Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Кэпсээн [8]
Сиэркилэ [4]
Сэһэн [0]
Ырытыы [0]
Кириитикэ [1]
Үгэ [1]
Хоһооннор [30]
Остуоруйа [0]
Анаарыылар [6]
Үтүө дьон [4]
Санаа буолардаах, буолбаттах [16]
Main » Articles » Анаарыы » Кэпсээн

Уһун Бүөтүр

1938 сыллаахтан “Кыым” уонна оройуон хаһыатын  общественнай корроспондена , биллиилээх фольклорист, Сунтаар ытык кырдьаҕаһа Георгий  Евгеньевич Федоровы кытта  уонча сыл, өлүөр диэри ыкса билсэ, доҕордоһо сылдьыбытым. Суруйсарбыт, тугу  санаабытын аһаҕастык, ураты сахалыы өйдөбүлүнэн малтаччы суруйар кырдьаҕас этэ.  Кырдьыгы, дьиҥи, баары, чахчыны өрө тутара. Ол да иһин бэчээттэммэтэҕэ.  Киһи сөҕөр билиилээҕэ, өспөт өйдөбүллээҕэ,  умнуллан эрэр тылы билэрэ, туох баҕарар куолутун быһааран биэрэрэ,  дьээбэни-хообону да кэпсиирэ бэрдэ. Сэһэнэ тэптэлэ элбэҕэ, онто барыта күннээх-дьыллаах,  кимтэн, хантан, хаһан истибитэ барыта биллэр. Сорох суруйууларын урут “Сахаадаҕа”  бэчээттэппитим.
  Тоҕо эбитэ буолла, оҕонньор миэхэ “үөһэ  тэстэн” үөрэ-көтө кэпсэтэрэ, тугу барытын кэпсиирэ, суруйан ыытара. Үйэ аҥаарыттан  ордук норуот араас сэһэнин, буолбут түбэлтэни суруйан, магнитнай лентаҕа устан  архивтарга хааларбыта. Кини элбэх сэһэнэ, кэпсээнэ, остуоруйалара, араас  редакцияларга, издательстволарга киирэн сураҕа суох сүппүттэрэ, сорохторо атын  аатынан тахсыбыттара. Сорох сэһэннэрин суруйааччыларга бэйэтэ биэрбитэ. Ол туһунан  кини 80 с. туолуутугар 1991 с. “Сахаадаҕа” суруйан, “Сиэркилэ” кинигэбэр  киллэрэн турабын. Билигин кини архивыгар элбэх да матырыйаал сыттаҕа…Миэхэ  ыыппыттара аҕыйах баар. Өбүгэлэр эмтиир ньымалара, ойуутар, атыыһыттар  тустарынан, күүлэйдээҺин, сүөгүргээҺин туһунан эҥин. Олортон “Уһун Бүөтүр” диэн  олоххо буолбут түбэлтэни суруйбутун бэчээттиибит.
  Уххан.

Уһун Бүөтүр

 

                Сунтаар  улууһун Түбэй-Дьаарханыгар, Ботомооойу үрэҕин уҥуор Чоокура диэн алааска Уһун Бүөтүр  диэн бэртээхэй хоһуун үлэһит бэрдэ
  , аатырбыт булчут олорбут. Бэттэх үрэх хаҥас өттүгэр  Ботомоойу таҥаратын дьиэтэ баар эбит. Манна Иван Повернов-Сиксиллэ аҕабыт олорбут.
  Уһун Бүөтүр бултаабыт булдун,  ыала Сиксиллэҕэ биэрэн, наадатыгар атастаһан, ылсан-бэрсэн бэркэ тапсан  олорбуттар. Быһата икки ардыларынан ыаҕастаах уу тэстибэт атастыылар. Оттон аҕабыт  хотуна иһэр үүтүн Уһун Бүөтүрдээхтэн ылар, онон сибээстээн Аана Сэргиэйэбинэ  эмиэ атастара.
  Бүүөтүр кэргэннэммитэ сылтан эрэ  орто, кэргэнэ Маайа уу көнө кыыс.
  Күһүн маҥнайгы кырпай түстэ. Бүөтүр  идэтинэн сарсын сарсыарда тыалыы тыхсыахтаах. Киириэр диэри оттор маһа, сүөһүтүгэр  сиэтэр ото тиэллэн бэлэмнэннэ. Маайа үс ыанньык ынахтаах, эмиэ үс-түөр кыра сүөһүлээх  онтун көрөр-истэр. Ити курдук Бүөтүр сарсыарда эрдэ туран тыатыгар таҕыста.
  Үгэс курдук Бүөтүр тыаҕа  тахсарыгар Сиксиллэ кэһиитин киллэриэ, онно манньыйан Эһэкээн үөрүө, көмөлөһүө  – дии сылдьыбыта да Бүөтүр тыаҕа тахсыар диэри Сиксиллэтэ биллибэтэ. Сарсыарда  хойутаан киирдэ. Маайа остуолун хомуйа сылдьар. Сиксиллэ дьиэтигэр тахсаары аан  диэки баран истэҕинэ Маайа ыйытта: - “Баачыкаа, иһим түгэҕэ ыалдьар буолан  эрэр, ити туохтан буолуой?” – диир.

