http://uhhan.livejournal.com
Саха + Хоро + Бааһынай = 3
(Салгыыта. Иннин Кыым 18, 21 №-гэр көрүҥ)
“Баһырҕас быта - баска, кэтиинчэ быта – кэтэххэ ыттар үйэтэ кэлиэ…” диэн көрүүлэммиттэрэ эбитэ үһү, былыргы сахалар. “Тотальное, глобальное обьединение людей погубит человечество…”- диэн билгэлииллэр, билиҥҥилэр.
Оттон мин, кута-сүрэ суохтан - куттанабын, ис дьиҥэ, ис чиҥэ, иччитэ суохха - итэҕэйбэппин, истиҥэ, иһирэҕэ суохха – иэйбэппин, этэр тыына суохха - эрэммэппин, өйө-төйө, өйдөбүлэ суохха – өйөммөппүн. Санаа буолардааҕар- сайабын, айар сүрэҕим көҥүлүн –аналым, айылгым диибин. Үтүктээйилэри - үүнэр үчүгэйэ суохтар диибин, албын- албыны, сымыйа – сымыйаны төрөтөрүн түктэриннэн ааҕабын, түөкэйи, түөкүнү, бэрт буолар ньылаҥсалары, сөп түбэһэр туһугар сүһүөхтэрин сүтэрбиттэри, сүрэхтэрин сүүйтэрбиттэри , сүөргүлүүбүн. Маннык өйдөбүлүнэн билигин олорор ыарахан дииллэр. Чэпчэки, дөбөҥ суолу көрдөөччүлэр ыырдара атын, дьаалалара дьаабы. Глоболизация – уратыны аахсыбат, барытын бөдөҥсүтэн, улаатыннаран, элбэтэн, сомоҕолуу көрөн, орто дойду кыһалҕатын баһылааччылар туһаларыгар быһаарар глобальнай уонна тотальнай дьайаана күт-сүр, өй-санаа, сыанабыл эйгэтигэр бигэтик киирэн иһэр. Бу тугуй? Туохха мин ону көрөбүнүй? Бүгүн марериальнайа суох эйгэҕэ киирэбит. Киһи куттаах-сүрдээх. Тыыннаах. Тыынын эйгэтэ-духуобунас. Кутун туурата, тутулуга – култуурата. Ис күүһүн тахсыыта –исскуустубата. Дьиҥинэн санаа киирбитэ уонча сыл буолла. Ол эрэн ааттаан суоллаан чопчулаабатаҕым. Биһиэхэ култуура уонна духуобунас министиэристибэтэ диэн баар. А.С.Барыыһап диэн аан дойдуга тийэ арбаммыт, режиссер быһыытынан аатырбыт киһибит салайар. Кини миниистир, Саха театрын уус-уран сал., Дойдулар икки ардыларынааҕы евразия хамсааһынын култуураҕа тойоно, Духуобунас академига, кини Арктика иниституутун ректора, о.д.а элбэх араас бырайыактарга, хамыыһыйаларга киһи ааҕан сиппэт дуоһунастаах, эбээһинэстээх, быһата соҕотоҕун саха омугун “кутун туурата, тыынын харыһыга” буолбут киһи Киниттэн улахан тутулуктаах. Киһиттэн таһынан кыыаҕырбыт киһи. Култуура эйгэтигэр хаама сылдьар таҥараҕа кубулуйан эрэр. Саха сирин аан дойдуга аатырта. Кырдьык оннук дуо? Бары оннук диэхтэрэ. Ол сөп, билиҥҥи баар турукпут таһымынан.