Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Норуот эмчиттэрэ

Өбүгэлэр эмтэниилэрэ 2

Ааспыт сырыыга аан бастаан сииппилииһи, бөрөлөйү эмтээбит Кэмчи туһунан кыратык кэпсэммитэ. Кини уонна аҕатын туһунан сиһилии соҕус кэпсээн баар.
Сунтаар улууһугар Күүкэй күөлүн соҕуруу эҥээрэ Очокуун тумула диэн ааттанар. Өтөхтөр оҥкулларыттан көрдөххө түҥ былыргыттан дьон-сэргэ тоҕуоруйан олорбут дойдуту быһылаах. Өссө кыргыс үйэтин саҕана олоро сылдьыбыттара баар. 1931с. “Кыргыс өтөҕө” диэн ырааһыйа “Кыһыл кэккэ” колхуоска баара, ону Павел Максимович Егоровтыын 2 буут бурдук ыһыллар буолата баарын оҕуһунан тартаран паардаабыппыт. Ол үлэлии сылдьан чокуур курдук таас оноҕос тойуллан оҥоһуллубута көстүбүтэ. Оччолорго итиннигинэн интэриэһиргиир суоҕа, оноҕос Боллоойоп Дьарааһыннаахха хаалбыта.
Бу тумулга Уһуунньук диэн аатырбыт эмчит саха олорбут. Аата кимэ биллибэт. Бааһыгыра Уоһук диэн аатырбыт ойуун, эмчит уоллаах, Кэмчи диэн аатырбыт эмчит кыыстаах. Уһуунньук тоҕо итинник ааттаммыта биллибэт. Уһуйуу диэн тыл буолуо- дииллэр.
Уһуунньук былыр, аан-бастаан сахалары имири эһэ сыспыт бастакы буоспаны кыайбытын туһунан уостан түспэт домох баар. Ыалдьыбыт киһи ириҥэтин ылан тарбыйахха быһыы быһан иҥэрдэн баран, ону ылан дьоҥҥо быһыы быһан кыайбыта үһү. Ол ириҥэ хаппытын сиэнэ Осипов Сэмэн, 1897 с. ириҥэни суурайан быһыы быһан саҥа күөрэйэн эрэр буоспаны хаптаппыт. Англия доктора эмиэ итинник быһыынан Англияҕа ааҥнаабыт буоспаны хаптаппытын туһунан хирург Иван Сафронович Контогоров кэпсээбитэ уонна Уһуунньук быһыыта бастакы быһыы эбит - диэбитэ. Онон Уһуунньук биир научнай хайысхалаах үлэтэ ити бэлиэтэнэр.
Уһуунньук иккис биллэр эмтээһинэ – оҕолоноору эрэйдэммит дьахтары эппэрээсийэлээн оҕотун курдары ылар эбит. Хайытыан иннинэ ардах чиэрбэтин хоргунунан хайытар сирин тас өттүнэн эргиччи сотон этин ыарыытын мэнэритэр уонна хайытан оҕотун ылан баран тарбыйах, ол суох буоллаҕына эдэр сүөһү иэнин иҥиириттэн, наада буоларын сыыйын ылан баран сүөһүтүн хайыппыт сирин тигэн баран сүөһүтүн ыытан кэбиһэр уонна дьахтарын ити ылбыт иҥииринэн тигэн кэбиһэр. Инньэ гынан өлүүттэн быыһыыра үһү.
Уһуунньук араас ыарыылары үүнэр от эгэлгэтин хомуйан ону эмп оҥорон эмтиирэ киэҥник кэпсэнэр.
Уҥуох тостуутун чартаан тутар эбит, ууга түһэн өлөн эрэр киһини бигээн уутун таһааран тыын ылларан тилиннэрэр эбит. Ол курдук аналаан өлүү диэн баар эбит. Киһи сылдьан эрэн охтон түстэ да өлөн хаалар, ону биэстээх дьэс харчынан тымырын сыыйан тилиннэрэрэ үһү. Хаан сүүрэр тымырдара бобуллан аналыыллар- диирэ үһү.
Салгын охсубут киһитин кумахха, эбэтэр көннөрү ыраас буорга көмөн сытыаран быыһыыр эбит. Ити курдук хааннаан, түөннээн, илбийэн төгүрүччү эмтиир эбит.