     
  1. Ээ, көрбүт  киһи ону юаҕас билиэ этэ, ити ороҥҥор сыт эрэ көрүөхпүт – диэтэ.

Маайа тук  курдук  бөлүүн утуйбут хомулла илик  оронугар баран сытта. Аҕабыт Маайа ырбаахытын үөһэ арыйда уонна ыстаанын  устарыгар соруйда, улаханы абырыах киһи быһыытынан аҕабыт тас таҥаһын уһулла  уонна ааны баран хатаан кэбистэ. Ис ырбаахыннан сылдьан, сиэҕин ньыппарынан  баран Маайа иһин туппахтаан убахтаан өр-таҥнары имэрийэр, иһин түгэҕин тутан көрөр,  эмийин убахтыыр, көҕүтэр санааланна быһылаах…

     
  1. Хайыы-ыы…  Маайаа, икки хараҕа суох оҕо үөскээбит, ыарахан эбиккин – диир.
  2.  
  3. Айыбыын, оннук  оҕо төрөөтөҕүнэ иэдээн дии, ону хайдах харахтыахха сөбүй? – Маайа олус  куттанан, долгуйан ыйытта.
  4.  
  5. Ону дуо,  ону ситэрэн эрэ биэрдэххэ харахтанар, Бүөтүр ситэрбэккэ

сылдьан  тыалаабыт – диэн быһааран биэрдэ. Маайа:-“ дьэ абыраа, көмөлөс, күн-ый буол!” –  диэн көрдөстө. Сиксиллэ аҕабыт ити сытыаран Маайаны икки төгүл төхтүрүйэн  “ситэрдэ” уонна Бүөтүр тыаттан төһөҕө кэлиэхтээҕин аргыый ыйытта.
  -Тохсунньу  ортотугар киириэм диэбитэ – диэн Маайа быһаарда.
  Ити курдук Сиксиллэ аҕабыт  тосунньу ый уончатыгар диэри, киэһэ сарсыарда Бүөтүр ситэрбэтэх оҕотун хараҕын  “ситэрэн биэрэр идэлэнэ” сырытта. Тиһэх “эмтээһинигэр” Маайа иһин өрө-таҥнары  имэрийэн көрдөҕө-биллэҕэ буолан баран:
  - Чэ,  Маайаа, таҥара көмөтүнэн оҕоҥ хараҕа сиппит, икки харахтаах олус үчүгэй оҕо төрүөҕэ,  хараҕа миэнэ, мин курдук күөх харахтаах оҕо төрүөҕэ, өссө мин курдук өйдөөх, үөрэхтээх  киһи буолуоҕа – диэн Маайаны олус үөртэ. Маайа туран аҕабыт суон моонньуттан  кууһан сырайын көм этин эмэ-эмэ сыллаан ньуоххайдаата уонна ыйытта:

     
  1. Оҕом уол  буолуо дуу, кыыс буолуо дуу? – диэн.
  2.  
  3. Ээ, уол  бэрдэ буолуо – диэтэ. Маайа өссө төгүл муҥура суох үөрүүгэ түстэ,

