Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Кэпсээн [8]
Сиэркилэ [4]
Сэһэн [0]
Ырытыы [0]
Кириитикэ [1]
Үгэ [1]
Хоһооннор [30]
Остуоруйа [0]
Анаарыылар [6]
Үтүө дьон [4]
Санаа буолардаах, буолбаттах [16]
Main » Articles » Анаарыы » Кэпсээн

Дьикти уол этэ

“Дьикти  уол этэ”- диэн Семен Трофимович Николаев өлүөр диэри умнубакка уос домоҕо оҥосторо.  Ол төрдө маннык:
  Саһар үрэҕэр Ынах Бастаах диэн  балачча улахан күөл баар. Ол арҕаа баһыгар Ымыы көрдүгэнигэр күөнэх уонна мунду  балык бэркэ тохтоон сайылыыр даҕаны, кыстыыр даҕаны. Манна Ымыы оҕонньор  сайынын туулаан, кыһынын куйуурдаан күөнэх, мунду бөҕөтүн хостуура. Мундутун  мас үтэһэҕэ үөлэн ыалдьыттарыгар күндүлүүрэ. Ордук кыра оҕолору күндүлүүрэ.
  Ымыы оҕонньор бараммат-хороммот сэһэнин, остуоруйатын  истэн, үөлүллүбүт мундуну тото-хана сиэн, Ымыы оҕонньортон күн арҕаалыы илигинэ  тахсыллыбат этэ. Кини төрөппүт үс оҕолоро обургу буолаат өлөн хаалаахтыыллара,  оҕонньор эрэйдээх олус оҕомсоҕо, оҕолор кэлбэтэхтэринэ тэһийбэккэ буолаахтыа,  элбэх оҕолоох Саааба диэн ыалга тахсан оҕолорго сэһэргээн, остуоруйалаан күнүн  моҕуура. Ымыыны оҕо эрэ барыта таптыыра. Ардыгар оҕолору илдьэ киирэн көрдүгэнигэр  туутун көрөн күөнэх, мунду бөҕөтүн хостуура, ону астааннар тото-хана сиэннэр күн  уһунун-кылгаһын билбэккэ аһараллара.
  Ымыы быраатын уола Тулаайах хоноһо  диэни иитэн Ынах Бастаах күөл хоту кэриитигэр балаҕан дьиэни, биэс-алта сүөһү  киирэр холбуу хотонноон тутан биэрбитигэр ыал буолан олорбута өр буолла. Сэмэн  уонна Өксүүнньэ диэн уоллаах кыыс оҕолоохтор. Итинтэн чугас Батыгыраан өтөҕүн  хоту кэриитигэр отучча киһи уҥуохтара бааллар. Сорохторо лаппа эргэрбит,  кириэстэрэ охтубут, сорохторуттан харыйа, талах үүммүт. Маны “Эҥээр киһитин уҥуоҕа”  диэн ааттыыллара. Бу үҥуохтар билигин да бааллар.
  Алта-сэттэ саастаах Сэмэн  уолчаан , дьиэтиттэн көстөн турар бу киһи уҥуохтарыгар кэлэн соҕотоҕун оонньуур  идэлэммитэ хаһыс да сыла.  Оонньуохха  ото-маһа олус үчүгэй.
  Сэмэнчик ооньуура сүөһү сыҕайын  (бэрбээкэйин) уҥуохтара уонна сүөһү бөдөҥ муостарын талан быраҕар оҥостор. Киһи  уҥуохтарын үрдүгэр сыҕайдарын туруоран баран муоһунан туура быраҕа оонньуур  эбит. Ардыгар бүтүн киһи уҥуохтарын ыал гынан оонньуурдарын онно ууран, ыалга  сылдьар киһи быһыытынан киһилии кэпсэтэн айаҕа хам буолбат. Ийэтэ Мааппа “киһи  уҥуоҕар оонньоомо, абааһы кэлиэ”- диэн буойарын уол истибэт.
  Сэмэн эһэтигэр Ымыы оҕонньорго  тахсан үөлүллүбүт мундуну тото сиэн баран биир үтэһэ мундуну ыһык ылан киһитин  уҥуоҕар кэлэн, оонньуурун киһи уҥуоҕар ууран баран, сыҕайын уҥуоҕунан оонньуур.  Өр оонньоон баран дьиэтигэр киирэрэ чугаһаабытын кэннэ мундутун сиэри барбыта үтэһэлээх  мундута ханна да суох.
