Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Кэпсээн [8]
Сиэркилэ [4]
Сэһэн [0]
Ырытыы [0]
Кириитикэ [1]
Үгэ [1]
Хоһооннор [30]
Остуоруйа [0]
Анаарыылар [6]
Үтүө дьон [4]
Санаа буолардаах, буолбаттах [16]
Main » Articles » Анаарыы » Үтүө дьон

Бааһынай Баһылай

Бааһынай Баһылайы 1990–с сылларга билсибитим. Оччолорго “Сахаадаҕа” үлэлиирим. “Саха кэскилэ” хамсааһыны салайсарым.Кини биһиги хамсааһыммытыгар Үөһээ Бүлүүттэн биир төһүү киһибит этэ. Ол сиэринэн билсэн, саха туһа санааҕа көрүҥнүүн, ааттыын бааһынай киһи кыттыһан барбытыгар кимин-тугун билбитим.
Баһылай төрдү-ууһу, сахалыы өйү-санааны, өйдөбүлү, үгэһи, сиэри -майгыны, тыа сирин олоҕун майгытын билэрэ-көрөрө, түҥ сахалыы төрүт өйдөбүллээх куолута сөхтөрбүтэ. Кини удьуор төрүт билиилээх киһитин өйдөөбүтүм. Аны бу куолутун олох олорор майгы, өй-санаа оҥостубут, бу олоххо онтун төһөтүн эмэ киллэрбит, туһана, тутта үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьар киһи этэ.
Алексеев Василий Иванович – Бааһынай Баһылай 1952 с. тохсунньу 13 к. Үөһээ Бүлүү Кэнтик нэһилиэгин Дьаархан аҕатын ууһугар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт.
Кэнтиккэ, Чаптар, Дьаарханнар, Хаҥалас күөбүргэннэрэ олороллор. (Күөбүргэннээн олоруу – олохтоох нэһилиэккэ тастан ойдон кэлэн сирдэнэн уоттанан олорор дьон аата, сирэ-уота суохтар – быстахтар дэнэллэр.) Нэһилиэк үс гыммыт биирэ Дьаарханнар буолуо.
Баһылай аҕата Алексеев Иван Николаевич төрүт саха -Дьаархан уустан удьуор-утум тардар. Дьаархан оҕонньор уола Дыйаҥы, онтон Дьаҕаһыал уус, онтон Дьаадьыал уус, онтон Уус Өлөксөй, онтон Кэргэн Ньукулай, онтон Иван Николаевич, үйэтин тухары учуутал, нэһилиэк биир тутаах киһитэ этэ.
Баһылай бааһынайа ийэтинэн. Кини Лесин диэн кэриим аҕабыт кыыһа үһү. Онон сиэнчэр. Бааһынай Баһылай диэн нэһилиэгин дьоно иҥэрбит ааттара. Ийэтэ Раиса Софроновна герой ийэ, учуутал идэлээх этэ. Бииргэ төрөөбүттэр эмиэ үгүстэрэ учууталлар. Удьуор уустар аныгы үйэҕэ удьуор учуутал (династиялара) буолбуттара. Баһылай кэргэнэ Клара Николаевна 27 сыл Кэнтик сэбиэтин солбуллубат сэкиритээринэн үлэлээбитэ. Кыыстара Анна Васильевна төрүт култуура, саха тылын учуутала.
Баһылай эдэриттэн чэмчэкэ, сытыы-хотуу, тэрийээччи, көҕүлээччи, богдоҕочоон ыччат буола улааппыта. Сопхуоска оробуочайдаан үлэтин саҕалаабыта.
Уратылаах киһи уратылаах. Биллэ-көстө үчүгэйдик сулууспалаан, кыра куурсу ааһан армияттан офицер чыыннаах, младшай лейтенант званиялаах кэлбит. Олоххо сыстаҕаһын, элбэх дьоҕурдааҕын таба көрөн комсомолга үлэлэтэллэр. “Үөдүгэй” сопхуос комсомольскай тэрилтэтин босхоломмут сэкиритээрэ буолар.