Тиит мас иһигэр үөскүүр дилэй дабаххайа мунньан онон ис уонна тас ыарыыларын иһэрдэн, уунахтаан эмтиир эбит. Дилэй дабаххай кыһын тоҥмот, мас иһигэр хааланан үөскүүр уонна сорох ардыгар тиити курдары дьөлөн таһыгар тахсан сиргэ халыйа сытар буолааччы. Дилэй дабыххай өлбөт мэҥэ уута эбит. Ол иһин сахаларга: “Дилэй дабаххай сүүрбэт киһитэ”- диэн уос домоҕо баар.
Сайын, бэс ыйыгар, эмискэ тыал түһэр, ол бириэмэҕэ кынаттаах кымырдаҕас түһэн кыната туллан көннөрү кымырдаҕас буолан олоҕун булан сүтэн хаалар. Ити тыалга уонна кымырдаҕас түспүтүн кытта араҕастыҥы үрүҥ өҥнөөх бороһуок көтөн ууга түһэр, окко-маска сыстар, ону илиинэн бигээн көрдөххө хоргун курдук ньалҕарыйа сылдьар буолар. Ити “кымырдаҕас сүүлэ”- диэн ааттанар. Ити кэмҥэ Уһуунньук куйаас күн кымырдаҕас бөдөҥ уйатын кэрийэн көрө сылдьан, төбөтүттэн үрүҥ күүгэн тахса сытар уйатын булар. Бу “сүүл уйата” диэн. Манна сөтөл, харах ыарыылаахтары, уйа төбөтүн дьөлө анньан баран онно сөтөллөөхтөрү төҥкөтөн туран аа-дьуо сыыйан күүскэ эҕирийтэрэн тыыннарар эбит. Итинник эмтээн харах уонна сөтөл ыарыылаахтары үтүөрдэрэ үһү.
Сорох итинник уйаны хаһан араҕастыҥы үрүҥ өҥнөөх убаҕастыҥы арыыны туос тордуйаҕа кутан ылар, ол “кымырдаҕас хайаҕа”- диэн улахан эмп. Быһата “өлбөт мэҥэ арыыта” дииллэр. Ардыгар итинник күүгэннээх уйаҕа бытыылканы уган толору кыһыл (ала) кымырдаҕаһы хаайан күн уотугар ыйаан арыы оҥорон, ону ыраастаан баран араас ыарыыларга уунахтаан, иһэрдэн эмтиир эбит. Ордук илии-атах ыарыыларыгар, дьарҕа уонна сөтөл, ис ыарыытыгар туһанар үһү.
Ардах чиэрбэтин хомуйан эмиэ бытыылкаҕа хаайан күн уотугар ыйаан хоргун таһааран, кымырдаҕас хоргунун курдук туһанар эбит. Уонна сылгы, сүөһү баастарыгар туттара үһү.
Ойох уонна эр көрдөөбөт буолбуттары уһугуннарарга сул саҕына тиит мастаах ыркый ойуурга мустар хара сахсырҕаны куйаабылынан саба охсон ылан, иһин тутан маҕан өҥнөөҕү ыган, ону мунньан туоска хатаран баран аҥардастыы уонна оҕус дуу, тыһы ыт дуу имэҥэр буккуйан, онон эмтээн эр, ойох көрдөөһүнүн уһугуннарар эбит. (Ону муоха диэччилэр)
Ол эрээри сахсырҕа имэҥин аҥардастыы сиэтии олус күүстээх буолан киһиэхэ буортулаах буолар. Аска эбэтэр убаҕаска буккуйан сиэтэллэр. Ону сиэбит киһи дьахтарга сырыттаҕына эрэ сатанар эбит.