  “Мин эйиэхэ уурбаппын, эн куһаҕан  эбиккин” – диэн барар. Сэмэн сити курдук аҕалар ыһык мундута хайа да киһи уҥуоҕар  уурбутун иһин сүтэн хаалар буолла, ханна сүтэрэ, туох ылара биллибэт.
  Сэмэн таба бырахпакка турар сыҕайын  эмискэ биир муос түҥнэри көтөн ааста уонна бэс чаччыкытын саҥатын курдук саҥа  чачыгырыы түстэ. Сэмэн абарбыттыы кэннин хайыһан көрбүтэ кинини курданарынан  бадахтаах кыра уҥуохтаах, түүтэ дуу, таҥаһа дуу биллибэт кугас таҥастаах,  лээбирбиккэ дылы кугас баттахтаах уолу маарынныыр оҕо ытыһын таһына-таһына күлэн  чачыгырата турар эбит. Сэмэн куттаммата, абаран биир сыҕайы киһи уҥуоҕун үөһэ  ууран баран быраҕан эмиэ сыыһа бырахта, били уол туура быраҕан түһэрэн баран  ытыһын таһына- таһына күлэн чачыгыратта. Сэмэн куттаммат, “дьикти уол”- диэн сөҕөр  эрэ. Ити курдук икки уол алта-сэттэ киэһэ оонньуулар. Ол эрэн Сэмэн аҕалар ыҺык  мундута сүтэрин курдук сүтэн иһэр. Дьикти уол аһыыра биллибэт.
  Сэмэн үөлүллүбүт мунду сии  олорон эһэтиттэн ыйытта: “Миигин кытта биир дьикти уол оонньуур ити туох  буолуой?”. Ымыы оҕонньор сиэниттэн Дьикти уол таҥаһын-сабын, быһыытын-таһаатын,  төһө улаханын сиһилии ыйытан баран “өтөх иччитэ буолуо” диэн быһаарда уонна мин  оонньуур оҥорон биэриэм, ону оонньуу сылдьан өйдөппөккө бэргэһэ курдук бүлгүнүгэр  диэри батары баттаан кэбиһээр” – диэтэ. Эргэ туу сүрэҕин көтүрэн ылан уолун бүлгүнүгэр  кэмнээн сарбыйан баран хайдах гыныахтааҕын хос эттэ.
  Сэмэн тийдэҕинэ “дьикти уол” киэһэликтии баар эрэ  буолан хаалар, хантан кэлэрэ биллибэт.
  Сэмэн туутун сүрэҕин бэргэһэ  курдук төбөтүгэр ууран оонньуур сиригэр тахсан оонньуу сырытта, уола эмиэ баар  эрэ буолан хаалла. Киһи уҥуоҕун ойоҕоһугар оонньуу олорон туутун сүрэҕин Дьикти  уол төбөтүгэр кэтэрдэн баран бүлгүнүгэр диэри саба баттаан кэбистэ. Уол  чачыгырыы-чачыгырыы өтөх ортотугар сытар даҥ оҥкучаҕыгар сүүрдэ уонна уҥкучахха  киирэн сүтэн хаалла.
  Сэмэн дьэ куттанна уонна  дьиэтигэр таарыйбакка эһэтигэр сүүрэн тийэн туох дьайаан буолбутун кэпсээтэ.
  Ымыы оҕонньор хаппыт от кыбынан  буор хаһар хоруурун ылан Сэмэни батыһыннаран Батыгыраан өтөҕөр тийэн Дьикти уол  сүппүт даҥ уҥкучаҕын кырсын ыраастаан кутуйах хороонун курдугу булан хаппыт  отун симэн, абырҕал эбии чохчолоон уматтылар. ”Эн да буолларгын кэһэйэр инигин  – диэн оҕонньор улаханы ситиспит киһи быһыытынан бэйэтин кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ  дьиэлэригэр бардылар. Сэмэн бэттэх дьиэтигэр хаалла, эһэтэ дьиэтигэр ааста.
  Итинтэн үс хонон баран Сэмэн  хаанньары таттаран, иики хараҕын тиэрэ көрөн, тыла суох күүскэ ыалдьан хаалла.  “Киһи уҥуоҕар оонньоомо диэн буойа сатаммыта да истибэккэ ити айылаах оҕом  хотоку дьүһүлэннэ”- диэн Мааппа уолун аһыйан, айманыы бөҕөтүгэр түстэ. Аны  туран аҕата Хоноһо “эн оччо көрө-көрөҕүн дэлби таһыйан аҕалбакка оҕобут  хотукуну өлөр-өлүүгэ сиэттиҥ”- диэн ытыы-ытыы уолугар саба түһэ сытан бокуойа  суох ытыы сытар.
