Сунтаар улууһун кулубата Егор Николаевич Попов –Арыҥах Кулуба, Арыылаах, билиҥҥитэ Арыҥах Арыылааҕар байан-тайан, аатыран-суолуран олорбута. Ол саҕына Хочо улууһа Сунтаартан араҕа илик, билиҥҥи Сунтаар оройуонун киэбинэн олороро. Арыҥах кулуба Кугдаар нэһилиэгиттэн Тамык кыыһа хохолдьуйар Өрүүнэ диэн толуу улахан дьахтары ойох ылан ыал буолбута өр буолла эрээри оҕолоно иликтэр. Ону баара кулуба оҕоломмотун туһунан кэбэҕэстик быһаарар:-“Ойоҕум көссүүтэ элбэҕэ бэрт, онон олус элбэхтик кынаннан ииктэтэн кэбиһэллэр, ол иһин оҕоломмот”-диир. Оттон ойоҕо дьүөгэлэригэр:-“Эрим эмиһэ бэрт буолан уллуруга убаҕас, имэҥэ тымныы, хаһан да оҕону оҥоруо суоҕа”- диир. Оҕоломмот биричиинэлэрин итинник быһаараллара үһү. Арыҥах Хочоҕо Хомустаах диэн сиргэ олохтоох Угаар кинээс кыыһа Мария Угаровна диэн 17 саастаах кыыска иирэн хаалар. Ол саҕына бэргэһэлээх ойохтон араҕыы сокуонунан бобуулаах эбит. Оттон дьахтар эрин сирэн барар буоллаҕына, хара таҥаһы таҥнан сааһын тухары таҥараҕа үҥэргэ уураахтанар эбит, оттон эр киһи ойоҕун араарар эбит буоллаҕына ханнык да хаарчахтааһыҥҥа тиксибэккэ судургу араҕан эрэ хаалар эбит. Ол оннугар баай ылбакка дьиэттэн тахсан биэрэр. Арыҥах 17 саастаах кырыллыбытынан кыыһы ойох ылан эдэр сааһын эргиппит үөрүүтүгэр Угаар кинээскэ куортугун устан биэрэн кулуба оҥордо. Угаар кинээс кыыһын ынахтыы атастаһан кулуба солотун тутта. Арыҥах буоллаҕына атыы-сулуу биэрбэккэ, уруу-сыбаайба тэрийбэккэ кынныттан сыарҕалаах ат эбии ылан икки атынан Маарыйатын көһөрөн-күккүрэтэн дьиэтигэр кэллэ. Кырдьаҕас ойоҕо Өрүүнэ тэһиин тутар кэриэтэ эдэр кыыһы сиэтэн киллэрэн утуйар хоско киллэрдэ, бэйэтин утуйар таҥаһын көтөҕөн таһаарын, хамначчыттарыгар дьуккаахтаста. Маарыйа таҥаһын Холотто диэн чаҕар дьахтар киллэрэн Өрүүнэ оронугар оҥорон кэбистэ. Өрүүнэ ас бөҕөнү астаан остуол муҥунан тардан кэбистэ. Дьиэҕэ баар дьон бары мустан аһаан чалларыыннаан бардылар. Биир да киһи саҥарбат. Саҥа хотуннарын эҕэрдэлиир киһи суох. Эдэр кыыһы сүгүннэрэн кэлбит Арыҥах саҥата суох аһаан чалбааттыы олорор. Ортолуу аһыы олорон Өрүүнэ тыл көтөҕөн дьэ саҥаран-иҥэрэрн барда. Бастаан эдэрдэри эҕэрдэлиир, кыыһы уураата-сыллаата онтон тыла-өһө хойохтонон барда: -“Хатырык уот, муҥур турба, убаҕас уллурук, ирбэтэх имэҥ эдэр кыыс кэскилин кэҕиннэрэрэн, дьылҕатын түҥнэрэн ойох ылаҥҥын, умсары оҥоһуулааҥҥын, оҕо диэн аһыммакка, түүҥҥү түбүккүн эрэ түөскэр тутаҥҥын, кэнчээрини кэҕиннэрдэҕиҥ ити. Ити түҥнэри дьылҕаламмыккын төрдүн-төбөтүн билэҕин дуо?!”