Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Кэпсээн [8]
Сиэркилэ [4]
Сэһэн [0]
Ырытыы [0]
Кириитикэ [1]
Үгэ [1]
Хоһооннор [30]
Остуоруйа [0]
Анаарыылар [6]
Үтүө дьон [4]
Санаа буолардаах, буолбаттах [16]
Main » Articles » Анаарыы » Үтүө дьон

Омук кэрэтин кэрэһитэ

Омук кэрэһитэ, киэн туттуута, дьон дьуһууна, киһи килбиэнэ, кэм кэрэһиттэрэ диэн өйдөбүллэр бааллар. Хайдахтаах да тутулга, хайдахтаах да кэмҥэ кэрдиигэ, омук бэйэтин тыынын илдьэ сылдьар айылҕаттан айдарыылаах, тэрийэр, салайар, айар­ тутар, кимэр­киирсэр күөн туттар уратылаах дьоннордоох буолар.
Оннук дьон олохторунан олох устуоруйата суруллар. Сыана быһыллар. Бу омук туһунан өйдөбүл үөскүүр. Бу бэлиэ, кэм сиин бэлиэтин, (символын) кэриэтэ буолар дьоннор олорбут олохторо кэпсэлгэ­ыаһахха, сэһэҥҥэ­тэптэлгэ, сурахха­садьыкка, онтон номоххо­үһүйээҥҥэ кубулуйаллар.
Кинилэр олохторун нөҥүө омук бэйэтин үтүө үгэстэрин, мөкү да өрүттэрин, итэҕэлин­эрэлин, майгытын­ сигилитин, быһыытын­ таһаатын, өйүн­ санаатын биһирэмнээх да омсолоох да өрүттэрин ойуулуур, дьүһүннүүр.
Бу , биһи аттыбытыгар баар дьоннор холобур буолар олохторо, сорохтор, кэмигэр өйдөммөтөх, өйөммөтөх дьулуспут дьулуурдара, сыаналамматах сыралара барыта омук билиҥҥи тыыныгар иҥэ сылдьар.
Ааспыт үйэҕэ, саха омугу омук дэппит, саха ­һахатынан кэрэтин бигэргэппит биир улуу киһиннэн С.А.Зверев ­ Кыыл Уола буолар.
Кини тыына саха итэҕэлин Ытык Тойугар ­ Ыһыахха иҥмитэ. Ыһыах ­ омук тыына тыыннаах. Саха, омук быһыытынан көйгөтүллэр, күөмчүлэнэр ааспыт үйэбитигэр Сунтаар улууһа, ыһыах тыынын ыһыктыбакка, үгэһи, сиэри­ туому, ыллыыр­ туойар сахалыы ньыманы, үҥкүүнү, ол аата, төрүт култуурабытын илдьэ кэлбит, утумун, ситимин быспатах үтүө өҥөлөөх Ытык дойду буолар. С.А.Зверев курдук омук тыынын илдьэ сылдьааччылар баар буолан.
Бүгүн кэпсиэхтээх киһим, Николай Егорович Тимофеев Зверев кэнниттэн Сунтаарга ыһыах тыынын утумнаан илдьэ хаалбыттартан биирдэстэрэ буолар. Омук тыынын утумнаан идьэ сылдьыы, ону тарҕатыы айылҕалаах дьоҥҥо бэриллэр. Кинилэр саха туһугар суолталара омук быһыытынан киһилии олоххо тыыннаахтарыгар өрө тутуллуохтаах. Кэрэ холобурун, уратыбыт улуутун, бар туһа кыһамньы чулуутун быһыытынан сыналаныахтаах.
Николай Тимофеев айылҕатынан тойуксут, үҥкүү тылын этээччи, алгысчыт. Бу үс ытык идэни тэҥинэн баһылаабыт киһи. Маныаха эбии тэрийээччи, салайааччы, киһилии киһи. Бу орто дойду олоҕун сүнньүн тутарга ирдэнэр сүрүн идэлэр. Кэргэн, ыал аҕатын, аҕа ууһун баһылыгын быһыытынан түс­бас , үтүө­ мааны майгы­ сигили буоллаҕа. Дэҥҥэ көстөр ис хоһоонноох, ис чиҥнээх киһи. Мин, бу үс төгүл үс тоҕус хаачыстыбатын этэн туран, чахчы да алгыс тылын көтөҕөр, ол алгыһын тылын тийэрдэр киһиннэн ааҕабын.
С.А Зверев 100 сылыгар айылҕаны кытта ситимнээх хас да дьиктилэр буолбуттарын илэ бэйэбинэн билэн турабын. Ол туспа кэпсээн.