Өндүрэй Барыыһабы өрө көрөн туран биһиги куппут, тыыммыт харыһыга бу сылдьар диэххитин сөп. Ол эмиэ бүгүҥҥү кырдьык буолуо. Саха драматическай, опера, үҥкүү, эстрада, көр-күлүү, народнай тыйаатырдара, цирката о.д.а бааллар. Саха сирэ, саха омуга диэн баар буолан саха диэн ааттанан эрдэхтэрэ. Култуура, исскуустуба эйгэтигэр өрөспүүбүлүкэ былааҕа буолбут саха тыйаатырын (олоҥхо, ойуун тыйаатырын) туһунан чуолаан санаабын эттэхпинэ сатаныыһык. Бу 90-с сыллартан аан дойдуну анаарыы (мировоззрения), таҥараларбыт уларыйан, били этэр национальнай самосознаниялара уһуктуоҕуттан тыйаатыр үлэтэ тосту уларыйбыта. Омук бэйэтин билиниитин сэргэ, атын омуктар тыыннара көҥүл киирэн барбыта. Култуура, исскуустуба, литератуура эйгэтэгэр ол тута биллэн барбыта. Манна сүрүннээн үс хайысханы талыахпытын сөптөөҕө. Төрүт култуураны сайыннаран бэйэ киэниттэн үүнэн тахсыы. Баһылыыр омук – нуучча култууратын ылынан нууччатыйыы. Аан дойду таһымын сырсыы. Бастаан утаа бэйэбитин сөхсүммүппүт, үгэс олохтуурга үөрэх да саҕаланан испитэ. Оскуола, култуура национальнай бырагырааммалара олоххо киириэхчэ буолбуттара. Балачча үлэлэспиппит, билбиппит көрбүппүт. Бэйэни билинэн кэрэбэтин кэрэхсиир, үтүөбүтүн үөтэн үөрэр буолан сахатыйан испиппит. Государстволаах буолуу психологията олохсуйа быһыытыйбыта. Онтон төттөрү түһүү, ситиспити ыһыктыы, баһылааччы уонна аан дойду анаарыыта киирбитэ. Үөһэттэн баттал тыына биллибитигэр, куппут, тыыммыт чөлүн суурайыыга туран биэрдибит. Хайдах гынан чөлүнэн хаалабыт, салгыы куппутун бөҕөргөтөбүт, омук тыынын уһатарга, өйгө-санааҕа, ис күүскэ тугу тобулабыт диэҥҥэ мэлийэн эрэбит. Сөп түбэһэ сатааһын, бэйэ-бэйэни сиэһии, үтүктээйи , мэрэппирийээтийэ, шоу, коммерция үрдүгэр түспүппүт. Урукку артыыстарга олохсуйбут сахалыы үгэс баара. Билигин кинилэр, бу шоу баһылаабытыгар сахалыы куттарын-сүрдэрин ахтылҕаныгар сылдьар буолуохтаахтар диэн өтө сэрэйэбин. Олохсуйбут үгэс тута тахсан барбат айылгылаах. Баһылааччы дьайааныгар сөп түбэһэр, атыыланар хоролуу материальнай майгыны тутуспуппут. Үрдүкү хайдах саламтаны талбыппыт да оннук буолбуппут. Манна култуура уонна духуобунас, үөрэҕирии министиэристибэлэрин үлэлэрэ хайдах ис хоһооннооҕо эмиэ быһаарар суолталааҕа. Бу идеальнай – сахалыы эйгэни бааһынай, маргынаал анаарыыта баһылаабыта. Бааһынай анаарыыта барытыгар сөп түбэһэр айылгылаах.
Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыа дуо?