Тыа сиригэр бирэгэдьииртэн управляющайга тийэ үүнэр. 27 саастааҕар Үөдүгэй сопхуос Кэнтик отделениятын управляющайынан аныыллар.
Урут оттооһуҥҥа звенолар баар эбит буоллахтарына, кини үүт ыаһыҥҥа звенолары тэрийэн олохтуур. Эдэр ыччаты уопуттаах ыанньыксыттарга, сүөһү көрөөччүлэргэ сыһыартаан үлэлэтэр. Үүт ыаһыҥҥа хас ыанар ынах баһыттан икки тыһыынчалаахтар кирбиилэрин ылан куоһарар. 650 га бааһынатыттан үрдүк үүнүү ылар. 1640 тонна оту оттуур, 1200 тонна сиилэһи бэлэмниир. 100 га сиргэ хоттуоска үүннэрэн үрдүк үүнүү ылар. Республикаҕа соцкуоталаһыыга бастыыр, “Бочуот знага” уордьанынан наҕараадаланар. Нива массыына фондатыгар тиксэр. Ити көрдөрүүлэр Кэнтиккэ билигин да куоһарылла иликтэр.
Уларыта тутуу сылларыгар өй-санаа буккуллуута, арахсыыта, үрүҥ диэбиппит хара, хара диэбиппит үрүҥ буолар кэмнэрэ кэлэллэр. Онтон сопхуостары ыһыы саҕаланар.
Дьэ манна республика үрдүнэн баай, паай, сир үллэстиитэ, сопхуостар ыһыллыылара араастаан барбыта. Ол барыта оччотооҕу салайааччылар хайдахтарыттан, нэһилиэк төһө тэрээһиннээҕиттэн тутулуктаммыта. Араас барыта баара. Ону барытын ырыттахха ыраатабыт.
Кэнтиктэр хайдах ыһыллыбыттарай? Оччолорго биһиги кинилэри холобур быһыытынан тыаларга кэпсиирбит. Мин санаабар, Бүлүү эҥээригэр барытыгар буолуо, Кэнтик нэһилиэгэ бүтүннүү бастакыннан бааһынай хаһаайыстыбаларга көспүтэ.
Бааһынай Баһылайдаах сопхуос ыһыллыытыгар отделенияларын өлүүтүн аахсан ылаллар, ол; 1200 төбө ынах сүөһү, 400-чэ сылгы, 1400 га ходуһа сирэ, 600 га буола сирэ. Маны үлэһит ахсаанынан тэҥҥэ түҥэтэллэр. Бааһынайга барыаҕыҥ, диэн дьону өйдөтөллөр.
Отуттан тахса бааһынай хаһаайыстыба уонна КП тэриллибит. В.И.Алексеевы директорынан талаллар. Оччотооҕу кредиттэри туһаммыттар. Баайдарын дуолларын, сирдэрин уоттарын тэҥҥэ үллэстибиттэр, 70-ча тыраахтыры, 100-чэ массыынаны ылбыттар. Кэнтик нэһилиэнньэтэ 600-чэ киһилээх этэ.
Ыһыллыы хаһан да үчүгэй буолбат. Ол эрэн ыһыллыыны Кэнтиккэ сүрүннээн, сиэрдээхтик ыыппыттара. Оччотооҕу салайааччы Василий Иванович Алексеев дьонун-сэргэтин саҥа ырыынак олоҕор туһулаабыта. Үс сылынан бу хаһаайыстыбалар сыыйа кэтэх хаһаайыстыбаларга кубулуйбуттара. Хаһаайыстыбалар билигин чөл олороллор. 1000 кэриҥэ ынах сүөһү, 260-ча сылгы баар, 100 га ыһыылаахтар, МТС онно көмөлөһөр.