Сунтаарга ыһыах аһыллыытыгар Н.Е Тимофеев алгыстаабыта. Ол онно илгэлээх ардах ибиирэн ыла­ ыла халлаан аһыллан кэлбитигэр уонунан тыһыынча киһи алгыс тыына Айыыларга көтөҕүллэрин билбиттэрэ. М.Е Николаев онно баара. Кыыл Уолун ытык аатыгар ыһыахтар Сунтаар нэһилиэктэринэн тоҕүс күн устата барбыттара. Айылҕа бэйэтэ анаабытын курдуга.
Арай биирдэ, куоракка, ол дьылга Сунтаар ыһыаҕын тэрийэр хамыыһыйа тойонунан анаммын Ил Түмэн депутаата Семен Березин дьиэбэр киирэн кэлбитэ. Бүлүүлүүр суолга Сунтаардар ыһыахтыыр сирдэригэр тойон сэргэбитин хас да сиринэн тоҥсоҕой курдары тобулан кэбиспит диэн буолбута. Ыһыаҕы ыытарга ким да сөбүлэммэт. Арсен Зверев ыалдьан хааллым диэтэ. Эйигин ыйан ыытта диэн буолла. Мин, Сунтаар Ньурба ыһыахтыыр сирдэригэр тоҥсоҕой буулаабытын эрдэ истибитим. Тахсан көрө сылдьыбытым.
Сунтаар ыһыахтыыр сиригэр тийэ сылдьан биир көтөрү сырсан харааччы мунан хаалбыппыт, биир уоллуун. Сорох дьоммут массыынаҕа хаалбыттара. Күһүөрү түүн ыас хараҥаҕа биир тиит анныгар хонон турбуппут. Сарсыарда биир көлүкэни үстэ эргийбитим. Хайдах да бардарбын хоммут сирбэр эргийэн кэлэ турубутум. Туох эрэ муокастыыр диэн олохтоохтук итэҕэйэн, хайдах буоларбын тобула сатыы олорбутум…
Чаас аҥарынан масыынабыт турар сиригэр, Тойон сэргэ аттыгар тахсан кэлбиппит. Дьоннорбут ханна да барбакка суукка кэриҥэ кэтэһэн олорбут этилэр. Ити дьиэкки улахан дьоннор сыталлар үһү. Дьэ ол иһин ыһыахтыыр сири көһөрүөххэ, олох кыаллыбат буоллаҕына уруккуну сэргэни харайыахха, саҥаны туруоран көрүөххэ диэбитим.
Ыһыахтыыр сирбитигэр тахсан көрбүппүт сэттэ, дьөлөҕөс, ортотугар үһүс уйаҕа көтөр төрөөн сытара. Сунтаар түмсүү оччотооҕу баһылыга К.Е. Иванову, С.М.Березины, Н.Е.Тимофеевы В.У.Николаевы, Тэриһи, уонна бу сэргэни оҥотторон туруорбут Вильям Федоровы ыҥыран сүбэлэспиппит. Сиэр­ туом оҥорон эргэни харайан, саҥаны туруоран кэбиспиппит.
Ити ыһыахха сиэрдэринэн арааран, туомнарын аттаран үс алгысчытынан ыһыах аһыллыытын ыыппытым. Табыллыбыта. Ол ыһыахха М.Е Николаев элбэх депутааттар бааллара. Н.Е.Тимофеев бу ыһыаҕы биир саамай табыллыбыттарынан ааттаабыта.
Ити кэнниттэн куоракка, быйылгы, Сунтаардар ыһыахтарын сиэрин­ туомун ыыт диэбиттэригэр, ыһыахтыыр сири уларытан Үс Хатыҥ диэкки саҥа сир ылан ыытарга быһаарбыппыт. Николай Егорович, И.Ф.Васильев, Дмитрий Иванов сүрүн алгыстары көтөхпүттэрэ. Күнү көрсүүнү Вадим Константиновка ыыттарбытым. Эдэрчилэртэн бу Дмитрий Иванов алгыһыгар, сиэри­ туому толорууга чахчы үчүгэй буолар чинчилээх. Тойуктаах киэнэ бэрдэ, үҥкүү тылын этиигэ эдэрдэргэ 10­ча сыл республикаҕа иннин биэрбэккэ сылдьыбыта. Алгыска эмиэ сыстан, оттомноохтук, олохтоохтук сыыйа киирэн иһэр. Вадим Константинов эмиэ ситэн­ хотон эрэр. Быйыл оһуохайыгар республикаҕа бастаата, Дархан этээччи аатын ылла. Кырдьаҕастарбытын солбуйуох дьоммут кинилэр дии саныыбын.
Аны туран, быйыл, Орто Халама улууһун аҕа баһылыга Владимир Григорьев :– “Улууһум ыһыаҕын, сахалыы сиэринэн ыытан кулу, биһиэнэ нууччалыы­ сахалыы буккуйан барааччы“­ диэтэ. Сэһэргэһэн, сүбэлэһэн баран барар буоллум. Николай Егоровиһы тылбар киллэрэн Орто Халымаҕа көттүбүт.