Дьахтар эрин атын киһиэхэ күнүүлүүр буоллаҕына үс суол арахсар төрдүттэн хаарты аҥаарын саҕа сир кытаанах кырсын хастаан ылан баран, синньигэс инньэни уокка сиэтэн уйадытан баран, сап уган били ылбыт кырыстарын бүтүөр диэри сирийэн баран, инньэтин токуруччу тутан өҕүлүннэрэн баран, эр киһи ыстаанын иитигэр: “Эн эмиэ бу инньэ курдук токуччу тардан хаал!”- диэн тыл этэн баран, биллибэт гына ыстаан иитигэр анньан кэбиһэллэр. Ол киһи сэбэ инньэ токуруйбутун курдук токуччу тардан хаалара үһү. Содурдар Уһуунньуктан куттаналлара үһү. “Уһуунньукка үҥсүөм”- диэн дьахталлар эрдэрин куттууллара дииллэр. Уһуунньук ити курдук дьикти эмчит 19 үйэ ортотун диэки олорон ааспыт. Билигин кини ыччаттара элбэхтэр эрээри өбүгэлэрин суоллаабыт иһиллибэт.
Уһуунньук кыыһа Кэмчи диэн Күүкэй илин өттүгэр Бээкимдэ арҕаатыгар туруорбах балаҕаҥҥа олорбут. Аатырбыт эмчит. Кини тугунан эмтиирэ чопчу биллэрэ- баҕа батаһыттан эмп оҥорор эбит. Килиэп буһарар оһох курдук эрээри үрүт өттө дьөлөҕөс, онно күөс өрүллэр эбит. Ойоҕос өттүнэн уот оттордоох, билиитэ оһоҕу майгынныыр. Быһаас көмпүт баҕатын батаһын, мутукча түспүтүн кэннэ хамсаҕа табах ууран илдьэ барар уонна тиийэн хататынан саҕан табааҕын уматтан баран тыал хайысхатын булан тыал охсор өттүгэр олорон били көмүгүн хоруурунан хостуур. Күөскэ хааллыбыт баҕа батаһа хаппыыста сүрэҕин курдук симиллэн үөскүүрэ үһү. Халаабыһыгар уган аҕалан уулаах баҕаччаххха уу оргута уурар. (Баҕаччах- 8 кг. киирэр буор иһит) Баҕатын батаһын эмиэ атын баҕаччахха ууран баран били уулаах баҕаччахха уурар. Оргууй оргутар эбит. Оргуйан баар үөскээбитэн кэннэ баҕа батастаах иһитин тууна баайан баран түгэҕин дьөлө үүттээн кэбиһэр эбит. Ол дьөлөҕөс устун баҕа батаһын баара ортоку иккис баҕаччахха түһэр, оргуйан бүттэҕинэ ортоку баҕаччах түгэҕигэр саахар курдук өҥнөөх хаппыт ороһуол сөҥөн хаалар. Эмээхсин ону хоҥнорон ылан эмп оҥостор. Ити эминэн ол саҕына Күүкэйгэ дьиэ көскө кэлбит нууччалартан тарҕаммыт сиипилии, бөрөлөй курдук ыарахан ыарыылары эмтээн үтүөрдэрэ үһү. Кэмчини итинник ыарыылары эмтииргэ аҕата Уһуунньук үөрэттэҕэ.
Күүкэйгэ уопсайа түөрт уонча араас кутталлаах ороспуойдар, түөкүттэр, халааччылар көскө кэлэбиттэр. Кинилэри Күүкэй күөлүн тула үүнээйи олус үүнэр, хаһыҥҥа ылларбат уохтаах, өҥ буордаах уонна бараммат балык баайдаах дойдуга күөмэйдэрин ииттинэн олоруохтара диэн көскө ыыталлар эбит. Хааһына үбүнэн иитинэллэрин онон солбуйбуттар. Ити баҕадьылар саха эдэр дьахталларын, кыргыттарын өлөрөөрү куттаан туран маассабайдык күүһүлүүллэр эбит. Онтон үөскээбит оҕолорун сыдьааннара сахаттан атын көрүҥнээх эр дьон, дьахталлар да билигин Күүкэйгэ бааллар. Ол күтүрдэри улахан уоспа имириэх сотон ааспыт, олору мунньан Күүкэй илин өттүгэр Аркыын Маарын булгунньаҕар биир уҥучахха көмөн бараннар тула намыһах ампаар тардан кээспиттэрэ билигин лаппа биллэр көмүү сытар.
Бээкимдэ илиннии соҕуруу өттүгэр Кэмчиттэн эмп былдьаан элбэҕи сиэн өлбүт Бүччүүк уҥуоҕа үс дүлүҥ тардыллыбыта эмэҕирэн сытарын, бу сэһэни суруттарбыт Григорьев Спиридон Николаевич – Куһаҕан уола диэн аатырбыт сэһэнньит миигин сирдээн көрдөрбүтэ уонна Кэмчи баҕа батаһын астыыр дьиэтин оннун көрдөрбүтэ.
