Үс Хоро – Дьикти + Дьиибэ + Дьээбэ = 9
(Түһээтэхтээҕи майгыны анаарыы. Салгыыта. Иннин Кыым 18-с №-гэр көр)
Ааспыттааҕы анаарыыбын дьон аахпыт. Элбэх билэр, билбэт дьонум эрийэ сырыттылар. Салгыы хоролуу уонна сахалыы анаарыы диэн араастарын, аныгы технология туохха олоҕурарын быһааран суруйаҕын дуо дэһэллэр. Онтон, сэргээтилэр диэн манньыйан биир үтүө киэһэ, түннүгүм түннүкчээнин аһан, куорат сыбаалката умайбыт кэҥсигэ сыттаах сааскы сайар салгыны эҕирийэ сытан, устунан утуйан хаалбыппын. Ол сыттахпына түннүкчээмминэн кынаттаах, сыгынньах, айыы суолун аанын аһааччы аанньал уол оҕо илэ көтөн киирдэ. Төбөм үрдүнэн сапсына-сапсына ыйанан туран маннык диэн саҥалаах буолла: -Дьэ Уххан, ити үс хочо анаарыытын суруйбуккун, айбыт аҕаларыҥ аахпыттар уонна бу уолбутугар үс хоро диктитин, дьиибэтин, дьээбэтин быһааран биэр диэн ыыттылар. Хоро уонна саха анаарыыларын быһаара холоммут суоҕа, онон аҕа атыыр кыра кэпсэлин тийэрт диэтилэр. Ити Үс Хочо бырагыраамма төрдүгэр хоролуу анаарыыга олоҕурбут нана технология диэн баар. Икки атахтаах онон иирэн эрэр. Арҕааҥҥы хоролор манан дьарыгырбыттара ыраатта. Нууччаларга, Буучун кэскиллээх бырагыраамматыгар эмиэ киирэ сылдьар. Мин кэпсиим, эн иһит- диэтэ. Үс Хоро Хаан - Бахай, Кус, Үөдэн хоролорго арахсар. Хас биирдиилэрэ элбэх хааҥҥа арахсаллар Холобур: 1. Бахайдар (пахай хоролоро)– тоҥус- мончуурдар, кытай, дьоппуон, корей. Түүр аҥардаах буруттар, сылаҥ, бырааскай, байаҕантай, дьуорту уо.д.а диэннэргэ арахсаллар. Омоҕой, Улуу Хоро баларга киирэллэр. Саха сиригэр кэлэн сахатыйан хаалбыттар. 2. Кус Хоролоро- араб, иран эҥээрэ, 3. Үөдэн Хоролоро – индия, пакистан эҥээрэ. Үс сахалар – 1.Бороҥ урааҥхайдар –биһиги, алтай, хакас, телеут, ногай, казах сороҕо, кыргыс сороҕо уо.д.а. 2. Моҥул –угурдар (рыжай)- финнэр, норвегтар, щведтар, биикииннэр, варягтар – европа хоту өттө. 3.Саар сахалар – немецтэр, печенегтэр- нууччалар, хазардар – кырым татаардара, хохуоллар, хазар ыһыыттара уо.д.а. Хоро уонна саха уратылара анаарыыларын майгыларыгар сытар. Биирдэрэ айар аҕа халлаан майгыта (Айыы үөрэҕэ –ноосфера үөрэҕэ). Манна атыыр плюс (+) аҕа халлаан – ноосфера эйгэтэ ийэ сиргэ, – тыһы хоро майгыга (-) минус эйгэтигэр сүр-кут буолан түһэн олоҕу, кэрэни, дьолу, кэскили, дьүөрэлэһиини айар майгыта. Аҕа халлаан - идеальнай, сахалыы майгы, ийэ сир – материальнай, хоролуу. Айартан ылан төрүүр-ууһуур майгы. Айар аҕа майгы (идеальнай) ийэ сиргэ (материальнайга) түһэн олоҕу сахпатаҕа буоллар олох, тыынар тыыннаах бу орто дойдуга суох буолуо этэ. Муус бууһук кэнниттэн 700-900 сс. Хотугу булуус хамсаан, сахалар урут олорбут сирдэрэ уу анныгар барбыта. Онуоха дылы сахалыы майгы баһылаан олорбута. Муус бууһук иннэ үөскээбит ириэнэх омуктар - сахалар, оттон тоҥ омуктар - муус бууһук кэнниттэн үөскээбит омуктар. Тоҥ тыл - ириэнэх тыл, тоҥ өйдөбүл -ириэнэх өйдөбүл, тыһы анаарыы – атыыр анаарыы диэн чопчу арахсар. Бу үрүҥү-хараны, үчүгэйи-куһаҕаны, илини-арҕааны араарыыны итэҕэллэр биэрэллэр. Атыыр итэҕэлгэ язычество, тенгрианство киирэллэрэ, биһиэхэ ити тобоҕо Айыы итэҕэлэ ордон сылдьар. Кэлиҥҥилэр бары тыһы итэҕэллэр. Тыһытыйыы анаарыыта манна сытар. Түҥ былыргыттан саха сиригэр сахалар олорбуттара. Кинилэр сылгылаахтара, ыттаахтара. Ынах хоролору кытта кэлбитэ. Өлүөнэ оччолорго суоҕа. Бүлүү (Бүл уу) бүтэй этэ. Сахалар (Дьаархан, бордоҥ, сата, чап, үөдүгэй о.д.а ) Дойдуһа ходуһа диэн Ботомоой, Кэмпэндээй, Сиинэ, Намана о.д.а үрэхтэр саҕаланар сирдэригэр, үөһээ Күн Туус Хайата күлүмнүүр, Олоҥхо төрүүр, киэҥ нэлэмэн ходуһалардаах, хайаларын быардарыгар ур уунуута (руна) суруктаах, тимир уһаарыыта тэнийбит, киэҥ нэлэмэн ходуһалардаах саха омук биһигин ыйаабыт сирэ, өбүгэлэрбит түһүргэннэрэ баар. Уу түспүтүн Өлүөнэ муустаах муораҕа хайа сотон киирбитин кэннэ, онтон түөрт хайысханан аллараа түспүттэрэ. Билигин хотугу омуктар дэнээччилэр, хоро араас бииһэ 13-15 үйэ диэки таба миграциятын сырсан манна кэлбиттэрэ. Таба мончууртан урал диэки, онтон хоту биһиги диэки түспүтэ. Мүүс бууһук кэнниттэн киһи аймах миграцията саҕаламмыта, култууралар, итэҕэллэр, тыллар хамсаабыттара, буккуспуттара, биир омуктар симэлийбиттэрэ, иккис омуктар үөскээбиттэрэ. Биир тыл сүппүтэ иккис тыл үөскээбитэ. Хоролор сахатыйбыттара, тыллара төһө да сүттэр“удьуор көтүппэт” майгылара, анаарыылара хаалбыта. Хоролуу майгы хотор, сахалыы хотторор суолга үктэммитэ. Нууччалары саар сахалартан үөскээбиттэрэ диэтибит дии. Кырдьыга оннук, тылларын төрдө 70% -на сахалыы. Хоролуу майгыны кинилэргэ Петр-1 киллэрбитэ. Тыллара Пушкин саҕана олохсуйбута. Хайысхалары эттэххэ соҕуруу – тыһы (-) хайысха, хоту – атыыр (+) хайысха. Плюс минустуун, атыыр тыһылыын холбостоҕуна айыллыы, айыы майгыта үөскүүр. Атыыр атыырдыын, тыһы тыһылыын олоҕу айа сатааһыннара кута суох хоролуу майгы буолар. Амыарыка киинэлэригэр көрөҕүт дии, аатырбыт Щварщнегер хат буолан кэннинэн төрүүр, эбэтэр аҥардас дьахталлар эр киһитэ суох пробиркаҕа оҕону төрөтөн эр киһитэ суох олох тэринэн олоруулара. Бу барыта тыһы майгы анаарыытын пропогандата. Гомосексуалистар лезбиянкалар араастара элбээһинэ бу барыта- төннүбүт төрүөх, туох да кэскилэ манна суох, бу эстии. Бу майгы политикаҕа, государствоны салайыыга, наукаҕа, араас технологияларга , олох сиэригэр-майгытыгар, үчүгэй-куһаҕан диэн сыанабылга барытыгар киирдэ. Биһиэхэ да ылан көрүҥ эрэ, дьиҥ сахалыы санаалаахтар бары үтүргэҥҥэ, өйдөммөт. өйөммөт буолууга сылдьаллар. Ону туруулаһа сатаан баран сүрэ тостон хоротуйбут эрэ элбэх.