  “Тооруом, сибиэннээх сиргэ  оонньоомо, былыр ити өтөх дьиэтэ бүтүн эрдэҕинэ, ити эбэ иччитэ күөх эбириэн оҕус  буолан тахсан сайыҥҥы куйааска сөрүүккүүрэ үһү диэн кэпсииллэрэ”- диэн кырдьаҕас  эдьиийдэрэ Муччуку Мотурууна ытыы-ытыы кэпсээтэ. Ымыы оҕонньор уот уурбутун туһунан  истэ, билэ иликтэр.
  “Хоноһо уол оҕото чокуттаран  ыараханнык, тыыннаах эрэ сытар үһү”- диэн Саһар илин ыалларыгар ыарахан курус  сурах тарҕанна. Сэмэн бииргэ оонньуур доҕор оҕолоро ону истэн аһынан ытыы-соҥуу  элбээтэ.
  Сүөдэркэ Маайа диэн табаарыс кыыһыныын  Сэмэни көрсө Хоноһолооххо бардылар. Сэмэн эрэйдээх сырайа сөрүөччү тардан  хаалбыт, икки хараҕын үрүҥүнэн көрөн сытар; сырайа кумааҕы курдук кубарыйан  хаалбыт, ынырык көрүҥнээх уол сытарын көрөннөр Сүөдэркэлээх Маайа ытаһа  тураллар. Сэмэн ону истэр быһылаах, төбөтүн хамсата сатыыр, дьоодьоччу тардыбыт  уоһун эмиэ хамсата сатыыр да кыах суох, саҥара сатыыр эрээри саҥата тахсыбат быһылаах.
  Тоҕус уонуттан тахсыбыт кырдьаҕас  эдьийдэрэ Муччуку Мотурууна абырҕалынан оһоҕун оттон баран хара кылы субуйан  ыла-ыла уокка далбаатыы-далбаатыы:- “Быар быһаҕастарга быгыалаамаҥ, бэттэх гына  охсуҥ даа”- диэн кылын быһыта тарда-тарда уокка быраҕаттыыр. Сүөдэркэлээх Маайа  итини көрөн турбахтаан баран ытыы-ытыы дьиэлэригэр төнүннүлэр. Итинтэн ыла  Сэмэн доҕор оҕолоро кэлэ-кэлэ Сэмэни аһыйан ытаан-соҥоон төннөллөр.
  Сэмэн күһүөрү балаҕан ыйыттан  ыла үтүө буолан күөлү кытыытыгар тахсан ат дулҕаҕа олорор буолла. Эһэтэ күөнэх  буһаран, мунду үөлэн киллэрэн аһатан бүөбэйдиир.
  Сэмэн улам үтүөрэн ыалларыгар  сылдьан доҕотторун кытары оонньуур буолла. Аны Эҥээр киһитин уҥуоҕар сылдьарын  тохтотто.
  Ити курдук Семен Трофимович  Николаев “дьикти уолу” кытта оонньоон былыар өлө сыһан турар. Ол эрэн сырайа көнөн  баран уоһа кыайан көммөтөҕө, көрөрө мөлтөөн улахан алаа буолбута.
  Киһи эрэ барыта өтөх иччитин  муодалааннар ити буолбута дииллэрэ.
  Сэмэн  улаатан баран ликбиэскэ үөрэнэн, колхуоһунай тутуу куурсугар үөрэнэн “Кыһыл  кэккэ” колхуоска бэрэссэдээтэллээн бэртээхэй үлэһит, хаһаайыстыбанньык  буолбута. Эт тириэһигэр үлэлээн биэнсийэҕэ тахсыбыта, бастыҥнар кэккэлэригэр  киирэн махтал-хайҕал үрдүгэр сылдьыбыта.
  Кирдьик даҕаны киһи дьиктиргиир  уола Сэмэҥҥэ түбэһэн аргыс буола сылдьыбыта эриэккэс түбэлтэ этэ.

1967 с. бэс ыйа. Сунтаар. Фольклорист Г.Федоров матырыйаалынан
    бэчээккэ бэлэмнээтэ Уххан.

Category: Кэпсээн | Added by: uhhan (2007-09-16)
Views: 2992 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 12
Ыалдьыттар (гостей): 12
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024