Халымалар барахсаттар ытыс үрдүгэр түһэрэн, тэрээһиҥҥэ күүскэ ылсан үлэлэстилэр. Олохтоох алгысчыттары кытта, сэттэ сиэри туому толоруохтаахпыт, сүрүн алгыһы Николай Егорович көтөҕүөхтээх. Ыһыахпыт инниттэн халлааммыт хотуттан тыалыран, тымныйан барбыта. Барометр тыалы, тымныыны, ардаҕа көрдөрөр диэн буолла. Ыһыахха хаар да түһээччи диэтилэр. Гостиницабытыгар сытан сүбэлэһэбит. Эбэҕэ киирэ сырыттыбыт…
Ыһыахтыыр сарсыардабытыгар син биир тымныы, халлаан былытынан бүрүллэн турбута. Ыһыах аһыллыытын сиэрин­ туомун саҕалаатыбыт. Николай Егорович алгыһын кэмигэр олох бүтэй турбут халлаан ортотуһан арыллан күммүт тыган кэллэ. Эбиитин, сиэр­туом бүппүтэн кэннэ ыһыахтыыр сирбит үрдүнэн чугаһынан кубалар көтөн аастылар. Дьэ тыбылынныбыт диэн буолла. Олохтоохтор улаханнык астынан махтал тылларын эппиттэрэ.
Үөһээ, Аллараа Халымалартан кэлбит ыалдьыттар (нууччалар)– :“бу кубалары анаан килиэккэҕэ тута сытан баран сценарий быһыытынан ыыттыгыт дуо?“ – диэн ыйыталлар диэтилэр. Сарсыныгар Сыбаатайдар түмсүүлэригэр Халыма кытылыгар киирдибит. Николай Егорович алҕаан баран туойа турдаҕына кубаларбыт эмиэ тийэн кэллилэр. Дьон үөрүү бөҕө. Киһи санаата көнөрө, табыллара оннук буоллаҕа. Аны оһуохайдаатыбыт. Ол сырыттахпытына милииссийэ массыыната тиҥинээн кэлэн тэйиччи турунан кэбистэ. Туох буоллаҕай диэн ыйыталаспыппыт Бүлүү диэккиттэн төрүттээх милииссийэ начаалньыга оһуохайы истэн сүрэҕэ батарбакка тийэн кэлбит. Эмиэ үөрүү­ көтүү бөҕө буоллубут.
Сарсыныгар, улууспут баһылыга улуус актыыбын мунньан, ыһыах хайдах ааспытын, алгыс, сиэр­туом үтүө суолтатын холобурдаан улаханнык махтаммыттара. Ыһыахтыыр анал сир тэринэр наадалааҕын, төрүт култуура дириҥ суолтатын анаан эппитэ. Алыс бэркэ сылдьыбыппыт диэн Николай Егорович сыаналыыр.
Ыһыах ыһыллыытын тэрээһинигэр, аһыллыытын сиэрэ­туома, алгыһа сүрүн быһаарар Ытык суолталаах. Маны таһынан, күнү көрсүүҥ, дойду иччитигэр, сабыллыытын о.д.а сиэрэ­туома барыта холбоһон ыһыах – саха итэҕэлин Ытык Тойо буолар ис хоһооннонор. Сиэр­ туом толоруллуута, оһуохай, илии­атах оонньуулара, быһыйдар­хапсаҕайдар, бөҕөлөр, мадьынылар күөнтэһиилэрэ, кэрэлэри кэрэхсээһин, ат сүүрдүүтэ, ырыа­ тойук барыта КӨХ, ыһыах көҕө диэни үөскэтэр. Ыһыах көҕө суох буолла да “оҥоһуу“ буолар. Үөрүүгэ­көтүүгэ кыттыспат, туораттан көрүүгэ­истиигэ анаммыт “мероприятияҕа“ кубулуйар. Кэлиҥҥи кэмҥэ ыһыах көҕө суох, ол аата ыһыаҕы суолталаабат буолуу, көннөрү мероприятия таһымыгар түһэрии баран эрэр. Ол барыта саха итэҕэлин, сиэрин­ туомун, алгыһы баардыылаабат буолууттан. Эрдэттэн бэлэмнэммэт, дьону­сэргэни кытта үлэни ыыппат буолууттан.
Быйылгы Манчаары ыһыаҕар итиччэ үлүгэрдээх тутууну ыытан, үбү­харчыны ороскуоттаан туран сиэрин ­ туомун ис хоһоонугар, оһуохайыгар, ыһыах көҕүн тэрийиигэ, сахалыы тыыны киллэриигэ кыамматылар дуу диэн тус бэйэм санаалаахпын. Ыһыах үйэлээх үгэһин тыынын илдьэ сылдьар биир эмэ тэрээһиннээх киһини булан суруннэппиттэрэ буоллар табыллара хаалла дии санаабытым.