Билигин кээпэрэтииптэри тэрийии бара турар. Бүлүү бөлөхтөргө бу кыаллыбакка турар. Илин эҥээргэ ити эрдэттэн тэрээһиннээхтик барбыта. Түмүгэр бырабыыталыстыба судаарыстыба өйөбүлүн бу кээпэрэтииптэргэ эрэ биэрэбит, сайдыы кэпэрэтииптэринэн эрэ барар кыахтаах диэн быһаарбыттара. Үп-харчы өйөбүл барыта онно барда. Кэтэх хаһаайыстыбаннан олорооччу республика улахан аҥаара ытыһын сотунна. Кэтэхтэри көйгөтүтүү буолла.
Бааһынай Баһылай икки үрдүк үөрэхтээх. Биирэ оччотооҕу салайааччылар мүҥүр үөрэхтэрэ - Үрдүкү партийнай оскуола уонна СГУ саха тылын салаатын бүтэрбитэ. Кэлиҥҥи сылларга кини саха тылын учууталынан үлэлээбитэ.
Оскуола национальнай концепцията оҥоһуллар, таҥыллар кэмигэр үтүөтэ-өҥөтө, билиитэ-көрүүтэ, элбэххэ туһалаабыта.
Саха төрүт майгыларын, билиитин тарҕатыыга, үгэһи олоҕурдууга , итэҕэл сиэригэр дьаныардаахтык үлэлээбитэ, үлэлиир даҕаны.
Ааспыт быыбарга нэһилиэгин дьоно кинини баһылыгынан талбыта.
Кини үлэлиир кэмигэр, муниципальнай тэриллиигэ нэһилиэк хааччыллыылаахтык, сырыынньатык, этэҥҥэ көһүү оҥордо.
Нэһилиэгэр цифровой сибээс киирдэ.
200 миэстэлээх таас оскуола бырайыактанан, бюджетка киирэн, тутуута саҕаланна.
Тимир уустарын киинэ диэн музейдаах, үөрэтэр – иитэр эйгэлээх таас тутуу үбүлээһиҥҥэ киирэн, тутуута эмиэ саҕаланна.
Нэһилиэги гаастааһыҥҥа, Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин кытта тэҥҥэ киирэр бырайыага оҥоһуллан бигэргэнэн турар. Итини барытын тэрийэн ситиһэргэ баһылык хайдаҕа көстө сылдьар.
Кэнтик урут да ырыа-тойук, ВИА-лар, РОК –ка саха муусуката үөскүүрүгэр сайдарыгар тэбиктээх дойду этэ. Билигин да тойук-олоҥхо, оһуохай түһүлгэтин үгэскэ олоҕурдан ыытар. Оһуокай, тойук, саха фольклорун туһугар олоҕун анаабыт Михаил Мойтохонов кэриэһигэр оһуокай, тойук түһүлгэтин бэрт ситиһиилээхтик тэрийэн ыыттылар. Нэһилиэк үгэскэ көлүөнэни иитэр.

“Ытык киһи ыччата, төрүт сир төрүөҕэ”.
саха домноох этиитэ.
Бааһынай Баһылай өйүнэн санаатынан, кутунан сүрүнэн кимий?
Омук омуктан, киһи киһиттэн, бааһынай бааһынайтан уратылаах. Кини икки саары икки ардыгар тэйбэҥээбэтэх киһи. Сахалыы хаан төрдүн кытаанахтык туппут киһи.
Ааттаах кэпсээнньиит, олохтоох куолуһут. Элбэх номоҕу, үһүйээни иһигэр илдьэ сылдьар. Киһи тартаран олорон истэриҥ, кэпсэлин көрөн кэлэриҥ курдук кэпсиир. Оннук киһи сэдэх.
Өйдөбүллэри тылбаастааһыҥҥа, сахатытыыга, саха үһүйээннэригэр, номохторугар, олох олоруу сиэригэр, майгытыгар, оҕону иитиигэ элбэх туспа көрүүлэрдээх, онтун олоххо киллэрэргэ республикаҕа биллэр гына таһаарбыта.