аҕабыт түүлээх  уоһун эмэ-эмэ дэлби сыллаата. Сиксиллэ көҕүйэн өссө төгүл бигэргэтэн “эмтээн”  баран илии тутуһан, Маайаны дэлби сыллаан-сыллаан баран дьиэтигэр таҕыста.
  Бүөтүр булт бөҕөнү бултаан, үөрэн-көтөн,  Маайатын дэлби ахтан кэллэ. Улахан эһэ өлөрбүт, алта сүүстэн тахса тииҥнээх,  мас көтөрүн ат кыайарынан ыҥыырдан, быһата улаханнык бултуйбут. Ону баара  Маайата сэргээн, үөрүү суох, оннооҕор чаайын да туруорбата. Бүөтүр чаайын  бэйэтэ өрөн баран ыйытар : -“Бу туох буоллуҥ, тоҕо, туохтан кыыһыраҕын, отуҥ маһыҥ  баранна дуу, аскынан быстардыҥ дуу”- диэн оргууй ыйытта.

     
  1. Ундьуччу  сытыйан бараҥҥын, эн баҕас эр киһи буолуоҥ дуо, ыксаан быһа

халыкынайан  икки хараҕа суох оҕону оҥорбуккун, хата баачыка барахсан ситэрэн биэрэн  абыраата, онон эрэ икки харахтаах оҕо төрүүр буолла”- диэн туох дьаабы  буолбутун тоҕо-хоро кэпсээн кэбистэ. Бүөтүр көнө баҕайы киһи, тыа кэнэн кыыһа өйдөөбөтүн  билэр буолан аахса хайыы барбата. Иһигэр абара санаата, “өс киирбэх дьахтары  ону-маны сымыйалаан, албыннаан туһаммыккын, бэйи, бэйэҕин хаспыт ииҥҥэр түһэриэм”  – диэн, Сиксиллэҕэ төлөрүйбэт иэс баайда.
  Быйыл саас, аҕабыт хотуна Сэргиэйэбинэ Хааттыһыт  Тараас диэн аатырбыт ууска суоку оҥотторбут. Аҕабыт 2 буут бурдук ыһыллар  буолалааҕын быйыл суокуннан таттаран ыһар кыахтанна, урут хас да киһини  наймыылаһан матыыканан табыттаран ыһан ороскуот бөҕөтүн таһаарара. Оттон Бүөтүр  боппууда эрэ бурдук түһэр сир оҕолооҕо. Быйыл аҕабыт суокутун уларсан буолатын  кэҥэттэр санаалаах.
  Биир сарсыарда Сиксиллэ аҕабыт Мааһах Кирилэ диэн  ыала уолга атын сиэттэрэн буолатын таттара сылдьар. Суокута табыллан аҕабыт үөрүүтэ  сүрдээх. Бүөтүр онно тийэн, аҕабыты батыһа сылдьан, суоку суолун, үлэтин көрө  таарыччы үчүгэй да сэби  хотун оҥотторбутун  хаҕаата. Ойоҕун хайҕаттаран аҕабыт үөрэн атаҕа сири билбэт буола чэпчээтэ.  Онтон Бүөтүр:
  -“буолабын  кэҥэттэрбэр, сэпкин уларсыаҥ дуо” –диэтэ.
  -Бу сэби хотун оҥотторбута, бэйэтэ  бас билэр, киниттэн бэйэтиттэн көрдөс, мин уларсарыгар тыл-өс буолан көмөлөһүөм  - диэтэ.
  Бүөтүр киэһэликтии аҕабыттааҕар суоку туһунан кэпсэтэ  таҕыста, аҕабыт суруксуттуу олорор буолан, кэпсэтэр солото суох. Хотуну кытта  кэпсэтэригэр эттэ. Бүөтүр хотуҥҥа киирбитэ алаадьы тиэстэтэ охсон бүтэн илиитин  сотто турар эбит. Бүөтүр киирбитигэр үөрэн сэгэс гына түстэ. Бүөтүртэн бүгүһүҥҥү  эһэтин тириитин атыылаһа сатыыллар да баччааҥҥа дылы быһаарылла илик. Хотун Бүөтүрү  кытта үөрэ-көтө кэпсэтэр. Бэҕэһээ Бүөтүр биир хоҥор хааһы кэһии ыыппытын иһин  хотун махтанар. Бүөтүр ийэбити көрө-көрө сүрэҕэ биллиргэччи тэбиэлиир. Улахан,  эйэҥэлии сылдьар эмийдээх лаппаллыбыт суон дьахтары Бүөтүр салҕалыы-сылҕалыы  хам кууһан ылла уонна бокуойа суох, “сэпкин уларыс, сэпкин уларыс!”- киһи өйдөөбөтүнэн  бүллүгүрээтэ.
  -Ол тугу,тугу- диэн хотун үрүт-үрдүгэр ыйытта.
  Синигэр түспүт  Бүөтүр,:-“ маны-маны”- диэн баран дьахтар сэбин бобуччу тутан баран  илигирэппэхтээн ылла. Дьахтар: -“кэбис, кэбис, сүрэ бэрт”- диэтэ.
  Бүөтүр  быыс курдары аҕабыкка үөгүлээтэ:

     
  1. Баачыкаа,  хотун сэбин уларсыбат!
  2.  
  3. Уларыс,  уларыс, алдьаныа суоҕа! – диирэ иһилиннэ. Хотун өйүгэр

Бүөтүртэн  көрдүүр эһэлэрин тириитэ көстө түстэ уонна кэпсэтии баран итинник көҥүллээтэҕэ  диэн, күөх даба туруусугун устан, остуол үөһэ тахсан, ырбаахытын үөһэ тардынна,  дьаара дьарылыы түстэ… Бүөтүр хотун үрдүгэр ыттан халлырҕатан халыкынатан  барда. Хотун икки атаҕын өрө тэбэн баран чыпчырына-чыпчырына өрүтэ анньыалаан  барда. Бүөтүр маннык дьахтарга аан бастаан түбэҺиитэ. Дьахтар хабырына-хабырына  анньыалыыра өссө күүһүрдэ, Бүөтүр уллуруга кэлэн дьэ түҺэрэн эрдэҕинэ аҕабыт бу  диэкки кэлэн иһэр тыаһа иһилиннэ. Бүөтүр сэбин сулбу тардаат ууллуругун  таммалаппытынан ыстаанын иһигэр бүк-тах анньан кэбистэ. Хотун аһайа хоп-хойуу  кэлбит, туруусугун миискэ иһигэр тутан баран умса уурда, аҕылаан сыныахтыыр,  хата үспүөйдээн бүттүлэр… Сиксиллэ киирэн:

     
  1. Хайа Бүөтүр  хотун сэбин уларыста дуо?- диэтэ.
  2.  
  3. Уларыста,  уларыста , улахан, улахан диэн баһыыба!- диэн баран тахсаары

турдаҕына  аҕабыт, Бүөтүр уллуруга уонна ойоҕун аһайа остуолга таммалаабытын көрөн , бу  туох тоҕунна? - диэн ыйытта.

     
  1. Ээ, ити  алаадьы тиэстэтигэр кутаары сымыыты төлө тутан тохтум- диэн

ойоҕо быһаарда.

     
  1. Оокте  паарин! – диэт аҕабыыт кириэс охсунна уонна сөмүйэтин бүк туттан

били  тохтубуту сотон ылан салаан ньолоорутан кэбистэ. Бүөтүр өссө төгүл баһыыбалаан  баран тахсан баран хаалла.
  Итинтэн ыла хотуннаах Бүөтүр  чугас доҕордуу буолан дьаарай көссүү буолбуттар.
  Маайа кыыстаммыта, икки  харахтаах, буспут моонньоҕон курдук хап-хара харахтаах, Сиксиллэ хаана ханан да  умньамматах. Бүөтүр Сиксиллэҕэ баайбыт иэһин сити курдук ситиспит.

§ Бу сэһэни  1956 с. Түбэй Дьаархан ытык кырдьаҕаһа, 87 с. Көҕөнньүүрэп Бүөтүр Баһыылайабыс  сэһэргээбитэ. Маны сорох кырдьаҕастар:- “оҕонньор бэйэтин урукку сырыыларын  суруттарбыт”- диэн күлэллэрэ.      Суруйда фольклорист Г.Федоров.

Category: Кэпсээн | Added by: uhhan (2007-09-17)
Views: 3201 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 23
Ыалдьыттар (гостей): 23
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024