Кэмчи эмэ итинэн бүппэт. Содоҥ, куоҕас уонна суор үөстэрин мунньан ону хатаран, ис, куртах, бүөр, быар ыарыыларын онтон да атыны эмтиирэ үһү. Сиипилииһи, бөрөлөйү букатыннаахтык кыайбыта үһү. Сиппилиискэ ыалдьан муннулара түспүт Силлэй Миитэрэй ойоҕо Мааппа эмээхсини – Быкынаан тумулугар олохтоох уонна Кутана таһыгар Улахан Тиэрбэскэ олорор Хоруодьа оҕонньору кыра уол сылдьан көрөрүм, быһата ынырыктар этэ, кирдээх эргэ өрбөҕүнэн саба маанан сылдьаахтыыллара.
Мунна эрэ түспүт Төөтөөй Өндүрэй оһохчут оҕонньор баара, ол сүрэ-кэбэ суоҕа. Оһоҕос аҕатын ууһугар Маҥхааһай Силиппиэн диэн аатырбыт ойуун баара, олус ынырык көрүҥнээҕэ. Ол ойуун билиҥҥинэн ылан эттэххэ уопсай ыарыыга ыалдьыбыт дьону “төрөөбүт өтөххүт оһоҕун буорун булаҥҥыт кыра-кыралаан сии сылдьар буолуҥ, ити буор киһиэхэ ыарыыны киллэрбэт, искэ иҥэ сылдьар, ыарыыны оборон ыраастыыр”- диирэ. Ити ойуун 1919 с. сайын өлбүт. Уҥуоҕа Кэрэхтээх сиһигэр баар. Бүтүн турар.
Хаҥаласка, Саһар үрэҕэр олохтоох Захаров Афанасий Федорович – Мурун Хонооһой, Хочо Дьаарханын киһитэ Кырыылап Оконоос хаан барыытын тыл этэн бохсоллоро, ол туох диэн этэллэрин киһиэхэ иһитиннэрбэттэрэ.
Иирбити үтүөрдүү. Күндэйэҕэ Куобах уола ойуун Микиитэ – Парфенов Никита Алексеевич диэн Хаҥаласка Бырда уола Егоров Алексей Васильевич диэн баайдык олорор киһи 1923 с. улаханнык иирэн, ыараханнык ыалдьан дьиэ иһигэр муннукка оҥоһуллубут ампаарга хаайылла сытарын эмтээбитэ..
Ойуун дьиэ иһигэр киирэн иирэ сытар киһиэхэ ас биэрэн ыҥырда, онуоха иирээхи кэлэн утары турар ойуун сирэйигэр силлээн пал гыннарда, ойуун утары сүр күүскэ үрэн сирилэппитэ иирээхи тиэрэ кэлэн түстэ. Ойуун киэһээҥҥи аһылыгын аһаан баран кыыраары ( суол хайа) таһырдьа тахсаары туран эттэ: “ыарыһаххытын таҥыннаран оронугар сытыаран кэбиһиҥ”-диэтэ. Иирээхини сууйан-ыраастаан, таҥыннаран сытыаран кэбистилэр, киһилэрэ мэличчи хамсаабат, өлбүтэ-тыыннааҕа биллибэт.
Ойуун суол хайан киирдэ. Таҥаһа быыс тумсугар ыйаанан турар. Баардак уола Микиитэ дүҥүрү оһоххо суоһата- суоһата охсон дьүрүһүтэн көрөр. Өлөксөй ойоҕо Өрүүскэ муостаны сиппийэн ат буутайын уурда. Ойууну Ньалыар Бүөтүр хаҥас илиититтэн сиэтэн аҕалан ат буутайыгар олорто уонна таҥаһын таҥыннаран кылыгыратан-халыгыратан бүтэрдилэр. Баардак ойуун уҥа өттүнэн кэлэн дүҥүрүн туттарда, ойуун кутуран, устунан кыыран киирэн барда, биһиги уҥа ороҥҥо кирийэн олордубут.