Нана технология
Нана технология диэн тугуй? Сахалыы быһаардахха, бу сүлүк (тыыннаах күлүгэ) клон төгүлүн (клонирование, тиражирование) технологията (тыына суох күлүгүн, тыыннаах сүлүгүн оҥоруу ньымата) буолар. Нано диэн тыллара – тоҕус диэн. Тоҕус кистэлэҥэ - үс төгүлэ. 3х3=9. Хоролуу анаарыыга - Дьикти (чудо) үстээх, дьиибэ (диво) үстээх, дьээбэ (дева) үстээх. Бу хоролуу анаарыыга дьиктигэ эрэ айар күүс быһыытынан атыыр анаарыы кыттыһар. Эр киһи уллуруга (спермата) киирэн дьахтар аһайын кытта кыттыһарыгар. Бү уллурук айар айана үс хонуктаах. Бу дьикти! Бу атыыр айар, тыһы ылар дьикти түгэнэ! Дьиибэтэ диэн, дьахтар чыллырыытыгар (яйцоклетката) өбүнэх – өбүгэ үнүгэһэ үөскээһинэ. Бу тыс бодотун (тело) биэрэр ийэ майгытыгар дьиибэ баар! Дьээбэтэ диэн баар, уллуруктан өбүнэх, өбүнэхтэн киһи бодото – оҕо буолуута. Киһи бодотун ылыныыта. Бу тыһы, ийэ майгыта. Айар сиэмэни хорон ылан ситэрэн – хоторон, таҥан оҥорон төрөтөн таһаарыы. Нана – тоҕус технологията манна олоҕурар. Бу нана технологиянан тыына суохтары тугу баҕарар төгүлүн (тирааһын) оҥорон таһаарыыга үлэлииллэр. Холобур холодильник турар. Бу кураанах күлүгүн оҥороллор. Онтон холодильник ханнык, төһө атомнартан турарын, ол атомнар хайдах майгылаахтык хабалаласпыттарын (сыстыспыттарын) быһаараллар. Ону таҥар, аттарар технологиянан, анал бырагыраамманан туох баар деталларынан оҥорон холодильник күлүгүн толороллор. Холодильник холодилньыгы төрөтөр. Ону төһөнү баҕаралларын төгүллээн кэбиһэллэр. Ол курдук тугу баҕарар, дьиэни кытта төгүллээн таһаарыахтарын сөп. Матырыйаалын эрэ булуохтарын наада. Ол аата биир дьиҥнээх айыллан оҥоһуллубут баар буолуохтаах. Уоннааҕытын нана технология быһаарар. Куттаах- сүрдээх харамайы, ол иһигэр киһини эмиэ. Киһи сааныга (клетката) ханнык аатамнартан, мөлүөкүлэлэртэн турарын, генын (дьонотун) уруһуйун үтүктэн, хайдах хабалаласпытын үтүгүннэрэн, дьикти, дьиибэ, дьээбэ майгытынан киһини, киһи биир ааттааҕын (органын)оҥорон таһаараллар. Киһи саппаас чааһы массыынаҕа уларытар курдук, сүрэҕин, быарын, бүөрүн, илиитин-атаҕын, сэбин эргэрдэ да анал мастарыскыайга киирэн көрүөх бэтэрээ өттүгэр уларыттара сылдьар буолуоҕа. Дьэ оннук. Бэйэтэ бэйэтин төрөтөн таһаарар кыахтаах илэ күлүктэр үс хочоҕо дьаарбайыахтара турдаҕа… Киһи айар таҥара оруолун ылар. Бу таҥараҕа мастаныы, хара аньыы дэнэр. Хоролор тоҕустара (нанилара) итинник. Биири кыайа иликтэр. Кутун, сүрүн (дууһатын) кыайбаттар. Тоҕо? Тоҕо диэтэргит кут-сүр айымньылаах эйгэтэ атыыр, - үс саха эйгэтэ. Үс саха- атыыр эйгэтэ олох туһунан, айар таҥараттан тардыылаах. Саха төрдө СЭТ таҥараттан, хоро төрдө- ХОРО таҥараттан тардыылаах. Балар майгылара араастаах, аналлара ураты. Дьэ ол иһин тыһы-атыыр, минус-плюс, үрүҥ-хара, итии-тымныы, сырдык-хараҥа, уһун-кылгас, ыарахан-чэпчэки, хоту-соҕуруу, аҕа халлаан-ийэ сир о.д.а диэннэр бааллар. Маны барытын билэн, сатаан, айардаан-таҥардаан туһаныахха наада. Онон үһэ суох тоҕус суох. 1.Үс-атыыр, 2.тоҕус-тыһы, 3.сэттэ-оҕо. Сэттэ-сэтэрээһини көрдөрөр атыыр майгыта. Үс хочо бырагыраамматын оҥорооччуларга маны тийэрдээр -диэн баран кынаттаах аанньалым түннүкчээмминэн көтөн тахсан истэҕинэ: “оттон ол “Үс хочону” арбатар үлэм иһин тугу төлүүгүт”- диэн, икки ыйдаах хамнаспын кыайан ылбакка быстара сылдьар сирдээҕи киһи быһыытынан хоролуу майгынан ыйыттым. -Бырагырааммалаахтар төлүөхтэрэ, ити үрдүк технологияны сырдатар киһи көмпүүтэриҥ да эргэтэ бэрт эбит - диэн эбэн эттэ. Этэр эттэҕинэ кырдьык даҕаны, көмпүүтэрим былыргы, эйиэнин курдуктар сыбаалкаҕа быраҕыллыбыттара быданнаата диэн күлүү гыналлар. Оттон суруналыыс киһиэхэ аппараат, хаамыра, дьиктоппуон диэн аныгы технология тэриллэрэ эмиэ мэһэйдиэ суох эбит диэн салгыы саныы сыппытым, сарсыарда буолбут эбит… Дьэ итинник буолла, мин түһээтэхтээҕи санаам. Чахчы да дьикти, дьиибэ, дьээбэ… Дьиҥэ, сахалар аһалыкпыт тэҥэ суох үчүгэй ээ. Айыы аһын аһыыбыт. Дойдубутун этэ да барбаккын. Манна туох барыта тоҥо, харалла сытар. Ол иһигэр өй, өйдөбүл, сах тыла, айар күүс эмиэ. Ону ириэрэн кэскил туһугар туһанар кэм кэлбэтэҕэ буолуо дуо? Биһиги курдук нотуура этинэн, балыгынан, үүтүнэн-сүөгэйинэн, арыынан аһыыр омук аан дойдуга аҕыйах буолуо оҥоробун. Киһи ыам кумаарын курдук элбээн иһэр. Туох да бэйэлээх нотуура аһалыга онно тийэр кыаҕа суох. Дьэ ол иһин геннай инженерияны сайыннаран, исскуственнай үүнээйилэри оҥорон, төгүллээн дьону сүөһүнү аһатар буолан эрэллэр. Бу глобальнай боппуруос быһаарыллыытын биир суола дииллэр. Билигин искусственнай эт аһалыктар, үүнээйи араас көрүҥэ, ас амтанын, өҥүн, сытын биэрэр эбиликтэр, тумалар араастара элбээтэ. Манна эмиэ кытай баһылаан иһэр. Аан дойдуга тугу да оҥордуннар, онтон биири ылан баран кытайдар үтүгүннэрэн төгүлүн оҥорон аан дойдуну ыһан кэбиһэллэр. Ону биһиги сиибит, таҥнабыт, туһанабыт. Кытай бу өттүнэн аан дойдуну эмиэ баһылаата. Оттон биһиги курдуктар