Трахоманы (нуучча ыарыытын) оҕо иигинэн суунан аһараллара. Трахома олус сыыстыганнаах ыарахан ыарыы этэ. Ону аҕа дойду сэриитин кэнниттэн эмп күүһүнэн 1955 с. диэкки хаптаппыттара. Былыр кыһыылаах ымынах үс-түөрт сыл буола-буола эргийэрэ. Киһи хараҕын кытта симээн ыарытара, харахха эргэ хаалара, көрөрү улаханнык мөлтөтөрө. Ити ыарыыны “кураан ыарыыта” дииллэрэ. Бу ыарыыны эмиэ иигинэн сууйан үтүөрдэллэрэ. Былыр, киһи төбөтө ыалдьар куһаҕан, ыарахан ыарыы баара. Ону үксүн хааннаан үтүөрдэллэрэ эрээри икки-үс сылынан ыарыы оннугар түһэрэ. Сорохтор дөлүһүөн хатыытын силиһин түөрэн ылан, ону хатаран баран, кырбаан, оргутан икки хамыйах кураҥын күҥҥэ үстэ, түөртэ иһэрдэн сотору аһардаллара. Дөлүһүөн угун силиһэ ыарыыны хос эргиппэт, бас ыарыыта ааһан хаалар диэн хаанныырдааҕар ордороллоро. Ойоҕос, сэбиргэх ыарыыта элбэх этэ, ыалдьыбыт киһини үксүн өлөрөрө. Өлөр киһи үс хонугу ааспат этэ. Үс хонугу тулуйдаххына тыыннаах хаалар эрэмдьи үөскүүрэ. Киһини олус дьүкээрдэн үтүөрдэрэ, сөтөл бөҕө иҥэн, устунан сөтөл да буолан кэлин өлөллөрө. Сорохтор саастарын тухары архах сөтөл буолан сөтөллөн күпсүйэ сылдьар буолаллара. Ону отоһуттар аанньа эмтэммэккэ баалаппыт-дииллэрэ. Ойоҕостоппут уонна сэбиргэхтэппит киһини хаппыт ынах сүөһү үөһүн ууга суурайан онон уунахтыыллара уонна хаппыт баҕаны өр буһуран ол миининэн уунахтаан, ардыгар иһэрдэн эмтииллэрэ. Ити эмтэргэ ыарыы ааспат буоллаҕына, кымырдаҕас хоргунун сылаас ууга буккуйан баран куобах уорҕатын тириитигэр, ол суох буоллаҕына нэк суорҕантан ойо быһан ылан, онно кымырдаҕас ууга буккуллубут арыытын чараас гына көтөр кынатынан уунахтаан баран ыалдьар сиригэр саба ууран кэмпириэстииллэрэ. Ону сэргэ кымырдаҕас хоргунун ууга суурайан таммаҕынан иһэрдэллэрэ. Ити ордук көмөлөөх дииллэрэ. Саамай ыарахан, киһи олоҕор кутталлаах ыарыынан буолара. Ойоҕостоппут эбэтэр сэбиргэхтэппит уон киһиттэн сэттэтэ өлөрө, улахан муҥунан үс эрэ киһи тыыннаах хаалара, оттон саҥа төрөөбүт оҕолоттон биирэ эмэ ордоро. Билигин, медициинэ сайдан онтон киһи өлбөт үйэтэ кэлэн турар. Былыр, муус түннүктээх үргүйэ турар ааннаах, чэҥ муус буолбут истиэнэлээх, туруорбах дьиэҕэ олорооччуга, ити ыарыы тымныы олох содула этэ. Былыргы ыаллар уонна отоһуттар эмкэ туттар уонна эмп буолар тэриллэрин эрдэттэн хааччыналлара. Улаханнык ытыктыыр, туһанар эмтэрэ баҕа буолара. Баһын үөһээ гынан ыйаан хатараллара. Баһа аллараа буоллаҕына үөһэ тэстэн эмэ суох буолар диэн үөһээ хайыһыннараллара. Аты да биэни да сайын ыыталларыгар түспэт гына кутуругар хаппыт баҕаны баайан ыыталлара-ыарыыга түбэспэтин – диэн. Сөтөлө ааспакка тыҥатынан ыалдьар уонна харах ыарыһах киһини улаханнык мунньуллан оҥоһуллубут кымырдаҕас уйатын төбөтүн сүөм кураҥа дьөлө үүттээн баран, онно силлээн баран ыарыһаҕы 15-20 мүнүүтэ устата төҥкөтөн туруораллара. Ол аата – кымырдаЎас уйатын чааныгар тутан ыарыһах тыҥатын, хараҕын ыраастааһын – диэн ааттыыллара. Итинник улаханнык баалаппыты биир ыйы устата, саамай анна 20-чэ хонукка чаанныыллар. Чааннааһын сул бириэмэтигэр, бэс ыйын ортотуттан