- диэн оҕонньору түүрэ-хаайа этэ олордо. Итиниэхэ эбии Өрүүнэ диэки буолан ким да тыл көтөхпөтө. Ити курдук түҥ-таҥ аһааннар бүттүлэр. Кирдьик даҕаны Арыҥах атыыр оҕуһу таҥнары туппут курдук толуу улахан, хаантаар ыйааһыҥҥа 12 бууту үктээбит, биир саһаан үрдүктээх улуу кырдьаҕас. Оттон Маарыйа чурукунайбыт сытыы, хатыҥыр кыыс, эрин ыстаанын иитинэн эрэ сылдьар үрдүктээх. Итинтэн сылыктаатахха “ дьахтар дуулаҕа атыыр оҕус саҕа ыйааһыннааҕы уйар, дьахтар сэбэ икки, оҕус мунна икки тэҥ тулуурдаахтар”- диэн өс домоҕо кырдьыктаах эбит диэн түмүктэнэр. Итинтэн ыла Арыҥах өһүрэн, Өрүүнэни хайдах суох гынар суолу тобула сатыыр. Төкүнүк Саабаны көрдөһөн көрбүтэ киһитэ буолуммат. Чууку уонна Холотто диэн чаҕар дьахталларынан, хайа эмит албаһынан “суох гыналларыгар” көрдөһөн көрбүтэ эмиэ табыллыбата. Муҥур уһугар тиийэн, ойуунунан сиэтэр санааны булан, Хочо сириттэн Боҕунай диэн аатырбыт сиэмэх ойуун баарын ыҥыран сиэттэрэ сатаабыта эмиэ табыллыбатах. Боҕунай ойуун маннык быһаарбыт:-“Бу дьахтар кутун-сүрүн хайа да бэйэлээх таба харбыа суох, арай ойууннаах удаҕан икки буолан көмөлөөн дьалбыйдахтарына хайыахтара эбитэ буолла, Өрүүнэ Айыы хаантан айдарыылаах эбит”- диэн буолбут. Итинтэн сааһыары муус устар саҥатын диэки, Бүлүүгэ Бөрөлөөх диэн аатырбыт сиэмэх ойуун баарын истэн, ону аҕалан иһэн, Ньурбаттан Ситимнээх диэн улуу сиэмэх удаҕаны холбуу аҕалан Өрүүнэни ньалбаттаран көрүөхтээх. Олору аҕалтыы Төкүнүк Сааба барбыт. Биир киэһэ ыар, нүһэр хоноһолор аҥнан-бохтон тийэн кэллилэр. Өрүүнэ күнэ быстара, күһэҥэтэ туллара ыган-түүрэн кэллэ эрээри хаанын хамсаппат, холку. Оттон Арыҥах ойууннаах удаҕаныгар илэмэ-салама түһэн хайдах сиэхтээхтэрин сиһилии кэпсиир быһылаах. Саалаҕа хорҕойон олорон кэпсэтэллэр. Ойууннаах удаҕан биэс уоннууларыгар тиийэ илик дьэттэригэр сылдьар дьоннор эбиттэр. Эдэр ойох аһа астыырга үөрүйэҕэ суох , ас астааччы, бэлэмнээччи Өрүүнэ. Төһө даҕаны ойууннаах удаҕан бу киэһэ кинини бөрөлүү хайыта-тырыта тыытыахтара буоллар, Өрүүнэ долгуйбута көстүбэт. Киэһээҥҥи аһылыгы остуол хотойорунан тарта, арыгы туруорда, сүдү ыалдьыттарын ыҥырда уонна маннык диэн тыллаах буолла: -“Күндү ыалдьыттарым, чэйиҥ эрэ, күнтэн көтүтүөх күндү хоноһолоруом, аттанар аһалык, көтөр көҥсүү, кэриэс ас, көтөҕөн кэбиһиэҕиҥ, куппун-сүрбүн тутаргытыгар күүс-уох буолуохтун!”-диэн баран хантас гыннарар. Дьиэлээхтэр Өрүүнэни аһынан соҥуоран олордулар. Оттон эдэр ойох хайдах эрэ үөрбүт-көппүт курдук кэлэрэ-барара биллибэккэ биир кэм элэгэлдьийэн олорор. Арыҥах буоллаҕына Өрүүнэ эрэйдээҕи ойууннаах удаҕана булгу кыайалларыгар эрэммиттии сырайа-хараҕа сырдаан чэлбээрэн олорор. Хаҥас диэки ытаһан сыҥырҕааһын элбээн эрэр. Остуол хомуллан, оҕонньоттор тымтык тыыран холумтаҥҥа куттулар, оһох уотун сөҕүрүттүлэр. Дьэлтэрии Дьэкиим ойуун дүҥүрүн, Хаҥхачах Сэмэн удаҕан дүгүрүн охсон дьүрүһүтэн көрө-көрөлөр оһох иннигэр далбаатаналлар. Төкүнүк ыҥыыр икки буутайын киллэрэн быыс тумсугар өйөннөрү ууран баран, хаҥас илии таһынан муостаны миинньиктээн баран, буутайдарын кэккэлэччи уурталаатылар. Өрүүнэ тахсан:”Миигин ханна олордоҕут?”