Баллах Мэхээлэ
(Фольклорист Г.Е.Федоров матырыйаалларыттан Уххан бэчээккэ бэлэмнээтэ)
Долонтой уола Баллах Мэхээлэ кэргэнэ өлөн тулаайахсыйбыта ыраатта. Ойох көрдөһө да сатаабат. Сыччыыка диэн тоҕус саастаах уол оҕотун бэдэрээччиттэргэ кыбытан, көмүстээх Тайҕаҕа илдьэ киирэн, үлэлээн үп-харчы өлөрө барда. Урут бэйэтэ хаста да сылдьыбыт сирэ буолан Бодойбо куоратын биэс тарбаҕын курдук билэр, онон мунааҕа суох сылдьар. Саҥа тийбит киһиэхэ Сыччыыкаҕа бу дойду интириэһиргэтэрэ диэн сүрдээх. Киниэхэ барыта сонун, дьикти. Киэһэликтии куоракка киирэн бастайаалаҕа баран истэхтэринэ, Сыччыыка көрдөҕүнэ, биир дьиэҕэ араастаан киэргэммит дьахталлар, эр дьоннор киирэн тахсан аалыҥнаһаллар эбит. Куорат дьиэтэ-уота, дьоно-сэргэтэ уолчааҥҥа барыта хартыына курдук буолан көстөр. Күп-күөҕүнэн көрбүт антах харахтаах, бэттэх сылдьар улахан муруннаах, атын, хаһан да билбэтэх сыттаах дьоно кэлэрэ-барара кини көрдөҕүнэ хоп-хойуу. Сыччыыка кинилэри одуулаһа иһэн дьоҥҥо кэтиллэр, ардыгар баҕанаҕа сааллар. -Аҕаа, ити антах харахтаах, бэттэх муруннаах туох дьонуй? -Тоойуом, ити нуучча диэн омуктар. -Ити дьон биһигини өлөрүөхтэрэ суоҕа дуо? Тугу аһаан сылдьаллара буолуой? -Суох тоойуом, ити дьон биһигини өлөрбөттөр, аһылыктара эмиэ биһиэнин курдук, килиэп, эт арыы эҥин. -Ол килиэп диэн туох аһылыгый, эн сиэбитиҥ дуо?- уол эбии ыйытар. Онтон баран истэхтэринэ кыһыл эриэн хаатыҥкалаах олус мааны нуучча дьахтара ааста. -Аҕаа ити туох дьахтарый? -Ити нуучча хотуна- аҕата быһаарда. -Аҕаа ити мааны хотун ииктиирэ, саахтыыра буолуо дуо?- уол эмиэ ыйытта. -Олус да ыйыталаһан эрэҕин, түксү, мэнээх саҥарымарыый тоойуом, ити хотун ииктээн-саахтаан буоллаҕа дии, киһи буолбат дуо- диэтэ аҕата. -Эн били Татыйыыс ыстаанын устан баран үрдүгэр тахсан мөхсөрүҥ курдук, ити дьахтар үрдүгэр тахсан мөхсүбүтүҥ дуо? –уол эбии ыйытар. -Суох, суох, түксү- аҕата салҕыбыттыы быһаарда. -Аҕаа ити хотун Татыйыыс киэнин курдук ииктиирэ бытыктаах буолуо дуо? – уол аҕатын көссүүтэ Татыйыыһы синийэн көрбүт буолан эриһэн ыйыта истэ. Аҕата кэмсинэ санаата, оҕобор көрдөрбүтүм ити баар, кистээн да көссүүлэһиэххэ баара уонна оннук-оннук- диэн дьүрүтүн эппиэттээтэ. Бу баран истэхтэринэ сыгынньах дьахтар ойуулаах улахан дьиэни аастылар. Сыччыыка тохтуу түһэн ити дьиэ ойуутун бэркэ синийэн көрдө уонна сүүрэн кэлэн аҕатыттан ыйытта. -Аҕаа ити туох дьиэний? -Тоойуом ити оҕо оҥорор дьиэ –диэтэ аҕата. -Аҕаа эн миигин манна оҥорбутуҥ дуо?- уол бэркэ дьиктиргээн ыйытта. -Суох, суох – аҕата салҕан да барда. -Ээ, оччоҕо били, Татыйаас үрдүгэр мөхсөр сиргэр дуо?- ити ыккардыгар бастайаалара кэлэн онно киирдилэр. Мэхээлэ сүгэһэрин устан баран, тоойуом маны көрөөр, мин хонор сиргэ сурук ылыам- диэн баран суруктаах ааҥҥа киирдэ. Уол ситэри хоруйу ылбатах бэйэкэтэ , барытын билэ-көрө охсор батарбат баҕатыттан “оҕо оҥорор” дьиэҕэ тэбиннэ. Мэхээлэ сурук ылан тахсыбыта уола суох. Балачча буолан баран уола хараҕын сүрдээхтик дьиибэргээбиттии көрөн киирэн кэллэ. -Хайа бу, ханна сырыттыҥ? -Аҕаа, оҕо оҥорор дьиэҕэ киирэ сырыттым, биир нуучча, биир улахыын-улахан дьахтары оҥорон бүтэрбит, олох маска төҥкөтөн баран кэнниннэн ат сэбин курдугунан сим да сим буола турар, онно туох эрэ халлыргыыр, били эн Татыйааска тыаһатарыҥ курдук тыастаах, эн баран көрбөккүн дуо? – диэн өссө ыҥырыылаах буолла, уола. Мэхээлэ оҕонньор кымыс иһэн холуочуйан олорон ити курдук былыргы олоҕун түгэниттэн кэпсиир буолара. 1991 с. Сунтаар.
|