эстэр эрэ туруктаах. Ону өйдөөн кытайы кытта сойуус түһэрсэн турар. Кэлэр кэмнэргэ Ураал бэтэрээтигэр сүүһүнэн мөлүйүөн кытайы киллэрэн холбоһуктаах тэриллиини үөскэтэргэ кэпсэтии буолбут. Аҕыйах сылынан саха сиригэр 7-8 мөл. кытайы, нууччаны киллэрэр санаалаахтар.
Соторутааҥҥа дылы «Күүстээх регион – күүстээх россия!» диир бэлиитиктэрбит, бүгүн «Күүстээх Арассыыйа – күүстээх регион!» диэн анаараллар. Сөп түбэһэр анаарыы хайысхата итинник түргэнник уларыйар. Бүгүн биир һудаарыстыбаҕа утуйан баран сарсыарда атыҥҥа уһуктуоххун сөп буолла.
Биһиги төрүттэрбитин ким эспитэй? Кытай! Кытай тугунан кыайбытай? Тыһы анаарыыннан, хоро майгыннан, кыргыттарын, дьахталларын сэбинэн, солконнон кыайбыта. Кыыс, дьахтар сэбэ - бу сэрии сэбэ. Кытай бу сэбилэниилээх күүһүн көрүҥэ бараммат элбэх. Онуоха үлэһит илиитин, хоро таһар өйүн, хомуйар сатабылын эбэн кэбис. Хайа баҕарар омугу билэн көрбөккө ыйыстар кыахтаах.
Өбүгэлэрбит мэҥэ таастарыгар туох диэн кэс тылы хаалларбыттарай?
-Кытай кыргыттарыгар, солкотугар атыыланан кыайтардыбыт, эһиги, киһи эрэ буолларгыт онно эрэ киирэн биэримээриҥ, аҕа майгыны өрө тутуҥ - диэбиттэрэ.
Биһиги билигин бэйэбит баспытын бас билбэппит. Ол аата атын анаарыылаах бастар биһигини бас билэллэр. Сирбит баайа бэрт. Ахсааммыт аҕыйаҕа бэрт. Ымсыырааччы элбэҕэ бэрт. Хайдах буолабыт, туох кэскиллээх биһиги кэлэр көлүөнэбитин күүтэр? Сууралыы, онтон симэлийии дуо… Ким ол туһунан саныыр?
Билиҥҥи саламтабыт сөп түбэһии политикатын ыыта олорор. Дойдутун баайын туран биэрэн, онтон уп-уһун соннонуон баҕарар. Кытай оннооҕор буолуохтары ыйыстыбыта. Манна утары турар глоболизациялара биир оннук билэн көрбөккө биһигини ыйыстар. Ыйыстан кэбистэхтэринэ баҕар уп-уһун соммут тэллэҕэ быга сылдьыа… Былыргыта сап саҕаттан салҕаммыппыт элбэх ээ…
Михаил Николаев диэн бэрт уһуннук биһигини салайбыт киһилээх этибит. Ол киһибит дойдутун инникитин туһунан, дойдутуттан тэйэ сылдьан элбэхтик саныыр буолбут. Санаата уһаабыт, кэҥээбит, саха сирин син биир сабардыахтарын туһунан толкуйдуур эбит. Бу толкуйдаан үс саха, үс хоро анаарыытын түмэн «Үс хочо» диэн бырагыраамма оҥорбут. Бу «Үс хочо» диэн Арктика инновацияҕа уонна инвистицияҕа бырайыагын, бу дьыл алтынньы 1 к. диэри ситэрэн хоторон биэрэргэ анал бөлөх тэрийэр туһунан СР бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Е.Борисов дьаһал таһаарбыта.