Саха тыйаатыра “Хаарыан хампа күөх кытылым” (Борисов) диэн хотугу хоро омуктар олохторун көрдөрөр, кыргыыс омук улуу суруйааччыта Ч. Айтматов суруйуутунан сахалыы туруоруллубут испэктээкилинэн аан дойдуга тиийэ аатырбыта. Туруоруута куһаҕана суох, артыыстар оонньуулларыгар сахалыы майгы баара. Кут-сүр, тыыннаах буолуу, олох иһин охсуһуу, кэнчээри ыччат иһин тыыны толук тутуу киһи уйулҕатын хамсатара. Манна оонньуу, уобараһы арыйыы көстөрө. Артыыстар оонньуулларыгар ис чиҥ, ис дьиҥ иһирэҕинэн, истиҥинэн илгийэрэ. Симон Федотов, Ефим Степанов куттаах-сүрдээх, үйэлээх оруоллары айбыттара. Бу табыллыбыт испэктээкил этэ. Саха кутун- сүрүн, уйулҕатын хамсатар оонньуу, кута-сүрэ салыйбыт хоро омуктарын хото баһыйара эрдэттэн биллэрэ. Манна саха омук тыйаатырга кыаҕа көстүбүтэ. Мантан салгыы “Улуу Кудаҥса” – (Борисов) саха майгытыгар салгыы, хоһоонунан суруллубут норуот улуу номоҕо ситиһиилээхтик турбута. Бу чахчы киһи аймах, орто туруу бараан ийэ дойду, айбыттаах аҕа халлаанныын алтыһар олоҕун сытыы сыһыаннара, киһи диэн кимэ, кини сирдээҕи олоҕо айбыт аҕа халлаантан тутулуктааҕа, сирдээҕи тыһы-хоро майгы аҕа халлааҥҥа мастаннаҕына туох буолара көстүбүтэ. “Улуу Кудаҥса”- “глобальноһынан уонна тотальноһынан” бу дойдуга тэҥнээҕэ суоҕа. Саха тыйаатыра мантан төһөтүн эмэ биэрбитэ, таба быһаарыылардаах этэ. Айымньыта күүһэ бэрт. Бу саха улуу уонна чулуу айымньыта сылдьар. Билигин саҥаттан турарыгар кэмэ кэллэ. “Улуу Кудаҥса иэдээнин” омооно орто дойду олоҕор көстөр буолла, өйдүөх, дьүүллүөх дьон элбээтэҕэ. Чурапчыларга Улуу Кудаҥса туһунан имсэлээх санаа этэн турабын, тоҕо эрэ биллибэтилэр. Хайа диэки хайыһыннарбыттара буолла… Бу Улуу Кудаҥсаны туруорууга театр чахчы, саха театра буолар хайысхата баара! Манна киһини сөхтөрө, дьиктиргэтэ сатааһын, тас көстүүгэ болҕомто, киһи өйүн сүүйэр көрдөрүүгэ анаммыт эффектэр, ньымалар элбээбиттэрэ, ол эрэн наһаа буолбатах этэ. “Ойуун түүлэ”- (Борисов) сахалыы майгыга, глобальнай тиэмэҕэ испэктээкил тахсыбыта. Бу үйэлэри өтө көрүүлээх, дьиҥ сахалыы майгылаах айымньыны туруорууга көрдөөһүн баара. Манна Тумус Мэхээлэ үлэлэһэн иһэн тоҕо эрэ тохтоон хаалбыта. Испэктээх саҕаланыытыгар сахалыы тыын баара сыыйа сүтэн хаалбыта. Манна мин туруорааччылар икки арахсар суолларын көрбүтүм. Сахалыы уонна хоролуу хайсхалар. Сахалыы (атыыр +) анаарыы универсальнайа, кини мировоззрение, мироощущения, космогеннай өйдөбүллэр диэни холбуу, ситимнээн, биир киһи, биир дьайаан, биир түбэлтэ, түгэн нөҥүө алтыһыннаран, айааччы туругуттан көрөр айылгылааҕар сытар. Сахалыы көрүү - ис тутул, киһи кутун сүрүн, умайар уотун диэки көрүү. Хоролуу (тыһы -) анаарыы хас биирин туһунан араарар, сатаан