Баһылай, Тумус Мэхээлэлиин кыттыһан “Отуор сабарай” уонна “Сабарай ахсаана “ диэн тарбах суотуттан матымаатыка буолан тахсар ахсаан суотун кинигэтин таһаарбыт, ахсаан суотун төрдүн сахалар тута сылдьаллар диэн көрдөрбүт, дакаастаабыт дьоннортон биирдэстэрэ.
Тарбах суотун туох диэбиттэрин билээри матымаатыка энциклопедиятын өҥөйөн көрдүм. “Матымаатыка тарбах суотуттан тахсыбыта, тарбах суота ситэ үөрэтиллибэккэ сылдьар эйгэ” диэн этиллибит. Сахаларга мантан тахсан, энцикдопедияҕа киирэр сиэр, хайаҕас баарын көрдүм. Биир эмэ үөрэхтээх ону дьолоҕойугар тохтотон дьарыктаныан сөп этэ.
Кут-сүр үөрэҕин ньыматыгар кинигэтэ оҥоһуллан баран тахса илик.
Оҕону сахалыы иитиигэ уонча кыра кинигэлэрэ таҕыста, кинигэлэргэ киирдэ.
Билигин Үөһээ Бүлүү остуоруйатын суруйбут электроннай вариана тарҕана сылдьар.
“Уус төрдүгэр номох” диэн Тимофей Степанов хартыыналарыгар анаммыт номох-киинэтэ тарҕанна.
Кэнтик нэһилиэгин остуоруйатын бэчээккэ бэлэмнээн эрэр.
Бааһынай Баһылай дьиҥнээхтик сахатытыыннан дьарыктанар, дьиҥнээх үгэскэ олоҕурбут удьуор уус төрүттээх сэһэн. Бүлүү улуустарын “Итэҕэл” түмсүүлэрин салайааччыта, Үөһээ Бүлүү баһылыктарын ассоциацияларын солбуйар бэрэссэдээтэлэ.
Баһылыктар, тойоттор ыалдьыттарын көрсөр, ыалдьыттыыр үгэстэрэ баар. Үгүстэр (ордук киин сиргэ) эрэстэрээҥҥэ, банкыакка, баанньыкка көрсүһүү оҥороллор. Айах, амтан бырааһынньыгын, куртах кыһалҕатын, сарсыардааҥҥы төбө ыарыытын тэрийэллэр. Ас, арыгы арааһыгар арааба буолуохтарыгар дылы ампаалыктаталлар, оччоҕо эрэ астыналлар.
Бааһынай Баһылай ыалдьыттыыр киһитин сайылыгар, балыктыыр, бултуур сиригэр сырытыннаран балыктатан, бултатан, сайын кумаарга, бырдахха сиэтэн, кыһын тоҥорон тыа олоҕун амсатар идэлээҕин бары кэпсииллэр.
Ол сылдьан бэйэтин сайылыгын, номоххо киирбит “Ньургуһун уонна Лоокуут” олорбут “Оҕуруос” күөлүн таһыгар, Арҕаа Атырдьахха сахалыы балаҕаныгар илдьиэҕэ. Бу былыргы сэһэн төрдө дойду.
Эн онно бардаххына;
Оҕуруос күөлүттэн, Арҕаа, Илин Атырдьахтарынан, Маҥан Кэрэҕинэн, Тоҥку тумулун анараа өттүгэр Улүү Үөдүгэй олоҕун көрө-көрөҕүн Кэнтик Оттоох Эбэҕэ тийиэҕиҥ. Ити Ойуунускай “Кыһыл Ойуунугар” суруллубут Саһыл ойуун суолун батыһан Хатыҥ Ураһалаахха үктэнэҕин. Ол алаас хоту эҥээригэр, Тоһор балаҕаныгар Советскай союз геройа Миронов күн сирин көрбүтүн туһунан ким да билбэт диэн, Бааһынай киэн тутта кэпсиэҕэ.
Оҕуруостан соҕуруу таҕыстаххына, “Нургуһун уонна Лоокуут” сэһэҥҥэ баар Күһэҥэй баай олоҕор кэлэҕин. Ону салгыы ааһаҥҥын бу номоҕу хомуйбут суруйааччы Дьүөгэ Ааныстыырап олоҕун хаҥас диэкки көрө-көрөҕүн ааһан, Улуу Чап уустарын олохторугар тиҥ гына түһүөҕүҥ. Манна Чаптар туһунан кэпсэтэн, чапкыт өрө көбөн добуочча уһуугут.
Оҕуруос күөлтэн хоту таҕыстаххына, Мардьааһай кинээс олоҕор тийэн мардьаллан тураргын билиэҕиҥ. Илин өттүнэн ааһаҥҥын Үрдүк Бэс буодьулаах суулла турар хампа кытыллаах Улуу Дьаарханнар олохторугар дьаадьас гыныаҕыҥ. Бааһынай, бу, өбүгэрим олохторо диэн, саха төрдө буолбут улуу Дьаархаттар үөһэттэн, Дойду ууһуттан быстан, сорохторо манна түспүттэрин, Дойдууһа Дьаархан хайдах хаҥалас буолтун, Мунньаҥ, Тыгын, нөөрүктээйилэр, наахаралар тустарынан балачча сэһэргиэҕэ. Ол баа буолбат.
Арҕаа таҕыстаххына, Үс Бүлүү төрдө буолбут Эллэй Боотур аҕата Тайма Татаар уолаттарын Дьоонуга, Дьоргуодай олохторугар тийиэҕиҥ.
- “Эллэй мантан, аҕатын Тайма Татаары хааһахха уган Туймаадаҕа түспүтэ дуо?”- диэн, бөтө бэрдэрэн, тыын ыла түһэн баран, мөккүһэ таарыйа син балачча буолаҕын. “Учуонайдар тугу сымыйалаабыттарай, чугас да баар эбит буолбаат” – диэн чыпчырына-чыпчырына салгыы бараҕыт. Ону ааһан иһэн Үөһээ Бүлүү бастакы кулубата Сарыак Сараапап баай олоҕун таарыйаҕын. Манна туран Бааһынай улууһун кэлиҥҥи кулубаларын Донускуойга тийэ, билиҥҥи олоҕу кэпсэппэккэ эрэ буолбат. Тумууһаптары, Баскачыыннары, үп миниистирэ Айсен Ньукулаайапка тийэ куолулаан турдаҕына киэһэрэҕит.
Онтон салгыы мүччү түһэн, Тоҥ Торой олоҕунан аатырбыт-суолурбут тимир болуо таастаах Тоҥуо үрэҕин булаҕын. Манна “Буор хайа” дьогдьойор саалыгар икки тимири уһаарар кыһа оһохтор
сэмнэхтэрин тула сэрэнэ хаамыаххыт. Былыр манна 40-ча кыһалаах уус көмөлөһөөччүлэрин кытта тэҥҥэ кэлэн тимир уһааралларын Баһылай быһаарыа. Ол туоһута бу баар диэн Тоҥуо хайатын хампа кытылыгар өбүгэ саҕаттан өрөһөлөммүт тимир сааҕа оппуоха дьапталҕаламмыта уруһуй буолан турарын көрдөрүө.