Бу тугуй? Аан дойду баайдара, бачча улахан сиргэ аҕыйах саха, хотугу омуктар абына-табына олороллорун сөбүлээбэттэр эбит. Барыларын биир сиргэ хомуйан резервация оҥорон, күрүөлээн-хаһаалаан баран ыйга 5 тыһ.$ тийэ ботуччу биэнсийэҕэ олордуохха сөп диэн быһаарбыттар.
Бу анаарыыны өйүүр бырайыагы оҥордоххутуна түргэнник олоххо киллэриэхпит диэн буолбут.
«Үс хочо» бу анаарыыттан төрөөн тахсар. «Селиконовая долина» диэн биир сиргэ түмүллэн олорон көмпүүтэр муҥура суох дуолун баһылаан, бырагырааммалары оҥорон сытыйа байан тахсыбыт «Майкрософт» холобуругар олоҕурар. Аныгы киһилии таһымтан тахсар үрдүкү технологиялары баһылаан, технопаркалары, техноэкополистары тэрийэн, суохтан баары оҥорон, аан дойду сайдар киинигэр кубулуйан, байан-тайан олоруохтаах. Саха интелектуальнай сайдыытын муҥутуур үрдүккэ таһаарыахтаах. Били билгэлиир «пассионарнай взрывтара» үс хочоҕо буолаарай?
Дьэ манна, бэйэни билииттэн тахсар хайытар, айар атыыр анаарыылар наадалар. Ол кэнниттэн хомуйар, холбуур, илбиир-салбыыр, хоро таһар тыһы анаарыылар онно наада буолууһуктар диэн оҥоро көрөбүн, мин.
М.Николаев өссө бирисидиэннии сылдьыаҕыттан итини толкуйдаабыт эбит. Генетиканы үөрэппитэ, хоромосомнары, эмбрионнары,аатамнары ырыппыта. Анал кинигэ суруйан таһаарбыта. Оччолорго В.Оконешников диэн өйдөммөтөх бөлүһүөк «бөлүһүөктээһин инженерията» диэн хайысханнан анааран турбута. Халыматааҕы Лобуйа бырайыага диэни оҥорон киллэрбитэ. Эмиэ «селиконовай долина» курдук оҥоруохха диэн быһылааҕа. Наука технопаркатын саха сиригэр тэрийиэххэ диэн Новосибирскай учуонайдара эмиэ кэлэ сылдьыбыттара. Кэпсэтии барбыта быданнаабыт эбит…Мин, үс хочоҕо, Эркээни, Эҥсиэли, Туймаада хочолоро эрэ киирбитин, сахалары барытын онно көһөрөн аҕалыаҕыҥ дииллэрин сөбүлээбэтим. Амма хочото, Бүлүү хочото, Өлүөнэ хочото, хоту Халыма Лобуйата диэн эбитэ буоллар табыгастаах буолуо этэ диибин. (чэ, ити таах хаалар, саҥарбычча саҥа)

Быыһы сэгэтэн көрүү

Өскөтүн «Үс хочо» олоххо киирэн сайыннаҕына хайдах буолуой, ээ…. Саха туох буолуон анаарыытыгар оҥорон көрөр идэлээх эбээт…
Дьэ, ол хаһан эрэ буолуохтаах олохпут кэлэр кэмнэрин, саатар биир күннээҕи олоҕун быыһын сэгэтэн көрөр буоллахха хайдах буолуох эбитий, чэйиҥ, мин оҥорон көрүүм, эһиги истиҥ эрэ…
-Резервация… Арыый атыннык «цивилизация хотугу киинэ» да диэн ааттаах буоллун.
Үс хочо үрдүнэн тэриэккэлэр тыаһа ууһа суох көтө-дайа сылдьаллар. үрдүк мэҥэ халлааҥҥа спутниктар кылбаҥнаһаллар. Массыына тыраахтыр, оптуобус көстүбэт. Халлааныгар былыттар анал фильтр нөҥүө экотестированиены ааһаллар, халлаан бэриллибит кэмҥэ ардыыр, хаардыыр. Тыал эмиэ бэриллибит күүһүнэн, хайысханнан үрэр. Күҥҥэ ачыкыы кэтэрдибиттэр. Онон күн төһө наадалааҕынан көрөн тыгар. Сиргэ үрүҥ холуста курдук оттор үүнэллэр. Онно улуу худуоһунньуктар уруһуйдаан кэбиспиттэрин курдук араас өҥнөөх чэчиктэр дьэрэкээннии үүнэн оһуор, мандар бөҕөтүн анньыбыттар. Аан дойду араас кыыла, көтөрө, хамсыыр харамайа барыта аалыҥнаспыт. Сайсары күөлэ оннугар түһэн көмүс хатырыктааҕынан оргуйа сытар. Кырдалларыгар кыталыктар үҥкүүлүүллэр. Мааманы тилиннэрбиттэрэ ырааппыт эбит. Бастаан көрөн соһуйдум ээ…Сулуон кыыл сылдьар дии санаабытым, түүлээх эбит…
«Техноэкосахапарк» диэн аллараа дойдуга сүүс этээс тимирбит, орто дойдуга эмиэ сүүс этээс, үөһээ дойдуга эмиэ сүүс этээс быгар, Аал Кудук Мас моһуонаах дьиэ диэҕи дьиэ буолбатах, уйа диэҕи уйа буолбатах, түөрт өттүнэн төгүрүччү, аҕыс өттүнэн аҥаарыччы ааннаах, наада буоллаҕына ханан баҕарар көстөн кэлэр түннүктээх эргийэ, урбайа турар «дойду» эбит. Онно саха барыта мустан олорон үлэлиир диилэр.
Сахалар барахсаттар Айбыт айыыларын, атаҕастыыр абааһыларын, дойду иччилэрин кытта дуогабар түһэрсэн көмпүүтэринэн быһа сибээстэһэн, «триллионка» диэн төлөппүнүнэн кэпсэтэ олороллор үҺү. Онтулара быт курдук куйахаларыгар хатана сылдьар үһү, баттахтара антыана буолар дииллэр. Өссө ойох, эр тахсыһан кэргэн уруу буолан, аймахтаһар буолбуттар.
Бу дьонуҥ, атын сулустарга баар туспа анаарыылаах харамайдары кытта ситимнэһэн эргиэн-урбаан бөҕөтүн ыытан, саҥа космотехнологияны атастаһан, олоххо киллэрэн, сөбүн көрөн орто дойду хаалыылаах дойдуларыгар атыылыылар эбит. Кытайдар туундараҕа тийэ кэлэн сир аннын хаһар үлэҕэ хамнасчыттыыллар, онно олороллор эбит.
Ас, таҥас диэни этэ да барбаккын, тугу сиэххин аһыаххын, иһиэххин баҕараҕын да аһыыр сиргэ киирэн кнопканы баттаатыҥ да баҕа санааҥ туолар эбит. Чыычаах үүтүн тото иһиэххин баҕардаххына баҺаалыста. Итириэххин баҕардаххына, баһаалыста, өйдөнүөххүн баҕардаххына баһаалыста. Эриэн үөнү, мааман силиитин, динозавр сымыытын сиэххин баҕардаххына, бука диэн көрүөх бэтэрээ өттүнэ.