“Суол хайыы” диэн иирээхини хайа өлүү төрдүттэн кэлэн ыарыталларын билээри хайан көрөллөр эбит. Ойууммут түүнү быһа кыыран хара дьаҕыл үс саастаах кытыты ытык туруорарга диэн сүбэлээн бүттэ. Бырда Өлөксөй итинтэн кыккыраччы үтүөрэн сааһын ситэн өлбүтэ. Ойүүн иирбити үтүөрдэрин илэ көрбүтүм.
Өлүү суолун лэтээгэнэн (маскаалайынан) бүөлээһин диэн баара. Итиниэхэ 1924 с. биһиги ыалбыт Мэҥнээх Өндүрэй-Григорьев Андрей Илларионович диэн оҕо турбат ыала олорбута. Кэргэнэ Марыына сыл аайы оҕолонор эрээри онтулара төннөн хаалара. Маачаха ийэлэрэ Ааныска эмээхсин сүбэтинэн Күүкэйгэ олохтоох Хаптаахаан уола ойуун Дьөгүөрү аҕалан оҕо уйата оҥорторбуттара. Ол боростуой буолбатах этэ, даппыга элбэҕэ. Лиитир аҥаардаах бытыылканы быһан сүлүллүбэтэх маскаалайы уган баран дьахтар утуйар оронун аныыгар көмөн кэбистилэр, ону кытта мас быһах уктулар. Быыс тумсуттан оһох уҥа чанчыгар диэри салама оҥорон ыйаатылар, ойуун дүҥүрэ, таҥаһа суох кыырда. Олоҕуттан турарыгар икки кыыс, биир эдэр дьахтар үс буоланнар ойуун хаҥас өттүгэр элээн буолуохтаахтар, үһүөн тыстары сылдьар туга да көҕүрэтиллибэтэх биирдии куобах тириитин хаҥас хоннохторугар кыбына сылдьаллар. Биир кыыс Иев кыыһа Аана, иккис Туппах кыыһа Маайа уонна эдэр дьахтар Сааба ойоҕо Өксүүнньэ буоллулар. Ойуун аҥардас булаайаҕын эрэ аҕалбыт, онтунан бэйэтин диэки эргитинэн оргууй далбаатыыр. Ким даҕаны тыаһыа, улаханнык саҥарыа суохтаах. Ойуун туойар курдук бэрт оргууй саҥаран алгыыр. Им-дьим, киһи мунна да тыаһаабыт, чуумпу бөҕө.
Онтон ойуун туойа-туойа туран кэллэ, элээн буолар кыргыттар үһүөн ойуун хаҥас өттүгэр турдулар, уҥа олорооччулар биһиги бука бары тардыллан турар саламаны батыһа кэккэлэһэн турдубут. Ойуумут биһиги диэкки хайыһан балачча уһуннук Айыыһыты ыҥыран туойда уонна биһиги диэки хайыһан түөрэх кээстэ, биһиги икки илиибитинэн бэйэбит диэки тардыалаан уруйдаан айманныбыт, түөрэх олордьу түспут, ону ийэлээх аҕа уруй-туску- дии-диилэр ойууҥҥа ылан биэрдилэр. Ойуун куобах тириитин кыбынан турааччылартан бастакыттан саҕалаан куобах тириилэрин арыйталаан көрөн бүтэн баран эттэ:-“Ньэлбэй байах Айыыһыт Хотунтан нэһиилэ икки кыыс оҕону уруйдаан ыллыбыт. Өлүү суола бүөлэннэ, аны муруннаах тымырыа суоҕа- диэн ойуун кыыран бүттэ.
Ойуун туттубут тэриллэрин оһох кэнниттэн ылан көҥдөй дүлүҥҥэ сааһылаан уктулар, эрдэ бэлэмнэммит быһылааҕа, ол дүлүҥү кистээбиттэр этэ. Көмүллүбүт маскаалай, мас быһах көмүллүбүтүнэн хаалбыттара.
Кэлин Өндүрэйдээх икки кыыстаммыттара, Дуунньа уонна Клара диэн кыргыттар кырдьан, билигин пенсияҕа олороллор.

Салгыыта бэчээттэниэ

Category: Норуот эмчиттэрэ | Added by: uhhan (2007-09-17)
Views: 3078 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 7
Ыалдьыттар (гостей): 7
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024