ситимнээбэт, холбоотоҕуна сомоҕолоон кэбиһэр, төрөөбүт туругуттан көрөр. Ити барыта айылҕаттан бэриллибит ис дьиҥтэн тахсар майгыга сытар. Хоролуу көрүү - тас көстүү, куорма, туттуу-хаптыы диэки көрүү. Икки тотальнай уонна глобальнай айымньылартан, “Улуу Кудаҥсаттан” “Ойуун түүлүгэр” тас эффектация сайдан испитэ көстөр. “Ойуун түүлүгэр” кут-сүр оонньуута кыаллыбатаҕа, уобараһы айыы мөлтөөбүтэ. “Чыҥыс Хааны” сөҥөрдө иликпин. “Дойду оҕото Дорогуунап Ньукулай”- (Борисов) сахалыы майгы баара, оонньуута сэргэтэр этэ. Мантан ыла саха тыйаатырын хайысхата кус хоролуу, үтүктээйи майгы диэкки дьүккүйэн барбыта. Аан дойдуга аатырыы, бэйэни билинии, салыйбыт куттаахтары сардырҕаччы тэпсии ухханыгар бэйэлэрин киэнин үрдүнэн атыллыыр майгы олохсуйан барбыта. Бигэ сүрүн, үгэс буолбут сахалыы ньыма, хайысха олохсуйбатаҕа. Күүстээхтэрин билиммит спорсмен уолаттар ыһыахтары кэрийэ сылдьан тустан бириис хомуйа сүүрэллэригэр майгыннаабыта. Мэнээх сылдьыбатахтара, кус хоролуу ньымалары сүһэн үтүктэн барбыттара. Мантан ас тахсар эбит диэн буолбута. Араас эффектэр, суй-сай майгы, тас көстүү, түрүүктэр, куһаҕаны хостооһун, маргынаал күнээҕи тылыгар, өйдөбүлүгэр түһүү олустаабыта. Уопсайынан култуура министиэристибэтин үлэтэ шоу майгыламмыта. Тыа сирин култуурата умнуллубута ырааппыта. Үлэтэ, көнньүктүүрэнэн салайтарар, мэрэппирийээтийэ истииллэммитэ. Тыйаатырга сахалыы ис туругу, ис күүһү, ис кэрэни таска таһааран кутунан-сүрүнэн оонньоон көрдөрүү уурайбыта. Күннээҕигэ, чэпчэкигэ, дөбөҥҥө соһутар шоу майгытыгар охтуу барбыта кэлиҥҥи испэктээкиллэргэ ырылхайдык көстө сылдьар. Куоталаһа-куоталаһа испэктээкил туруоруу, киинэ устуу бөҕөтө буолла, сөҕүмэр элбэхтэн сөҥөрдөн ылан куккар кутарыҥ, тыыҥҥар эбэриҥ таһы-быһа аҕыйаата. Аан дойдуга аатырбыт айымньыларын үлүһүйэн туран туруоруу, аартык аайы аат-суол сырсыыта – сүрүн биэрэр анаарыыга кубулуйбута. “Ромео и Джулиетта”, (Борисов) “Илиир Хоруол”, (Борисов) “Гамлет”, (Потапов) туруоруутугар кус хоролуу маатырҕаан, эффектация, шоу, массовка, дьон ахсаанынан ылыы барбыта, кут-сүр хамсааһына сүппүтэ, уйулҕа утуйбута. Барыта тас көстүү. Артыыс киһилии уобараска айымньылаахтык үлэлиирэ түргэнник тохтообута. Бу быыһыгар “Кыыс Дьэбэлийэ” олоҥхо, Борисов кэргэнигэр Степанида Борисоваҕа анаан, дьахтар эр киһини кыайар-хотор, тэпсэр хоролуу майгылаах туруоруута буолбута. Бу туруорууга, олоҥхону шоу майгытынан, айар халлаантан айыылары сыана быылыгар соһон түһэрбиттэрэ. Олоҥхо санаатын оонньуутун артыыстарга оонньотон, үөһээ халлаан эйгэтин сиргэ таҥнары соһон түһэрии, айыылары да, абааһылары да орто дойду майгытыгар кубулутуу көстүбүтэ. Көрдөөһүн, ураты суох. Операны үтүктэр, баайса сылдьар бааһынай майгы олохсуйбута көстүбүтэ. Манна С.