Сэкириэтэ диэн буор боростой эбит. Бу орто дойдуга үүнэр үүнээйи, хамсыыр харамай туох баар эмбрионнарын, генетическай кодтарын, туох бары атомнарын хомуйан база оҥостубуттар. Уонна онтон анал барагыраамманы холбоон көрүөх бэтэрээ өттүгэр бараан буоллаҕына барааны, анды буоллаҕына андыны, хатыыс буоллаҕына хатыыһы төрөтөн, үүнээйини үүннэрэн, таптаабыт эттиктэрин оҥорон таһааран иһэллэр эбит. Төһөнү баҕарар. Буһаран да, ыһааран да, тыыннаахтыы да сиэххин сөп. Таҥаһы-сабы, техниканы эмиэ. Кытайдарга сарсыада баҕа, күнүс чоху, киэһэтигэр ыт этин оҥорон биэрэбит дииллэр.
Бу барыны бары оҥорор, төрөтөн таһаарар сирдэригэр биир өттүнэн, буор, биир өттүнэн уу, биир өттүнэн салгын киирэр, үөһэннэн күн уота тыгар эбит. Бүттэҕэ ол.
Туох да хачыгаарка, водозабор, ититэр ардьыйаатар, помоя, туалет баара көстүбэт. Отход диэн суох дойдута эбит. Анал дьөлөҕөска ииктээтэххинэ, хойуулаатаххына биир дьөлөҕөһүнэн, шоколад, биир кыраанынан сок буолан тохтон кэлэр эбит.
Санаабыт салгыныҥ, итииҥ тымныыҥ, сытыҥ барыта кэлэр. Дьахтар эр киһи диэн араарсыы суох эбит, хаһан тугу, кими баҕарбыккын оҥоро, аҕала охсон биэрэллэр. Ниэгири баҕардаххына ниэгир, саханы баҕардаххына саха, марсианканы баҕардаххына –марсианка. Дуоһуйуу, астыныы, таҕыл, баҕа ханыыта, имэҥ-дьалы, татакай-матакай эҥин барыта сааһыттан тутулуга суох быһаарыллыбыт, быһата ким тугу сакаастыырынан, баҕарарынан эбит.
Олоҥхону артыыстар оонньооботтор, дьиҥнээх айыылар абааһылар, айыы дьоно, бухатыырдар киирсэллэр эбит. Ырыаһыттар, тойуксуттар,үҥкүүһүттэр атын планеталарга гостроллууллар үһү. Космос куйаарын ырыата попса буолбут. Барыларыгар сөп түбэһэр нуота айыллыбыт. Биһиги артыыстарбыт аатырбыттар. Хас да «вселеннай үтүөлээх артыыстара», икки межпланетнай харамайдар народнай артыыстара бааллар дэһэллэр.
Кинилэри куйаар киэҥ далайыгар олохтоохтор ураты олохторо ымсыырдар эбит. Онно олох атын кэм кэрдии, астыныыта, дуоһуйуута эмиэ атын дэһэллэр. Куйаар бүппэт киэҥ далайын анаарыыта умсугутар дииллэр. Таҥара буолаары киирсии бөҕө үһү. Тоҕус хаттыгас Айыыларыгар кэмиттэн кэмигэр быыбар буолар үһү. Дьопутааттар эмиэ талабыт дииллэр. Эмиэ Ил Түмэннэнэн эрдэхтэрэ… Биһигиттэн биир хандьытааты туруордубут диэтилэр. Сотору быыбар буолуохтаах, аҕытаассыйа ыытыахпыт, реклама бэлэмнээн эрэбит дэһэллэр. Мин:-«Тэриһи, Тэриһи эбии туруоруҥ»- диэн этэн көрдүм, да истибэтилэр дуу, хайдах дуу…Төһө уһуннук олороллорун ыйыппакка хаалбыппын. Уонна, өссө «Кыым» хаһыат эһиэхэ тахсар дуо?»- диэн ыйыталаһаары гынан баран, умнан кэбиһээхтээбиппин. Бука таһааран эрдэхтэрэ буолуо…
Саамай үчүгэйэ, бу барахсаттарыҥ, ханна да тийдэллэр сахабыт дэһэллэр эбит. Биһиги 3,7,9 сыыппаралар сахалыы анаарыыларын тутан, ол кистэлэҥин билэн тахсыбыппыт диэн бокуойа суох түөстэрин охсуналлар үһү. Дьэ үөрүүлээх сурах диэтэҕиҥ, тыала суохха мас хамсаабат, туох эрэ дьикти, дьиибэ, хообо күүтэр эбит биһигини- сахалары, ол «Үс хочоҕо»…
Наһаа ыраах хайысхаҕа баран хаалаары гынным, аны остуоруойаны дойҕохтуур диэххит. Тугу өссө көрбүппүн баҕар кэлин салгыаҕым. Хаһыаппыт хонуута кэмчитэ бэрт, билигин, кэпсэтиибитигэр төннүөҕүҥ….