дьиҥнээх күлүгүн дьаабылыыбыт. Дьиҥэ суох түлүппүөн, аппаратуура арааһа, таҥас эгэлгэтэ, ас арааһа. Дьиҥэ суох үтүктээйи сыһыан, майгы-сигили, туттуу-хаптыы, дьүһүн-бодо, таптал, ырыа-тойук эмиэ. Кута-сүрэ суох, кэрээниттэн тахсыбыт, киһи аатыттан ааспыт киһини - үөр сүлүк киһи диэн абааһыга холууллара. Айыы киһитэ куттааҕы сүрдээҕи аһыыр. Үүнээйини, хамсыыр харамайы, кинилэр бородуукталарын. Оттон искуственнайыҥ кута-сүрэ суох. Манна айылҕа сокуонун кэһиллиитэ тахсар. Кут салыйар, сүр сүтэр, төрүөх төннөр, киһини- киһи аатыттан ааһардар аньыы хара дьайаана барар. Аныгы технология сайдыыта итинник баран иһэр. Материализм – тыһы. Идеализм – атыыр. Дарвинтан, Маркстан, саҕалаан хаһан таһааран, инники күөҥҥэ тута сылдьар наукалара, үөрэхтэрэ сүнньүнэн хоролуу. Хоролуу анаарыылаах. Наукабыт эмиэ тыһытыйан “оно наука” буолан турар. Онтон сиэттэрэн технологияларбыт эмиэ хоролуулар. Атыыр анаарыылаах учуонайдар да, саҥаны айааччылар бары КГБ курдук анал тэрилтэлэр кэтэбиллэригэр сылдьыбыттара, сылдьаллар даҕаны. Билигин кэлэн билбиппит, ниэптэн, гаастан, электроэнергияттан ураты, чэпчэки сыаналаах энергоисточниктар, айыллыбыттара, оҥоһуллубуттара ырааппыт. Ол оҥорбут дьон суох буолан иһэллэр эбит. Ити барыта аан дойду ырыынагын хамсатар “айар таҥара” оруолун ылбыт харчы күүһүгэр сытар. Энергоисточниктар босхо буоллахтарына бу ниэбинэн, гааһынан байан олорор дойдулар биирдэ күппүлүү баралларыгар тийэллэр. Транспорт, техника барыта уларыйарыгар тийэр. Онон атыыр анаарыы билиҥҥи олох майгытыттан туоратыллыбыта ыраатта. Ол иһин сахалыы анаарыы хотторор, хоролуу хотор. Ол эрэн кэмэ кэлиэҕэ. Итини айбыт таҥара билэн көрөн олорор. Түлүппүөн, интернет, радио, телевизор эйгэтэ барыта биир ситим суоллаах. Бу барыта холбоһон халлааҥҥа ыйаммыт биир бэлэм спутник кыра сиэркилэтиттэн тэйитиллэн, биир тэриэккэлээх быыскаттан аттарыллан, кыра “триллионкаҕа” түмүллэн киһиэхэ чип курдук олоро сылдьар технологията оҥоһуллубута эмиэ ырааппыт. Барыта буор босхо буолуон сөп. Ол эмиэ олоҕу хамсатар күүс харчы буоларыттан билигин кыаллыбат. Телевидение, радио, интернет, сибээс диэн араастаан арахса-арахса, онно анал тэриллэри атыылаан, өҥө оҥорон харчыны хамнаталлар, байаллар. “Үс хочолор” манна аан дойду сайдар киинин оҥоруохпут, 50 тыһ. киһини улахан хамнастаах үлэнэн хааччыйыахпыт диэн баҕалаахтар. Сайдыы технология нөҥүө кэлэр диэн этэллэр. Дьэ ол иһин интэриэһиргээн, дьүүллэһиэҕиҥ диэбиттэрин иһин “анаарабын”. Сахалар инники хайдах буолуохпутуй диэн имсэ-санаа долгутуулаах эбээт. Бу кэскил эйгэтигэр, быыһанар суолу була, тобула сатааһыҥҥа хайдах да буолтун иһин, билиҥҥитэ, “Үс хочо” эрэ баар курдук. Ол билиҥҥи саламта “кэскилбит диирэ” тимир суол кэлиитэ, ниэп, гаас турбатын тардыы, электролинияны тардыы, саҥа суоллары оҥоруу, мөлүйүөнүнэн киһини аҕалыы, сир баайын, харамайын, үүнээйитин, уратылаах өйү-санааны туран биэрии, нуучатытыы барыта хоро таһар импиэрийэ бырагырааммата олоххо киириитэ. Биһиги холуонньаҕа олорбуппут, төттөрү онно кубулуйабыт. Глоболизацияҥ биһиги курдуктары эһэр биир дьайар көрүҥэ ити сылдьар. Духуобунай колонизацияҥ күүскэ киирэн иһэр. Ол “нууччатытыы” диэн анал технологияннан оҥоһуллар. “Русская доктрина” диэн нуучча империятын, самодержавиятын тутар элбэх учуонай үлэлээбит доктриналара оҥоһулунна. Маны еврейдэр соруйан ускайдаан оҥоттороллор, Россияны ыһаары диэччилэр бааллар. Истэн баран саллыбытым. Нууччаттан атыны тугу да билиммэт майгыны кэпсээбиттэрэ. Эн нууччатыйдаххына, хоротуйдаххына эрэ сөп түбэһэҕин, бэрт буолаҕын диэн анаарыы. Үөрэх, иитии, култуура эйгэтэ үксэ оннук үөһэттэн соҥноммут бырагырааммаларынан үлэлии олорор. Уонна тоҕо маннык буоллубут?- дэһэллэр. Саха бэйэтин күлүгүн сиэркилэҕэ көрүнэ-көрүнэ, бу кимий?- диир. Уларыйбыт бэйэтин билбэт үлүгэрэ. Чэйиҥ үчүгэй буола охсуоҕуҥ- диэн буолар. Бу күлүгү кытта охсуһуу. Хоротуйуу уонна тыһытыйыы. Бэйэни билбэт, бэйэни билиммэт буолуу - эстиигэ тийэрдэр суол. Россия кэлиҥҥи кэмҥэ ылыммыт национальнай бырайыага, ыал, оҕо төрөөһүнүн бырайыага барыта саха сириттэн төрүттээх. Сахалар саҥаны айар, анаарар айылҕаттан бэриллибит кыахтара сатаан туһаныллыбакка сытар. Николаев саҕана, арыый көҥүл эрдэххэ “омук өйүнэн өлөрү кыайар кыаҕын” арыйан, сүбэни түмэн, тэрийэн “саха сайдар доктринатын” оҥорууга үлэ саҕаламмыт буолуон сөптөөҕө. Оннук этии-санаа бөҕөтүн киллэрэ сылдьыбыппыт. “Кэлэр көлүөнэ”, “Барҕарыы” уо.д.а фондалары тэрийэн үбү-харчыны хараана суох бэйэлэрин тустарыгар хамсаппыттара. Онтубут ханна тийдилэр. Туох дуоссуннааҕы, кэскиллээҕи оҥордулар? “Үс хочо” бырагыраамманы өйдөөн олохтоохтук быһаарар киһини көрсүбэтим. Туман курдук, оччо кэскил туһугар оҥоһуллар улахан бырагыраамма өйүн-төйүн булуохтаах этэ буоллаҕа. Баҕар эмиэ харчыны сиэри, үбү күрэтээри дьэбэлэйдииллэр дуу…Хоролуу быһыы эбэһээт ол диэки хайысхалаах буолар…
|