Борисова ыллыыр-туойар кыаҕын таһыма көстүбүтэ. Кини туойар ньыматыгар сахалыы ырыа - тойук курутуйар, кутурар, сүтэрбити аһыйар, кэлэнэр-кэмсинэр, кэп туонар ытабыллаах энэлгэнэ иһиллэр. Итинник ньыманнан алгыһы, айыы санааны түстээбэттэр. Саха омсолоох уобараһын тойугун майгыта сиэри таһынан барбыта саха киһитигэр тириитин таһынан киирэр. Атын омукка, ис дьиҥин өйдөөбөт дьоҥҥо – дьикти, сонун, щедевр. Олоҥхо, ойуун уһуйаанын тэрийиэхтээхтэр этэ, сүрүн личность- артыыстары иитэн таһаарыахтаахтара. Үгэһи олоҕурдуу төрдүн оҥоруу барыахтааҕа. Дьиҥинэн олоҥхо, ойуун тылыгар-өһүгэр, өйдөбүлүгэр, ырыатыгар, тойугугар, хамсаныытыгар, үҥкүүтүгэр, муусукатыгар уһуйуон сөптөөх дьоннор олох суох буолбатахтар, бааллар, биирдии хайысханан да буоллар. Бары олоҥхо туруора сатыы сылдьаллар, туундараттан саха тыйаатырыгар, оҕотуттан эмээхсинигэр тийэ. Ол туруорааччылар, үөрэтээччилэр биир эмэ олоҥхону толору аахпыттара биллибэт. Аахпыт да буоллахтарына тылын аҥаарын өйдөөбөтөхтөрө сэрэйиллэр. Бу эмиэ аат-суол, харчы сырсыыта, эмиэ шоу, мэрэппэрийээтийэ. Сахалыы ырыаҕа, тойукка үөрэтии бөҕө, барыта исскуственнай, үөрэппит оҕолорун киһи истэ аһынар. Хаарыаны диигин. Үтүктээйи баһылаата. Эмиэ шоу. Айымньы төһөннөн улаатар, уйулҕаҕа, өйгө-санааҕа дириҥиир, кутунан үрдүүр даҕаны соччонон биир талааннаах, айылҕалаах, бэриллиилээх киһиэхэ тирэнэрэ күүһүрэр. Күүстээх уобарастар - күүстээх артыыстары эрэйэллэр. Улуу уобарастар - улуу артыыстары төрөтөллөр. “Олоҥхо” тыйаатырабыт дии-дии Барыыһап халлааны тарбаабыта ыраатта. Ойууну ааһан иһэн оонньуур курдук тутталлар. Дьиҥэр туох да өйдөбүлэ суох шоулаан имитэ сылдьаллар. Бу соторутааҕыта көр-күлүү тыйаатыра “Кыһыл Ойууну” (К.Сергучев) туруорбутун көрөн баран, нэһиилэ тулуйан олордум, туох да суох, уу-ньамаан, шоутун да кыайбатахтар, “сээдьэлээн” имитэ сылдьаллар, арай музыкатыгар эрэ туох эрэ тыытар иһиллэн ааһар. Туруоруу быстар мөлтөх. Хаһыакка арбаан суруйбуттарын аанньа кыһыл ойууну оонньообут артыыстара эчи мөлтөҕүн. Сатаан сахалыы дорҕоону таһааран саҥарбаттар. Куттаах сүрдээх тылы эдэр артыыстар олох кыайбаттар эбит. Саха тыйаатырын эдэрдэрин балачча билэбин. Тыл-өс быстар мөлтөх. Хайдах бу дьон саха тыйаатырын ааттатыахтарай диэх курдук саарбах санаа тарбыыр. Хоро-шоу (хорошо) тыйаатыра диэн буоллар муҥар ини. Салгыы маннык бардахтарына маргынаал тыйаатыра буолсу. “Ньургун Боотуру” ааһан иһэн туруорабыт дэһэллэрэ иһиллэр. Киһи сөҕөр! Баламаттарыттан. Сөп, ыччакка маргынааллыы, хоролуу майгы, күннээҕи өйдөбүлтэн тахсар буккаас тыл-өс, арҕааҥҥыны үтүктээйилиир майгы-сигили, тыһытыйыы баар. Саха тыйаатыра ол таһымыгар тоҕо