Былыр нуучча бастаан кэлиитигэр, Өлүөнэ арҕаа эҥээрэ бүтүннүү Өлөөн уокуруга дэнэрэ. 1628 с. Кэнтик Тэйэр Хайатын үрдүгэр Оленск диэн куорат олоҕун түһэрэ сылдьыбыттарын, олорбут сирдэрэ “Нуучча арыыта” диэн билиҥҥэ дылы ааттанарын, онтон табыллыбакка куорат олоҕун Нам Балаҕаннааҕар көһөрөн “Наместник” диэн сиргэ Оленск куораты тутан уонча сыл олорбуттарын. Улахан уу ылан, билигин Бүлүү куората турар сиригэр саҥа куорат тутан Бүлүү диэн ааттаабыттарын туһунан Баһылай кэпсээнэ уһаан-кэҥээн барыаҕа. “Кэнтик” диэн тоҕо аатаммытый диэн ыйытан быстарар буолаайаҕын, Кэнтик диэн “кэнэҕэскини тик” диэнтэн иннэ-кэннэ көстүбэт сэһэни тоҕо тардыаҕыҥ…
Баҕар манна, кэмэ буоллаҕына быһыт көрүөххүт. Бу сылдьан тоҕоостоох сиригэр түбэһиннэрэн Үөдүгэй сириттэн төрүттээх Үҥкээбил, Үрэн Хоһуун, Күрэнчэ Боотур, Тиис ойуун уо.да тустарынан сэһэргиэҕэ.
Дьэ, ити, уонунан үйэлэргэ уостан түспэтэх улуу номох дьонун сирдэринэн-уоттарынан дьаарбайа таарыйа сырыттаҕыҥ. Аныгы олох сиэринэн алдьаммыт-кээһэммит да буоллар номох-үһүйээн дойдутун устун, итээбитиҥ ис хоһоонунан туола илэ хаампыккын, таах-сибиэ бириэмэни сиэбэтэххин өйдүөҕүҥ.
Эрэстэрээн хатыыһын оннугар борулуччу буспут бороҥ мундуну тото сиэҥ. Хотугу кыспа чыыр оннугар, быччыкы балыгынан үтэлэниэҕиҥ. Кус кэмэ буоллаҕына чыккый миинин амсайыаҥ. Куобах кэмэ буоллаҕынан куобах сиэҥ. Кутаа оттон, сөһүргэстээн сыта эрэн, хойуу үүттээх чээй иһэ- иһэ былыргыттан билиҥҥигэ ситимнээн көһөн, аныгы олох сиэрин, кэлэн иһэр кэскил майгытын кэпсэтиэххит. Арыы, сүөгэй, бырпах да баар буолуон сөп. Тэрийэ үөрүйэх Баһылай кэргэнэ Кылаара буһарбыт лэппээскэтэ, алаадьыта да матаҕаттан хостонуо, сыалаах да эт көстүөн сөп. Бааһынай кэтэҕэр 20-чэ ынах, 20-чэ сылгы сүөһүлээх, 70- ча га ходуһалаах. Кыанар ыал. Дьэ, оннук киһи, Бааһынай Баһылай.
Дьиҥ кырдьык – хааҥҥа. Ытык киһи ыччата, төрүт сир төрүөҕэ төрдө этэ, түбүрэҕэ күөрэйэ туруоҕа.
В.И.Алексеев – Бааһынай Баһылай, Кэнтик нэһилиэгин баһылыга, өйүн санаатын үгэнигэр, ханнык баҕарар үрдүк салайар үлэҕэ үлэлиир кыахтаах, киэҥ көрүүлээх, кэскили түстүүр түс-бас киһибит 55 сааһын томтойо туолла. Мин кинини саха туһа санаабынан астынан, махтайан туран эҕэрдэлиибин. Эҕэрдэ буоллун эйиэхэ, сахатааҕар сахалыы, саха бааһынайыгар, үтүө- мааны киһиэхэ!

Category: Үтүө дьон | Added by: uhhan (2007-09-16)
Views: 6062 | Comments: 3 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 2
2 Aundre  
I didn't know where to find this info then kaobom it was here.

1 Чээнэ  
Бааьынай икки, оссо сэттэ сирэй киьи. Фолькхистори элээмэтэ. Бааьынай ол иьин мэйиитэ икки аны улэлиир: биирэ нууччалар, танарыьыттар диэки, биирэ сахалар диэки, еврей дьаарайа. былаас аайы сэлээппэтин таннары кэтэр киьи.

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 18
Ыалдьыттар (гостей): 18
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024