Манна даҕатан эттэххэ, Б.Ельцин Тааттаҕа сылдьыбыт ыһыаҕар, Бүлүү эҥээриттэн ыҥырыллан кэлбит ааттаах­суоллаах үҥкүү тылын этээччилэр бэйэ ­ бэйэлэрин кытта оһуохайдыы сатаан баран, күлүк сиргэ кэпсэтэ туралларын санаан кэллим. Миэхэ саҥара тоһубуттара: –“Бу туох ааттаах үлүгэрэй, үҥкүүгэ олох киирбэт дьон эбит, эгэ үтүктээччи баар буолуо дуо, зоопоркаҕа курдук биһигини ыраахтан көрөллөр, тоҕо бэрдэй, хайдах буолабыт, саха эстибит дойдута эбит, көх, тыын да биллибэт…“–диэн буолла. Ону туох диэм баарай, улуус­улуус, сир­сир аайы бэйэтэ туспа тыыннаах, сүрдээх буоллаҕа…
Ыһыах оһуохайа суох буолбат. Ыһыах сүрүн көҕүн, көрүн тыынын оһуохай тутар. Николай Егорович ыһыах тыынын тутар, көҕүн көҕүлүүр Дархан этээччи буоллаҕа.
Ырыа­ тойук, оһуохай, алгыс, итини барытын түмэр ыһыах суолтата омук тыына уһууругар, дуу кылгыырыгар дуу сытар. Сиэрбитигэр­­ туоммутугар , омукпут үгэс буолбут итэҕэлигэр бэйэбит сыһыаммыт ыһыахпытыгар сыһыаммытыттан ырылхайдык көстөр.
Улуу Туймаада ыһыаҕар оһуохай түһүлгэтин, кытыыга, киин диэкки иһиллэбэт “мэһэйдээбэт“ сиргэ таһааран кэбиспиттэрэ. Ол онно анаан­ минээн көрдөөн булан тийэҕин. Ыһыах дьонугар оһуохай мэһэйдиэ диэтэхтэрэ дуу. Хайа өйдөөх­ санаалаах киһи маннык дьаһайбытын сатаан санаабаппын. Оһуохайга, хорчуоппаттан атын бары мероприятиялары тохтотон туран анал бириэмэ, чаас анаан, күн аайы киин түһүлгэни биэрэн бар дьону оһуохайга кытыннарыахха . Оччотугар эрэ ыһыах сүрүн тыына – оһуохай көҕө кэлиэ. Николай Егорович манна сөбүлэһэр, сахалыы тыыннаах бары да сөбүлэһэрэ буолуо дии саныыбын.
90­ сылларга, Сунтаарга биир концерга сылдьыбытым. 0л онно биир эдэрчи киһи тахсан “Мин сүрэҕим“ диэн С.А.Зверев тойугун туойан дьырылатта ээ. Этим­ хааным куодатынан иҥэн киирбитэ, ол тойук, ол кэрэ, дьикти куолас.
Кимий диэбиппин, Николай Тимофеев улахан уола Дьөгүөр диэбиттэрэ. Аҕатын утумнуох киһи баар эбит диэн үөрэ да санаабытым. Кэлин киэҥ эйгэҕэ биллибэт, көстүбэт. Сахалыы сиэринэн кэмин кэтэһэрэ буолуо диэн саныыбын.
Николай Тимофеев 75 сааһын бэлиэтиир. Сөпкө эттэххэ биһиги, кини бэйэлээх саха туһа үтүөтүн­ өҥөтүн, алгыстаах олоҕун тойуктаах тоҕойдорун, үтүөлээх үҥкүүтүн бэлиэтээн Үрүҥ Күҥҥэ үҥэ­сүктэ сүгүрүйэбит.
Аан Ийэ дойду алгыһынан көтөҕүллэн турар диэн баар. Алгысчыт биһиги олохпут сатаныытын, табыллыытын суолун көтөҕөр, дьолу­ соргуну түстүүр. Ытык кырдьаҕаспыт, эн бэлиэ күнүҥ бар дьоҥҥор үтүө алгыс буолуохтун!

Category: Үтүө дьон | Added by: uhhan (2007-09-16)
Views: 3737 | Comments: 1 | Rating: 4.7/3 |
Total comments: 1
1 ket  
Николай Егорович Тимофеев уо.д.а. үҥкүү этээччилэр тустарынан сиһилии хантан билиэххэ сөбүй? Сэһэргэһиэхпин баҕарабын. Олус интириэһинэй дьон. Котнактнай дааннайдары ким билэр миэхэ бука баһаалыста эл.почтабар булан ыыттаргыт махтаныам этэ.

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 55
Ыалдьыттар (гостей): 55
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024