түһүөхтээҕий?! Тоҕо кини маат-куут, ийэтэ-аҕата, кута-сүрэ суох тыл дьэбэрэтигэр, өбүгэтэ суох өйдөбүлүгэр аллараа түһүөхтээҕий?! Искусство, тыйаатыр кэрэҕэ, сырдыкка, өйдөбүллээххэ, үйэлээххэ угуйуохтаах этэ диэн баарыа сарсыардааҥҥа дылы баара дии, барыта уларыйбытын билбэккэ сылдьабын дуу… Шоуменнар. Маны көрө сылдьан эдэрдэр дьаабырдылар. Тас көстүүнү сырсыы, нуучча саҥарар майгытын үтүктүү, күннээҕи өйдөбүлүнэн салайтарыы кэнники сылларга олустаата. Театр сахалыы саҥарарга үөрэниэн наада. Кэлин турбут “Туйаарыма куо”- (Борисов), “Магбет”, “Күн Айыы оҕолоро” – (Потапов) бары биир, шоу майгылаахтар. Кус-хоролуу. Артыыс оонньуута суох. Сахалыы үгэс-майгы бүппүт. Аан дойду майгыта суурайан эрэрэ көстөр. Эдэрдэргэ Китч майгы – олох куһаҕанын, мөкүтүн, дьаабытын хостооһун баар. Китч- кэрэттэн түһүү, кэрэни кэҕиннэрии, куһаҕаны чэпчэкини көрдөрүү. Потапов “Магбета”, “Күн Айыы оҕолоро” – китч! Абра кадабра! Юрий Макаров –эффектант, төттөрүтүн, сүөргүтүн, утарытын көрөн була сатыыр идэлээх. Уҥа самыыта кыһыйдаҕына хаҥас илиитин эргитэн аҕалан тарбана сатыыр “ньымалаах”. Семен Ермолаев бу тутан турар таһымтан атын, көстүбэт эйгэни, шизофрения таһымын тута сатааһыннаах. Ити көрдөөһүннэр. Маннык салгыы “бааһынайдааһын” бардаҕына сотору, сыанаҕа сыыҥтыы, силлии, нотуура сиэкистээһин, сыанаттан саха тылын баһааҕырдыы, үгэһи үөҕүү, өйдөбүлү атах соттор оҥостуу барыан сөп. Бу саха эстэр суола. Өскөтүн, тыйаатыр ис күүһэ, кутун туурата оннук буолар буоллаҕына. Арыый сахалыы майгытын ыһыктыбатах “Сааскы кэм” диэн В.Фомин туруорбут испэктээкилэ хаалла бадахтаах. Олоҥхо, ойуун биир киһи майгыта, биир киһи театра. Олоҥхоһут биир, ойуун биир. Дьопуоннар “Кабуки” театрдара биһиги олоҥхобутун сэргэ киһи аймах материальнайа суох, сүтэн эрэр чулуу сиэдэрэйин, шедеврын ахсааныгар киирдэ. Кинилэр бэйэлэрин быһыыларын, түҥ былыргыттан хайдах баарынан, туруорар, оонньуур дьоҕурдарын, дорҕооннуур, туттар-хаптар, хамсанар-имсэнэр, дьүһүн-бодо майгыларын үгэскэ олоҕурдан, атыны киллэрбэккэ “нотуура” илдьэ сылдьаллар. Ис чиҥнэрин, ис дьиҥнэрин ыһыктыбатахтар. Олоҥхо, ойуун этиттэриилээх эйгэтэ эмиэ оннук буолуохтаах. Саха ньымата, истиилэ олохсуйуохтаах. Саха саҥатын дорҕооно сүтэн эрэр. Нууччалыыга куучча көһөн эрэбит. Европа, нуучча ньыматын батыстыҥ да сахалаан бүтэҕин. Сахатытыы ньымата туттуллуохтаах, иитиллиэхтээх. Олоҥхо тыйаатыра оннук буолуохтаах. Сахалыы үгэһи олоҕурпатах театр – саха театра буолбат. (атын саха тыйаатырдарыгар эмиэ). Биһиги итэҕэлбит үгэскэ олоҕурар. Туох баар олохпут, майгыбыт-сигилибит, култуурабыт, өйбүт-санаабыт, билиибит-сатабылбыт үгэскэ олоҕурар. Үгэһи умуннахпытына биһиги саха буолан бүтэбит. Олоҥхо эмиэ “нотуура” сахалыы майгынан туруохтаах, ол, кэлэр сыллар сыаллара, соруктара. Онуоха дылы үөрэтиэххэ, уһуйуохха, ис дьиҥэр, чиҥэр киириэххэ, иитиэххэ наада. Олоҥхону сөргүтэргэ, уһуйааннары тэрийэргэ, үгэстэрин үөрэтэргэ, ньымаларын олохтуурга кыах баар буолла. Тыйаатыр айар көҥүлүн ким да, туох да мэһэйдээбэтэҕэ. Сахалыы үгэһи олоҕурда сатыыллара буоллар тугу да саҥарыам суох этэ. Бэйэ туһа долгуппат буоллаҕына, омук туһун иһин долгуйуу – ытык быһыы буоллаҕа. Саха маасабай култуурата – төлөбүрдээх маассабай шоу култууратыгар кубулуйда.(каков поп, таков приход). Култуура – Барыыһап чааһынай ырыынага, онно бэйэ дьоно үлэлиир. Атыылаабыт уонна атыыламмыт киһи диэҥҥэ күүскэ оҕуттулар. А.С.Барыыһап култуура монополииһыгар кубулуйда. Тыытыллыбат киһи буолла. Кини үөрэтэр, иитэр, кини оҥорор, кини атыылыыр, кини эрэ быһаарар. Борисовщина - бааһынайдааһын, үтүктээйи, коньюктуура, атыыланыы ньыматын үгэстэрэ саха сирин муннуктарыгар тийэ тарҕанна. Улуу Хоро өлөрүгэр, “сахалар эстэргит элбээбит хоролортон буолуо”- диэбитэ тийэн кэлэн иһэриттэн сөрү-диэн сөҕөбүн. Уонна “кэтинчэ быта кэтэххэ ыттыаҕа…”- диэн сахалар маны эппиттэр эбит дии саныыбын. Быт киһи иһиттэн, этин быыһыттан, кутуттан тахсар. Киһи улаханнык ыарыйдаҕына, өлөөрү гыннаҕына эмиэ тахсар дииллэрэ, саха омугун кутун-сүрүн, тыынын билиҥҥи туругун манна холуохха сөп дуо… Эһиги миигин сиилиэххит, сэмэлиэххит, сэтэриэххит, үөҕэн да туруоххутун, “баардаахха баппат буолла” диэххитин сөп. Суруйуум тустаахха өһүргэстээх буолуон эмиэ сөп. Толкуйдатыан эмиэ сөп. Баҕар эһиги караваан да буолуҥ, баҕар мин сыапка сытан үрэр саха ыта да буолуум. Хабырҕаҕа дылы хайҕабылга кыра туус кутуллубутуттан баҕар, саха санаата ситэр аһа тахсыа диэн эрэл санаалаахпын.
- Корей, дьоппуон, кытай хоролоро үгэстэрин бэйэлэрин истэригэр тута сылдьаллар. Атыны киллэрбэттэр, уратыларын суурайбаттар. Таска ыһа сатаабаттар. Кистиирдээхтэр.
- Европа хоролоро үгэһи ыһаллар, исскуственнайы баһылыыры оҥороллор.
3. Ислам хоролоро бэйлэрин киэнин таска ыһаллар. 1. Бэйэтин үгэһин искэ тутар, онно олоҕуран саҥаны ылынар саха эстэн эрэр. 2. Европа үгэһин баарынан ылынар, үтүктэр саха элбээтэ.
- Бэйэтин киэнин таска ыһа, атыылыы сылдьар саха элбээтэ.
Саха инникитигэр быһаарыылаах кэмнэр кэллилэр. Анааран, ырытан көрүҥ, эһиги да бааргыт.
Бэс ыйын 6 к. 2006 с.
§ . Редакцияттан:
Бу, Уххан култуура, духуобунас, сахалыы анаарыылар тустарынан суруйар “Сиэркилэтин” биир ыстатыйата “Кыымҥа” үстэ былааҥҥа киирэн, хаһыакка тутуллан баран, биллибэт биричиинэлэринэн уһуллан испитэ. Автор көрдөһүүтүнэн тугу да быспакка, көннөрбөккө бэчээттиибит. (Редакция санаата ааптар Уххан санаатын кытта сөп түбэспэт)
|