Хоро майгы тоҕо хоторуй?

Аҕа өйдөбүллэр умнуллан, ийэ өйдөбүллэргэ иитиллии, итэҕэллэнии үйэлэрэ кэлбитинэн диибин. Кэмэ оннук.
Айылҕаттан, айбыттан тэйии, кинини утары барыы, аҥардастыы туһана сатааһын, хоро таһыы, хоруупсуйа , тыһытыйыы үйэтэ кэллэ. «Оно» диэн туспа анаарыылаах омук үөскээтэ. Билиҥҥи анаарыылары ылан көрдөххө баҺыйар үксэ хоролуу. Оттон анаарыы айылҕата атыыр эбээт. Матриархат дииллэрэ дьэ кэллэ. Холобур саха сиригэр, былаас, саламта, үөрэх, билии орто эйгэтин 70-80% дьахтар аймах буолла. Идэни, үрдүк үөрэҕи ылааччыларбыт, үөрэтээччибит эйгэтэ биир оннук. Бэл эдэр уолаттарга тыһытыҥы майгыны элбэҕи көрөр буоллубут. Бу барыта хоролуу майгы баһыйбытын чаҕылхай туоһута .
Улуу Хоро Тыгыҥҥа кыайтаран өлөөрү сытан туох диэн кырыыс хаалларбытай?
-«…кэлэр үйэлэргэ, эһиги сахалар, эстэр самнар күҥҥүт элбээбит хоролортон буоллун…» диэбитэ. («Эллэйада» 95 стр.)
Ити барыта сахалыы сиэр-майгы, олоҕу анаарыы, үчүгэйи-куһаҕаны араарыы хоролуу уларыйыытын кытта ситимнээх.
Ким билигин улуу Арассыыйа һудаарыстыбата туругуран сахалар дьоллорун түстүө диэн итэҕэйэрий? Онно тыынын толук уурарга бэлэмий? Суох буолуо оҥоробун. Саха туһа да диэччи, онно олоҕун анааччы быстар аҕыйаабыт курдук көрөбүн. Ол аата тугуй? Ол аата олох сыаннастара уларыйбыттар, айыы киһитэ, омук, төрөөбүт дойду, норуот, айбыт айылҕа, сиэр майгы, суобас - олоххо сыаннастарын сыаната түспүт. Сахалыы санаа, сахалыы саҥа, өйдөбүл - сиргэ-буорга тэпсиллэр, атыҥҥа кубулутуллар кэмэ. Атын анаарыылар, атын өйдөбүллэр кэлбиттэр. Ол баһылыыр анаарыылаах хоро дойдулартан кэллэ.
Биһиэхэ, ол аата билиҥҥи сахаларга хайдах анаарыылар баалларын уонна кинилэр туох ис хоһоонноохторун, хайысхаларын ырытан көрүөҕүҥ.
(%-на быһа холуйан, сыаналыырга табыгастаах буоллун диэн)

Сахаларга баар уонна киирии анаарыылар хайысхалара:

1.3%. Сахалыыта- түҥ, төрүт былыргыттан силистээх мутуктаах, аҕа-атыыр анаарыыта. Хайытан барыылаах, саҕыллыылаах, сэтэрээһиннээх, айымдьылаах. Ордуктаах. Сүрэх үтүө көҥүлүнэн, баҕатынан, санаа буолардааҕынан олоруу.
Айан оҥоруу. Бириинчигэ-дьүөрэлэһии. Айдарыылаах анаарыы. Бар туһа. Айыы, айылҕа, аҕа таһыма. Айбыттары, түгэхтэри, төрүттэри, өбүгэлэри билии, этитии таһыма. (Тыл, тимир, мандар, ойуу-бичик уустара, олоҥхо, алгыс, тойук, ойуун, сэһэн таһыма). Үс кэминэн, кэлэринэн олоруу.

2. 3%. Европалыы- бары анаарыылары хомуйан, наука, техника, технология көмөтүнэн суохтан баары оҥоруу. Киһи айыллыытын, айылгытын таһынан. Киһилииттэн таһынан барыы.Тыһы атыыр икки арда.
Бириинчигэ-голоболизация. Куомуннаһыы. Хоруупсуйа. Билии, айылҕаттан, айылгыттан туораны, саҥаны таҥыы. Кэмэ суох олоруу.

3. 24%. Хоролуута- былыргыттан силистээх мутуктаах, ийэ-тыһы анаарыыта . Баартан ылан төрөтүүлээх, хоро таһыылаах, мандардаах, ииспэрэйдээх. Тэҥнэһиилээх. Иччи, ийэ таһыма. Сөп түбэһэн, былааһы туһанан олоруу. Үтүктүү, сүһэн ылыы, үөрэнии, сатабыл,сөп түбэһии. (билиҥҥи чунуобунньуктар, салайааччылар, эргиэмсиктэр таһымнара). Бириинчигэ-сомоҕолоһуу. Икки кэминэн, бүгүҥҥүнэн, сарсыҥҥынан олоруу.