- диэн ыйытта. -“Манна олор”- диэбэтилэр. Өрүүнэ ынахсыттар дьиэлэригэр тахсар модьоҕоҕо быар куустан баран олорунан кэбистэ. Ойууннаах удаҕан дуҥурдэрин охсон дьүрүһүтэн араастаан кутуран энэлийэн бардылар. Кыырыы саҕаланна. Өрүүнэ кыһаммат, сүөргүлээбиттии мичээрдээн ыла-ыла олордо. Ойууннаах удаҕан ортолуу кыыран иһэн тура эккирээт, олорор Өрүүнэ төбөтүн оройугар үөгүлээн бааҕынатаат хотоҥҥо ыстаннылар. Балачча саҥа иһиллибэтэ. Онто удаҕан саҥата:-“Хайа сүрэ бэрт, нойо-о-он, сүрэ бэрт буолаарай” диир саҥата иһилиннэ. Оттон ойуун саҥата: -“Хайа хотуо-о-й, туох буолуо-ой”- диэтэ. Балачча саҥа тохтоон баран кыаһааннарын тыаһа кылырҕаан барда. -“Хайа ноколоор, күүстээх үөрү тутан уҥнулар быһылаах”-диэн Дьэлтэриин ыгылыталаата. Тымтыгы сыыһа-халты уматаннар Арыҥах хотоҥҥо кииристэ. Көрбүттэрэ ойуун удаҕану күкүүргэ тайаннаран баран кэнниттэн оҕустуу бата турар эбит. Дьон киирээтин кытта ойуун кэп туонан барда: -“Көҥүрэйгэ күрэммити күөйэр уһукпар тийэн эрдэхпинэ, хаппахыга хаайан харбыыр уһукпар тиийбитим кэннэ харах бэстээхтэр киирэннэр халты харбаттахтарын абатыан!!”- ойуун сэбин сулбу таһыйан ылан ыстааныгар симиннэ. Арыҥах айдаан бөҕөтүн тарта. Ойууннаах удаҕаны кырбаталыы сыһан хотонтон үүртэлээн таһаарда уонна Төкүнүккэ сорудахтаата, сибилигин хантан кэлбит сирдэригэр илдьэн түһэртээн кэбис- диэтэ. Аатырбыт ойууннаах удаҕан Арыҥах ойоҕун кыайан сиэбэккэлэр, сэптэринэн оонньооннор, ити курдук саакка түһэн бараллар. Аны Өрүүнэни Арыҥах хайдах да гынан өлүү суолун булларыа суоҕун билэн, эйэ быһыытынан кэпсэтэн, баайын төбө тыырбыт аҥаарын биэрэн дойдутугар Кугдаарга көһөрөр эрэ суола хаалар. Биир сарсыарда Арыҥах Өрүүнэни хас да дьүөгэлэрин, үчүгэйдик саныыр хамначчыттарын кытары ыҥыран кэпсэтии буолла. -Дьэ Өрүүнэ, эн биһикки олохпутун салҕаан ыал буолар дьылҕабыт уурайда. Онон үгүс элбэх ииссээнэ, муҥа-таҥа суох сүөһүбүт аҥаарын ылаҥҥын, бэйэҥ мунньа сылдьар баайгын тиэйтэрэн, сүөһүгүн үүрдэрэн дойдугар-дьоҥҥор ыытабын. Эн билигин да эдэргин мин курдук саҥа олохто тэрин, кэскиллээх кэс тылы ылын”-диир. Өрүүнэ дойдутугар тийэн олордоҕуна Токос огдообо баайа биэс уончалаах Тэптиргэ уола Сааба Тарааһап диэн киһи ойох ылан, баайга баай киирэн сис баай буолан олороллор. Өрүүнэ түөрт уол, үс кыыс оҕоломмут, толору дьолломмут. Оттон Арыҥах эдэр ойоҕо аҕыйах сылынан кыаммат буолуор диэри уойбут. Биир да оҕону төрөппөтөх, хотун Айыыһыт бэттэх көрбөтөх. Кумахха ииктээбит курдук кураанах хонуктар ааспыттар. Арыҥах биир да оҕото суох хаалаахтаабыта. 1991 с. Сунтаар. Г.Федоров.
|