от ыйын ортотун ыккардыгар эмтииллэр. Итини киһи этин-хаанын ыраастаан үтүөрдэр дииллэрэ. Былыр ис ыарыытын арааһа элбэҕэ. Ону үгүс өттүн этэн аһарбыппыт курдук илбийэн, сороҕун араас үүнээйилэри иһэрдэн эмтииллэрэ. Киэҥник биллибит хатыҥ ыарыыта сүлтү (сүптү) диэн баар. Итини хатыҥ уута муҥутаан ситэн турдаҕына от ыйын ортотун диэки ылан бэлэмниир туһалаах дииллэр. Бириэмэтин аһаран баран эбэтэр хатыҥ ууланыан иннинэ хомуйар туһата соччото суох- дииллэрэ. Ити сүлтү чэгиэн уонна орто саастаах хатыҥ этиттэн кытархай өҥнөөх эттик үүнэн тахсар. Итини “хатыҥ искэнэ” диэн ааттыыллар. Ол иһин “хатыҥ ыарыыта” диир буолуохтаахтар. Сүлтү баалаан үүммүтэ үс киилэ кураҥа буолар, орто саастааҕа икки киилэ кураҥа, онтон да кыра буолар. Отоһуттар орто саастаах сүлтүнү талан хомуйаллара. Тыал үрбэт хахха сиргэ ууран хаһааналлара. Сиппит сүлтү эмэ соччото суох дииллэрэ. Сүлтү үүнэн бүттэҕинэ хатыҥ этин курдук өҥнөөх буолан мас буолан хаалар. Сүлтү хатыҥ туоһа туохтан эмит бааһырдаҕына, ол оннуттан “сүлтү иһэн” үүнэн тахсар. Кини мэлдьи үүнэн турбат, үтүөрэн олус кытаанах эттик буолан төһө улааппытын саҕа чорбоччу үүнэн турар буолар. Сүлтү тахсан тахсан эрэр хатыҥтан эбэтэр бааһырбыт туоһун оннуттан кыһыл өҥнөөх уу тахса турар буолар. Эдэр хатыҥ ыарыыта үтүөрбэт, устунан иинэн-хатан эмэҕирэн охтон хаалар. Ортотугар хап-хара үөстэнэр, ол хатан хаалар ону ылан чаай суох эрдэҕинэ чаай гынан иһэрбит, куһаҕан, амтана суох, чаайы маарынныыра, сүөгэй үрүҥнээн тото иһэрбит. Бириэмэтин табан ылыллыбыт сүлтү ис бары ыарыытыгар күҥҥэ үстэ ыстакаан аҥаардыытынан иһэрдэн ыарыыны аһардан кэбиһэллэрэ. Сүлтү ноор, оһоҕос ыарыыларын, бүөр, куртах, ис атын да искэннэрин үтүөрдүөн сөп, үтүөрдэр даҕаны диэн отоһуттар этэллэрэ. Киһи искэнэ икки, хатыҥ искэнэ икки биир суоллаах буолан сүлтү итинник ыарыыларга ыарыыларга туһалаах диэн быһаараллара. Ыарыыны билинээт уһаппакка эрэн тутатына отоһуттары булан эмтэнэ охсуллуохтаах, ыарыы баалаатаҕына эмкэ истибэт дииллэрэ. Киһи араага тымныйыыттан, сыырастан үөскүүр диэн сорох отоһуттар быһааралларар. Мин тус бэйэм итини кытта сөбүлэһэбин: киһи тоҥно, сыырастаата да мунна, уоһа баллаччы бааһыран хаалар. Мурун, уос бааһырыытын соҕотох флуцунар диэн маас тута үтүөрдэр, онон ис саҥа искэнигэр флуцунар көмөлөөх буолуон сөп. Итинэн буоллаҕына былыргы отоһуттар тымныйыыны, үлүйүүнү эмтиир эмтэринэн араагы эмтээн боруоба оҥорон көрүөххэ сөп диибин саныыбын. Үлүйүүгэ сылгы тоҥ хараҕын уутун ириэрэн уунахтыыллара, улахан үлүйүүгэ ыты сүлэ оҥсон эт өттүнэн саба баайаллара. Онон ити икки көрүҥү араагы эмтээһиҥҥэ эмиэ боруобалаан көрүөххэ сөп. Итини сэргэ эһэ үөһэ, суор, сордоҥ үөстэрэ эмиэ биллэр улахан эмтээхтэр. Былыр харах ыарыыларыгар мас көтөрүн үөһүн оргуйбут ууга буккуйан эмтэнэллэрэ. Улар, куртуйах, бөчүгүрэс уонна ыалыкы үөстэрин туһаналлар. Онон үөс арааһын араакка эмиэ туһанан көрүөххэ сөп. Тиит маска (үөл тииккэ) үүнэр араҕастыҥы үрүҥ өҥнөөх дилэй дабаххайы баас арааһыгар, биигэ өлөрүүгэ, саанан ытыыга барытыгар туттуллар. Сүгэнэн