4.20%. Нууччалыы- былыргы төрүттэртэн ылыллыбыты нууччатытыы, хоро таһыылаах,тыһытыйыылаах үөр майгыта. Саха нууччатыйбыта үтүктээйи, баҺылаппыт итэҕэстээх майгы.Бириинчигэ- үөр, хамначчыт дьон ил буола сатааһынын майгыта. Бэйэ туһа, тииһинии таһымын тутуу. Икки кэминэн олоруу.

5.30%. Маргинааллыы- төрдө-ууһа, омуга, иннэ-кэннэ суох майгы, ким, туох баһылаабытын батыһыы. Бириинчигэ - кимиэхэ барытыгар сөп түбэһэ сатааһын. Туох түбэһэринэн, ханна баҕарар. Баары суох гыныы. Кэмэ суох олоруу.

6.30%. Тыыннаах буолуу - олох кыра таһым. Хааһы. Турар бэйэтин күннээҕи ирдэбилиттэн тахсыы. Бэйэ суолтатын ситэ өйдөөбөт буолуу, сэнэнии.“Мин“ , куртах күннээҕи ирдэбилэ. Духуобунай кулут өйдөбүлэ. Баары суох гыныы.

7. Биһиги билбэт, аннараа дойдуларбыт анаарыылара.

Олоҕу олоруу куолутугар туохха тирэҕирэллэр эбитий?

1. Айыы үөрэҕэ.
2.Провославия (атын итэҕэллэр).
3. Харчы – таҥара.
4.Былааһы баҺылааһын, сокуон оҥорон туһаныы.
5.Үөрэх, идэ.
6.Туохха барытыгар сөп түбэһии.
7.Күннээҕиннэн олоруу.
Айыы итэҕэлигэр, төрүт аҕа өйдөбүллэргэ тирэҕирии саламтаҕа да көннөрү дьоҥҥо да суох. Олус аҕыйаата. Саламтаҕа, былаас уонна харчы күүҺэ баһылаан турар. Ол кинилэр таҥаралара. Ырыынак баламат майгыта кукка-сүргэ киирдэ. Бу тирэххэ олоҕуран омук туругурар политиката барар кыаҕа суох.Баһылатан олорооччу уонна баһылаан олорооччу анаарыылара тус- туһунан.
Провославия, омук тыла, култуурата соҥнонор. Манна тирэҕириҥ, бэйэҕин киэнин быраҕыҥ, оччоҕо биһиги эһигини баһылыырбыт судургу буолуо диэн. Манна биһиэннэрэ сөп буолан биэрии политикатын тутуһаллар. Билиҥҥи баар балаҺыанньаттан оннук буолабыт диэн этэллэр. Сөп буола сатыы сылдьааччы кэскил туһунан толкуйдаабат. “Үс хочо” эрэ баар курдук. Дьэ бу хайдаҕый? Манан сылтаан киэҥ кэпсэтиини таһаарыахха, дьүүллэҺиэххэ баара. Күннээҕиннэн олорооччу баһыйар. Маргинааллар элбээтилэр. Хоролуу майгы хотто. “Үс хочо” үйэтэ үүнүө, өнүйүө дуо? Эһиги туох дии саныыгыт?

Уххан.

Category: Анаарыылар | Added by: uhhan (2007-09-12)
Views: 7750 | Comments: 4 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 2
2 maaltaanu yola  
Эн ус хочо уйэтэ онуйуэ дуо, дьиигин. Онуйбэт соннооhун буолара биллэн турар буолла5а эбээт. Саханы тордуттэн эhэр бэдьиктэр былааннара буолбат дуо?

1 Кырык  
Оо, арах-арах, туул дуу, илэ дуу, анаарар аhыытыан-кутуутуон, кураанах куолу буолбата5а абатыан! Курдат костор куруhуон, абына-табына ахсаан сымса5ыан! Суду субэни дьууллэhэр кэм кэллэ, бары анаарыы хайыскаларын туhанан, туhалаа5ын хаалларан, бэйэ Омук туhугар куттаммакка ула5алаа5ы толкуйдуур Дьонно булунан олох туhугар охсуhуох дьонноооор!

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 93
Ыалдьыттар (гостей): 93
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024