Көҥүл санаалаах «Уххан сирэ» , "Саха сирин общественнай экспертизата" общественнай тэрилтэ, «Көҥүл Санаа» диэн хаһыатын бастакы ньүөмэрин бэйэтин хонуутугар таһаарар. Болҕойуҥ, ааҕыҥ!
Уххан
Федот Колесов
ОЛОҔУ КӨҤҮЛ САНАА ЭРЭ САЙЫННАРАР
Арассыыйаҕа көҥүл санаа этиллэрэ хаһан да биһирэммэт этэ. Ол да буоллар Арассыыйаҕа сайдыы кэмнэрэ көҥүлү кытта быһаччы сибээстээхтэр. Ити Кэтириинэ ыраахтааҕы саҕаттан XXI үйэҕэ тиийэ Арассыыйа олоҕун батыстахха арылхайдык көстөр. Интэриэһинэйэ, ол көҥүл тыыныгар олоҕуран былааска кэлбиттэр тута ол көҥүлү суох гына сатыыллар. Ити Арассыыйа уопсастыбаннай ыарыыта. Көҥүлү "өрө тутан", былааска кэлбит бассабыыктар 70 сыл айахпытын бүөлээн ”быр бааччы", олордохпутуна, аны Горбачев "плюрализм мнений", диэн айахпытын аһан, олохпут түөрэ эргийэн, көҥүл тыынын саҥа эҕирийэн эрдэхпитинэ эмиэ... Бүгүн Арассыыйаҕа биир даҕаны судаарыстыбаттан тутулуга суох тэлэбиисэр ханаала суох. Араадьыйалартан ”Эхо Москвы", араадьыйаттан ураты эмиэ көҥүллук саҥарааччы суох буолла. Ити сэбиэскэй кэмнэртэн туох да уратыта суох көстүү. Бүгүн иһитиннэрэн-биллэрэн иһэр сириэстибэлэр эмиэ сэбиэскэй кэмнэрдээҕи курдук былааһы эрэ хайҕаан тахсаллара быраабьла буолла. Саха сиригэр омос көрдөххө көҥүл санааны сайа этэр хаһыаттар баар курдуктар эрээри, дьиҥ иһигэр киирдэххэ оннук буолбатах. Тэлэбиисэр, араадьыйа туһунан этэ да барыллыбат. Киһи-аймах олоҕун тыл сүрүннүүр. Ити айылҕа сокуона. Ким тылы хайдах туттары баһылаабыт ол хаһаайын. Холобура сэбиэскэй саҕана биһиги 100 бырыһыан кэриэтэ былааһы итэҕэйэр этибит. Капиталистары ис сүрэхпититтэн абааһы көрөрбүт. ”Күөх истэр", диэн ааттыырбыт. Ол төрүөхпүтүттэн баар биир эрэ пропаганданы итэҕэйэн. Бүгүн Хотугу Корея норуота ис сүрэҕиттэн Ким Чен Иргэ сүгүрүйэр, киниэхэ итэҕэйэр. Куба норуота 40-ча сыл Фидель Кастроны таҥара оҥостон кэллэ, аны кини быраатын Рауль Кастроны мөккүөрэ суох ылынна. Ол эрэн ити дойдуларга тыл көҥүлэ киирдэҕинэ балаһыанньа тосту уларыйарын биһиги билигин билэбит. Онтон Куба, Хотугу Корея о.д.а. диктаторскай режимнээх дойдулар норуоттара, тыл көҥүлэ суох буолан ону билбэттэр. Тоҕо ити дойдуларга, кэнники кэмҥэ Арассыыйаҕа эмиэ тыл көҥүлэ суоҕуй? Уонна уопсайынан тоҕо көнүл санааны саба баттыы сатыылларый, ол иһигэр Арассыыйаҕа эмиэ? Былааска олорооччулар былааһы биэриэхтэрин баҕарбаттарыттан. Тоҕо биэриэхтэрин баҕарбаттарый? Маны бэйэҕит толкуйдааҥ. Хомойуох иһин бу сылларга Арассыыйаҕа тыл көҥүлэ бохсулунна. Ону билиҥҥи пропаганда стабилизация буолла диэн ааттыыр. Көҥүл сарбыллыыта хаһан да үчүгэйгэ тиэрдибэтин киһи-аймах дьылҕатын хаамыыта көрдөрөр. Ону ким да мэлдьэспэтэ буолуо эрээри...былаас минньигэс олбоҕо өссө күүстээҕин көрөн итэҕэйэн олоробут. Чэ ол туһунан кэлин. Бугун биһиги Эһиэхэ ааҕааччыларга тоҕо итиччэ уһуннук көҥүл туһунан лэбэйдээтигит диир буоллахха, эппиэтэ биир. Биһиги көҥүл тыл, кимтэн да тутулуга суох тыл төһө кыалларынан баар буолуохтаах, оччоҕо эрэ олох киһилии сиэринэн сайдар диэн ааҕабыт. Биһиги, норуот ити былааска олорор чиновниктартан хайдах да акаары буолуон сатаммат диэн ааҕабыт. Былааска кэлбит киһини таҥара оҥостуу хаһан да үтүөнү аҕалбатаҕа. Ол туһуттан бу хаһыат диэн ааттаан, сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн 999 тиражтаах иһитиннэрэр-биллэрэр бүллүтүөн таһаардыбыт. Ааҕааччы сэҥээрдэҕинэ салгыы таһаараары. Биһиги көҥүл дьон буоларбыт быһыытынан үппүт-харчыбыт суох. Онон салгыы сайдарбыт биһигиттэн бэйэбититтэн тутулуктаах диэн ааҕабыт. Төһө дьон интэриэһин тардан, кырдьыгы, олоххо дьайары этэрбититтэн-саҥарарбытыттан барыта тутулуктаах. Баҕар дьон өйөөн барыа. Саамай баҕарарбыт көҥүл тыл баар буоларыгар. Салгыы сайдар түбэлтэбитигэр биһиги Арассыыйаҕа, Саха сиригэр баар көҥүл өйү-санааны дьоҥҥо тиэрдэр санаалаахпыт. Ол олохпут сайдыытыгар туһаны эрэ аҕалыа. Онон ким түбэһэн КӨҤҮЛ САНААНЫ аахпыт, өскөтүн биһигини кытта биир санаалаах буоллаххытына дьоҥҥо бу туһунан тиэрдиҥ.
САХА НОРУОТУН ЫТЫК КҮНҮНЭН!
Ханнык баҕар норуот, дьылҕатыгар дьайбыт бэлиэ күннээх буолар. Биһиэхэ оннук күнүнэн муус устар 27 күнэ буолар. Бу күн Саха сирэ республика быһыытынан билиниллэн Конституция ылыммыта, үйэлэргэ аан бастаан атыттары кытта тэҥ сыһа бырааптаммыта. Омук быһыытынан баарбыт тухары бу биһиэхэ саамай дириҥ суолталаах бэлиэ уонна ытык күн. Бу күн суолтата биһиги омукпут тирэҕэ. Хаһан эрэ, ким эрэ биһигини норуот быһыытынан симэлитэрдии турунааһына бастатан туран бу күн суолтатын суох оҥорорго дьулуһуоҕа... Эбэтэр бу күнтэн тирэх ьглан аан дойдуга тэҥ бырааптаах, норуот судаарыстыба буолуохпут...
PDF билэни арыйарга босхо Adobe Acrobat Reader диэн программа наада. Ол программа чугас (Дьокуускайга) МАННА баар, дьиҥэ Эмиэрикэҕэ МАННА турар
|