охсууга, быһах биитигэр өлөрүүгэ куобах түүтүн уокка умаппытынан аҕалан баас оннугар саба тутаат баайан кэбиһэллэр. Сорох отоһуттар өлөрбүт биитин уокка ититэн баран хаан тахса сылдьар бааһын хаана тохтуор диэри сабыта туталлар. Хаан аҕан, баас онно туртайан устунан хаҕыланан үтүөрэн хаалар. Тиис ыарыытын кытаанах чэгиэн маһы уһуктаан баран ыалдьар, испит сирин, тиис төрдүн дьөлүтэ анньан баран, чэгиэн ыраас хаан кэлиэр диэри ыалдьааччы бэйэтэ оборо-оборо силлээн кээһэр уонна ону бүтэппэккэ маһынан анньынан оборон силлии сырыттахха тиис ыарыыта ааһар. Тиис төрдүгэр хаан сүүрүүтэ ааспакка онно бөлүөҕэн сытыйыытыттан тиис ыалдьар диэн отоһуттар быһаараллара. Урут ойуун уҥуоҕун кэриэһиттэн ылыллыбыт мас эмтээх дииллэрэ туһата суох, кытаанах сынтарыйбат мас барыта туһалыыра биллибит. Уонуттан тахсыар диэри хаампакка олорор арахиттаабыт оҕону улахан туос иһиккэ бүрүйэргэ ытыллыбыт суоракка олордон баран үс суол арахсар төрдүгэр ууран баран суорҕанынан сабан уонча чаас буолан баран туруораллар, арахиттаабыт оҕо тута хааман барар. Ана диэн киһи охтон түстэ да өлөр, ыарыы дуу, өлүү дуу баар, ону дьэс харчынан тымырдарын сыыйан тилиннэрэллэрэ. Оннук идэлээх Ылдьаа Дьаакыбылап – Мэммээк, Кутуйах эмээхсин – Ханаайап Кыыһа, Афанасий Осипов – Көбөкө Хонооһой диэн бааллара. Уһуунньук туһунан эппитим. Итиигэ буһууга эмиэ ыты сүлэ охсон ол тириитинэн саба баайан уонна сүөһү итирин сылытан саба баайаллара, сорохтор хойукку бириэмэҕэ таҥас сууйар мыыланан уунахтыыллара, сайыҥҥы бириэмэҕэ хатыҥ уутунан сууйаллара. Хатыҥ уутун туос иһиккэ кутан уҥучахха ууран хаһааналлара. Ис ыарыытыгар эмиэ иһэллэрэ. Уҥар ыарыыга, үксүн чиэрбэ уонна кымырдаҕас хоргунун сыллатан тыын киллэрэллэрэ. Аһыы курулхай сыттааҕа. Кулгаах анньан ыалдьарыгар эр соҕотох киһини этэрбэһин уһулларан, атаҕын тилэҕин уокка сылыттаран баран, ыарыһаҕы аан боруогар миинньиги сыттаан баран ыалдьар кулгааҕын аллараа гынан сытыаран баран, сылыппыт тилэҕинэн ыарыһах кулгааҕын үс-түөрт мүнүүтэ үктэтэллэр уонна ааны аһан биэрэллэр. Ыарыһах сыттык гыммыт миинньигин үктээччи “кыырык” диэн баран таһырдьа тэбэн кэбиһэр, кулгаах ыарыыта сотору ааһар. Былыр дьахтар оҕолонуу кэнниттэн хаана барара, онуоха оһох куруунньугун хомуйан ылан ыстакаан аҥара ууга буккуйан иһэрдэн абырыыллара. Хаан барыыта ааһыар диэри күҥҥэ хаста да иһэрдэллэрэ. Куруунньугу мас хамыйаҕынан толору сыһа куталлара. С.А.Зверев ортолуу ыалдьа сылдьан Боотулууга доҕоругар Ньыыкаҥҥа саас баран кэлбитэ. “Араагынан ыалдьыбыккын эрдэ билээт кэлиэҥ этэ, эмтэнэр кыаҕыттан ааспыт”- диэн синньэ мүлүрүтэр эрэ эми биэрбит этэ. Глаукоманан ыалдьан аҥаар хараҕын сүтэрбитин доҕоро Ньыыкан эмиэ сэмэлээбит этэ. “Киһи бастаан хараҕыттан үөскүүр ону эмтээн боруобалаан көрүөҕү кэлээхтээбэтэххин. Эр киһи уллуругун дьахтар аһайыгар буккуйан эмтээн көрүллүөхтээх этэ, бука табыллыа этэ, санаам хотор”- диэбитин бокуонньук сөҕөн кэпсиирэ. Мантан ураты кыра ыарыылары киллэрбэтим, ааҕа турдахха тахса турууһу. Фольклорист Г.Е. Федоров. Сунтаар. 80 сааһым буолла. 1991 с.
|